Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Алтынньы » 31 » НВК-лар саха тыла сүтэригэр фундамент бэлэмнээтилэр
НВК-лар саха тыла сүтэригэр фундамент бэлэмнээтилэр
23:22

НВК Саха нууччатыйан эрэр дуо?

http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2328406&f=149Автор: HALAN (91.185.242.52) 04.10.2012 (16:09)Бу тиэмэни отой тарыйыахпын баҕарабатаҕым. Ол эрэн бу сарсыарда Кыымы ааҕан баран санаабын суруйдум.Сыаналааҥ, бэйэҕит туох дии саныыгыт?  http://dnevniki.ykt.ru/HALAN/507879Ити Сардаана игин диэн чуечэ таах нуучалыы эрэ кыыра сылльар буолбут дии?) - 104.10.2012 (16:35) (213.129.50.188) Кырдьык-ходдьук, бары-барыта, хас нууча керуе диэн) Тоҕо көннөрү НВК буолбатый?Сахалыыта да аҕыйах курдук... - ыпсарар 04.10.2012 (16:41) (91.185.252.44) 

Аламай күн сыламынан улуу Ураанхай Һаха удьуордара. - Айтал7105.10.2012 (10:28) (46.48.242.116)
Оҕо эрдэхпинэ,СССР саҕана нвк ло саҕана ким диэн этэй буоллар,өйдөөбөт эбиппин,сахалыы тыллаах көрдөрүүлэр аҕыйах этилэр.Суверинитет кэмигэр,лаппа элбээн киһини үөрдэрэ.Онтон аҕыйах сыл буолла сахалыы көрдөрүүлэрэ аҕыйаабыта,бадаҕа сепаратизмҥа буруйдуохтара диэн тэҥнээбит быһыылара буолуо,куттастарыгар.Аны сайа передачатын,сахалар туохтан да ордорор "кэпсиэ" этэ дуу суох кынтара,ол аата биһиги санаабытын ылынан да көрбөттөр.Ити татаардар Тнв диэн тел.айпи тв баар,татарстаан курдук элбэх матрын тыллаах дойдуга,сонуннар эрэ таххаллар эбит,уопсайынан мөлтөх,нуучча кутуруксута элбэҕэ бэрт,бу да форумна матрын тыллааҕы көмүскэһэн,дьэ кэбэлэнии.Саханы эһэр кутталлаах нуучча тыла,Былаас эрэ эһиэ,ити куттанар,комплекстанар,*****таргыт,киргистэргит эһиэ суохтара.Сурун куттал матрын тыллаах,СССР са5ана хайдах баттана олорбуттарын дьон тургэнник умнар эбит.Билинни уйэ5э о5о иитиитигэр сахалыы тв. олус наадалаах,санаан к8рун сахалыы сиэринэн мультиктар,кинэлэр,передачалар элбэхтэрэ буоллар аны интириэhинэй,дэлэ5э о5олор абараныа,да у8рэниэ этилэр,то5о диэн кыра о5он нууччалыы 8йд88б8т да буоллар куну быhа к8р8р эбит.

Былааска уксэ тонустар буолан саха тылын баттыы сатыыллар - билбит-кербут04.10.2012 (16:43) (85.26.241.171)

Мин национальнай вопро4у кетехпеппун гынан баран,кинилэр влияниялара куустээх информационнай эйгэ5э, атын омук буолан Сахалыы тыл сайдарыгар ба5арбаттар
Сахалары баттыыллар. - Киин04.10.2012 (17:15) (217.212.231.228)
Сотору киргизтии биэриилэри керчеххчт.
Барахсан... - Хоту КЫЫЬА25.10.2012 (23:31) (80.83.238.67)
Сахалыы суруйуоххун! Влияние-Дьайыы! Эбэтэр нууччалыы сөпкө суруй влияниЕ! Бэйэ сатаан Сахалыы да нууччалыы да суруйбат эрээри!!! Оссо тонустар диэбит буола буола! Сами то,кто по национальности?
то5о нууччалыы барда диигит - дьэ дьикти04.10.2012 (17:16) (94.245.156.46)
сахалыыта а5ыйах диэри гына5ыт дуо? Саха корреспонденнара сурэ5элдьииллэрэ буолуо, сахалыы то5о эрэ кылгастык кэпсиир буолбуттар, сонуннара а5ыйах игин. нуучалыы сонунугар элбэ5и кэпсииллэр, кердереллер. То5о дии саныыгыт?

Дьэ дьикти дии НВК тоҕо нууччалыы тыбыырарый? - Луо 04.10.2012 (18:22) (80.83.238.100)

ама нууччалыы тыллаах ханааллар Саха Сиригэр суохтар дуо?
НВК-аҕа нууччалыы тыллаах үлэһиттэрин үүртэлиэххэ наада.

Бары туруорсан НВК руководстватын у4ултарыахха буолла5а - 104.10.2012 (18:28) (85.26.241.132)

Общественнай организацияларынан киирэн.
Би4иэхэ сахаларга, нууччалыы Пропеллер курдук голубойдар передачаларын биэриилэрин элбэтиэхтэрэ
Би4и ыччаппытыгар инник биэриилэр наадата суохтар

саамай сөпкө этэҕит саха ыччатыгар эҥин араас итинник нууччалыы биэриилэр наадата суохтар - Луо 04.10.2012 (18:39) (80.83.238.100)

оннук биэриилэри атын ханааллартан итак булан көрөллөр.
Бу НВК-ҕа сахалыы биэриилэр аҕыйаабыттара,Сахалыы сонуннары кылгастык биэрэр буолбуттара - 104.10.2012 (18:43) (85.26.241.243) 
Бу НВК руководствата Сахалары, Саха тыллаахтары болҕомтоҕо ылбата,Саха омугу үрдүнэн көрөн сэҥээрбэтэ мантан көстөр.
Тойон Бэрииьэп туох диирэ буоллa? - Тайгер04.10.2012 (18:51) (217.212.230.67) 

Буучун көҥүллээбэт ээ быһыыта,тв сахалыы саҥарарын - ыпсарар 04.10.2012 (18:56) (91.185.252.44)
баҕар тугу эрэ үөҕэллэр дии саныырын биһиги албыннаһан-хаптаҥнаһан бэрт буола сатаан ол бу буола сатыырбыт буолуо...култуура өттн этэр буоллахха,сахалыы үҥкүү суох буолбута дьиктиргэтэр,барыта хотулуу үҥкүү һээдьэ-һуруйа. 
аны тыаларга НВК радиота 2-3 эрэ чаас үлэлии үлэлии тохтоон хаалар - Луо 04.10.2012 (19:06) (80.83.238.1)

Бүгүн - Да04.10.2012 (20:07) (46.48.243.27)

Саха Викторияҕа звоннаан такси нүөмэрин ыйыппыппар олох нууччалыы эппиэттииллэр. Хаста да төхтүрүйэн сахалыы ыйыта сатаатым - через пять минут перезвоните -дииллэр. Айаҕалыы сатаан баран чуолкайдаатым, -да,да это Саха Виктория -дииллэр. "Оччоҕо тоҕо нууччалаан тыбыыра олороҕут? -дии сатаабытым эппиэтэ суох хаалла, отой тоҥ нуучча олороро өйдөөбөтө быһыылаах.

НВК-лар Саха тыла сүтэригэр фундамент бэлэмнээтилэр - 104.10.2012 (22:30) (85.26.241.31)

Билигин оннооҕор Саха тыллаах элбэҕин үрдүнэн, сахалыы биэриилэри аҕыйата сатыыллар.
Маннык буоллаҕына аны 10-сылынан Сахалыы тыллаах аҕыйаата диэн, төрүт да бобон кэбиһиэхтэрэ Сахалыы биэриилэри.
Ол нуучча аудиториятын эккирэтэннэр, Саха тыллааҕы суох оҥоро сатыыллар.

Оттон Путин то5о пaaспaргa омук aaтын суруйaры ылaн кэбиспитэ буолуо дии сaныыгыт? - Тайгер04.10.2012 (22:43) (217.212.231.190)

Нууччaттaн aтын омугу симэлитэр сыaл. Бэрииьэп дa Дaрхaн диэн сымыйa дуоьунaстaммытын мaннa 8йд88б8кк8 уруй-aйхaл б858 туьэрбиттэрэ. Ол биьиги омук тылынaн буоллун диэн буолуо дуо? Эчи суох. Прeзидeнт должностной рeглaмeныттaн букaтын aтын, бэйэлэригэр туьaлaaх буолaр рeглaмeнт он,орон биэрдэхтэрэ. Ону о5ону албынныырдыы Дархан диэн баьылыктанныгыт диэн 8н,ну8хтэрэ.

Улууска тоҕо Саха араадьыйата иһиллэн иһэн иһиллибэт буоларын муодаргыыбын. - ыпсарар 04.10.2012 (22:52) (91.185.252.44)

Тайгер арыый чугас киһи билсэ сылдьыаҥ буолаарай.Салгын устун эпиири тоҕо эмиэ харчылаатылар,тыалыр диэн сэнииллэр дуу...ыйытан көрөөр эрэ хаалыаҕынааҕар.

ити арааһа тыаларга иһиллиэхтээх харчытын сииллэр быһыылаах - Луо 04.10.2012 (23:00) (80.83.238.61)
Сиэн буо,ЕДИМАЯ РОССИЯ!!! - ыпсарар 04.10.2012 (23:04) (91.185.252.44) 
Ити курдук кырaлaaн омугу симэлитии, суурaйыы бaрa турaр. - Тайгер04.10.2012 (23:14) (217.212.231.190) 

Тыa сиригэр сaхa тыллaaх уксэ ту8лбэлээн олорор. Дьэ ким билэр, Ыпсaрaр, ити мин этэрбин ылыныaхтaрa диэтэ5ин, дуу? Дaрхaн,н,a сурук суруйaн ыйытыaххытын нaaдa. Онно хaрдaрыaхтaaх буоллa5a. Эбэтэр Кыымн,a, Туймaaдa Уоттaрыгaр суруйдaххытынa хaйыa эбиттэрэ буоллa.

Дархаммыт аадырыстаах дуо? - ыпсарар 04.10.2012 (23:44) (91.185.252.44)

Хайдах буоллугут? - Билээччи12.10.2012 (23:11) (109.197.207.147)

Дарханы аны онно уган биэрээри гына5ыт дуо?

