Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Ахсынньы » 21 » Саха сирин олохтоохторугар туһаайан Афанасий Максимов аймахтарыттан Аһаҕас сурук
Саха сирин олохтоохторугар туһаайан Афанасий Максимов аймахтарыттан Аһаҕас сурук
14:05
ОТКРЫТОЕ ОБРАЩЕНИЕ К МИХАИЛУ ПРОХОРОВУ
Президенту группы «Онэксим»
Прохорову М.Д.
                                                                       от Хацевич Андрея Борисовича,                       
  предпринимателя, г.Якутск

Уважаемый Михаил Дмитриевич!

    Поводом для обращения к Вам послужили события, происходящие сегодня в Якутии вокруг моего друга - предпринимателя Максимова Афанасия Николаевича.
    12 декабря 2011 г., в День Конституции РФ, Якутский городской суд приговорил Афанасия Максимова к 7 годам лишения свободы в колонии общего режима за совершение преступлений экономической направленности.
    Вместе с ним приговорены к лишению свободы бывший генеральный директор ЗАО «Сунтарнефтегаз» Игорь Чикачев и генеральный директор ЗАО «Витимская нефтяная компания» и ООО «Ленанефтегазстрой» Игорь Пахомов (каждый – к 4 годам). Получил условный срок бывший главный бухгалтер ОАО «Якутгазпром» Владимир Рожин.
***    По информации, переданной 13 декабря с.г. Следственным управлением СК  РФ по РС(Я),  «в зависимости от роли каждого они признаны виновными в совершении преступлений, предусмотренных:
-  ч. 4 ст. 160 УК РФ (хищение чужого имущества, вверенного виновному, совершенное группой лиц по предварительному сговору, с использованием своего служебного положения, в особо крупном размере);
- ст. 199.2 УК РФ (сокрытие денежных средств организации, за счет которых в порядке, предусмотренном законодательством РФ по налогам и сборам, должно быть произведено  взыскание недоимки по налогам);
-  ч. 4 ст. 159 УК РФ (мошенничество);
-  ч. 3 ст.33, ст.159 УК РФ (пособничество в мошенничестве)».
    Фабула дела сводится к тому, что Максимов, Чикачев, Пахомов и Рожин, в составе организованной преступной группы, под руководством Максимова в 2006 г. разработали и в последующем реализовали схему хищения денежных средств, предназначенных для  строительства магистрального нефтепровода «Талакан-Витим».
    По версии следствия, осужденные совершили хищение денежных средств ОАО ННГК «Саханефтегаз» в размере около полумиллиарда рублей. Приговором суда Максимову назначено наказание в виде 7 лет лишения свободы и штрафа в размере 1,4 млн.руб., Пахомову – 4 года и штрафа в 1,2 млн.руб., Чикачеву – 4 года  и штрафа – 700 тыс.руб., Рожину – 2 года  условно и штрафа в 400 тыс.руб.
Уголовное  дело было расследовано Следственным управлением Следственного комитета РФ по РС(Я).
***
Я знаю Афанасия  Николаевича Максимова более 30 лет -  с 17- летнего возраста, когда мы вместе поступали и учились в Кременчугском летном училище.
И как человек, которому небезразлична судьба друга, решил обратиться к Вам с просьбой оказать содействие и помощь  в достижении справедливости в этом сложном и запутанном деле, которое, по оценкам адвокатов, юристов и экспертов, расследовано необъективно, с грубейшими  нарушениями закона.
Вы, являясь крупным российским бизнесменом, не понаслышке знаете, какими методами и способами расправляются с неугодными, имеющими собственное, другое, мнение предпринимателями, как у них отбирают успешный, годами созданный, бизнес.
После оглашения приговора, который пока еще не вступил в законную силу, с подачи Следственного комитета РФ через центральные СМИ на всю страну распространена информация, что «якутский депутат Максимов в составе организованной преступной группы украл полмиллиарда рублей».
Но это не так, и я это знаю точно! Как неоднократно заявлял в республиканской и федеральной  прессе сам народный депутат РС(Я) Афанасий  Максимов, уголовное дело против него было сфабриковано,  является политическим заказом со стороны бывшего Президента Якутии Вячеслава Штырова и братьев Магомедовых, контролирующих группу «Сумма», заинтересованных в отъеме его топливо-заправочного бизнеса.
Именно ОАО «Якутгазпром», ныне подконтрольное «Сумме», якобы является потерпевшей стороной в сфабрикованном  уголовном деле, по которому сегодня и осуждены Максимов, Чикачев, Пахомов и Рожин.
И именно Якутгазпром на сегодня стал собственником 14 автозаправочных станций в г.Якутске, построенных Афанасием Максимовым задолго до появления Магомедовых в Якутии.
Цель политического заказа – расправиться с неугодным топ-менеджером и политиком, отказавшимся слепо исполнять их (Штырова и Магомедовых) незаконные поручения, а также захватить его бизнес.
Сегодня, понимая это, многие граждане Якутии, представители  общественности, политики и депутаты возмущены несправедливым и неоправданно жестоким приговором в отношении народного депутата РС(Я), почетного работника авиации РС(Я) А.Максимова, заслуженного работника народного хозяйства РС(Я) И.Чикачева, генерального директора ЗАО «Витимская нефтяная компания» и ООО «Ленанефтегазстрой»  И.Пахомова, а также бывшего главного бухгалтера ОАО «Якутгазпром»  В.Рожина.    
Самое же  вопиющее в том, что все это происходит на том фоне, что в стране, как известно, идет пресловутый, широко разрекламированный на всю Россию в предвыборный период «процесс либерализации» уголовно-процессуального законодательства. 
***

