News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Ахсынньы » 12 » Баґылай Харысхал: "Барытын биллим диир іссі да эрдэ..."Мин нэґилиэгим, дьонум-сэргэм ібµгэлэрэ — хоролор.
Баґылай Харысхал: "Барытын биллим диир іссі да эрдэ..."Мин нэґилиэгим, дьонум-сэргэм ібµгэлэрэ — хоролор. | 14:31 |
http://sakhasire.ykt.ru/halyn/xal.php?itemid=10202 История кэрэґитэ
Хантан хааннаахпытый, кимтэн кииннээхпитий? Академиктыын атах тэпсэн олорон анаардахха
Историяны кэрэхсээччи быґыытынан кэтээн кірдіхпµнэ, бу наука са±а эридьиэстээх салаа ахсааннаах бадахтаах. Сµрдээх элбэх міккµірдэр, тµІ былыргыттан оло±уран кырдьыкка кубулуйбут µґµйээннэр, политика, этика да±аны эндирдэрэ историяны ірµµ тумаІІа муннара тураллар. Онон наука бу салаатыгар илиилэрин араарбакка µлэлэґэр уонна ча±ылхай арыйыылары оІорбут учуонайдары ытыктыы кірібµн. Бу кµннэргэ саха норуотун тµІ былыргы историятын µірэтиигэ сыаналаммат кылааты киллэрбит – Кулун-Атах культуратын арыйааччы, «Сахалар» диэн дьоґун монография автора, СР Наукаларын академиятын вице-президенэ, ХИФУ аан дойду историятын уонна этнология кафедратын сэбиэдиссэйэ, профессор, историческай наука доктора Анатолий Игнатьевич Гоголевтыын кірсін кэпсэттим. Анаарыы — Анатолий Игнатьевич, сахалар тірµттэрин туґунан чинчийии хаґааІІыттан са±аламмытай? — XIX µйэ±э ити боппуруоґунан дьарыктаммыт дьон элбэхтэр. Александр Федорович Миддендорф µс сыл µлэлээбитэ. Кини кинигэтэ 1870-с сылларга тахсыбыта. Нуучча учуонайа Отто Николаевич Бетлингк Миддендорф µлэтигэр оло±уран «Сахалар тылларын туґунан» диэн улахан µлэни 1853 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка немец тылынан таґаарбыта. Кинилэр иккиэн µлэлэригэр сахалар тірµттэрин тустарынан санааларын быктаран ааспыттара. Ричард Маак «Бµлµµ уокуруга» диэн µлэтигэр эмиэ сахалар тірµттэрин тустарынан санаатын кылгастык этэн аґарбыттаа±а. Вацлав Серошевскай «Сахалар» диэн бідіІ µлэтин умнарбыт эмиэ табыллыбат.
— Бу чинчийээччилэр туох санаалары этитэлээбиттэрэй?
— Манна хас да вариант µіскээбитэ. Ол курдук, Алтайскай, Енисейскэй версиялар µіскµµ сылдьыбыттара да, µгµс чинчийээччилэр сахалар ібµгэлэрин Байкал кµіл таґыттан таґааран, курыканнары кытта ситимнииллэрэ. Курыканнар Јлµінэ орто сµµрµгэр кэлэн олохтоохтору кытта кыратык буккуґан саха норуотун тірµттээбиттэр дииллэрэ. Оттон миграционнай тµірµйэнэн Со±уруу Сибииргэ эбэтэр, Алтайга µіскээбит бµтµн норуот манна кэлэн олохсуйбут. Ол аата миэстэтин эрэ уларыппыт диэн. — Оттон курыканнартан тірµттээхпит туґунан саба±алааґыны аан маІнай ким оІорбутай?
