News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Ахсынньы » 30 » - Бу сырыыга чопчу мээр буолар сыаллаах-соруктаах киирсээри сылдьабын, - диэн Анатолий Кырджагасов этэр.
- Бу сырыыга чопчу мээр буолар сыаллаах-соруктаах киирсээри сылдьабын, - диэн Анатолий Кырджагасов этэр. | 01:22 |
Анатолий Кырджагасов: «Дьокуускай куорат дьаһалтата аҥардастыы политиканан үлүһүйбүтэ туохха тиэрдибитин көрдүбүт»
Мээр быыбарыгар кыттар баҕалааҕын биир бастакынан дьон-сэргэ истиитигэр дорҕоонноохтук эппит киһинэн -- «Губинскай ОДьКХ» Салайар Хампаанньа (СХ) генеральнай дириэктэрэ, Дьокуускайдааҕы Куорат Думатын дьокутаата, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа чилиэнэ Анатолий Кырджагасов буолар. Анатолий Андреевич бу иннинээҕи, 2007 сыллааҕы мээр быыбарыгар, кыттан күүһүн-уоҕун холонон көрбүттээх. Бэркэ табыллан баран иһэн, быыбар ортотугар кандидатуратын Василий Филиппов туһатыгар устунан кэбиспитэ. Онон Василий Васильевичка элбэх куолаһы тэбэн биэрэн, хата аатырбыт «адмресурс» кандидатын – Юрий Заболевы ыксаталыы сылдьыбыта. «Куолас хайытар» кэмнэригэр, Кырджагасов төттөрүтүн саха электоратын сомоҕолоон биэрбитин, үгүс киһи сыаналаабыта. Тус политическай амбицияны «уопсай копилкаҕа» ууран биэрии бэлиитикэҕэ - улахан дьыала.
Эһиил сааскы быыбарга мээр быыбарыгар Василий Филиппов даҕаны, Анатолий Кырджагасов даҕаны кыттар санаалаахтар. Бу сырыыга быыбар биэтэгин, дьэ, ким хайдах-туох түмүктүүр соруктааҕый?
- Бу сырыыга чопчу мээр буолар сыаллаах-соруктаах киирсээри сылдьабын, - диэн Анатолий Кырджагасов этэр. - Билиҥҥитэ Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа кандидат быһыытынан регистрациялана, сайабылыанньа түһэрэ иликпин. Ол гынан баран, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйатын салалтатыттан, бэлиэр, сөбүлэҥ, өйөбүл ылан олоробун.
- Анатолий Андреевич, бэйэҥ буолбакка, баартыйа аатыттан тоҕо киирсэҕин?
- Соҕотоҕун киирсэрим «ноолоох». Регистрация кэмигэр «уһулан» да кэбистэхтэринэ көҥүлэ. Инньэ диэн аһаҕастык сэрэппит да дьон баар. Ол иһин, атааннаһыы, бурайсыы буолар түгэнигэр, баартыйа миигин өйүөҕэ, көмүскүөҕэ диэн баартыйа кандидата буоларга быһаарынным.
- 2007 сыллааҕы мээр быыбарыгар бэйэҥ ааккыттан киирсибитиҥ буолбат дуо?
- Оччолорго мин кыахпын ситэ сыаналаабакка быыбарга киллэрэн «алдьаммыттара». «Ким да билбэт киһитэ, политикаҕа саҥа киһи, онон куттала суох» диэн аахайбатахтара. Элбэх куолаһы ылыа дии санаабатахтара чуолкай.
- Анатолий Андреевич, Дьокуускайга дьиҥнээх хаһаайын тоҕо кэлбэтэ бэрдэй?
- Куорат баһылыктара өрүү политиканан үлүһүйэн тахсаллар. Туох баар сыраларын баартыйанан атааннаһыыга, бэлитиическэй көрүүлэринэн утарыта турсууга барыыллар. Ол содулуттан дьиҥнээх тус эбээһинэс иккис былааҥҥа хаалан, куорат олохтооҕун кыһалҕата быһаарыллыбакка кур бэйэтэ курсуйан, хаар чөмөҕүнүү мунньуллан, эбиллэн иһэр. Ким эмэ, тугу эмэ туруорсаары гыннаҕына харда биир - «Харчы суох!..»