Наша Республика многонационально диэн,туох баар Сахалыыны бобо сатыыллар - 104.10.2012 (23:23) (85.26.241.145)
Онон бу Сахалыы НВК-тан саҕалаатылар,многонациональнай Республикабыт диэн куоһурданан, Саха тыллааҕы суох оҥоро сатыыллар.
Нууччалыы форумҥа Харги диэн эбэнки, Президеммыт Дархан диэн ааттабыттарыгар айдаарбыта,биһи Республикабытыгар элбэх омук олорор, онон ханна да сахалыы диэн суох буолуохтаах диэбитэ.
Дьэ маннык дьону тойотторбут истэр буоллахтарына, омук быһыытынан ырааппапыт.
Ыпсaрaр, Егор Борисов. РУ диэн бaaр, омуктуу. Онно дьон этиниэн с8п. - Тайгер04.10.2012 (23:58) (217.212.230.41) 
Хaрдaрыaхтaaх. 
сахалыыттан адьас тэйэн хаалбыппын, кербеппун да аахпаппын да, иэдээн ди - тун саха05.10.2012 (05:51) (217.118.64.50)

Уонна туох баар СМИ-лэр "в нашей республике" эбэтэр "в республике" - 105.10.2012 (06:14) (217.212.231.59)
диир оннугар наар "в Якутии" диэн санараллар да суруйаллар да. Бу эмиэ иhэ истээх. Соруйан кэлэр келуенэ5э,билинни о5олорго "Якутия" диэн тылы инэрэн баран "Саха" диэн тылы симэлитии политиката барбыта ыраатта. 
НВК тэлэбиидэнньэтэ кэлин интэриэьинэйэ суох буолла. - Куо_Мэтэкэ05.10.2012 (06:40) (85.26.241.142)

Ол иьин урукку курдук киэьээ аайы кербеппун. Бу кэнники икки сылтан оннук. Нууччалар олох да кербеттер. Атын да омуктар оннук ини. ; сыллаа5ыта НВК-лар эфирнэй чаастарын биьиги куорат нуучча телевизионщиктарыгар атыылаабыттара. Оруобуна "Дети Азии" са5ана. Инньэ гынан саамай интэриэьинэй культурнай программалары кербетехпут. Тойоннурун кытта кэпсэппиппэр "Кабельнайга холботун,, онно НВК кестерун ким да мэьэйдээбэт","Дойдугар барыаххын, оччо улугэр НВК-ны керуеххун ба5арар буоллаххына", - диэннээхтэр. Бириэмэтигэр, наьаа ата5астабыллаах курдук этэ. Ол кэпсэтии кэннэ бэйэм со5ото5ун сахалартан подпись хомуйан оччотоо5у НВК тойонугар ыыппытым да эппиэт суо5а. Онтон "Кыым" хаьыакка ыыппытым. Бэчээттээбиттэрэ. Ол кэннэ хаьыат нуемэригэр НВК тойоно эппиэттээбитэ. Дьин,инэн, кун,н,э чаас ан,ара кердеруехтээхтэр эбит, ону икки ан,ардыы чаас кердереллер этэ. Ессе кун,н,э 4-5 чаас кердерер буолуохпут диэннээхтэр этэ. Онтулара тохтообута. Ессе хаьыакка ыытарбар Ил Тумэн,н,э эмиэ ыыппытым сурук. Олор бол5омто5о ылан "Нэьилиэнньэ утарсар буолла5ына, чааьынайдар кердербетуннэр диэбиттэрэ. Онон, кун,н,э чаас ан,ардыыта биэриилэрин ыытар буолтара. Эьиилигэр олор сабыллыбыттарын кэннэ атыттар кэлэн баран эмиэ уьаабатахтара. Банкрот буолан сабыллыбыттара. Ол кэннэ НВК-лартан эфир атыылаьар киьи суохха дылы.

Республика бутун нэьилиэнньэтиттэн илии баттааьын хомуйан сурук суруйан бары инстанцияларга ыытыахха, сахалыы биэриилэри элбэтэллэрин, хаачыстыбаларын тупсаралларын модьуйуохха. 
олох сопко этэ5ит - логло05.10.2012 (07:20) (217.212.230.37)

информационнай голод нууччаларга суоьаабат,Нвк сарсыардаттан тууннэ да дылы сахалыы санарда5ына хайаабыт,наар омуктарга бэрт буола сатаан биир каналбытын сахалыы онорботтор.Киьи иилэн короро сох курдук,кэлин корбот да буолан эрэбин,биир сонуну куну быьа кэпсииллэр,омук киинэтин кордороллор,хатылааьын наьаа элбэх.Бэйэлээтэр бэйэбит Республикабытыгар олорон хабах иьигэр тыына олоробут.Улуустарга местнай диэни эмиэ боболлор,кэлин букатын да тахсыбат онордулар.Атын омуктарга бэйэлэрин тылынан каналлаахтар дии,то5о биьиэхэ кыаллыбатый?

Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ тойотторбут,оһуоба президеммыт - 105.10.2012 (08:12) (85.26.241.247)
Наша многонациональная Якутия дииллэрэ элбээтэ,особо подчеркивайдаан этэллэр, многонациональная!!! диэн,президеммыт ити тылы сөбүлээн туттар.
Дойдубутун Америка курдук, туох-баар омук кэлэн олохсуйар сирин оҥороору гыннылар.

Сотору саха титульнай статуһун суох оҥоруохтара,оччоҕо төрөөбүт дойдубутугар Сахалыы ТВ, хаһыаттар суох буолуохтара.
Республика многонациональнай диэн сахалыыны барытын бобуохтара.
Оччоҕо Республикабытын Армяннар, киргизтар салайыахтара

Бу манныкка тиийэрбитин НВК-Саха салалтата саҕалаата. МНОГОНАЦИОНАЛЬНАЙ Республика!!! буоларбыт быһыытынан Сахалыы биэриилэри аҕыйатабыт диэтилэр.


НВК-лар - сэнээрээччи05.10.2012 (09:09) (88.82.172.247)

24 чаас устата биэриэхпит, 70% сахалыы буолуо дии-дии улуустарынан сылдьан чабыламмыттара а5ай. Ханна баар? Эьиги этэргитигэр барытыгар собулэьэбин. Элбэх интэриэьинэй сахалыы биэриилэр баар буолуохтаахтар. Ким да корбот киинэлэрин кордэрэн бириэмэни сууйэллэр, ол оннугар сахалыы концертары, спектаклары, эдэр ыччакка араас сонун биэриилэри кордоруо этилэр. Улуустар миэстэтигэр тахсаллара олох да суттэ быьыылаах, биьиэхэ ба5ас оннук. Биирдэ эмит кордордохторунэ быьа эфиргэ биир эмэ салайааччыны ыныран сордууллар. Учугэй ба5айытык ыытар кыргыттар бары уурайдылар.

Иван Андросов НВК-5а кэлэригэр - Саха05.10.2012 (09:00) (85.26.241.233)

Таатта сахата кэлбит эбит диэн уөрбутум. Онтукпут кырдьык саха туьугар анамматах быьыыта :( бу уөьээ суруллубуттар оруннаах, кырдьыктаах санаалар. Тимир суолбут кэллэ, саха телевидениетэ нууччатымсыйда - саха омук барахсан кэхтэрэ, симэлийэрэ дьэ кэлэн иЬэр быЬыылаах, до5оттоор. Ексекулээх сэрэхэдийбитэ туолара буолуо

Чахчы, кыайбаттар - До5ор05.10.2012 (09:55) (88.82.176.30)

НВК былырыын улуустары кэрийэ сылдьан кэпсэтии ыыппытыгар, "хайа мунун, дьэ кысаллаары гыммыттар" диэбиппит, сымыйа буолан хаалла. Уопсайынан, НВК-5а творчество тусунан понятиелаах салайааччы кэлэрэ уолдьаста, "Бэйэ киситэ" диэн критерий кыайан улэлээбэт. Былырыын "сахалыы передача 80 %" буолар энин диэн кэпсэтии бе5е баара. Барыта сымыйа эбит. "Нууччалыы аа5ааччыны тардар передачалары оноруохпутун наада эбит" диэн акаарыга кэпсээтиннэр. Бугунну туругунан, элбэх ирдэбилэ суох 60-70 саастаах тыа кырдьа5астара да керер тасымнаах передачаларын сатаан онорботтор. Ити кинилэр онорор нууччалыы "передачаларын" биир да нуучча кербетугэр сакалааттасыам да этэ.

НВК кэнники ОЛОХ мөлтөөтө(( - паапа05.10.2012 (10:14) (213.129.54.56)
Ону мин ити саҥа салайааччы (Андросов) улэлии кэлбитинэн сыаналыыбын.
Кини телевидениеҕа туох да сыһыана суох киһи.
Имитация работы.
Уопсайынан НВК ким да хонтуруоллаабат.
Президент астынар быһыылаах, онон бүттэхпит.
Мин информпрограмманы эрэ көрөбүн.
Урут Кэпсиэни, уо.д.а. син көрөр этим. 
Саха - Эбээн кыыьа05.10.2012 (11:52) (46.48.133.1) 

Эьиги сахалар нууччатымсыйаргыт Сардаана5а эрэ буолтах Хас биэриини кердем да мин олус кыбыстабын Хас биирдии САХА СААРЫНА ,САХА МААНЫ ХОТУНА буоллун нууччалыы тылы ,соро5ор бутун тыл ситимин кыбыппакка кыайан тугу да кэпсээбэттэр Былырыын "Сардаана" биэриигэ Авто Леди дьахталлара кэлэн дьэ кэбилэннилэр .Этэр санааларын кыайан сахалыы эппиккэ "ну короче" диэн баран нууччалаан киирэн бараллар Бу аата тугуй ? Бу кинилэр дойду устун сылдьан саханы саха дэтэр дьон маннык тутах ейдеех буоллахтарына хайдах буолабыт.Бил баьыттан сытыйар диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.

Сопко - сэнээрээччи05.10.2012 (12:55) (88.82.172.247)

этэ5ин. Кырдьык, сахаларга нууччатымсыйыы баар, сахалыы да санарарга нуучча тылын кыбытан. Ол эрээри, биэриини ыытааччы, эбэтэр НВК салалтатын оттуттэн ирдэбил баар буолуохтаах: сахалыы тыллаах биэриигэ эбэьээт сахалыы эрэ санарыы диэн. Ити ба5ас прямой эфиртэн уратыга кыаллар кыахтаах.