— Курыканнартан тірµттээхпит туґунан XIX-XX µйэлэр кирбиилэригэр Козьмин диэн киґи этэрэ. ХХ µйэ 20-с сылларыгар Бернард Петри диэн Иркутскай университетын профессора курыканнары µірэппитэ. Кини бэйэтэ хаґан булбут археологическай булумньуларыгар оло±уран улахан концепцияны оІорбута. Кини µлэлэригэр тирэ±ирэн Гавриил Васильевич Ксенофонтов салгыы сайыннарбыта. Итиэннэ, 1950-с сылларга тахсыбыт «Саха сирин историята» µс томнаах µлэ автора, академик Алексей Павлович Окладников суруйбута. Окладников Петри, Ксенофонтов µлэлэрин холбоон оло±урбута. Онно бэйэтэ булбут археологическай уонна фольклорнай матырыйаалларын эппитэ. Бу боппуруоска тіґµµ оІорбут киґи кини. — А.П.Окладников – курыканнар тустарынан улаханнык чинчийбит учуонай. Эн санаа±ар, кини туох боччумнаах этиилэри оІорбутай?
— Кытай источниктарын холбоон, курыканнар – тµµр тыллаахтар, бэйэлэрэ государстволаахтар этэ диэн санаалары эппитэ. Сахалар µіскµµллэригэр курыканнар улаханнык тіґµµ буолбуттар диэн этиини бигэргэтээри Окладников археологическай булумньуларын ірµµ сахалар былыргы малларын-салларын кытта тэІнээн кірірі. Кини ол гынан баран со±урууІІу ібµгэлэрбит XV-XVI µйэлэргэ кіґін кэлбиттэрэ диэн этиитэ олус бэттэх а±алар.
Окладниковы сал±аан саха этнографтара, археологтара бу боппуруоска µлэлэспиттэрэ. Кинилэр – Иван Васильевич Константинов, Иван Егорович Зыков диэннэр. Константиновтаах Зыков саха норуота µіскээґинэ тµірт тµґµмэхтээ±э диэн этэллэрэ. Зыков, сµнньµнэн, Окладников тµірµйэтин толору ылынара. Оттон Константинов XIV-XV µйэлэр буолуо диэн дакаастыыра… — Профессор Сергей Александрович Токарев тµірµйэтэ академик Окладников версиятыгар утары диэн буолар…
— Ити сорохтор этэллэрин курдук утары буолбатах. Кини со±урууттан кэлиини кытта сібµлэґэр. Хас да долгунунан кэлбит буолуохтарын сіп диир. Ол эрээри, кэлиилэр а±ыйах ахсааннаах буоланнар олохтоохтор саха омук µіскээґинигэр ордук улахан миэстэни ылаллар диэн бигэргэтэр. Ол иґин Токарев этиитин автохтоннай тµірµйэ диэн ааттыыллар. Билигин кини кірµµлэригэр балайда чугас позиция±а бідіІ историк, археолог урукку СГУ ректора, билиІІи гуманитарнай чинчийии институтун дириэктэрэ Анатолий Алексеев турар. Кини бу хайысха±а µчµгэй матырыйааллардаах. Анатолий Николаевич ійдібµлµнэн бастакы тµµрдэр кыра группаларын кэлиилэрэ VII-VIII µйэлэргэ эбит. Салгыы эмиэ тµµрдэр кыра-кыра біліхтірі кэлитэлээбиттэр. Онон саха норуотун µіскµµрµгэр олохтоох биистэр – палеоазиат уонна самодийскай а±а уустара улахан оруоллаахтар диир. Бу олус кэрэхсэбиллээх.
Кулун-Атах культуратын арыйыы
— Анатолий Игнатьевич, эн наука±а хаґааІІыттан киирбиккиний? — Константиновтаах Зыков кэннилэриттэн 1970-с сылларга чинчийэр µлэбин са±алаабытым. 20-чэ сыл устата араас археологическай экспедицияларга, хаґыыларга кыттыбытым. Биир сµрµн ситиґиим – киин улуустарга, МэІэ-ХаІалас Маттатын таґыгар Кулун-Атах диэн сиргэ биґиги ібµгэлэрбит олорбут сирдэрин хаґан саІа культураны арыйбытым. Ол наука±а «кулун-атах культурата» диэн сµрэхтэммитэ. Археологтар анал кээмэйдиир ньымаларынан кірдіххі, кулун-атах культурата XIII µйэ бµтµµтµттэн, XIV µйэ са±аланыытыттан XVI µйэ±э тиийэ сал±анан барар. — Ити арыйбыт «Кулун-ата±ыІ культуратын» тар±аныыта тіґі киэІий?
