News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Олунньу » 12 » И.Н.Барахову-115 лет. Анархия уонна саха дьыл±ата. Хааннаах автономия. Кэнчиэ±э киллэрии
И.Н.Барахову-115 лет. Анархия уонна саха дьыл±ата. Хааннаах автономия. Кэнчиэ±э киллэрии
16:20
А.Павлов-Дабыл
ҮРҮ Ҥ КҮН АННЫГАР / И.Н.Барахов норуотугар хаалларбыт үс холобура / «Прошлое - это самое страшное, что у нас есть, и что с ним делать, это самая большая проблема» Мераб Мамардашвили.
¥рµ² кµн анныгар бары тэ² буолуо этибит да кµлµмµрдэс кµлµмµ бэйэ кµ³нµгэр ілµмнэґэ тµ´эрээри ол соро-му²а. Былдьаґыы-тарыґыы тохтообот. Хабырыйсыы - хадьырыйсыы м³ккµ³рэ ки´и-аймахха хаґан да бµтµіх чинчитэ биллибэт. Олох оІоґуута оннук эбитэ дуу... Ааспыт ХХ µйэ аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаан ааста. Улуу революция, Улуу Кыайыы, Улуу дойдуну тутуу - барыта «улуу». Баар дьон оннук сыаналаан, оннук сананан сылдьабыт. Онтон кыра±а с³бµлэниэ суох курдукпут. Оттон ис-и´э хайда±ын - тугун ³йдµµргэ биллэн турар этиллибэтэ±и этэ, са²арыллыбата±ы са²ара µ³рэниэх баара дуу. Бобуллубуту, хааччахтаммыты таска та´ааран... Россия социал-демократическай хамсааґынын сирдьитэ, идеолога В.Г.Плеханов «О тезисах Ленина о том, почему вред бывает подчас интересен» ыстатыйа±а адьас эрдэ маннык сэрэппит: «... в призывах Ленина к братанию с немцами, к низвержению Временного правительства, к захвату власти и так далее, наши рабочие увидят именно то, что они представляют собой в действительности, то есть - безумную и крайне вредную попытку посеять анархическую смуту на Русской земле». Плеханов социалистическай революцияны бэлэмэ суох дойдуга оІорор аґары кутталлаа±ын ійдіті сатаабыта. Јтірµнэн кімміт алдьархай ааІныа, дьон ійі-санаата улаханнык эчэйиэ диэн этиитэ билигин да±аны эІсэ турар ой дуораана. Олорон кэлбит оло±у сирэр-сиилиир, ол очурун-чочурун аа±ар сыыґа диибит, бэйэ ыырын-ычатын тыыттарымаары. Эрдэттэн суос бэринэбит, «норуот историятын» кімµскээтэ±э буолан. Оттон ол «айах муІунан айаарар норуоппут историята» элбэх дьон дьыл±атын холбуур эбээт: кыайбыты да кыайтарбыты да, бэрди да бэттибити да. Онон хас биирдии киґи кырдьыга, дьиІэ ити иґигэр хайаан миэстэтэ суох буолуой?! Баар буолла±а дии. Дьэ ити и´ин, киґи олоххо тус холобурун сырдатыы туох да дуйа, хайыІ охсуута суох буолуохтаах. Оґу-хоґу, тосту-туора тылласпакка, баары баарынан тиэрдэр то±о сатамматый? Ол онтон, ама, сир си²ниэ, халлаан хайа ыстаныа буолла±ай даа!!! ДьиІ уонна киэргэтии Биллэр-к³ст³р ки´и биографията хас эмэ. Бастакыта -дьи²нээ±э. Онто µксµгэр бµтэ²и со±ус, сабыылаах эбэтэр а´ары мунаах буолар. Биография иккис к³рµ²э - уос номо±о. Маныаха баар буолар кµµркэтии, эбэн-сабан биэрии эбэтэр сорох дьи²и кистээн да туран киэркэтии. Автобиография, автобиографизм бы´ыытынан о²о´уллар. ¥сµ´э - идеологическай. Маны µ³лээннээхтэрэ, утумнааччылар эбэтэр ³ст³³хт³р³, чинчийээччилэр µ³скэтэллэр. Дьи²нээхтэн, номохтон уонна биллэн турар саба±алаа´ыннартан, ол и´игэр хоптон-сиптэн кытта. Бу му²утуу тэнийбит к³рµ². О²о´уу кµлµк - фантом. Итини тµргэнник к³´³²³ ³йд³бµнньµккэ кубулутуу, канонизируйдуу сатаа´ын сэбиэскэй кэм²э сайда сылдьыбыта. Партия историята гынан, норуоту онно итэ±этэргэ тиэтэйэн. Холобур, социалистическай революция улуу сирдьитигэр ЛениІІэ чугас эбэтэр чуга´ыы сатаабыт большевик аата уґулуччу дор±оонноохтук ааттанара. Букатын туспатык. Онтон арыый ойуччулары партия линиятыгар тіґі ханнык чугастарынан сыаналаан кэллэхпит дии. Элэ-была тылы анаабыттары, сирдьиттэр политикаларын турууласпыттары, утуйар ууларын умнан, идеологическай µлэ±э умса-тінні тµспµттэри о.