News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Сэтинньи » 5 » Тимофей Румянцев, Россия бочуоттаах суол тутааччыта, СР(Я) үтүөлээх тутааччыта. Нам селота 2011 сыл алтынньы 12 күнэ.
Тимофей Румянцев, Россия бочуоттаах суол тутааччыта, СР(Я) үтүөлээх тутааччыта. Нам селота 2011 сыл алтынньы 12 күнэ. | 15:30 |
Россияны авторитарнай – корпоративнай система 2000 сылтан салайан олорор
ВВ. Путин Россия Президена буолаат даҕаны «Россияҕа мүҥүр ыраахтааҕы» курлук сананар, кини сыалын ситиһэригэр манна сөптөөх түгэн эрэ кэтэһэр. Ол түгэн көстүбүтэ, манна бастаан Россияҕа Президент буоларыгар «көмөлөспүт» террористар буолбуттара - кинилэри «ньуһуунньукка да суох гыныам» диэн лозуннаах былааска тахсыбыта. 2004 сыл балаҕан ыйын 1 Хотугу Осетияҕа Беслаҥҥа, саҥа үөрэх сыла аһыллыытыгар, Чечня террористара оскуола учууталларын кытта үөрэнээччилэри, барыта 500 киһини аманнаат (заложник), оҥостон оскуолатын спортсаалатыгар икки күн тутан олордохторуна Россия ФСБта босхолообута, барыта 300 киһи өлбүтэ, үксэ оскуола оҕолоро этилэр, террористар 11 киһи эмиэ өлбүттэрэ. Дьэ бу Россияҕа ыарахан түгэни «туһанан» кинини Россия Президена оҥорбут демократия үрдүгэр түһэн,, «сувереннай демократия» - «салайыллар демократия» - диэни киллэрэр. Итини киллэрэринниттэн демократия баар суох институтун - быыбар сокуонугар элбэх уларытыыны киллэрэн – «быыбардары салайыллар» - «суверенннай» оҥотторор: 1. Россия Госдуматын депутааттарын быыбардарын барытын пропорцианальнай системаҕа киллэрэр – биир мандааттаах депутааттар быыбардарын суох оҥотторор. 2. Партиялар Госдумаҕа ааһар бырыһыааннарын 7% тириэрдэр, онон Госдумаҕа талыллыбыт партиялар 7% ааспатах партиялар бырыһыаннарын ааспыт партиялар үллэстэллэр – бырыаһыаннара лаппа үрдүүр. 3. Регионнар садайааччыларын быыбардарын тохтотор уонна регионнар Парламеннарынан Россия Президена киллэрбит кандидатуратын бигэргэттэрэр, өскөтүн олохтоох Парламент икки төгүл бигэргэппэт буоллаҕына Россия Президена Парламены ыһар бырааптаах. Ол гынан Регионнар парламеннара биир да кандидатуралары утарбатылар, ити өйдөнүллэр – бары парламеннарга «Ныгыл Россия» баһыйар куолаһы ылаллар. Онон «Вертикаль власти» диэн В.В. Путин лозуна олоххо киирбитэ – ити В.В. Путин Россия Президенинэн маҥнайгы срогар этэ. Манан «Вертикаль власти» бөҕөргөтөбүн диэн ааттаан Регионнары салайар Правительствалар быһаччы Кремльгэ бас бэринэллэрин ситиһэр, бу Регион салалталара бэйэлэрин норуоттарын иннигэр эппиэтинэһи сүтэрэллэр. Манан Кремль Россия Президенинэн В.В. Путин саҕана Регион Баһылыктарын талларарга КГБ биир саамай тарҕаммыт «албаһын» туттарга, саамай «табыгастаах» түгэни үөскэтэн - Регион губернатордарын «күрүчүөккэ» ылаллар - кинилэргэ компрамат хомуйаллар. Онно чаҕылхай холобурунан «Ньыгыл Россияны» төрүттээбит, быйыл Д.А. Медвединэн оставкаҕа ыытыллыбыт Москва куорат Мэрэ Ю.М. Лужков, «тимирбэт» губернатордар «Цапковскай империялаах» Краснодарскайскай кыраай губернатора Ткачев, «Прокурорскай дьыалалаах» Москва уобалаһын губернатора Громов, Саха сиригэр «Дело мэрии» диэн дьыалалаах Архангельскай уобалас губернатора Михальчук уонна атыттар. Маннык «курүчүөхтээх» үлэлии олорор Регион салайааччылара Россияҕа үксүлэрэ буолуо. Бу «курүчүөхтээхтэр» ханнык даҕаны криминала суох – коррупционнай төрүттээхтэр эрэ диэн саатар эрэниэххэ сөп. Өскөтүн Советскай Союз Государстваны салайбыт систематын авторитетнай – тоталитарнай системанан билинэбит, онтон билиҥҥи Россия В.В. Путин былааска кэлиэҕиттэн Россия Государстватын салайыы - авторитаритарнай – корпоративнай (бары биир интириэстээх – бэйэ байыыта, бары биир сиртэн төрүттээхтэр – Санкт Петербурттан) системаҕа киирэн олоробут диэи саныыбын. 1. В.В. Путин авторитетын, рейтинин үрдэтиигэ, уруккута - телеведущий Леонид Парфенов этэрин курдук «зомби - дьааһыҥын» - телевидиенан оҥостор, ол инниттэн Россияҕа көҥүллүк көрдөрөр «НТВ» чааһынай телестудиятын салайааччытын Гусинскайа эккирэтиһэн 2002-2003 сылларга Гусинскай Изриальга күрүүр, билигин онно олорор. Аҕыйах сылынан Россия биллэр көҥүл телекомменатордар - Киселев, Сорокина, Парфенов «НТВ-тан» барарга күһэллибиттэрэ. Хата Путины «айхаллыыр» Глеб Павловскай аҕыйах сыл кинилэр оннуларыгар «НТВ-га» программа ыытар буолбута. Оттон Государственнай канааллар үрдүку Россия былааһын «розовай» эрэ туонунан көрдөрөллөр. Хата А.Д. Медведев Россия Президена буолуоҕуттан телевидение син кырдьыгы онон-манан көрдөрөр буолан эрэр. Онтон атын хонтуруоллуур органнарга урукку бэйэтэ бииргэ үлэлээбит КГБ тэрилтэтин үлэһитттэрин, байыаннайдары анаталаабыта. Ордук көрдөрөр-иһитиннэрэр органнар салайааччылара. Ол курдук «Роспечать» (Бэчээт уонна маассабай коммуникацияларын агенствата) салайааччытын солбуйааччыта КГБ генерал лейтенана Владимир Козлов, «Россвязь» (Россия сибээһин агенствата) салайааччыта Валерий Бугаенко – Генерал лейтенанат, кини солбуйааччыта - байыаннай Сергей Марьянов эмиэ генерал, Россия иһиттиннэрэр технологиятын Агенстватын салайааччыта – Армия генерала Владимир Матюхин урукку ФАПСИ директора, солбуйааччылара – Вячеслав КГБ полковнига, Вячеслав Якушев, КГБ генерал лейтенана Евгений Караваешников (бу дааннайнар «Совершенно секретно» диэн 2010 сыл №2 бааллар). Дьэ мантан көстөр хайдах курдук В.