News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Сэтинньи » 8 » "Дьон хамнаһа улаатта" диир президент. Орто хамнас үөһээ ахтыбыппыт курдук - 37400 солк. буолбут, былырыыҥҥытааҕар 18% үрдээбит.
"Дьон хамнаһа улаатта" диир президент. Орто хамнас үөһээ ахтыбыппыт курдук - 37400 солк. буолбут, былырыыҥҥытааҕар 18% үрдээбит. | 21:25 |
Орто хамнас 37 400 солкуобай буолбут... Четверг, 08 Ноября 2012 13:22 Хомойуох иһин, маннык элбэх "орто хамнаһы" аахсар киһи ахсаана быстар аҕыйах. Тыаҕа уонна промышленнай кииннэргэ хамнас араастаһыыта улахана бэрдиттэн, 37 400 солкуобайы статистиктар суоттаан таһаардахтара. Бэҕэһээ, сэтинньи сэттистиир күнүгэр Егор БОРИСОВ Ил Түмэн комитеттарын, фракцияларын, бөлөхтөрүн салайааччыларын кытары көрүстэ. Президент 9 ый устата Саха сирин экономиката хайдах үлэлээн кэлбитин кэпсээтэ. Кини этэринэн, экономикабыт сайдан иһэр. "Таас чох хостооһуна улаатта" диир. Дьиҥинэн, таас чоҕу хостооһун улааппытын төрүөтэ биир - гаас хостуур монополист "ЯТЭК" тарыыбын 60-тан тахса бырыһыан эмискэ улаатыннаран кэбиһэн, гааһынан оттунар - көмүһүнэн оттунар тэҥэ сыаналаннаҕа. Ол иһин, били, урут айхаллаан аһыталаабыт гааһынан оттуллар хочуолунайдарбытын төттөрү чоххо көһөртөөн эрэллэр. Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, хата, урут быраҕыллыбыт таас хостуур разрезтар туһаҕа таҕыстылар. Инньэ гынан, Сангаар, Хаҥалас шахтердара уһун өрөрбүллэрэ бүтэн, үлэлэнэн "һуу" гыннылар. Ньиэп хостууллара элбээбит. Уруккутунааҕар 23% элбэҕи хачайдаабыттар. "Сургутнефтегаз" барыһа "АЛРОСА" барыһынааҕар элбээтэр элбээн иһэр, Сургут куорат байдар байан иһэр. Оттон биһиги бензиммит сыаната үрдээтэр үрдээн иһэр. "О недрах" федеральнай сокуоҥҥа депутаттар барахсаттар уларытыы киллэрбиттэрин түмүгэр итинник хартыына уруһуйданан таҕыста. Энергетикэ үчүгэй көрдөрүүтүн президент ахтар. Энергетиктэр урут да, аны да көрдөрүүлэрэ эргиччи сылтан сыл тупса турар. "Дьон хамнаһа улаатта" диир президент. Орто хамнас үөһээ ахтыбыппыт курдук - 37400 солк. буолбут, былырыыҥҥытааҕар 18% үрдээбит. Эргиэн элбээбит, атыы-тутуу үксээбит. Соҕотох Дьокуускай куоракка сылын ахсын хастыы да Эргиэн кииннэрэ аһылларыттан көрдөххө, дьон атыылаһарын сөбүлүүр уонна кыанар буолбут. Инветсиция киирэрэ улааппыт - 9 ый тухары республика бюджетыгар 159 млрд солкуобай киирбит, ол аата былырыыҥҥытааҕар 45% элбэх.
Аартык.ру
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1375 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 39 Ыалдьыттар (гостей): 39 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|