Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Олунньу » 1 » получать 40 000 рублей, но для этого нужен стаж более 20 лет, высшая категория, усиленная ставка, классное руководство, активное участие в
получать 40 000 рублей, но для этого нужен стаж более 20 лет, высшая категория, усиленная ставка, классное руководство, активное участие в
17:59
Какую зарплату получают учителя в Якутии на самом деле?

Мы привыкли относить учителей к одним из самых низкооплачиваемых и незащищенных слоев населения. Поэтому для многих стало удивительным открытием, заявление министра образования Якутии Афанасия Владимирова о том, что средняя зарплата учителей по региону составляет 40 тысяч рублей. Эта информация незамедлительно вызвала бурю негативных эмоций у читателей News.Ykt.Ru. Чтобы прояснить ситуацию мы опросили учителей разных категорий из нескольких районов республики.
Хангаласский улус
Возраст — 23 года
Стаж — полгода
Количество учеников — более 30 человек
Количество часов — 14 часов в неделю
Зарплата — 8 500 рублей

Сунтарский улус

Возраст — 28 лет
Стаж — 6 лет
категория — первая
Количество учеников — 60 человек
Количество часов — 15 часов в неделю
Зарплата — 19 000 рублей

Усть-Алданский улус

Возраст — 27 лет
Стаж — 6 лет
категория — базовая
Количество учеников — 80 человек
Количество часов — 19 часов в неделю
Зарплата — 19 000 рублей

Верхневилюйский улус

Категория — базовая
Количество учеников — 100 человек
Классное руководство
Зарплата — 21 000 рублей

Мегино-Кангаласский улус

Возраст — 29 лет
Стаж — 7 лет
Категория — первая
Классное руководство, заведование предметом
Количество часов в неделю — 24
Зарплата — 26 000 рублей

Нюрбинский улус

Количество учеников — 100 человек
Категория — на соответствие
Классное руководство, заведование предметом, разнообразные комиссии
Зарплата — более 30 000 рублей

Город Якутск

Возраст — от 52 года
Стаж — более 30 лет
Категория — высшая
Количество часов в неделю — 24 часа
Классное руководство
Зарплата 40 000 рубле
й

Школьные педагоги соглашаются, что учитель может получать 40 000 рублей, но для этого нужен стаж более 20 лет, высшая категория, усиленная ставка, классное руководство, активное участие в школьной жизни и максимальное количество учеников. Для работающих в классе зарплата 40 000 рублей скорее максимальная, а не средняя. Данные говорят о том, что ситуация с оплатой труда педагогов не так благополучна, как официально заявляется. Учителя считают что такая цифра появилась из-за того что «средняя» включает в себя зарплату многочисленных чиновников от образования.

Марина Иванова, руководитель отдела субвенций и субсидий Министерства образования РС(Я)

- В среднюю зарплату 40 000 рублей заложена оплата труда только школьных работников. С сентября 2012 года зарплата учителей с учетом всех выплат стимулирующего характера была повышена трижды. Возможно, учителя не берут в учет премии, их утверждает сама школа, обычно по итогам четверти, но мы рекомендуем выплачивать их ежемесячно. Средняя зарплата достигла к концу 2012 года 40 000 рублей. Есть учителя которые получают 30 000 рублей, но есть и те учителя которые получают ежемесячную зарплату 60 000 рублей, так что зарплаты даже внутри одной школы могут быть такими разными.
 Источник: News.Ykt.Ru

http://www.kyym.ru/index.php/olox/jon/8577-2013-02-01-07-04-25
Хамнаһыҥ тиийэр дуо?
01.02.2013 16:54 | Автор: Туйаара Сиккиэр |
 Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова үнүргү отчуотугар "Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн орто хамнас -- 40 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр”, -- диэбитэ. Дьэ, бу маннык этиини кытары үгүс киһи сөбүлэспэт буолуохтаах. Уопсайынан, дьон-сэргэ төһө хамнаһы ыларын, онтугар тиийинэн олорорун дуу, суоҕун дуу ыйыталаһан көрүөххэйиҥ.