Уважаемый Михаил Дмитриевич!

    Ранее я  ни к кому  и никогда не обращался за помощью; все вопросы и проблемы как мужчина и офицер  всегда решал сам.
    Но сейчас я бессилен и, видя, как на моих глазах, в результате необъективного следствия, проведенного с многочисленными грубыми нарушениями закона, суд вынес несправедливый приговор в отношении моего друга и его коллег,  не могу молчать!
    Я вынужден бить в набат! И для этого я обратился именно к Вам – как к Человеку, для которого настоящая мужская дружба, мужская честь не являются пустыми словами.
    Прошу Вас как одного из немногих истинных борцов за демократические ценности, как реального кандидата в Президенты Российской Федерации взять под личный контроль ситуацию вокруг народного депутата Якутии Максимова А.Н. и его коллег. 
    При необходимости я готов направить весь пакет документов, связанный с этим делом, или вылететь в Москву для личной встречи с Вами.

С уважением, 
Хацевич А.Б., бывший начальник РУОП отдела г.Маркса и Марксовского района Саратовской области, участник боевых действий 1995, 1999 и 2000 годов в Чечне.
Телефон: + 7-914-226-19-96.
Республика Саха (Якутия), г.Якутск.
21 декабря 2011 года.
Всем жителям республики http://uhhan.ru/news/2011-12-20-5190