— Илин эІэри бµтµннµµтµн кэриэтэ хабар. Наґаа компактнайдык олорбуттар. Сахалартан уратылара диэн хотонноро туспа турар. Эмиэ туруорбах дьиэ±э. Сµіґµлэрин туспа тута сылдьыбыттар быґыылаах. XV-XVI µйэлэр кирбиилэригэр бала±ан уонна хотон сыґыары буолан бараллар. Ордук туой эмтэркэйдэрэ кµндµ булумньулар. Ол матырыйаалларынан кірдіххі, со±урууттан кэлбит ібµгэлэрбит XIII-XIV µйэлэргэ кэлэн бараннар аа-дьуо тар±аммыттар. Кинилэр кэлиилэригэр манна олохтоох палеоазиат биистэр бааллар быґыылаах. Итиэннэ, бииргэ кэриэтэ кэлбит монгол тыллаах биистэри кытта булкуґан саха норуотун µіскэппиттэр бадахтаах. — Ба±ар, монгол тыллаах биистэр бииргэ кэлбит буолаайаллар…
— Буолуон сіп. Ба±ар, монгол тыллаах биистэри кытта Јлµінэ баґыгар бииргэ олорбуттара буолуо. То±о диэтэххэ, Прибайкалье бµрээттэрэ XVII µйэ 30-с сылларыгар диэри тµµрдµµ кэпсэтэллэрэ µґµ. Эхириттэр, була±аттар биистэрэ. Монгол тыллаах биистэри кытта алтыґыыбыт икки эбэтэр, µс тµґµмэхтээх курдук. Монгол тыла саха тылыгар 20% ылар. ТоІус-маньчжур киэнэ 4%. 10% тыл ілµктµйбµт олохтоох тыллар.
— Историк киґи киэІник хабан анаардаххына, сахалар ібµгэлэрэ кіґін кэлиилэрэ истиэпкэ, Байкал аттыгар буолбут историческай событиелары кытта быґаччы ситимнээх дуо? — Байкал Алтайы, Енисей котловинатын, Тываны кытта ыкса сибээстээх. Онон ити сирдэргэ тар±аммыт таштыкскай культураны кытта быґаччы ситимнээх диэн сорохтор быґаараллар. Холобура, хакастары кытта олус чугас ситимнээхпит. Сибиир тµµрдэриттэн барыларын кытта ситим µгµс. Алтайдар, тывалар да чугастар. Оттон хакастар киэннэрэ олус чопчу эрээри, наґаа элбэ±э суох. — Оччотугар, Анатолий Игнатьевич, син биир курыканнарга эргиллэ турар буоллахпыт…
— Оннук. Курыканнар – сахалар со±урууІІу тірµппµт буоларын билигин мік굴µллµбэт дии саныыбын. Ол эрээри, Енисейтэн, Алтайтан, Монголия истиэптэриттэн дуу кэлбиттэр диэн боппуруос турар. Курыкан культурата таштык культуратыныын сіп тµбэґэллэр. Онон курыканнар таштыктартан тахсыбыт буолуохтарын сіп. Саба±алааґын элбэх. Билигин ханна µіскээбиттэрин эІин курдук бытархай боппуруостары быґаарыы тирээн турар. Норуот µіскээґинин µірэтэр буоллахха археология, тыл, генетика курдук араас наукалар бары холбоґуохтарын наада. — Ити этиллибити барытын холбоотоххо, сахалар хантан хааннаахпыт тахсар буолла±а… — Сµнньµнэн, тахсар. — Эн санаа±ар, кыраман µйэтээ±и скифтэри, хуннары кытта ситимнэр бааллар дуо?
