News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Сэтинньи » 10 » Александр АКИМОВ билигин сэтинньи 20-28 күннэригэр Москваҕа уонна Санкт-Петербурга ыытыллыахтаах Саха сирин күннэрин тэрийиитигэр үлэлии-хам
Александр АКИМОВ билигин сэтинньи 20-28 күннэригэр Москваҕа уонна Санкт-Петербурга ыытыллыахтаах Саха сирин күннэрин тэрийиитигэр үлэлии-хам | 16:11 |
Александр АКИМОВ төрөөбүт күнэ cуббота, 10 Ноября 2012 14:23 Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр, Саха республикатын РФ президенигэр Москватааҕы бэрэстэбиитэлэ Александр Константинович АКИМОВ 58 сааһын туолла.
АКИМОВ бу дуоһунаска 2007 сыллаахха анаммыта. Ол иннинэ вице-президенинэн, правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, социальнай сайдыы, үлэ миниистиринэн, президент уонна правительство дьаһалтатын салайааччытынан онтон да атын салайар үлэҕэ үлэлээбитэ. Экономическай наука доктора. "Азия оҕолоро" спортивнай оонньууну түөрт төгүл салайан тэрийбитэ. "Мас-рестлинг" норуоттар икки ардыларынааҕы федерация бэрэссэдээтэлэ. Кэргэннээх, икки оҕолоох. *** Александр АКИМОВ билигин сэтинньи 20-28 күннэригэр Москваҕа уонна Санкт-Петербурга ыытыллыахтаах Саха сирин күннэрин тэрийиитигэр үлэлии-хамсыы сылдьар. *** Ааҕааччылар болҕомтолоругар "Кыым.ру" сайтка былырыын тахсыбыт интервьюну бэчээттиибит.
Акимовтаах Борисов сыһыаннара хайдаҕый?
2007 сыллаахха үктэнэн баран, олунньуга, В.А.Штыров ыйааҕынан, СӨ вице-президенинэн, президент уонна правительство дьаһалтатан салайааччытынан үлэлии олорбут Александр Акимов, эмискэ, Москубалыыр буолбута иһиллибитэ. «РФ президенин иһинэн үлэлиир Саха өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ салайааччытынан ананна» диэн официальнай бэчээт уоргана биллэрбитэ. Ананыы соһуччута бэрдиттэн сир-буор аннынан араас сурах-садьык тарҕана сылдьыбыттааҕа. Москуба куорат килбэйэр киинигэр турар алта этээстээх, от күөх өстүөкүлэ куполлаах дьиэ «Красные ворота» метроттан тахсааты кытары субу анньан турар. Потспредство аанын таһыгар М.К.Аммосов мэтириэтэ гранит тааска түһэриллэн ыйаммыт, Саха АССР бастакы бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитин туоһулуур сурук тиһиллибит. Александр Акимов кабинета бэрэстэбиитэлистибэ үһүс этээһигэр олохсуйбут. Утары В.А.Штыров, иккискэ Е.А.Борисов кабинеттара бааллар. «Бастакы президент М.Е.Николаев секретариатын кытары эмиэ манна баар», -- диэн дьиэ хаһаайына билиһиннэрэр.
- Александр Константинович, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Дьокуускайга баран кэллиҥ?
- Баран. Доҕордоһуу уордьана ылан кэллим.
- Төһө соһуччу наҕарааданый?
- Дьиҥэ, ыйааҕа былырыын тахсыбыта. Ону, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр туттарабыт диэн быһаарбыттара. «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу түмүгүнэн ити уордьаҥҥа түһэрбиттэрэ. Үгэс курдук, судаарыстыбаннай наҕараада олус өр сөбүлэһиини ааһар куолулаах. Онон бу аҕай эрэ ыллым.
- Хайа, Москуба куоракка төһө бэркэ үлэлии-хамсыы сылдьаҕын?
