Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Олунньу » 21 » “федеральнай киин В.Матвиенконан Арассыыйа нэһилиэнньэтигэр бэрт сотору кэминэн улахан бөдөҥсүтүү саҕаланарын туһунан информацияны тиэрдэр”
“федеральнай киин В.Матвиенконан Арассыыйа нэһилиэнньэтигэр бэрт сотору кэминэн улахан бөдөҥсүтүү саҕаланарын туһунан информацияны тиэрдэр”
15:26
 Бөдөҥсүтүү: Матвиенко «пиара» дуу, Кириэмил илдьитэ дуу?
21.02.2013 11:42 | Автор: Владимир Степанов |
Кыым.Вадимир Путин быыбар иннинээҕи Арассыыйаны күүһүрдэр-кыаҕырдар бырагырааматын иһигэр киирбит 7 ыстатыйатыттан, билигин национальнай боппуруос эрэ тула үлэ күөстүү оргуйар курдук. Сайдыыбыт атыла-хардыыта кэҥиирин ол эрэ мэһэйдээн турарын курдук өйдөбүл үөскүүр. Туох да кыайбат хоруупсуйата тоҕо ааҥнаан дойду экэниэмикэтин сиэн эрэрин, судаарыстыбаннай былаас хаһан көдьүүстээхтик үлэлиэҕин эҥин туһунан боппуруос инники күөҥҥэ тутуллубат. Дьиҥэр, хоруупсуйа ыраастанара, көдьүүстээх үлэ тэриллэрэ, экэниэмикэ күүһүрэрэ буоллар, дьон омугунан күнүүлэһиитэ, иирсиитэ бэйэтэ да сыыйа сүтүөн сөп этэ. Оннук буолбатах дуо?

***
Олунньу 13 күнүгэр Федерация Сэбиэтин спикерэ В.Матвиенко Татарстаҥҥа "РФ субъектарыгар хоруупсуйаны утары охсуһуу сокуон-быраап уонна институттары олохтооһун төрүттэрин тупсарыы» диэн билим-практическай кэмпириэнсийэтигэр сырытта. Ол эрээри, манна кини Арассыыйа үрдүнэн хоруупсуйаны уодьуганныыр уоттаах-төлөннөөх тыллары эппэтэ. Ол оннугар, бу тэрээһиҥҥэ туох да сыһыана суох тиэмэ өрө тутулунна. Кини ити сылдьан Татарстан дьокутааттарын кытта көрсүһүүтүгэр «регионнар хайаан да бөдөҥүөхтээхтэр уонна Арассыыйа үрдүнэн бэрэсидьиэн диэн сололоох регион салайааччыта суох буолуохтаах» диэн эппитэ ордук дорҕооннонон, сиэллэнэн-кутуруктанан иһилиннэ.

"Үрдүк сололоох хотун мээнэҕэ эппэт” дииллэр.

«Регнум» информация ааҕыныстыбатын ыйытыгар татаардар биллэр уопсастыбаннай деятеллэрэ Фандас Сафиуллин «Москуба бөдөҥсүтүү боппуруоһуттан букатын батына илик эбит, ол баҕата билигин саҥа таһымҥа тахсыбыт. Матвиенко "бөдөҥсүтүүгэ бэлэмнэниҥ, эһигини онуоха-маныаха диэри тыыппаппыт эрээри, Универсиада кэнниттэн саҕалыахпыт” диэн сэрэтэ кэлэ сырытта» диэн хоруйдуур. Кини санаатыгар, Арассыыйаҕа барытыгар «Татарстан ваххабиттар уонна террористар уйалара буолла» диэн өй-санаа тарҕатыллар. Кырдьык, киин тэлэбиидэнньэҕэ өтөр-өтөр Татарстаҥҥа Хотугу Кавказка майгынныыр балаһыанньа үөскээбитин курдук санааны соҥнуур сюжеттар көстөллөр. Уопсайынан, ислам итэҕэлэ баар буолла да, ваххабиттар, террористар булгуччу онно кыттыгастаахтарын курдук өйдөбүл үөскээн эрэр.

Бөдөҥсүтүү туһунан Казань федеральнай университетын политологияҕа доцена Н.Игнатьев «В.Путин бэрэсидьиэнниир болдьоҕун саҕаланыытыгар, норуот итэҕэлэ улахан, былааһа күүстээх эрдэҕинэ, регионнары бөдөҥсүтүүнү, өрөспүүбүлүкэлэргэ бэрэсидьиэн институтун суох оҥорууну саамай сүрүн сорук оҥостор курдук. Онон Матвиенко сырыыта мээнэҕэ буолбатах. Кини бэрэсидьиэнтэн көҥүлэ суох итини эппэт» диир.