д.а. «бытархайдары». Ол са±ана киґи олорон ааспыт оло±о ити «сыаннаска» тирэнэр эрэ тµгэнигэр аата-суола ордук «кµлµмµрдµµ ча±ылыйара». Кулгаахха кµндµтµйэн минньийэ иґиллэрэ. Оннук монументальнай историябыт к³´³²³ кµлµк уобарастара бµгµн ³лб³³дµйэ, сорсуйа бы´ыытыйдылар... Бэрт хойуккаа²²а диэри идеологическай биографияларынан сµдµ дэппит дьо²²о кими эрэ тэ²нии тутуу эбэтэр сы´ыаран ааттаа´ын сата ба´ын тардыы тэ²э буолара. Кырата хомуруллуо², кынчарыллыа² турда±а. Устунан ³ґµрµµ да барыа. Биитэр «ыт µрбэтэ±ин, ынах ма²ыраабата±ын» курдук сы´ыанна´ыахтарын эмиэ с³п. Са²ата суох хаалан. Ааххайбатахтыы туттан. «Халлаа²²а харда±астаммыт мас акаарыга» холуйан. Оннук µрдµктµк туттууга, оннук µлµгэр сатала суох сананыыга ити монументальнай фантомнар дьайыылара а´ары улахан. Памятниктар, барельефтар, монуменнар «биографиялара», »историялара» би´иги барыбыт ³йµн-санаатын итинник µлтµ кµ³нтээн сытар. Ол тµмµгэр дьи²и бы´аарар, дьи²и итэ±этэр сµрдээ±ин уустугурда. Бэл итинэн «айахтамммыттар» кытта баар быґыыны билэр эрээри ылы-чыптар. Ууну омурдубуттуу. СаІарбатах кіні диэн эрдэхтэрэ. Дьэ ити и´ин, ки´ини ки´и сиэринэн с³птµк саныыр, ытыктыыр, кэриэстиир ордук диибин, бу кэпсээммин са±алыам иннинэ.... Исидор Никифорович Иванов - Барахов саха дьонун дьыл±атыгар хаалларбыт µгµс суола-ииґэ кыралаан сіргµйэ сатыыр. Бастакы олугу охсубут киґинэн В.С.Петров буолар. Оттон уус-уран айымньыга кыбытан суруйуу ааптарынан биґиги биир дойдулаахпытын А.И.Федоровы аа±абын. Кини «Олох долгуннара» романыгар холонуутун. Маны тэІэ И.С.Клиорина «Он был!..» Ю.И.Васильев Дьаргыстай «Исидор Барахов уонна саха тыла», «Уйбаан Ороґуунускай «Биґиги Бараахаппыт» кинигэлэрин ааттыахпытын сіп. Салгыы история наукатын доктора Е.Е.Алексеев бэлэмнээн, редакциялаан таґаарбыт хомуурунньуга, И.Д.Архипов, А.А.Калашников, Э.М.Яковлев о²орбут фотоальбомнара, А.И.Кривошапкин-АйыІа «Неизвестный Барахов» кинигэтэ, дойдутугар музей арыйыы, мэІэ ійдібµнньµк туруоруу - тµірэтэ µµммµт ХХ1 µйэ тµбµгэ. Историяны атын хара±ынан кірір буолбут, ону-маны саІалыы ыйдаІардар туруктаммыт кэннэ са±аланна. Анархия уонна саха дьыл±ата Г.В.Плеханов 1917 сылла±ы сэрэтиитэ уот харахха тµбэспитэ. Россия±а буолбут социалистическай революция аан дойдутаа±ы хамсааґыІІа кубулуйбата±а. Большевиктар 1917 сылтан 1921-гэ диэри таах эрэІкэдийбиттэрэ. «Поскольку о мировой революции речи уже не шло, Ленин решил спасать ту, которую возглавлял сам, пусть даже она теперь ограничивалась останками прежней Российской империи» диир история наукатын доктора Элен Каррер д¢ Анкосс. Ханна да былааґы былдьаґыы куоракка барар. Ґрэх баґыгар, сис ойуурга тугу µллэстиэ²ий?! Ол курдук, Дьокуускай куорат эмиэ политическай охсуґуу оройо этэ. 1919 сыллаахха ахсынньы 14-15 тµµнµгэр эсер, поляк Болеслав Степанович Геллерт салайыытынан ірі туруу буолар. Геллерт оччолорго байыаннай гарнизон тойоно. Бары хаайыылаа±ы, ол иґигэр большевиктары босхолуур. Кыґыл Армия революционнай штаба тэриллэр. Холуобунай буруйдаах, фальшивомонетчик Х.А.Гладунов штаб начальнигынан талыллар. Кини тэрийэн, ахсынньы 27-28 тµµнµгэр Геллерты кыыллыы іліріллір. Јлірµµгэ Ф.Я.Лебедев - коммунистар-большевиктар партияларын бастакы баґылыга, Л.Л.Даниш- ревштаб чилиэнэ, Н.А.