Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Алтынньы » 31 » Ааттыыр, ыҥырырар, ыраланар «Көлүөнэ солбуһуга», «Эдэрдэргэ – суолу!» ханна баарый?
Ааттыыр, ыҥырырар, ыраланар «Көлүөнэ солбуһуга», «Эдэрдэргэ – суолу!» ханна баарый?
18:26
Ил Түмэн састааба уларыйара уолдьаста

Туйаара НУТЧИНА
Ханнык да уһулуччу кыахтаах, талааннаах киһи биир дуоһунаска өр олордоҕуна улугурар, хал буолар, кэхтэр майгыланар. Итинник көстүүнү – олорон кэлбит дойдубут историята даҕаны ырылхайдык туоһулуур. Уларыйыы – олох сокуона, уларыйыы – сайдыы бэлиэтэ.
Ил Түмэн – өрөспүүбүлүкэбит олоҕун оҥорор, сүнньүлүүр былааспыт үрдүкү хаттаҕаһын сүрүн уоргана. Саҥа политическай систиэмэ быһыытынан, парламеннаммыппыт 19 сыл буолла. Ил Түмэн бастакы ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара 1993 сыл ахсынньытыгар талыллыбыттара. Ол тухары төрдүс ыҥырыылаах мунньахха олорон кэллибит. 
Төрдүс ыҥырыылаах мунньах дьокутааттарын испииһэгэр 74 киһи аата ахтыллар. Мантан аҥаардара биир мандаттаах быыбардыыр уокуруктан, аҥаардара баартыйа ипсииһэгинэн парламеҥҥа киирэн олороллор. Субу кэмҥэ үлэлии сылдьар дьокутааттар – 69-тар, сорохтор судаарыстыба сулууспатыгар көһөн, сорохтор олохтон туораан боломуочуйалара уһуллубута. 
Парламеммыт төрдүс ыҥырыылаах мунньаҕар олорор диэтибит. Дьэ, бу түөрт мунньах тухары кур бэйэлэрэ кубулуйбат, 20-ччэ сылы быһа дьокутаат мандаатыттан арахсыбатах дьоннордоохпут. Александр Жирков – Бороҕон быыбардыыр уокуругуттан дьокутааттаабыта 19 сыла буолла. Андрей Кривошапкин – хотугу улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, Александр Уаров Бүлүү сүнньүн биир улахан түөлбэтин дьокутаата. (Николай Соломов төрдүс да болдьоҕор барыахтааҕын, атын тэрилтэ харалтатыгар киирбитэ тохтоппута). Ама, бу улуустартан, уокуруктартан кинилэри солбуйар ыччат тахсыбат бэйэтэ эбитэ дуу, уус алданнар, сунтаардар оннук айылаах туйах хатараччыларынан татымырбыттара эбитэ дуу. Солбук суох. 

Биллэн турар, бу дьон бэйэлэрин кэмнэригэр элбэҕи, үтүөнү оҥордохторо, дьайдахтара, ол гынан баран, үөһээ ахтыллыбытын курдук, хайа да бэйэлээҕи биир дуоһунас, биир үлэ 20-ччэ сыл тухары сэниэни, күүрээни өһүлэн эрдэҕэ. Салайааччы – бастатан туран, саҥаттан саҥаны киллэрээччи, инники күөҥҥэ сылдьааччы, түргэн тэтимнээх аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылааччы буолуохтаах этэ.

Түөрт мунньах тухары дьокутааттаабыт дьоннор кэннилэриттэн, сырыһыннара үс болдьох дьокутааттаабыт дьон ахсаана эмиэ балайда. Сэрэйдэххэ, кинилэр даҕаны 2013 сылга төрдүһүн парламеҥҥа силис тардар санаалаахтар: Георгий Артемьев – хомуньуус, Александр Гаврильев – хомуньуус, Александр Ким-Кимэн – «биир ньыгыл», Зоя Корнилова – «сиэрдээх», Альбина Поисеева – «аграрий». Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ – Виталий Басыгысов бу иннинэ икки болдьох тухары Госдумаҕа олорбута. Дьокутаат чэпчэтиитинэн туһаммыта эмиэ 20-ччэ сыл буолла.

Оттон иккис болдьоххо мунньахтыыр дьокутааттар ахсааннара – 30. Ол аата билиҥҥи парламеммытыгар 69 дьокутааттан саҥа дьон 30-тар эрэ. Уоннааҕылар дьарҕа буолан Ил Түмэн кириэһилэтигэр өрөөбүттэрэ кырата уонча сылга тэҥнэстэ.

Бу дьонтон Сэбиэскэй кэмҥэ дьокутааттаабыт дьон эмиэ элбэхтэр.


Ааттыыр, ыҥырырар, ыраланар «Көлүөнэ солбуһуга», «Эдэрдэргэ – суолу!» ханна баарый?