- Кырдьык суох дуо?
- …Уорбаттара эбитэ буоллар баар буолуох этэ… Хомойуох иһин, хоруупсуйа былаас систиэмэтигэр бигэтик киирдэ.
- Холобур?
- Холобурга диэн эттэххэ - сарайы өрөмүөннүүргэ 1,700 мөл. солк. оҥороллор... Биһиги уокурукпут оннук матырыйаалынан, оччо үлэни, оннук кэмҥэ, оччо хаачыстыбалаахтык -- 800 тыһ. солк. оҥорон биэрэр. Коммунальшик киһи дьиҥ сыана хайдаҕын билэр буоллаҕым дии. Уонна саамайа диэн, ханнык баҕарар өрөмүөн, тупсарыы үлэтигэр дьиэ олохтоохторун бэйэлэрин быһаччы тендер хамыыһыйатыгар кытыннарабыт: «Эһиги дьиэҕит – хонтуруоллааҥ!» -- диэн.
- Бэйи эрэ, сарайбытыгар төнүннэххэ… 900 тыһ. солкуобай ким эрэ сиэбигэр иҥэн иһэр?
- …Ити биир сарайтан киирэр чунуобунньук «барыһа», онтон куоракка элбэх дьиэ сарайа «оҥоһуллар»…
- Хомолтолоох... Анатолий Андреевич, оттон коммунальщик киһи эт эрэ, коммунальнайбыт тарыыба тоҕо наһаа үрдүгүй?
- ОДьКХ-ҕа судаарыстыба, өрөспүүбүлүкэ ханнык эмэ да буоллар харчыны син көрөр. Оттон муниципалитет манна букатын кыттыспатын кэриэтэ. 10-ча сыллааҕыта, капитальнай өрөмүөҥҥэ сылга ортотунан 200-чэкэ мөл. солк. көрүллэрэ.
- Оттон билигин?
- 21 мөл. Биллэн турар, ити харчы тиийбэт. Урут биир турбабыт сыаната 30 тыһ. этэ. Билигин -- 42-45 тыһ. Коммунальнай эйгэҕэ харчы көрбөккө гынан баран, наар буруйдаах СХ-ны көрдүүрүнэн дьарыктаналлар. Дьиҥинэн, куорат коммунальнай туругун тупсарарга, мин ааҕыыбынан, 6 млрд солк. ирдэнэр. Дьиэни барытын сөргүтэн, оҥорон баран чааһынай коммунальнай тэрилтэлэргэ, баһаалыста, туттардыннар. Дьэ, уонна ирдээтиннэр! Билигин буоллаҕына, аҥаардас нэһилиэнньэ төлүүр харчытыгар барытын бары оҥотторо-көрдөрө сатыыллар, биллэн турар, ол кыаллыбат.
Уопсайынан, биһиги курдук тыйыс усулуобуйалаах сиргэ коммунальнай эйгэ судаарыстыбаннай бас билиигэ баар буолуохтаах. Коммунальнай эйгэ туругуттан быһаччы киһи олоҕо тутулуктааҕын умнумуохха наада. Куорат бюджетыттан ОДьКХ-ҕа харчы көрүллүөхтээх, дьаһалта нэһилиэнньэтэ хайдах усулуобуйаҕа олороругар кыһаллыахтаах.
- Оттон «Губинскай ОдьКХ» салайар хампаанньа үлэтэ-хамнаһа хайдаҕый? Ититиигитин кэмигэр биэрбиккит дуо?