Романченко - кэлин байыаннай гарнизон хамандыыра быґаччы кытталлар. Маннык дьонноох Х.А.Гладунов былааґа 1920 сыл бэс ыйыгар диэри турбута. Ити кэм иґигэр бастакы кыґыл террор буолар. Олунньу 19 кµнµгэр уобалас урукку 13 салайааччытын «кµрдьµккэ» ытыалаан кэбиґэллэр. Аны туран, муус устар 20 кµнµгэр Саха уобала´ын Иркутскай губерниятыгар туспа оройуон гынар ту´унан дьа´ал тахсар. Ити сыл бэс ыйыгар М.К.Аммосов салайааччылаах атын біліх, байыаннай кµµс кэлэр. Революционной комитет µіскµµр. Тµ³кµн уонна ³л³рµ³хсµт Х.Гладунов онно чилиэн. Атырдьах ыйыгар саха интеллигенциятын «Оросин саагыбарыгар» кµтµрµµллэр. Саха сирин Япония±а арааран эрэллэр диэн политическай дьаралыктаан. Онуоха «Саха аймах» культурнай-сырдатар тµмсµµ µрэллэр. «Саха сою´а», «К³²µл», «Федералистар» хамсаа´ыннар лидердэрэ В.В.Никифоров-Кµлµмнµµрµ уонна биир санаалаахтарын хаайаллар. Дьиэ кіскі µµрэллэр. Инньэ гынан саха интеллигенциятын а±ам саастаахтарыгар бастакы улахан охсуу о²о´уллар. Сµµрбэччэ сыл норуоту сµрµннээн кэлбит интеллектуальнай, духовнай кµµс балачча эчэйэр. ¥рэллибит хамсаа´ын оннугар сэтинньи 7 кµнµгэр большевиктар «Саха омук» обществоны тэрийэллэр. Дьэ ол кэнниттэн эрэ Саха уобала´ын губерния о²орор ту´унан Сибревком дьа´ала тахсар. Террор иккис сµґµі±э итинник тµмµктэнэр. Бала±ан ыйын 8 кµнµгэр 1920 сыллаахха саІа кэлбит біліхтін Саха губерниятын революционнай комитета бигэргэнэр: Н.Г.Юдин председатель. Чилиэннэрэ - П.А.Ойуунускай, М.К.Аммосов. Юдин бириэмэтигэр 1921 сыллаахха «олунньутаа±ы саагыбар» диэн сымыйа дьыала оІоґуллар. Манна саха интеллигенциятын орто, эдэрчи саастаахтара тµбэ´эн ³л³лл³р. «Саха омук» бобуллар. Террор бу µґµс сµґµі±э нэ´илиэнньэни сµрдээ±ин дьулатар. Олунньу 23 кµнµгэр Исидор Барахов, Платон Ойуунускайы кытта Омскайга тиийэн В.В.Никифоровы, Р.И.Оросины, И.Давыдовы кытта к³рсµ´эр. Кэпсэтии тµмµгµнэн µлэ´ит дьону уонна партията суох интеллигенцияны сэбиэскэй µлэ±э кытыннары² диэн к³рд³´µµ сурук бэлэмнииллэр. Онтулара телеграмманан Дьокуускайга тиийэр. Исидор Никифорович итини бэлэмниир уонна бастакынан илии баттыыр. Дьокуускайдаа±ы губпартком (И.П.Редников) уордайар. Утары µ²сэр. Контрреволюционердары кытта куомуннаста диэн... Большевиктар Х сьезтэрин кэнниттэн Саха сиринээ±и партия губкомун председателинэн аны Г.И.Лебедев ананар. Итиниэхэ Емельян Ярославскай бы´аарыыта уонна Максим Аммосов ы²ырыыта улахан оруолламмыт. Ити ту´унан Г.И.Лебедев «Накануне» диэІІэ чорботуна эппиттээх. Са²а µґµс секретарь кэлиэр диэри партийнай µлэни И.П.Редников тутан олорбута. Бу ки´и кы´ыл террортан «маппатах». Доппуруостарга бэйэтинэн кыттыбыта диэн буолар. Оннук кыайан-хотон 1921 сыл бэс ыйын 15 кµнµгэр диэри сылдьыбыт. Партия саІа салайааччыта Лебедев бэйэтин тула кэлии дьону мунньар уонна олохтоохтору былааска чугаґаппат, саха дьыл±атын туруорсууну утарар позициялаа±а. Оннук политиканы олохтоон барар. Кини кэллэ кэлээт партийнай µлэ тохтубутун бэлиэтиир. Сорох эппиэттээх µлэ´иттэр эбээ´инэстэрин толорбокко дойду киинигэр бµгэллэрин, олохтоохтортон «государственнай та´ым²а толкуйдуур дьон» суо±ун бэлиэтиир. Кырдьык, бу этии сорох ³тт³ оруннаах. Уобалас бас-к³с дьонун уонна интеллигенцияны µстэ т³хтµрµйэн кыргыы, дьону кыыллаа´ын, куоттарыы кэнниттэн ким кинилэргэ чуга´ыай! Ыраа±ынан, дьалты сылдьар к³н³ курдуга. Ки´иэхэ барытыгар кµн сырдыга ба±алаах. Ким итиннэ киирэн ³лµ³й, санаан да к³рд³хх³. Платон Ойуунускай биир мунньахха «Саха аймах» ту´унан эппитэ боротокуолланар. Онон партия эрэллээх саллаата национализмІа кµтµрэнэр. Лебедев итини истээт, µлэтиттэн уураттара сатыыр. Сууттуохха диэн модьуйсар. Ону Исидор Барахов, нуучча рабочайа Д.