Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Сэтинньи » 19 » 2013 с. былаан быһыытынан, т/х-гар барар 7,8 млрд солк. үптэн т/х-тын табаары оҥорооччутугар 4,49 млрд солк. тиийиэхтээх. Ити т/х-тын бүддьү
2013 с. былаан быһыытынан, т/х-гар барар 7,8 млрд солк. үптэн т/х-тын табаары оҥорооччутугар 4,49 млрд солк. тиийиэхтээх. Ити т/х-тын бүддьү
17:49

Солбук бүддьүөт-2013: көмө харчы аһы дэлэтиэхтээх, сыананы чэпчэтиэхтээх

 15.11.2012 17:17 | Автор: Владимир Степанов | 

Бу күннэргэ Ил Түмэн 38-с сиэссийэтигэр СӨ 2013 с. бүддьүөтэ бастакы ааҕыыны ааста. Кэлэр дьыл "Тыа сирин сыла” буолбутунан сибээстээн, бүддьүөтэ хайдах буолара улахан суолталаах. Эрэдээксийэҕэ т/х-тын үлэһиттэрин бөлөҕө оҥорбут солбук (альтернативнай) бүддьүөттэрин көрүгэ киирдэ. Кинилэр "2013 с. бүддьүөтүн кээмэйин уларыппакка эрэ, тыа сирин табаары оҥорооччутугар тиийэр харчыны билиҥҥиттэн биллэ элбэтиэххэ сөп” дииллэр. Кырдьык, "т/х-гар барар үп улахан аҥаара куорат тэрилтэлэригэр хаалар, дьиҥнээх тыа үлэһит дьонугар бэрт кыра тиксэр” диэн кэпсэтии барбыта ыраатта. Солбук бүддьүөтү саҥа тэриллибит "Аграрнай баартыйа” өйөөн, Ил Түмэҥҥэ киллэриэн сөп диэн ааптардар этэллэр. Дьэ, ону билсиэҕиҥ.

2013 с. АПК бүддьүөтүн ырытыыта
2013 с. т/х-тын сайдыытыгар 7,837 млрд, былырыыҥҥытааҕар 569 мөлүйүөнүнэн элбэх былааннаммыт. Ол эрээри, бүддьүөт уопсай кээмэйигэр тэҥнээтэххэ, бу эйгэҕэ былырыыҥҥыттан кыра барбыт. 2012 с. 114 млрд солк. (уопсай бүддьүөт 6,37 %-на), 2013 с. 130 млрд солк. бүддьүөттэн, т/х-гар 6,02 %-на былааннаммыт. Т/х-гар барар үп бырыһыана уларыйбатын дьон элбэхтик туруорсар.
Ааптардар 2009-2011 сс. үбүлээһинин ырытан баран "судаарыстыба көмөтө сылын аайы улаатан иһэр да, дьиҥнээх табаары оҥорооччуга тиксэр өлүү кыччаан иһэр” дииллэр. 2009 с. т/х-гар производство соругун толорууга 3,662 млрд солк. ыытыллыбыт. Оттон 2011 с. 3,271 млрд эрэ барбыт. Ол оннугар чунуобунньуктар «кыһалҕаларыгар» көрүллэр харчы элбээбит.
2013 с. былаан быһыытынан, т/х-гар барар 7,8 млрд солк. үптэн т/х-тын табаары оҥорооччутугар 4,49 млрд солк. тиийиэхтээх. Ити т/х-тын бүддьүөтүн 57,3 бырыһыана.

Көмө үбү салааларынан түмтэххэ:


1. 2013 с. судаарыстыба сүрүн көмөтө ынах сүөһүнү иитиигэ, бородууксуйатын элбэтиигэ туһаайыллыбыт. Үүккэ, астааһыҥҥа, сүөһү ахсаанынан төлөнөр көмөҕө 3,775 млрд. солк. көрүллүбүт. Ол эбэтэр, биир ынах сүөһүгэ 17845 солк. тиксэр.

2. Сылгы иитиитигэр баара-суоҕа 108,86 мөл. солк., 1 төбөҕө 1669 солк. барыахтаах.

3. Таба иитиитигэр эмиэ кыра, 417,7 мөл. солк., биир төбөҕө 2398 солк. анаммыт.

