News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Алтынньы » 10 » ХОТОЙ уонна КИИС. Биһиги тоҕо ХОТОЙ буолбаппытый?
ХОТОЙ уонна КИИС. Биһиги тоҕо ХОТОЙ буолбаппытый? | 09:03 |
Дьокуускай гербэтин сыаната төһөнүй?
Среда, 10 Октября 2012 00:21 Оптуорунньук киэһээ "Саха" НКИК канаалыгар дьон-сэргэ улаханнык сэҥээрэр-сэргиир биэриитэ - "Харах далыгар" уһун уоппуска кэнниттэн уочараттаах үлэтин саҕалаата. Бу дьылга бастакы телевизионнай биэрии ис хоһооно - Дьокуускай куорат гербэтин туһунан буолла. "Аартык.ру" редактора Туйаара НУТЧИНА, биэриигэ кыттыбыт киһи быһыытынан, киин куорат дьаралыгын туһунан күөх экраҥҥа "баппатах" сэһэргэһии түгэх-биэтэс өрүтүн ааҕааччыларга билиһиннэрэргэ холонор. ХОТОЙ уонна КИИС. Биһиги тоҕо ХОТОЙ буолбаппытый?
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Дьокуускай куорат Думатын депутаттара 48-с уочараттаах мунньахтарыгар киин куорат саҥа гербэтин бигэргиппиттэрэ. Депутаттар бигэргиппиттэрэ биир дьыала, аны гербэбитин РФ президенин иһинэн баар Үрдүкү геральдическэй сүбэ реестрга киллэрдэҕинэ эрэ сокуоннай күүһүн ылыахтаах. Билигин гербэ ааптара - Максим ЧЕРНИКОВ, Россия геральдикатын художниктарын союзтарын чилиэнэ, аны, куораппыт былааҕын, бэчээтин уруһуйдаан Думаҕа киллэриэхтээх. Саҥа гербэ - Дьокуускай былыргы, аан бастакы гербэтин үтүгүннэрэн оҥоһулунна. Урут хотой кииһи тыҥыраҕар кытаахтаан иһэр эбит буоллаҕына, билигин көтөхтө. "Саха баҕатын" ханнаран гербэ тулааһыныгар икки атыыр икки сэргэҕэ дьорҕооттоһон турда, аллараа Күөх Хонууну бэлиэтиир - чээлэй күөх от тэлгэннэ, аннынан Өлүөнэбит "уһунна". Дьокуускай бастакы гербэтэ 1790 сыл алтынньы 26 күнүгэр ыраахтааҕынан бигэргэтиллибитэ, Россия судаарыстыбатыгар 28 саамай былыргы гербэлээх куораттар ахсааннарыгар киирсэрбитинэн, дьиҥинэн, киһи киэн туттуон сөбө этэ. Нуучча сиригэр судаарыстыбаннас мэҥэ бэлиэтин - гербэни Россияны европеизациялаабыт Петр I ыраахтааҕы киллэрбитэ. Онон бастакы гербэлэр ааптардарынан ньиэмэс геральдистара буолбуттара. Дьокуускай гербэтин эмиэ ньиэмэс киһитэ оҥорбута диэн история кэрэһэлиир. Ол иһин да буолаахтыа, киин куораппыт гербэтигэр баар хотойу Германия Үһүс рейхын хотойугар майгыннатар дьон бааллар. Быһаас Дьокуускай куорат Думатыгар киин куорат гербэтин дьүүллэһэр хас да мунньах буолбута. Депутаттар гербэни көрдө көрөөт кииһи - саха, хотойу - нуучча диэн "өйдүү охсубуттара". Дьиҥинэн, саха мифологиятыгар хотой - Тойон, Өксөкү кыыл диэн ааттанан киирэ сылдьар. Бэл, Хотой Айыылаахпыт, хотой тотемнаах уустардаахпыт, улуустардаахпыт. Ол да буоллар, икки төбөлөөх Өксөкү содулуттан, хотой буолла да - нуучча судаарыстыбата, империята диэн өйдөбүл киирэн хааллаҕа, хайдах да биһиги хотойго холонон көрбөппүт. Депутаттар "дьаһаах кэмэ ааспыта" диэн туруорсан, киис барахсаҥҥа "тыын киллэрэргэ" уонна "Россия биһигини кытаахтаабатын, көтөхтүн" диэн уураахтаабыттарын түмүгэр, хотойбут атаҕын "бүлгүрүтэн" тиэрэ эргиттибит, кииспит "тиллэн" кыһыл тыла чобуоххайан барда. Ол аата геральдика быраабылатынан, биһиги куоластанныбыт, тэҥҥэ аахсар кыахтанныбыт. Аны, кииспит, киискэ да майгыннаабат курдук. Көп түүтэ "үргэнэн", туох баар эппит-иҥиирбит барыта "таҕыста". Манна эмиэ геральдикабыт сокуона өтөрү-батары көстүбүт - ол аата биһиги былчыҥнаах, кыахтаах - күүстээх буолбуппут. Онон былыргы гербэбитин "сайыннардыбыт" диэн буолла. "Сайыннарыллыбыт" гербэбит бастааҥҥы көрүҥүттэн уларыйда. Оччотугар Дьокуускайбыт гербэтэ 1790 сылга оҥоһуллубута диир билигин бырааптаахпыт дуо? Сааспытынан өҥ туттар буоллахпытына, былыргы гербэни тоҕо уларыта-тэлэритэ сатаатыбыт, оннунан хаалларбакка? Саха сирэ сырье биэрэр оруолуттан, ол, билигин таҕыста дуо? Былыр түүлээҕи, билигин сир баайын син биир БИЭРЭ олорбоппут дуо?