Т.Браташ кімµскэґэннэр этэ²²э хаалбыта. Тыыппатахтар. Маныаха да±атан эттэххэ, Г.И.Лебедев, А.В.Агеев, А.Г.Козлов кы´ыл террору ыыппыттара диэн оруна суо±ун, эрдэтээ²²и салайааччылар «революционнай µлэлэрин» кэлтэйдии кинилэргэ баайсар сыы´атын билиниэх кэри²нээхпит. Хата ол оннугар, былааска «омукта´ар» охсу´ууну кµ³ттээбиттэрэ диир с³б³ чахчы. Кинилэр ³ттµлэриттэн бу кэлтэйдии барбыта. Онон да буолуо, 1921 сыллаахха партия тэрийэр-инструкциялыыр салаатын салайааччыта Исидор Иванов-Барахов «К вопросу о якутизации» диэн ыстатыйаны хаґыакка бэлэмниир. Онтукайа быґыллан-отуллан тахсар. Тохсунньуга.«Бывают иногда такие очевидные несуразности, которых никто не замечает именно потому, что они укореняются в течение ряда десятилетий и даже столетий в результате порабощения целых народностей и подавления самодеятельности отдельных наций, как например, вопросы о языке в Якутии». Ити курдук, Лебедев ыытар национальнай политикатын Исидор Никифорович аґа±астык бэчээккэ сэмэлиир. Партийнай салалта сыы´атыгар сыґыанын чопчу этэр. Кини бу - бастакы холобура.«Быґах биитинэн» Сэрии кµµґµнэн кµінтээбиттэри сэмэлиир сэрэхтээ±э. Буолаары буолан, бэйэлэрин тылларынан, бэйэлэрин хаґыаттарыгар. Лебедев чугас до±отторо А.В.Агеев (чекист тойоно), губерния Ревтрибуналын председателэ А.Г.Козлов - буолалларын умнар табыллыбата. Ону ійдµµ-ійдµµ Барахов бу халбархай суолга турбута. Манан кини кырдьыгы этэртэн ча±ыйбатын биллэрэр. Тиґэ±эр тиийэ киирсэр санааланар. Онуоха олус то±оостоох кэм µµнэр - Нестор Каландарашвили то´уурга тµбэ´эн ілµµтэ. Мантан сылтаан Каландарашвили уонна Лебедев дьоно утарыта турсубуттара. Сы´ыан икки ³ттµттэн сытыырхайар. Хата дьолго диэххэ дуу, олохтоох байыаннай кµµстэри салайар Савлук иэрэІ-саараІ буолуута, Лебедевтыын тапсыбата улаханнык абырыыр. Барахов бу тµгэни олус тµргэнник таба ту´анар. Широких-Полянскайы, Савлугу кытта µ³скээбит бы´ымах бы´ыыны хайдах тохтоторго. биир тылы тµргэнник булар. Ол ту´унан Ойуунускай «Ааспыт кµннэр-дьыллар» диэн суруйуутугар манныгы ахтар: «Савлук, Полянскай, Барахов буоланнар бэйэлэрэ туспа сµбэлэспиттэр - Агеевы, Козлову, Лебедевы хаайарга уонна бу восстаниены саІа куорманан, политиканы уларытан умуруоруохха диэн». Кулун тутар 10 тµµнµгэр байыаннай политическай мунньахха диэн ааттаан Лебедевы, Агеевы ы²ыраллар. Балар улаханнык саарыы-саарыы, кэлимээри сы´а-сы´а киирэн биэрэллэр. Савлук бу тµµ²²µ мунньа±ы арыйар уонна «Лебедев, Агеев, Козлов буоланнар командующайга туох да к³²µлµ биэрбэттэр, хаайан тутан олороллор» диир. Бу кэнниттэн И.Я.Строд сµµрбэччэни кыайбат ки´илээх киирэн, барыларын бэриннэрэр. Савлук итиниэхэ Лебедевы, Козлову, Агеевы хаайарга та´аарбыт бирикээ´ин аа±ар. Кулун тутар 11 кµнµгэр Губбюро салалтатын уларытар ту´унан киэ² ы²ырыылаах пленум мунньа±а са±аланар. Кэлбит дьоно И.С. Барахов, И.Б.Слободской, Д.Т.Браташ, П.Ф.Савлук, С.Ю. Широких-Полянскай, З.Эренбург, П.А.Ойуунускай, Стихарев, Козырин, Богословскай, А.Д.Стефанюк, И.Слесарев, Ерашов, М.Ф.Пясецкай, Л.М.Тверской буолаллар. Барахов пленум мунньа±ар председателлиир. Пленум бы´аарыытынан губбюро секретарынан талыллар. Н³²µ³ кµнµгэр Дьокуускай куораттаа±ы партийнай тэрилтэ мунньа±а ити бы´аарыыны ылынар. Салгыы кулун тутар 18 кµнµгэр И.С.