News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Алтынньы » 3 » Сахаларга государственность өйдөбүлэ хаһааҥҥыттан үөскээбитэй?
Сахаларга государственность өйдөбүлэ хаһааҥҥыттан үөскээбитэй? | 13:59 |
ТУРУУЛАҺЫЫ. Саха сиригэр государственность сайдыытын түһүмэхтэрэ
Среда, 03 Октября 2012 09:30 Сахаларга государственность өйдөбүлэ хаһааҥҥыттан үөскээбитэй? Аатырбыт учуонай Л.Н.Гумилев Байкал күөл тулатыгар олорбут сахалар өбүгэлэрэ «Үч курыкан» диэн ааттаах государствоны тэринэ сылдьыбыттарын суруйар. Быйыл саас биэрбит интервьютыгар историческай наука доктора А.Н.Алексеев: «Өбүгэлэрбит государственность сорох өйдөбүллэрин илдьэ кэлбиттэрэ»,--диэн этэн турардаах. Итини номохторго ахтыллар саха төрдө Эллэй Боотур аатыгар «эл», «ил» диэн түүр тыллаах норуоттарга государствоны бэлиэтиир тыл баара, хайа эрэ өттүнэн, эмиэ бигэргэтэр курдук... *** Нуучча айанньыттара Өлүөнэ өрүс орто сүүрүгүн булууларыгар урааҥхай сахаларга государственность ханнык эрэ көрүҥэ баарын академик А.П.Окладников, профессор С.А.Токарев курдук бөдөҥ учуонайдар бэлиэтииллэр. Оттон Саха сириттэн төрүттээх нуучча историга Г.А.Попов: «...на Лене вновь стало сформировываться в миниатюре тюркское государство»,— диэн суруйар. Ити санаатын сайыннарар чинчийээччи: «Не будь обстоятельств внешних событий 2-го десятилетия XVII в., мы увидели бы на Лене Якутское ханство под управлением кангаласской фамилии "Тыгынов”, в составе которого объединились бы не только все якуты, но и были бы вовлечены тунгусы (эвенки) и палеоазиатские племена севера»,— диэн дириҥ сабаҕалааһыны оҥорор. Кырдьык, бу государственнай тэриллии, холбоһук баһылыктарынан Эллэй Боотур сыдьааннара хаҥаластар, чуолаан, «Тойон Ууһа» диэн ааттанар Тыгыннар аймах буолалларын историческай наука кандидата Ф.Ф.Васильев кэрэһилиир. Биллиилээх фольклорист Сэһэн Боло хомуйбут матырыйаалларыгар сигэннэххэ, сорох сэһэнньиттэр Тыгыны «саха ыраахтааҕыта» диэн ааттыыллар эбит. Полит-сыылынай Л.Г.Левенталь биир үлэтигэр Тыгыны быһаччы «вольный якутский царь» диэн билинэр. *** 1630-с сыллартан саҕалаан 1682 сылга диэри тохтуу-тохтуу күөдьүйтэлээбит сахалар нуучча хаһаахтарыгар утарсыыларыгар Тыгын уонна кини уолаттара, аймахтара баһылыыр-көһүлүүр оруоллаахтарын үгүс историческай чахчылар кэрэһилииллэр. Саха сирэ нуучча государствотын састаабыгар киирэр уустук кэмигэр, утарылаһыыны сэргэ, биир тылы булан икки өттүгэр туһалаахтык үлэлэһии, суут-сокуон көмөтүнэн бэйэ быраабын туруулаһыы хайысхата эмиэ тутуһуллубута. Ол курдук, өссө 1676 сыллаахха үс саха тойоно бойобуода А.А.