4. Куурусса иитиитигэр 374,5 мөл., биир төбөҕө 578 солк. көмө былааннаммыт. Ааптардар саас куурусса нэһилиэнньэҕэ 300 солк. атыыланарын санаталлар. Аһыырыгар бэйэтин сыанатынааҕар элбэх көрүллэр буолан тахсар.

4. Сибиинньэ иитиитигэр 83,6 мөл. солк. былааннаммыт. 1 сибиинньэҕэ 10104 солк, сылгытааҕар 6 төгүл (?!) элбэх үп былааннаммыт.


Кылгас ырытыыга ынах сүөһү, куурусса, сибиинньэ иитиитэ ТХМ мааны, оттон сылгы уонна таба көйгө оруолламмыттара көстөр. Соторутааҕыта миниистир И.И. Слепцов "кэлэр сылларга т/х-тын сүрүн болҕомтото түргэнник ситэр салааларга: кууруссаҕа уонна сибиинньэҕэ – ууруллуоҕа” диэбитэ ону бигэргэтэр.

Ааптардар итини улахан алҕас дии саныыллар. Куурусса уонна сибиинньэ иитиитин бэйэҕэ турар сыаната билиҥҥи ырыынак сыанатыгар эппиэттэһиэхтээх этэ да, ол кыаллыбат. Куурусса, сибиинньэ иитэр тэрилтэлэр, сүрүннээн, куораттар тастарыгар бааллар. Бу салааларга судаарыстыба көмөтө ырыынакка куурусса, сибиинньэ этин, сымыыт сыанатын түһэриэхтээҕэ. Оччотугар эрэ көдьүүһэ көстүөхтээҕэ. Ол эрээри, батарыыга күүскэ үлэлээбэттэр. Онон туһалыахтааҕар төттөрүтүн тастан киирэр бородууксуйа сыанатын үрдэтэргэ «төһүү» буолаллар.

Ынах сүөһүгэ көрүллүбүт үп үс гыммыт биирин саҕа элбэх үп – 1,363 млрд солк. улуустар монополистарыгар – биир кэлим соҕотуопкалааччыларга барыахтаах. Кэлим соҕотуопкалааччылар үүт тутуллар сыанатын үрдэппэтилэр, тыа дьонун дохуотун улаатыннарбатылар. Ол түмүгэр, нэһилиэнньэ былаас бэрэстэбиитэллэрин, дьокутааттары кытта көрсүһүүлэрэ кыһыы-аба этиниитин майгытыгар бараллар. Дьон сүөһү иитэртэн, үүт туттарартан аккаастанар. Т/х-тын салалтата манна чопчу бэрээдэк, хонтуруол, ирдэбил олохтообокко, кэнники 20 сыл устата үүт тутуллар сыаната үрдээбэтэ. Аныгы технологиянан сэбилэниигэ үтүмэн үп кутуллар да, тыа сирин олоҕо тупсубата, судаарыстыба үбэ көдьүүстээхтик туһаныллыбата.

Сир оҥоруута:

1.Бу улахан суолталаах хайысхаҕа 642 мөл. солк. эрэ көрүллүбүт. Ол түмүгэр, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин кыайтарбат буолла. От тиийбэтиттэн сыл аайы 100-тэн тахса мөл. солк. эбии ороскуоттанар. Аһа суох ынахтан өлгөм үүтү эрэйбэккин. Киин Арассыыйаҕа 1 ынах 4 тыһ. кг үүтү ыыр буоллахтарына, биһиэнэ 1800 л. эрэ биэрэр.

2. Сиэмэни оҥоруу тиһигэ ыһыллан олорор. Тастан сиэмэ атыылаһыыга 2013 с. 75 мөл. солк. көрүллүбүт. Бу харчыга 2-3 сылынан бэйэ сиэмэтинэн хааччынар тиһиги чөлүгэр түһэриэххэ сөп этэ.