Барахов кандидатуратын Сиббюро бигэргэтэр. Кини ити курдук сахалартан аан бастакынан партия ыытар политикатын сµрµннээччи буолар. Россия µрдµнэн 1922 сылга партия чилиэнин 72% нуучча этэ. Итинэн да±аны, партия политикатын олохтооґуІІа олохтоох дьону кытыарыы олус мілті±і. Кытыарбат да тµгэннэр бааллара. ССРС бигэргэммитин эрэ кэннэ коренизация политикатын сыыйа са±алаабыттара. 1927 сылга нууччаны партия±а ылыы 62% тэІнэспитэ. Онон саха дьоно тіріібµт дойдутугар µрдµкµ партийнай былааска тахсарыгар Исидор Никифорович сабыылаах турбут ааны тэлэччи арыйбыта. Саха эдэр к³лµ³нэтэ государственнай, политическай µлэ±э кыттар, норуотун дьыл±атын туруула´арыгар кыа±а µ³скээбитэ. Кини бу - иккис холобура. Политиканы уларытыы И.Н. Барахов партийнай µлэни илиитигэр ылаат, са²а былаас политикатын нэ´илиэнньэ±э ³йд³т³, µчµгэй ³рµттэрин биллэрэ-к³рд³р³ сатыыр. Ордук сытыы сорук - ³р³ турууну тохтотуу этэ. Биэс сыл кэри²э аймаммыт, айгыраабыт урукку уу нуурал оло±у са²алыы оннугар тµ´эриэм диэтэххэ, а´ары кытаана±а. Дьон ³й³-санаата алдьанан, туохха да кимиэхэ да эрэммэт, итэ±эйбэт буолууну эмискэ туох к³нн³рµ³ баарай! Ханнык да бэйэлээх ылсан биир-икки хонукка ³р³ тарпат ини, бэл билигин да±аны... Гражданскай сэриини тохтото охсорго кулун-тутар муус устар была´ын тухары С.Широких-Полянскайы, Ойуунускайы кытары сµрµн докумуоннары бэлэмниир. Олунньу 18 кµнµгэр Лебедев салайар губбюротын президиума тезистэрин олоххо киллэриини са±алыыр. £р³ туруу кыттааччыларыгар политическай, гражданскай бырааптарын т³нµннэрии, бэриммит дьон баайдарын-дуолларын тыыппат, былдьаабат буолуу соругун инники кµ³²²э та´аарар. Онуоха «Идеология бандитизма и наши задачи», «К братьям якутам, восставшим против советской власти», «Каландаришвили и якуты», «Взаимное понимание и доверие, как основа наших будущих взаимотношений с трудовым населением края» курдук ырытыы ыстатыйалары суруйар. Кулун тутар 27 кµнµгэр губревком «К братьям якутам, восставшим против советской власти» ыІырыыны ійµµр. Онно илии баттыыр. Муус устар 27 кµнµгэр САССР тэриллиитин со±уруу²²у Киин былаас бигэргэтэр. Оттон 30-с чыы´ыла±а САССР ту´унан губревком манифе´а тахсар. Маны Байкалов арыый эрдэ курдук к³рбµт. £р³ турааччылары «чачаппыт кэннэ» буоллар диэбит. Ойуунускай онуоха маннык хардарбыт «Автономия кэлбит быраа´ынньыгын ыам ыйын ма²найгы кµнµгэр о²оробут, онон автономия ту´унан политика уларыйарын этэр манифест хойутаан тахсара сатаммат, уонна манифест диэн тыл былыр былыргыттан бэрт сыаналаах тыл норуокка, онон манифест тахсыбыт, амнистия биэрэллэр µ´µ диэн бэринээччи элбэх буолуо±а, хаан тохторо аччыа±а». £р³ туруу кыттыылаа±а, саха µ³рэхтээ±э М.П.Слепцов-Отоороп амнистияланаат эппит эбит: «Э´иги кыайдыгыт, би´иги кыайтардыбыт, армия±ыт-саа±ыт кыайбата±а - политика±ыт кµµ´э би´игини сиэтэ».Бу – Исидор Барахов µ´µс холобура . Хааннаах автономия Бэс ыйын са²атыгар «Классовое содержание Якутии», «Закон эволюции и наши мудрецы» ыстатыйалара тахсар . Саха сиригэр кылаассабай охсу´ууну ыытар сыы´а диэччилэргэ ту´аайан, т³тт³рµтµн дакаастыы сатаабыта. Норуот бэйэтин и´игэр баай-дьада²ы диэн арахсара суох, олорбуппут курдук олоруох диэни т³рдµттэн утарар. Бу биир ³ттµнэн норуот и´игэр хайды´ыыны та´аарбыта саарба±аламмат. Ону кэм ирдэбилэ, киин былаас политикатын сабыдыала диэхпитин с³п. Оннук да буолуохтаах буолла±а - ол сылларга. Бэс ыйын 14 кµнµгэр М.К.