- Москуба үчүгэй бөҕө буоллаҕа!) Интэриэһинэй. Үлэбин сөбүлүүбүн. Майгыбынан даҕаны дипломатическай үлэҕэ дьүөрэбин. Дойдубар бары дуоһунаска үлэлээбит буоламмын (миниистир, зампред, вице-президент) ханнык салаа хайдах-туох үлэлиэхтээҕин билэбин. Онон үлэлиирбэр судургу, көмөлөөх.
Анны, билигин, былаас бэртикээлэ күүһүрүөҕүттэн, үгүс боппуруос Москубаҕа быһаарыллар буолла. Үп-харчы манна түмүллэр, мантан тыырыллар. Бюджетнай кодекстан саҕалаан нолуок, ойуур кодексатыгар тиийэ боппуруостар Москубанан ааһаллар.
Ити биирэ. Иккиһинэн, Москубаҕа сахадиаспората аһара кэҥээтэ. Саха сириттэн төрүттээх дьон ахсаана, омугуттан тутулуга суох, 10-тан тахса тыһ. тиийдэ. Ол иһигэр ветераннарбыт, пенсионердарбыт бааллар. Аны, аҥаардас устудьуоннарбыт 3 тыһ. таҕыстылар. Каадыры бэлэмниир, аттаран туруорар департамент нөҥүө 2 тыһ. тахса оҕо үөрэнэр. Олору барытын көрүөххэ-истиэххэ наада.
- Москубалары кытары төһө чугас сыһыаннааххытый?
- Юрий Лужков хамаандатын кытары, туох да диэбит иһин, чуолаан, Людмила Ивановна Швецовалыын (мээр Ю.Лужков Москуба правительствотыгар солбуйааччыта – аапт.) үчүгэйдик үлэлээбиппит. Хардарыта «Москуба күннэрэ», «Саха сирин күннэрэ» диэн улахан тэрээһиннэри ыыппыппыт. Москубалар регионнарга олус чугастар, кыалларынан көмөлөһөллөр. Киин куорат правительствотын кытары 5 сыллаах сөбүлэҥ түһэрсээри бэлэмнии сылдьабыт. Киин куорат мээрэ уларыйда, биһиги президеммит эмиэ уларыйда. Онон сөбүлэҥмитин саҥардыахпытын наада.
- Саҥа мээр Сергей Собянин хайдах киһи быһыылааҕый?
- Собянин бэйэтэ эмиэ хоту төрөөбүт, үлэлээбит киһи (Тюмеҥҥэ), онон үчүгэй буолуоҕа.
- Булкаас хааннаах быһыылаах ээ?
- Баар-баар, булкаастаах... ханты быһыылаах. Саха сирэ саамай улахан субъект буоларын да быһыытынан, биһигини ытыктыыллар, билинэллэр. Дэлэҕэ даҕаны, Москуба бырааһынньыгын халандаарыгар нууччалар масленицаларын, татаардар-башкирдар сабантуйдарын кэнниттэн, далааһыннааҕынан, суолталааҕынан саха ыһыаҕа үһүс миэстэлээх буолуо дуо? Биһиги туруорар боппуруостарбытын үксүн быһаараллар. Москубаҕа кэлэн баран, бэс ыйын 11-гэр бэһис ыһыахпын ыһыахтаахпын. Куорат саамай үтүө көстүүлээх сиригэр – Коломенскайга түһүлгэлэниэ. Былырыын 10-тан тахса тыһ. москвич биһиги бырааһынньыкпытыгар ыалдьыттаабыта. Далааһына кэҥээтэр кэҥээн иһэр.
- Егор Борисов президент буолуоҕуттан ыла, Сахапостпредство үлэтэ-хамнаһа төһө уларыйда?
- Хас биирдии президент саҥаттан-саҥа, атынтан-атын соруктары туруорар үгэстээх. Сол курдук, бастатан туран, Егор Афанасьевич бэрэстэбиитэлистибэ быраап, сокуон өттүгэр үлэлиир блогун күүһүртэ – Ф.В.Слепцов салайааччылаах судаарыстыбаннай-правовой боппуруос управлениета үлэлиир. Госдума, Федерация Сүбэтэ, министиэристибэлэр ылынар, таһаарар сокуоннарын, нуормаламмыт аактарын, докумуоннарын кэтии сылдьан күүскэ үлэлэһиэхтээхпит диэн сорук туруорбута.