3. ТХМ түөрт сыллааҕыта хортуоппуй сиэмэтинэн хааччыйыыны аккаастаабыта. Билигин ырыынакка хортуоппуй сыанатын соҕурууҥҥу омуктар хонтуруоллууллар. Бэйэбит хортуоппуй үүннэрээччилэрбит 24 мөл. солк. бэйэлэрин харчыларыгар 600 т сиэмэни атыылаһан аҕалаллар. Ол да буоллар, сыананы намтатыыга кинилэр оруоллара улахан. Олохтоох дьон үүннэрбэтэ буоллар, хортуоппуй сыаната 70 солк. тиийэ үрдүө этэ. Ас сыаната үрдүгүттэн нэһилиэнньэ улаханнык ыктарар, долгуйар буолла. Сыана үрдүгүттэн эт, үрүҥ балык сиэммэтин тэҥэ буолла. Дьон дьадайан, бэл, хортуоппуй кытта бырааһынньык аһа буолан эрэр.


Хотугу үгэс буолбут хоту дьарыктары үбүлээһин суумата 2009 сылтан уларыйбатах, биир тэҥ – 500 мөл. солк. Табаны иитэр хаһаайыстыбаларга, 2012 с. ТХМ суоттуур формулата уларыйан, быйыл улуустарга көмө улаханнык кыччаан барбыт. Көмө суох буолан, таба ахсаана 2010 сылтан улааппакка турар. 2011 с. Госкомстат дааннайынан, 5377 төбөнөн аҕыйаабыт. Уларыйыы тахсыбатаҕына, инникитин таба иитиитэ өссө түһэр чинчилээх.

2013 с. булчуттары өйүүр харчы былырыыҥҥыттан 17 мөл. солк. аччыахтаах. Быһата, булт курдук төрүт дьарыкпыт суолтата умнуллан эрэр. Орто Халымаҕа биир булт кэпэрэтиибин салайааччыта этэринэн, тустаах көмө оҥоһулуннар, улууска 200 булчут үлэтин миэстэтэ тэриллиэн сөп эбит.

***

Тыа сиригэр барар харчы кыччыыр, оттон АПК үлэһиттэрин хамнастара, аппараат үлэтигэр ороскуот сыл аайы үрдүүр. 2013 с. 1,649 млрд., о.э. т/х барар үп 21,05 %-на көрүллүбүт. Ол иһигэр, бэтэринээрдэргэ 950,7, ТХМ хамнаһыгар 129, каадырынан хааччыйыыга 99,9, муниципальнай тэрээһиннэр т/х-тын өйүүр судаарыстыбаннай боломуочуйаларын толороллоругар 271,4, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэргэ 56,7 мөл. солк. былааннаммыттар. Ити былырыыҥҥыттан 135,9 мөл. солк. элбэх.

Ханна кэмчилиэххэ, ханна эбиэххэ

Федеральнай ирдэбил быһыытынан, 2012 сылтан судаарыстыба көмөтө 15 хайысханан араарыллар. Тыа сирин табаары оҥорооччутугар тиийэр харчыны хайдах улаатыннарыахха сөбүй?

Солбук бүддьүөт харчы кэмчилэммит хайысхалара:

1. Улуустарга боломуочуйа бэриллибитинэн, ТХМ үлэһиттэрин ахсаанын аҕыйатыахха сөп. Онно 22 мөл. солк. кэмчилэммит.

2. «Т/х-тын үлэлиир уопсай усулуобуйаларын тэрийии» диэн соччо өйдөммөт үлэҕэ 234,2 мөл. солк. көрүллүбүт. Итиннэ көрүллүбүт көдьүүһэ суох үлэлэри туораттахха, 131,2 мөл. солк. кэмчилэнэр.

3. "Тыа сирин туруктаах сайдыытыгар” көрүллүбүт суума оннунан хаалбыт. Ол эрээри, "Экэниэмикэ министиэристибэтэ АПК-ҕа сыһыана суох үлэҕэ 354 мөл. солк. ороскуот көрүллүбүтүн кичэйэн үөрэтиэн наада” диэбиттэр.