чэ ити биир туспа проблема буолар ол туспа кэпсэтии буолуо - Луо 05.10.2012 (13:17) (80.83.239.76)

онтон биһиги билигин НВК эфирын саатар 90 бырыһыанын сахалыы ыыталларын туруорсуохха наада, НВК үлэһиттэрин саҥаттан уларытыы наада, манна национальнай компанияҕа туох баар штатыгар саха тылын билэр үлэһиттэр үлэлиэхтэрин наада.
Сахалыы билбэт олохтоох норуот туһунан туох да өйдөбүлэ суох, сиэри туому, үгэстэри, абыычайдары билбэт киһи НВК үлэлиэ суохтаах.

Ийэ тыл буоллаҕа - киһи таһымын көрдөрөөччү - Куула05.10.2012 (13:20) (80.83.239.116)

1. Һаха литэрэтиирэтин аахпыт, билэр, ырыҥалыыр дьону - тургутан ылыахха - үлэҕэ.
2. Тылга тургутааччы, уһуйааччы баара ирдэнэр - оо, тыл бэрэпиэссэрэ Тамара Ивановна Петрова олус барсыа этэ...
3. Нууччалыы биэрии аҕыйыахтаах, сыыһа саҥарааччылары тохтотуохха. Бу киэҥ, дириҥ ыырдаах, силистээх үлэ ээ.
4. Хата "Вести Саха" кыргыттара хоп курдук саҥараллар, бу тэрилтэҕэ кыахтаах эрэдээктэр үлэлиир курдук.
5. Ондуруоһап да, Хабырыыллайап да бодоҕутун тардынар кэм кэллэ, дьиэ туттардыбыт эрэ диэн олус дуоһуйумаҥ дуу.

Быһассыарда Аҕа Баһылыкка сурук суруйан бооччойон ыыппытым,ааҕара дуу(сахалыы суруйбутум) - ыпсарар 05.10.2012 (13:30) (91.185.252.44)
Былырыыҥҥаттан бэттэх ыытааччылар сахалыы сөпкө саҥаралларыгар - -Дарина- 05.10.2012 (16:23) (10.177.86.88) 
балайда үлэлэһэр курдуктара,син тупсан испитэ ээ... Сайа биэриилэрэ эҥин көстөн үөрдэн иһэн эмиэ симэлийдилэр.Бу күһүн туох эрэ буоллулар.Президеннэрин уларыталлар үһү диэн сурах баар буолбатах этэ дуо? 
Ыпсaрaр суруйдум диигин дуу? Син бэрткэ ыпсaрдын, ини?:) - Тайгер05.10.2012 (19:10) (80.239.243.170) 
Эппиэт суох,арааһа элбэх кумааҕы быыһыгар кыбыллан хаалла быһыылаах. - ыпсарар 06.10.2012 (10:51) (91.185.252.44) 
Улууска тоҕо Саха араадьыйата саҥарбат диэн ыйыппытым. 
ити проблема нвк-5а эрэ буолбатах ээ - сехтерер05.10.2012 (19:27) (94.245.156.46) 
министиэристибэ, тойон хотун бары нууччалыы тыбыыра сылдьаллар, улуус главалара бары нууччалыы тыбыыраллар, уонна хантан сайдабыт саха тылын сайыннарарбыт, уйэтитэбит. Чэ кытаатын куолулаан... 
уонна хантан саха норуота буолабыт диэ, инникибит атын омукка симэлийэн - Луо 05.10.2012 (19:40) (80.83.238.114)
дуо? 

Бу барыта Андросовтан энин тутулуга суох - М06.10.2012 (06:26) (217.212.230.52)
Улахан "убай" диктуйдуур. Политика оннук. Православие эмиэ. 
бу дьинэр саха норуотун сайыннарар кэскиллээх ханаал буолуохтаах - салалта мелте5уттэн бе5е буолла5а06.10.2012 (07:58) (217.118.64.58) 
кэлии норуокка бэрт буолуу сатаа4ын, саха уксутэ тыа5а олорор , тыалар эру кереллер, куорат дьоно аралдьыйара элбэх, онон кербеттер, атын дойдуларга бэйэлэрин тереппут тылларынан биэрэллэр, кырдьык манна та4ыма мелтех салайааччы анаммыта биллэр, ол хата террорист дии олордохторо, ууратыахха наада маннык нудьу балайдары 
Кураанах салгыны таьыйа олоруохтаа5ар - Куо_Мэтэкэ06.10.2012 (08:33) (85.26.241.11) 
бу туопка урдуку салалта бары инстанциятыгар сурукта суруйуо5ун. Ону хас биирдиибит бэчээттэтэн дьон,н,о илии баттатыа5ын,. Оччо5уна эрэ туох эмит учугэй еттугэр хамсааьын тахсыа5а.
Халан, Саха уопсастыбаннай киинин уонна "Ийэ тыл" уопсастыбаннай тэрилтэ иилээн,-са5алаан,! Биьиги улуустартан, беьуелэктэртэн подпись хомуйан эьиэхэ ыытыахпыт. 

! - город06.10.2012 (09:18) (94.245.156.43)

НВК "Саха"-ҕа сахалыы өйдөөх-санаалаах редактордар аҕыйахтар быһылаах, сахалыы тылынан биэриилэрэ отой хаачыстыба өттүнэн мөлтөх ол иһин сахалар НВК-аны көрбөт буоллулар.
"Полярнай звезда" конкурсу аҕала аҕала көрдөрөллөр уопсайынан НВК оҕолорго аналлаах канал буолбут.
Сайа НВК президенэ (генеральнай директора) буолара буоллар туох эмит уларыйыы баар буолуо этэ.

Аламай күн сыламынан,улуу Ураанхай Һаха удьуордара. - Айтал7106.10.2012 (09:38) (46.48.242.116)

Бачча саҥа политика бара турарын билбэт дьонҥо дылы,маннык кулабалар атыыланан асемэлэсийэ пол. Һаханы сиэн киирэн бардахтарына лаппа түргэтэтэр буолуохтаахтар.Саатар Һахалар,итэҕэлбит күүһэ буолуо баары баарынан ылынар,арыый тоҥуй дьоммут,арай улаханнык кыһырдаҕына эрэ тиллэр.Дьэ хаһан тиллэбит,куоракка Һахан кимнээҕэр да элбэх эбит,перепеһинэн Һаха тыллаах клаастар ыйыктара быһаарыллар илик.Бу сайын "Саха аймах" форум түмсүүтүгэр Уйбаан Самаайап,кэпсээн билсиһиннэрэн турардаах,ол кэннэ сайын буолан ыһыллан,үлэ барбата "Саха аймах" көрсүһүүтүн чуолан Һаха кылааҺа диэн көрсүөх баар этэ.Телевидение асем. политикатын толору толорон Һахалыы сонуннар эрэ тахсыахтара,умуох браҕан биэрбит курдук тустууну көрдөрүөхтэрэ Һахан-Һахатыгар төннөөрү кынна диэн куттаннылар быһылаах.

Сайа кырдьык сахалыы сиэрдээх туомнаах, бу маннык дьоннор улэлиэхтээхтэр куускэ норуот ту4угар - кырдьык тустуу тустуунан,06.10.2012 (10:19) (217.118.64.61)
соччоннон кердеребут , соччоннон мэлигир 
кэбис до5оттор наьаа барытын сотуман - харитонов06.10.2012 (10:58) (85.26.241.120) 
НВК-5а учугэй биэриилэр бааллар. Холобур биьиги дьиэ кэргэнинэн "Харах далыгар" биэриини кэтэьэн олорон коробут. Спорт биэриилэрэ. Саца ырыа да буоллун, Тарбаахаптыын астыахха игин 

Харытыанап сопко этэ5ин. учугэй биэриилэр бааллар. - Хагдарыйарыгыммытсибэкки *06.10.2012 (11:35) (91.185.252.38)

Ол гынан баран дьон уксэ сопко бэлиэтииллэр. Онно эбэн эттэххэ:
1.Саха биэриилэрин диктордара, корреспонденнара нууччалыы акценнаахтык санарар буолан эрэллэр
2. Икки саха утарыта көрсон олорон олутта5ас ба5айытык нууччалыы кэпсэтэллэрэ көрорго да истэргэ да сүөргу ба5айы. Ордук "Сардаана" биэриигэ ону көрөбун.
3. Саататар биэрии элбээри гыммытын собулээбэппин. Оннук биэриилэр Россия ханаалларыгар элбэхтэр.
Бу топ этиилэригэр оло5уран НВК салалтатыгар этии-сурук суруллуон соп эбит диэн санаа5а кэллим.

Саха араадьыйатын истээччилэр онно эмиэ кыттыһарбыт буоллар(улуус сахалара).Ааттыын Саха радиота. - ыпсарар 06.10.2012 (12:17) (91.185.252.44)
Оччут отуутугар,булчут үүтээнигэр...Саха радиотын истибэт диэн тоһоҕолоон туран. 
http: //vk. com/ clubnewssakha - город06.10.2012 (12:29) (94.245.156.43) 

Организовать нормальный прогноз погоды, используя синоптическую и климатическую карту Якутии. Показать на карте движение антициклонов, циклонов, осадки, температуру в основных метеостанциях и в районных центрах. Ведь территория РС(Я) более 3 млн.км2, что сопоставимо с территорией Индии.
Ведь Якутия уникальная территория России, здесь находится полюс холода северного полушария и это бренд нашей республики и у нас хотя бы на местном НВК должен быть ХОРОШИЙ ПРОГНОЗ ПОГОДЫ НА ТВ. Ведь "мы" очень интересуемся погодой и зависим от неё...И желательно прогноз на ТВ провести на государственных языках Якутии.

бу нууччалыы суруйбуппун ыйаатым http: //vk. com/ clubnewssakha
сеп ээ итинник прогнозтуур анал биэрии наада - сеп06.10.2012 (12:52) (217.212.231.71) 

ТНВ диэн Татарстан каналын эфирдара почти барыта татардыы эбит - 7606.10.2012 (19:51) (141.0.10.204)

Учугэй байы программалар, кэнсиэрдэр, ток-шоулар, сонуннар барыта татар тылынан, даже омук киинэлэрин эмиэ бэйэлэрин тылларынан тылбаастыыллар эбит. Кэтээн кербуппунэн нуучча тылынан сонуннары эрэ кердереллер эфирга олох а5ыйах бириэмэни ылар. Ол сеп буолла5а дии нууччалар бэйэлэрин каналлара тыьыынчанан. нвк пахай итак мелтех этилэр билигин отой дьаабыламмыттар русские народные пляски уонна а5абыыттары кердерен тахсаллар.