Баршнелевка Москваҕа барарга көҥүллүүрүгэр көрдөһүү түһэрбиттэрэ. Эһиилигэр Хаҥаластан Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары, Намтан Мымах сиэнэ Нокто Никин, Мэҥэттэн Трека Орсукаев Москваҕа тиийэн Федор Алексеевич ыраахтааҕыны көрсүбүттэрэ. Ыраахтааҕы ыйааҕынан, 5 солкуобай иһинэн дьыалалары саха тойотторо бэйэлэрэ сууттуур, дьаһаах хомуйуутугар кыттыһар бырааптаммыттара. Онон дьаһааҕы хомуйар хаһаахтар үтүргэннэрин кыратык сымнатыыга маҥнайгы хардыы оҥоһуллубута. *** 1680 сыллаахха Тыгыннар удьуордара Маһары, Бороҕонтон Чюка Капчиковы, Мэҥэттэн Чугун Бодоевы кытта иккис төгүлүн Москваҕа аттаммыта. Саха тойотторо иккис туруорсууларын түмүгэр, кыра дьыалалары бэйэлэрэ сууттуур, биир дойдулаахтарын салайар кыахтаммыттара. Ыраахтааҕыны икки төгүл көрсүбүт Маһары тус бэйэтэ «князец» диэн илии баттыыр көҥүлү ылбыта, бойобуода кэнсэлээрийэтигэр тыла-өһө ыйааһыннаммыта... Ол эбэтэр, саха тойотторо нуучча государствотын систиэмэтигэр кыралаан өтөн киирэн испиттэрэ. *** XVIII үйэ иккис аҥарыгар сахалар Россия империятын иһигэр бырааптарын туруулаһыыларын саҥа түһүмэҕэ саҕаланар. 1766 сыл ахсынньы 14 күнүгэр Екатерина II анал манифест уонна тус ыйаах таһааран, сокуоннары бэрээдэктииргэ уонна реформалары оҥорорго көмөлөһүөхтээх «Уложеннай хамыыһыйа» тэрийбитэ. Бу хамыыһыйаҕа аарыма империя бары муннугуттан дворяннар, куорат олохтоохторо, государственнай бааһынайдар, православнай таҥара дьиэтин аатыттан Синод уонна нуучча буолбатах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ – барыта 600-тэн тахса депутат киирбитэ. Балаһыанньа быһыытынан нуучча буолбатах норуоттартан көс олоҕо суох эрэ бу комиссияҕа кыттар бырааптаахтара. Иркутскай күбүрүнээтэрин кэнсэлээрийэтэ сахалары көс биис быһыытынан аахпытын үрдүнэн, биэс улуус кыттыылаах быыбар түмүгүнэн Маһары удьуора Соппуруон Сыраанап (1719-1805) дьокутаатынан талыллар. Саха тойоно Сибиир күбүрүнээтэригэр, Сенакка тиийэ үҥсүһэн Екатерина II императрицаны көрсөн, бэлэх туттаран эрэ баран «дьокутаат» аатын сүгэри ситиһэр. Сүрэхтэнэн Василий Вениаминович Львов дэммит Сыраанап быыбардааччыларын накааһынан, дьаһаах төлөөһүнүн түүлээхтэн харчыга көһөрөргө, Хотугулуу-илин буор-босхо ындыы таһыытын тохтоторго, саха тойотторо дьаһааҕы бэйэлэрэ хомуйалларын көҥүллүүргэ уонна, тус бэйэтиттэн эбэн, саха тойотторун быраабын улаатыннарыыны туруорсубута. Кини туруорсубут боппуруостара үксэ олоххо киирэн, сахалар бэйэни салайыныыларын олуга ууруллубута. Туруулаһан туран «Уложеннай хамыыһыйаҕа» бэрэстэбиитэллэнии, сахалар Россия империятын суутун-сокуонун билэн, үүт-хайаҕас булар буолан испиттэрин чаҕылхайдык туоһулуур. *** «Уложеннай хамыыһыйаҕа» саха дьокутаата Сыраанап үлэлээбитэ 20 сыл буолбутун кэннэ, 1789 сыллаахха, Бороҕон улууһун кулубата Алексей Аржаков-Сэһэн Ардьакыап Екатерина II императрицаны көрсөрү ситиспитэ. Нууччалыы ааҕар, суруйар саха кулубата уһуннук дьаныһан туран үрдүк сололоох хотуну көрсөн, бэйэтэ оҥорбут «Сахалар тустарынан былаанын» туттарбыта. «Былаан» ис хоһоонуттан көрдөххө, үөрэхтэнэн билиитэ-көрүүтэ кэҥээн эрэр саха норуотун Сыраанап туруорсууларын ситэрэн-хоторон биэриитэ этэ. Бу докумуоҥҥа сахалар уобаластааҕы баһылыктарын дуоһунаһын олохтуур, саха суобастарын суутун тэрийэр, олохтоохтор тылларын уонна үгэстэрин билэр ыспыраабынньыктары аныыр, о.