Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » От ыйа » 31 » Дьиэ сууллубутун кэннэ тутааччылар хомунан Дьокуускайдаан хаалбыттар.
Дьиэ сууллубутун кэннэ тутааччылар хомунан Дьокуускайдаан хаалбыттар.
20:00
Вторник, 31 Июля 2012 13:48
Дьиэ сууллубутугар ким буруйдааҕый: Егор ЖИРКОВ эбэтэр Михаил МЯРИКЯНОВ?

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  ыһыахтар ньиргийэ турдахтарына, Покровскай куорат олохтоохторугар Айыыларга үҥэр-сүктэр бириэмэ көстүбэтэ. Бэс ыйын 26 күнүгэр мээр Николай ВЕСВАЛО хараҕын ортотугар саҥа тутулла турар дьиэ аҥаара бүтүннүү күр гынан сууллан түстэ!
Урукку байыаннай, финн, олохтоох төрүт Покровскай уола – Николай Адосович ВЕСВАЛО бастакы уонна бэйэтэ этэринэн бүтэһик болдьоҕун Покровскай куорат мээринэн талыллан үлэлиир. "Аны күһүн мээр быыбарыгар кыттыбаппын” диэн баһын быһа илгистэр.
IMG 3419
Покровскай куорат сирэ-уота түһүүлээх-тахсыылаах. Былыр-былыргыттан дэхси, көнө сир туһуттан иэдээннээхэй киирсиилэр тахсаллар. Былаас өттүттэн мааныламматах боростуой дьон  тэҥкэ ойууру кэрдэн дьиэ тутта сатыыр да, сир чэҥэ ирэн дьиэлэрин бадараантан хостууртан соло булбаттар. Онон хас биирдии ырааһыйа куорат, улуус учуотугар күндү баай курдук сыаналана сылдьар.
***
Көнө сир итинник күндү баай буолбутун кэннэ, Покровскай куорат бюджетыгар нолуок быһыытынан үп-харчы киллэрэр, бүтүн өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан өйөнөр Базальт собуотун көрдөһүүтүн быһа гыммакка, куорат дьаһалтата собуокка учаастак тыыран биэрэр.  Собуоттар "үлэһиттэрбитин дьиэлиибит” диэн сыаллаах ити сири ылаллар.
2010 сылга сир Покровскайдааҕы базальт собуотугар арендаҕа бэриллэр. Ол сиргэ былаан быһыытынан барыта түөрт элбэх этээстээх таас дьиэ тутуллуохтаах, онно эргэ дьиэлэр олохтоохторун көһөрүөхтээхтэр. Дьиэлэр аттыларыгар туспа котельнай тутуллара эмиэ былааннанар.
Бастаан икки дьиэ тутуута тэҥинэн  саҕаланар. Биирин куорат сакаастаан туттарар, иккиһин Базальт собуота тутар. Бастакы дьиэ каркаснай-монолитнай технологиянан тутуллар, иккис дьиэ – дьоҕус панеллары каркаска таҥар технологиянан.
Бастакы дьиэ тутуутун үс хоно-хоно куораттан тутууну кэтиир-маныыр уоргаттар тахсан бэрэбиэркэлииллэр. Иккис дьиэни хайыһан да көрбөттөр.
Хомойуох иһин, муниципальнай сакааһы толоро сылдьар армян тутааччылара этэллэринэн, Базальт собуота  тутуутун саха уолаттара ыыппыттар. Армян биригэдьиирэ этэринэн, дьиэ хара маҥнайгыттан технологияны кэһэн тутуллубут. IMG 3416Дьиэ  "дьардьамата” бэйэ-бэйэлэригэр хам сыстыахтаахтар, остуолбалара көнө буолуохтаахтарын, биһиги дьоммут буоллун-хааллын диэн иҥнэри-таҥнары туруортаабыттар. "Уопуттара суох быһыылааҕа, сатаабаттар этэ”, -  диэн омук биригэдьиирэ кэпсиир.  
Иҥнэл-таҥнал тутуллубут бетон "дьардьама” өр буолбат, эрдэ эппиппитин курдук, ыйааһынын тулуйбакка күр гына сууллар. Хата, ким да эчэйбэтэх. Арай, дьиэ үлэҕэ киирбитин кэннэ сууллубут буоллун? Иэдээн...
