Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Олунньу » 24 » Марха улууһун (Ньурба) бастакы баһылыга Петр СЛЕПЦОВ – Дьоондоор кулуба Дьокуускай уобалаһыгар Степной Дума тэриллиэн икки сыл иннинэ (!) 1
Марха улууһун (Ньурба) бастакы баһылыга Петр СЛЕПЦОВ – Дьоондоор кулуба Дьокуускай уобалаһыгар Степной Дума тэриллиэн икки сыл иннинэ (!) 1
10:50
 Ханналарый хаҥыл хааннаах Ньурба ньургуннара?
Воскресенье, 24 Февраля 2013 02:13
...Быыбар иннинэ улуустары ырыта олорон, Ньурбаҕа тиийэн кэллибит. Тула-мала, эргийэ көрө сатаатыбыт да, хомойуох быатыгар киирсиэх айылаах кими да таба булан ылбатыбыт... 189 сыл - икки үйэ кэриҥэ историялаах, биир саха улахан, былыргы  улууһуттан быыбарга туруох айылаах киһи суоҕа эчи ынырык да буолар эбит!
Аматын да иһин, аньыы да тахсыбытын иннигэр, саатар биир - күөн туттар өркөн өй, баламат күүс түмүллүбүт, төрөөбүт сирин аатын дорҕоонноохтук сүгэр  киһи көстүбэтэҕэ сүрүн-баҕаһын... Тоҕо, туохтан маннык айылаах арҕаспыт суулунна? Тоҕо туохтан маннык айылаах аччаан-куччаан хааллыбыт? Ахсым ат уорҕатыгар хатаастар, хайаны суулларар хабараан майгыбыт ханна баран симэлийдэ? Айаас аты сыһытар  өргөс-кылаан уохпут ханна тохтон баранна?
Биһиэхэ бааллар этэ эбээт, дьорҕоот, чулуу хааннар, инники күөҥҥэ сылдьар сытыы өйдөөх, тобуллаҕас уоланнар, Саха сирэ барыта киэн туттар саарын эрдэр, күлүмүрдэс кыргыттар. Бааллар этэ эбээт...
***
Бэҕэһээҥҥитэ суох - бүгүҥҥү бүдүмүк, сарсыҥҥы сатаҕай.
Киһи, норуот – кимин-ханныгын эрэ биллэҕинэ, бу олоххо чуо миэстэтин булар, кыаҕын хото таһаарар. Ол иһин хас эмэ сүүһүнэн сылларга дьиҥнээх историябытын умуннара, силиспитин-мутукпутун сарбыйа сатаатахтара. Бэйэтин дьоһуннук сананар кыра-хара омук улуу империя интэриэһигэр сөп түбэспэтэ биллэр.
Ньурба сахалара - дириҥ силистээх-мутуктаах, кэрэхсэбиллээх историялаах омук субай хаанынан, өй-санаа көмүрүөтүнэн  ааттаммыт хаҥыл хаҥаластартан хаан тардар хаарыан дьон буоллахтара. Дэлэҕэ даҕаны, ааспыт үйэ саҕаланыытыгар улуус хаһыстаан эмэ хаттаан тэриллэригэр  "Хаҥалас” диэн ааттатаары туруорсан турбуттара буолуо дуо! Саха уустарын холбоон судаарыстыбаннас тутулун олохтуурга дьулуспут, дарханнары төрөтөр, төрүт итэҕэли тутар улуус аата, ханна эрэ Бүтэй Бүлүү түгэҕэр сөргүйэн тахсара үрүҥ ыраахтааҕы холуонньатыгар уот кэриэтэ кутталлаах этэ. Ол иһин ити санаа төрдүттэн суох оҥоһулла сатаабыта. Өбүгэлэрбит (билиҥҥи биһиэхэ холоотоххо)  бэйэлэрин историяларын, кимтэн кииннээхтэрин  билэр уонна сыаналыыр этилэр.  
