Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [378]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Алтынньы » 11 » Ынах төбөтүгэр харчыта биэриэххэ
Ынах төбөтүгэр харчыта биэриэххэ
11:54
Үүт сыанатын хайдах үрдэтэбит?
11.10.2011 11:13 | Автор: КЫЫМ |
Соторутааҕыта Саха араадьыйатын «Бээтинсэ 45 мүнүүтэтэ» диэн үгэс буолбут биэриитигэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.С. Николаев аһаҕас эпииргэ тахсыбыта. Син элбэх ыйытыы киирдэ. Олорго Айсен Сергеевич сөптөөх, толору хоруйдары биэрдэ. Уопсайынан, биэриини астынным. Арай биир ыйытыыга хоруйун соччо ылымматым. Хаҥаластан Ермолай Скрябин диэн үгүстүк ыйытар киһи баар. Кини: «Үүт тутуллар сыаната тоҕо үрдээбэтий, лаппа эбиллэрэ буоллар, дьон элбэх өйөбүлэ суох хотон туттан, сүөһү ииттиэ этилэр», – диэн ыйытта. Онуоха А.С. Николаев үүт сыанатын соҕотуопсуктар тутар сыаналарын үрдэттэхтэринэ эрэ үрдүөн сөп курдук хоруйдаата. Дьэ, чуо бу хоруйу биһирии истибэтим. Тоҕо?

Түмүкпүт, кэскилбит хайдаҕый?


Ырыынак сыһыаныгар киирбиппит 20 сыл буолла. Ити кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын сүрүн салаатыгар – сүөһү иитиитигэр – уопсай ынах сүөһүбүт ахсаана 409 тыһыынчаттан (хабаатыннардым) 235 тыһыынчаҕа диэри таҥнары түстэ, оттон сылгыбыт 36 тыһыынчанан аҕыйаата. Сылга ортотунан 8200-чэкэ ынах сүөһүбүтүн ааспыт 20 сыл устата сүтэрэн кэллибит. Ол иһигэр кэнники 7 сылы кыайбат кэмҥэ хороҕор муостаахпыт ортотунан 10-нуу (!) тыһыынчанан аҕыйаата. Ити өссө кумааҕыга сурулларынан – дьиҥнээҕин билбит суох. Бу – үлүгэрдээх таҥнары түһүү буолбатах дуо?! Салгыы маннык бардахпытына, кэскилбит сарбыллара чахчы.

Быйыл, учуот көрдөрөрүнэн, 100 тыһыынчаттан арыый ордук ыанар ынахтаахпыт. 87 тыһ. туонна үүтү соҕотуопкалыыр соруктаахпыт. Итини биир ынахха таһаардахха, 9 сэнтиниэри кыайбат. Бу – КП-лар, бааһынайдар ыабыт үүттэрин 100%-ын, оттон кэтэхтэр бэйэлэрэ да ситэ аһаабакка сылы эргиччи кэриэтэ туттаралларын үрдүнэн. Бу сэмэй былааммытын былырыын кыайбатахпыт, быйыл 8 ый түмүгүнэн 96% курдук толорон иһэбит. Бу эмиэ – кибитээнсийэҕэ киирбитинэн, чахчыта төһө эбитэ биллибэт. Олус мөлтөх көрдөрүү!

Ол эрээри ити биир ынахтан 9 сэнтиниэри кыайан туттарбакка сылдьан, ааспыт сылга баалабайынан 192(!) тыһыынча туонна үүтү ыатыбыт диэн отчуоттуубут. Ол эбэтэр ыанньык ынах баһыттан 2000 киилэҕэ чугаһыыр үрүҥ илгэни «ыан» бидилиппиппит. Ити кыһынын аҥаардас отунан кэриэтэ аһатан, эбии аһылыга суох. Сэбиэскэй да кэмҥэ ситиһиллибэтэх «сөҕүмэр» көрдөрүү!