В. Путин 8 сыл Россия Президенинэн, 3 сыл Россия Правительстватын Премьер-министринэн олорон Россия көрдөрөр иһиттиннэрэр средстваларын илиитититгэр ылбыта. Ити үөһээ аатаммыт тэрилтэлэр салайааччылара бары урукку КГБ үлэһиттэрэ, байыпннай буолбуттара өйдөнүллэр – кинитэр менталитеттара биллэр, кинилэргэ үрдүкү салайааччылар этиилэрэ – сокуон. Онон маннык салайааччылардаах тэрилтэлэр туох сыалы ирдэһэллэрэ чуолкайдык өйдөнүллэр – Россия көрдөрөр иһитиннэрэр средстваларын хонтуруоллааһын, цензуралааһын. Бу система «үчүгэйдик» үлэлиир буолан 8 сыл тухары В.В. Путин туһунан наар үчүгэйин эрэ туһунан «зомби дьааһыкка» көрдөрөллөр Олохпун сайдан иһэрин курдук көрдөрөн тахсаллар. Онон Россия көрдөрөр-иһитиннэрэр систематын итинник үөһээ этиллибитин курдук хонтуруол, цензура баар буолан В.В. Путин тугу сыыһа дьаһаллары, дьайыылара оҥорбутун биир да Государственнай хаһыаттарга ахтыллыбат, эгэ телевиденияҕа - «зомби дьааһыкка» көстүө дуо. - 1996 сыллаахха ол кэмнээҕи Россия министрдара: Ис дьыала министра А. Куликов, ФСБ министра М Барсуков, Россия генеральнай прокурора Ю. Скуратов туруорсууларынан тэриллибит Санкт-Петербург «Собчак уонна Путин квартирнай дьыалара» 144128-№-дээх уголовнай дьыала тэриллибитэ В.В. Путин ФСБ салайаччыта буолбутугар таах хаалбыта. («Московский комсомолец» 2000 сыл №11). Бу дьыала олох хаалар, билигин срога ааспытынан. Хата бу дьыалаҕа кыттыгастаах «Озеро» кооператив чилиэнэ Андрей Фурсенко Россия үөрэҕин уонна наукатын министрынан туох да буолбатаҕын курдук үлэлии олорор, төһө эмэ Россия үрдүнэн – Фурсенко үөрэх Стандартын туһунан сокуон бырайыагын таһаартарбытын кэнниттэн дойду үрдүнэн студеииар, учууталлар уобсустубалара министрытыттан ууратар туһунан подпись хомуйа сылдьаллар («Собеседник» хаһыат 2011 с. №28). - 2002 сыллаахха алтынньы ыйга Москваҕа Дубровкаҕа «Норд - Остка» террористар 800 киһини аманаат (заложник) ыланнар икки күн тутан олорбуттара. Бу дьону быһыырга В.В. Путин Россия Совет безопасности быһаарыытынан Силовиктар этиилэринэн штурмалаан ыларга быһаарыы ылыналлар, бу быһаарыыны оччотооҕу Правительства салайааччыта М.М. Касьянов эрэ утарар. (Бу маны «Без Путина» диэн Е. Киселев кинигэтигэр ааҕыакка сөп – 2010 сыл). Ол гынан баран быһаччы штурмалааһыны оҥорбокко эрэ, ханнык эрэ гааһы туттаннар бары заложниктар уонна террористар барыта 800 тахса киһи, террористары ааҕан туран, дьаат содулуттан бары утуйан хаалбыттар, күп-күөх сирэйдээх курдуктар үһү.. Онон эппэрээссийэ маҥнайгы этаба үчүгэйдик ааспыт, иккис этаба - дьону эвакуациялааһын туох да бэлэмэ суох барбыт. Театрга кэлбит «Скорай помощь» персоналлара бу отравляющай веществолартан ханнык эминэн тутталларын туһунан ким даҕаны инструкциялаабатах, бастаан наркотик передозировкатыттан утары «нартокол» диэн эми биир заложника туттан, ол киһи арыый үчүгэй буолбутун билэн баран, радиотелефонунан барывлларыгар биллэрэн оннук эми тутталлар. Манан төһө киһини быыһабыттара биллибэт, ханнык даҕаны учуот суоҕа, оттон өлбүт дьону, өйө суох дьону барыларын бииргэ автобуска таһырдьа улууссуҕа таһааран баран автобуска тиэйэн ханна илдьэллэрин биллбэккэ, олбу бодьницаҕа тиэйэ сатыыллар. Барыта бу дьааттан 125 киһи өлбүт диэн Государства билинэр. (Бу туһунан «Московский комсомолец» хаһыахха 2010 сыл алтынньы 26 кунугэр ааҕыахха сөп). Өлбүттээхтэр икки сыл тухары бу түбэлтэ туһунан кырдьыгы билээри Государства правохранительнай уорганнарыттан турарса сатыыллар даҕаны тугу да ситиспэккэ Европа киһи праватын көмүскүүр суутугар 2004 сыллаахха киһи праватын Европейскай конвекциятын 2, 6, 13 ыстатыыйаларын Россия былаастара куруубайдык кэстилэр диэн үҥсүү түһэрэллэр. Бу үнсүү өлбүттээхтэр кинилэр оҕолорун, аймахтарын олохторун Россия Государствата көмүскээбэтэҕин, кырдьыктаах суут быһаарыытын ыыппатаҕын, тыыннаах хаалбыт заложниктарга сөптөөх правовой механизмы туттубаттарын туһунан этиллэр. Ол курдук 125 Россия гражданнара бары доруобуйалара мөлтөхтөрүттэн өлбүттэр диэн экспертэр түмүк оҥорбуттарын өлбүттээхтэр итэҕэйбэттэрин биллэрэллэр, арай биир Австрия гражданката Эмилия Предова-Узунова эрэ заложниктары быһыырга туттуллубут газтан өлбүт диэн эспертэр түмүк оҥороллор, арааһа атын Государства диэн куттаммыттар быһылаах. Евросуукка уочарат бөҕө, оһуоба Россия гражданнарын үҥсүүлэригэр, инньэ гынан 8 сыл тухары кэтэһиннэрэн баран 2010 сылга күһүн көрөргө ылынар, даҕаны Россия туруорсуутунан суут сабыыллах буолуохтаах. Үҥсээччилдэр 12,0 киилэлээх докумуоннары посылка оҥорон ыыппыттара, онон суут сотору буолара буолуо. Россияҕа Страсбурга суута хайдах сыһыаннааҕын өйдүүр буоллахха, бу суут сотору буолара буолуо, Госдума быыбарын инниинэ эбэһээтилнэй буолара буолуо. Манна биир киһи өйдөөбөт түгэнэ баар - тоҕо 7 террористар бары өлөн хаалбыттарай, кинилэр эмиэ «инбэлииттэр» эбит дуу, били өлбүт 125 Россия гражданнарын курдук? Эбэтэр кинилэр тыннаах хаалан тугу эрэ силиэстийэҕэ Россия былааһын туһунан туох эмэ кутталлааҕы этиэхтэрин сөптөөх диэн суох гыннылар дуо? Мангайгынан – туох иһин бу аагы туоратыыга кыттыбыт дьоҥҥо 5 киһиэхэ – икки генералга, бу дьааты оҥорбут химикка, икки «Альфа» уонна «Вымпел» байыастарыгар Россия Геройдарын аатын иҥэрдилэр («МК» хаһыат 2010 сыл алтынньы 26 күнэ). 