Дьиэ сууллубутун кэннэ тутааччылар хомунан Дьокуускайдаан хаалбыттар.
Покровскай куорат дьаһалтата Базальт собуотун салалтатыгар тахсан салгыы хайыылларын ыйыталаһан көрбүттэр. Онно биллибитиэн, сир былыйр үйэҥэ субаренда быһыытынан "Саха иоптечнай агенстствоҕа” бэриллибит буолан тахсар. Собуоттар  "биһиги тутуубут буолбатах, СИА киэнэ” диэн ытыстарын нэлэтэн кэбиспиттэр. СИАлар буоллаҕына, "собуот харчы төлөөбөтөҕө - биһиги билбэт дьыалабыт” диэн батыммыттар.
Покровскай куорат дьаүалтата этэринэн, инники сири тыырыы усулуобуйатыгар субарендаҕа биэрии туһунан букатын да тыл суоҕа үһү. Кэлин дуогабарга илиинэн "арендатор сири субарендаҕа биэрэр бырааптаах” диэн Базальт собуотугар бэриллибит дуогабар куопуйатыгар киллэрэн биэрбиттэрин мээрийэлэргэ көрдөрөн соһуппуттар.
Сэрэйдэххэ собуот салалтата - Егор Жирков уонна СИА салалтата – Михаил Мярикянов эрдэ "эргэрбит дьиэ олохтоохторун көһөрөр федеральнай программаҕа киирэн үп ылыахпыт” диэн кэпсэппиттэр быһыылаах. Онтулара сатамматах.
 Саҥа дьиэҕэ квартира ыларга кыттыспыт дольщиктар дьиэ сууллаатын кытары харчыларын төттөрү ылбыттар. Онон тутууга да, төттөрү көтүрэргэ да харчы суох буолан хаалбыт. Билигин СИАлар эбитэ дуу, базальтар эбитэ дуу, куораттан гастарбайтер узбектары аҕалан сууллубут дьиэлэрин аттыгар харах баайыыта оҥорон быраҕа сыталлар. Онтулара тугу да гыналларын билбэккэ, таах астара да, харчылара да суох сыталлар. Сордоохтор ыаллыы тутууга армяннарга, киэһээҥҥи аһылык туһугар  илии-атах буолаллар эбит.  
- Бу айылаах дьиэ суулла турдаҕына, прокуратура да, атын хонтуруоллуур- бэрэбиэрэклиир уоргаттар да өттүлэриттэн күттүөннээх түмүк оҥоһуллубат, - диэн мээр Николай ВЕСВАЛО кыынньан кэлэр. Кинини өйдүөххэ сөп, бу күһүн бастакы дьиэ үлэҕэ киириэхтээх, дьон көһөн кэлиэхтээх. Онтон собуоттары кытары муниципалитет кыттыһан котельнай тутуохтааҕа, ити сууллуу кэнниттэн кыаллыбат буолбут. – Ол иһин ыксаан армяннарга котельнай туталларыгар эбии сир тыыран биэрдим. Хайыахпыный?! – диир. ***
Билигин ити сууллубут дьиэни ким да ыраастыыр, көтүрэр санаата суох. Бэл, сир, тутуу хаһаайына СИА дуу, Базальт собуота дуу буолара биллибэккэ салгыҥҥа ыйанан турар. Техническэй хонтуруолу ыытар уорганы сууллубут тутуу документациятыгар  чугаһаппаттар дииллэр. Улуус кулубата Зайцев даҕаны, улуустааҕы мунньах дьокутааттара даҕаны, сууллубут тутуу хаһаайынын буларга дьулуспаттар. Ким Егор Петрович Жирков курдук далбарга сылдьар "былаас мааны оҕотун” утары барыай?! Соҕотох "былааһы утарааччы” мээр ВЕСВАЛО эрэ суруналыыстарга тахсан буруйдааҕы  көрдүү сатыыр. Кини: "Егор Жиркову мин туох да диэбэппин, баһаалыста кини салайар собуота үлэлээтин-хамсаатын эрэ! Ол гынан баран, бу сатамматах тутуу хаһаайынын булан, сири ыраастатыахпын баҕарабын”, - диэн ВЕСВАЛО этэр.