4. Ас оҥорор бырамыысыланнас сайдыытыгар бырабыыталыстыба 328,6 мөл. солк. көрбүт. Итиннэ МТ-лар арыгы атыытыгар судаарыстыбаннай боломуочуйаны толороллоругар 411 (?), арыгы атыытын хонтуруоллуур өҥөҕө (ону ким уонна хайдах толороруй?) 8,3 мөл. солк. былааннаммыта муодарҕатар. Үлэлии турар производство тиэхиньикэтин саҥардыыга, модернизацияҕа 219,25 мөл. солк. былааннаммыт. Оттон 2013 с. инвестиционнай бүддьүөтүгэр 103,1 мөл. солк. суумалаах 4 эрэ производство модернизацията көмүскэммит. Оччотугар, инвестбүддьүөккэ киирбэтэх 116,1 мөл. ханна барарый? 2012 с. ыллахха, ити сорукка 239,7 мөл. солк. былааннаммыт. Итинтэн 156,7 мөл. солк. кимэ-туга биллибэт тэрилтэлэр хапытаалларын хаҥатыыга барбыт. Онон чуолкай биллэр, көдьүүстээх үлэлэри хааллардахха, манна 156,7 мөл. солк. кэмчилэнэр.

5. Мелиорацияҕа 519,4 мөл. солк. былааннаммыт. Солбук бүддьүөккэ итини 63,2 мөл. солк. аҕыйаппыттар. Инвестиционнай бырагыраамаҕа киирбит бырайыактары уонна кэлэр сыл үбүлээһинин 2012 с. таһымынан хаалларбыттар.

6. Бэтэринээрдэргэ 950,7 мөл. солк. былааннаммыт. Ааптардар сүөһү ахсаана сылын аайы аҕыйаан иһэринэн, былырыыҥҥы таһымынан хаалларыахха дииллэр. Манна 63,5 мөл. солк. кэмчилэммит.

7. АПК инвестицияҕа уонна инновация сайдыытыгар үлэтигэр көрүллүбүт 84, 3 мөл. солк. тыытыллыбатах.

8. Кадрынан хааччыйыыга 111,2 мөл. солк. былааннаммыт. Мантан 24,8 мөл. солк. сахалыы буолуохтааҕар, нууччалыы да өйдүүргэ уустук «совершенствование условий и процессов получения аграрного профессионального образования» диэн өйдөммөт үлэни, менеджердэр хамнастарыгар көрүллүбүт үбү аҕыйаттахха (40 менеджергэ –35 мөл. солк.), 33,3 мөл. кэмчилэнэр.

9. АПК-ны билим ситиһиилэрин хааччыйыыга 13,75 мөл. солк. былааннаммытын оннунан хаалларбыттар.

10. Нэһилиэктэр т/х испэсэлиистэрин хамнаһыгар 271,4 мөл. солк. көрүллүбүт. Ааптардар бу ороскуоту МТ-лар бүддьүөттэригэр көһөрөр наада дииллэр. Элбэх киһини тутар наадата суох, үлэлэрэ мөлтөх. Онон үлэ ирдэбилин, көдьүүһүн үрдэтэргэ, МТ-лар 2000 сүөһү төбөтүгэр 1 үлэһити туттуннар дииллэр. Оччотугар 271,4 мөл. солк. кэмчилэнэр.

11. Балык хаһаайыстыбатын сайдыытыгар 130,9 мөл. солк. көмө былааннаммыт. Балык бүгүн көмөҕө наадыйбат, бэйэтин холкутук иитинэр салаа. Судаарыстыба көмөтө балык сыанатын аччаппат. Көмө ылаары «эбии сурунуу», албыннааһын тахсар буолбут. Онон манна үбү аҕыйатары туруорсаллар.

Тыа сиригэр көмөнү улаатыннарыы:

12. Кэпэрээссийэ уонна кыра хаһаайыстыбалар сайдыыларыгар 11 мөл. эрэ («Саха-кредити» өйүүргэ) көрүллүбүт. Ааптардар кэлэр сыл Тыа сирин сыла биллэриллибитинэн, манна үөһэ кэмчилэммит үптэн 135,8 мөл. солк. көрөрү туруорсаллар. Маннык көмөнү оҥоруохха дииллэр:

– саҥа саҕалыыр фермердэргэ – 20 мөл. солк.;

– ыал пиэрмэтин сайдыытыгар – 35,8 мөл. солк.;

– нэһилиэктэр кэпэрэтииптэрин өйөөһүҥҥэ: граннарга – 57, сылгыһыттарга кэмпэнсээссийэ– 12, барыта 69 мөл. солк.