Тамара Иванова, чааһынай көстүүнэйгэ администратор:

-- Мин итинник үлүннэрэн этиини кытары олох сөбүлэспэппин. Билэр дьонум бары муҥутаан 20-30 тыһыынча солкуобайы ылаллар. Холобур, мин хамнаһым 15 эрэ т.с. Кэргэним ыалдьан үлэлээбэт, биэнсийэҕэ олорор. Биһигини кытары кыыспыт олорор. Уолум – ыал: туһунан барбыта. Ыйдааҕы дохуоппут холбоон-илбээн – мин хамнаһым уонна иккиэммит биэнсийэбит. Хомунаалынайбытын, уоппутун, төлөпүөммүтүн төлөөтөхпүтүнэ, аспытыгар бэрт кыра харчы ордор. Онон киһи ордук-хос тугу даҕаны маҕаһыынтан ылыммат. Бэл, сиэннэрбэр кэһии курдук кыра сээкэй ылаары гыннахпына харчыбын ааҕабын.

Бука, тойоттор бэйэлэрин хамнастарын ааҕан эрдэхтэрэ буолуо. Орто хамнас -- 40 тыһыынча солкуобай буолбут диэн истэ иликпин.
Мария Никифорова, биэнсийэлээх:

 -- Мин урут эмчитинэн үлэлии сылдьыбытым. Соҕотох оҕом ыарытыйар буолан, үлэбиттэн барарга күһэллибитим. Хайдах биир биэнсийэҕэ иитиллэн олоруохпутуй, ол иһин эбиискэ буоллун диэн, кыра ону-маны атыылаан бэрт сэмэй дохуот киллэринэбин. Ыйдааҕы дохуоппут, биллэн турар, хомунаалынай төлөбүрүгэр барар. Онон нэһиилэ аспытыгар ордор, хата, дьонум тыаттан сорох сүрүн аспытын ыытар буоланнар, тулуһабыт диэххэ сөп.

Мин билэр дьонум – бары эмчиттэр. Хамнаспыт үрдээн 35-40 тыһыынча солкуобай буолла диэбэттэр. Учаскыабайдар эрэ хамнастара үрдээбитин туһунан истибиккит буолуо дии. Поликлиника, сытар балыыһа быраастарын, сиэстэрэлэрин, үлэһиттэрин хамнастара үрдүү илик. Көрөргүт курдук, бу биир эйгэни ылан көрөр буоллахха, бэрт мөкү көрдөрүү дии саныыбын. Маннык сымыйа иһитиннэриини, биллэн турар, сөбүлээбэппин.

Петрова Д.И., "Сардаана” баабырыка иистэнньэҥэ:

-- Мин хамнаһым сүүрбэ тыһыынча солкуобай, оттон кэргэним --34 ылар. Дьиэ куортамнаан олоробут, онтубутугар ый аайы 13 т.с. уонна онно эбии уотун төлүүбүт. Ол үрдүнэн син биир харчыбыт тиийбэт.

Анастасия Горохова, Дьааҥы орто оскуолатын дириэктэрэ:

-- Орто хамнаһы, туох баар чуньуобуннук, аахсыйалаах тэрилтэлэр хамнастарын уопсай ылан 40 т.с. диэхтэрин сөп. Дьон хамнаһа араас буоллаҕа дии, сорох 200 т.с. ылара, сорох олох даҕаны мөлүйүөнүнэн аахсара буолуо. Онон кыахтаах тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнастарынан суоттаан этэн эрдэхтэрэ буолуо.

Мин, холобур, оскуола дириэктэрэ, 40 тахсаны ылабын. Ону таһынан, биэнсийэм эбиллэр, онон тиийинэн олоробут. Учууталлар хамнастарын үрдэттибит дииллэр да... Билигин муҥутаан 20-25 т.с. ылаллар. Туох барыта үрдүү турар кэмигэр ол быыкаа хамнастарын сыыһа туохха тиийиэй?!

Зоя Троева, "Олимпийскай резервэ” училищетыгар харабыл:


-- Пахыый, мин ыйдааҕы хамнаһым сыыһа уонтан эрэ тахса тыһыынча солкуобай. Урут кэргэннээх эрдэхпинэ Мархаҕа дьиэ туттубуппут. Хомойуох иһин, кэргэммиттэн арахсыбытым, биир оҕолоохпун. Бакаа биэнсийэҕэ эҥин тахса иликпин. Онон биир киһи хамнаһыгар олорор буоллахпыт дии. Быстах ону-маны үлэлээн дохуот сыыһын киллэринэбин. Оттон-мастан тардыһан син олоробут.

Бырабыыталыстыбабыт хотуна "орто хамнас – 40 т.с.” диэбитин истэн баран олус кыһыйбытым. Бэйэтин хамнаһын эппитэ буолуо... Боростуой дьон хамнаһа хайдах да итиччэ буолбатах. Бары муҥутаан 20-25 т.с. ылаллар. Адьас албыны саҥарар дии саныыбын.