125 Россия гражданнарын быыһаабатахтарын иһин дуо? Штурмалааһын иннинэ театры төгүрүйэн турар кордоннары туораабыт Россия 3 гражданнарын олөртөөбүт 7 террористары, дьааттан өйө суох сытар дьону өлөртөөбүттэрин иһин дуо? Эбэтэр оччотооҕу Россия Президена В.В. Путин сорудаҕын чиэстээхтик толорбуттарын иһин дуо? Манна маҥнайгы түгэҥҥэ сайдыылаах дойдуларга наҕаарада буоллуохтааҕар уголовнай ыстатыыйаҕа түбэһиэххэ сөп, онон бу түгэн наҕаараадаҕа сөп түбэспэт. Оттон иккис түгэн сөп түбэһэр курдук даҕаны, тоҕо бу террористиры өйө суох сытар дьоннору суох гыннылар, бу наҕаарала ылбыт дьон бары байыаннай дьон ээ, хайдах даҕаны «үөһэттэн» дьаһала суох тугу да онорбот дьон, онон бу икки түгэн биир сыһыаннаахтар дии саныыбын. Онон бу террористары суох гынан сууттан куоттарыы – бу урукку КГБ, билиҥҥи ФСБ методтара - киһи суох да, суут да суох буолар. Оччотугар бу заложниктары ылыы соруйан оҥоһуу буолар дуо? Онтон 2004 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр Беслаҥҥа буолбут 600 заложниктары тутан олорбут террористоры штурмалаан - Россия 300 киһитэ, үксүлэрэ оҕолор суох буолбуттара. Үсүһүнэн – Беслаҥҥа тоҕо террористары кытта переговору ситэри ыыппатылар? Бэл В.С. Черномырдин, оччотооҕу Россия Правительстватын Председателэ, 1996 сыллаахха Буденновскайтан Чечняттэн 350 км ыраах турар сиртэн террористарга автобустары биэрэн, арыаллаан Чечняҕа ыытан, 600 заложниктары быыһаан турар, оттон Беслан Чечняттан 25 эрэ км сиргэ турар ээ. Бу икки түгэннэргэ быһаарыллыбатах боппуруостар элбэхтэр – бу Дубровка боппуруоһугар Страсбурдааҕа суут син тугу эмэни быһаарара буолуо. Онтон Беслан дьыалатыгар Россия Президена Д.А. Медведев Беслан өлбүттээхтэр ийэлэрин көрсүһүүтүгэр өссө төгүл (хаһыс төгүл эбитэ буоллар) – кичэллээхтик эһиги туруорар боппуруостаргытын бэрибиэркэлиэхнин диэн эрэннэрбитэ. Бу икки террористары утары охсуһууга – Москваҕа Дубровкаҕа, Хотугу Осетияҕа Беслаҥҥа Россия салалтататын штурмалааһыны быһаарыы ылыммытын сыыһанан ааҕабын. Манна Россия үрдүкү салалтата Россия гражданнарын – заложниктары быыһааһыны буолбакка террористары суох гыныыны сорук оҥостубуттар дии саныыбын. Оттон сүрүн соруктара – «вертикаль власти» күүһүрдүү, ону бу түгэннэринэн туһанан Россия Президенэ В.В. Путин ити үөһээ этиллибит уларытыылары 2004 сыл ахсынньы ыйга «истигэн» Госдуматыгар киллэрэн сокуон оҥотторор, онон Россия бары сололоохторун «үөһээттэн» талыллар оҥоторор, Россия федеральнай Государстватын унитарнай Государстваҕа кубулутар. Ону таһынан Россия чиновниктарын корпоративнай системанан анааһыҥҥа киллэрэр, уксүлэрин ФСБ «көмөтүнэн» «курүчүөккэ» киллэрэн туран. - 2004 сыллаахха 70 сыл үлэлээн кэлбит Ойуур хаһаайыстыбатын Министерстватын Россия оччотооҕу Президена В.В. Путин, Россияҕа олох ыһан, 2007 сылга саҥа Ойуур кодексатын «истигэн» Госдуматынан ыллаттаран Россия Тыа хаһаайыстыбатын Министерстватыгар – ветеринария департаменыгар сыһыарар. Бу Россия Президена В.В. Путин сыыһа дьаһалларын Айылҕа бэйэтэ дакаастаата - 2010 кураан, ардаҕа суох итии сайын туран Россия Европатааҕы чааһыгар ойуур баһаардара 1 500 000 га сирдэригэр тураннар 2500 дэриэбинэлэрэ умайдылар, 60 тахса киһи уокка былдьанна. Бу Россия историятыгыр хаһан да буолбатах улахан ороскуоттаах баһаардар буолбуттара. Мин санаабар манна сүрүн эппиэтинэһи Россия үрдукү салалтата сүгүөхтээх – 70 сыл оннун булбут системаны ыспытын иһин, билиҥҥи балаһыаннаҕа эппиэттээбэт Ойуур кодексатын үлэҕэ киллэрбитин иһин. Отттон В.В. Путин бэйэтин сыыһатын хаһан даҕаны билиммэт, хата Регионнары буруйдуур, бу кинилэр бэйэлэрин бас билэр сирдэрин көрбөтттөр диэн. - саамай В.В. Путин улахан сыыһата Россияҕа - коррупцияны араҥаччылаабыта буолар. В.В. Путин бастаан Россия Президена буоларыгар Россия Аан дойдуга коррупцияҕа 86 миэстэҕэ баара, оттон билиҥҥи туругунан, В.В. Путин 8 сыл Россия Президенынан олорон 3 сыл Россия Правительстватын председателинэн олордоҕуна, - Россия 170 миэстэҕэ тэбилиннэ, биһиги кэннибитигэр аҕыйах Африка дойдулара эрэ бааллар, 178 дойдуттан. Коррупцияны В.В. Путин араҥҥачылаабыта бэрт аччыгыйтан саҕаламмыта. Б.