— Ол оруннаах. Хуннартан тµµр тыллаахтар µіскµµллэр. Скиф-сибиир культурата эмиэ тµµрдэр культураларын тірµттµµр. Материальнай культура±а орнаментика эІин ордук сіп тµбэґэр. Ол эрээри, атын тµµр норуоттара эмиэ ити биистэртэн ыллахтара дии. Кинилэр атын сиргэ кіґін, итэ±эллэрэ уларыйан умнуллубут, сµппµт буолуон сіп. Холобура, ислам курдук кµµстээх итэ±эл Орто Азия тµµрдэригэр тар±аммытын кэннэ урукку тірµт культуралара µіскэ симэлийдэ±э. Биґиги ібµгэлэрбит буолла±ына ону илдьэ кіґін хааллахтара. Дьабака бэргэґэ, кылдьыы курдук быґаччы холобурдар бааллар. Биґиги ібµгэлэрбит уопсай тµµр маассатыттан VII-VIII µйэлэргэ арахсыбыттара. Онон былыргы тµµр тылын кытта биґиги тылбыт олох сыстыґа турар. Аны билиІІи µгµс тµµр норуоттара кыпчак тылыттан тахсаллар. Былыргы тµµр кэмин тыллара огузтуу хайысхалаахтар.
— Анатолий Игнатьевич, саха норуотун састаабыгар кыпчактарга чугас хаІаластар, уйгуурдарга уруулуу то±устар, баайа±алар а±а уустара бааллара дьикти эбээт… — КыпчактыІы хаІаластар XV-XVI µйэтээ±и Кыґыл кімµс орда тобохторуттан биирдэстэрэ Сибиир ханствотын кытта ситимнээх буолуохтарын сіп. Оттон уйгуурдарга сыґыаннаах биистэр эрдэтээІІилэр. Былыр тµµр кэминээ±илэр. Уйгуурдар былыр Байкал таґыгар олорбут норуот буолла±а… Кинилэр билигин ИлиІІи ТуркестаІІа олороллор. Уйгуурдар – алта мілµйµіннэр. Кинилэр ортолоругар сары, ол аата араІас уйгуурдар біліхтірі баар. Бу биистэри кэккэ чинчийээччилэр сахалары кытта µµт-маас сіп тµбэґэллэр диэн сі±іллір.
Гаврил АНДРОСОВ.
Баґылай Харысхал: "Барытын биллим диир іссі да эрдэ..."
http://sakhasire.ykt.ru/halyn/xal.php?itemid=7902&catid=430%20title= Бу соторутаа±ыта суруйааччы, драматург, чинчийээччи В.Е.Васильев-Харысхал 60 сааґын томточчу туолла. Баґылай Егорович сааґырдым диэбэт — киэІ сирдэринэн тэлэґийэн ХХ µйэ саІатыгар олорон ааспыт саха интеллигенциятын дьыл±атын суоллаан, сонордоон µірэтэр, чинчийэр. Ол тµмµгэр миллионер атыыґыт Г.В.Никифоров-Манньыаттаах Уола, саха омук лидерэ В.В.Никифоров-Кµлµмнµµр, Ксенофонтовтар дьиэ кэргэн тустарынан спектакллар туруоруллан дьон-сэргэ биґирэбилин ыллылар. Бµгµн биґиэхэ суруйааччы, чинчийээччи, айанньыт Баґылай Харысхал ыалдьыттыыр.