Итиннэ олоҕуран, «Регнум» бу икки эспиэр "федеральнай киин В.Матвиенконан Арассыыйа нэһилиэнньэтигэр бэрт сотору кэминэн улахан бөдөҥсүтүү саҕаланарын туһунан информацияны тиэрдэр” дииллэрин курдук түмүгү оҥорор.

Баҕар, буолуо. Баҕар, Матвиенко Татарстан курдук күүстээх өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэн "ыарыылаах боппуруоһу” таарыйан бэйэтин рейтинин үрдэтээри холоноро буолуо. Биллэрин курдук, кини С-Петербурга губернатордаан олорон, куорат хаарын-мууһун ыраастыыр үлэни кыайбакка, нэһилиэнньэни улаханнык кыйахаан, куотан кэриэтэ Федерация Сэбиэтигэр барбыттааҕа. Ол кэлээт, хара бастакыттан Федерация Сэбиэтин суолтатын үрдэтэр санаалааҕын эппитэ, сенатордар регионнартан быыбарданан кэлэллэрин ситиһиэм диэн андаҕайбатаҕа эрэ. Ол туһуттан Төрүт Сокуон тустаах ыстатыйатын субу уларытыах курдук туттубута-хаптыбыта.

Эҕэлээх тыллаахтар Матвиенко Федерация Сэбиэтигэр кэлиитин «Подгорнайы дьахтар буолан тиллиитэ» диэн кытта үгэргииллэр. Л.Брежнев улугуруутун саҕана ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун өр сыл салайбыт Николай Подгорнай устуоруйаҕа баартыйа былааһын диктатурата муҥутуур күүһүрбүт кэмигэр, сокуон былааһа сиргэ-буорга тэпсиллибит кэмин символын быһыытынан киирбитэ. Дойду былааһын үһүс киһитэ да буоллар, туох да быһаарар оруола, былааһа суоҕуттан, көрүнньүк дуоһунаһыттан В.Матвиенко бэйэтэ да муунтуйар буолуон сөп.

***

Кини Федерация Сэбиэтигэр "улахан уларытыыны киллэриэм” диэҕиттэн ыла икки сыл кэриҥэ ааста. Ол эрээри Федерация Сэбиэтэ билиҥҥэ диэри «бочуоттаах астаапкаҕа ыытыллыбыт тойоттор түмсэр кулууптара» буолан бүтэ илик.

Урукку өттүгэр В.Матвиенко саҕалаабыт, дойду үрдүнэн аарыгырбыт аарыма былааннарыттан, кырдьыгынан эттэххэ, биирэ да олоххо киирэ илик. Холобур, кини дойду суутун былааһын барытын Петербурга көһөрөр, онно кэлэр субсидиянан куорат бүддьүөтүн күүһүрдэр былааннааҕа. Онтон баара-суоҕа Төрүт Сокуон суута эрэ көспүтэ. Атыттар Москубаҕа хаалбыттара. Кини Абрамовиһы үтүктэн «Газпром», «Роснефть», «Транснефть» курдук судаарыстыба кыттыылаах хампаанньалар сорох тэрилтэлэрин Петербурга регистрациялатан нолуок киириитин элбэтээри гыммыта да, ол эмиэ кыайтарбатаҕа.

Матвиенко бөдөҥсүтүү идиэйэтинэн "рейтинин үрдэтэрэ” эмиэ саарбах соҕус. Бөдөҥсүтүүнү утарааччылар билигин өссө элбээн тураллар.

Олунньу 19 күнүгэр «Собеседник» сурунаал саайтыгар тахсыбыт биир ыстатыйаҕа В.Матвиенко «Арассыыйаны фэншуйдуон» баҕарбытыттан туох да тахсыбата буолуо диэн эҕэлээн этиллибит. Санаан көрдөххө, биир өттүнэн, регионнар аҕыйаатахтарына Федерация Сэбиэтин чилиэннэрин ахсаана эмиэ кыччыыр, онтон эмсэхтэнэн олорор хара баһаам чунуобунньук хамнаһа, өҥөтө, чэпчэтиитэ барыта тарҕатыллан, норуот олоҕун уйгутугар туһаайыллар курдук. Аны туран, баай уонна дьадаҥы регионнары холбоһоннор, судаарыстыбаттан дотация көрдөөһүнэ, араас умналаһыы аҕыйыыр, «баай ыаллар дьадаҥылары» кытта харчыларын үллэстэргэ күһэллэллэр,  ол аайы федеральнай киин кыһалҕата кыччаан барар. Матвиенко кими кимиэхэ холбуурун туһунан "өсс да эрдэ” диэн биллэрбэт. Ол эрээри, «Собеседник» үөрэтэн көрбүтүнэн, «процесс баран иһэр” эбит. Тамбов уобалаһын сорох салайар боломуочуйата саҥата-иҥэтэ суох Липецкэйгэ бэриллибит. Тула уонна Воронеж уобаластара "саҥа тэриллэр Киин Черноземнай күбүөрүнэ административнай киинэ” ханна буоларын хайыы-үйэ былдьаһа олороллор үһү.

