Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Олунньу » 12 » Үөһээ Бүлүү МӨРҮӨНЭБЭ Ил Түмэҥҥэ, бу да сырыыга, Үөһээ Бүлүү-Горнай быыбардыыр уокуругуттан депутат мандатыгар киирсиэҕэ.
Үөһээ Бүлүү МӨРҮӨНЭБЭ Ил Түмэҥҥэ, бу да сырыыга, Үөһээ Бүлүү-Горнай быыбардыыр уокуругуттан депутат мандатыгар киирсиэҕэ.
16:33
 Таатта талыылара
Aartyk.Ry кэлиэхтээх быыбардары ыраахтан чуҥнуурун салгыыр.
***Хаһааҥҥыта эрэ талах курдаах Таатта уолаттара билигин курдарын матырыйаала уларыйда, күндүтүйдэ. Сыаналаах тирииттэн тигиллибит курдарынан куоһаммыт уолаттар Дьокуускай куорат Думатыгар даҕаны Ил Түмэҥҥэ даҕаны дэлэччи хаамсаллар.
Дьокуускай депутаттарын мунньаҕар бааллар: Дьуур уола Өлөксөөндүр ДАНЬЫЫЛАП, Айаал Сэмэнэбис БУУРСАП, Өлөксөй Миитэрэйэбис БӨТҮРҮӨП. Ил Түмэҥҥэ олороллор: Аппанааһый Ньукулаайабыс МАХСЫЫМАП, Руслан Мэхээлэбис БЫЛАТЫАНАП, Өлөксөөндүр Ыстаппаанабыс МӨРҮӨНЭП. Бары да былаас сыанатыгар баалларын биллэрэр уола хаан уолаттар диэтэҕиҥ. Арай, МӨРҮӨНЭП Үөһээ Бүлүү быыбардыыр уокуругуттан депутаттыы сылдьар буолан уопсай күргүөмҥэ быстах оруолларга эрэ тиксэн хаалар быһыылаах.
***
Сэбиэскэй саҕана улуу дьон уйата буолбут буруйдарыгар, "сээн" дэммэккэ сылдьыбыт таатталар, былырыыҥҥыттан саҕалаан "буру-буру" диэн бурҕачыһан туран кэллилэр.
Саха норуотун ааһан киһи-аймах дастайаанньата буолбут суруйааччыны "биһиэнэ эрэ" диэн былдьаан ылан көмүс уҥуоҕун "приХватизациялааһын" эҥин көстүтэлээн ааһар, хайыыр. Биир президеҥҥэ олорон атыҥҥа өйдөбүнньүк туруораллар диэн...

Таатта - саха санаалаах МЕККАТЫНАН биллэриллибитин кэннэ, Саха сиригэр икки эрэ "саха улууһа" хаалла. Биирдэрэ, биллэн турар - Таатта, иккиһэ - тыл этээччи ханнык улуустан төрүттээҕиттэн тутулуктаах. Холобурга, Үөһээ Бүлүү кулубата Владимир ПОСКАЧИН этэр буоллаҕына: Таатта уонна Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан чаччыыната этэр буоллаҕына: Таатта уонна Уус Алдан, Ньурба хорохоото этэр буоллаҕына: Таатта уонна Ньурба... Чэ, сити курдук, дакылаатчыт хайа сиртэн хаан таттарыылааҕынан быһааран хайдах баҕарар "дьиҥнээх саха улууһун" аатыгар тиксиэххэ сөп.
***
Үчүгэй уолаттар, туох да диэбит иһин. Манчаарылыыбыт, уматабыт, баартыйабытын уларытабыт, дэриэбинэттэн аһыыбыт... быһатын сиэрэй олоххо өҥү киллэрэллэр, сибиэһэй салгын угаллар.  Ол быыһыгар быыбар чугаһаан "саха" диэҥҥэ сыһыаннаах "Таатта улууһа кыттыылаах" тэрээһин бөҕөтө кырыы-кырыытынан барар.  Улуус түмсүүтүн тула сылдьааччылар "Өрүөл кэриэһигэр" тиийэ гимн суруй да диэн олоҥхоһуттары муннукка-ханныкка анньан одьо-бадьа көрдөрүөхтэригэр диэри көрүдьүөстэһэллэр.  
***
Билигин биһиги таатталары туораппаппыт
: Ил Дархаммыт биир таатта көмөлөһөөччүтүн киин аэропорду дьаһайтара ыытан баран, атын тааттаны көмөҕө ылла. Таатта уола - Уйбаан ОНДУРУОҺАП "Саха" НКИК президенэ, улахан президент сылаас хараҕынан имэрийэ көрөр уола. Уйбааны, өссө Таатта-Томпо быыбардыыр уокурукка Ил Түмэҥҥэ депутатынан бэлэмниэр диэри Аҕа баһылыкка чугастык тутуллар.
***
Сатахха, улуус баһылыгын быыбара Ил Түмэн быыбарын кытары быйыл тэҥҥэ түбэстэ. Онон, икки болдьох субуруччу кулуба дуоһунаһыгар үлэлээбит билиҥҥи баһылык - Мэхээлэ БЫРДЬАХААНАП санаата туолан, үрдээн Ил Түмэҥҥэ кыттабын диэн суоһурҕаммыта ыраатта.