Ааспыты анаардахха
— Василий Егорович, сахалар "дойдулаах суор" диэн ійдібµллээхпит. Онон элбэ±и ыраІалаан кірір чинчийээччи быґыытынан сыаналаатаххына, Амма улууґа Саха сиригэр туох суолталаа±ый? — Ойуунускай биир хоґоонугар "Ґс саха тірµі±эр, µірµµлээх кµнµгэр" диэн этэр. Дьэ, ол µс саха тірµтµттэн биирдэстэрэ — хоролор. Мин нэґилиэгим, дьонум-сэргэм ібµгэлэрэ — хоролор. Ґс хоро ууґа диэн ааттаах нэґилиэк. Улуу Хоро о±онньор Кэнньэ, БітµІ, ДьоІку диэн µс уолаттардаах. Улууспут аата онтон тахсар. Нууччалыыта Скороульскай буолас диэн. Биґиги — I Скороульскай, Аба±а — II Скороульскай нэґилиэктэрэ диэн ааттаналлара. Гражданскай сэрии, былаас уларыйыыта да буоллун, ол холоруктар бары Амма сирин-уотун ортотунан ааспыттара... Ол биричиинэтэ биллэр — Амманан µс суол ааґар. Бастатан туран, Лээгинэн, Јнньµіґµнэн, Благовещенскайынан Амырга тахсар аартык барар. Иккиґинэн, Уус-Маайанан, Ньылханынан АйааІІа тахсар аартыктаахпыт. Ґсµґµнэн буолла±ына, Сул±аччынан, Чымынаайынан тµстэххэ Охотскайдыыр суол ааґар. Инньэ гынан, µс суолу миинэ сытар буолан, гражданскай сэриигэ биґиги улууспут атыттардаа±ар улахан охсууну ылбыта. ҐрµІ да, кыґыл да, Пепеляев да, Коробейников да бары биґиги сирбитин таарыйан ааґаллара. Ол иґин икки іттµттэн — µрµІнэртэн да, кыґыллартан да сµрдээх улаханнык эмсэ±элээбиппит. ҐрµІ-кыґыл охсуґуутун кэмигэр генофондабытын улаханнык сµтэрбиппит. Улахан µірэхтээх, сайдыылаах дьон µіскээн испиттэрин µрµІ-кыґыл дии-диибит кырган кэбиспиппит. Аны гражданскай сэрии кэнниттэн Артемьевынан сирэйдээннэр наґаа элбэх киґини репрессиялаабыттара. Онон Бµлµµ сµнньµн, Јлµіхµмэни кытта тэІнээн кірдіххі, кинилэргэ µірэхтээхтэрэ, учууталлара чіл ордон хаалбыттара. Кэтээн кірдіххі, итинник улахан охсуу 60-70 сылынан эрэ оґор эбит — дьэ, саІа µірэхтэнэн саІа ґай-ґат диэн эрэбит. — Саха интеллигенциятын дьыл±атын µірэтэн баран туох диэн тµмµк санаа±а кэллиІ?
— Былыргыны, быйылгыны да тэІнээн кірдіххі, атын-атын буолла±а. ТаІас-сап, компьютер, телевизор эІин барыта ураты… Ол эрээри ис турукпут 1820-с сыллардаахха, бу µйэ са±аланыытыгар да буоллун барыта биир. Тіґі да сайдыылаах µйэ±э µктэннэрбит ис турукпут, санаабыт уларыйбатах. Ньэгэй киґи µрдµк да µірэхтэнэн уларыйбат, оттон µтµі киґи хаґан ба±арар µтµітµнэн хаалар эбит. — Араас кілµінэ саха интеллигенцията µйэлэр тухары тугу туруорсубутай?
— Саха интеллигенцията былыр-былыргыттан, Софрон Сыраанап, Сэґэн Ардьакыап, Степной думаны тэрийбит Мигалкин, Кµлµмнµµр, Байбал Ксенофонтов да буоллуннар, саамай улахан туруорсуулара — саха омук бэйэтин баґын бэйэтэ бас билэр буолуута — государственнай таґым. Биґиги омукпут симэлийбэккэ тыыннаах хаалыахтаах, атын улахан омуктар быыстарыгар киирэн суураллыа суохтаахпыт диэн. Софрон Сыранов сахалар бэйэбит сууттаах-сокуоннаах, сирбитин-уоппутун бэйэбит бас билэр буолуохтаахпыт диэн ыраахтаа±ыга тиийэн туруорсубута. Јйдіін кірдіххі, барыта эргийэн кэлэ турар. Холобура Байбал Ксенофонтов конфедералист буолан союзнай статуґу туруорсубут эрээри бириэмэтэ ааґан хаалбыт. Билигин да±аны саха интеллигенцията хайдах эмэ гынан бу урбанизация, аан дойдуга хамсааґын ірµµ бара турар кэмигэр олохпутун, тылбытын-іспµтµн, культурабытын чіл хааллардарбыт диэн µлэлэґэр… — Василий Егорович, µілээннээхтэриІ, билиІІи саха интеллигенциятын туґунан тугу этиэххиний...