"Сэбиэскэй" гербэбитин тоҕо сирдилэр? 1967 сыл балаҕан ыйын 17-гэр, Дьокуускай куорат саҥа гербэтэ оҥоһуллубута. Ааптар Дмитрий САВВИНОВ түөрт муннук куйаҕы түөрт аҥыы үллэрэн баран тымныыбытын кэрэһэлиир - хаары, баайбытын - алмааһы, түүлээхпитин - тииҥи, сайдыыны бэлиэтээн теодолиты туруорбута. Ортоку, норуокка Дыгын башнята диэн ааттанар, Дьокуускай остуруогун башнятын уруһуйдаабыта. САВВИНОВ гербэтэ, Сэбиэскэй кэмҥэ оҥоһуллубут гербэлэр тэҥэ, "геральдика сокуонугар эппиэттээбэт" диэн туора хаһыйылынна. 45 сыл историялаах гербэбит сүтэн эрэриттэн хараастар дьон эмиэ бааллар. Поэтесса Ольга КОРЯКИНА - УМСУУРА олортон биирдэстэрэ. "Былыргыны былыт саппыта, тоҕо наар былыргыны хасыһан тахсабытый? Былыргы гербэни төнүннэрии - төннүү буолар, сайдан иһиэхтээхпит", - диэн биэриигэ эттэ. "Былыргы гербэни сөргүтүү - холуонньа өйдөбүлүн төнүннэрии" диир дьон санаатын ким истэрий?
Гербэни уларытыы - политиканы кытары сибээстээх? Россияҕа "россияннары" үөскэтэ сатыыр идеология күн бэҕэһээ үөдүйбэтэҕэ да буоллар, чуолаан, "былаас бэртикээлин" ааптара былааска төннөрүн кытары, дойду геральдикатын "бэрээдэктээһин", "сөп түбэһиннэрии" үлэтэ күүһүрдэ. Барыбытын биир тарааҕынан тарыыр былааска да, хааһынаҕа да барыстаах. Кыра-хара омук - империя идеологиятыгар хаһан да "сөп түбэспэтэҕэ". Кинилэр бытархай бырааптарыгар, чэпчэки чэпчэтиилэригэр улуу империя далааһыннаах сыала-соруга былыр да, аны да мэһэйдэтэр этэ. Тарбахтан тутан баран хонноххо киирии кэриэтэ, куорат гербэтиттэн сылтаан республика гербэтигэр, былааҕар - национальнай символикабытыгар ураҕастаныы саҕаланыа суоҕа дуо? Национальнай уратыбыт сүттэҕинэ - национальнай территориябыт арыыланан ордуо дуо?..
Россия - Европа дуу, Азия дуу? Россия Петр I ыраахтааҕы саҕаттан Европаҕа чарапчыланан сайда сатыыр. XVIII үйэттэн ХХI үйэҕэ диэри дойдубут былааһа европалар суолларын батарга кыһаллар даҕаны, тоҕо эрэ олохпут-дьаһахпыт, өйбүт-санаабыт таһымынан кинилэри кыайан сиппэппит. Улуу нуучча поэта Александр БЛОК: "Да, Скифы — мы! Да, азиаты — мы", - диэтэр даҕаны, Россия Азия да дойдуларыгар майгыннаабат. Ол аата кини сайдар суола туспа-ураты буолуохтааҕын кыайан билинэ, торумнуу илик буолан тахсарыгар тиийэр. Наар кэлтэйдии кими эрэ үтүктэ сылдьарыттан мунан-тэнэн, сордоох-муҥнаах олоххо олордоҕо дии саныыгын. Киһи, омук бэйэтин уратытын билинэ илигинэ сайдар кыаҕа суох. Судаарыстыба син эмиэ ол кэриэтэ уратытын билиннэҕинэ эрэ ситиһиигэ тиийиэҕэ. Гербэлэнии эмиэ үтүктүү буолар. "Геральдика" диэн тыл латыын тылыгар "глашатай" диэн суолталаах. Орто үйэҕэ рыцардар куйахтарыгар кимнэрин-туохтарын бэлиэтиир уруһуй түһэрэллэрэ. Онтон сиэттэрэн гербэлэр үөскээбиттэрэ диэн этэллэр. Нууччаларга рыцардар суохтар этилэр да, сайдыылаах Европа дойдуларын үтүктэн гербэни - судаарыстыбаннас бэлиэтин быһыытынан ылыммыттара. Холобур, Япония сокуонунан бигэргэтиллибит гербэтэ суох. Тоҕо диэтэххэ, дьоппуон норуотун историятыгар рыцардар диэннэр суохтар этэ, онон тоҕо атын норуот историятын кинилэр бэйэлэригэр сурунуохтарай? Ити даҕаны дьоппуоннар бэйэлэрин норуот быһыытынан уратыларын үрдүктүк тута сылдьалларын туоһулуур буоллаҕа.