Н Ельцин 1998 сыллаахха коррупцияны утары элбэх ис хоһоонноох, Аан дойду сайдыылаах дойдуларын көрдөбүллэригэр барыларыгар эппиэттиир дьоһуннаах докумуон этэ, бу сокуон ону-маны тэрилтэ, чааһынай киһи атыылаһыытын Государствата өртүттэн кытаанах хонтуруол олохтонуохтаах этэ – онно сүрүн ирдэбил - аатыылаһыллар тээбирин, мал сыаната бу атыылаһыллыахтаах тэрилтэ бухгалтерскай учучота, чааһынай киһи официальнайдык ылар хамнастара тэҥнэнэн көрүөллүөътээх этилэр. Бу сокуон коррупцияны кытта охсуһууга саамай улахан тирэх буолуохтаах этэ. Ону баара Россия Президена Б.Н. Ельцин 1999 сыллаахха бу сокуону устан кэбиһэр. Бу сокуон тохтоллурыгар - ким Россия үрдүкү салалтатыттан улахан интитриэстээх этэй? Мин санаабар ол саҕана Россия ФСБ-тын салаайааччытыгар В.В. Путин улахан интириэстээх этэ. Киннэхэ ол саҕана Санкт Петербурга тутуллубут дачатыгар 144128-№-дээх уголобнай дьыала тэриллибитэ кини Россия Президена буоларыгар улаханнык мэһэйдиэн сөп этэ. Ол да буоллар В.В. Путин Россия Президенинэн талыллар. Онно улахан көмөнү бу үөһээ этиллибит сокуон тохтоллубута оруоллаах. Өскөтүн бу үөһээ этиллибит дьыалалар Государственнай иһитиннэрэр сириэстибэлринэн - хаһыаттарынан, телевизорынан кырдьыктаахтык сырдатыллаллара буоллар В.В. Путин рейтинэ олох үрдүө суох этэ – намтыа этэ бу кини салайан кэлбит 11 сылыгар. Ону баара Бу Государственнай иһиттэннирэр средствалэр В.В. Путинын хонтуруолланар буолан наар үчүгэйинэн эрэ - Россия Президена и Правительстватын ыытар политиката көстөр. Ол гынан баран Сингапур Президена Ли Хуан эппитин курдук Россия билигин история свалкатыгар сытар диэбитэ. Россия инник балаһыанньаҕа киллэрбит тойон В.В. Путин син бэйэтэ сотору история свалкатыгар бырагыллыа, ол төһө түргэнник бырагылларыттан Россия дьылҕата тутулуктаах.
Онтон Государства салалтата корпоративнай буолара Путин Россия Презилденинынан олордоҕуна борустуой буоллаҕа дии. Ол иһин билигин Россияны дьаһайа олорор 13 киһиттэн 10 Санкт Петербургтан (АиФ №42 2010) Хата 1 киһилэрин - С. Мироновы Санкт Петербург дапутааттара Сенаторыттан төттөрү ыҥыран ыллылар. Онно сүрүн биричинэтинэн Санкт Петербургу Россия саамай корумпированнай куорат – диэн Саргай Миронов этэрин сөбүлээбэтэхтэр, ону тупсараннар Санкг Петербург дьыалатынан Үөһээ палатаҕа дьарыктаммат, «Сиэрдээх Россия» партиятынан эрэ дьарыктанар диэн матыыбтыыллар. Оттон тойон Путин В.В. бу икки ыйга рейтинэ туҺэн эрэр бэйэтэ дьаһайар «Ныгыл Россия» - эбэтэр «Былаас Партиятын» - журналистар этэллэрин курдук, «Сүүлуктэр уонна уоруйахтаро партияларын» бөгөргөтөөрү «Народнай фронт» диэн бөлөх тэрийэ сылдьан Россияны кэрийэ сылдьарын көрбөтөх буолаллар дуо? Ол гынан баран С. Миронов билигин Госдумаҕа депутатынан киирэн «Ньыгыл Россия» баһылаан олорор Думатын иһигэр аһаҕастык оппозицияҕа киирэн, кинилэр «арҕахтарыгар» үлэлиэм диэн эрэннэрэр. Оттон кини оннугар Санкт Петербург губернаторын үлэтин кыайбатах В. Матвиенканы оҥороору сылдьаллар. Государства салалтата корпоративнай буолуутун В.В. Путин маҥнайгы срогар талыллаат даҕаны киллэрбитинэн барар. Кини Россия Президена буолаат даҕаны «Муҥур ыраахтааҕы» курдук сананар. Маҥайгынан СССР саҕаттан «Газпром» холбоһугар үлэлээбит, опыттаах производственниги Рем Вяхиревы Россия Президенинэн талыллаат даҕаны Питер киһитинэн Миллеринэн солбуйтаран «Газпром» холбоһук Генеральнай директорынан оҥотторор, бу Российскай улахан тэрилтэ Диренктордарын Советин Председателинэн Д.А. Медведеви анаттарар. Инньэ гынан В.В. Путин «Газпрому» уонна «Роснефть» тэрилтэлэри бэйэтин илиитин иһигэр ылар. Маннайгы президенниир кэмигэр кини твбаарыстара Геннадий Тимченко, бырааттыы Аркадий уонна Борис Ротенбергердар, Юрий Ковальчук туһунан сурахтар эрэ тарҕаналлара этэ. Оттон В.В. Путин Россия Президениэн иккистээн талыллар бу дьоннор легальнай бизнеһинэн дьарыктанан газ уонна нефтяной промышленноска үлэлээннэр 2007 сыллаахха «Форбс» сурунаал рейтинигэр киирэннэр долларабай миллиардердар ахсааннарыгар киирдилэр: Тимченко 36 миэстэ – 1,9 миллиард доллар, Ковальчик – 67 миэстэ – 1,6 млрд доллар, б ырааттыы А. уонна Б Ротенбергдар 99-100 миэстэ – 1,4 млрд доллар сыллааҕы дохуоттара буолбут. Бу кинилэр итинник түргэнник байыылара нефть сыаната ыарааһыныттан буолла. Холобур 2000 сыллаахха биир баррель (Баррель -180 литра) сыаната – 18 доллар этэ билигин биир баррель – 100 долларга тиийдэ. Төһө даҕаны нефть сыаната итинник үрдүк өрө тахсыыны оҥордор маннык түргэнник хайдах даҕаны байбаккын. Бу маннык түргэнник байыы өскөтүн эн Россия Президена табаарыстаах буоллахына эрэ тахсыаххын сөп. Аналитиктар этэллэринэн бу үөһээ ахтыллар Тимченко, Ковальчуктар, бырааттыы Ротенбергтар бу газ уонна нефть промышленнаһын номинальнай эрэ хаһаайыннара буолаллар, дьиҥнээх бенефициарынан В.В. Путин буолар дииллэр. (Бенефициар диэн собсунас хаһаайына буолбатах, бу тэрилтэ барыһы үллэстиитин дьаһайар киһи). Бу туһунан 2008 сыллаахха Gunvor тэрилтэҕэ бииргэ үлэлиир коллегата Т. Торнквист Британия The Guapdian диэн хаһыатыгар Gunvor тэрилтэҕэ кырдьык «үһүс бенефициар» баар диэбитэ даҕаны кимин эппэтэҕэ. Бу туһунан «Путин итоги. 