Регионнар бары бөдөҥсүтэри үөрэ-көтө күүтэр буолбатахтар. Арай, элбэх иитимньилээх, "аччык айахтаах” Архангельскай уобалаһа, аҕыйах нэһилиэнньэлээх эрээри «ньиэп харчытыгар сөтүөлүүр» Ненец автономнай уокуругун ымсыырар сураҕын истэбит. "Бөдөҥсүтүүнү наар кинилэр күөртүү сатыыллар” дииллэр.

Киин Арассыыйа регионнарын бөдөҥсүтүү дьоҥҥо-норуокка тугу туһалыахтааҕын туһунан ким да тугу да эппэт. Арассыыйа сирэ-уота киэҥ: уобалас киинэ уларыйдаҕына, балыыһа, оскуола, биэнсийэ, атын да социальнай бопуруостар кыһалҕаларын быһаарыллыыта букатын кыайтарбат турукка киирэр, иирсээн төрдө буолар.
«Регнум» ааҕыныстыба ыйытыытыгар Воронеж судаарыстыбаннай университетын социологияҕа уонна политологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, бэлиитикэ билимин дуоктара, профессор А.Глухова: "Ити олус кутталлаах сигнал. Бөдөҥсүтүү билигин хайдах барар кыаҕа суох. Дойду экэниэмикэтин туруга түһэн иһэр. Социо-култуурунай, бэлитиичэскэй өттүттэн эмиэ уустуктар бааллар. Уопсастыба ортотугар биир санааланыы суох. Билигин, төттөрүтүн, былаас бэртикээлин салгыы күүһүрдүү наада”, -- диэн хоруйдуур.

Оттон Оренбург политолога Б.Калмантаев: "Бөдөҥсүтүү боппуруоһа дьону дьиҥнээх кыһалҕаттан аралдьытар эрэ сыаллаах оҥоһуллар. Онто да суох, Матвиенко Волгоград куорат аатын төттөрү уларытар туһунан тыллаһан сөбүн болҕомтону тарта. Кини билигин бөдөҥсүтүүгэ кииристэ. Ити барыта балаһыанньаны барытын көрөн-хонтуруоллаан олорор киһи аатын ылаары сымыйа, хойгур тыллаһыы, билигин Федерация Сэбиэтин үлэтэ нуулга тэҥнээҕин бары билэбит
”, -- диир.

Матвиенко бөдөҥсүтүү «кыымын сахпытыгар» Хотугу Кавказ федеральнай уокуругун полпреда А.Хлопонин "национальнай өрөспүүбүлүкэлэри бөдөҥөтөр боппуруоһу олус сэрэнэн туруоруллуохтаах, биһиэхэ омуктар икки ардыларынааҕы сыһыан бэрт сытыы» диир. Ол да буоллар кини сорох регионнары, экэнэмиичэскэй өттүнэн көрөн, бөдөҥөтөрү утарбат.

В.Путин бастакы болдьоҕун бэрэсидьиэннээн олорон Усть-Орда бүрээттэрин, коряктары, коми-пермяктары кыахтаах, баай регионнарга холбообута да, олор олохторо тупсубута иһиллибэт
. Кинилэр тупсубуттарын дуу, өссө иэдэйбиттэрин дуу ким эрэ анаан ырыппыт, чинчийбит да сураҕын истибэппит. Аны туран, тэҥ кэриэтэ нэһилиэнньэлээх Киин Арассыыйа регионнарын "баай-дьадаҥы” диэн холбооһун эриэ-дэхси барарын, олохторун тупсарарын ким да билбэт. Экэниэмикэ боппуруостара, дьон олоҕун таһымын үрдэтэр сорук регионнары холбуу суулуур административнай, бэлитиичэскэй дьаһалынан быһаарыллыбата чуолкай.

Урут Хрущев совнархозтары тэрийэр кэмигэр бөдөҥсүтүү эмиэ ыытыллан турардааҕа. Ол эрээри, эспэримиэн уһаабатаҕа. Барыта төттөрү сааһыламмыта.

