News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Алтынньы » 1 » «Орда» киинэ хара бастааҥҥыттан киһи болҕомтотун тардыбыт биир биричиинэтэ диэн - олус үчүгэй операторскай үлэ эбит.
«Орда» киинэ хара бастааҥҥыттан киһи болҕомтотун тардыбыт биир биричиинэтэ диэн - олус үчүгэй операторскай үлэ эбит. | 10:20 |
АЗИАТ КИИТЭРЭЙ ХАРАҔА эбэтэр ФЕДОТ ЛЬВОВ киинэҕэ уһулуччу оонньуута
Воскресенье, 30 Сентября 2012 20:52 Син балай эмэ өр рекламаламмыт «Орда» киинэни анаан-минээн баран көрдүм. Дьон туох дии саныырын суруйбутун хаһыаттарга көрө сатаатым да булбатым. Сатахха, интернетим да суох буолан соҕуруу дойдулар туох диэн санааларын эппиттэрин эмиэ билбэппин. Биһиэхэ олохтоммут «привычканан» соҕуруулар «сээн» диэтэхтэринэ эрэ «сээн» диэхтээҕим эбитэ буолуо да, тоҕо эрэ санаабын үллэстиэхпин баҕардым. «Орда» киинэ уһулла сылдьар сураҕын истээт сэҥээрбитим диэн манныктан: 1. «Орда» биһиэхэ олус актуальнай чингизиада тематын салгыыр. 2. Андрей Прошкин Арассыыйа Эбэ Хотуҥҥа биллэр режиссер. Кини хайдах бу историяны ылынара эмиэ интэриэһинэй. 3. Уонна саамай кылаабынайа саха артыыстара оонньуулларын иһин. *** Сахалар киинэбит сайдыытын бары билэ-көрө олоробут. Үп-харчы кырыымчыгынан улахан уус-уран киинэ уһуллара бүтүн республиканскай сабыытыйа. Онон, саха артыыстара киин сиргэ баран уһуллаллара биһиэхэ эмиэ улахан сонун. Буккуйбат буоллахпына, «Утро алмазного края» диэн быһыылаах этэ дуу, саха артыыстарын бастаан киинэҕэ уһуллуулара, эбэтэр «Третья ракета» этэ дуу... Чэ, мин көннөрү көрөөччү буолан араарбатым бааламмат ини. Кэлиҥҥи киинэлэртэн, хомойуох иһин, аатырар Алексей Балабанов «Кочегар» диэн талааннаах артыыс, интэриэһинэй киһи Михаил Скрябины устубут киинэтин көрбөтөҕүм. Ол эрэн хаһан эмэ хайаан да көрүөм дии саныыбын. «Орда» киинэ хара бастааҥҥыттан киһи болҕомтотун тардыбыт биир биричиинэтэ диэн - олус үчүгэй операторскай үлэ эбит. Баай, кыахтаах хампаанньа оннооҕор буолуоҕу устуохтаах да буоллаҕа. Биьиги «Сахафильммыт» барахсан түһээн түүлүгэр эрэ көрөр аппаратураларынан оччотооҕу кэм таҥастарын-саптарын, иһиттэрин-хомуостарын таһынан бүтүн куораттары туппуттарын экраҥҥа сатабыллаахтык түһэрэн көрдөрбүттэрэ киһини сөхтөрөр! Чыҥыс Хаан туһунан кытайдар уһулбут 30 сериялаах киинэлэрин, японецтар эмиэ, ону таһынан «Кочевник» диэн аҕа Сергей Бодров уонна биһиги Саввичпыт устубут киинэлэрин тэҥнээн көрбут киһи буоларбынан, «Орда» киинэ көстүүмнэрэ уонна бытовой устуулара олох дьиҥнээхтэр - «смачнайдар» диэн сыаналаатым. Куораттарын ис-тас көстүүтэ, араас табаары атыылыыр баһаардара, биирдэ эрэ көстөн аастар да халыҥ ахсааннаах Хаан улахан сэриитэ, сүрүн геройдар таҥастара-саптара, дьиэ ис бараана о.