10 лет» диэн тутулуга суох экпертэр дакылааттарыгар 2010 сыллаахха Москваҕа тахсыбыт кинигэттэн. В.В. Путин КГБ, ФСБ киһитэ кинини сыҕынньах илиигинэн туппаккын, ол гынан баран Россия билигиҥҥи Президена Д.А. Медведев 2010 сыллаахха Кипр правительстватын кытта Россия уонна Кипр государстваларыникки ардыгар - дипломатическай сыһыаҥҥа илии баттаста. «Туймаада уоттара» хаһыат ааҕааччылара билэр буоллуохтаахтар офшорнай счеттар бары Кипрга бааллар, коррупция харчылара барыта онно бааллар диэн Россия экспердара этэллэр. Онон бу счеттартары барыларын булуохха сөп дииллэр, оччоҕуна коррупция туһунан туох эмэ ситими булуохха сөп. Россия билигин сырьевой промышленноһынан стаблизацияга тахсыбыппыт туох да кистэлэ суох – биһиги кэлэр көлүөнэ баайын ыскайдыы олоробут. Бу олороммут Россия үрдүкү былааһа күөмчүлүүр дьонноро эрэ байа олороллор, ол курдук 2008 сылга Россияҕа 38 долларовай миллиардер бааллар этэ, оттон 2010 сыллаахха Россияҕа Россия миллиардердарын ахсаана 100-тан таҕыста. Оттон Россия баай дьоннорун уонна кыаммат дьоннорун дохуоттарын икки арда улаата турар. Ол маннык биир холобуртан көрүөххэ сөп. Бэйэбит дойдубутугар хостонор газпыт нэһилиэнньэҕэ аатыыланар сыаната 1000 кубометрга 2001 сыллаахха 358,0 солкуобай этэ, оттон 2010 сылга – 2500,0 солкуобайга тиийдэ, ол аата 6,98 төҕүл улааппыт. Оттон Росстат ааҕыытынан бу уон сылга сылын аайы 7-8 бырыһыан эрэ инфляция улаатар диэн отчуоттууллар, ол аата бу уон сылга сыанабыт быһа холуйан 100% улааппыт диэн буолар. Оттон борустуой норуот барыта туһанар гааһын сыаната - 690% улаатан атыыланар. Бу кэмнэргэ Россия үрдүкү салалтата борустуой норуотун дьылҕатын саныыра буоллар саатар гаас сыанатын хонтуруоллаан инфляция сиэринэн тутуон сөп этэ. Чэ биһигинннэн сиилэтэ сатыыр Туркмения баһылыгын курдук бэйэтин норуота баайа буолар гааһы босхо биэрэр, нефпитин борустуой норуот уйунар сыанатын тутуохтарын сөп этэ – ити аатырдар «вертикаль власти» диэн миэтэттэринэн. Ол гынан баран бу миэтэттэрэ бэйэлэрин эрэ хармааннарыгар харчы киирэригэр үлэлиир быһылаах. 2004 сылга корпаритивнай системанан государствены салайыы саамай чыпчаалыгар тахсар - иккис срогар талыллаат даҕаны хаһан даҕаны үлэ коллектива диэни билбэтэх, хаһан даҕаны биригээдэни салайбатах ФСБ таһынааҕы разведкаҕа үлэлээбит Фрадкову Россия гоударстватын Правительства председателинэн аныыр, Россия ыарахан кэмнэригэр стаблизацияҕа киллэрбит дьинҥээх финансиһы Касьяновы ууратан туран. Ону даҕаны ууратарыгар Государстваны 4 сыл салайдар, бэйэтэ юрист үөрэхтээх киһи, государстватын тутулун билбэтин көрдөрөн, Касьяновы бэйэтин эрэ ууратаары гынар, ону Касьянов бэйэтэ сэрэтэн, бастаан Правительстваны оставкаҕа ыыттарар. Бу туһунан Касьянов урукку «НТВ» телестудиятын редакторын Евгений Киселевка Касьянов биэрбит интервтютун «Без Путина» кинигэтигэр ааҕыакка сөп. Дьэ онтон Россия Правительстваиын анааһынынан дьарыктынар – саамай хаалыылаах, ол гынан баран сайдарга Аан дойдуга саамай үчугэй условиялаах тыа хаһаайыстыбатын министрынан «Мадам лизинг» диэн журнпалистар ааттыыр тыа хаһаайыстыбытар туох да сыһыана суох специальнастаах - медицинискай наука докторын Елена Скрынныга аныыр, мебель атыылааһынынан дьарыктана олорбут, байыанннай дьыалаҕа туох да сыһыана суох, аҕа кынна Правительства председателинэн үлэлии олорор Виктор Зубков утарбытын үрдүнэн, Анатолий Сердюкову Россия байыаннай министринэн аныыр, 2003 сыллаахха айдааннах «Озеро» диэн ааттаах кооперативка, Санкт Петербурга В.В. Путин дачатын туттарыгар бииргэ үлэлэспит табаарыһын Фурсенканы Россия үөрэҕин уонна наука министрынан аныыр, ол киһиэхэ 2011 Москва журналистара сыллаахха «Россия саамай безграмотнай киһитэ» диэн антиприз анаабыттара, били орто үөрэх эргимтэтин туһунан стандарт оҥорорго проегын иһин. Атомнай промышленность министрынан уу инженера специальностаах, финансист Кириенконы аныыр. 2007 сыллаахха кырдьык дьиҥнээх финансист Татьяна Голикованы Россия Доруобуйа харыстабылын министрэнин аныыр уонна В.В. Путиҥҥа саамай сабыдыаллаах министрэ буолар. Кини уонна кини кэргэнин туһунан Россия Промышленноһун министрэ Виктор Христенко «Собеседник» хаһыат №8-ригэр 2010 сыллаахха «Министерские фантазии» диэн ыстатыыйаҕа хайдах кинилэр ыарахан сыаналаах дьиэлэри аатыыласпыттарын туһунан ааҕыпахха сөп: онно этиллэринэн бу дьиэлэри ыларга В.Христенко министр хамнаһыгар аһаабакка, таҥныбакка 37 улэлиэн наада, Т. Голикова эмиэ итинник условияҕа 70 сыл үлэлиэн наада эбит. Оттон бу доһуонаска Т. Голикова хайдах үлэлии олорорун туһунан «Совершенно секретно» диэн хаһыакка бу дьыл 2011 06 №-ригэр ааҕыахха сөп. Бу ыстатыыйалары ааҕан баран бу министрдарга коррупция дьыалата тэриллэр буоллахтарына хайыы «аһылыгын» амсайыахтарын сөп дии саныыбын. Ол таһынан Россия ис дьыалатын министирэнэн ФСБ генереалын Рашид Нургалиевын Президении олорон анаабыта 10-ча сыл буолла быһылаах, Россия транспорын министринэн байыааннайынан 25 үлэлээбит Левитин ананан үлэлээбитэ эмиэ үонча сыл буолан эрэр, Россия спортун министрирэнэн эмиэ В.