— 1980-с сылларга аґара хааччахтаабыттара. Онноо±ор республика салалтатын, устудьуоннар 70% нууччалар ылыахтаахтар дииллэрэ. Ол долгунугар "биґиги эмиэ дьоммут, кµн анныгар миэстэлээх буолуохтаахпыт" диэн ійдібµлтэн улахан хамсааґын тахсыбыта. Бу барыта 1986 сыл сааґын кэнниттэн... Ол тµмµгэр суверенитет кэлбитэ. СаІа тахсан эрэр интеллигенция — А.С.Борисов, Н.А.Лугинов уонна а±а до±отторбут С.П.Данилов, Далан буолан мустан ірµµ сµбэлэґэрбит. Ол тµмµгэр "Саха омук" тµмсµµ µіскээн, элбэх боппуруостарга далааґыннаахтык µлэлээбитэ. Интеллигенция, университет бµттµµнэ "Саха омук" тула тµмсµбµтэ.
Аан дойдуну ар±ардахха — КиэІ сирдэринэн тэлэґийэр, араас омуктардыын алтыґар киґи сыаналаатаххына, "саханы саха дэппит" ханнык хаачыстыбалаахпытый? — Сахалар сµрдээх µлэґит, мындыр омукпут. Хомойуох иґин, ону сэбиэскэй былаас умуннаран кэбистэ. Биирдэ ДьааІыга сылдьан Баата±айтан Адьыаччыга баран иґэн курданалларыгар диэри ууга турар икки киґини кірдµбµт. Балыктыы сылдьар буоллахтара диибит. Онтубут курданарынан ууга киирэн от охсо тураллар эбит. Аны охсубут отторун целлофаІІа ууран баран соґон таґааран кыра та±ааІІа куурдаллар. Бу дьон маннык ньыманан оттоон, 20 сµіґµнµ иитэн олоролло𠵴µ! Ити баар — µтµі хаачыстыба! Бу 60 кыраадыс тымныылаах дойдуга итинник µлэлээн айахпытын ииттэн кэллэхпит.
Аны сахалар атын омуктарга холоотоххо сµрдээх мындыр дьоммут. Биир холобур. Аляска штатын кылаабынай компьютерщига — Николай Иванов диэн саха уола. Киниттэн компьютеры хантан билэрин ыйыталаспыппар: "А±ам эргэ списаниеламмыт компьютеры бэлэхтээбитэ. Ол алдьана сылдьарын хасыґан, оІорон µірэммитим",—диэн хардаран соґутан турардаах. Бу саха мындыр ійі буолбатах дуо?!
— Василий Егорович, оттон сахалар ордук ханнык омуктартан, кимнээхтэн холобур ылыахпытын сібµй. — Мин санаабар, биґиэхэ ахсааннарынан, айыл±аларынан дьаґанан олорууга холобур буолуон сіптііх финнэр бааллар. Ис туруктарынан сахалар курдук дьон. Кинилэр саамай сµрµн сыалларын Россияттан арахсыбыттарын кэннэ президеннэрэ Карл Густав Маннергейм финнэр омук быґыытынан а±ыйах ахсааннаахтарын учуоттаан: "Биґиги аан дойдуга, Европа±а ааппытын ааттатыахпытын ба±арар буоллахпытына, саамай µрдµк хаачыстыбалаах бородууксуйаны оІоруохтаахпыт, оннук оло±у-дьаґа±ы тэриниэхтээхпит",—диэн сыал-сорук туруорбут. Ол иґин финнэр тугу оІорбуттара барыта — µрдµк хаачыстыба. Финляндия±а электроника, кибернетика улаханнык сайдыбыт буолан ахсааннара быдан а±ыйах эрээри ситиґиилэрэ µрдµгµнэн сорох кірµІнэргэ Японияны куоґараллар.