д.а. барыта олус үчүгэйдик оҥоһуллубутун ааһан туйгуннук уһуллубут! Киинэ ис хоһоонугар тохтообоппун. Хас биирдии киһи санаата тус-туһунан буоллаҕа эбээт. Биир бэйэм сөбүлээтим. Өскөтүн биһиги өбүгэлэрбит Чыҥыс Хаантан сыдьааннаах буоллахтарына, кыччаҕар харахтаахтар бу киинэни көрөн баран өбүгэбитинэн өссө төгүл киэн туттуохпутун туттар эбиппит. Этэргэ дылы «балык ыамнаах, киһи күннээх». Билигин төһө да «ыаммыт» ааспытын иһин, урут өбүгэлэрбит син «ого-го!» эбиттэр диэн. Бэл, ону Арассыыйа биир биллэр режиссера А. Прошкин өйдөөбүт буоллаҕына, хаһан эмэ «ыаммыт» да төннөр ини… «Орда» киинэҕэ уһуллубут саха артыыстара биһиги бэйэбит режиссердарбытыгар оонньообут оруолларын туһунан этилиннэ ини, этиллибэтэ ини. Ол атын кэпсээн. Онтон «Орда» киинэни көрө олорон, саха артыыстара Арассыыйа биллэр-көстөр артыыстарын кытта олох холкутук оонньуу сылдьалларыттан киһи эрэ астынар. Аһара баран эттэххэ, «Орда» киинэни биһиги артыыстарбыт үрдүк таһымна «соһон таһаардылар». Ону билэр да буолан режиссер Андрей Прошкин саха артыыстарыгар сүрүн оруоллары биэрдэҕэ. Иннокентий Дакаяров, Алексей Егоров-Өркөн, Ирина Никифорова Саха театрыгар, киинэҕэ Чыҥыс Хаан тематыгар табыллан оонньообут дьон. Бэлэмнээх дьон быһыытынан, «Орда» киинэҕэ оруолларын кыайа тутуохтарын туттулар. Оттон мин көннөрү көрөөччү быһыытынан биир бэйэм Федот Львов оруолун олус кыайа-хото тутан оонньообутун астынным. Федот Львову артыыс быһыытынан биирдэ даҕаны сыанаҕа түбэьэн көрбөтөҕүм. Арай, ааспыт нэдиэлэҕэ «Саха» НКИК Алампа «Таптал» драматын көрдөрө турарыгар түбэһэ түһэн бүтэһигин эрэ көрөн хааллым. Онно сыыспатах буоллахпына, Бүөтүр оруолун Федот Львов оонньуу сылдьар эбит этэ. Хата, ол оннугар мин Львов киинэҕэ оонньуурун көрбүтүм. Львов аан бастаан Федор Кузьмич Попов туһунан киинэҕэ уһуллубута бадахтаах. Эдэркээн баҕайы уол төһө да камера иннигэр аан бастаан турдар сүрдээх итэҕэтиилээхтик туттан-хаптан оонньуур эбит диэн санаан ааспыппын өйдүүбүн. Онтон «Культура» телеханаалга көстүбүт «Журавли над Ильменем» диэн киинэҕэ эмиэ сүрүн оруолга оонньобутун бары астына көрбүппүт. Онтон билигин киинэ артыыһын быһыытынан сиппит-хоппут Федот Львову улахан экраҥҥа көрөн баран олох астынным. Киинэ камерата артыыс, киһи ис туругун курдары көрдөрөр дииллэр. Биир бэйэм Львов улахан талааннаах, кэскиллээх киинэ артыыһа буола үүммүтүн бу «Орда» киинэ көрдөрдө дии санаатым. Урут сэбиэскэй саҕана азиаттар оруолларын киинэҕэ үксүн казахтар, кыргыстар оонньуур эбит буоллахтарына, билигин ол