Дьэ, ити курдук саарбах сыыппаранан салайтаран, кыайа-хото отчуоттаан, тыабыт хаһаайыстыбата дириҥ кириисискэ киирбитин билиммэккэ олорор курдукпут. Маннык улахан таҥнары түһүү, өнүйбэт буолуу сүрүн төрүөтэ туохханый?

Ону мин ити Ермолай Скрябин ыйытыытыгар, ол эбэтэр үүт сыанатыгар, хотон-хонуу үлэһитин дохуота кыратыгар сытар диибин. Айсен Сергеевич ити биэриигэ: «Биһиги биир сүрүн сорукпут – тыа дьонун дохуотун үрдэтии. Ол үрдээбэтэҕинэ, ынах-сылгы эһиннэҕинэ тыа сиригэр таас оскуолалары, дыбарыастары да тутан туһа суох. Нэһилиэнньэ син биир киин сиргэ куотуоҕа», — диэн саамай сөпкө эттэ. Онтон...

Үүт  ороскуотун сабар дуо?

Биллэрин курдук, сүөһүнэн ииттинээччилэр сүрүн дохуоттара (харчылара) үүттэн киирэр. Онтубут сыаната бу уонча сылы быһа 20-22 солкуобайтан улааппата. Ити быйылгыттан сайылык үүт 30 солкуобайга тутуллар диэн буолла. Оттон бу сыана киилэ үүт оҥоһуллан тахсар ороскуотун сабар, барыһы биэрэр кыахтаах дуо? Ону быһа холоон суоттаан, ырытан көрүөҕүҥ эрэ.

Киилэ үүт 22 солкуобайыттан 1-1,5 солкуобайа – таһыытыгар, 50 харчыта – «күөх үүт», аны 50 харчыта саҥа тэриллибит нэһилиэк кэпэрэтииптэригэр (ЖСПК-ҕа) бэриллэр. Итилэри таһынан бэтэринээрдэр өҥөлөрүгэр, үүт ыспыраапкатыгар, сир нолуогар ааһарын уо.д.а. быстах төлөбүрдэри аахтахха, киилэ үүттэн илиигэ ылар харчыҥ бэркэлээтэр 19-20 солкуобайтан улааппат. Онон биир ыанар ынахтаах киһи сылга 8-9 сэнтиниэр үүтү туттаран, онно бэйэҥ кыратык испиккин да киллэрэн көрдөххүнэ, 20 тыһ. ордук дохуот киирбэт.

Мантан салгыы ороскуотун ааҕыаҕыҥ. Көрүүтүгэр ыйга 600 солк. аахтахха, сылга 7200 солк. буолуо. Кыстыгы 1,5 туонна отунан туоратарга диэн, 6000 солк. ыытыахха. Аны онтугун аҕалтарыаххын наада. Өскөтүн тимир көлө үлэтин биир чааһыгар 800 солк. төлүүр буоллахха, онтугар, ортотунан, 1500-2000 солкуобайыҥ барар. Аны биир ынаҕы иитэр киһи хайаан да булгуччу 2,5 сыл (ол эбэтэр 30 ый) устата биир соххор солкуобай дохуоту биэрбэт ньирэйи, борооскуну (тыһаҕаһы) туттаҕына эрэ табыллар. Оччотугар эрэ сүөһүҥ салгыы баар буолар. Бу сүөһүҥ 30 ыйынан идэһэ буолан туттарыллан абыраатаҕына да, улахан барыһы биэрбэтин туһунан аҕыйах сыллааҕыта «Оҕус тыһаҕас Молоойко уонна тыс этэрбэс» диэн ыстатыйабар ырытан турабын. Маны таһынан сүөһү ииттэр дьон (хаһаайыстыба) хотон, күрүө-хаһаа тутталлара, оттуур, тиэйэр-таһар тиэхиньикэ булуналлара булгуччу ирдэнэр. Холобур, билигин ыал үксэ оттуурга анаан, 170-180 тыһ. сыаналаах кыра кытай тыраахтарын хамаҕатык атыылаһар буолла. Оччотугар ону төлөһүүгэ биир ынаҕыҥ 10 сыллаах үүтэ холкутук бара турарыгар тиийэр. Эбэтэр 900 тыһ. саҥа МТЗ  тыраахтар ылар буол. Ол туһугар хаһаайыстыба 45 туонна үүтү туттарыан наада. Эбэтэр 10 ыанньыктаах бааһынай ынаҕын баһыттан сылга биирдии туоннаны туттардаҕына, 4 сылтан ордук кэмҥэ биир солк. харчыны киллэриммэккэ, төлөбүргэ ыытыан наада буолар. Манна өссө от оҕустарар, мустарар, престиир,  холбонор тиэхиньикэ наада. Хотон туттаргын, өрөмүөҥҥүн эбэн кэбис. Уопсайынан, итиннэ эбии, нууччалыы эттэххэ, сыана диспаритета олус үрдүгүн быһаара сатыыр наадата да суох.