Оттон сири-уоту, дьиэни-суолу тутан-дьаґанан олорууга Алясканы биґирээтим. Кинилэргэ эмиэ ирбэт тоІ баар, кыґын тымныы тµґэр буолла±а. Ханнык да уґулуччу матырыйаалтан оІорботоллор да дьиэлэрэ-уоттара олус µчµгэй, боростуой эрээри олус табыгастаах. Суолларын-иистэрин олус биґирээтим. Јскітµн биґиги дьоммут суолу оІороллоругар икки араІаны кутар — кумах кэнниттэн тута асфаллыыр эрэ эбит буоллахтарына, Аляска±а алта араІаны куталлар. Ол иґин термос курдук буолан ирбэт тоІ олох хамсаабат. Суолларын гарантията 20 сыл. — Ийэ дойдубутун Россияны мээнэ±э улуу держава диэн ааттаабаттар ээ…
— Амматтан тірµттээх Асклипиодот Рязанскай диэн эмигрант баар. Финляндия±а сылдьан кини суруктарын булбутум. Онно Соловкиттан кµрээбит сахаларга суруйбут суругар: "Мин атын омуктар — англичаннар, немецтэр, французтар, онноо±ор японецтар, кыра омуктарга сыґыаннарын кэтээн кірдµм. Кинилэр кыра, а±ыйах ахсааннаах, сайдыыта суох омуктарга ыттыы сыґыаннаґаллар. Онуоха холоотоххо, нууччалары кытта киґи уопсай тылы булар, тэІІэ аахсар, тіґі ба±арар бэйэ быраабын туруулаґар кыахтаах",—диэбит. Аны Аляска±а сылдьан индеец профессор Джим Уолтер о±онньору кытта билсибитим. Кини биґигини, сахалары, ордук саныыр: "Эґиги университеттааххыт, эґиги театрдааххыт, эґиги президеннээххит", — диир. Бэйэтин омугун кытта тэІнии сатыыр — кинилэр литературалара суох, тіріібµт тылларынан µірэммэттэр, бары английскайдыы эрэ саІараллар… Америка, Кытай сµрдээх улахан имперскэй амбициялаах государстволар. Россия саамай уратыта, кµµґэ — µгµс норуоттаа±ар, элбэх культуралаа±ар. Нуучча ыраахтаа±ылара ону ійдіін чіл хааллара сатаабыттара. Бу Россия саамай улахан кµµґэ, баайа буолар. Ол баар буолла±ына Россия эстиэ суо±а!
Сахалар тустарынан санаалар
— Василий Егорович, эйигин норуоппут туґугар ордук туох-ханнык санаа ырыта тыытарый? — Сэбиэскэй культура биґиэхэ, саха дьонугар, икки сµрдээх улахан омсолоох суолу хаалларда. Бастатан туран, Дьокуускайга, онноо±ор сахаларга, олохтоох киґи диэн ійдібµл суох. Холобура массыынанан ааґан иґэн тµннµгµнэн біхпµтµн тамныыбыт. Маннык психология Саха сиригэр бµтµннµµтµгэр иІэн хаалбыт. Бу биґиги дьиэбит-уоппут, тэлгэґэбит диэн ійдібµл суох. Онноо±ор тыа сиригэр! Иккис омсолоох ірµппµт, коммунистическай кэмІэ улаханнык µлэлээбэккэ эрэ хара±ы баайан аат-суол, уордьан-мэтээл ыла охсубут киґи диэн ійдібµл иІмитэ буолар. Харах баайыытыгар баран хааллыбыт. Интернат о±отун курдук "государство моонньо суон" диэн ійдібµл µіскээтэ. Мантан ордук тыа сирэ иэдэйдэ. Совхозтар эстибиттэрин кэннэ, оскуола±а, о±о саадыгар, балыыґа±а баар а±ыйах миэстэ±э µксэ дьахталлар эрэ µлэлииллэр. Эр дьон µксэ дьыбаан киэргэлэ буоллулар. — Оччотугар бу проблеманы быґаарарга тугу гынабыт. — Ґлэ суох диэн буолбатах — промышленноска вахтанан баран, куоракка киирэн µлэлиэххэ сіп эбээт! Манна да±атан кыбыттахха, японецтартан, кытайдартан биир суолга ордук кыґанан µірэниэхпитин сіп этэ. Ол —мындыр µлэґит буоларга. — Саха сиригэр