миэстэни Арассыыйа киинэтин ырыынагар улаханнык ким да ыла илик. «9 ротаҕа» оонньообут тувин артыыһа Амаду Мамадаков билигин Арассыыйа киинэтигэр азиаттары оонньуур даҕаны, улаханнык хотуппат быһыылаах. Онуоха холоотоххо, биһиги уолбут - Федот таһыччы! Өйдүүргүт буолуо, сэбиэскэй былаас саҕана казахтар, кыргыстар киинэлэригэр артыыстар үгүс саҥата суох эрээри, харахтарынан оруолларын ис туругун биэрэллэрэ. Харизмаларын, киитэрэйдэрин таһынан муударай өйдөрүн барытын камера тыктаран көрдөрөр этэ. «Первый учитель», «Султан Бейбарс» эҥин курдук талааннаах режиссердар устубут киинэлэрин санаан ылыаҕыҥ…. «Орда» киинэни көрө олорон Федот Львову мин оччотооҕу улахан артыыстарга майгылата санаатым. Аҥаардас туттарынан-хаптарынан, саҥатынан-иҥэтинэн эрэ буолбакка, хараҕар көстөр ис туругунан оруолун ис хоһоонун камера иннигэр арыйар талааннаах эбит, биһиги анал киинэ артыыһын үөрэҕин бүтэрбэтэх талааннаах уолбут! «Ордаҕа» режиссер эмиэ олус сөбүлээн Федоту устубут быһыылаах. Патриарх Алексийы биэрбэтэххинэ төбөҕүн быһыам дии-дии нуучча кинээһин иннигэр эриэхэ ыстаан хачыгыратар Федот Львов геройугар бүк итэҕэйэҕин. Төһө да нуучча кинээһэ кинини уҥуоҕунан таҥнары өҥөйөн турбутун иһин, кыра-хара монгуол кыаҕа-күүһэ кини туттан турарыгар, кэпсэтэр куолаһыгар, сирэйин-хараҕын олоруутугар илэ көстөр. Патриарх хамначчыта уолу кытары аһыы олорон көрүдьүөһү кэпсиир Федот Львов геройун хараҕа уонна … үҥэр таҥаратын - Хаанын «Эн эрэ тыыннаах буол!» диэн кыбдьыгыраабыт, кырыгырбыт харахтара тус-туһунаннар, артыыс ис туругун аһаҕастык көрдөрөллөр. Итэҕэлгэ бэриниилээх патриарх Алексийы киһи быһыытынан аһыммыт дууһатын уонна өбүгэлэрин тыйыс сокуоннарыгар иитиллибит буойун өлөрөр-өһөрөр өһөхтөөх санаатын илдьэ сылдьар сэрииһит киһи мучумаанын артыыс Львов оруолун көрө олорон итэҕэйэҕин. Ыстатыйабын ааттаан баран, бастакы лииһи суруйан бүтэн истэхпинэ дьуегэм эрийдэ. Бастакы ыйытыга: «Ордаҕа» Алексийы арыаллабыт уол кимий? Учугэй да талааннаах оҕолоох эбиппит!» - диэн соһутта. Санаабыт сөп түбэспититтэн мин үөрэ-көтө тугу билэрбин кэпсээн биэрбитим кэннэ, «Журавли над Ильменем» киинэни (реж. Н.Аржаков) булан хайаан да көрүөх буолла. Онон, ытыктабыллаах Федот Львов! Бар-дьон сүрэҕин таарыйар гына оонньообут оруолуҥ иһин махтал! Онон көрөөччүлэриҥ эйигиттэн өссө да уһулуччу талааннаах, дириҥ хорутуулаах оруолларгын күүтэр! Алгыс буоллун! Надежда ТЮЛЯХОВА.
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1647 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 42 Ыалдьыттар (гостей): 42 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|