- Александр Константинович, Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтэ тэриллибитэ… - …Эһиил 90 сылын туолар. Былыргы устуоруйалаах, бэл диэтэр, союзнай өрөспүүбүлүкэлэр бэрэстэбиитэлистибэлэрин иннинэ тэриллибит кырдьаҕас тэрилтэ буолар. Төрүттээччитэ – Максим Аммосов.
- Төһө киһи үлэлиирий?
- Бэйэбит үлэһиппит – 27. Ону таһынан, атын бөлөхтөр бааллар: СӨ правительствотын бөлөҕө, үп-экономика бөлөҕө, вице-премьер Г.Ф.Алексеев секретариатыныын баар. Геннадий Федорович «Соҕурууҥҥү Саха сирэ» инвестиционнай бырайыактары үлэлэтэр. Ону таһынан, «Соҕурууҥҥу Саха сирэ» корпорация үлэһиттэрэ бааллар.
- Николаев, Штыров, Борисов… олох президеннэр ортолоругар сылдьар эбиккин.
- Оннук. Онон үчүгэй (күлэр). Дьоҕус музейдаахпыт… хартыына галереялаахпыт…
- Бу, өрөспүүбүлүкэ бас билэр дьиэтэ?
- Өссө Борис Ельцин, бу дьиэни, өрөспүүбүлүкэҕэ биэрэн турар. Билигин туох баар докумуонун-кумааҕытын силигин ситэрэн, өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ыллыбыт. Онон, ити, быйыл өрөмүөн оҥорон саҕалаан эрэбит. 40 сылы быһа өрөмүөн ыытыллыбакка турбута. Дьэ, ититиибитин, уоппутун-күөспүтүн, көстүүбүтүн саҥардыахпыт.
- Алмаастаах кыраай дьиэтэ күлүмүрдээн олоруохтааҕа буолуо? - Билигин даҕаны аһара куһаҕана суох эрээри… тупсарыахха наада. 2 мунньахтыыр саала оҥоруохпут, ресторан аһыахпыт, кэнсиэртиир саала тутуохпут. Быһатын, манна кэлбит киһи Саха сиригэр кэлбит курдук сананыахтаах.
- Саха диаспората төһө күүстээҕий? Иһиттэххэ, татаардар, башкирдар даҕаны диаспоралара экономикаҕа, политикаҕа, үп-харчы хамсыырыгар улахан дьайыылаахтар дииллэр.
- «Якутская земля» диэн биир дойдулаахтарбытын түмэр түмсүү тэрилиннэ. Урукку өттүгэр сахалары түмэр тэриллии суоҕа. «Якутский дом» диэн… фонда быһыытынан сылдьыбыта.
- «Якутский дом» Алексей Томтосов гиэнэ?
- Оннук. Алексей Александрович салайар.
- Тугу дьарыктаналларый?
- Ордук наука өттүгэр үлэлииллэр. Улахан чинчийэр научнай институттары, ХИФУну кытары сибээстээхтэр. Араас конференциялары тэрийэллэр…
- Онтулара түмүктээх дуо? - …Наука диэн субу, сибилигин түмүгэ көстүбэт буоллаҕа. Үлэлииллэр.
- Госдума дьокутааттарын (Ю.Песковская, М.Эверстов, Ф.Тумусов) кытары төһө ыкса үлэлиигит?
- Барыларын кытары ыкса үлэлиибит.
- …Урут, Тумусовы кытары, сүрдээх тыҥааһыннаах соҕус сыһыаннаах буолбатаххыт этэ дуо?