Яков Михайлов, "Росгосстрах” страховой хампаанньа системнэй администратора:

-- Орто хамнас – 40 т.с. дииллэрэ сөп дии саныыбын. Холобур, мин хамнаһым 35 т.с., оттон кэргэним киэнэ – 40. Оҕолоохпут. 20 т.с. дьиэ куортамнаан олоробут. Ол үрдүнэн харчыбыт син биир туохха да тиийбэт. Бакаа кирэдьиитэ эҥин суохпут, ол гынан баран харчыбыт тоҕо эрэ уу курдук барар. Сыанабыт күн-түүн үрдүү турар. Онон быстах ону-маны үлэлиибин. Дьиэ атыылаһаары былаанныыбыт.

Дмитрий Седалищев, Үөрэх министиэристибэтин проф-үөрэхтээһин ресурсатын киинин суоппара:


-- Хантан оннук буолуой?! Холобур, мин хамнаһым баара-суоҕа 20 т.с., кэргэним киэнэ эмиэ оччо. 18 тыһыынча солкуобайга дьиэ куортамнаан олоробут, онно эбии кирэдьиит төлүүбүт. Үлэбиттэн ордон быстах ханна да үлэлээбэппин. Ол кэннэ хантан тиийинэн олоруохпутуй?! Суох буолаҕа дии... Орто хамнас – 40 т.с. дииллэрин кытары сөбүлэспэппин. Сымыйа!
Анатолий Михалев, "Сахатранснефтегаз” тэрилтэ сүрүннүүр испэсэлииһэ:

-- Биһиги бырамыысыланнай тэрилтэ буоламмыт, хамнаспыт "орто хамнас – 40 т.с.” диэн этиигэ эппиэттэһэр. Ол гынан баран, ылан көрөр буоллахха, бу – олох сымыйа сыыппара. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсай саба быраҕан суоттаан баран, нэһилиэнньэҕэ үллэрбиттэрин "быһа холоон бачча буолар” диэн этэллэр. Сорох дьон мөлүйүөнүнэн хамнастаах, сорох 500 т.с. ылар буолуон сөп. Оттон нэһилиэнньэ улахан аҥаара ортотунан 20 т.с. хамнаһы аахсар. Холобур, мин ийэм үйэтин тухары учууталлаабыта, аҕам "Ростелекомҥа” үлэлээбитэ, иккиэн быыкаа хамнастаах этилэр. Мин билэрбинэн, бу эйгэҕэ балаһыанньа соччо тупсубакка турар. Бачча хамнастаах дьон хантан тиийинэн олоруохтарай, суох буоллаҕа дии. Мин эмиэ тиийинэн олоробун дии санаабаппын. Кэргэним үлэлээбэт, оҕотугар олорор. Чааһынай дьиэлээхпит, онтубутугар уоппутун, уубутун, гааспытын төлүүбүт. Онон биир киһи хамнаһыгар тиийинэн олоробут дии санаабаппын.

В.В. Игнатьев, чааһынай тэрилтэҕэ суоппар:


-- Мин хамнаһым төһөнү үлэлээбиппинэн халбаҥныыр. Сороҕор – 40 т.с. буолуон сөп. Кэргэним оҕотун көрөн олорор буолан үлэлээбэт. Үс оҕобун иитэ сатаан тиргиллэ сылдьабын. Саҥа дьиэ тутуннубут. Дуоһунастаах дьон хамнаһа үрдүк буолуо, оттон атыттар хамнастара -- намыһах. Онон Данчикова: "Орто хамнас -- 40 т.с.” диирэ сымыйа. Оннук буолбатах. Мин билэр дьонум 10-20 т.с. хамнастаахтар. Ол кэннэ хантан ылан 40 дииллэрин сатаан санаабаппын.

Антонина Петрова, "Северстрой” тэрилтэҕэ вахтер:

-- Бастаан хамнаспыт 9 т.с. этэ, билигин 15-кэ диэри үрдэттилэр. Манна биэнсийэм эбиллэр. Кэргэним быһа холоон 30 курдугу ылар. Дэриэбинэҕэ баар дьиэбитин куортамнаан баран, куоракка киирбиппит биир сыл буолла. Кирэдьиит бөҕөтүн төлүүбүт. Мэлдьи тиийбэт тирии, тарпат тараһа диэбит курдук... Өскө иккиэн ити этэллэрин курдук 40 т.с. хамнастаахпыт буоллар, баҕар, син тиийинэн олоруо этибит.
Category: Образование и наука. Школа. Детсад | Views: 1794 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 92
Ыалдьыттар (гостей): 92
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024