Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Алтынньы » 6 » Төрөөбүт тылынан үөрэтэргэ сөптөөх хааччыйыы тэриллибэт уонна ситэ үбүлэммэт.
Төрөөбүт тылынан үөрэтэргэ сөптөөх хааччыйыы тэриллибэт уонна ситэ үбүлэммэт.
10:27
Сахалыы үөрэтиини тэрийии бырагыраамата

«Кыым» хаһыат 34№-гэр «Саҥа кэм оскуолата хайдах буолуохтааҕый?» диэн суруйуу тахсыбыта. Ону ситэрэн Г.Г. Филиппов салайааччылаах бөлөх бырагырааматын билиһиннэрэбит.
Үөрэх утумугар биир ис хоһоону тутуһар ыстандаарт судаарыстыбаны сомоҕолуур, биир өйдөөх-санаалаах буоларга туһаайар диэн санаа баһыйар.
Ол түмүгэр Арассыыйаҕа билигин омуктарга төрөөбүт тылынан үөрэнэр биир да оскуола суох (нууччаттан уратыларга), барыларыгар икки тылынан, эбэтэр нууччалыы эрэ үөрэнэллэр. Маннык усулуобуйаҕа омуктар тыллара да, култууралара да чөл буолар, сайдар кыахтара суох.
Төрөөбүт тылынан үөрэтэргэ сөптөөх хааччыйыы тэриллибэт уонна ситэ үбүлэммэт. Саамай тирээн турар боппуруос – үөрэнээччигэ уонна учууталга аналлаах үөрэх кинигэтин, босуобуйатын оҥоруу. Бүгүҥҥү туругунан саха оҕолорун үөрэтэр кинигэ, бэл, начаалынай оскуолаҕа ситэри оҥоһуллубат буолла. Онон төрөөбүт тылынан үөрэтииттэн өрөспүүбүлүкэ Үөрэҕин министиэристибэтэ аккаастанар, эбэтэр аахайбат турукка киирэн олорор.

ХИБҮ (СВФУ) хотугулуу-илиҥҥи олохтоох омуктар тылларын уонна култуураларын сайыннарар Бырагырааманы ылынан турар. Билиҥҥи туругунан оҕо тэрилтэлэрин, алын кылаас үөрэнээччилэрин уонна төрөөбүт тыл, төрүт култуура идэтигэр эрэ омук тылын, култууратын идэлээхтэрин бэлэмнээһин барар. Атын биридимиэттэргэ төрөөбүт тылынан үөрэтэр учуутал бэлэмнэммэт. Онон оскуолаҕа төрөөбүт тылынан үөрэтэр кыахтаах да, бэлэмнээх да учуутал суох.

Ити барыта түмүллэн сахалыы төрөөбүт тылынан иитэр, үөрэтэр үлэҕэ уустук быһыы-майгы үөскээбитин көрдөрөр. Маныаха норуот санаата анаан үөрэтиллэ илик эрээри, кэтээн көрүү маннык өйдөбүлү үөскэтэр:

1. Төрөөбүт тылынан үөрэтии оҕо билиини дөбөҥнүк ыларыгар көдьүүстээх, ол гынан баран маннык үөрэтии ситэри тэриллэ илик. Онон аҥаардастыы төрөөбүт тылынан үөрэтэр билигин кыаллыбат.

2. Билигин аҥаардастыы төрөөбүт тылынан үөрэтии оҕо салгыы үөрэнэригэр, билиини нууччалыы быһаарарыгар, нууччалыы салгыы бодоруһарыгар ыарахаттары көрсүөн, сайдыы тэтимиттэн хаалыан сөп. Онон оскуолаҕа эрдэ нууччалыы үөрэнэрэ барыстаах.