13. Хоту дьарыктар сайдыыларыгар былааннаммыт 533,45 мөл. солк. уларыйыы суоҕун тэҥэ, 535,5 мөл. солк. көрбүттэр. Ол эрээри, бу суума ис тутулун сатаан саамылаатахха, табаһыт хамнаһа – 20, чуум үлэһитэ –15 тыһ. солк. буола улаатыан сөп. Оччоҕо табаһыт үлэтэ сыаналаныан сөп. Андаатар уонна тииҥ булдугар 45 солк. дотация хаалбыт, киис сотуллубут. Боломуочуйа быһыытынан, билигин үп улуустарга барар, ол эрээри, ити сууманы атын сорукка туттан, булчуттарга төлөбүрү уһаталлар эбит. Улуус булчуттара «Сахабулка» 23 мөл. солк. көмө барарын кытта сөбүлэспэттэр. Кинилэр эмиэ бэйэлэрэ бултууллар, таҥастыыллар, батараллар. «Ити харчы биһиэхэ кэлэрэ буоллар, 100 булт тэрилтэтин тэрийиэ этибит» дииллэр эбит.

Кыылы иитии бородууксуйатын батарыы кыаллыбакка, хаһаайыстыбалары Новосибирскай урбааньыттара ылан эрэллэр, онон атын регионнары өйүүр наада дуо диэн үбүлүүрү сыыһанан ааҕаллар.

14. Үүнээйигэ көрүллүбүт 642,0 мөл. солк. оннунан хаалбыт. Ол эрээри, үбү барытын тус-туһунан ыстатыйаларынан ыспакка, «Майа» СХПК базатыгар, өрөспүүбүлүкэ МТС-н тэрийиэххэ, үбү онно угуохха. Бу МТС салаалара улуустарга арыллыахтаах.

15. Сүөһү иитиитин сайдыытыгар былааннаммыт 3,49 оннугар 3,54 млрд. солк. ыытыахха диэн солбук бүддьүөккэ этиллэр. Ааптардар үбүлээһин тутула тэҥэ суоҕун көннөрөр наада дииллэр.

Биир кэлим соҕотуопкалааччы тиһигэ көдьүүһэ суох буолан, өйөнөн бүтүөхтээх. Ол көмө тыа үлэһит дьонугар быһа тиийиэхтээх дэммит. Ол быһыытынан, 2013-2015 сс. ыанар ынах төбөтүн аайы 30 тыһ. төлөбүр олохтуохха дииллэр. Оччотугар табаар оҥорооччуга сылга 2,5 млрд солк. курдук көмө быһа тиийэр.

Сылгы иитиитин көҕүлүүр туһугар, 1 биэҕэ дотацияны 5 тыһ. солк. диэри үрдэтиэххэ диэбиттэр. Оччоҕо сылгыга барар харчы 3 төгүл улаатар.

Хотоннору тутууга уонна технологияны тупсарыыга 401 мөл. солк. олус элбэх, кыччатан 170 мөл. солк. оҥоруохха дэммит.


***

Солбук бүддьүөт ааптардара т/х-тын үбүн көдьүүстээхтик туһанар туһугар учуоту-хонтуруолу күүһүрдэри, каадыр бэлиитикэтигэр болҕомтону туруорсаллар. Ол сөп. Сымыйа сыыппараны сурунуу эҥин оччоҕуна эрэ тохтуур. "Саарбах сыыппаралары” бу табылыыссаҕа көрүҥ:


Саха сирин үрдүнэн ТХМ  Гос-ком- стат  Бэтэри-нээрдэр 
Арастаһыы

ТХМ/

бэтэринээрдэр
Госкомстат/

бэтэринээрдэр

Ынах сүөһү

Ыанар ынах

Сылгы
233645

87153

170233
233877

87977

163444
211566

76215

156597
-22079

-10938

-13636
-22311

-11762

-6847

Көрдөрүүлэр араастаһыылара (2012 с. тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан)

Бу сыыппаралартан бэтэринээрдэр дааннайдара ордук итэҕэтиилээҕэ чуолкай. Кинилэр эмтэрэ-томторо, үлэлэрэ-хамнастара быһаччы сүөһү ахсааныттан тутулуктаах. Оттон ахсаан үрдүүрүгэр интэриэстээхтэр суох буолбатахтар. Көрүллэр көмө кээмэйэ улаатар буоллаҕа. Судаарыстыба көмөтүн көдьүүһүн, үлэ оҥорумтуотун үрдэтэргэ, аска сыананы чэпчэтэргэ бастаан хайаан да чуолкай суот-учуот тиһигэ тэриллиэхтээх.