- Дьокуускайга ититиини саамай инники биһиги уокурукпут биэрбитэ. Былырыыҥҥы дьылы биир да саахала суох туораабыппыт. Коммунальнай өҥөҕө сыл түмүгүнэн, куруук перерасчет оҥоробут. Сорох атын уокуруктар олохтоохторуттан ыйытаар эрэ, перерасчет оҥоһуллуохтааҕын билэллэр дуу, суох дуу (күлэр). Подъезд түннүктэригэр стеклопакет олордуталыы сылдьабыт. Ууну, уоту, ититиини учуоттуур тэрили барытын туруоран бүттүбүт. Ууну, уоту биэрэр тэрилтэлэрбитигэр иэспит-күүспүт суох. Өссө аһара баран ахсынньытааҕыбытын кытары сабан эрэбит.
- Дьаһалта партиянан атааннаһыынан дьарыктанар диигин. Оттон эн бэйэҥ атын баартыйалаахтарга төһө бэркэ сыһыаннаһаҕын?
- Мин салайар тэрлитэбэр араас баартыйа да, омук да бэрэстэбиитэллэрэ үлэлииллэр. Миэхэ – бу киһи дьыалатын, тус эбээһинэһин үчүгэйдик толороро эрэ наада. Ол салайааччы быһыытынан мин ирдэбилим. Оттон иллэҥ кэмигэр хайдах да «дьүһүннээх» баартыйаҕа киирдин, ханнык да таҥараҕа үҥтүн, мин онно эрэ кыһаллыбаппын. Киһи ханнык итэҕэли, бэлиитикэни талара - Төрүт Сокуонунан мэктиэлэммит көҥүлэ.
- Мээргэ «ньыгыллар» кандидаттаахтар, «сиэрдээхтэр», «лдпрдар» кандидаттаахтар… оттон хомуньуустар?
- Хомуньуустар бэйэлэрэ да билинэллэр, куорат мээригэр туруох айылаах кандидаттара суох. «Ньыгыллар» мээрдэннэхтэринэ, син биир бэлиитикэҕэ умса-төннө түһүөхтэрэ сэрэйиллэр. Бэлиитик мээрдэртэн дьон хал буолла. Ол иһин, куорат баһылыга тус үлэтинэн дьарыктанарын наадатыгар, оппозиция баартыйалара бары кыттыһан биир киһини өйүөхтэрин наада.
- Эйигин?
- Мин бэлиитикэнэн буолбакка, куорат туһугар үлэлиэм диэн быһаччы эрэннэрэбин. Болдьохпор үлэлиэм, онтон барыам. Куорат олохтоохторо мээр дуоһунаһыгар үлэһит хаачыстыбатынан көрөн киһини талыахтаахтар.
- Президент бу иннинэ хаста да, куорат салалтатын, дьокутааттарын кытары көрсөн, Дьокуускай кыһалҕатын биирдиилээн ойуччу талан буолбакка, систиэмэлээхтик көрөн быһаарар механизмна толкуйдааҥ диэн этэ сатаабыта. Эн, итиннэ, туох этиилээххин? Дьокутааттаабытыҥ да син балайда буоллаҕа?
- 2009 сыллаахтан дьокутааттыыбын. Бюджет харчытын хамсааһына кэпиэйкэтигэр тиийэ ханна-туохха ыытыллыбыта көстүөхтээх. Сорох отчуоттары, бэл, дьокутаат да киһи мунаарар курдук оҥороллор. Боростуой дьон ону хайдах өйдүөҕэй? Дьаһалта үлэтин аһаҕас оҥорор биир сүрүн ньыма – прессэни туох –баар информацияҕа барытыгар киллэрии.
- Заболев мээр буолаат, бастакы дьаһалынан, планеркаҕа суруналыыстары киллэрэри боппута.
- Информация ылар хаарчаҕы суох оҥоруохха наада. Иккиһинэн, отделлар икки ардыларыгар үлэни судургутутуохха сөбө. Биир дьыала быһаарыллыар диэри сэттэ уон сэттэ кабинеты кэрийиэхтээх. Үсүһүнэн, куорат дьаһалтата өрөспүүбүлүкэ да, федеральнай да былаас салалтатын кытары быстар мөлтөхтүк үлэлиир. Холобур, Саха сирин оскуола саастаах оҕотуттан 30-чча %-на Дьокуускайга олорор. Оттон өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан үөрэхтээһиҥҥэ көрүллэр үптэн, киин куорат оскуолаларыгар, дуона суох көрүллэр. Дьиҥинэн, 30%-тан итэҕэһэ суох суума көрүллүөхтээх эбээт. Дьокуускай күн-түүн улаата, кэҥии турар. Тыаттан куоракка көһөн киирии сөҕүрүөхтээҕэр эбиллэ турар. Гордума дьокутааттара Ил Түмэҥҥэ ити да өттүттэн көрөн үбүлээһин улаатарын туруорсуохтаахтар.