д.а. туһунан этиллэрэ. Сэһэн Ардьакыап «Сахалар тустарынан былаана» 1789 сыллаахха алтынньы 1 күнүгэр Государственнай Сэбиэккэ көрүллүбүтэ. Империя үрдүкү уоргана «былаан» үгүс түһүмэхтэрин ылымматаҕа. Ол эрээри, 1793 сыллаахха алтынньыга сахалар тус баҕаларынан уобалас кулубатынан Соппуруон Сыраанабы талбыттарын Иркутскай күбүрүнээтэрэ бигэргэппэтэҕэ... *** Бэйэни салайыныыга дьулуһуу биир дьоһун хардыытынан 1827 сыллаахха тэриллибит Саха Степной Думатын ааттыахха сөп. Бу уобалас бырабылыанньатын быһаарыытынан тэриллибит бэйэни салайыныы уоргана этэ. Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэринэн бигэргэтиллэр Степной Дума сүрүн родоначальнигын Бороҕон улууһун кулубата Иван Емельянович Мигалкин талыллыбыта. Сэтээтэллэринэн – Хаҥаластан В.Павлов, Боотуруускайтан И.Артемьев, Намтан К.Прокопьев, Дүпсүнтэн Л.Васильев, Байаҕантайтан А.Каленинскай, Мэҥэттэн Я.Березин буолбуттара. *** Сахалар Степной Думаларын төрүттээччинэн И.Е.Мигалкины сэргэ, Хаҥалас кулубата Николай Рыкунов-Ырыкыныап Суруксуту (1789-1834) билинэр оруннаах. Кини Дума кэнсэлээрийэтин босхоломмут суруксутунан өлүөр диэри үлэлээбитэ. Маҥнайгы бэйэни салайыныы уоргана уонча сыллаах үлэтин кэмигэр Саха сирин демографическай балаһыанньатын үөрэтиинэн, нолуогу тыырыынан, сири үллэрии, сири оҥоруу, оҥорон таһаарыы, Хотугулуу-илиҥҥи сирдэри баһылааһын боппуруостарынан дьарыктаммыта. Сахалар Степной Думаларын родоначальнига, Боотуруускай улууһун кулубата Григорий Старостин-Уот Ыстаарыһын ыраахтааҕыны көрсөн кэккэ туруорсуулары оҥороору сылдьан өлбүтэ. 1838 сыллаахха Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэрин уурааҕынан Степной Дума үлэтин тохтоппута... *** Бэйэни салайыныы маҥнайгы уоргана бохсуллубутун кэннэ, 1830-1840-с сыллардааҕы Манчаары Баһылай, Аммос Данилов-Омуоча, Тетеря тоҥус баһылыктаах хамсааһыннары, профессор Г.П.Башарин бэлиэтииринэн, сир-уот боппуруоһугар, былааһы кытта сыһыаҥҥа үөскээбит норуот стихийнэй өрөлөһүүтүн быһыытынан сыаналыахха сөп. Ол эрээри, саха тойотторун улаханнык түмпүт Степной Дума сабыдыала ууга тааһы бырахпыттыы симэлийбэтэҕэ – биирдиилээн туруулаһааччылар үөскээн испиттэрэ. Ол курдук, Василий Никифоров-Күлүмнүүр ахтарынан, Арҕаа Хаҥалас улууһун кулубата, Степной Дума сэтээтэлин Чохооной Микииппэр уола Александр Гермогенов-Табысхаан (1837-1877), Саха уобалаһын чунуобунньуктарыгар бэрик биэрэн, көҥүлү атыылаһан ыларга холоммут түбэлтэтэ олус кэрэхсэбиллээх. *** Табысхаан кэнниттэн норуот бэйэни салайыныытын туруорсубут саха тойотторун саҥа үөскээн эрэр национальнай интеллигенция чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ солбуйан барбыттара. 