БЫРДЬАХААНАП Чурапчы быыбардыыр уокурукка киирбит - Таатта нэһилиэктэриттэн тирэнэн тахсар санаалаах диэн кэпсииллэр. Туолуо дуо?
Өс түбэһи санатар эбит буоллахха, ааспыт баһылык быыбарыгар Мэхээлэ Өлөксөөндүрэбис "тэлэбиидэнньэ" Уйбаан Ондуруоһабын бииргэ төрөөбүт убайын - Эҥэнтэйи (соторутааҕыта аҕай Өлүөнэ уутун бассейнын управлениетын салайааччытынан анаммыта) быыбарга кыайбыта. Улахан Ондуруоһап бу да сырыыга, быраата Ил Түмэҥҥэ турбата буоллар, кулубаҕа сананыахтааҕа хаалла диэн этэллэр.
Билиҥҥи бэлиитикэ уһун күн уонна, кылгас күн биэстэ уларыйар. Онон быыбар чугаһаатаҕына, баҕар, ким-ким кандидатынан туран кэлиэҕэ өссө биллибэт. Ини-биилэр, дьон сүөргүлээбэтэр эрэ, тутуспутунан да быыбарга кыттыннахтарына бааламмат: биирдэрэ улуус баһылыгар, иккистэрэ- Ил Түмэҥҥэ. Ок-сии! Дьэ, үчүгэй бэтиэҥкэлэһии буолсу...
***
Баһылык быыбарга кыттар буоллаҕына, солбуйааччыта эмиэ көҕүйэр.
БЫРДЬАХААНАП кэнниттэн саппай уопсан Онотуолуй БОЧОРУУКАП диэн солбуйар кулуба, бастайааннай кулуба буоларга тииһэ сылдьара иһиллэр
. Ол иһин "Таатта улууһа кыттыылаах" туох да буолунай пиар-тэрээһини иилии-көҕүлүү сылдьара биллэр. Кыахтаахха - былаах, кытааттын - кииристин.
Итинник соргу тыллары билиҥҥи "ньыгыллар" испииһэктэринэн, Ил Түмэҥҥэ мунньахтыыр Руслан БЫЛАТЫАНАП эмиэ истиэн баҕарар: БЫЛАТЫАНАП - баһылыкка, МАХСЫЫМАП - Ил Түмэҥҥэ Таатта-Томпо уокуругуттан. Икки киһи кыттыһан аҕытаассыйаларын ыытыахтарын былаанныыллар дииллэр.

БӨТҮРҮӨП Өлөксөй быыбарга кыттаары кычыгыланар үһү да, төрөөбүт улууһугар баһылыктыы барарын дуу, Дьокуускайын ханнык уокуругуттан Думаҕа дуу, Ил Түмэҥҥэ дуу киирсэрин чуолкайын эппэккэ эрэйдэтэлээтэ дииллэр. ЗАБОЛЕВ курдук  мээри бүдүрүппүт эрэт буораҕын ханан тэлгэтэрин тобула сылдьар буолуохтаах.
***
Буурсаптаах икки Дьуурабыс икки арай киин куораттарыттан ханныы да халтарыйбат былааннаахтара иһиллэр. Иккиэн "ньыгыллар", испииһэккэ да киирэн киирсэн көрөр санаалаахтар. Арай, Думаҕа баралларын дуу, Ил Түмэҥҥэ туралларын дуу баартыйалаах дьон быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык тарҕаппаттар.
Халлааны харбыы сатыахтааҕар, сиргэ бигэтик тирэммит ордук дуу,  генерал буола сатыыр саллаат ордук дуу? Ханныгын да иһин, "Пионер" эргиэн ситимэ, "Киин" киинэ тыйаатыра иккиэн үүнүөхтэрин-сайдыахтарын, аныгы кэм ырыынагын ыгыытыгар тыыннаах хаалалларыгар - депутат мандата олус наада.  
***
Харчыны хаардыы кэһэ сылдьар банкир - Өлөксөөндүр МӨРҮӨНЭП, Үөһээ Бүлүүнү таптаабыта ыраатта эрээри, "таптала быыбар хампаанньатын эрэ кэмигэр көбөр" диэн электората абарар. Ол гынан баран, "Алмаасэргиэнбаан" управляющайа МӨРҮӨНЭП дьиҥнээх куратора, Үөһээ Бүлүүтээҕи улахан аптарытыат - Айсиэн НЬУКУЛААЙАП биир дойдулаахтарыгар биир тыллаах: "Талыҥ!" - диэтэ да күргүөмүнэн кими баҕарар тала сүүрүөхтэрэ.
Онон, хаанынан - Таатта, корпоративка сыһыанынан - Үөһээ Бүлүү МӨРҮӨНЭБЭ Ил Түмэҥҥэ, бу да сырыыга, Үөһээ Бүлүү-Горнай быыбардыыр уокуругуттан депутат мандатыгар киирсиэҕэ.
***
Туохха да баҕарбат, силигэ сиппит дьонтон олох салҕар. Онон киһи баҕалаах, ыралаах буолуохтаах. Арай, ол ыра киһи дьиҥнээх кыаҕын кытары дьүөрэлэстэр ханнык.
***
Аартык.ру   
Category: Выборы | Views: 1584 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 85
Ыалдьыттар (гостей): 85
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024