***
Санааҥ көрүҥ, Марха улууһун (Ньурба) бастакы баһылыга Петр СЛЕПЦОВ – Дьоондоор кулуба Дьокуускай уобалаһыгар Степной Дума тэриллиэн икки сыл иннинэ (!) 1825 сыллаахха Марха улууһугар кииннээн Бүлүү уокуругун Степной Думатын тэрийэ сатаабыт.
Мархаҕа кииннэнэн тэриллиэхтээх Степной Думаттан дьон тугу кэтэспитий? Куорат сирдэрин сахаларга биэрэри, нуучча дьаһалтата улуустарга сылдьарын хааччахтыырга, нууччалары сахалар ортолоругар күүһүнэн олохсутары боборго, арыгы тарҕатар кабактары сабарга, оскуолалары арыйарга, сууту сахаларга биэрэргэ, онтон да атын хорсун модьуйууну туруорбуттар.  
Киинтэн ыраах, түҥкэтэх сиргэ маннык инники күөҥҥэ сылдьар өй-санаа күөртэммитэ сөҕүмэр! Оннооҕор билигин "көҥүл”, "киһи бырааба” диэн өйдөбүллэр баар үйэбитигэр итинник модьуйсуохпутун даҕаны санаабыт кыайбат. Оттон 19-с үйэ саҕаланыытыгар... саллымар.
Дьоондоор кулуба - дьадаҥы ыалтан, чыҥха бэйэтин өйүнэн-кыаҕынан, дьонун-сэргэтин туһугар кыһалларынан нэһилиэк кинээһэ, онтон улуус кулубата буолбут киһи.
Бүлүү уокуругун, Дьокуускай уобалаһын салалтата Дьоондоор кулуба "инородецтары иирдэрин”  туһунан 147 сирэй тухары дьыала тэрийэллэр. Уонна "смута " көрдүгэнин ылҕата, кулубаны  тутан ылан өлөрөргө анаан хаһаак этэрээтин кигэн ыыталлар. Ыраахтааҕы былааһыттан куттанан, атын Бүлүү улуустарын баһылыктара Дьоондоору таҥнаран, Бүлүү уокуругун салалтатыгар "биһиги кыттыгаһа суохпут” диэн донуос суруйаллар. Онно кинини ким көмүскүүрүй? Бэйэтин дьоно-сэргэтэ!
Бу айылаах сэптээх-сэбиргэллээх, кырыктаах хаһаактар үтэн-анньан кэлбиттэригэр  ньурбалар утары баран куттаммакка-чаҕыйбакка киһилэрин быыһаан ылаллар.   Дьон туһугар үлэ – итинник  көмүскэли биэрэр!
Дьоондоор, кулубанан  талыллан баран, таһыырынан накаастабылы суох оҥотторор, сир түҥэтэр, нолуок төлүүр туһунан сокуоннары Дьокуускайга кэлэн оҥорсор.  
Кини дьонун түмэр, салайар кыаҕын ытыктаан өссө Атыыр кулуба диэн ааттыыллара. Өркөн өйүнэн норуотун инники күөҥҥэ сирдээн, хаххалаан, көмүскээн, кыһаллан олороруттан кинини АТЫЫР – улахан, улуу, бастыҥ диэн ааттаатахтара. Кини өлүөр диэри төрөөбүт нэһилиэгэр кинээстээбитэ. Хас сырыы ахсын уобалас былааһа бопсо сатыыра даҕаны, дьон туруулаһан туран, Дьоондоор кулубаларын салайааччынан талан иһэллэрэ.
Оннук улуу дьоннордоох этибит...
***
Билигин этинэн-үүтүнэн бэйэбит айахпытын да ииттинэр кыахпыт суох. 18-19 үйэлэргэ ньурбалар бэйэлэрин улуустарын эрэ буолбакка Өлүөхүмэни ааһа баран, бүтүн Тайҕаны – Бодойбо бириискэлэрин этинэн-аһынан, оҕуруот аһынан, бурдугунан хааччыйаллара. Бу кэпсэтиилэрэ киэҥин, сатабыллара далааһынын! Билигин суол суох диэҥҥэ сигэнэбит, оттон сүүстэн тахса сыл анараа өттүгэр суол-иис тупсаҕайа буолуо дуо? Аны, Тайҕа иһэ – ороспуойдарынан, өлөрүөхсүттэринэн кып-кыймаҥнас. Балары төлө көтөн ааһыахха диэтэххэ, кырдьык да  дьулурҕан майгы ирдэнэрэ.