1883 сыллаахха Москваҕа буолбут Александр III император коронациятыгар үөрэхтээх эдэр киһи – Егор Дмитриевич Николаев I (1858-1888) кыттыбыта. Кини «Краткая записка о современном положении Якутского края» диэн сахаларга сири оҥоруу, эргиэн сайдыытыгар көмөлөһөргө, холуобунай сыылканы тохтоторго, Степной Думаны сөргүтэргэ туруорсар дакылаатын ис дьыала министрэ граф Д.Толстойга туттарбыта. Саха норуотун лидеригэр кубулуйан иһэн эдэр сааһыгар суорума суоламмыт Боотуруускай улууһун кулубата норуот гражданскай өйүн-санаатын уһугуннарары наадалааҕынан ааҕара... *** ХХ үйэ саҕаланыытынааҕы уларыйыылары-тэлэрийиилэри, революциялары, гражданскай сэриилэри аахсыбакка, национальнай интеллигенция Саха сирин государственноһын олохтуурга тыынын толук уурарын да кэрэйбэккэ күүскэ үлэлээбитэ, хорсуннук турууласпыта. Бары дьоҕурун да биэрбитэ. Оччотооҕу саха норуотун лидерин быһыытынан, 1906 сыллаах «Сахалар союзтарын» уонна 1912 сыллаах Туспа-урдус сахалар съезтэрин, 1917 сыллаах Сахалар уонна бааһынайдар съезтэрин тэрийээччи, 1917 сыллаахха Саха уобалаһынааҕы земскэй управаны (билиҥҥи олохтоох салайыныыны) тэрийэн бэрэссэдээтэллээбит Дүпсүн улууһун үөрэхтээҕэ Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр (1866-1928) уһулуччу миэстэҕэ турар. Кинини сэргэ Россия дьылҕатын быһаарыахтаах Учредительнай мунньахха Саха уобалаһын депутатынан талыллыбыт Гавриил Ксенофонтов, Федералистар үлэһит союзтара партия бэрэссэдээтэлэ Алексей Широких, автономияны туруорсан «саагыбары тэрийиигэ» буруйдаммыт Роман Оросин, 1922 сыллаахха Чурапчыга тэриллибит Быстах кэмнээх Саха уобалаһынааҕы норуот салалтатын (ВЯОНУ) бэрэссэдээтэлэ Георгий Ефимов, 1927 сыллаахха «Младоякутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства (конфедералистов)» генеральнай сэкирэтээрэ Павел Ксенофонтов курдук саха саарыннара норуоттарыгар автономия аанын арыйбыттара, суверенитекка сирдээбиттэрэ. *** Дьэ, сити курдук уһун, унньуктаах туруулаһыы түмүгэр, 1922 сыллаахха Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов дьаныардаах туруорсууларынан, Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республиката төрүттэммитэ. Ол кэннэ 1992 сыллаахха сувереннай Саха Республиката үөскээбитэ, оттон Михаил Ефимович Николаев маҥнайгы Президенинэн талыллыбыта.
Гаврил АНДРОСОВ, "Саха сирэ".
|
Category: История, философия |
Views: 2049 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 117 Ыалдьыттар (гостей): 117 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|