- Манна, Москубаҕа, кэлэн тугу иирсэ сылдьыахпытый? Кини, били, САПИтын саҕана… «тыҥааһыннаах» диир табыллыбат… САПИга элбэх баҕайы кэһии тахса сылдьыбыта, ол ону, үгүс өттүгэр, мин – правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буоларым быһыытынан – фондалары сааһылааччынан сылдьыбытым. Онно, биллэн турар, сыһыан «тыҥаан» ылбыта буолуо. Кэлин, САПИга киирэр «алмаастаах түөлбэ» (8 улуус) 2-лии %-ра бюджекка холбоммута.
- Дьонноруҥ манна бааллар?
- Манна.
- Уоллаах кыыһыҥ туох үлэһит буоллулар?
- Кыыһым диссертациятын көмүскээн, наука кандидата буолла. МГИМОҕа преподавателлиир. Кэргэннээх.
- Оҕолоох?
- Суох. Иликтэр. Уолум «LG» хампаанньа салаатын генеральнай дириэктэрэ. Наука кандидата. Кэргэннээх, оҕолоох. Сашенька диэн.
- Эһэтин майгынныыр?
- Майгынныыр (сирэйэ-хараҕа сырдаан ылар).
- Оо, албыннаан иэдэттэхтэрэ.
- Иэдэтэн…
- Кэргэниҥ?
- Кэргэним доруобуйа харыстабылыгар бэрэстэбиитэлинэн үлэлии сылдьыбыта. Билигин тохтоото.
- Быраас этэ?
- Лор-быраас этэ. Практик быраас.
- Саха сиригэр кэлэ-бара сырыттаххыт?
- Сылга хаста да. Ыһыахха булгуччу барыахпыт… Билэр дьоммут манна эмиэ кэлэ тураллар, онон чуҥкуппаттар.
- Салгыы даҕаны постпредствоҕа үлэлиир санаалааххын?
- Үлэлээн. Бэрэстэбиитэлистибэни бөҕөргөтүөххэ наада. Өрөспүүбүлүкэ имиджин, аптарытыатын көтөҕүөххэ наада. Өр сыл (20 сыл) постпредынан Сэбиэскэй кэмҥэ Иннокентий Игнатьев үлэлээбитэ... Климент Иванов өр кэм үлэлээбитэ.
- Климент Егорович, билигин, ханна баарый?
- Дьокуускайга. Пенсияҕа олорор.
- Эһиил «Азия оҕолоро» оонньуу 5-с төгүлүн ыытыллаары турар. Тэрийсэҕин?
- Тэрийсэн бөҕө буоллаҕа! «Азия оҕолорун» төрүттэспит киһи быһыытынан, бэйэм төрөппүт оҕом курдук саныыбын. Дьон даҕаны мин ааппын ити оонньууну кытары бииргэ ситимнээн өйдүүр. Эһиил Дьокуускайга, «азияны» таһынан, «Арассыыйа – спорт державата» диэн спорт форума ыытыллыахтаах. Үчүгэйэ диэн, ити тэрээһиннэргэ анаан РФ президенин уурааҕа таҕыста. Онон, дойду хааһынатыттан үлүгэрдээх, миллиардынан, хаһан да өтөрүнэн көрүллүбэтэх үп көрүлүннэ. Суол-иис, дьиэ-уот тутулларыгар, эргэ дьиэни көһөрөргө харчы бөҕөтө бэрилиннэ.
- Чуолаан, бу оонньуу уонна форум ыытыллар буолан?
- Ол иһин.
- Хайдах эрэ бырааһынньыктан бырааһынньыкка диэри олорор курдукпут. Ыксал-тиэтэл муҥунан ханнык эрэ тэрээһини көрсөргө эрэ анаан суолбут оҥоһуллар, дьиэ тутуллар... Былааннаах үлэ суох.
- Форум уонна оонньуу, олимпиада курдук, 5 сылга биирдэ эрэ ыытыллар. Онон биһиэхэ бырааһынньык буолбатах, төттөрү былааннаах, систиэмэлээх үлэ буолар. Спорт дыбарыаһа, атын да тутуу ити оонньуулар суохтара эбитэ буоллар тутуллуо да, үп көрүллүө да суох этэ. Анаан итинник оонньууну тэрийэн бюджеккэ үп көрдөрөбүт. 3,5 тыһ. миэстэлээх сабыылаах «Триумф» стадиону хантан үбүлэнэн тутуох этибитий, холобур?