В. Путин табаарыһа Виталий Мутько, 2010 сылга Россия хаһан даҕаны кыһыҥҥы Олимпиадаҕа көрдөрбөтөх мөлтөх түмугун – 11 миэстэни мэтээл үллэстиитигэр ылбытыгар Россия Президена Д.А. ууратыах буолбута да, Россия Праительстватын Премьера В.В. Путин көмөтүнэн билигин даҕаны Россияҕа спорту «мутии» гына сылдьар. Дьэ итинник састаабынан 2008 сыллаахха В.В. Путин хаһан даҕаны үлэ коллективын алын түһүмэҕин – биригээдэни даҕаны сааһын тухары салайбатах киһи Россия Правительстватын Премьер министринэн талыллар. Ону кини салайар «Ныгыл Россия» партията – Госдумата, ити иннинэ В.В. Путин бэйэтэ бу политическай партия чилиэнэ буолбатах да буоллар, бу партия съеһинэн «Ныгыл Россия» Россияҕа салайааччытынан ананмыта, онон кини туох да мэһэйэ суох талыллар. Ити Россия правительстватын састаабын сүрүн кадрдарын көрдөххө биир даҕаны производственник суох, барыта финансист, бизнеска кыттыгастаах дьон, урукку КГБ, ФСБ үлэһиттэрэ, барыта В.В. Путин билэр дьоно ананан сылдьаллар. Дьэ Россияҕа государстваны салайыыгы чахчы корпаративнай (бары биир санаалаахтар – бэйэ байыыта) система чахчылаахтык киирэр. Бу система киириитэ - Россияҕа борустуой киһитэ олоҕор балаһыанньа өссө ыарыыр. Онно Россия Госдумата улахан оруолу ылар. Ол курдук Россия Госдумата - бу В.В. Путин бэйэтэ салайар «Ныгыл Россията», салайар соҕотох партияҕа кубулуйар – оруобуна урукку Советскай Союзка курдук, ССРС-һы салайа олорбут – Советскай Союз Коммунистическай Партиятын курдук. Россия Госдумата быыбара 2007 сыллаахха саҥа талыллыбыт Госдума спикера Грызлов, «Ньыгыл Россия» фракциятын Госдумаҕа салайааччыта, этэринэн «Госдума мөкүөр арената буолбатах» диэн аһаҕастык билинэр, уонна «Ныгыл Россия» тугу этэрбитинэн буолуоҕа диир. 2005 сыллаахха В.В. Путин Россия норуотун, Беслаҥҥа буолбут улахан кутурҕанын туһанан, террористары кытта охсуһарга «Вертикаль власти» күүһүрдэргэ диэн ааттан, быыбар сокуоннарыгар улахан уларытыылары киллэрэн Госдуманан аһаттарар. Ол түмүгэр Россия регионнарын салайааччыларын быһаччы быыбардарын тохтотон, регион салайаччытын кандитуратын Россия Президена киллэриитинэн регионнар Парламеннарынан анаттарарар балаһыанньаны олохтотор. Госдума депутаттарын быыбарын пропорциальнай оҥотторон, биирдии мандаттаах депутаттар быыбардарын суох онотторор, аны Госдумаҕа Партиялар ааһар квоталарын 7% тириэрдэр. Оччолорго даҕаны «Ньыгыл Россия» партията Госдумаҕа квалифицированнай үрдүк элбэх куоластаах буолан туох да мөкүөрэ суох Госдуманы бу уларытыылар ааһаллар. Госдума В.В. Путиҥҥа улахан көмөнү онорбута 2007 сыллаахха Аан дойду Холбоһуктаах Нацияларын Тэрилтэтин (ООН) коррупцияны утары конвекциятын ратификациялыырыгар оҥорбута. Ити конвекцияны 1999 сыллаахха Россия маҥнайгы Президена Б.Н. Ельцин тохсунньу ый 27 кунүгэр Илии баттаабыта. Ону 8 сыл тухары Россия биһихэ коррупция суох диэн билиммэккэ В.В. Путин салайар кэмигэр олорбута. Госдума бу конвенцияны ратификациялаабыта даҕаны бу конвенцияны ратификвциялыырыгар коррупция төрдө буолар 20-с ыстатыыйатын ратификациялаабатаҕа. Бу ыстатыыйаҕа этиллэринэн: «Ханнык баҕарар атыылаһыллар маллар, хамсаабат эттиктэр сыаналара – киһи легальнай ылар хамнаһыттан ыарахан буоллаҕына – бу сокуону кэһэн байыыннан ааҕыллар эбэтэр коррупция биир көрүҥүнэн буолар» - диэн этэ». Бу ыстатыыйа күүһүгэр киирбитэ буоллар Госдуманан элбэх коррупцияны утары элбэх сокуоннар ылыллыахтаахтар этэ. Оттон В.В. Путин лексикатыгар бу 8 сыл Россия Президенигар салайан олоруутугар, 3 сыл Россия Правительстватын Премьер министрэринэн олорон кэлбититэгэр олох туттуллубат, оттон бэйэтин дьоннорун ортотугар туттара буолуо даҕаны ол иһиллибэт. Ол туһунан Евгений Киселев «Без Путина» урукку Россия Правительстватын Премьер министрэ Михаил Касьянов интервьютугар ааҕыахха сөп. Онно суруллубутунан 2003 сыллаахха В.В. Путин Россия олигархтарын мунньан олорон мунньахтыырыгар коррупция туһунан эппитигэр оччотооҕу кэмҥэ Россия саамай биллэр баайдаах олигархата Россия нефтяной магната Михаил Ходорковскай эппит: «Коррупцияны утары Россия үрдүк салалтатыттан саҕалыахха наада, биһиги олигархтар бары өйдүүбүт - 1993-95 сылларга Россияҕа приватизация государстваҕа төһө хотторуулаахтык барбытын, ону төһө кыалларынан биһиги государстваҕа төлүүр кыахтаахпыт, только биһиги бары Россия приватизациятыгар кыттыгастаах дьон - бэйэбит ааҕынан баран» - диэбит. Бу арааһа В.В. Путиҥҥа сирэйигэр бэйэтин сыыһатын туһунан (коррупция туһунан) Россия дьонуттан - М. Ходорковскайынан маҥнайгынан аһаҕастык этиллибит буолуохтаах, ону В.В. Путин сөбүлүү истибэтэҕэ чуолкайдык өйдөнөр. Оттон приватизация тумүгүн туһунан В.В. Путин М. Ходороковскайтан барыйаанын түмүгун бары сүбэлэһэн баран ааҕалаарыт диэбит. Ону аҕыйах хонук буолан баран М. Ходорковскай аҕалан туттарбыт, ону В.В. сукунатын остуолун анныгар үүран кэбиспит – ити 2003 сыллаахха буолбут. Дьэ мантан ыла М.