***
Ньурбалар Бодойбоҕо ас-үөл, тимир оҥоһуктарынан эрэ  эргинэринэн муҥурдаммакка, өссө көмүс хостуур промышленноска саха улууһуттан аан бастаан элбэх буолан киирбит чахчылаахтар. 1858 сыллаахха 40 киһини улуус кулубата - Евсей ИВАНОВ тэрийэн-бэрийэн бириискэлэргэ үлэлэтэ ыытар. Кулуба, бу дьонун ыыталаан баран умнан кэбиспэт. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри ыыппыт дьонун дьылҕатыгар көмөлөһө, өйөһө олорбута биллэр.
Өбүгэлэрбит балтараа үйэ анараа өттүгэр промышленность суолтатын өйдөөбүттэрэ. Билигин биһиги субу хоннохпут анныгар сытар Накыын алмааһыгар кыттыһар кыахпыт суох. Чугаһаппаттар, атаҕастыыллар үһү... Ыҥыралларын кэтэспэккэ быыс-хайаҕас булан көҥү көтөн киириэххэ наада!
Улуус үрдүнэн Накыыҥҥа хас киһи үлэлиирий? 50-ну кыайбат... "ону даҕаны куһаҕан, быстах-остох үлэни биэрэллэр”. Москуба биирдэ тутуллубатаҕа, тойон буолан төрөөбөттөр.  150 сыл анараа өттүгэр өссө дьиикэй, ньэгэй усулуобуйаҕа биһиги дьоммут үлэлээбиттэрэ. Промышленноска үлэлээн уһун сону кэтэн 1-гы гильдиялаах атыыһыкка тиийэ үүммүттэрэ.
***
Билигин буоллаҕына, ханнык эрэ икки сүүс туһуттан ааты алдьатабыт, сууту кэлэтэбит. Оттон бааллара этэ эбээт биһиэхэ, сүүс сыл анараа өттүгэр 3-4 мөлүйүөнү эргитэр уола хаан эр бэртэрэ.
Степан АЛЕКСЕЕВ – Боһуут. Сибиир аатырбыт атыыһыттара – Кушнарев, Коковин эргиэн дьиэлэрэ эргитэллэрин саҕа үбү – 3- 4  мөлүйүөнү бу биһиги киһибит эргитэрэ.
Боһуут – 1-гы гильдиялаах саха атыыһыта, бу иннинэ биэс сылы быһа нуучча атыыһытын  борохуота таһаҕас таспытын быһа түһэн,  аан бастаан Бүлүү сүнньүгэр борохуоттары аҕалтыыр. 1910 сыллаахтан халлааҥҥа тиийэ хабырынар уһуутуур улуу борохуоттар ньурбалар сылгыларын-сүөһүлэрин этин-үүтүн, тимиртэн уһаарбыт туттар  сэбиргэллэрин Бодойбоҕо тиийэ таһан бараллар.
Москуба курдук сүҥкэннээхэй промышленниктары кытары илии охсуһар кыахтаах, Сир-сибиир улахан атыыһыттарын кытары "эн-мин” диэн тургутуһар киэҥ далааһыннаах, баараҕай эргитиилээх саха саарын киһитэ – БОҺУУТ буолара.
Боһуут туппут дьиэлэрэ билигин да Ньурбаҕа дьэндэһэн тураллар. Степан Прокопьевич
Булуҥ муустаах уутугар тиийэ фактория тутара. Аныгылыы өйдөөх-санаалаах, эргитиилээх атыыһыт төрөөбүт улууһугар оскуола, таҥара дьиэлэрин туттартыыра, кыаммакка-түгэммэккэ күн-ый буолара.
