Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Сэтинньи » 19 » тыа сиригэр нэһилиэнньэ ахсааныттан үлэлиир кыахтаах дьон 60%-на үлэтэ суох олорор, былаас статистиката баар дьиҥ чахчыны көрдөрбөт
тыа сиригэр нэһилиэнньэ ахсааныттан үлэлиир кыахтаах дьон 60%-на үлэтэ суох олорор, былаас статистиката баар дьиҥ чахчыны көрдөрбөт
17:40

.. тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар үлэһиттэр ыйдааҕы орто хамнастара 10 840 солк. тэҥнэспитин туоһулуур, оттон бу сылга республика экономикатын бары салааларын үлэһиттэрин орто хамнаһа бу таһымтан 2,5 төгүл үрдүк.

Билиҥҥи кэм, эбэтэр үлэ суоҕа

 "Безработица - это не просто отсутствие денег у человека, а одна из форм духовной смерти"
Папа Римский Иоанн-Павел II.
***

Тыа сирэ барахсан… Тыа сирэ, урут-уруккуттан, олохтоох кадры улахан олох суолугар быһаччы таһаарарга, төһүү күүс буолара, дэриэбинэлэргэ көр-нар ньиргийэн, дьон-сэргэ үөрэ-көтө олорор, олох күөстүү оргуйар, атыннык эттэххэ, киһи эрэ санаата көтөҕүллэн кэлэр сирдэрэ этилэр.
«Мин бэйэлээҕи туох ааттаах алдьатыай» диэбиттии… аамсыгырбыт совхозтар күннээн олордохторуна, олоҥхоҕо хоһуйуллубут сыспай сиэллээх сыһыы муҥунан тоҕуоруһарыттан, хороҕор муостаах ахсаана биллибэт элбэҕиттэн киһи эрэ сөҕөрө, хараҕа үөрэрэ. Ол саҕана баара: үлэнэн куоталаһыы, сүөһү төбөтүн ахсаанын элбэтии, дьон бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыана, үлэ киһитин дьиҥнээхтик өрө тутуу, кинилэринэн киэн туттуу.
Онтон кэлбитэ імүтүннэрэн, эмискэччи, соһутан уларыта тутуу(перестройка) «ырыынак сыһыаннара» диэн мааскаланан дьиҥнээх капитализм ыар тыына. Тыа дьоно эрэйдээхтэр оччотооҕу былаас мүөттээх тылын итэҕэйэн байа-тайа охсоору сүүрэкэлэспиттэрэ, бары биир күн паапкаланан тойон-хотун буола охсубуппут, бааһынай хаһаайыстыба баһылыктара «буола охсон» кредит көрдөөн умса-төннө түспүтүнэн барбыттара. Сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллэрин сүтэрэн, тыыннаах хаалар суолларын тобула-була сатыыр түбүгэр түспүттэрэ. Бэйэлэрэ да билбэттэринэн «умнаһыт» буолбуттарын таһынан, халыҥ хаһалаахтар хаһаларын өссө халыҥатан, бааннартан иэс ылбыт (кредит) бырыһыаннарынан хапытаал халыҥ харчытын өссө хаҥаталларын сорох-сорохтор түһээн да баттаппатахпыт.
***
Кредити ылбыт табаары оҥорооччулар улахан хабалаҕа киирэллэр. Ол курдук бааннар кредиттэрин бырыһыана уонна манна эбии «күлүк» комиссионнайдары аахтахха 20% тиийэр. Кредит болдьоҕо төһөнөн уһун да, соччонон элбэх суумма төлөнөр. Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэнньэттэн уурууну бааннар баара суоҕа 4-7% ылан уураллар. Бу бааннар Россия Киин бааныттан олох кыра бырыһыаннаах кредити ылан эргитэллэр. Онон, маннык «сатабыллаахтык» оҥоһуллубут албын-түөкүн аҥаардаах албаһынан, борустуой норуот үбэ-харчыта төһө барыс буолан, кэтэх хаппытаал хармааныгар киирэрин ким аахпыта баарай? Маны Россия Правительствота бэркэ билэр эрээри, кэккэ биричиинэлэринэн бу системаҕа уларытыыны кыайан киллэрэр кыаҕа суох. Тыа сирин эргиччи иэскэ киллэрдилэр, бэриллибит кредит кээмэйэ 1,2 трлн. солк. тиийдэ.
Республикабыт тыатын сирин дьоно хантан үптэнэн-астанан олороллоро буолуо дии саныыгыт? Тыа сиригэр дьоммут билигин үксэ ый аайы кэлэр пенсияны кэтэһэр, күһүн идэһэттэн киирбит атыы харчыта, отоннообут отонун атыылаабыт эбэтэр ханна эмэ баран «холтууралаан», туораттан киллэрбит үбэ, уонна солярка атыыланар сыанатыттан балтараа бүк намыһах сыаналаах, оҕолоругар иһэрдибэккэ даҕаны, килиэп атыылаһарга харчыланар кыһалҕатыттан государствоҕа туттарбыт кэмигэр сүгүн кэлэн биэрбэт үүттэрин харчыта.
Республика үгүс нэ¤илиэктэригэр үлэтэ суох киһи ахсаана күннэтэ элбии турар. Манна аныгы былаас статистиката баар дьиҥ чахчыны көрдөрбөт, көрдөрүө да суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, былаас олохтообут бэрээдэгин быһыытынан, официальнайдык үлэтэ суох көстүөххүн баҕарар буоллаххына биир көтөх докумуону хомуйан туттарыаххын наада, улуус киинигэр элбэхтэ тиэстиэххин, онно ороскуотуруоххун наада.
Хас да нэһилиэк холобуругар олоҕуран эттэххэ, тыа сиригэр олорор нэһилиэнньэ ахсааныттан үлэлиир кыахтаах дьон 60%-на үлэтэ суох олорор, кинилэр истэригэр баһыйар үгүс ахсаана эр дьон, үгүстэрэ ыаллар аҕалара – «туллар тутаах» дэнэр дьоммут .Оттон бу кэмҥэ үлэтэ суох ыал аҕата диэн туһааннаахха трагедия…
***

Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын 2011 сыллаах бухгалтерскай отчуотун чахчылара тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар үлэһиттэр ыйдааҕы орто хамнастара 10 840 солк. тэҥнэспитин туоһулуур, оттон бу сылга республика экономикатын бары салааларын үлэһиттэрин орто хамнаһа бу таһымтан 2,5 төгүл үрдүк.
Болҕойон истэр буоллаххытына билигин тыа дьоно кэпсэтэр тыллара да уларыйда. Урут салайааччыларбытын управляющай, биригэдьиир, звеньевод диир буоллахпытына, билигин: «тойон», «тойоттор», «хотун», «хотуттар» эбэтэр «кулуба» диэн тыллары тутталлар. Ити тыллары урут кинигэттэн ааҕан билэр буоллахпытына, билигин бэйэ ыккардыгар күннэтэ кэпсэтэр тылларга кубулуйдулар.
Толкуйдаан көрүҥ эрэ, биһиги бэйэбит да билбэппитинэн сыыйа-баайа былыргылыы, биир үйэ аннараа өттүгэр баар буола сылдьыбыт хаалыылаах, ньэгэй тутулга бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн төннөммүт хамначчыкка уонна баайдарга кубулуйан киирэн бардыбыт. Тыабыт дьоно манан эрэ бүппэккэ аймах аймаҕынан арахсыыта, баай-дьадаҥы диэн араастаһыытын таһынан нэһилиэк, улуус уопсай интэриэһин көрүүттэн тэйэн, тус бэйэ олоҕун оҥостууга умса-төннө түстүбүт.
***
Быыбардар саҕана улуус, нэһилиэк ахсын куораттан тахсан «бэйэбит уолаттарбыт» дьон олоҕун тупсарыахпыт уонна көннөрүөхпүт диэн «хааннаах андаҕары» ылыналлар. Ол кэнниттэн быыбардаммыт соруктарын ситистилэр да, быыбар саҕана ылыммыт соруктарын бука барытын «тамты умна охсон» биэс, түөрт сыл устата нус-хас олохторун оҥостубут, «ытык эбээһинэстэрин толорбут» көкөттөрбүт куорат диэки тэптэрэ тураллар. Кинилэри солбуйа эдэр эрчимнээх саҥа аймахтарбыт тахсаннар этэн-тыынан бу олоҕу уруйдуулларын итэҕэйэн олохпут кэҕиннэ.
***
Кэлэр сыл тыа сиригэр ананна.
Сорук да улахан курдук. Хаһан эмэ тыа сирин олоҕо урукку, советскай кэмҥэ сайдыбыт, чэчирээбит таһымын ситиэ дуо? Дьон олорор, үлэлии усулуобуйата тупсарын, нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун хааччыйар туһугар олохтоох былаас сөптөөх, былааннаах үлэни ыытыа дуо? Эдэр специалист төрөөбүт дойдутугар үөрэ-көтө барарыгар, билиҥҥи сайдыылаах кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр усулуобуйа баар буолуо дуо? Ол былаанын олоххо киллэрэригэр, нэһилиэгин сайыннарарыгар үөһээҥҥи былаас, депутаттар тирэх буолуохтара дуо?
Бу кэлэр сыл балаҕан ыйыгар Ил Түмэҥҥэ депутаттарбыт быыбарынан талыллыахтара. Этэргэ дылы олус «итии кэмнэр» иһэллэрэ, депутаттарбыт тыалаахтарын дьэ «өйдөөн» сыбыытаабыттарыттан да көстөр. Кырдьыгынан билиннэххэ тугу ситиспиттэрин отчуоттуур депутаттар бааллара саарбаҕа суох. Ити гынан баран, быыбардааччы бэйэтиттэн, олоҕу кытта тэҥнээн көрөн баран, ыйытынан көрүөн наада: Мин депутатым олоҕум тупсарыгар тугу оҥордо, туох этиини киллэрбитэ табыллыбатаҕый, тоҕо мин баччааҥҥа диэри үлэтэ суох олоробунуй …эбэтэр күдээринэ эмиэ харахпын баайан хаттаан албынныы иһэрэ дуу?- диэн.
***
Олох күн-түүн аайы сатарыйан, ыараан иһэрэ биллэр суол диэххит. Ол гынан баран, Советскай Союз кэмигэр баар буола сылдьыбыт хайа баҕарар сиргэ, тыатыттан-куоратыттан тутулуга суох, үлэҕэ уонна харчыга тэҥ бырааптаах уруккубутугар эргиллэн көрөр кэмнэр кэллилэр диэхпин баҕарабын… Толкуйдааҥ, сылыктааҥ, тобулуҥ…

Петр АММОСОВ.
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты | Views: 1565 | Added by: uhhan2
Total comments: 1
1 Туох санаа?  
Хаhан тыабытын ёрё тардабыт?

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 17
Ыалдьыттар (гостей): 17
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024