на4аа дьаабы буолбут - ки4и кербет06.10.2012 (20:33) (217.118.64.61)
сиилиир судургу - 3306.10.2012 (22:04) (82.145.209.160) 
идеята,сан,а биэриилэрдэ толкуйдаан, 
саҥа биэриилэр - город07.10.2012 (00:38) (94.245.156.43) 
Саха сирин устун айан, 
Дьоллоох дьоһун дьон,
Мин идэбинэн киэн туттабын,
Ас астыыбыт,
Субэлэр, амалар...

Куолулуур дөбөҥ, оҥорор ыарахан. Биир эмит передачата толкуйдаан ыытан көрүөххүтүй! - Хомустан 07.10.2012 (00:57) (82.145.210.173)

Мин итинтэн тэйиччибин. Ол гынан баран хас биирдии передача улахан утарсыыны көрсөн тахсара буолуо дии саныыбын. Кэлин хата араас передача элбээтэ дии. Урут биир сахалыы сонунунан бүтэр этибит.
Кысыы дии - Эр бэрдэ07.10.2012 (01:12) (94.245.150.129) 
"куолулуур дебен, онорор ыарахан" энин диэмэн. Ону онороллорун исин хамнас ылар дьон бааллар. Притом, элбэ5и. Улэлэрин кыайбаттар. "Харах далыгар" учугэй диэбиккит хас да сыл буолла, онно да туох да прогресс, сайдыы суох. Дэриэбинэ тасымынан хаалла. Онтон атын туох баарый? "Чэгиэн" дуо? Короче, Андросов срочно барыан наада. Кини олороро, ба5ар, БЕА-5а учугэйэ буолуо, оттон норуокка куса5ан. "Сахалыы биэрии 80-90 % буолуо" диэн албыннаабыт буола буолалар. 

Аҕа баһылыкка аһары ыарахан боппуруоһу биэрбиппин быһыылаах,эппиэт суох. - ыпсарар 07.10.2012 (10:14) (91.185.252.44)
Мин балтараа мөлүйүөнү аҕал,кыбартыыраны кытта диэн суруйбатах курдук этим.Араадьыйа туһунан суруйбутум,Саха норуота(улуус олохтоохторо)тоҕо Саха радиотын истибэт диэьитим. 
Үлэһиттэр бааллар - Амыдай07.10.2012 (12:09) (82.145.208.194) 
быһыылаах эрээри сатаан салайан үлэлэппэттэр быһыылаах. Холобур радиоҕа Н.Максимов, М.Власьева, А.Шадринова уо.д.а. курдук чаҕылхай ыытаачылар баар буоллахтарына атыттар да тоҕо суох буолуохтарай? Онтон ТВ-га үлэлээн испит, дьон хайҕабылын ылбыт Сайабыт тоҕо барда?
Ол оннугар олус эдэр оҕолору эфиргэ эрдэ таһаараллар. Сорох сорохтор уопутуруох быһыылара биллибэт.
сахалыы саналаах учугэй передача а5ыйах - эрэл_.07.10.2012 (12:46) (81.177.150.130) 

Бары уоппуска5а барбытар дуу тугуй? Биьигини эмиэ сынньаталлар дуу? Сибээс, телевидение улэтэ уоппуска5а барбыттарынан диэн тохтуо суохтаах, передачаларын тохтотон кэбиьэллэрин ойдообппун. Киинэ корбот дьонно дылы нууччалыы киинэни холбоон баран олороллор. Кинилэрэ да суох киинэ корор канал элбэх. Саатар сотору сотору сыыьа суруйаллар инин. 
ол бу "КиэЬэликтэр", "Сана ырыа" игин диэн дьаабы биэриилэр - дьиэьит07.10.2012 (14:24) (85.26.241.219)
киьи сылайар. дьон кыьал5атын таарыйар "Харах далыгар", "Сардаана", "Точка кипения", "Чэгиэн" биэриилэр бириэмэлэрин уьатан биэриэххэ наада. уонна о5олорум сахалыы спокойной ночи короллор. 
киэьэлик - мич07.10.2012 (14:54) (82.145.209.43) 
дьэ киэьэлликкит сабыллыбыт эбит 
Буучуҥҥа суруйбут киһи,баҕар араадьыйаны саҥардыҥ диэҕэ. - ыпсарар 07.10.2012 (15:29) (91.185.252.44) 

Хомустанна - эрэл_.07.10.2012 (15:36) (81.177.150.130)

анал идэлээхтэр улэлииллэрэ буолуо дии? Онно анаан уорэнэн улэ5э ылыллан олордохторо. Бутун республика урдунэн учугэй идэлээх костубэтэ5эй. Сатаан ыытар, сана передача онорор ыарахан диэн боппуруос туруо суохтаах. Нууччалар НВК-ны корботтор уьу, ону сурун проблема оносто олороллор. Хаьыаты аа5ын. Хаьан сахалар бэйэбит дьоммут туьунан саныыр буоларбыт буолла? Сахалыыта баьыйар буолуохтаах. Ама да биьиги икки тылы баьылаабыппыт иьин. Нууччалыы канал элбэх, биьиги да ону коробут. Биьиэхэ сахалыы тыын тиийбэт. Хаьан ойдууллэрэ буолла?

Куо Мэтэкэ тылларын ейуубун - Ыстапаан08.10.2012 (09:00) (82.145.217.82)
Илии баттааhыны хомуйуохха. СОК-тар туох дииллэрэ буолуой 
Кырдьык да5аны - Эбээ08.10.2012 (10:53) (82.145.210.143) 
Уонна о5олорго сахалыы биэриилэр а5ыйахтар Айыы о5ото кунчээн эрэ. Итак дессаат киинэ нууччалыы суоч-со5отох НВК-быт нууччатыйара бу саха тылын геноцида буотах да. Ити сардаана диэн чуечэ салалта5а кэлиэ5иттэн буолла дииллэр. (Сивцева буотах атын) Кимэ хайата буолла. Хара5ын кербут киhи баар ини. Тереебут тылбытын кемуске5ун,! 
Кырдьык да5аны - Эбээ08.10.2012 (10:54) (82.145.210.143) 

Уонна о5олорго сахалыы биэриилэр а5ыйахтар Айыы о5ото кунчээн эрэ. Итак дессаат киинэ нууччалыы суоч-со5отох НВК-быт нууччатыйара бу саха тылын геноцида буотах да. Ити сардаана диэн чуечэ салалта5а кэлиэ5иттэн буолла дииллэр. (Сивцева буотах атын) Кимэ хайата буолла. Хара5ын кербут киhи баар ини. Тереебут тылбытын кемуске5ун,!

саха араадьыйатын эмиэ туруорсуохха наада. хайдах иккилии чаас эрэ - лимииттээн08.10.2012 (11:05) (80.83.238.51)

санарыахтаа5ый бу? саха норуотун быраабын куемчулээьин.

кырдьык норуот быраабын күөмчүлээһин манна көстөр - Луо 08.10.2012 (12:01) (80.83.239.32)
уонна НВК ити ыччаттарга, оҕолорго ол бу нууччалыы биэриилэри ыытан саха тылын геноцид оҥорор. 
Сардаанан Гоголева диэн буотах да урукку Заболев мэриятин үлэһитэ?! - Луо 08.10.2012 (12:06) (80.83.239.32) 
кини кэлиэҕиттэн НВК нууччатыйан эрэр! Уураттарыахха наада!
Төрөөбүт төрүт тылбытын, омукпут инникилээх буолуутун көмүскүөҕүҥ!!!
Тугуй - Билээччи12.10.2012 (23:17) (109.197.207.147) 
Насаа барыман эрэ. Икки сыллаа5ыта "Кунчээн", "Бисикчээн" диэн баара дуо? О5олорго аналлаах биэрии "Туннук" эрэ баара. "Киэсэлик" тахса сатаабыта да норуот сирэн быйыл тохтообут. 
Чокуур буолбатах дуо НВК салайааччыта - эрэл_.08.10.2012 (16:25) (81.177.150.130) 
Хаьыакка баара, булан аа5аарын эрэ.Онно НВК улэтин инникитин туьунан, то5о нууччалыы передача элбэ5э наадата суруллар. Чокуур интервьюта. 
Биһиги манна сахалыы саҥарабыт дэһэ олороҕут дуу? - Сыр5ан08.10.2012 (19:36) (80.83.238.22) 

Манна сахалыы саҥарабыт,ааҕабыт.Хайдах саҥардаары гынаҕын? - ыпсарар 08.10.2012 (20:27) (91.185.252.44) 
Бугун хата НВК сана бэдэрээльнэй лицензия ылар - Павел08.10.2012 (20:46) (85.26.241.101) 
онон нуучалыы биэриитэ элбиэ5э, Орто Азия5а кердеруехпут, спутник онно дэлэй, игин диэн били Ондуруоьаппыт киьиргээн эрэрэ)
Ессе туох эрэ эрмээн сахалыы биэриилэр подстрочнай переводтаах буолуохтаах - тугу2 кэпсэтэргитин билиэхтэхпит диир.
Туох дьонноро эбитэ болла?

Ол бэдэрээлнэй таьымна тахсар туох туьалаа5ый? - Павел08.10.2012 (21:01) (85.26.241.101)

Хата ол салалта хамнаьа урдуур ини?)
Били ол тэрмэнээтэр дьахтар саха тылын эс диэн программаланан кэллэ ини)
Саха тетялара былааска тиийбиттэрэ сахалары самнаран карьералана сырыттахтара. Холобур Михайлова са5ана саха оскуолата, детсада эьиннэ. Онтон да атын холобур элбэх

Ити Сардаана Гоголeва хотоку хайа дойду буолла - Эбээ08.10.2012 (21:17) (141.0.9.80)

Михайлова саха буолбатах - 108.10.2012 (21:23) (85.26.241.252)
Онтон Гоголеыв араспаанньтынан көрдөххө эмиэ тоҥустуу 
Бу дьон Саха тыла сайдарыгар баҕарбаттар,хата төһө кыалларынан мэһэйдии сатыыллар - 108.10.2012 (21:30) (85.26.241.252) 

сурдээх элбэх кириитикэ этиллибит эбит, НВК маны керен тумук оностунуохтара дуо? - Эрэнбоотур08.10.2012 (23:36) (80.239.243.233) 
НВК - _Сударыня_ 08.10.2012 (23:54) (80.239.243.238) 

кэлин кэмн,э биэриилэр уксэ нууччалыы тылынан бараллар диэн сепке бэлиэтиигит. Саха о5олоро олутта5ас ба5айытык сан,аралларын то5о усталлара буолла? Мин санаабар редактор сахалыы биэриигэ кыттааччыларын тылыгар-еьугэр суолта биэриэхтээх. Биэриилэр хаачыстыбалара ити чааьыгар мелтех.