Төрөөбүт тылга омук үйэлэргэ муспут өйө-санаата, сүрэ-кута айар уратылаах толкуйа түмүллэ сылдьар. Онон оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэн, үөрэнэн омугун салгыы сайыннарар кыахтаах киһи буолан тахсыахтаах. Ол иһин оҕо оскуолаҕа төрөөбүт тылынан үөрэнэригэр нуучча уонна омук киһитин кытта тэҥ сайдыыны ылар усулуобуйата тэриллиэхтээх. Оннук кыах толору баар. Сатаан тэрийиэххэ эрэ наада.

Омук тыыннаах хаалар соҕотох суола – оҕоҕо төрөөбүт тылынан билиҥҥи кэм үрдүк таһымнаах сайдыытын иҥэрии. Итинник өйдөбүлгэ олоҕуран бу бырагыраама оҥоһуллар. Онуоха олоҕурар төрүттэрбит манныктар:

1. Омук тылын харыстааһын уонна сайыннарыы.

2. Төрөөбүт тыл оҕо билиини дөбөҥнүк ылар, айар кыаҕын сайыннарар анабылын муҥутуурдук туһаныы.

3. Саха тыла оҕо билиҥҥи кэм сайдыытын ылынарын толору хааччыйар кыахтаах.

4. Төрөөбүт тылынан үөрэтиини судаарыстыба уонна уопсастыба туруннаҕына, толору хааччыйыан сөп.

5. Билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылынан үөрэнэр уонна иитэр дьону бэлэмнээһин толору тэриллэр кыахтаах.

6. Оҕо төрөөбүт тылынан үөрэниитэ салгыы нууччалыы да, омуктуу да үөрэнэрин тилэри хааччыйыан сөп.

7. Үөрэтии науката омуктар төрөөбүт тылларынан үөрэтиилэрин ханнык баҕарар таһымнаахтык хааччыйар кыахтаах.

8. Төрөөбүт тылынан үөрэтиини уонна омук култууратын сайыннарыыны РФ Төрүт сокуона мэктиэлиир. Онон ити мэктиэлээһини толорторор уонна ону туһанар бырааптаахпыт.

9. Төрөөбүт тылынан үөрэтиини тэрийии сүрүн уустуктарын билэбит, ол төрүөтүн арыйар соруктаахпыт.

Бырагыраама сүрүн соруга:


Саха оҕото орто оскуола таһымынан төрөөбүт тылынан үөрэнэн сайдыылаах киһи буолар кыахтааҕын арыйан көрдөрүү.

Ону ситиһэргэ маннык суоллары быһаарар наада:

1. Төрөөбүт тылынан үөрэнии оҕоҕо төһө көдьүүстээҕин быһаарыы.

2. Төрөөбүт тылынан үөрэтии оҕоҕо биэрэр үтүө уонна мөлтөх өрүттэрин арыйан көрдөрүү.

3. Маннык үөрэнии оҕоҕо биэрэр көдьүүһүн арыйан, эспэримиэннээн көрдөрүү.

Бырагыраама бастакы үс сылга туруорар соруктара 2011 с. соруктара:

- 2011 с. туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт тылынан үөрэтии тэриллиитэ, уопсай таһыма хайдаҕын чопчулааһын;

- Саха оҕото үөрэнэр оскуолатын, сахалыы иитэр оҕо саадын уопсай ахсаанын быһаарыы;

- Оҕо саадтарыгар төрөөбүт тылы уонна төрүт култуураны иҥэрии уопсай туругун чопчулааһын;

- Иитэр уонна үөрэтэр кинигэлэри, босуобуйалары бэлэмнээһин, хааччыйыы билиҥҥи туруга уонна кэскилэ хайдаҕын быһаарыы;

- Сахалыы иитэр-үөрэтэр үлэҕэ кыттар тэрилтэлэри сүүмэрдээһин, дуогабар түһэрсии, өрөспүүбүлүкэ эспэримиэнин эйгэтигэр киллэртэрии;

- үөрэх кинигэлэрин сахалыы үөрэтиигэ анаан бэлэмнээһин туһунан төгүрүк остуолу тэрийии: саҥа оҥоһуллар уонна тылбаастанар кинигэлэргэ ааптар буолар бөлөхтөрү тэрийии;

- Саҥа букубаары оҥорууга эспэримиэн бөлөҕүн тэрийэн үлэлэтии;

- Сыллааҕы үлэ отчуотун оҥоруу.

