Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » От ыйа » 4 » - Республика бас билиитигэр билигин "АЛРОСА" 32% акцията баар. 25% да, 32% да акция "куолаһын" күүһэ тэҥ.
- Республика бас билиитигэр билигин "АЛРОСА" 32% акцията баар. 25% да, 32% да акция "куолаһын" күүһэ тэҥ.
10:17
Вторник, 03 Июля 2012 22:03
Ньургун Тимофеев Саха сирэ "АЛРОСА" АК "сорох акцияларын" атыылыыры утарбат уонна аныгыс Ил Түмэн быыбарыгар эбии уокуруктар эбиллиэхтэрин сэрэйэр

Аартык.ру "АЛРОСА" акционернай хампаанньаны атыылааһын тула кэпсэтиини салгыыр. Бу иннинэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Виталий Басыгысов, Томмот оройуонуттан Ил Түмэн дьокутаата Александр Морозкин, Чурапчы-Таатта уокуругуттан норуот дьокутаата Афанасий Максимов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын быыбарыгар кыттыбыт кандидат - Родион Федоров  санаалара бэчээттэммитэ. Дьокутааттарбыт бары кэриэтэ "АЛРОСАны" билигин приватизациялыыры утараллар.
Алмаас хампаанньатын туһунан, 36-с уочараттаах мунньах кэмигэр бэйэтин санаатын 24-с №-дээх Нам быыбардыыр уокуругуттан Ил Түмэн дьокутаата Ньургун Тимофеев үллэһиннэ:
- Республика бас билиитигэр билигин "АЛРОСА" 32% акцията баар. 25% да, 32% да  акция "куолаһын" күүһэ тэҥ. Саамай кылаабынайа - улахан стратегическай боппуруостары ыларга, республика интэриэһин хаарыйар түбэлтэлэригэр, биһиги  утары куоластаабыппыт дьайарын курдук хампаанньаҕа өлүүлээх буолуохтаахпыт. Ол өлүүбүт 25%+1акцияттан итэҕэһэ суох буолуохтаах.   Ил Түмэн дьокутааттара ылбыт сокуоннарынан,  ити бырыһыан аччыыра көҥүллэммэт. Уоннааҕытын - 7%-ны атыылыахха да сөп, харчы киириэн  наада.
"Россия стратегическай хампаанньаларын атыылаан стартегическай партнердары көрдүүр" диэн сурах быһыытынан иһиллэр. РФ правительствотыгар "АЛРОСАны" приватизациялыахха диэн быһаарыы баарынан баар. Ол гынан баран хас бырыһыанын, хаһан, хайдах, кимнээххэ, кыраныысса иһигэр, таһыгар атыылыыры чопчулуу иликтэр. Ити балайда өр кэм иһигэр барара буолуохтаах.
Хампаанньа бэйэтин экономическэй балаһыанньата туруктаах. Алмаас хостуур даҕаны, үчүгэйдик батарар даҕаны. Барыс быстыбакка киирэ турар. Онон билигин "эһиннэ-быөынна" диэн ыган-түүрэн ыксатан  атыылыы сатыыр олоҕо суох.
- Ил Түмэн быыбарын сыл аҥаарын кэриэтэ кэнники сыҕарыталлара буолуо диэн эрэллэр.
- Мин саныахпар, дьокутааттар боломуочуйалара 6 ыйга диэри олус уһаабата буолуохтаах. Быыбары кэмигэр оҥоруохтара дии саныыбын. Дьокутааттары талыы бэрээдэгэ партиялар истэригэр уларыйар чинчилээх. Холобура урут, "Биир ньыгыл" партия быыбардыыр испииһэктэрин ким уокуруктарга элбэх бырыһыаны ылбыттарынан таҥмыттара. Бу сырыыга атын бириинсиби тутуһан испииһэктэрин оҥостуох курдуктар. Атын да партиялар испииһэккэ киирэр бэрээдэктэрин уларыталлара буолуохтаах.  
- Быыбардыыр уокуруктары саҥаттан тыыраллар дуо?
- Буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, быыбардааччы ахсаана эбиллэ турар. Мин уокурукпар Намҥа аҥаардас быыбардааччыта 3000 эбилиннэ. Урут Нам быыбардыыр уокуругара Тулагы-Киллэм, куорат Хаҥалаһа киирэр этилэр. Билигин дьон эбиллибитинэн сибээстээн хаҥаластары киллэриэхтэрэ дуо?  Дьокуускай нэһилиэнньэтэ улаханнык эбилиннэ. Онон булгу биир уокурук эбии оҥорор буолуохтаахтар.  
- Ньургун Семенович, парламент икки ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутааттаатыҥ, үһүстээн быыбарга кыттыаҥ дуу?
- Быыбардааччыларым тур диэтэхтэринэ - туруом.
Туйаара НУТЧИНА.
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. | Views: 1522 | Added by: uhhan2
Total comments: 1
1 Семен  
Сейчас стало не выгодно добывать алмазы. Очень трудоемкое занятие. В данное время актуально получения алмаза искусственным путем. При этом качество не уступает природному происхождению алмаза. Три или четыре ученые в лабораторных условиях будут получать в два и более раза больше алмаза, чем целая бригада с громадной техникой.
Через некоторое время, уже на рынке спрос на алмазы и бриллианты будет падать. До этого времени целесообразно продать эту большую "ношу" за хорошие деньги, чем обесценится до того момента. Это отличный вариант в финансовом плане. Далее, когда все упадет в цене, можно за копейки обратно выкупить оборудования и технику. Они всегда пригодятся. Тем более, их никуда не перевезут, а останутся здесь. Перевозки стоят больших затрат.
Таким образом, правительство Российской Федерации поступает мудро и показывает дальновидную политику управления страной. Так и должно быть.
Если бы оставили все республике. Это вообще катастрофой была быть. Как все протянем. Все осталась бы хламом. Без Российской Федерации и ее поручительства нам не обойтись, тем болеее на международной арене.
Таким образом, понимая вышесказанное и принимая все это во внимание, нам будет лучше всего не препятствовать федеральному центру осуществить мудрое решение по данному вопросу.
Это пойдет в нашу пользу. Раньше надо было не отдавать, тогда , что- нибудь прояснилась бы, а сейчас мы не должны вмешиваться в это. Если АлРосса выплачивала бы каждому жителю дивиденты, то народ был бы против. А нам то , что? Денег Алроса нам не платит, пусть решают за нас. Нам по спокойнее.
Поэтому устраивать из себя что- то, кого-то, не надо.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 99
Ыалдьыттар (гостей): 99
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024