промышленность кэннэ іссі ханнык салааны сайыннарыахпытын сібµй? — Аны эт, µµт технологиятын сайыннарыахха. Маннык µтµі хаачыстыбалаах аґы аан дойдуга хантан да булбаккын! Јрдіі±µтэ немецтэри Саккырыырга илдьэ сылдьыбытым. Дьонум ынах, сылгы, таба этин, сµігэйи, µµтµ "маннык µтµі аґы ханна да сиэххит суо±а" дэґэ-дэґэ истэрэ уйарынан симинэллэрэ. Ханнык да омук культуратын билиґиннэрии ас-µіл культуратыттан са±аланарын ійдµіхтээхпит. Биґиэхэ биир "Тыгын Дархан" эрэ рестораннаахпыт. Холобура итальянскай, французскай, японскай, кытай куухуналара аан дойдуга биллэллэр. Аатырар "Макдональдс" аґа — американскай культура кэрэґитэ. ОлоІхо эйгэтин арыйа сатыыбыт. Онуоха олоІхо дойдутун аґын µіскэтиэхтээхпит. — Республика Президенэ Егор Борисов тыа сиригэр бол±омтону ууруохтаахпыт диэн этэр. Онон бу хайысха±а улахан хамсааґыннар тахсаллара кµµтµллэр. Василий Егорович, тыа сиригэр сыґыаннаан тугу этиэІ этэй? — Тыа сиригэр та±ыстахха, сµрµн проблема — суоллар. Ардах кэнниттэн киґи сатаан хаампат — бырыы да, бадараан буолар. Урут 60-с сылларга тротуардары, палисадниктары оІорор µгэс киирэн испитэ ээ. Онноо±ор кыра дэриэбинэлэргэ. Суолу оІорууга улахан хамсааґын наада. Уопсайынан, улахан біґµілэктэр Саха сиригэр алдьатыылаах со±устар быґыылаах. Киин улуустарга сырыттахха, онноо±ор, дьиэ верандата, кырыыґа фронтона суох буолара µгµс. Оттон сорох хоту улуустарга тиийдэххэ, дьон толору хааччыллыылаах дьиэ±э олороллор. Манна улахан хамсааґыны таґаарыахха наада. Холобура, ипотеканан тутуллар дьиэ хайаан да толору хааччыллыылаах буоларын ирдиэххэ. Киґи киґиттэн кірін µтµктэр. Онон бу бэрт тµргэнник тар±аныах этэ. Септик оІордоххо сир бэйэтэ иІэрэ да туруон сіп. Россия хоту іттµгэр Архангельскайга дьон барыта оннук туттан, дьаґанан олорор. Алясканы, Финляндияны этэ да барыллыбат...
Туомтуу тардар оннугар — Василий Егорович — ірµµ олох оргуйар µіґµгэр сылдьар киґи, тµмµккэ кичэмэ санаа±ыттан µллэґин эрэ…
— Омугум атын омуктар ортолоругар сµтэн, симэлийэн хаалбакка бэйэтин аатын µрдµктµк тутуон, ааттатыан ба±арабын. Аан дойду барыта хаґыллан, сирин баайа хостонон, дьон бі±і олохсуйан бµттэ. Билигин ар±аа, со±уруу да буоллун саамай чіл айыл±алаах Саха сирэ эрэ хаалла. Биґиги бу проблема кµірэйэригэр бэлэм буолуохтаахпыт уонна сирбит баайын-дуолун сатаан туґанан, сахабытын умнубакка "ґай-ґат" диэн олоруох тустаахпыт! Јссі биири этиэхпин ба±арабын. Айар µлэ диэн — µірэх. Олус элбэ±и µірэтиэххин, билиэххин наада. Тарбаххыттан эмэн суруйбутуІ хаґан ба±арар кэрэгэй буолар. Ол иґин кэнники 20 сылга саха интеллигенциятын историятын µірэтэбин, чинчийэбин. Ол да гыннар барытын биллим диэн этэрим іссі да эрдэ буолуо…
Гаврил АНДРОСОВ
Хаартыска±а: Баґылай Харысхал Джуно куоракка Аляска штатын архыыбыгар хас да тігµл µлэлээбитэ. 2008 с.
|
Category: История, философия |
Views: 2107 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 114 Ыалдьыттар (гостей): 114 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|