- «Триумф» оннугар сахалыы туох эмэ диэн ааттыаххытын?
- 30-ча сыллааҕыта үс саха уола Монреаллааҕы олимпиадаҕа кыайан тураллар. Ол кинилэри чиэстээн «Триумф» диэн аатаабыппыт. Чемпионнар аллеялара оҥоһуллуохтаах. Киирээти кытары үс саха бөҕөһүн мэтириэттэрэ ыйанан туруохтаахтар.
- Бэйэҥ хайыһардьыт этиҥ дуу?
- Спорду олус сөбүлүүбүн. Хайыһардыыбын, харбыыбын, сүүрэбин. Урут, букатын «моржтуур» этим…
- Ыччуу…
- һэ-һэ, билигин фитнесскулуупка дьарыктанабын. Нэдиэлэҕэ иккитэ хайаан да сылдьабын.
- Үлэҕиттэн быыс булан?
- Үлэни көрдөөтөххө, үлэ хаһан да бүппэт. Өрөбүллэргэ, үгэс курдук, көрсүһүүлэргэ сылдьабын. Манна фуршет, тусовка бөҕөтө буолар. Өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэлин быһыытынан, хайаан да сылдьарыҥ булгуччу курдук. Ыйга, ортотунан, 10-тан тахса быыстапка, кэнсиэр, испиктээкил тэриллэр. Ону хайаан да тэрийсиэххэ, сылдьыахха, көрүөххэ-истиэххэ наада.
- Фуршет, диэбиккэ дылы, көрсүһүүлэргэ хаһаайын остуолуттан хайаан да аһыахха-иһиэххэ наада буолуо, ээ? - Билигин, урукку курдук, булгуччу аһыахтааххын-иһиэхтээххин диэн ирдэбил турбат. Демократичнай буолла. Уонна, хас сырыы ахсын барытын иһэн-аһаан истэххэ, оттон иэдэйиллэр буоллаҕа (күлэр). Омук посольстволарыгар национальнай бүлүүдэлэринэн күндүлүүллэр. Холобур, дьоппуоннар, сушилара, сакелара…
- Арыгыттан ханныгы иһиэххин сөбүй?
- Сухой арыгыны амсайыахпын сөп.
- Ааҕааччыларбытыгар туһаайан тугу этиэҥ этэй?
- Бастатан туран, сааскы күөх маай бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибин. Халаан уута этэҥҥэ аастын, өҥ дьыл үүннүн. Саха сирин сайдарыгар улахан тоҕоостоох дьыллар-күннэр үүннүлэр. Ону мүлчү тутумуохха наада. 2012 сыл – Саха сиригэр улахан суолталаах сыл. Омук-омук сириттэн дьон бөҕө кэлиэҕэ. Сахам сирэ кэлэр кэскилэ киэҥ буоларыгар итэҕэйэбин. Президеммит тула сомоҕолоһон, күүскэ үлэлиэххэ-тутуохха, айыахха диэн ыҥырабын.
- Барыыһаптыын сыһыаҥҥыт хайдаҕый?
- Егор Афанасьевичтыын бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэбит. Олохпут суола даҕаны майгыннаһар. Биир көлүөнэ дьон буоллахпыт. Эн-мин дэһэрбит суох. Бастаан утаа, тус интэриэстээх дьон утарыта анньыталыы сатаабыттара. Ол баара… «Өрөспүүбүлүкэбит туһугар хаһан баҕарар бииргэ үлэлиэхпит» диэн илии тутуспуппут. Ол курдук бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Мин майгыбынан даҕаны, сэриилэһэ, өстөһө, сылдьар киһи буолбатахпын. Мин – дипломаппын.
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА.
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1564 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 13 Ыалдьыттар (гостей): 13 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|