Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Олунньу » 9 » Саамай сүрүн оруолланыахтаах - СР Экономика сайдыытыгар уонна промышленнай политикатыгар министиэристибэтэ баһа суох олорбута сыл аҥаара буо
Саамай сүрүн оруолланыахтаах - СР Экономика сайдыытыгар уонна промышленнай политикатыгар министиэристибэтэ баһа суох олорбута сыл аҥаара буо
22:03
 Ким тугунан дьарыктанарый?
Пятница, 08 Февраля 2013 18:28
Иллэрээ хонуктааҕыта, Ил Түмэн спикерэ Виталий БАСЫГЫСОВ, республика  медиасообществотын салайааччыларын ыҥыртаан төгүрүк остуол тэрийдэ.
Төгүрүк остуол тиэмэтэ тэрээһининээҕэр хас да бүк улахан суолталаах эбит: "Уһук Илин уонна Байкаллааҕы регион социальнай-экономическэй сайдыытын судаарыстыбаннай программатын стратегическай былааннааһына".
Спикер бу программаҕа Саха сирин кыттыһар суолун тобуларга идиэйэ наада диир, онно суруналыыстар көмө-тирэх буолалларын эрэйдэ.
***
Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар
Программа барыла баар эрээри улахан араҥа дьүүлүгэр тахса илик. Биэс илии халыҥнаах барыл аҕыйах киһиэхэ баарын туһунан былаас бүөм көрүдүөрүгэр сипсиһэллэр. Онно Саха сирин экологиятыгар сыһыаннаах (уу ыраастыыр ситим тутуута, турба уларытыыта) уот-күөс тардыыта, ГЭС тутуута онтон да атын боппуруостар киллэриллибиттэр эрээри, саамай тутаах боппуруоспут диэн ааттыыр кыһалҕабыт - тыа хаһаайыстыбата, алмаас кырыылааһыҥҥа уонна ювелирнай салааҕа Экономика ураты зоналарын (ЭУЗ) тэрийии, кыра сир баайдаах  сирдэри таҥастыыр быраап тумнуллан хаалбыттар диэн этэллэр.
***
Биһиги олохпутун, экономикабытын былаанныыр үгэстээхпит дуо?

Хайдах эрэ барыта тирээн кэллэҕинэ, "бабат" дэһэн сиирэ-халты, ыксал-тиэтэл муҥунан туттар үгэстээхпит.  Биллэн турар, ол үгэспит "соһуччу дьолго"  тиксэр кыахпытын букатын аччатан кэбиһэр. Бүгүҥҥү түбүгү кыайан быһаарар кыаҕа суох дьон сарсыҥҥытын - атыттар "быһааран" биэрэллэр. Ол кэннэ, буолуох буолбутун кэннэ "атыттарга тоҕо  элбэх, биһиэхэ наар аҕыйах тиксибитин" көрөн суланыахпыт турдаҕа.
Саамай сүрүн оруолланыахтаах - СР Экономика сайдыытыгар уонна промышленнай политикатыгар министиэристибэтэ баһа суох олорбута сыл аҥаара буолла! Бу айылаах уларыйыы-тэлэрийии буолаары турдаҕына, сүрүн министиэристибэбит салайааччыта суоҕа иэдээн эбээт. Промышленностан бюджеппитин толоруна олорор республика, промышленность министиэристибэтин  суох оҥорон кэбиһэрбит даҕаны государственнай таһымнаах толкуйбут доҕолоҥнуурун туоһута дии санаабаккыт дуо?
***
Билигин дьүүллэнэ сылдьар Государственнай программа бэҕэһээ эрэ төрөөбөтөҕө, инньэ 2009 сылтан быһа бэлэмнэнэ сатыыр. Биһиэхэ республика сайдар стратегиятын бэлэмниэхтээх тэрилтэлэр суох буолбатахтар бааллар.