Аммосов дойдутугар Москваттан айаннаан, тµ³рт борохуотунан Петербургтаа±ы стрелковай полк биир батальонын, Сибиирдээ±и сэттис холбо´уктаах этэрээти, артиллерийскай батареяны, байыаннай флотилияны илдьэ кэлэр. Барахов оннугар Саха губбюротын секретара буолар. Уйу´уйан кэлбит Петербургтаа±ы полк сэриитэ бэс ыйын 21 кµнµгэр Нам сиригэр Никольскайга тахсар. Онно мустан биэрбит улахан сэбэ-сэбиргэлэ, бэлэмэ суох сµµ´µнэн ки´ини µлтµ кыргар. Кэлии кµµстэр ити курдук Саха сирин µгµс э²эрдэригэр инньэ Ньылха²²а тиийэ сэбиэскэй былаа´ы бигэргэтэн бараллар. Онон автономияны олохтуурга хаан тохтубата±а курдук саныыр бэрт олуона. Профессор А.И.Гоголев «Якутия: век ХХ» монографиятыгар итиниэхэ да±атан маннык диир: «По подсчету Байкалова в огне гражданской войны погибло около 1200 красноармейцев. А число погибших участников белого движения, повстанчества и мирного населения не установлено». Саха сиригэр биир ³ттµттэн итиччэ сµтµк. Оттон Никольскайга а±ыйах чаас и´игэр т³´³л³³х ки´и тыына быстыбытай?! Биллэн турар а±ыйах ахсааннаах норуокка 1918-1928 сыллар была´ын тухары саалаах-саадахтаах сэрии дьоно олохтоох нэ´илиэнньэни т³б³тµн «имэрийээри» тиэстибэтэ±э чахчы. О²остон, тэриллэн кэлэ-кэлэ. Оттон бµтµн Россия±а бу хааннаах си´иктэ´иигэ 8 м³лµйµ³н киґи ³лбµт, 2 м³лµйµ³н сырдык тыынын куоттара омук сиригэр куоппут. Революция иннинэ саха ахсаана 200 ты´ыынчаттан тахса эбит буолла±ына, ол ахсаанын 1960 эрэ сыллаахха хос толорунан нэ´иилэ хатылаабыта эрэ. Бу - дьулаан хартыына! Саха сиригэр автономия декларативнай та´ым²а эрэ хаалбытын биир туо´утунан партия уобаластаа±ы комитетын му²ур былаа´а буолбута. Интеллигенция±а сыґыан Автономияны эйэлээхтик олохтуурга суолу-ии´и тобулар туспа кы´ал±а кы´айбыта. Онуоха интеллигенцияны хаттаан тµмэр, µлэ±э кытыарар сорук тириир. М.К.Аммосов «Открытое письмо к якутской национальной интеллигенции» диэнин от ыйын 18 кµнµгэр 1922 сыллаахха Саха губерниятын бюротун пленума дьµµллэґэр. Онно Максим Кирович «Я призываю нацинтеллигенцию громко и всенародно заявить о своем переходе на сторону соввласти» диир. Буолан ааспыты санаа±ытыгар туппакка умнуохтааххыт диир. Умнуу уонна умуннарыы оннук судургу µґµі! Дьон оло±о µрэллибиитэ, дьыл±ата сарбыллыыта манан а±ай буолбат. Атырдьах ыйыгар Исидор Никифорович «Советская власть и якутская интеллигенция» диэн улахан ыстатыйаны бэлэмниир. Эмиэ итинник ис хо´оонноох «Об отношении к якутской интеллигенции» диэн суругу К.О.Гаврилов бала±ан ыйын 18 кµнµгэр уобаластаа±ы партийнай тэрилтэ±э тµ´эрэр. Мантан к³ст³рµнэн, саха µ³рэхтээх дьоно уонна былаас хардарыта чугаса´ар, бииргэ µлэлиир торуму була сатаабыт эбит. Бу ыІырыы µтµі тµмµгэ тоІустар 1924-1925 сыллардаа±ы ірі турууларын тохтотууга кімілііх буолбута. Партията суох интеллигенцияттан А.В.Давыдов, В.Н.Леонтьев, Г.Г.Колесов, И.И.Прядезников, А.Д.Широких, Г.Ф.Сивцев уонна да атыттар советскай тутулу олохтооґуІІа кыттан барбыттара. Ол эрээри балартан сорохторо репрессия дэгиэ тыІыра±ыттан мµччµ тµспэтэхтэрэ. Бу кэм²э Россияттан нуучча интеллигенцията, гуманитарнай наука чулуулара µµрµллµбµттэрэ: философтар Н.Бердяев, С.Франк, С.Булгаков, социолог П. Сорокин уо.д.