2012 сыл соруктара:

- Эспэримиэҥҥэ аналлаах босуобуйалары тылбаастаан, эспэримиэн үлэтин саҕалыырга бэлэмнээн бэчээттэтии;

- Оҕо саадтарыгар уонна оскуолаларга эспэримиэн үлэтин тэрийэн саҕалааһын;

- Оҕо тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр эспэримиэн үлэтигэр бэлэмниир сэминээрдэри тэрийии;

- Эспэримиэн ыытар оскуолалар салайааччыларыгар аналлаах төгүрүк остуолу тэрийии;

- Эспэримиэн ыытар оскуолалар учууталларыгар биридимиэтинэн наардаан сэминээрдэри ыытыы;

- Эспэримиэн үлэтин хонтуруоллуур, кэриэксийэлиир, сүбэлиир отчуоту түмэр докумуоннар халыыптарын оҥоруу;

- Сыллааҕы үлэ отчуотун оҥоруу, кэлэр сылларга эспэримиэн үлэтин салгыырга докумуон оҥорон түһэрии.

2013 сылга үлэ соруктара:

- Төрөөбүт тылынан иитиигэ, үөрэтиигэ аналлаах үөрэх кинигэтин салгыы тылбаастыыр, оҥорор үлэни тэрийии;

- Эспэримиэҥҥэ хабыллар оскуолалар, саадтар оҕолорун араас күрэхтэһиигэ, олимпиадаҕа кытыннарыы;

- Эспэримиэҥҥэ кыттар оскуолалар уонна оҕо саадтарын, учууталларын, иитээччилэрин идэлэрин үрдэтэр, эспэримиэн-бэрэбиэркэлэри, атын да үлэлэри тэрийии;

- Эспэримиэҥҥэ кыттар кылаастары, биридимиэттэри салгыы кэҥэтии, саҥа кыттар баҕалаах оскуолалар үлэһиттэригэр сэминээрдэри, идэни үрдэтэр куурустары тэрийии.

- Сахалыы үөрэтэр учууталлары бэлэмнииргэ ХИБҮ-гэ сорук туруоруу, суолларын тобулуу;

- Үс сыллаах үлэ түмүгүн оҥоруу, салгыы үлэлииргэ сорук туруоруу;

- СӨ "Ил Түмэн" уонна Бырабыыталыстыба кыттыыларынан төрөөбүт тылынан үөрэтэр уонна иитэр үлэни үбүлээһиҥҥэ сокуон барылын оҥорон киллэрии.

Эспэримиэҥҥэ кыттааччылар уонна хабыллар тэрилтэлэр


Эспэримиэн СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин сакааһынан СӨ Наукаҕа министиэристибэтэ иилээн-саҕалаан ыыттарар. Ону ХИБҮ (СВФУ) ХИНТКҮ (уруккута Саха факультета) тэрийэн, дьаһайан ыытар.
Эспэримиэн төрөөбүт тылынан иитэр-үөрэтэр үлэни тэрийэрин быһыытынан дьааһыланы, дьыссааты, оскуоланы – барытын хабар. Төһө кыалларынан тыа, улуус киинин оскуолаларын, Дьокуускай куорат саха тыллаах оскуолатын – бүтүннүүтүн хабар сорук турар. Эспэримиэҥҥэ хабыллар үөрэх тэрилтэлэрин ахсаана хааччахтаммат, ол гынан баран дьиҥ чахчыны ситиһэр, быһаарар ахсаантан итэҕэс буолара табыллыбат. Бу үлэҕэ кыттааччылар эспэримиэн ыытааччыны уонна Үөрэх министиэристибэтин кытта дуогабар түһэрсэллэ

