Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » От ыйа » 19 » Үүт сыанатын туһунан ...
Үүт сыанатын туһунан ...
14:42
Хамсааһын тахсыах курдук дуу?..
18.07.2011 23:05 | Автор: Кyym.RU |
1x200Т/х миниистирэ И.Слепцов баһырхай былааннардаах: 5 сыл иһигэр ынах сүөһү ахсаанын биллэ элбэтэр, тыа хаһаайыстыбатын тобус-толору саҥа тиэхиньикэнэн хааччыйар, саҥа пиэрмэлэри тутар, ол түмүгэр тыа сирин барытын кэлимник сайыннарар санаалаах. Бу былаанын кини от ыйын 5 күнүгэр «Росагролизинг» салайааччыта В.Назаровы кытары көрсүһүүтүгэр кэпсээтэ диэн СИА суруйар.

Маннык улахан былаан олоххо киирэригэр үөһэ ааттаммыт тэрилтэ төһүү буолуохтаах. Билигин Саха сиригэр сүөһү ахсаана аҕыйыы турарын бары да билэн олордохпут. ТХМ ынах сүөһү ахсаанын элбэтэр туһуттан, бастатан туран, кэпэрэтииптэри тэрийииттэн саҕалыаҕа. Уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөт суотугар 100-түү миэстэлээх 13 аныгы хотону тутуоҕа. Кэнэҕэһин «Үүт хочото» («Молочная долина») диэн бырайыак күүтэр. Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, ынах сүөһү ахсаана 45 % элбиэхтээх.

«Росагролизинг» генеральнай дириэктэрэ Валерий Назаров Саха сиригэр сүөһү иитиитин эйгэтин өйүүр, сөптөөх тэрилинэн уонна боруода (племенной) сүөһүнэн хааччыйар кыах баарын бэлиэтээтэ. Онуоха олохтоох племенной хаһаайыстыбалар кыттыһыахтаахтар: бааһынай хаһаайыстыбалара племсобуоттан сүөһүнү лиисин быһыытынан ылыахтаахтар. Оччотугар үп-харчы да кэмчилэниэхтээх, иэһи-күүһү булгуччу харчынан буолбакка, холобур, сүөһүнэн да төлөһөр кыах үөскүөхтээх.

Саха сирин (чуолаан, ТХМ) салалтата тыа сиригэр эдэр испэсэлиистэри тардыыга болҕомтотун уурар. Эдэр дьону хайдах гынан тыаҕа олохсутабыт? Бастатан туран, дьиэ-уот, олорор сир наада буоллаҕа. Мантан да тахсар суол баар курдук: холобур, Рязань уобалаһыгар пиэрмэлэри туталларыгар олорор дьиэни тэҥҥэ тутан таһаараллар эбит. Бу эмиэ — «Росагролизинг» үлэтин саҥа хайысхата, «пилотнай» бырайыага. Сүрүнэ — дьиэ сыаната чэпчэки буолуохтаах. И.Слепцов тыа сирин үлэһиттэригэр аналлаах дьиэ-уот 1 кв. м сыанатын 20 тыһ. солк. диэри түһэрэр баҕалаах. Онуоха өрөспүүбүлүкэ күүс-көмө, өйөбүл буолуохтаах.

Кэпсэтии манан бүппэтэ: т/х тиэхиньикэтин уонна онно аналлаах саппаас чааһы аҕалыы, сибиинньэ, таба иитиитин сайыннарыы, оҕуруот аһын үүннэрии кыһалҕаларын эмиэ тумнубатылар. Сотору кэминэн В.Назаров Саха сиригэр кэлэ сылдьыах буолла. Оччоҕо кини салайар тэрилтэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын кытары АПК сайдыытыгар туһуламмыт сөбүлэһии түһэрсиэ. Ити кэмҥэ диэри лиисин көмөтүнэн тиэхиньикэ, тэрил, сүөһүнү ылыы сайаапката, ону сэргэ «Росагролизинг» инвестиция ханнык барылларыгар кыттыан сөбө чопчуланыахтаахтар.

«Росагролизинг» ААУо Саха сирин араас тэрилтэлэрин кытары 812 мөл. солк. суумалаах дуогабардары түһэрсэн турар. Биһиги тыабыт сирин үлэһиттэрин кытары алтыһыаҕыттан, бу тэрилтэ 177 т/х тиэхиньикэтин, 10 721 сүөһүнү (2 171 ынах сүөһүнү, 2 350 сылгыны, 6 200 табаны) аҕалбыта.

Үүт сыанатын туһунан ...


Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар судаарыстыба араас көрүҥнээх көмөтө оҥоһуллар. Мин онно барытыгар тохтуу барбакка, үүккэ бэриллэр көмөҕө санаабын үллэстиэхпин баҕарабын.