Дьокутааттарбыт үлэлэриттэн астынар-дуоһуйар киһи баара дуу: «Барахсаттарбыт абыраатылар» диэччилэр төһө элбэхтэрий? Бэйэлэрин үлэлиир эйгэлэригэр, бизнестэригэр, урбааннарыгар сөп түбэһэр сууту-сокуону ылынаары эрэ дьокутааттыыр курдуктар. 70 киһиттэн улахан аҥаара промышленниктар, онтон өссө хаалбыт аҥаара бизнес ханнык эрэ салаатыгар үлэлииллэр.

Өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар саҥа дьон быстар аҕыйахтар. Миниистирдээн бүттэхтэринэ Ил Түмэҥҥэ көһөллөр, онтон «үүннэхтэринэ» миниистирдии бараллар. Александр Ким-Кимэн, бырастыы гыныҥ, дьиҥ тугу оҥорбутун ким эмэ кэпсиир кыахтаах буолаарай? Семен Олесов икки болдьох тухары тугу оҥордо? Сорох-сорохтор итинник ааттаах чаччыыналаахпытын билбэт да инилэр. Айсен Николаев 2-с, 3-с мунньахтарга дьокутааттаан баран правительствоҕа барбыта, билигин киин куорат мээринэн көстө. Александр Подголов эмиэ дьокутааттаан баран миниистирдии барда, Иван Слепцов – «Калмыкия аптарытыата» тыабыт хаһаайыстыбатын тилиннэрэ сатыыр, Эрнст Березкин 28-гар миниистирдээн соһутан баран дьокутаат буолан симэлийдэ, Төлөннөөх Артур билигин тимир суолу тутар А.Дудников кэтит көхсүгэр бүктэ. Онто эмиэ дьокутаат. Тимир суолун госхонтуруолга туттарда да хаана үөс сиргэ тардар буолуохтаах. Юрий Заболев дьокутааттыы сатаан баран мээрдээбитэ буолан баран Москубаҕа көскө ыытыллыбыта... Ситигирдик биир дьон дуоһунаһы, боломуочуйаны хардары-таары мэскэйдэһэ сылдьаллар.

Дьокутааттарбыт иһиттэх аайы «бу сокуоҥҥа уларытыы киллэрдилэр», «ити сокуону тупсардылар, быһаардылар» диэн буолар. Оттон сахалыы санаан көрдөххө, биир дьүөгэм эппитинии – үчүгэйдик тигиллибит ырбаахы көтүрүллүбэт, көннөрүллүбэт буоллаҕа. Уларыппат-тэлэриппэт гына киһилии сокуону ыллыннар ээ. Бэйэлэрин итэҕэстэрин көннөрөллөрө үөрүү буоллаҕай.

Дьокуттааттарга санатар эбит буоллахха, 1827 сыллаахха тэриллибит Степной Дума ылыммыт «Сибиир омуктарын салалтата» устааптара («Устав об управлении инородцев Сибири») Сэбиэскэй былаас атаҕар туруор диэри уларытыллыбакка үлэлээбитэ. Сокуон оннук чиҥник, олохтоохтук оҥоһуллуохтаах этэ.

***

Дьокутаат туһунан федеральнай сокуон этэринэн, норуот кулута коммерциянан дьарыктаныа суохтаах. Биһиэхэ дьокутааттарбыт дьиэ кэргэттэрэ, оҕолоро-ойохторо барыларын кэриэтэ улахан эргиэмсиктэр. Улахан хампаанньаларга акциялаах норуот кулуттара эмиэ элбэхтэр. Дьокутаат быһыытынан, хамнас ылалларын таһынан өссө бэйэлэрин бизнестэригэр аһаҕастык "генераллыыллар". Маннык дьон судаарыстыба уонна бэйэлэрин хармааннарын бутуйбаттара буолуо дуо?

***

Билигин Ил Түмэн сессиятын көрдөххө киһи утуктуур. 1922 сыллаахха умайа-умайа, тиллэ-тиллэ туруулаһан Саха сиригэр автономияны аҕалбыт дьокутааттар буолбатахтар. 1992 сылга Төрүт Сокуону, Суверенитет Декларациятын ылынар, толкуйдуур, туруорсар чаҕылыҥнас харахтар суохтар... Ким эрэ бэйэтин дьыалатын саныыр, ким эрэ дьиэтигэр Москубаҕа бараары чаһытын көрүнэр, сорохтор букатын даҕаны Ил Түмэн аанын арыйаллара ахсааннаах.

Эһиил Ил Түмэн V-c ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутааттары талыахпыт. Аҥаардарын партияларын испииһэгинэн, аҥаардарын биир мандаттаах уокуруктарынан. Аныгыс мунньах састаабыгар хайаан да саҥа тыын киирэрэ наада.

***

Ааыртык.ру - 31 октября 2012 года:

http://aartyk.ru/sakha/item/1899-il-t%D2%AFmen-sastaaba-ularyyara-uoldasta
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1431 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 107
Ыалдьыттар (гостей): 107
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024