Саха сирин олохтоохторугар туһаайан
Афанасий Максимов аймахтарыттан Аһаҕас сурук


Бу дьыл ахсынньы 12 чыыһылатыгар, Арассыыйа Федерациятын Төрүт сокуона ылыллыбыт бэлиэ күнүгэр, сууту-сокуону толоостук кэһэн ыытыллыбыт силиэстийэ түмүгэр, Дьокуускайдааҕы куорат суутун ыйааҕынан биһиги бииргэ төрөөбүт бырааппыт - Афанасий Николаевич Максимов 7 сылга күлүүс хаайыытыгар уурулунна. Кинини сэргэ күлүүс хаайыытыгар уурулуннулар – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, 35 сылы быһа ньиэп-гаас эйгэтигэр үлэлээбит Игорь Алексеевич Чикачев уонна эдэр, кэскиллээх салайааччы – Игорь Иннокентьевич Пахомов. Бу дьону барыларын, ону кытары «Якутгазпром» ААУо (билигин «ЯТЭК») кылаабынай буҕаалтырын Владимир Семенович Рожины, «экэнэмиичэскэй буруйу оҥордулар» диэн кэриэтээтилэр. Маннык ыарахан күҥҥэ-дьылга, бырааппыт буруйа суоҕар итэҕэйэр, күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолбут доҕотторугар, дьокутааттарга, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэригэр, билэр-билбэт дьоммутугар-сэргэбитигэр улаханнык махтаныахпытын баҕарабыт. Кыра да эрэх-турах кыымын саҕар, төһөлөөх абыраллааҕын хаарыйтарбыт эрэ киһи өйдөөн эрдэҕэ. Афанасий Максимовы уонна кини биир идэлээхтэрин, чуолаан, ким «ыйан-кэрдэн» итинник тыйыс бириигэбэргэ тиэрдибитин билэр, сэрэйэр дьон бааллар. Урукку «Якутгазпром» ААУо, билиҥҥитэ «Якутская топливно-энергетическая компания» бас билээччилэрин интэриэһин көмүскүүр иирбэ-таарба бэлиитикэ содулуттан сойуолаһыы саҕаламмытын эмиэ сэрэйэллэр. Силиэстийэ сиирэ-халты, сокуону толоостук кэһэн туран ыытыллыбыта даҕаны, дьыала эрдэттэн «үлэх быһыытынан» сакаастаммытын туоһулуур. Дьыала ис дьиҥин иҥэн-тоҥон билэр киһи аҕыйаҕых. Дьон үксэ үһү-таамах быһыытынан бу дьыаланы истэллэр. Ол иһин дьоммутугар-норуоппутугар дьыала-куолу ис хоһоонун кылгастык билиһиннэрэргэ сананныбыт. Афанасий 1964 сыллаахха Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр элбэх оҕолоох учууталлар дьиэ кэргэннэригэр алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа аҕабыт төрөөбүт сиригэр Таатта улууһугар Уус Тааттаҕа ааспыта. Оскуола кэнниттэн Афанасий кыра эрдэҕиттэн ыра гыммыт санаатын толорон, Кременчуктааҕы (Украина) летнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Училищены туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн өр кэмҥэ летчигынан үлэлээбитэ, үксүн хоту улуустарга көтөрө. 1996 сыллаахха Киевтээҕи гражданскай авиация университетын бүтэрэр уонна «инженер-экономист» диэн специальноһы ылар. Уларыйыы-тэлэрийии сылларыгар, Афанасий бэйэтин улахан кредиттэри бэйэтин эппиэтинэһигэр ылан «Якол» диэн ааттаах хампаанньа бөлөҕүн тэрийэр. Онно «Якол» ньиэп тэрилтэтэ, «ЯколСтройСервис» тутуу фирмата, «Илин» авиахампаанньа, «Илин-Тур» туристическай фирма киирэллэр. Үлэ, хамнас кырыымчык кэмигэр «Якол» сүүһүнэн киһини (үксүлэрэ ыччаттар этэ) үлэнэн хааччыйар, дьиэ кэргэттэрин иитэр кыах биэрэр. Бырааппыт өрөспүүбүлүкэҕэ дьоҕус урбаан атаҕар турарыгар, сайдарыгар туох баар сыратын-сылбатын, сатабылын ууран, көлөһүнүн тоҕон туран үлүгэрдээхтик үлэлээбитэ. Кини тэрийбит тэрилтэлэрэ («Саханефтегаз ААУо ННГК салайыан иннинэ) дойду хааһынатыгар нолуок быһыытынан билигин ити туох да дакаастабыла суох сыһыарар «таһаарбыт хоромньуларыттан» итэҕэһэ суох сууманы киллэрбитэ. «Буруйу оҥорор