Холобур, хоту сир регионун экономикатын сайдыытын тургутан көрөр аналлаах научнай-чинчийэр «Институт региональной экономики Севера» диэн тэрилтэлээхпит. Бу тэрилтэ инньэ 1947 сыллаахтан бэйэтин историятын ааҕынар. Ыраахтан силис тардар институт үөрэппит, чинчийбит, былааннаабыт да уопута баай буолуохтаах. Чуолаан, 90-с сылларга "Сир баайын туһунан" ФС "икки күлүүс бириинсибин" оҥорсубут үтүөлээхтэрэ иһиллэр. Ол бэйэлэрэ билигин кэлэн уу-чуумпулар. Институт 50 сыл инники көрөн хоту сир экономиката сайдар  суолун ааҕаан-суоттаан олоруохтааҕа. Сүгэ түһэрин кэтэспэккэ, дойдуга ханнык-туох уларыйыы, хайа өттүттэн тыал үрдэр эрэ сонно үөрэппит, чинчийбит, аахпыт-суоттаабыт барылын утары уунан иһиэхтээҕэ.
***
Аны, республикаҕа анал тыа хаһаайыстыбатын салаатын научнайдык чинчийэр институт - ЯНИИСХ (Якутский научный исследовательский институт сельского хозяйства) баар. 1956 сылтан бу институт үлэлиир.
Президент 2013 сылы - Тыа сирин сылынан биллэрэрэ былырыын күһүҥҥүттэн биллибитэ. Биллэрэрин биллэрбитэ буолан баран, бастакы кыбаартал бүтэн эрэр, ону олоххо киллэрэр механизм суох.
Президент - соҕотох киһи барытын үүйэ-хаайа тутара уустук. Ол кини ыйааҕын, дьаһалын олоххо киирэр механизмын бу институттары кытары правительство эрдэттэн толкуйдаан-хайан иһиэхтээҕэ. Идиэйэ суох буолбатах баар. Ол гынан баран ханнык да бэйэлээх сырдык идиэйэ правительство түгэҕэ көстүбэт кэнсэлээрийэтигэр тиийэн биир туочука, соппутуой туһуттан ыйы-ыйдаан тиийиэхтээх сиригэр тиийбэккэ, министиэристибэлэр, ведомстволар икки ардыларыгар мунан хаалар.
Кэнсэлээрийэ тугунан дьарыктанарый? Правительство салайааччыта ханна, хаһан барарын ону быһаарсар эрэ аналлаах дуо? Туочуканы, соппутуойу кини көннөрдүн, оттон идиэйэ ис хоһоонун тустаах салааҕа суһаллык тиэрдэн, тиксиһиннэрэн биэриэхтээҕэ. Галина ДАНЧИКОВА бэйэтэ көмөлөһөөччүлэрдээх, кини кэлэр-барар суолун ол дьон тобуллуннар эбээт. "Бүрэкирээтийэ баар буолуохтаах" диэн этиигэ сигэнэн, бачча былдьаһыкка үлэни-хамнаһы атахтыыр кэнсэлээрийэ туһата кыра, алдьатыыта улахан.
***
Уһук Илин сайдыытыгар аналлаах программаҕа тыа хаһаайыстыбата түөрт эрэ улууска (промышленнай улуустарга) болҕомтоҕо ылыллыбыт диэн Госпрограмма барылын көрбүт дьон суҥхараллар. Атын сир баайа хостоммот улуустар сордоохтор арыыланан хаалбыттар.
Владимир ПУТИН соторутааҕыта, тохсунньу 31 күнүгэр, РФ правительствотын киэҥ мунньаҕын тэрийбитэ. Манна, премьер Дмитрий МЕДВЕДЕВ дойду кэнэҕэс сайдарыгар уон сүрүн салааны ааттаталаабыта. Тыа хаһаайыстыбата - агропромышленнай комплекс (АПК) бу тиһиккэ бэһис миэстэнэн киирэ сылдьар.