- Иһэр уубут хаачыстыбата олус мөлтөх. Онуоха туох санаалааххын?
- Саҥа водозабор тутарга 3,2 млрд наада. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйата ыытар «Ыраас уу» программатыгар, Дьокуускай иһэр уутун тупсарыытыгар көмө харчы көрүллүөхтээх дэнэр. Ол гынан баран, «Водоканал» туруорсуутун син биир харчыны «сууйааһын» курдук өйдүөххэ сөп.
- Ол аата?
- Кинилэр водозабор тутуутугар баантан кредит ылыахха диэн этэллэр. Онно өрөспүүбүлүкэ мэктиэ буолуохтаах. Бааннар – чааһынайдар. Бырыһыаннара улахан. Бырыһыанын бюджет уйунуохтаах...
- …Бюджеттан төлөнөр бырыһыан суотугар ким эрэ байыахтаах?
- Оннук буолан тахсар.
- Эн ону хайдах быһаарыахха диигин?
- Куорат сылга 20 млрд итэҕэһэ суох нолуогу хааһынаҕа киллэрэр. Итинтэн 7 млрд курдуга куоракка бэйэтигэр хаалар. Сылын аайы 1 млрд солк. водозабор тутуутугар ыытан иһиэххэ наада.
- 1 млрд сылын аайы ууга ыыттахпытына, улахан тутуулар тохтуулларыгар тиийэллэр дии?
- Улахан объектар тутууларыгар кырата 2 млрд. солк. орускуоттанар, кэлин ол уораҕай көрүүтүгэр-истиитигэр бюджеттан 4 млрд. баранар. Уу – доруобуйа. Доруобуйаҕа кэмчилиир бюджекка кэлин өссө охсуулаах буолуоҕа. Киһи килиэбэ суох сырыттаҕына, деликатес халбаһыы туохха нааданый? Эбэтэр оҕом үөрэнэр сирэ суох сырыттаҕына, сыаналаах «крутой» теннистиир корт тутарым төһө сиэрдээҕий?
- «Оҕо» диэбиккэ дылы… Оскуолабыт, дьыссааппыт улахан кыһалҕалаах, ити биллэр. Оттон эбии дьарыктыыр, сайыннарар үлэ диэн эмиэ ыытыллыахтааҕа буолуо.
- Билигин босхо дьарыктыыр куруһуоктар, секциялар суохтарын да кэриэтэ. Хамнаммытыҥ барыта харчы. Кыра хамнастаах киһи оҕотун чуут оскуолаҕа эрэ үөрэттэрэр кыахтаах. Ол иһин, булгуччу, оҕо босхо дьарыктанар куруоһуоктарын, секцияларын ситимин олохтуохха баара.
- Анатолий Андреевич, куорат олохтоохторугар туһаайан тугу этиэҥ этэй?
- Куорат олохтоохторо түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах, туруорсуулаах, дьаныардаах буолуохтарын наада. Куорат мунньуллубут кыһалҕатын быһаарарга хаһаайыстыбанньык салайааччы кэлиэх тустаах. Дьокуускайга кураанах куолуһут буолбакка -- дьиҥнээх үлэһит наада.
Уонна, түгэнинэн туһанан, ытык-мааны Туймаада олохтоохторун кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Дьолу-соргуну, истиҥи-иһирэҕи баҕарабын. Этэҥҥэ буолуҥ!
(Хаhыат версията - "Кыым" - 29.12.11)
(Электроннай версията - "Аартык.ру" - 29.12.11)
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1492 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 102 Ыалдьыттар (гостей): 102 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|