тэриллиилээх бөлөх» буолан «Талакаан-Витим» ньиэп-гаас турбатын тутуутугар 500 мөл. солкуобайы «уордулар» диэтилэр. Оттон 500 мөлүйүөн диэн кыра суума буолбатаҕын бары өйдүүр буолуохтаахпыт... Ийэлээх аҕабыт - Пелагея Афанасьевна уонна Николай Николаевич Максимовтар аҕыс оҕону төрөтөн киһи-хара оҥорбуттара, ону таһынан үс балыстарын ииппиттэрэ. 40 сылы быһа тыа оскуолаларынан – Дьааҥынан, Горнайынан, Тааттанан көһө сылдьан үлэлээбиттэрэ. Бэйэлэрин оҕолорун, үөрэтэр оҕолорун үтүө үлэһит, амарах санаалаах, чиэһинэй, суобастаах буоларга ииппиттэрэ. Аҕабыт Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, ийэбит – тыыл бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара» диэн үрдүкү ааттаах. Биһигиттэн барыбытыттан Афонябыт саамай тэһиккэй өйдөөхтөрө, саамай кырдьыксыппыт, үтүө санаалаах, көнө, аһаҕас дууһалаах киһибит. Максимовтартан биир да киһи атын дьон баайын-дуолун уорбут хара аньыыбыт суох. Ама, Афонябыт кэлэн уоруо үһү дуо?! Суох буоллаҕа! Кини судаарыстыбаттан буор босхо ылбыта диэн хаһан да суоҕа. Мерзлотка ороуйуонугар баар Дьоккуускайдааҕы дьиэтин өссө «Саханефтегазка» киириэн иннинэ туттубута. Москубатааҕы квартиратын былыр үйэҕэ бэйэтин кэтэх тэрилтэлэрин нөҥүө төлөөн бүтэрбит дьыалата этэ. Биһиги аҕыс бииргэ төрөөбүттэртэн биирбит эрэ судаарыстыбаттан өр үлэлээбитин иһин биир хостоох дьиэ ылбыта. Дьиэ биэрэр күннээх да буоллахтарына, дьиҥинэн, Афанасийга биэриэхтэрин сөбө. Тыйыс усулуобуйалаах хоту улуустарынан өр көппүт, үлэлээбит киһиэхэ. Бырааппыт хаһан да киһини омугунан көрөн араарбат. Кими баҕарар бастатан туран киһи быһыытынан сыаналыыр. Ол иһин доҕотторун ортолоругар араас омук дьоно барыта бааллар. Кини олус аламаҕай майгылаах, көмөҕө наадыйбыт киһиэхэ өрүү кыаҕа баарынан көмөлөһөр. Бизнесмен быһыытынан дьоҥҥо оҥорбут үтүөтүн өйдүүр дьон баһаам буолуохтарыгар бүк эрэнэбит. Айар дьоҥҥо, спортсменнарга, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар тэриллэр тэрээһиннэргэ элбэхтик көмөлөспүтэ. Үөрэҕирии сылын түмүгүнэн, Афанасий Николаевич Максимов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта, «Үөрэхтээһин мецената» диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Саха сирин элбэх оскуолаларын Попечителлэрин сүбэтин чилиэнэ. Авиация сайдыытыгар кылаатын иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин авиациятын үтүөлээх үлэһитэ. Бырааппыт көмөлөспүт биирдиилээн дьоно, социальнай тэрилтэлэр махтаммыт суруктарын, кырааматаларын ааҕан сиппэккин. Төрөөбүт Тааттата халаан уутугар былдьаммытыгар аан бастааҥҥынан кини көмөҕө ыстаммыта. «Илин» авиахампаанньатын бөртөлүөттэрэ төһөлөөх киһини быыһаабыттара буолуой. Оттон баһаардары умуруорууга төһөтө көппүттэрэ этэй... Афанасий төрөөбүт норуотун духуобунай баайа сөргүтүллэригэр бэйэтин кылаатын эмиэ дьоһуннаахтык киллэрдэ дии саныыбыт. Өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар, аатыгар-суолугар улахан өҥөлөөх дьон үлэтин үйэтитэн элбэх кинигэни бэйэтэ үбүлээн таһааттарда. Холобурга диэн аҕыйаҕы аҕыннахха -- «Русское сердце Арктики» диэн кыраайы үөрэтэр учуонай, хотугу нууччалар култуулараларын чинчийбит А.Г.Чикачев туһунан; Русское Устье, Походское сэлиэнньэлэргэ олорор олохтоох нууччалар уус-уран айымньыларын кинигэтэ: эмчит, Айыы ойууна Владимир Кондаков « Аар Айыы итэҕэлэ» кинигэтэ... Ама да буолтун иһин, итини барытын туора сотон, умнан кэбиһиэх муҥмут дуо?.. Афанасий Николаевич Максимов Ил Түмэн II, III уонна IV ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата. Өрөспүүбүлүкэ парламенын билиҥҥи мунньаҕар 2008 сыллаахха Чурапчы-