НВКа5а нууччалыы биэрии элбээбит буолла5ына - Селена-Логло09.10.2012 (06:28) (80.239.243.200)

ол аата уоьээттэн сахалыы тылы симэлитэр политикэ куускэ улэлиир эбит.Агыйах сылынан биьи саастыылар(утары санарар дьон) суох буолла5ына НВКаларга сахалыы биэрии букатын да суох буолар кутталламмыт.Бэйэлээтэр бэйэбит чомчокулэрбит утарсыбаттара киьини сохторор,наар миэстэлэрин харыстаан тугу да утары санарбаттар.Уоьээттэн тугу этэллэр да ону толорорго олороллор.

нвк салайааччыта Чокуур. дьэ, бу сотору 24 чаастаах вещание5а киирэбит диир - хомус09.10.2012 (06:47) (80.83.239.49)

кунустэри, тууннэри нууччалыы биэрдэ5инэ кэлэр келуенэ сахалыы тылтан мэлийэр. сми кууьэ куускэ дьайар бадахтаах

Кыым - сэнээрээччи09.10.2012 (08:25) (88.82.172.247)

хаьыакка Чокуур интервьюта тахсыбыт. Онно этиллэринэн сахалыы-нууччалыы биэрии 50%-нуу буолуо5а диэбит. Ол аата саха улуустарын кэрийэ сылдьан НВК-лар ыыппыт тогурук остуоллара сымыйа буолан тахсар. Онно бары сахалыы биэриилэр 70-80% буолуохтаахтар диэн туруорсубуттара. Норуот этиитин ылыммат буоллахтарына, то5о итинник тэрээьиннэри ыыппыттара ойдоммот. Гоголева мэрияттан барарыгар миэстэ булан биэрдэхтэрэ дии. Сахалыы биир тылы санарбат дьахтар солбуйааччы буолбута биллэн эрдэ5э.

нууччалыы тыбыырбыт дьахталлар диэ, дьинэр 70-100% буолара норуокка ордук - ол чокурдара бы4аарбат ини09.10.2012 (08:37) (217.118.64.62)

били уолун бырахпыт диэн ха4ыат сырайын бараабыт ондуро4обтара улэлээбэт до?

Сабиа пикчерс продакшн - Сабыйа-баатыр 09.10.2012 (08:24) (82.145.208.114)

Аатыттан эҕэрдэлиибин бырааһынньыгынан НВК үлэһиттэрин.
Биэриилэргит 50-50 буоллаҕына Саха норуотун сайдыыта бөҕөргүө этэ.
Үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын.

Саппыйа баай хотун итинтэн атыны этиэ дуо?))) - 109.10.2012 (12:36) (213.129.50.188)



Бу кэпсэтии таах хаалаары кынна - Эбээ09.10.2012 (08:54) (141.0.10.82)

Куолулаан паары таhааран аны тылбытын сарбыйбыттарын уруйдаан эрэр э.эhэ салааччы. Абаккабыын! Кимнээх буолан кимиэхэ ун,сэбин, туохтаах буолан туохпар кемускэтэбин.

Өйдөммөт быһыы силистээх курдук: - Куула09.10.2012 (11:23) (80.83.239.113)

саатар тустууну тоҥнуу саҥара сатаан мэһэйдээтилэр, эбэтэр, икки тылынан - сэргэ саҥаран көрүөхтэрин? Тустуу саалатыгар көрөөччүлэргэ биир да атын сырайдааҕы көрбөтөҕүм ээ, ити элбэҕи этэр ини... "Байанай" эмиэ тоҥнуу уонна туох хаалла, арай дьадаҥы, булкаас, халыып тыллаах - "норуот кулуттарын" эрэннэриилэрэ. Ааттара эрэ сахалыы, сардааналар эмиэ тоҥнуу олуттаҕастык муҥнаналлар - кимиэхэ анаан? Сайабыт ханнаный - биирдэ эмит, эмп курдук, уйулгуну минньитиэҕи?

тустууну кытта нууччалыы биэрэллэр, оччоо сахалыы телевиденилаахпыт дуу суох дуу - Эрэнбоотур09.10.2012 (12:31) (80.83.239.73)

НВК нууччалыы тыбыыра олорорунааҕар букатын да суога ордук.

Тустууну биир эмэ нуучча көрөрө эбитэ дуу - sb09.10.2012 (15:23) (82.145.208.144)

Баһыйар улахан аҥардара (80-90%) САХАЛАР көрөллөрө буолуохтаах уонна эмиэ олуттаҕастык нууччалыы сатаан эрэйдэнии, кэммэнтээтэрбит (((

бу сассыарда "Сана куну" кердум ээ дьэ - MegaM09.10.2012 (14:55) (88.82.176.30)

эп эдэр тугу да билбэт оголору олордон кэбиспиттэрэ сатаан да санарбаттар. хайдах итинник буолуон себуйй. бу биир да5аны уопуттаах диктор суох дуу тугуй? урут эрдэ турдахпына син керееччубуун онно биирдии буолан ыыталлара быдан ордуга. сайдыылаах улахан каналлары утуктэллэр быьыылаах. ити биьиги курдук кыра каналга барсыбат дии саныыбын. уонна диктордары сатаан сахалыы санарарга уерэттэриэххэ наада дии саныыбын

кырдьык иккилии буолан ыыталлара туохха наада?! таах мэһэйдэһии - Луо 09.10.2012 (15:28) (80.83.238.9)

бириэмэни барааһын буолуо.

"Саҥа күҥҥэ" - Амыдай09.10.2012 (15:19) (82.145.208.115)

Подлужная диэн тоҥ нуучча корүҥнээх кыыс саха культуратын хайдах курдук көрдөрдө! Нуучча да тылынан сахалыы биэриилэри ыытыахха собүн чаҕылхай холобура буолбатах дуо?

Хайа сахачааннар тылгытынан кыыран баран бэринээхтээтигит дуу - Эбээ10.10.2012 (07:20) (141.0.10.214)

Сотору солуну эрэ сахалыы биэрдэхтэринэ эмиэ уруйдуоххут

бугун Сана куннэ саха тылын туьунан биэрдилэр да - селена10.10.2012 (09:11) (217.212.230.201)

ыытааччыларбыт,тыллара,осторо,сахалыы тылларын сапааьа молто5ун.Кэллэ ,барда диэбитинэн мунурданар курдуктар.Баар суох сахалыы тыллаах передачаларбытын учугэй со5ус,хомо5ой тыллаах,уу сууругун курдук санарар тыллаах остоох ыытааччыларынан ыыттарыахтарын.Оннук дьону улуустартан хомуйдуннар ээ,то5о суох буолуохтарай,холобура Таатта5а наьаа учугэй тыллаах остоох,иннигэьэ суох санарар,Жанна Бурмистрова диэн кыыс баар ээ,кини кэпсиирин истибит элбэх буолуохтаах,наьаа учугэйдик,киьи иьиттэр,истиэх курдук уус уран тыллаах.Атын да улуустарга бааллара буолуо.Оннук дьону а5алан улэлэтиэхтэрин,то5о сатамматый.Сана уорэнэ сатааччылар улуустарга баран уопутурдуннар ээ.

1 - 12310.10.2012 (09:36) (91.185.252.56)

эдэр суруналыыстарбыт сахалыы буолуохтааҕар, нууччалыы билиилэрэ аһара татым. аҕыйах хонуктааҕыта сонуннарга "Двихтих, триптих" (диптих оннугар) диэн суруйдахтара үһү, сүүрээҥҥэ. Онтон Э.Рудых "Байанай" сурунаалы рекламалыырын истибиккит дуу. "Любителлэргэ, профессионалларга..." диэн тыллардаах.

дьэ сепке селленнеетугут ээ - минмила10.10.2012 (11:00) (213.129.37.125)

Мин санаабар эмиэ эдэр суруналыыстар бэйэлэрин тыл еттугэр олох ииппэттэр, баар-суох килиэптэрин сутэрииьиктэр...телеведущайдарбыт да бары итинниктэр, истэ-истэ киьи се5е сатаан баран хомойор эрэ кэмэ кэллэ. Мин холобура бэйэбин этэбин, мин отой нууччалыы иитилээх, сахалыы санарарга олох хойут уерэммит киьибин, ол эрэн бу эфирга, бутун республика хаьыатыгар тахсар, дьону уерэтиэхтээх, сырдатыахтаах анал уерэхтээх специалистарбыт сити быьыыларыттан олуьун диэн кэлэйэбин. Ол аата ити кинилэри улэ5э ылбыт дьон, салайар етте эмиэ ити курдуктар диэн сыанабылы биэрэбин.

се5ерум диэн баар - минмила10.10.2012 (11:02) (213.129.37.125)

Отой араас омук дойдуларын столицаларын да билбэттэриттэн...бу дьон оскуола5а уерэммиттэрин да саарбахтыыбын....ессе араас темалаах биэриилэри ыыта сатаан муннаналлар ээ:-(

Дьэ эрэ оччотугар - MegaM10.10.2012 (15:47) (88.82.176.30)

барыларыгар арыыйда холобур буолуох айылаах ким бааарый. син биир ким эрэ баара буолуо. мин саныырбынан арыый да со5ус санарар дьоннор: солуннартар соловьева, харах далыттан белоусов, убайбыт тарааьабыс, уонна сана куннэ кестер Алексей (константинов быьыылаах этэ ылыыр игин) диэн баар быьыылаах. ким санаата хайдагый. испииьэктээн устуу игин киьини . оччого бу дьоннор арыыйда холобур буолуохтара этэ

1 - 12310.10.2012 (17:42) (91.185.252.56)

суруналыыс эрудит буолуохтаах. биһиги дьоммут оскуола хрестоматиятынан муҥурдаммыттар быһыылаах. хайдах үрдүк үөрэҕи ылбыттарай диэххэ айылаах.