Инвестиция, экономика модернизацията, аныгы технология, промышленность кэнниттэн тута АПК кэлэрэ - дойду салалтата тыа хаһаайыстыбатын суолтатын өйдөөбүтүгэр, онно улахан болҕомтотун хатыахтааҕа көстөн турар. 2018 сылга диэри дойду аска-үөлгэ куттала суох доктрината туолуохтаах диэн эттилэр.
Государство аһын-үөлүн кыайан хааччыммат буоллаҕына государство буолан бүтэр. Россия бэйэтин аһынан-үөлүнэн хааччынан баран өссө Сэбиэскэй кэминээҕи тас дойдуга аһы-үөлү атыылыыр таһымыгар тахсыахтаах диэн сорук турда.
МЕДВЕДЕВ тыа сиригэр Россия гражданнарын үс гыммыт биирэ олорорун, тыа сирэ - норуоттар уратыларын тирэҕэ буоларын бу мунньахха санатта. Онон, тыа сирин олоҕо тупсарыгар болҕомто ууруллуохтааҕын эппитэ.
Дойду салайааччылара бэйэлэринэн тыа сирин олоҕор, хаһаайыстыбатыгар, олохтоох норуот уратытын харыстыыр сыалга үлэ барыахтааҕын ыйа турдахтарына, Уһук Илин сайдар госпрограмматыгар биһиги улуустарбытыттан тоҕо эрэ түөрт оруйуон хабылынна?
Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бородууксуйата манна үлэлии кэлэр хампаанньалар үлэһиттэрин аһынан-үөлүнэн хааччыйалларын курдук, тыа сиригэр улахан болҕомто ууруллуохтаах. Республикаҕа үлэлиир, үлэлии кэлиэхтээх промышленнай тэрилтэлэр булгуччу олохтоох АПК тэрилтэлэрин кытары бииргэ үлэлиэхтээхтэрин, харчынан-үбүнэн өйүөхтээхтэрин туруорсуохха, сокуонунан бигэргэтиэххэ наада этэ (холобур, "АЛРОСА-Нюрба" АК Ньурба КПларын шефствоҕа ылан үлэлээн испитин курдук). Онно СР Доруобуйа институтун научнай үлэлэрэ төһүү буолуохтаахтар. Тымныы дойдуга үлэ-хамнас тахсыылаах буоларыгар, олохтоох бородууксуйа ордук туһалааҕын институт дириэктэрэ,  биһиэхэ буолбакка, кэлии дьон өйүгэр-санаатыгар тиийэр гына дакаастаатын.
Аһы таһынан таҥаска эмиэ санаа баара. Хаһан эрэ саха модельера "тымныы дойдуга киһи тоҥмотугар уонна туттарыгар-хаптарыгар мэһэйдээбэт гына саха таҥаһын быһыыта-таһаата мындырдык толкуйдаммыта" диэн эппиттээҕэ. Олус да халадаай ырбаахыны кэтэрдибэтэр, олохтоох тэрилтэлэр оробуочайдары спецтаҥаһынан хааччыйарга эмиэ кыттыһар кыахтаахтар.
Бу этиллибит үлэни-хамнаһы Экономика ураты зоналарын тэрийэн киллэриэххэ сөп.
***
"Экономика ураты зоналара Уһук Илиҥҥэ  ураты бэрээдэгинэн тэриллиэхтээхтэр" диэн госпрограмма барылыгар этиллэр. Бу ураты бэрээдэгинэн тэриллэр ЭУЗ испииһэктэригэр күндү таас кырыылааһын, көмүс киэргэл оҥоһуута киирбэтэх.
Күндү металл, таас республикаҕа хостонор эрээри биһиги маны дьаһайар бырааппыт суох. Дьиҥинэн, аан дойду уопутугар көрдөххө, сырье бастаан дойду иһинээҕи ирдэбили толорон баран тас ырыынакка тахсар. Биһиэхэ барыта төттөрү. Ол иһин олохтоох гранильнай собуоттар, ювелирнай тэрилтэлэр сырьеҕа саамай бүтэһик тиксэллэр, ону ааһан онтубут да кээмэйдээх - сырье туһугар өлөрсөн-үөхсэн бүтэбит.