Манна даҕатан эттэххэ, билигин ахта саныыр Брежнев саҕанааҕы туруктаах кэммит (М.Горбачев саҕана ону субу сайдан барыах дьон курдук, "улугуруу кэмэ” дииллэрэ) Хрущев бөдөҥсүтүүтэ тохтообутун кэннэ кэлбитэ. Брежнев саҕанааҕы курдук чуумпу, нам-нум олоҕу тутар былааннаах буоллахтарына, итини учуоттуохтарын наада этэ.

Төттөрүтүн "ССРС кыра омуктарын ахсаана элбээн иэдээн буолууһу, нуучча омуга баһыйтаран эрэр” диэн идиэйэ ССРС-ы ыспытын бары билэҕит.

Бөдөҥсүтүү норуот баай-тот, үрдүк таһымнаах олоҕун хааччыйар соруктааҕын туһунан кэпсииллэр. "Тойон-хотун ахсаана аҕыйыа, былаас бэртикээлэ күүһүрүө, модернизацияны олоххо киириэ, судаарыстыба көдьүүрстээхтик салаллар буолуо” дииллэр. Ити тыыннаах дьон интэриэһин, сир-уот, олох-дьаһах, сиэр-үгэс уратытын учуоттаабат, роботторы салайар собуот менеджерин санаатыгар майгынныыр.

Сорохтор "бөдөҥсүтүү Столыпин дойдуну 11 регион оҥорор санаатын салҕааһын чэрчитинэн барыахтаах. Ол иһин федеральнай уокуруктар күүһүрүөхтээхтэр” дииллэр. Билигин Уһук Илин сайдыытыгар ураты болҕомто уурулунна. Бэл, «Дальстрой» курдук боломуочуйалаах, бэйэтэ туспа сууттаах-сокуоннаах, айдааннаах корпорация тэриллиэх курдук. Бөдөҥсүтүү "баайдаах дьадаҥы ыалы күүһүнэн биир дьиэҕэ симии” курдук чычаас таһымынан буолбакка, холобур, Уһук Илин бырагырааматын олоххо киллэрии курдук сөҕүмэр бырайыакка маннааҕы регионнары барыларын кытыннаран, биир сыалга-сорукка түмэн, олохторун таһымын үрдэтэн ситиһээри гыналлара буолуо. Буолуон сөп. Дьон биир санаа тула түмсэр, үлэтэ тахсар. Ол эрээри, Столыпины олус сибэтиэй оҥостор сатаммата буолуо. Сүүс сыл анараа өттүгэр кини реформата үтүө түмүгү биэрбитэ буоллар, ыраахтааҕылаах Арассыыйа өрөбөлүүссүйэҕэ тиийиэ суоҕа эбитэ буолуо. «Дальстрой» бэйэтин кэмигэр дьон соругар-муҥугар тирэҕирэн бэркэ айаатаан аҕай олорбута да, күүс өттүнэн оҥоһуллубут буолан, бэрт түргэнник үрэллибитэ. 50 сылынан ону санатар туох да хаалбатаҕын кэриэтэ. Күүһүлээн-күһэйэн оҥоһуллубут хаһан да өнүйбэт үгэстээх.

Бөдөҥсүтүүнэн, «былаас бэртикээлинэн», биир баартыйанан күөнтээн дьон күүрээнин-дьулуурун, уопсастыбаннай актыыбынаһын хам баттыыр оннугар, муниципальнай былааһы уонна салайыы тиһигин күүһүрдүөх баара. Билигин биһиги нэһилиэктэрбит эстэр-быстар турукка тиийэн олороллор. Олохтоох дьаһалталар уустугу, кыһалҕаны быһаарар болмуочуйалара да, харчылара да суох. Төһө да Кириэмилгэ бииртэн биир улуу, муударай «идиэйэлэр, инновациялар, модернизациялар» толкуйдаммыттарын иһин, олохтоох бэйэни салайыныы нэһилиэккэ, муниципалитет алын таһымыгар тиийиэн, нэһилиэк былааһа күүһүрүөн иннинэ ол олоххо киирэр кыаҕа суох.

Уопсайынан, тугу да түптээн олохтоохтук оҥорбокко, туппакка, барытын холоон көрүү, эспэримиэн таһымынан уларыт да уларыт, булкуй да булкуй буола олорон үтүөнү, кэскиллээҕи тутарыҥ уустук. Баары, урут айыллыбыт үтүөнү-бастыҥы харыстаан хааллара сатыыр уонна онно олоҕуран дьон олоҕун таһымын үрдэтэр, Арассыыйаҕа төрүт олохтоох омуктар үгэс буолут тылларын-култуураларын, олохторун уобараһын күүс өттүнэн "көннөрө”, уларыта сатаабакка кэскилээхтик дьаһанар, нэһилиэнньэ сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буоларын хааччыйар ордук буолуо этэ.

 
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1576 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 109
Ыалдьыттар (гостей): 109
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024