Биһиэхэ, дьиҥэр, үүккэ бэриллэр көмө үүтү дэлэтэр дьоҥҥо буолбакка, үүтү соҕотуопкалыыр тэрилтэлэргэ бэриллэр. Ол курдук, биир киилэ үүтү 20 солк. атыылаһар буоллахтарына, кинилэргэ судаарыстыба 17,50 солк. биэрэн көмөлөһөр. Оттон үүтү оҥорооччу ити 20 солкуобайга үүтүн атыылыыр. Ити — быстар кыра сыана, ол үрдүнэн киниэхэ бэриллиэхтээх 17,50 солк. субсидия диэн ааттанар көмө атын сиргэ барар. Үүт бүтэһик дохуотун, киниттэн киирэр барыһын соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр ылаллар. Сорох дьон "үүт 20 солк. атыыланара сөп, үүт оҥоһуллар ороскуота итинтэн кыра” дииллэр. Оннук этии олоҕо суох — кэтэх хаһаайыстыбаларга дьон босхо үлэлииллэр, оттон кэпэрэтииптэргэ олус кыра хамнаһы ылаллар, онон үүт дьиҥнээх оҥоһуллар сыаната көстүбэт. Өскөтүн үлэһит хамнаһын өрөспүүбүлүкэ орто хамнаһынан таһаарар буоллахха, үүт бэйэҕэ турар сыаната (себестоимость) хас эмэ төгүл улаатыан сөп. Көмө оҥоһуллуутугар үүт бэйэҕэ турар сыанатын таһынан, тыа дьонун олоҕо-дьаһаҕа, уопсай социальнай балаһыанньата барыта учуоттанар. Кини дохуот киллэринэр сүрүн бородууксуйата — үүт эрэ.

Тыа киһитэ үүтүн тоҕо наһаа кыра сыанаҕа атыылыырый? Күһэллэн. Онно икки сүрүн төрүөт баар. Бастакыта — кини ырыынак сыанатыгар атыылыыр атын сирэ суох. Иккиһэ — кини быстар дьадаҥы, үүтүн атыылаатаҕына эрэ кыра да буоллар харчыланар. Онон кини кыра да сыанаҕа үүтүн биэрэригэр тиийэр.

Дьиҥинэн, судаарыстыба көмөтө диэн босхо бэриллэр. Кини сүрүн экэнэмиичэскэй төрүтэ онно олоҕурар. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларга көмө 1 гаа туһаныллар бааһынаҕа уонна 1 ийэ сүөһүгэ бэриллэр. Ыһыллар бааһына иэнин кэҥэтэн, ийэ сүөһү ахсаанын элбэтэн, элбэх бородууксуйаны оҥоруҥ, дохуоттаныҥ диэн. Бу сокуону сайдыылаах дойдулар үчүгэйдик тутуһаллар. Биһиги да онтон туоруурбут табыллыбат, оччоҕо эрэ дьиҥнээх көмө оҥоһуллуо. Ааҕан көрдөххө, ааспыт сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ, ортотунан, биир ынахтан биир туонна үүт соҕотуопкаламмыт. Итини кэпсэнэр көмө сыанатыгар — 17,5 солк. — таһааран көрдөххө, 17,5 тыһ. солк. буолар. Ити харчы биир ыанар ынахха көмөҕө диэн ааттаан босхо бэриллиэхтээх этэ. Ол аата, бородууксуйа оҥорооччуларга көмө диэн буолар. Ити көмөнү үүт сыанатыгар холбоон ааҕан көрдөххө, биир киилэ үүт 37,50 солк буолар. Ити даҕаны — ырыынак сыанатыттан быдан кыра. Билигин ырыынакка биир киилэ үүт сыаната 50 солк. таҕыста, өссө да үрдүө турдаҕа.

Үүт оҥоһуутугар көрүллэр көмө методиката ырыынак сыанатыгар олоҕуран оҥоһуллара сөптөөх уонна ол сыанаттан итэҕэс буолбата наадалаах. Оччоҕо эрэ биһиги курдук кыра бородууксуйалаах дьоҥҥо арыый көмөлөөх буолуох этэ.

Оттон соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр — бородууксуйа оҥорооччу буолбатахтар, туһунан систиэмэ. Онон кинилэргэ судаарыстыба көмөтө атын мэхэньиисиминэн оҥоһуллар. Билигин үүт бородууксуйатын бары көрүҥэр ырыынак сыаната үрдээтэ уонна үрдүү турар, онон кинилэр үлэлииллэригэр усулуобуйа баар буолан иһэр. Мин саныахпар, кинилэргэ судаарыстыба көмөтө тиһигин быспакка буолбакка, кэмиттэн, түгэниттэн көрөн бэриллиэн сөп. Холобур, саҥа оборудование булуналларыгар, база оҥостоллоругар, көлө ороскуотун сабыыга курдук.

Санаабын түмүктээн эттэххэ, хоту сир усулуобуйатыгар ынах сүөһүнү көрүү олус ыарахан. Ол иһин ахсаана аччыы турар уонна аччыа да буоллаҕа. Онон, ынах сүөһүнү харыстааһыҥҥа улахан суолта бэриллиэхтээх. Ынахтаах эрэ буоллахтарына, тыа дьоно онуоха-маныаха диэри кэм дохуоттаах, үүттээх-эттээх буолуо этилэр.

 

В.И. ВИНОКУРОВ,

экэниэмикэ билимин
Views: 1407 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 40
Ыалдьыттар (гостей): 40
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024