Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Олунньу » 6 » билиҥҥи балаһыанньаҕа уон ынаҕы ыаччылар улахан хаһаайыстыбаҕа киирсиэхтэрин сөп этэ.
билиҥҥи балаһыанньаҕа уон ынаҕы ыаччылар улахан хаһаайыстыбаҕа киирсиэхтэрин сөп этэ.
18:50
 Санааны баарынан эттэххэ...
Көмүс көлөһүммүтүн тоҕон ылбыт үүппүт киилэтин 22 солк. 50 харчыга туталлар. Астаан (перработкалаан) баран, онтубутун 50 солк. атыылыыллар.
06.02.2013 10:25 | Автор: Кыым |  
Бэйэм 70 сааспар сылдьабын. Ол да буоллар санаам батарбакка, сүөһү-ас көрүүтүттэн тэйэ иликпин. Өйдөөбөтүм, ылымматым, хомойуох иһин, элбэх. Онон дууһам этэрин хайдах баарынан тиэрдэн көрүүм. Тыа сирин фермердэриттэн сорохпут – көйгө оҕо. Ким чунуобунньуктарга илэ-сала көтөр – ол мааны оҕо. Холобур, мин саныахпар, билиҥҥи балаһыанньаҕа уон ынаҕы ыаччылар улахан хаһаайыстыбаҕа киирсиэхтэрин сөп этэ. Ону баара, миигин, 17 ынаҕы ыаччыны, "кыра хаһаайыстыбаҕын” диэн истэ да барбаттар.

Көмүс көлөһүммүтүн тоҕон ылбыт үүппүт киилэтин 22 солк. 50 харчыга туталлар. Астаан (перработкалаан) баран, онтубутун 50 солк. атыылыыллар. Эппитин балаҕан ыйыгар тыыннаах ыйааһынынан 110-нуу солкуобайга, алтынньыга букатын да 95-тии солк. туталлар.
 Отон сэтинньигэ үксүгэр 80-нуу солк. диэри түһэр.
Биир бэйэм икки ынаҕы алтынньы 2 күнүгэр туттарбытым, 57.000 солк. турдулар. ТЗЦ-лар маннык туппут эттэрин тохсунньуга диэри киилэтин 300 солк. атыылаатылар
. Бу – сиэрэ суох дьаһаныы буолбатах дуо?! Атыылаһар сыанабыт буоллаҕына аһара барда. Дьон дохуот аахсар атын үлэтэ суох буолан, тиийбэт тирии, тарпат тараһа балаһыанньалаахтар. Барыта – кырыымчык, тиийбэт.
 Оттон, иһиттэххэ, ким эрэ мөлүйүөнүнэн үбү матайдыыр. Тыа сирин дьонун санаата түһэрэ, сыыйа-баайа арыгыга ылларара, киһи дьиксиниэх, оҕо дьон бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбээн иһэрэ барыта итинтэн, о.э. дьон тэҥэ суох буолуутуттан, салалтабыт дьону икки "араасаҕа” араарарыттан кырата суох ситимнээх буолбатах дуо? "Оҕо – олох индикатора” диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Оттон тыллаах эрэ барыта кыайа-хото үөҕэр Сэбиэскэй былааспыт саҕана, олох да үөрэҕэ суох дьон 1956-1960 сс. салайар кэмнэригэр кыра холкуос уопсай мунньаҕа 3 түүннээх күҥҥэ тиийэ салҕанара. Онно биһигини, оскуола оҕолорун, оройуон кииниттэн 5-с кылаастар массыынаҕа тиэйэн таһааран, куоласка эбии гыналларын өйдүүбүн. Боппуруоһу хас биирдии үлэһит хайдах үлэлээбитинэн ырыталлара. Оҕуһунан, атынан от-мас тиэйэн, уу баһан, балбааҕы бааһынаҕа таһан олорор кэм этэ оччолорго. Биһиги Бөтүҥмүтүгэр 8 сиргэ кыстык пиэрмэтэ баара. Тыһыынчалыы сүөһү кыстыыра. Биир оччо сылгы баара. Оччолорго да уот кураан турар этэ. Ону үрэхтэри илиинэн оттоон, пиэрмэлэри көһөрөн, Милинэн, Дьолонон, Нуотаранан кыстыыллара.

 Билигин чугастааҕы да үрэхтэр таах хааллылар. Сорох бааһынай 3 гаа сирдээх. Үчүгэй, чугас сир барыта хаһаайыннаах. Олортон сорохторо куоракка, улуус киинигэр киирбиттэр. Атыттара сүөһүлэрин эһэн баран, кыччаабыта, 5 тыһ. солк. түүлүүллэр. Эрдэ тыырыллыбыт сири хаттаан түҥэтэр хайдах да кыаллыбат дуо?
Дьэ, билигин бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ отчуоттуу кэлээри аҕай сырыттахтара. Үлэлэрин сыаналатаары, тыл этэр дьоҥҥо уһаабыта 3 мүнүүтэни биэрээри. Күҥҥэ үстүү-түөртүү нэһилиэги кытта көрсөллөр. Ол кэннэ ыксал-тиэтэл бөҕө буолаллар.

 Этиэхтээх да этиэҕин кыайан эппэккэ хаалара баар буолар. Маны бу кэлэр отчуоттарга булгуччу учуоттаан, итиччэ көрсүһэ сорунан баран, киһилии кэпсэтэн, санаа атастаһан баралларын туруорсабыт. Тэлэбиисэргэ "үүт харчыта тоҕо кэмигэр оруобуна кэлэн испэтий?” диэн ыйытыы киирбитэ. Онуоха "биһиги үүт харчытын кэмигэр тиэрдэбит. Ону тиксэрээччи хайдах тиэрдэрэ, бэйэтин көҥүлэ” диэх курдук хоруй иһиллибитэ. Бу аата, тугуй?! Хоруупсуйа саҕаланыыта буолбатах дуо?

"Тыа сирэ – саха биһигэ” диэн Афанасий Максимов
ыстатыйатыгар этиллэр олоххо толору киирэрэ буоллар, дьэ, сайдыа этибит. Олохпут син көнүө этэ. Субсидия харчыта күһүн эрдэ бэриллэрэ буоллар, от атыылаһан-хайаан, сүөһү ахсаана эбиллэригэр бэлиэ тирэх буолуохтааҕа. А.Максимов курдук ботуруйуот дьоммутун харыстыаҕыҥ, көмүскүөҕүҥ.

"Лапчы” бааһынай хаһаайыстыбатын үлэһитэ, биэнсийэлээх А.Д. Маркова
Category: Экономика и СЭР | Views: 1368 | Added by: uhhan1
Total comments: 2
2 коля  
ПРАВИЛЬНО!

1 Дед  
Правильно! Все правильно. Только тойоны воруют, ну, что поделаешь? Помогают тем, кто им хорошо платить и лицемерить! И родственникам. Коррупция. Куда не езди, если там хороший зажиточный фермер, то он друг, родственник или приближенный тойона!!! Не так ли?!

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 109
Ыалдьыттар (гостей): 109
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024