Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Сэтинньи » 27 » Хас биирдиибит көҥүлүн, быраабын харыстыыр, араҥаччылыыр туһугар биир санаалаах Саха сирин олохтоохторо биһиги ЫҤЫРЫЫБЫТЫН өйүөхтэрэ диэн эр
Хас биирдиибит көҥүлүн, быраабын харыстыыр, араҥаччылыыр туһугар биир санаалаах Саха сирин олохтоохторо биһиги ЫҤЫРЫЫБЫТЫН өйүөхтэрэ диэн эр
15:48
Афанасий МАКСИМОВЫ өйүүргэ общественность ЫҤЫРЫЫТА

Вторник, 27 Ноября 2012 12:52 

Саха Республикатын Государственнай мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата МАКСИМОВ Афанасий Николаевич дьыалатын СР Үрдүкү суутун Президиума кырдьыктаахтык көрөрүгэр туруорсан Саха сирин общественнай тэрилтэлэрин ааттарыттан
ЫҤЫРЫЫ
2012 сыл, сэт.19 күнэ Дьокуускай к.
Ытык-мааны Сахабыт сирин олохтоохторо!
Бу дьыл сэтинньи 16 күнүгэр Россия Федерациятын Үрдүкү суутун холуобунай дьыалалары көрөр Судебнай коллегията норуот депутата Афанасий МАКСИМОВЫ уонна кини бииргэ үлэлээбит коллегаларын Игорь ЧИКАЧЕВЫ, Игорь ПАХОМОВЫ, Владимир РОЖИНЫ утары олоҕо суох тэриллибит 10045 №-дээх холуобунай дьыаланы көрөн баран, дьыаланы Саха Республикатын Үрдүкү суутун Президиума хаттаан көрөрүгэр сорудахтыыр быһаарыыны ылбытын туһунан иһитиннэриини истэн, "Таатта түмсүүтэ” уонна да атын общественнай хамсааһыннар маннык түмүккэ кэллибит:
- бастатан туран, бу быһаарыы биһиги модун дойдубут Российскай Федерация хас биирдии олохтооҕо суут нөҥүө дьиҥ кырдьыгын таһаарынар кыахтааҕын, онон сибээстээн уопсастыба ону чиҥэтэр сыаллаах-соруктаах сайдыыга хардыылаан эрэрин туоһутунан буолла;
- иккиһинэн, ханнык баҕарар сайдыылаах киһи-аймах демократическай дойдутугар хас биирдии киһи бырааба, дьоһуна, көҥүлэ өрүү өрө тутуллар. Биһиэхэ эмиэ хас биирдии Россия олохтооҕун быраабын, көҥүлүн ытыктыыр чинчи үөскээн эрэрэ барыбытын үөрдэр уонна санаабытын кынаттыыр.
- үсүһүнэн, Россия Президенэ В. В. Путин хаһаайыстыбаннай боппуруостары холуобунай дьыалаҕа кубулутан биирдиилээн предпринимателлэри сойуолаһары, эккирэтиһэри, үлэлэрин атахтыылларын бобуохха наадатын этэрэ олоххо киирэн эрэрэ инники сайдыыбытыгар эрэли үөскэтэр.
"Максимов дьыалата” диэн ааттаммыт 10045 №-дээх холуобунай дьыаланы хара маҥнайгыттан сокуону толоостук кэһэн тэриллибитин Саха Республикатын Президенин иһинэн үлэлиир СР Общественнай Палатата 2012 сыл кулун тутар 2-с күнүгэр 157 №-дээх түмүк оҥорон турар. Онон, кини быһаарыытыгар дьыала хаттаан көрүллэн, буруйдуур бириигэбэр булгуччу көтүрүллүөх тустааҕын туһунан этиллибитэ.
Көстөн турар кыларыйар кырдьыгы таһаарарга араас общественнай түмсүүлэр биир санаанан Саха сирин бары олохтоохторугар туһаайан ЫҤЫРАБЫТ:
Российскай Федерация Үрдүкү суутун холуобунай дьыалалары көрөр Судебнай коллегиятын быһаарыытынан, Саха Республикатын Үрдүкү Суутун Президиума Саха Республикатын Государственнай мунньаҕын (Ил Тумэн) депутата Афанасий МАКСИМОВЫ уонна кини биир идэлээхтэрин утары олоҕо суох тэриллибит холуобунай дьыаланы уталыппакка кырдьыктаахтык көрөрүгэр туруорсары модьуйуоххайыҥ.
Ханнык баҕарар демократическай уопсастыбаҕа курдук хас биирдии киһи быраабын араҥаччылыыр Российскай Федерация Конституцията, Сокуона тутуһуллан, ДЬИҤ КЫРДЬЫК суутунан дакаастанан буруйдуур бириигэбэр көтүрүллэригэр бука бары биир киһи курдук турунуоххайыҥ.

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт!
Хас биирдиибит көҥүлүн, быраабын харыстыыр, араҥаччылыыр туһугар биир санаалаах Саха сирин олохтоохторо биһиги ЫҤЫРЫЫБЫТЫН өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит!

1. "Таатта түмсүүтэ”
2."Ситим” общественнай тэрилтэ правлениета.
3. "Оһуохай” общество.
5. "За реформу ЖКХ” общественнай хамсааһын.


о.д.а.
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1387 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024