Түмүктээн эттэххэ, уопсастыба тыа сиригэр олох таһымын үрдэтии кэпсэтиитигэр кыттар буолбута хайҕаллаах. Онон солбук бүддьүөтү кытта дьон билсэрэ наадалаах диэн таһаардыбыт.




Ырытыылар
#1 Yohyk 15.11.2012 22:51
В. Степанов тыа хаЬаайыстыбатыг ар судаарыстыба комотун сыалын токурутар курдук эрээри, ис дьинин арыйбыт. Комо сокуонунан хайысхата олохтоох бородууксуйа конкуренциялаЬа р кыа5ын хааччыйыы (объективнай ночоотун сарбыйыы), тыа сирин олохтоохторо оло5у хааччыйар дьарыктаах буолууларын ситиЬии буолуохтаах этэ. Бородууксуйа атыыланар сыанатын кыччатар сыаллаах убулээЬин (холобур уут субсидията, астыыр-батарар тэрилтэлэр дотациялара)кэм игэр батарыллара кыаллыбат эрэ буолла5ына оноЬуллуохтаах уонна бюджекка социальнай харысхал ыстатыйатынан ааЬыахтаах, тыа хаЬаайыстыбатыг ар комо быЬыытынан хара5ы баайбакка.
| Хоруйдаа
#2 Yohyk 15.11.2012 22:51
Геологтар ороскуоттара хостонор баай себестоимоЬыгар киирбэтин курдук сири тупсарыы, оноруу (танастааЬынтан ураты)эмиэ тыа хаЬаайыстыбатын онорон таЬаарыытыгар комоттон атын ыстатыйанан барыахтаах. Сууммалары тэннэниллэр кэриннэ (1 солк бородууксуйа)ки ллэрэн баран кордоххо саамай элбэх уп куурусса5а тахсар. Тыа хаЬаайыстыбатыг ар комо полномочиетын (полумочиетын буолбакка)нэЬил иэктэргэ биэрэр киЬи хонтуруол толору хааччыллыа этэ.
| Хоруйдаа
#3 888 17.11.2012 11:03
ТХМ салалтата, министр уларыйдын аайы, бары тутуспутунан омук сирдэриигэр "опыт" атаста4а барар идэлиннилэр, сылга иккитэ устэ бараллар бы4ылаах. Саха сиригэр соп буолбат технологиалары манна а5алан, тыа сирин сайыннарар ба5алаахтар да5аны, бу утопия, тотторутун тыа дьонун э4эллэрэ кэллэ! Омуктар суо4улэрин Комплекстарын туттахтарына, тыа дьоно хайдах сайдыай??? Хата Куурусса5а элбэх харчы барар буолбут дии, бары куурусса, сибиинньэ итиэх. Новая метла, по новому метёт, дииллэрэ соп
| Хоруйдаа
#4 Тыа Сахата 19.11.2012 13:39
Ынах тебетугэр субсидияны тохтотон баран туттарыллыбыт ууккэ быьа туттарааччыга 60-80 солк биэриэххэ наада заготовители таарыйбакка, квартал аайы стат даннайынан. Оччо5о дьэ дьон суеьуну иитэргэ интэриэьэ эмиэ кебуе этэ. Хас сыл буолла 20 солк туттаран сордоммуппут. Аны 88 ФС киирэн коопертаив ненуе туттарабыт онно эмиэ комиссиялыыллар , аны дьонунан тиэйтэрэр буоллаххына эмиэ харчы. Дьэ накаас хаьан оннубутун-олохпутун буларбыт буолла?!!
Category: Экономика и СЭР | Views: 1392 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 82
Ыалдьыттар (гостей): 82
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024