***
IMG 3417Аны, биһиги көрөрбүтүнэн, сууллубут дьиэ таһа туох да олбуора-таймата суох. Ким баҕарар кэлэн адырыйа сытар арматураларга, бетон тобоҕор баттатыах курдук. Специалистар этэллэринэн, бу тутууну көтүрүөххэ эрэ наада. Тоҕо диэтэххэ баалкылара барыта иҥнэри, плиталара сууллаары хаадьаҥнаһа тураллар. Биир эмэ киһи киирэн биэрэн былдьаннаҕыта, дьэ "бабат” дииллэрэ дуу, суоҕа дуу.
***
Покровскайдааҕы Базальт собуота - өрөспүүбүлүкэ киэн туттар тэрилтэтэ, Саха сирин актыыба атыыламмыт харчытыгар "Республикатааҕы инвестиционнай компания” – "РИК” ААО нөҥүө үбүлэнэн тэриллибитэ. Туох баар "нанотехнологичнай” быыстапкаҕа барытыгар кыттан аат-суол ылбыт ахан тэрилтэ. Бородууксуйалара үчүгэйин, үйэлээҕин киһи барыта хайгыырын телевизорынан сотору-сотору көрөбүт. Бэл, Арассыыйатааҕы нанотехнология ийэтэ-аҕата Чубайс биһигини хайгаабыта диэн Егор Жирков интервьютугар өрүү ахтан аһарар идэлээх.
Егор Жирков өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр ааттаах-суоллаах, оскуолаҕа национальнай концепцияны толкуйдаабыт уонна олоххо киллэрбит үөрэх миниистиринэн биллэрэ. 90-с сылларга күөх экрантан түспэт киһи кэлин умнуллан, сураҕа суох сүтэн хаалбыта. Ханна эрэ Уус Майаҕа сир баайын хостуур тэрилтэҕэ дуоһунастатан олорбута. Онтон бу алта-сэттэ сыллааҕыта Жирков былааска эргиллиитэ саҕаламмыта. Бастатан туран, Егор Петрович "биир ньыгылларга” үчүгэй дуоһунастанар, онтон салгыы общественнай түмсүүлэргэ (Саха конгреһа, Ийэ тыл) "былаах буолан тэлимниир”, салгыы Покровскайдааҕы Базальт собуотун генеральнай дириэктэринэн ананар.
Базальт собуота элбэх киһини ханастаан олорор. Хамнас кэмиттэн кэмигэр кэлэр диэн үлэһиттэр үөрэллэр. "Дьиэ ылыахпыт диэн эрэнэр сылдьыбыппыт, сууллан хаалла...” диэн сонньуйаллар. Итиччэ ааттаах-суоллаах киһи, кини холугар кыра тутууну кыайан ыыппакка буолан баран, билигин эппиэтинэстэн куота сылдьара букатын өйдөммөт.  Эбэтэр Покровскайы Дьокуускай буолбатах диэн "тыатытан” кыһаммата дуу...

Туйаара НУТЧИНА.
 
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1624 | Added by: uhhan2
Total comments: 1
1 Дед  
Ээ, дьэ дьаабы. Жирков бэйэтин харчытын эрэ толкуйдуур ини. Хайдах эрэ гынан харчы сулбу тутан РИК тан ыллаҕа дии. ону үллэстэн бүтэрдэхтэрэ эбээ. сымыйанан харчы төлөөбүтэ буолаллар рабочайдарга. Договорга кини баттаспыт буолла да бүтэр. Көннөрүү игин суох буолуохтаах. Баар буоллаҕына мээрийэни кытта икки өттүттэн сөбүлэһии (соглашение, изменение, дополнения) баар буолуохтаах. биир өттүттэн илиинэн суруйуу табыллыбат. подделка документа буолар. Онон эрдэ арбитражнай суукка биэрэ охсун, прикаһынан рабочай коммиссия онорон акт суруйан. ол сөптөөх дьыала буолар. дьыала суулллубута ырааппыт дии, бу сана билллибит. кытаатын, билигин жирковкут хата эһиги иннигитинэ онордо ини. дьаабы киһи. киниэхэ эрэнэр саарбах дьыала. ол кэриэтэ маска эрэммитим ордук. ити онорор базальтара дьааттаах дииллэр дии киһи доруобуйатыгар. Дьоннорунан наһаа оонньуур, бэйэтин сыалын толороору. ол кэннэ төттөрү эргийэр. дьоннор билэллэр эбээ.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024