Эспэримиэн ыытыллар болдьоҕо уонна түмүктэрэ


Төрөөбүт тылынан үөрэтэр-иитэр үлэ төһө көдьүүстээҕин быһаарар аналлаах эспэримиэн Арассыыйаҕа аан бастаан ыытыллар. Онон Арассыыйаҕа олорор бары омуктар тылларын харыстыыр уонна сайыннарар үлэни тэрийэллэригэр холобур буолар, аан аһар. Төрөөбүт тылынан үөрэтэр-иитэр үөрэх босуобуйаларын уонна ньымаларын дьааһылаттан саҕалаан орто оскуола таһымынан наука саҥа ситиһиилэрин туһанан оҥорор. Онон эспэримиэн уопсай болдьоҕо оҕо төрүөҕүттэн орто оскуоланы бүтэриэр диэри кэмин хабар. Салгыы үнүстүүт бу үлэни дириҥэтэн, чочуйан ыытар, тэрийэр соруктаах.

Эспэримиэн үс сылга көрүллэр болдьоҕор маннык түмүктэрдээх буолуоҕа:

1. Эспэримиэнниир тэрилтэлэр билиҥҥи үлэлэрин тэрээһинэ хайдах туруктааҕын быһаарыы; ханнык курууппаларга хаһыс кылааска диэри төрөөбүт тылынан үөрэтии тэриллэрин, ханнык дьарыктар, биридимиэттэр төрөөбүт уонна нуучча тыллаах босуобуйалаахтарын, учууталлар туох үөрэхтээхтэрин, о.д.а. чопчулааһын.

2. Сахалыы (төрөөбүт тылынан) үөрэтэр билигин баар учуобунньуктары, босуобуйалары ырытыы уонна биридимиэтинэн, дьарыгынан наардаан тылбаастаан уонна саҥа айан оҥорор соругу туруоруу.

3. Төрөөбүт тылынан үөрэтэр, иитэр үлэҕэ аналлаах учуобунньуктары, босуобуйалары оҥоруу, тылбаастааһын кэнсиэпсийэтин (ирдэбилин) биридимиэтинэн, дьарыгынан наардаан оҥоруу, ааптардарга уонна үөрэтэр, иитэр идэлээх дьоҥҥо сэминээрдэри, сүбэлэри тэрийии.

4. Ааптардар уонна тылбаасчыттар бөлөхтөрүн тэрийэн, төрөөбүт тылынан үөрэтэр, иитэр үлэҕэ аналлаах тылбаас уонна айан оҥоһуллар учуобунньуктар бастакы барыйааннарын оҥорон эспэримиэн үлэтин саҕалааһын.

5. Орто оскуола таһымынан төрөөбүт тылынан үөрэтэр, иитэр үлэҕэ аналлаах тиэрмин уонна таба суруйуу тылдьыттарын таһаартарыы.

6. Нуучча уонна омук тылларын төрөөбүт тылга тирэҕирэн үөрэтэр үлэ кэнсиэпсийэтин оҥорон, үөрэтэр үлэни саҕалааһын, үөрэтэр кинигэлэри уонна босуобуйалары, тэхиниичэскэй тэриллэри туһанар уонна элэктэриэн босуобуйалары оҥоруу.

7. Саха тылын саҥалыы үөрэтэр кыраапыканы оҥоруу, эспэримиэннээһин; төрөөбүт тылы уонна литэрэтиирэни, төрүт култуураны саҥалыы үөрэтиигэ кэпсиэпсийэ оҥорон, эспэримиэни саҕалааһын.
Источник: Kyym.Ru
Геннадий ГУРЬЕВ
Views: 1516 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 118
Ыалдьыттар (гостей): 118
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024