Дьокуускай гербэтэ - сахалыы тыыннаах буолуохтаах диибит...
Икки атахтаах былыр-былыргыттан кимин-тугун бэлиэтиир үгэстээх. Тириитигэр татуировкаланар, уруһуйданар, таҥаһыгар-сабыгар оһуор-мандар анньар, быһыытын-таһаатын анаан быһар, тигэр, араас симэх-киэргэл кэтэр. 380 сыл анараа өттүгэр Дьокуускайы нуучча хаһаактара тутталлар даҕаны, билигин киин куоракка саха нэһилиэнньэтин ахсаана лаппа баһыйда. Онон даҕаны, гербэбитигэр сахалыы тыыны туруорустахпыт. Ол гынан баран, саҥа гербэ оҥоһуллар хамыыһыйатын салайар киин куорат сүрүн архитектора Николай АЛЕКСЕЕВ этэринэн, Саха сирэ Россия судаарыстыбатын састаабыгар киирэрин быһыытынан, дойдуга олохтоммут геральдика сокуонуттан тахсыа суохтаах. Бэйэбит баҕабытынан буоллар, төһө баҕарар кымыстаах чороону, сылгыбытын, сэргэбитин, хомуспутун, алааспытын кэчигирэтиэ эбиппит. Ол гынан баран онтубутун РФ Үрдүкү геральдическай сүбэтэ "чээ" диэн билинэрэ сир саарбах. Арай, туспа судаарыстыбалаах эбиппит буоллар, "сахалыы геральдика сокуонун" хайа талбыт айыах этибит.
Гербэ ааптарын гонорара төһөнүй?
"Мафия!" - диэн УМСУУРА, тоҕо чуолаан Максим ЧЕРНИКОВ гербэ оҥорор муниципальнай сакааска тиксибитин муодарҕаабыттарыгар сүүскэ биэрэрдии хоруйдуур. Кырдьыга, саха куоратын гербэтин тоҕо атын регион олохтооҕо уруһуйдаата? Олохтоох киһи быдан сахалыы сылгылары, сэргэни оҥоруох этэ буоллаҕа. ЧЕРНИКОВ оҥорбут гербэтин тулааһыныгар баар атыырдар саха сылгытыгар букатын маарыҥнаабаттар, сэргэбит даҕаны киһи хараҕын аалар. Архитектор АЛЕКСЕЕВ Москваҕа иккитэ төхтүрүйэн гербэ эскиһин илдьэ сылдьыбытын этэр. "Иккитэ аккаастаан төнүннэрбиттэрэ уонна ЧЕРНИКОВЫ үлэлэтэргэ сүбэлээбиттэрэ" диир. Олохтоох геральдист-худуоһунньуктар "быраабыланы тутуһан хайдах да уруһуйдаабыппыт иһин, биһиги уруһуйбутун син биир ылыныа суохтара этэ" дииллэр. Оччотугар гербэлэри оҥорор эмиэ бэйэтэ туспа бизнес буолан, "бэйэ дьонугар" сакаас тэбэн биэрэр салааҕа кубулуйдаҕа дуу? Куорат депутаттара этэллэринэн, ЧЕРНИКОВ гонорара 250 000 солкуобай. Бу суумаҕа онно кини гербэни, былааҕы, бэчээти оҥоруохтаах. Муниципальнай сакаас сыанатын сууматын ырыта барыллыбат. Арай, куорат бюджетыгар, итини таһынан, туох баар докумуону, бэчээти, былааҕы саҥардар, уларытар үлэ ботуччу сууманы эрэйиэҕин эрэ сэрэйэбит.
Гербэ тулааһыныгар уларыйыы киириэн сөп Гербэ иһинээҕи куйах ойуута депутаттарынан бигэргэтилиннэ. Онтон тулааһына өссө да, дьүүллэнэ сылдьар. Онон куорат олохтоохторо икки атыыры уонна сэргэлэри "сахатытарга" санааҕытын этиэххитин сөп. Тулааһын ойуута - хаһан баҕарар уларыйыан син, "геральдика сокуона" ону көҥүллүүр диэн буолла. Аартык.ру
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1586 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 107 Ыалдьыттар (гостей): 107 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|