Бу ыйытыы тула сыта-тура сахалыы ырыттахха соччото суох санаа уескуур - Саха10.10.2012 (19:10) (82.145.208.111)

Билигин былааска сахалыы сан,арбат дьокууттар кэлэн эрэллэр. Балар тылы ейдеебет буолан саха эйгэтин билбэттэр. Билбэт буолан куттаналлар. Куттанар буолан абааhы кереллер онтулара сахалыыга барытыгар сэнэбил буолан тахсар. Бэhиэччиктэр 350 сыллаа5ы ыра санааларын эhиги кеме5утунэн эhиги о5олоргут он,оро сылдьаллар. Тохтоон, ейденун, сахалар. О5олоргутун сахалыы тыллаан,

НВКны - Сабыйа-баатыр 10.10.2012 (21:52) (195.69.65.73)

Олох көрбөт эрээри манна кээбиргии олорумаҥ.Бэҕэһээ эрэ эппиттэрэ аны мантан антах 50х50 буолар диэн.Ол аата биэриилэрэ аҥаара сахалыы буолар.

кээбиргии))))) - -Мила10.10.2012 (21:52) (91.185.252.61)



саха киьитэ о5отун сахалыы куттаах гына иитиэхтээх - эрэл_.10.10.2012 (21:52) (81.177.150.130)

саха киьитэ сахалыы санарбат буолан баран сахабын диириттэн кыбыстыбата буолуо дуо? Муммут саха. Нууччалар да билиммэттэр, сахалар да саха диэбэттэр. Чахчы муммут дьон буолла5а.

Ыпсарарга суругун хардата кэлбитэ дуу? - Тайгер11.10.2012 (00:13) (217.118.64.38)



Суох,кэлэ илик. - ыпсарарбын11.10.2012 (01:02) (91.185.252.44)



сана ыытааччыларга холобур буолар эдэр киьи - Селена-Логло11.10.2012 (07:33) (217.212.230.181)

Константинов буолуон соп,Учугэй тыллаах остоох уол этэ,быйыл то5о эрэ костубэт.Уолаттар учугэйдэр,санаран инэрэн.Кыргыттар олох молтохтор.Биир тылы учугэйдик холбоон санарбаттар.Билсииннэн киирбит барахсаттар быьылаах.Уопуттаахтары улуустртан а5алыа этилэр буолла5а дии,эдэрдэри уопутурдахтарына биирдэ Республика эфиригэр таьаарыа этилэр буолла5а дии.Уопут ылар каналлара буолуох курдук.

сана ыытааччыларга холобур буолар эдэр киьи - Селена-Логло11.10.2012 (07:35) (217.212.230.181)

Константинов буолуон соп,Учугэй тыллаах остоох уол этэ,быйыл то5о эрэ костубэт.Уолаттар учугэйдэр,санаран инэрэн.Кыргыттар олох молтохтор.Биир тылы учугэйдик холбоон санарбаттар.Билсииннэн киирбит барахсаттар быьылаах.Уопуттаахтары улуустртан а5алыа этилэр буолла5а дии,эдэрдэри уопутурдахтарына биирдэ Республика эфиригэр таьаарыа этилэр буолла5а дии.Уопут ылар каналлара буолуох курдук.

Сабыйа, эн наьаа да инньэ диэбэтэргин. - MegaM11.10.2012 (15:20) (88.82.176.30)

Оттон бары син керер-истэр буолан санаран эрдэхпит. Манна ким да сымыйалыы илик. Этэргэ дылы, ити барыта СЫМЫЙА буолбатах эрээри, ОМУН. Омун, кыратык кууркэтии БААР. Ол аата дьон син биир туохха эрэ ологуран суруйар. Онон барыларын халы-мааргы "кербет эрээри" диирин оруна суох. Саатар биир эфири да кербут киьи сыана быьара кенул. Чокуур интерьвю биэрбитин, онно туох диэбитин эмиэ син билбэхтэьэбит.
_________________________________

Кырдьык, Константинов сахалыы куьагана суохтук билэр. Ол гынан баран сорогор уустар ууну сомоголуур курдук "олонхолоон" барар угэстээх. Оттон наьаа, аьары баран олонхо тылынан санарыы, телевизор стилигэр барсыбат. Нууччалаатахха, "между прочим", билигин Колесов да, Капрынов да эмиэ наьаа куьагана суохтар. Арай кыргыттар "чагылхайа" суохтар. Багар, сана уерэнэр буолан буоллага буолуо. Оттон оннук буоллагына, бастаан "до ниточки" уерэтэн баран таьаарыах баар этэ. Эфири буортулуур туох учугэйдээгий. Биир сыптарын ынах хотону сутуйар диэн мээнэгэ эппэттэр эбээт.





Вервил ТВ Потапова диэн эдэр кыыс наьаа учугэйдик кэпсиир - мин11.10.2012 (17:31) (80.239.242.235)

аны куолаьа наьаа дьикти, учугэй киьи иьиттэр истэ туруох курдук.

Ордахова - Да12.10.2012 (18:52) (46.48.243.27)

Олох сатаан саҥарбат. Үөрэтэн дуу, кастинг нөҥүө дуу талан ылыахтарын диктордары.

Илин Эн'ээрдэри рaдио5a, ТВ-гa чугaьaтымыaххa нaaдa! - !!!12.10.2012 (19:07) (217.212.231.122)

Сaхaлыы сaтaaн сaн'aрбaттaр. Бaaппыт, кээппит диэн тугуй? Н' буквaны тeрут туттубaттaр. Кeннeру Н буквa курдук сaН'aрaн сaхa тылын eлeрeн эрэллэр.

1 - 12312.10.2012 (20:58) (91.185.252.56)

сөпкө этэҕин. ҥ дорҕоон саха саҥатыттан сүтэн эрэр. ити кулумэн диэн оҕо биэриитин да ылан көрүҥ. по-русски овод диэн быһаараллар, онтон сахалыыттан тылбаастаатахха не смейся диэн буолар үһү. күлүмэн уонна күлүмэҥ диэн суолтатын билбэт баҕайылара дуу, редактордарбыт. оҕо улахан киһини үтүкттэр буоллаҕа дии.

Кыымна - Ургэл12.10.2012 (22:50) (91.185.252.25)

Чокуур интервьютун ааган баран бу киһиэхэ итэгэлим сутуох курдук. Сылдьарын тухары НВК оннук тупсуо, маннык кэниэ диэн кэпсэл богото, ол гынан баран, биэриилэри нууччатытар ойдоох-санаалаах улахан киитэрэй киибэс киһи быһылаах. Лапса бого ыйаан-ыйаан кэллэ, тумугэ бу маннык кэпсэтии куодьуйэн тагыста. Нвканы уопсайынан Сайа салайара буоллар, дьэ сахалыы биэриилэр сайдыа этилэр, тыл-ос даганы сааһыланыа этэ.

НВК саха буолла - Билээччи12.10.2012 (22:49) (109.197.207.147)

Бастаан сахалыы биэриилэр ахсааннарын аа5ан керун. Хас бырысыан эбитэй? Онтон биирдэ айдаарын. Хайдах эмискэ барытын 75 бырысыан оноруонуй? Урут 38 эрэ дии, онтон 48 буолбута. Аны 50 буолбут диэннит мыына5ыт дуо? 24 чаас та5ыстахха 12 чааса барыта сахалыы буолар... Билигин 6,5 чаас онорор буолахха, хайдах 12 гэ тасаара охсоллор? Барыта сыыйа оносуллар. Официальнай хасыакка барытын сахалыы гынныбыт дэттэрэ сатыыгыт дуо? Аны саха икки тылы тэннэ ейдуур, олохтоох нуучча бидбэт. Олохтоох киси, кэлии да буоллун эмиэ нолуок телуу олорор эбээт?! Ол кисини барытыттан арааран, кейгетутэр кыаллыбат дии саныыбын. Биир дойдуга олоробут, ама да саха аатырдаргыт насаа чабыланыман.

Эбэн эттэххэ - Билээччи12.10.2012 (23:20) (109.197.207.147)

2002 сыллаахха тахсыбыт Концепциянан 38 - этэ.

Насаа токурутуман - Билээччи12.10.2012 (22:58) (109.197.207.147)

Бастаан сахалыы биэриилэр ахсааннарын аа5ан керун. Хас бырысыан эбитэй? Онтон биирдэ айдаарын. Хайдах эмискэ барытын 75 бырысыан оноруонуй? Урут 38 эрэ дии, онтон 48 буолбута. Аны 50 буолбут диэннит мыына5ыт дуо? 24 чаас та5ыстахха 12 чааса барыта сахалыы буолар... Билигин 6,5 чаас онорор буолахха, хайдах 12 гэ тасаара охсоллор? Барыта сыыйа оносуллар. Официальнай хасыакка барытын сахалыы гынныбыт дэттэрэ сатыыгыт дуо? Аны саха икки тылы тэннэ ейдуур, олохтоох нуучча бидбэт. Олохтоох киси, кэлии да буоллун эмиэ нолуок телуу олорор эбээт?! Ол кисини барытыттан арааран, кейгетутэр кыаллыбат дии саныыбын. Биир дойдуга олоробут, ама да саха аатырдаргыт насаа чабыланыман.

НВК үлэһитэ суруйбут быһыылаах, тылыттан-өһүттэн көрдөххө. - sb12.10.2012 (23:09) (82.145.208.130)



Сепке таайдын - Билээччи12.10.2012 (23:10) (109.197.207.147)

Сепке таайдын. Ол исин Билээччи диэммит. Нууччатыйбыт диэнтэн есургэнним.-)

сахлыы передачалар то5о - sergelyakh13.10.2012 (01:21) (85.26.241.195)

наhаа таhымнара молто5уй диэн дьон хомойор, кыыhырар. А5ыйах да элбэх да буоллун. Аныгы режиссердар, ыытааччылар тыллара, дикциялара, билиилэрэ, передачалара туох да дирин ис хоhооно суо5а - бу буолар билинни НВК сирэйэ. Урукку ыытааччылар, бэртээхэй режиссердар, редактордар кыйдаммыттара биллэн турар итиннэ тириэртэ5э. Ханнаный Сайа передачата - Кэпсиэ? Ханнаный Анисия Ефремова передачалара - Обугэлэр омооннорунан? Ханнаный Сиэн Окор передачалара- Кэм? О.д.а.? Ити дьон бааллар эбээт, саас эрэ ортолоох дьон. Ким кинилэри суох гынна? Ким кинилэр передачаларын кытта бэрт былдьаhар? Былаас сылаас хоонньугар чугас дьон бука бааллар буолла5а НВК-5а, суох онорого улахан ой наадата суох. Дьиннээх талааннары, профессионаллары, патриоттары, дирин санаалаах бэйэтэ туспа сирэйдээх журналистары, личностары отунан маhынан онорбоккун, халлаантан туhэрбэккин, студен ыскамыайкатыгар уhаарбаккын. Кинилэри олох эрэ оскуолата, бириэмэ эрэ онорор.