Ходорковскайга уголовнай дьыала тэриллэр, М. Ходорковскай 7 сылга хаайыллар 2010 сылга өссө 7 сылга эбии ууруллан билигин хаайылла сытар. Оттон Р Абрамович, нефтяной магнат, О. Дериаска, алюминиевай магнат, М. Прохоров, кыһыл көмүс магната байалларын курдук байа олороллор. Кинилэр хайдах байбыттарын бары билэ ололробут. Оттон 2008 сылтан В.В. Путин Россия Правительстватын Премьерынан талыллыаҕыттан Россия борустуой дьонун олоҕо өссө ыарахан балыһыанньа хам ылларан иһэр. Ол курдук террористар уруккуларын курдук үлэлии олороллор: бу үс сылга улахан аакталар буола тураллар, Невскай экспреска, Домодедовога, Москва метрополитеныгар эстии, Хотугу Кавказка почти кун аайы террористическай аактар буолаллар, ол таһынан технологическай быһылааннар тахса тураллар: Кузбасска Распадскайкай шахтаҕа 80 киһи өлүүллээх шахтаҕа тоҕо тэбии, ойуур баһаардара икки сыл субуруччу бара турар. 12 сыл В.В. Путин Россияны салайан олорбут кэмигэр 10 самолет аварияланна, оччо вертолет суулунна, сыл аайы 60-ча тыһыыеча россияниннар суол авариятыгар өлөллөр, арай В.В. Путин анаабыт Россия транспортын министирэ Армия генерала И Левитин туох да миэрэни ылбат. Арай техника эргэбитинэн уонна олбүт дьоннор буруйдаахтарынан эрэ билэллэр. Билигин В.В. Путин Проезиденнаан, Правительства Премьерынан олорон Россияны салайар бэйэтин билсилээхтэринэн хайа да хайысхаҕа буоллар, бэйэлэрин эрэ көрүнэр дьоннорунан, бэйэлэрэ салайар хайысхаларыгар туох да билиитэ суох дьоннураннан Россияны тупикка киллэрдилэр, ону өссө дириҥэтээри В.В. Путин Россия Президенгингэр тураары сордоно сылдьар. Арай В.В. Путин «ситиһиитэ» диэн Россияҕа коррупцияны эрэ «чаҕылхайдык» өрө тарта. Ол курдук кини Россия Проавительстватын Премьерыгар тахсарыгар 2008 сыллаахха Россия коррупцияҕа 146 миэстэҕэ эбит буоллаҕына 2011 сылга 160 миэстэ буолла. Коррупция туругун АиФ хаһыакка 2011 сыл №20 нүөмэригэрыам ыйын 26 күнүгэр тахсыбыт дааннайдары хаһыат ааҕааччыларын билиһиннэриэхпин баҕарабын: хаһыат 1 страницатыгар «Российскай Федерацияҕа сокуону кэһии туохха тириэрдэрий» - диэн ааттаах, онно этиллэр 2008 сылга финансовай бюджетнай эйгэҕэ сокуону кэһии 94,8 млилиард солкуобай, 2009 сылга - 238,3 миллиард солкуобай, 2010 сылга - 484,0 миллиард солкуобай. Маны «АиФ» хаһыат бэйэтэ маннык диэн комментарийдыыр «2010 сылга Р.Ф. счетнай Палатата (бу палатаны 2001 сыллаахха В.В. Путин бэйэтэ иэрийбитэ, салайааччыта Степашин, быйыл 2011 үсүһүн таоылынна) 2010 сылга 10 бэрибиэркэни онорбут РФ Генпрокуратураны кытта, 28 төгүл МВД, 24 төгүл ФСБ кыттыылаах буолбут. Бу түмүгүнэн 40 уголовнай дьыала тэриллибит, Экспердэр соһулларынан бы дьыалалар бары Прокуратура Следственнай уорганнарынан Россия историятыгар маннайгынан төннөрүллүбэтэхтэр. Манна финансовай кэһиллэргэ «көмөлүспүттэр» диэн ааттаабыттар: бэрээдэгэ суох тэриллибит государственнай структууралар, кинилэр чуолкайа суох полномочуйалара, уонна толорор былаас уорганнара кээмжйэ суох элбэхтик орооһуулара диэн бэлиэтииллэр.» Мин санаабар маҥнайгынан – «Вертикаль власти» саллааттара «чиновниктар», дүоһунастарыттан тутулуга суох, Россия Правттельстватын үлэһиттэрэ, Регионнар чиновниктара – Россия финансовпай, экономическай үрдүку салататыгар В.В. Путины хайдах санаан үлэлииллэрин бу үөһээ ааттаммыт даннайдар кэпсииллэр. Кини бу Россия бюджетын сиэһиҥҥэ туох да миэрэни ылыа суоҕа диэн эрэнэллэрин көрдөрдүлэр. Иккиһинэн бу маннык авторитарнай – корпоративнай политическай система Россия курдук улахан государстваны салайар кыаҕа эстэн эрэрин, маннык система эстэр бириэмэ кэлбитин, маннык Государства бюджетын, нолуокьан киирэр үбү сиэһин бүтэһик кэмэ кэлбитин өйдөөн, баҕар атын дойдуга күрүөхпит диэн оностоллорун «Вертикаль власти» саллааттара – чиновнктар аһаҕастык көрдөрдүлэр. Дмитрий Анатольевич Медведев – Россия Президена бу политическай система буортулааҕын чопчу өйдөөбүт дии саныыбын. Ордук Россия телевидениятыгар 2010 сылта Д.А.Медведев 2 государсивеннай телестудия салайаччыларын 1, 2 программа, НТВ, ТВЦ кытта көрсүбүтүн кэннэ телевидение программалара кыратык уларыйда, В.В. Путин хайгыыр ЛДПР салайааччыта В.В. Жириновскай, КРФП Проханов аҕыйахтык көстөр буолуллар, ол оннугар «МК» редактора П.Н. Гусев, «МК» корресподена А. Минкин, суруйааччылар М.Веллер, Д. Быков, телевидениены «Зомби ящик» диэн ааттыыр Л.Парфенов, криминолог В. Овчинскай, экономист Н. Кричевскай 1.2 канаалларга көстөр буолуллар. Оттон В.В. Путин «Ныгыл Россияны» быыһыыр иннитэн «Народнай фронт» түмсүү тэрийэ сылдан тыл этэрин истэн уонна 1 канаалга «Пусть говорят» Малахов ыытар программатын, «ЖКХ» диэн программатын, 2 программаҕа - «Специальный репортер» - М. Ситтель, «Прямой эфир» - М. Зелинскай, «НТВ» - «Нтвшники», «Центральное телевидение» программалары, «ТВЦ»га – «Прогнозы», «Народ хочет знать», «Врачи» диэн програмалары, «РЕН ТВ» - «Неделя» диэн М.Максимовская ыытар прогроамматын, «Справекдливость» диэн Госдума депутата А.