Бэрт кылгастык сайылыктааһын туһунан. Бу – үрдүкү салалта тэрийбит саамай сөптөөх хайысхата. Быйылгыттан бэрэсидьиэммит Е.А. Борисов модьуйуутунан, сайылык үүтэ 30 солкуобайга тутуллар, онно үлэлиир дьон ыйга 15 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох хамнастаах буолуохтаахтар диэн буолла. Ити сөптөөх ирдэбил. Ол эрээри бары да сайылыкка ыаммыт үүт эрэ барыта 30 солк. тутуллар диэн өйдөөбүт буолуохтаахтар. Алҕаһыыгыт. Өскөтүн кэтэх ыаллар, дьоҕус бааһынайдар ыанар ынахтарын сайылыкка биэрдэхтэринэ да, кинилэр үүттэригэр 20-лии солк. төлөнөр. Ол аата, эбиитин 2 солк. кыччыыр эбэтэр уруккутугар тэҥ-тэҥинэн хаалар. Онтон сайылыгы тэрийбит бааһынай хаһаайыстыба туора дьону үлэлэтэр буоллаҕына улаханы барыһырбат. Кырата, 3 ыанньыксыт, бостуук, үүт таһааччы хамнаһын, этиллэрин курдук, 15-тии тыһ. төлөөтөҕүнэ, онно эбии социальнай төлөбүрдэри, үүтү таһарга уматыгын, электро-уотун уо.д.а. наадалаах ороскуоттарын төлөстөҕүнэ, ночоокко тэбиллибэтэҕинэ баһыыба буолуо. Сайылык үлэтин барытын биир хаһаайыстыба (ыал) толорор буоллаҕына эрэ тустаахха көдьүүстээх.

Онон үүт тутуллар сыаната 22 солкуобай эбитэ бэйэтин ороскуотун да ырааҕынан саппата, ночооттооҕо көстөн турар. Оттон ночооттоох салаа хаһан да сайдыбат. Быйыл саас Майаҕа бэрэсидьиэн кыттыылаах улахан мунньахха ТХМ солбуйар миниистирэ Н.Н. Попов киилэ үүт бэйэҕэ турар сыаната ортотунан 27 солк. тэҥнэһэр диэн турар. Ол иһин хотон-хонуу үлэһитэ сүрүн дохуот оҥостор киилэ үүтүн сыаната лаппа үрдүү илигинэ, төрүт ханнык да хамсааһын тахсыа суоҕа. Ону соҕотуопсуктар үрдэтиэхтээхтэригэр эрэҥкэдийэр сыыһа буолуо. Кинилэр бэрт кыратык эрэ эбиэхтэрин сөп. Тоҕо?