Сaхaлыы сaтaaн сaнaрбaттaр. Ордук спорт коммeнтaтордaрa. - Тыытаайы 13.10.2012 (01:35) (80.239.242.64)

Мeдиктэри кeрдeхтeрунэ эмиэ бaрытa нууччaлыы: Полугодиe, зaщищeннaй, нaпримeр, о.д.a тыллaрынaн тыбыырaллaр. Ити нууччaлaaтaхпытынa уeрэхтээхпит кeстeр дии сaныыллaрa буолуо дуо?

бэ5эьээ секрет успеха передача - кэлэйдим13.10.2012 (08:06) (94.245.156.46)

кердугут дуо, дьаабы ди, нууччалыы сатаан санарбат эрээри то5о сахалыы ыыппаттар. Дьэ сордоннулар ээ, керуэххэ куьа5анын. туох да мээнэ передача, ведущайдара мелтехтерун олох дьаабы киьи кыбыстыах санаа киирэр. холтуура!

иччэ бачча бырыаьыан сахалыы буолла дииллэр да - Селена-Логло13.10.2012 (09:33) (217.212.231.141)

барыта повтор дии,туох санаы киллэрдилэр?Куну быьа биир сонунну хатылааьын,улуустар сонуннара элбэх буолуо дии.Тустууну зкб,буолуохпутугар дылы кыьыны быьа хатылыахтара,аны уочаратка Дети азии оонньуулара буолуо,Сардаананы хаста да хатылыыллар,айа да айа,ити аата сахалыы биэриибит элбээбитин биир корунэ дуо?

Ити НВК үлэтэ мөлтөҕүттэн - Амыдай13.10.2012 (11:18) (82.145.208.194)

Киэҥ Сахабыт сирин дьонун кыаҕын кыайан туһамматтарыттан, куорат иһинээҕи сонуннарынан сөп буолалларыттан оннук. Маннааҕы дьон саха тылынан санааларын кыайан кэпсээбэттэр. Сахалыы билэр дьон тыаҕа бааллар буоллаҕа дии. Билиҥҥи тиэхникэ сайдан турар кэмигэр тыа дьонун, айылҕатын, кыһалҕатын барытын түмэ тардан көрдөрөр кыах ханна барыай? Киин ТВ-гэ "мобильный репортер" диэни кыайа туталлар. Биһиги оҕолорбут ону сатыыр кыахтара суох үһү дуо? Итиннэ элбэх үп-харчы наадата суох. Тэрийиэхэ эрэ наада. Тыа студияларын кытта элбэхтик бииргэ үлэлиэххэ. Бачча киэҥ кэрэ сиргэ олорон биир куорат иһинээҕи устууларынан дуоһуйан хаалар сүрэ бэрт буолбатах дуо?НВКалар сайын буолла да бары уоппускаҕа баралар быһыылаах. Күттүөннээх биэрии суох буолан хаалар. Бу кэмҥэ тыа студияларын үлэлэрин көрдөрөн эбэтэр үлэһиттэри командировкалаан эфиры толорор ама кыайтарбата буолуо дуо?
Онтон биэриилэри нууччалыы-сахалыы тылынан бырыһыаннаан аттарааһын диэн сымыйа. Олох сахалыы тыыннаах биэриилэри нууччалыы тылынан, эбэтэр төттөрүтүн нууччалыы тыыннаах биэриилэри сахалыы ыыта сатыахха сөп. Ол туохха туһалааҕый7 Көннөрү харах баайан оччуоттуурга эрэ туһалаах. Сатаабат эрээри сахалыы саҥара сатыыр ыытааччылар итинтэн үөскээн-төрөөн тахсаллар.

Олох бары сепке этэ5ит, Амыдай сепке этэ5ин, ити НВК то5о бу улугэр норуот этиитин ылымматтарый? - Норуоттан керееччу13.10.2012 (12:42) (80.83.238.12)

интернеккэ син биир норуот дьоно олорор буолла5а. НВК 90% сахалыы буолуохтаах, ол нуучча керееччулэрин то5о тарда сатыылларый? ол Алданнар Нерингрилар, Мирнэйдэр олох атын тыыннаах дьоннор ээ, НВК бутуннуу да сахалыы буолла5ына нууччалар елен туьуехтэрэ суо5а туох аатай до5ор бу, аны то5о наар куораты эрэ кердереллеруй, Эдвар Хомус диэн туохпутуй, салла5ар бастаах, кып-кыара5ас харахтаах киьи нууччалыы сатала суох мимикалана мимикалана биэриини ыытара, нууччалар итини кере кере теье эрэ дьиктиргииллэр, кулэллэр, ама ити биэрии сахалыы тылынан кыайан ыытыллыбата буолуо дуо?! саха сирэйдээх дьон ТВ нууччалыы санара олороллоро ордук бэйэ икки ардыгар санараллара керуеххэ олус суергу, ханнаный эстрада ырыаьыттарын концертара, сахалыы киинэлэр, билинни олохпут туьунан сериаллар, музыка, клиптэр, ырыалар. Спортивнай курэхтэьиилэри то5о нууччалыы тылынан ыыталларый, ама ким ону нууччалыы сэнээриэй, Субботний вечер на НВК, Диалог с властью, Технополис, Бизнес-формула, Мировая цивилизация ама сахалыы тылынан ыытыллаллара сатаммат дуо?!
Эфир канаалларын толоро сатыыбыт диигит да то5о Байанай, Охота и рыбалка, Харах дала онтон да атын биэриилэр бириэмэлэрэ то5о кылгаьый, то5о хааччахтаналларый? Харах далыгар ыытааччы этээччи дии "хомойуох иьин бириэмэ кылгаьынан биэриибит тумуктэнэр" диэн, сахалар бытааннык аьыллаллар, бытааннык кэпсэтэллэр онон онон Харах далын 2 чаас уьатан биэрин. Нууччалар ток шоуларыгар 1 чаас иьигэр элбэ5и кэпсэтэ быьаарса охсоллор.
Биьиги кербетехпутунэ ким керер НВК-ны, нууччалыы буолуо да кэнэ5эс келуенэлэр кэллэхтэринэ НВК керер киьи да суох буолуо. Уопсайынан саха сирэйдээхтэр нуучалыы тыбыыралларын тохтотуохха хотя бы баар суох телевидениябытыгар НВК-а5а!

ыраас сахалыы тыллаах ханаал наада, нуучча ханааллара элбэхтэр - саха тыла кэхтэн эрэр, сотору сутэрэ да буолуо13.10.2012 (13:00) (217.118.64.60)

сахалыы сана почти суттэ, билигин о5олортон са5алаан нууччалыы санараллара элбээтэ, то5о бу суусчэкэ каналтан биир тус сахалыы суох буолуохтаа5ый? норуот тылын сутэрдэ да эстэр

сопко этэгит. - Ургэл13.10.2012 (13:14) (91.185.252.25)

Кэнники кэмнэ омуктарга бэрт буола сатаан аһара "дружба народов" буолан бардылар. Ким да омуктардыын иллээхтик олорору утарбат гынан баран сирэйгэ силлэтэ, сэнэтэ сылдьан ньыланнааһын саха омук бэйэтин киэн туттуутун сутэрэр. Путин бэйэтэ этэр- регионнарга коһон кэлбит дьон олохтоох сиэри-туому убаастыахтаахтар диэн. Кэлиилэр саха тылын уорэттиннэр ээ, саха тыла иккис судаарыстыбаннай тыл буоларын сото иликтэр. Кэлиилэр саха эстрадатын короллор , саха ологун интэриэһиргииллэр диэтэххит дуу, корботтор наадыйбаттар. Хата кыйаханаллар того ТНТ сахалыы передача кыбыллан хааларый диэн

НВК-5а - Куо_Мэтэкэ13.10.2012 (13:55) (85.26.241.115)

улуустар передачаларыттан олох кэриэтэ кердербеттер. Онноо5ор сонуннарга улуус телевидениета ыыппыт материалын кердербеттер.

НВК Саха тэлэбидиэнньэтэ атаҕар саҥа тура сатаан эрэр быһыылаах - ыпсарарбын13.10.2012 (15:12) (91.185.252.44)

ол иһин сахалыы тыллаах биэриилэрэ аҕыйах.Барытын мунньан көрдөрөн кэбистэхтэринэ сарсын көрөрүҥ суох буолан хаалыа,оннук курдук олороллор быһыылаах.Районнарга да көрөр киһи ахсааннаах ини,ол иһин көрөөччүнү тардаары нуучча биэриилэрэ бааллар...Мин тэлэбиисэри улаханнык көрбөт киһибин,биирдэ эмит түбэстэхпинэ.Үксүн сөбүлүүр идэбинэн дьарыгырабын.Араадьыйа илдьэ сылдьабын(кыра цифровой).Иһитиннэрэн иһэн быһан кэбиһэллэрэр олус куһаҕан,бу бүгүн субуота,иккигэ диэри саҥаран иһэн бүттэ,Сахалар утуйуҥ диэтилэр быһыылаах.

Бэ5эһээ киэһээ олох мөлтөх биэриини көрбүтүм. - Витя13.10.2012 (15:27) (94.245.139.173)

Эдэр дьонно аналлаах, "цена успеха" туьунан.Тугу гынаары сымыйаннан нууччалыы ыыталлара эбитэ боллар, ыытааччылара олох "тобук" барахсаттар, онтон биэрии ис өйдөбүлэ өйдөнөр курдук арыый ылымтыа со5ус, арай ити ыытаачылара Сахалыы санараллара буоллар син бэрт биэрии буолуо этэ.Ыалдьыт да5аны мустубута үчүгэй этэ гынан баран бары нууччалыы тыбыыраллар, сылайан көрбөтө5үм.Арааһыта НВК-лар соруйан биэрии руководителлэрин нууччалары анаабыттар быһыылаах.