Макаров ыытар программаларын тэҥнээн көрөн баран атын атын государствалар тустарынан кэпсииллэр курдук саныыгын. В.В. Путин ыытар корсүһүүлэригэр Россия наар үчүгэй өртүн кэпсиир уонна студеннарга стипендияларын үрдэтиэм диэн, учууталларга, детсад үлэһиттэригэр, медицинскай үлэһиттэргэ хамнастарын үрдэтиэхпин диэн эрэннэрэр. Маны истэ истэлэр ытыс таһыныытынан көрсөллөр. Кини өссө мантыгын «Народнай Фронтан» - 25% «Ныгыл Россия» партия испиэһэгэр киириэхтэрэ уонна Госдума депутаатын мандаатын ылыахтара диэн эрэннэрэр. Оттон ити үөһээ аатаммыт программаларга Россия борустуой дьоно хайдах олороллорун туһунан борустуой норуот аһаҕастык кэпсииллэр, онно барытыгар «Вертикаль власти» алын сүһүөгэ – чиновниктар хайдах үлэлииллэрин чаҕылхайдык көрдөрөллэр. Бу В.В. Путин кэпсиириттэн олох атын хартыына. Сотору Россия Госдуматын быыбара саҕаланар, онно телевидение билигин саҕалаабытын курдук бардаҕына, В.В. Путин «зомби дьааһыгынан» сымыйанан мунньуммут рейтинэ улаханнык түһэрэ буолуо. В.В. Путин бэйэтин дьоннорун хаһан даҕаны түһэн биэрбэт, ол курдук В. Мутько Канадаҕа буолбут кыһыҥҥы олимпиадаҕа 2010 сылга Россия хамаандата хаһан да итинник мөлтөхтүк кыттабатаҕын иһин Россия Президена Д.А. Медведев министириттэн ууратыах буолбута даҕаны, билигин даҕаны үлэлии сылдьар. Ити киһи В.В. Путин көмөтүнэн миэстэтигэр хаалбыта. Онтон Москва мэрин Юрий Лужкову, «Ныгыл Россия» төруттэспит, ити партия киин Политсоветын чилиэнин, В.В. Путин Москва мэрин дуоһунаһыттан оставкаҕа барыытыттан кыайан быыһаабата. Онтон бэйэтэ анаталаабыт Россия министрдара МВД мииистра Р. Нургалиев, Оборона министра А.Сердюков, Доруобуйа министра Т. Голикова, Промышленность министра Христенко туох да буолбатаҕын курдук үлэлии олороллор. Өссө Р. Нургалиевы өйдүөххө сөп, билигин Россия МВД-тыгар реформа бара турар, милиция – полицияҕа аата уларыйда даҕаны, улахан уларайыы тахса илик гынан баран, 52 МВД генераларга үрдүкү аппараттан оставкаҕа бардылар. Ол гынан баран бу дуоһунаһыгар олорон юрист Магнитскай өлүүтүгэр кыттыгастаах дьону Россия Президенигэр Государственнай наҕараадаҕа түһэрэн, илии баттатан, Аан дойдуга ыскандаал таһаарда. Бу дьоҥҥо Европа парламена Европа дойдуларыгар сылдьар быраапртарын быстылар. Ону таһынан Россия Президена бэйэтин администрациятын кытта Россия общественнай палататыттан комиссия тэрийтэрэн дьыаланы иккистээн көрүллэри ситистэ, ону таһынан АХШ президена эмиэ указ таһааран бу дьыалаҕа кыттыгастаах дьоннору Америкаҕа сыврытыннарбат оҥотодо, бу дьоннор персональнай испиэһэктэрин АХШ Сенатордарын быһаарыытынан быһаарыллаллр. Рашид Нургалиев Россия Президенин Д.А. Медведевы атахтыырын тохтоппотоҕун дакаастаан, Д.А Медв едев бэйэтин укааһынан 2010 сыл сэттинньи 30 күнүгэр 12 киһи өлүүлээх Кубань Кущевскай бөһүөлэгэр тахсыбыт быһылаан иһин Краснодарскай кыраай МВД ГУВД начальнигын гегнерал Сергей Кучеругу оставкаҕа ыытар. Оттон Россия МВД министра Р. Нургалиев 2011 сыл олунньу 22 күнүгэр бэйэтин прикаһынан С. Кучерукка «Заслуги в управленческой деятельности» 11 степени, киһи сатаан өйдөөбөт туох ситиһиилэрин иһин бэриллибитин. Оннооҕор Россия үрдүкү былааһын дьаһалларын саамай сөптөөх диэн быһаара олорор Россия конституционнай суутун предсендателэ Валерий Зорькин ыксаан Россия государственнай хаһыатыгар «Российская газета» 2011 сыл олунньу ыйыгар бу Кущевскайга буолбут түбэлтэни ыврытан баран Россия салалтата маннык Краснодарскай кыраай курдук бардаҕына криминальнай государствага кубулуйуон сөп диэн тумук оҥорбута. Онно Цапко дьыалатыгар Краснодар кыраай милициялара смыһыаннаахтара эмиэ биллэр. С. Кучерук «үчүгэй тэрээһиннээҕин» Р. Нургалиев бэлиэтээбитин курдук тахсар. Бу туһунан «МК» хаһыат олунньу 27 кунүгэр тахсыбыт «За резню в Кущевской – наградить» диэн ыстатыыйаҕа ааҕыахха сөп. Оттон В.В. Путин Россия оборонатын Министра, урукку миэбэл атыытынан дьарыктаммыт, онтон Россия Налоговай сулуусбатын салайван олорбут, А. Сердюковы 2007 сыллаахха аныыр. А. Сердюков Россия оборонатын министранынан 4 сыл үлэлиэҕиттэн Армияҕа «дедовщина» муҥура суох үрдүк таһымҥа таҕыста, онтон куттанан Кавказ республикаларыттан СА-ҕа призыв оҥорбот буоллулар. Бастаан кинини аныылларыгар Армияны контрактнай оҥоруохпут диэн гражданскай киһини Россия оборонатын митнистринэн оҥорбуттара, ол гынан баран үп тиийбэт диэн Армияны контрактнай оҥорортон 2 сыл бэттэх олох аккаастаннылар. А. Сердюков оборона министра буолуоҕуттанн коррупция Армияҕа үрдүк таһымҥа тахсыбыта туох да саарбаҕа суоҕа биллэр, ол иһин Россия Президена Д. Медведев Армияга коррупция боппуруоһун таарыйбытыттан 2011 сыллааҕы подряднай сакаастар баччааҥҥы кэмҥэ диэри оҥоһулубакка тураллара мин санаабар коррупцияны кытта сыһыаннаах дии саныыбын.
Салгыытаhttp://uhhan.ru/news/2011-10-24-4818
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1593 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 106 Ыалдьыттар (гостей): 106 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|