Үүт сотору буортуйар «уйан» ас. Тыа нэһилиэктэрэ суолбут быстар куһаҕан. Онон үүт батарыыта кыаллыбат. Онтон күһэллэн, бары кэриэтэ арыылыыллар. Оттон аҥаардас арыылаан, сир өппөккүн. Аны сайынын арыы атыыга бара охсубат. Оччотугар астааччы тэрилтэ дьоҥҥо тугу уонна хаһан төлөһөрүй?

Холобур, Чурапчы Мырылатыгар, Таатта Баайаҕатыгар, Уус Алдан Тандатыгар, Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүгэр бэркэ гыннар үс күҥҥэ тиийэр бакыаттаах үүтү, суораты, кэпиири оҥорон, Дьокуускайга тиэрдэн төһө барыһырыаххыный? Этэргэ дылы, «биир ардах быһаарар» дьыалата. Үүт ас сайынын нэһилиэккэ, улууска баппат. Оннооҕор аатырар «Чурапчы» кэпэрэтиип айан суолун үрдүгэр турар Мугудайдааҕы кэмбинээтин хаарыаннаах үрүҥ аһа-үөлэ сайынын баппакка эрэйдиир. Маны таһынан астыыр-үөллүүр тэрилтэлэр саҥа ирдэбилгэ эппиэттэһээри техническэй оборудованиены саҥардыыга, базаны кэҥэтиигэ уо.д.а. барар араас ороскуоттара сыллата улаатан иһэр. Онон, төһө да баҕарбыттарын иһин, кинилэр үүт сыанатын улаханнык үрдэтэр кыахтара суох. Оччотугар үүт сыанатын хайдах үрдэтэбит?

Ынах төбөтүгэр харчыта биэриэххэ

Онуоха мин этиим быһаччы маннык. Үүт субсидиятын соҕотуопка кээмэйин улаатыннарымыахха. Тоҕо диэтэххэ, уотурба сыаната олус ыарахан. Сиилэс, сенаж дэлэйдик бэлэмнэммэтинэн, үүт ыама өтөрүнэн үрдүүр чинчитэ билиҥҥитэ суох. Ону таһынан, сүөһүлээх дьон бэйэлэрэ эмиэ үрүҥ аһы тото-хана аһыахтарын наада. Ол иһин чааһынай, бааһынай, КП диэн араарбакка, бары көрүҥ хаһаайыстыбаҕа барытыгар ыанар ынах аайы 5-10 тыһыынча эбии харчыта биэриэххэ диибин. Ити киилэ үүтү 5-10 солкуобайынан үрдэппиккэ эбии ынах төбөтүгэр эбии харчыны биэрии үүтү оҥорон таһаарааччыны ынаҕын ахсаанын элбэтэргэ, үүтү элбэҕи ыырга интэриэстиэ этэ.

Холобур, бу күһүн ынаххын эбэтэр төрүүр тиҥэһэҕин сүүскэ биэрэр буоллаххына, сөкүүндэ иһигэр 30-35 тыһ. солкуобайгыттан тута мэлийэҕин. Тоҕо? Эһиилгитигэр бу ынаҕыҥ төрөөтөҕүнэ, үүтүттэн ылыахтаах 20 тыһ, ньирэйин сыанатыттан кэлэр – 5, бэйэҕэр эмиэ 5-10 тыһ. ылыахтааххыттан илиигин соттоҕун. Оччотугар хаһаайын сэттэтэ толкуйдаан, суоттаан баран, олус уустук балаһыанньалаах эрэ буоллаҕына, сүүскэ биэрэргэ күһэллиэҕэ.