а. КиэІник биллэр, ааттаах-суоллаах дьону суох оІортуур судургута суо±а. Аан дойду туох диэй, диэн тардына быґыытыйдахтара. Атыттары, арыый кыра «ысталлаахтары» кыґыл террор дібіІнµк мэІиэстибитэ. Ханна да оннуга. Ол иґигэр Саха сиринээ±и партийнай салалта бу маассабай илбиґирииттэн туора туттубата±а. Онон интеллигенция±а сыґыан ала-чуо саха±а тупсан кэлэрэ бэрт уустуга. Коммунистическай µ³рэ±и олохтуурга бары атын µ³рэ±и суох гынар тосхол букатын эрдэ киирбитэ. Ону ³йд³³бµттэри тутатына суох гынан испиттэрэ. Итиниэхэ, биллэн турар, интеллигенция ³й³³б³т ³тт³ булгуччу кыргыллыахтаа±а. Кэнчиэ±э киллэрии Исидор Барахов биографиятыгар биир «кэбирэх» миэстэнэн «Ксенофонтовщина» буолар. Маны хайдах да тумнар табыллыбат. То±о диэтэххэ, Исидор Никифорович обком секретарынан µлэлээбит кэмэ. Ити иґин, быґаччы сыґыаннаа±ынан аа±ан, историктар ылбат-биэрбэт икки ардынан сыґыаннаґаллар. Тумна кіті сатыыллар. ДьиІэр бу µірэтиллиэхтээх этэ. То±о инньэ диибин? И.Н.Бараховы автономия олохтоноотун кытта 1923 сыл иккис аІарыгар Москва±а µірэтэ ыыталлар. Онно кини 1926 сыл бэс ыйыгар диэри сылдьар. ¥³рэ±ин бµтэрбитин кэннэ партия обкомун секретарынан аныыллар. Олунньу 20 кµнµгэр 1927 сыллаахха обком бастакы пленумугар секретарынан талаллар. Кулун тутар 27 кµнµгэр 1928 сыллаахха µлэтиттэн уураталлар. Бы´атын эттэххэ, дьи²эр сыл уонна биир ыйтан ордук кэм эрэ сµрдээх уустук политическай охсу´уу кµ³нµгэр тµбэ´эр. То±о кини кэлээтин кытта ала-чуо бала´ыанньа уустугурбутай? Маны саас-саа´ынан кыратык ырытыах. Барахов µ³рэххэ барбыт кэмигэр тµірт киґи секретардыыр: М.К.Аммосов (1922-1923), К.Р.Герценберг (кулун тутар-ахсынньы 1923), Е.Г.Пестун (1923- бэс ыйа 1925), В.В.Дьяков (алтынньы 1925- тохсунньу 1926). Ґс сыл устата партийнай салалта тµіртэ уларыйар. Онуоха маннык быґыы-майгы µіскµµр: 1)тас дойдуларга тахсар сирдэри былдьаан, границаны бµ³лµµр дьа´алы толоруу барар. Ол тµмµгэр Охотскай муора кытыытыгар тоІустар ірі тураллар; 2) «Интернационализация» диэн ааттаан Алдан кімµґµгэр дьону тастан киллэрии са±аланар. Нэ´илиэнньэ итини утарар; 3) саха эр киґитин аармыйа±а ылыыны сібµлээбэт буолуу; 4) Республика Конституциятын уларытыыны интеллигенция ійіібіті; 5) былааска олорооччулар µбµ-харчыны сатаан тыырбаттара с³бµлэппэт буолуута; 6) партията суохтар оппозициялара µ³скµµр. Онон бу барыта тµмµллэн киэІ айдаан тахсар сибикитэ улааппыта. Ити да иґин секретардар бииртэн-биир тэскилиир аакка барбыттара. Кинилэр µіґэттэн кэлэр партийнай директивалары, инструкциялары толороот тµргэнник уларыйан испиттэрэ. Олохтоох дьон кыґал±атын бы´аарыы кыаллыбата±а. Исидор Никифорович Барахов кэлэригэр бала´ыанньа ха´аа²²ытаа±ыр да ты²аабыта. Кини ³сс³ µ³рэнэ сылдьан, µ³скээн эрэр бы´ыы-майгы сорох ³рµттэрин хайдах туоратар ту´ун толкуйдаан барбыта. Ону Песту²²а суругар к³р³бµт: «Нажимая на нас в интересах Ленских приисков на доставку скота, ЦК бьет не по нашему аппарату, как он предполагал, а по сельскому хозяйству Якутии». Алдан к³мµ´µн тµ³рэ ба´ар ту´угар саха ки´итин э´эр турукка тиэрдэн эрэллэриттэн Исидор Никифорович улаханнык аймаммыта. Аны туран, «Ксенофонтовщина» са±аламмытыгар партия улуустаа±ы ячейкаларыгар ту´аайбыт суругар (27.09.1927) «не принимайте никаких необдуманных, могущих дискредитировать партию действий, не поддавайтесь панике...» диэн этэр. Кини итинэн гражданскай нэ´илиэнньэни аймаабат буоларга дьулуспута. Исидор Никифорович дойдутугар т³нн³н кэлиитэ о²о´уллан турар политическай кэнчиэ±э киирэн биэрии этэ. Бу ньыманы бары национальнай кадрдары суох о²орууга 30-с сылларга диэри ССРС-ка кµµскэ ту´аммыттара. 18 сыл эрэ кэнниттэн сахаттан И.Е.Винокуров партийнай салалта±а а±ыйах сылга тахсар кыахтаммыта... Олох балысхан долгунугар а±ыйах ахсааннаах норуот о±устарыыта куруук улахан. Онуоха тµс-бас дьон бы´аарыныыта, сµрµннээ´инэ хайда±ыттан дьыл±а биллэ тутулуктанар. Итини И.