Манна уларытыы киллэрэргэ судургу ирдэбиллээх ЭУЗ тэрийиэхтээх этибит. Билиҥҥи балаһыанньаннан 500 мөл. дуоллардаах тэрилтэ эрэ дойдуга ювелирнай-гранильнай салааҕа ЭУЗ тэрийэр кыахтаах. Республикаҕа хантан оччо элбэх үптээх тэрилтэ кэлиэй?
Биһиги "Комитет по драгоценным металлам" диэн государственнай унитарнай тэрилтэлээхпит. 90 сылларга "Сир баайын туһунан сокуон" бастакы көрүҥэ үлэлиир эрдэҕинэ, сүрдээх туһалаах, кыахтаах тэрилтэ этэ. Билигин, бу тэрилтэ күндү тааска сыһыана диэн, син биир атын кырыылыыр собуоттар тэҥэ тэрилтэ буолан хаалла. Арай, сырье ыларга бастакы уочараттааҕа эрэ атыттартан чорботоро буолуо уонна бас билиитин көрүҥэ.
Бу кэмитиэт кырыылыыр, киэргэл оҥорор салааҕа бэйэтэ этэр этиилээҕэ буолаарай? 20-ччэ сылы быһа күндү металлга, тааска үлэлээбит үөрүйэхтээх тэрилтэ саҥа идиэйэлээҕэ, көрүүлээҕэ буолуо. Уһук Илин сайдар  госпрограмматыгар республика интэриэһин туруулаһыах этэ.
***
Сир баайын хостуур быраап бүтүннүү федеральнай кииҥҥэ бэриллэн турар
. Кыра сир баайдаах сирдэри таҥастыырга субъекка көҥүл биэрэллэрин республикабыт салалтата туруорса сатыыр. Маны атын регионнары кытары тэҥҥэ туруорсан эрэ көмөлүүр кыах баара буолуо. Соҕотоҕун хайаны суулларар ыарахан.
Баайбыт-дуолбут дэлэгэй эрээри дотацияҕа олорор  "айах адаҕалара" аатырарбыт  кыһыылаах. Илиибитин-атахпытын баайбаттара эбитэ буоллар, айахпытыгар баҕас додо курдук аһаан-таҥнан син олоруох этибит.
Санаа хоту, өскөтүн судургутуллубут схеманан ЭУЗ тэрийэн, сир баайын хостоон, ону таҥастаан, бородууксуйа тиһэх көрүҥэр тиэрдэн ырыынакка таһааран, быһатын - бүтүн циклы туруорсан ыларбыт эбитэ буоллар, сотору-сотору "республикаҕытын суох оҥоруохпут" диэн куттуулларыттан даҕаны дьигиһиҥнээн бүтүөх этибит.  Экономическэй кыахтаах субъегы тоҕо ыһа сатыахтарай.
***
Госпрограммаҕа этии киллэрии кулун тутар 1-гы күнүгэр диэри ыытыллар. Санатар эбит буоллахха, бу дьыаланан ыкса ылсан үлэлии сылдьар - республика урукку президенэ Вячеслав ШТЫРОВ.
ШТЫРОВ президеҥҥэ диэри үүммүт, федеральнай таһымҥа тахсарыгар тирэх ылбыт республикатыгар ытык иэстээх
. Онон, биһиги депуттарбыт, салалтабыт этиилэрин хайа кыалларынан өйүөҕэ диэн эрэнэбит, оччоҕо эрэ кини аата Саха сиригэр өһөммөккө ааттаныаҕа.
***
Аартык.ру бу тиэмэҕэ өссө да эргиллиэҕэ. Санаабытын үллэстэ туруохпут дии саныыбыт.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру    
Category: Экономика и СЭР | Views: 1477 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024