Маннык ынах төбөтүгэр харчы биэрии лаппа көдьүүстээҕин олох бэйэтэ көрдөрөн турар. Өйдүүргүт буолуо, 2003 сыллаахха ынах төбөтүгэр 3600 солк. эбии бэриллэ сылдьыбытыгар биир сыл иһигэр сүөһүбүт ахсаана 5000 улаатан, 301 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта. Ол уурайаатын кытта, үөһэ суруйбутум курдук, сылга уоннуу тыһыынчанан таҥнары барыы саҕаламмыта. Онон сүөһү төбөтүгэр эбии харчыны көрүү сүөһү ахсаанын элбэтиигэ саамай көдьүүстээх уонна ордук дьайымтыалаах дьаһал буолуо этэ. Холобур, быйыл күһүн сүөһү маассабай өлүүтүн иннигэр итинник уурааҕы таһаарар киһи, тыһыынчанан сүөһү сүүскэ бэриллэрин тохтотуо этэ. Онуоха саарабыл суох.


Түмүк оннугар

Наар кэриэлийбэккэ, куһаҕаны эрэ өрө тутан суруйар сыыһа буолуоҕа. Кыһалҕа тирээтэҕинэ, үп-харчы син көстөр эбит. Быйыл сайын илин эҥээр улуустар быстахтык курааннаабыттарыгар үтүмэннээх көмө оҥоһуллубун бэлиэтээн туран, махтаныах тустаахпыт. Сүөһүнү аҕыйаппат туһугар хамсатыылаах дьаһал ылыллара саамай сөп. Ол гынан баран саамай төрдө-төбөтө син биир эт-үүт тутуллар сыаната кыратыгар, уопсайынан, билигин да биһиги курдук уһун кыһыннаах дойдуга тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин кээмэй кыратыгар, сыана диспаритета баарынан, төттөрүтүн, көмөтө аччаан иһэригэр сытар. Өскөтүн 2002 сыллаахха аҥаардас тыа хаһаайыстыбатыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 12%-нын курдуга бэриллибитэ. Кэрэхсэбиллээҕэ, сыыйа 15%-ҥа тиэрдиэхпит диэн буолбута. Ону баара былырыын, быйыл 6% саҕа кээмэйэ угулунна. Аҕыс сылга, кырдьык, үбүлээһин 30-ча %-нан эбилиннэ. Ол кэмнэ ГСМ, атын да табаар, өҥө сыаната 200-300 % улаатта. Онон тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин сүөһү ахсаанын элбэтиигэ тиэрдибэтэҕинэ, бородууксуйа улаатыытын, табаарынайга көһүүтүн туһунан кэпсэтэр да табыллыбат. Үксэ үптэн тутулуктаах. Онон ити Ермолай Скрябин ыйытыыта саамай сөптөөх. Үүт тутуллар сыаната ити сүөһү төбөтүгэр харчы көрүүтүнэн лаппа үрдээтэҕинэ, сүөһү да, эт-үүт да эбиллиэ этэ. Сүөһүбүт аҕыйаатаҕына, тыа сирэ эһиннэҕинэ, сахалар омук да быһыытынан симэлийэн барарбыт чуолкай.

Тыа хаһаайыстыбатын 2012-2016 сс. сайыннарыыга туһуламмыт саҥа бырагырааматын барылыгар 2012 сылга 8,5 млрд солк. (быйыл 6 млрд солк.) көрүллүбүт үһү диэн баара. Оччотугар, холобур, ынах төбөтүгэр уоннуу тыһыынчаны биэрэр гына аахтахха, субсидиялары 2,5 млрд солк. туттуллуо эбит. Оччотугар, Ермолай Скрябин этэринии,  дьон онтон атын улахан көмөтө суох судургу хотон туттан, сүөһү-ас көрөн, олохтоох бородууксуйаны элбэтиигэ киирсиэ этилэр. Ону эһиги, сүөһү, сылгы ииттээччилэр уонна тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга эппиэтинэстээх дьон, туох дии саныыгыт? Санааҕытын этэ, суруйа, туруорса туруҥ. Төрүт дьарыкпыт – омукпут тыыннаах буолуутун биир бэлиэ кылаата.


Чурапчыттан
Иван Пономарев.


 
Views: 1574 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024