онтон ол ондуруо4ап мелте5е буолла5а, атыны толкуйдуу сылдьар буо - норуот ту4угар охтубат13.10.2012 (16:10) (217.118.64.55)

То5о эрэ кыым ха4ыат анара нууча анара сахалыы буотах , дьэ оччо5о
программа5а ыйддыннар ээ як, рус. диэн передачаларыгар, миэхэ холобур сахалыыта наада

Сахалар нууччалыы передачалары ыыталлара противнай баҕайы көрөргө - көрөөччү13.10.2012 (19:04) (85.26.241.122)

Мин оннук биэриилэри көрө да барбаппын.
Типа нууччалыы саҥарар буоллулар эрэ,типа продвинутые,сайдыбыт курдук көстө сатыыллара, көрөргө противно.
СТС-каналга сахалар нууччалыы передачалара,ИТИ СИБИИННЬЭ КУРДУК ДЬҮҺҮННЭЭХ ЭМИС МАҔАН УОЛ көрөргө олус дьаабы.

керееччугэ - TRUE25.10.2012 (22:05) (94.245.161.222)

"ИТИ СИБИИННЬЭ КУРДУК ДЬҮҺҮННЭЭХ ЭМИС МАҔАН УОЛ"- кимий ол, Прокопьев дуо ?

Бу "секрет успеха", "цена успеха" диэн нууччалыы биэриилэр оннуларыгар - Мин этиим13.10.2012 (20:37) (85.26.241.119)

Сахалыы тыллаах, идэлэригэр, олохторугар ситиспит дьон туһунан биэриилэр бааллара буоллар, Саха эдэр дьоно ордук чугастык ылынан, интириһиргээн көрүөхтэрэ этэ.
Уонна НВК-Саха нуучча дьонун олус таҥара оҥостон көрдөрүмэн,бу син-биир сайдыыта суох омук, кыра омуктары туохха тириэрдибитин билэҕит,бу омук ханна баар да, онно пьянка, гулянка,самогон, шансон уонна өлөрсүү.Барыта негатив.Үлэ оҥостон үчүгэйдэрин көрдьүү да сорунуман.


Онон Саха эдэр ыччатыгар Канада, Америка, Европа курдук дойдулар культураларын биэрин.Дьон хайдах сайдыыга-билиигэ талаһарын.
Нуучча омук үчүгэйин көрдьөөтөххүтүнэ тугу да булуоххут суоҕа,син-биир биир сиргэ эргийэн кэлэ туруоххут.Бу культура Сахалары туохха тириэрдибитин бары билэ-көрө сылдьабыт.

Билигин бу нуучча омук таһымыгар тиийэн, аны сайдыылаах, культуралаах Арҕаа дойдулары көрөр кэм кэллэ.

оннук оннук, сэпкэ эттигит, нвк дьаабы - оннук13.10.2012 (20:51) (80.83.239.79)



Олус сөпкө эппиккин! - Витя14.10.2012 (11:16) (94.245.139.173)

Уопсайынан нвк туһата суох ханаал буолбут!

ити Игорь егоров клибигэр - сайар14.10.2012 (18:36) (217.212.231.116)

оонньобут, икки тылы сатаан холбоон санарбат дьахтары то5о 'сана кун' биэриигэ олортуларый? Кыраьыабайын эрэ иьин дуо? Ыныахтырын истэн, сарсыардаттан ньиэрбэм холлон турар

Оодьэ... - Дьаабы...25.10.2012 (23:50) (80.83.238.67)

Дьэ эрэ дьүөгэлэр-атастар. Бу паблигы ааҕан баран кыбыстыахпын кыбыһынным,саатыахпын сааттым... Нууччалыы саҥараллар дии диигит субу манна,бэйэ5ит һоннук санааҕытын уу сахалыы кыайан этиммэт эрээригит суруйуу бөҕөтүн суруйбуккут ээ. Хас биир тылгыт аайы нуучча тыла кыбытыктаах. Синэ биир УУ САХАЛЫЫ даҕаны ТОҥ НУУЧЧАЛЫЫ даҕаны сатаан санарбат да толкуйдаабат да эбиккит. Уонна күөх экран нөҥүө олорор дьону сиилиигит. Кэлэйдим. Өйгут-санааҕыт тиэргэҥҥит иһиттэн ырааппатах эбит.

  НВК улэьитэҕин ээ - быьыыта26.10.2012 (09:36) (80.83.238.56) 
Дьэ суох до5оор =) - Эвенкия26.10.2012 (14:08) (80.83.239.90)
Хоту кыыһабын =) НВКаҕа ханан да сыһыаным суох =) 
Чокуур бэйэтэ тыынна быһыыта. - Витя26.10.2012 (10:34) (94.245.139.173) 
сөбулэһэбин НВК "Саха" салайыан сөптөөх киһиннэн - көрөөччү26.10.2012 (10:46) (94.245.156.43) 
ааҕабын Сайаны!!! 
НКИХ салалтата - Куула26.10.2012 (11:12) (80.83.238.84)

Сыыс тыллары утары утумнаахтык охсуһуҥ дуу.
Холобур маннык күн аайы куйаарга ыытар толоос сыыс тылларгыт:
Араас, интэриэһинэй, боростуой, наада, күрэх... хомоҕойдук уу сахалыы хайа баҕарар этиэххэ сөбө. Үнүр тыл үөрэхтээҕэ дуоктар Билиикэп бу тыллары эмиэ кыбытара кинини киэргэппэтэ, миэхэ атын сирэйинэн көһүннэ курдук... Чокуур да Билиикэп да - уу һаха эйгэтигэр улааппыт Бүлүү Тылгыны ыччаттара этэ дии, уларыйдахтара дуу...

ээ ити диэн өссө кыра, саатар сахалыы биэриилэр буола турдахтарына толору нууччалыы саҥарбатыннар ээ - Луо 26.10.2012 (11:58) (80.83.238.56)

оруо маһы ортотунан диэбит курдук сорохтор сахалыы саҥара туран нууччалаан бараллар, булкуйа саҥараллар, аан бастаан ити көстүүнү тохтотуохха наада, биэрии ыытааччылара эфир иннинэ дьону сэрэтиэхтэрин наада, Республика барыта көрөн турдаҕына сахалыы биэриилэргэ нууччалыы саҥарымаҥ диэн.

куула бэйэн хантан сылдьа5ын - эт миэхэ кистээн:)26.10.2012 (13:20) (94.245.156.46)

тылгынылары билэ5ин , булуугун дуо?

Саҥа күҥҥэ - Да26.10.2012 (12:07) (46.48.243.27)

син саҥаны киллэрэллэр: ас астааһына, рецептэр курдук. Ол гынан баран ити Ордахова отой аска сыһыана суохтук туттар, сатаан саҥарбат, олус да кыыһыбатар "оо дьэ кэм буолуохпут" диэх санаа киирэр. Көрүөххэ кэрэ буолан баран аҕыйахтык саҥарар передачаҕа кыттыан сөп курдук, ити бэйэм тус санаам. Бары үчүгэйи, ситиһиилэри баҕарабын.

Наталья Михалеваны НВК Саха салалтатыгар киллэриэххэ наада - дьахтар26.10.2012 (12:18) (91.193.178.168)

Билиҥҥи саха телевидениятыгар киниттэн учугэй специалиһы кере истэ иликпин. Былаастар Соруйан кинини баттаатылар хаарыан киьибитин.

Сайаны туруорсун ээ кырдьык - саха дьахтарын салайаачы оноруоххайын26.10.2012 (12:28) (217.118.64.58)

Оччо5о тосту уларыйыы буолар

Кырдьык бэрт идиэйэ, Сайа НВК президенэ буоллара буоллар, Борисовтан ыйыталаһыҥ. - Луо 26.10.2012 (14:29) (80.83.239.114)

Чокуур Гаврильев сахалыы тыыннаах киһи да буоллар тугу эрэ кыайбат дуу хайдах дуу. Ити Дарья Ермолаева хайдах эрэ чүөчэ быһыылаах.
Оҕолорго, ыччаттарга анаан буолар буолбат нууччалыы биэриилэри тохтотуҥ. Ол оннугар Биһикчээннэри, Күнчээннэри сайыннарыҥ, ыччат сахалыы биэриилэрин элбэтиҥ.

Уларыйыы кэм ирдэбилэ буолла. - Куула26.10.2012 (17:04) (80.83.239.55)

- Ермолаева урут "Түннүгү" салаҥнык ыыта сатаабыта - билигин үрдээн эрэдээктэр, сити курдук...
- Мындыр уус һахалар эрээрибит "Биһикчээҥҥэ" оҕолорбутун кэрэҕэ угуйар кокууккаларбыт саатар айахтара, харахтара хамсаабат. Киһилии оҥорбут киһи, үп суох буоллаҕа...
- Миэхэ Сайа тыла - өһө эмп курдук.

Дарья Ермолаева о5олорго уонна ыччатарга - 12327.10.2012 (12:22) (46.48.248.222)

тахсар биэриилэринэн дьарыктаммат. Лена Керемясова салайааччыннан улэлиир.

1 - 12327.10.2012 (17:21) (91.185.252.56)

Саха тыла нууччатыйарын ааһан тоҥустуйан бүттэ. биһикчээн, күнчээн... тылбыт аҥара чээн-чаан буолла. онтон сахалыы солнышко диэн кыыс - күннэй, уол - күннүк (уурастыырап)сөп курдук ээ. хатыҥчаан - березка, березонька, сахалыыта кыра хатыҥ хахыйах диэн эбээт. кырачаан, үчүгэйкээн, онтон сахалыы кып-кыра, үп-үчүгэй буолар этэ... былыр

12.30 чааска нвк - 12328.10.2012 (12:29) (46.48.248.222)

сана биэрии повтора тахсар. "Учугэйиэн бу сиргэ" диэн бырайыак. Корон баран бэйэ5ит санаа5ытын уллэстин.

. - көрөөччү28.10.2012 (12:47) (94.245.156.43)

Михалёва-Сайа НВК "Саха" салайааччытынан!!!

CАЙА НВКаны хайдах да сатаан син биир салайбат. Кыаллыбаты меккуьэн - MegaM31.10.2012 (13:34) (88.82.176.30)

туьа суох. Ити оннугар баар салалта сепке улэлиэн наада. Оттон НВК правительственнай буоларын быьыытынан, ити боппуруоска уеьэттэн эмиэ кеннеруу, уларытыы, кегулээьин киириэн наада. билиннитэ Сайаны да олордон сахалыы санарпаппыт буолуо. Вот!

Сайа - 55531.10.2012 (13:50) (91.185.252.28)

Наар биири тура-тура хаьар курдук дии , атын теманы булбат. Кини биэриитин котуттэххинэ да хоиойбоккун, онтон сорохтору котутэн - наьаа хомойооччубун
Category: Социалка, пенсия, жилье | Views: 3004 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 117
Ыалдьыттар (гостей): 117
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024