Таатта 31-с № -дээх биир мандаттаах быыбардыыр уокуругуттан талыллыбыта. Киэн туттар, иннибитигэр уктар тумус туттар бырааппытын 4 сылы быһа соһо сылдьан эккирэтистилэр. Хаһан эрэ көҥүлбүтүн, бырааппытын мэктиэлиибин диэн саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар андаҕайбыт үрдүк сололоох киһи сорудаҕынан сойуолаһыы түмүгэр, билигин, хаайыыга харайдылар. Уонна кимиэхэ итэҕэйиэхпитий, кими күн-ый гыныахпытый?! Сатаан тобулбаппыт… Түөрт сылы быһа өһөөн туран биһиги дьиэ кэргэммит аатын-суолун киһи иилэн ылбат гына алдьаттылар. Саха норуотун интеллигенциятын сорҕото буолбут төрөппүттэрбит туһунан үтүө өйдөбүллэри сиргэ-буорга тэбистилэр. Киин хаһыаттар, тэлэбиидэнньэлэр дьокутаат Максимовы суоһарар ыстатыйалара хараана суох тахсаллар... Үс сылы быһа өрөөн көрбөккө, кыра оҕо баар диэн туттуммакка, бырааппыт дьиэтин истэри-тастары дьэҥдьийдилэр. Туох да сууттан-сокуонтан көҥүлэ суох төлөпүөннэрин истэ олороллор (бэл, факска кытары «жучок» хатана сытарын булабыт), ол кэннэ саҥаны-иҥэни үнтү эргитэн бэчээккэ биэрэллэрэ абалаах... Суут бириигэбэрэ тахсар түүнүгэр диэри дьиэтин таһыгар хара массыына күлүгүрэн турбута… Бу сыллары быһа бырааппыт туһугар төһөлөөх түрүлүөн түүнү, ыарахан чааһы аһарбыппыт буолуой?! Төһөлөөх уу көппүтэ, ас аҕырбыта буолуой?! Ааҕар кыаллыбат... Дьоммут-сэргэбит, истиҥ эрэ! Туох ааттаах бас баттах бардылар?! Хайдах сиргэ, хайдах судаарыстыбаҕа олоробутуй?! …Үөһээ «Якол» хампаанньаҕа киирэр тэрилтэлэр ааттарын ааттаталаабыппыт: «Якол» ньиэп хампаанньата, «ЯколСтройСервис» тутуу фирмата, «Илин» авиахампаанньа, «Илин-Тур» турфирма... Билигин бу тэрилтэлэртэн биирэ эмэ, ити саатар «Якол» диэн суруктаах уматык ыстаансыйаларыттан биирэ эмэ дьокутаат Максимовка хаалбыта буолуо дуо? Тугу да ордорботулар. Дьокуускайдааҕы дьиэтэ уонна Москубатааҕы аарыстаммыт дьиэтэ, аарыстаммыт массыыната эрэ хааллылар. Бу айылаах сүүрэн-көтөн, үлэлээн-түбүгүрэн тэрийбит тэрилтэлэриттэн үс сыл иһигэр ньылбыччы ытыс соттон хаалла… Холуобунай эккирэтиини сакаастаабыт дьон бизнеһин эрэ былдьаабатылар, доруобуйатын, ньиэрбэтин эмиэ олорчу сиэтилэр. Онно сөп буолбакка, аны билигин, хаһан иккистээн өнүйбэтин диэн, 30-с сылларга курдук, хаайыы сирэйдиир соруктаахтар!!! Туох инниттэн?! Оччолорго былааһы тутан олорбут киһини утары барбытыттан, Сахатын сирин экономикатын интэриэһин аһаҕастык, хорсуннук турууласпытыттан… Бу айылаах эккирэтиһиини, муннукка хаайыыны, ыгыыны-түүрүүнү бырааппыт барахсан булгуруйбат санаатын күүһүнэн, охтон-бүдүрүйэн биэрбэт үс кутун бөҕөтүнэн, Сокуон уонна Кырдьык хайаан да кыайыахтаах диэн ис сүрэҕиттэн эрэнэриттэн эрэ тулуйан, кыайан сылдьар. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр кини саамай истиҥ, чугас дьоно буоларбыт быһыытынан, киниэхэ итэҕэлбит сүдү, туруулаһар буоллахха, киһи быраабын араҥаччылыыр Европа да суутугар тиийэн кырдьыгы таһаарыахпыт диэн чиҥ санаалаахпыт. Кыларыйар кырдьык тахсарын туһугар, Афанасий Максимов уонна кини доҕотторун, биир идэлээхтэрин Игорь Чикачеву, Игорь Пахомовы уонна Владимир Рожины үтүө ааттарын сымыйа буруйтан босхолуур туһугар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрин, биир идэлээхтэрин дойду уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар туһаайбыт сурукпутун өйөөн илии баттыыргытыгар көрдөһөбүт. Тылбытын
ылыныаххыт, көрдөһүүбүтүн быүа гыныаххыт суоҕа диэн эрэнэбит. Ытыктабылы кытта Ил Түмэн дьокутаатын Афанасий Максимов бииргэ төрөөбүттэрэ: Владимир, Надежда, Виктор, Николай, Нина, Федор, Андрей. Билсиһэр төлөппүөн: 8-964-418-7999. Ахсынньы 20 күнэ, 2011 сыл, Дьокуускай куорат.

Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 2183 | Added by: uhhan2
Total comments: 1
1 ??  
Это что, оказание давления на правоохранительные органы ??

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024