С.Барахов оло±ун сорох холобура кэрэ´илиир. Кини биир сµрµн уратыта масонство сыалын-соругун буолбакка, норуот кы´ал±атын инники кµ³²²э туппута буолар. Партия ыытар политикатын норуокка кµµ´µлээн толорторуу, со²ноо´ун суолун му²утуу тумна сатаабыт мындыр салайааччы эбитин кини араас ³рµттээх µлэтэ туо´улуур. Дьону харыстыыр, сыаналыыр, суолталыыр майгытын итэ±этэр чахчы эмиэ а±ыйа±а суох. Ба´ыйар санаа сыар±атыгар олорсуу судургу да д³б³² да. То±о диэтэххэ, киэ² халлааны хастыыр идея ордук кыра ки´иэхэ бэлэм хахха, киэ² дурда буолар µгэстээх. Итиннэ дугуйдаммыт ха´ан да ночоотурбат. Мэлдьи «ылардаах» хаалан и´эр. Холобурун, аатырбыт Емельян Ярославскай хайдах этэй? Ленин тыыннаа±ар 1918 сыллаахха «Великий вождь рабочей революции Владимир Ильич Ленин - Ульянов» брошюраны суруйан, басты² ленинец дэппитэ уонна тута Кремль µлэ´итигэр кубулуйбута. Оттон Ленин ³лбµтµн кэннэ аны Сталин ³²³тµн «Истории ВКП(б)» µйэтитэн инньэ 1943 сылга бэриниилээх сталинист ааттаммыта... ххх Масоннар аан дойдуга партия бы´ыытынан таска тахсыылара (легализация) мэлдьи баар суол. Кинилэр ки´и-айма±ы µµннµµр-тэ´иинниир «сырдык ыра санааларын» норуоттар кы´ал±аларынан саптынан бэрт µчµгэйдик, у´уннук олороллор. Ханна да оннук. Арай кыра уонна улахан диэн арахсан эрдэхтэрэ буолуо. Ити эрээри ыытар µлэлэрин ис хо´ооно биир: бастаахтары кырга-кырга дьон ³йµн-санаатын ба´ылаа´ын... Коммунистическай масонство - олус улахан кистэлэ² тэрилтэ. Ки´и-айма±ы бµтµннµµтµн салайар сыаллаах-соруктаах µлэлиир. Билигин да±аны ону салгыы турар. ХХ µйэ±э бу тэрилтэ саамай улахан империяны - Россияны бэйэтигэр ходу´а о²остубута. Утопическай µ³рэ±и олоххо киллэрии суолун к³рд³³н. Онуоха иэдээннээхэй эксперимены ыыппыта. Масонство биир сµрµн утопическай µ³рэ±э коммунизм. Бу µ³рэ±и «амта´ыйарга» туруммут Россия норуотун трагедията на´аа дири². Ол кыаллыбата±ын тµмµгэр Россия урукку империятыгар гражданскай сэрии, кылаассабай охсу´уу, кы´ыл террор, репрессия, политическай сойуолаа´ын од.а. дьулаан бы´ыы-майгы буолуута - би´иги дойдубут биир феноменальнай уратыта. «Масонство улуу сыалын быыґаары Ленин быстах кэмІэ Россия±а федеративнай тутулу ылынарга, Сою´у тэрийэргэ 굴эллибитэ» дииллэр аныгы сорох историктар. Кырдьыга да онуоха майгынныыр суол-иис µгµс: диктатура кэнниттэн дойду и´игэр со±отох партия былааґын бигэргэтии, утопическай идеяны б³±³рг³т³рг³ унитарнай государствоны тутуу, бу к³м³тµнэн салгыы аан дойдуну ба´ылыырга дьулу´уу... «Мы за ценой не постоим» дииллэринии, µрµ² кµн анныгар ки´и ³йµн сµµрэр араас ыра санаанан мэ²иэлээн, аан дойдутаа±ы коммунистическай масонство кими да тугу да харыстаабата±а. Ол и´игэр норуоттары кытта. Барыга бары кµтµрээн: омугумсуйууга, дойдуну «³ст³³хх³ атыылаа´ы²²а», «та²нарыыга», «куттаныыга» о.д.а. Ити ха´ан да, ханна да±аны масоннар булгуруйбат сокуоннара. Бу сокуон «оонньуутугар» ким да тэ²²э «оонньо´ор» кыа±а суох. Ону билигин да ³йдµ³х кэри²нээхпит, онно-манна тарбачы´ыах, кыбыллыах иннинэ. А.Павлов-Дабыл
И.Н.Барахову-115 лет. http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=2518516&f=2 5 Каландрашвили http://www2.forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?f=15&id=1952004
Category: История, философия |
Views: 2218 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 82
Ыалдьыттар (гостей): 82
Кыттааччылар (пользователей): 0