Степан Прокопьевич кулубалаан олорон, суол суолтатын өйдүүр буолан, Дьокуускайы кытары ситимниир аартыгы туруорсан, Бүлүүгэ диэри суол түһүмэҕин туттарбыта. Билигин даҕаны Түүкээн үрэххэ тиийэр суолу кырдьаҕас дьон "Боһуут суола” диэн ааттыыллар.
Боһуут бастакы хаппытаалын Бодойбо бириискэлэриттэн саҕалаан оҥостубута. Сытыы-хотуу, тобуллаҕас өйдөөх, кэпсэтиилээх-ипсэтиилээх саха эдэр уола баар сураҕын истэн, Сибиир аатырбыт көмүс промышленнигын кыыһа А.Громова бэйэтинэн ирдээн тиийэн булбутун туһунан уос номоҕо баар.  Громовтар Степан Прокопьевыһы итэҕэллээх сирэйинэн анаан, бүтүн Дьокуускай уобалаһыгар ыытар үлэни-хамнаһы туттараллар. Аатырбыт промышленниктар харахтарыгар хатаныаҕар диэри, дьэ, барахсан чаҕылхай киһи эбитэ буолаахтыа.  
Маннык чулуу дьонноох этибит...
***
Гражданскай сэрии саҕана Саха сиригэр соҕотох биир эрэ улуус бэйэ-бэйэни сэймэктээһиҥҥэ кыттысптаҕа. Ол – Ньурба улууһа.
Боһуут кыра уола - Николай АЛЕКСЕЕВ улуус кулубата (бу өйө-санаата өркөнүн, дьонун харыстыыра, таптыыра олуһун!) дьонун-сэргэтин "ааһар албын политика оонньуутугар” кыттыспаттарыгар,  бэйэ-бэйэни сэймэктэспэттэригэр ыҥырар. Туох эмэ иирсээн, хаан тохтуута таҕыстаҕына - нэһилиэк бас-көс дьоно, аҕабыыттар эппиэттиэхтэрэ диэн сэрэтэр. Инньэ гынан, ааһар бандьыыттарга, үрүҥнэргэ биир да саха киһитин тыыттарбаттар. Гражданскай сэрии былаһын тухары икки эрэ киһи өлөр: поляк политссыльнайа уонна нуучча сэлиэнньэтин биир олохтооҕо.
Маннык өйдөөх-санаалаах, дьоннорун харыстыыр салайааччылардаах этибит...
***
Марха улууһун дьоно, майгыларынан саҥаҕа-билиигэ тардыһар буолан киэҥ сиринэн тэлэһийэ сылдьан инники күөн өйдөөх-санаалаах этилэр.
Бэл, билигин саҥа сууту-сокуону кытары аахсар таһымҥа таҕыстыбыт диибит. Оччолорго сууттаһар диэни Боһуут кыра уола Николай АЛЕКСЕЕВ көрдөрбүтэ.  Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ, Николай Степанович Алдан, Сунтаар, Ньурба улуустарыгар "Востокзолото” систиэмэтигэр  буҕаалтырдыыр, албакааттыыр, юрист-сүбэһиттиир. 30 сыллаахха сымыйанан буруйданан ытылларга ууруллар. Онуоха  кини суут ыйааҕын утаран, дьыаланы иккистээн дьүүллэтэргэ туруорсан кыайар.  Николай Степанович бэйэтин кыаҕынан, билиитин таһымынан бэйэтин бэйэтэ албакааттаан ытыллартан быыһанар. Ыйааҕа сымнатыллан хаайыынан муҥурданар.   Репрессийэ кэмигэр сууту сууттаһан кыайыы диэн –   киһи өйүгэр баппат ситиһии буолбатах дуо? Оннук таһымнаах, билиилээх дьонноох этибит...
***
 Улууспут историятын ылан көрөр эбит буоллахха, ньурбалар былыр-былыргыттан промышленноһы кытары сибээстээхтэр.
Кулуба Евсей ИВАНОВ 150 сыл анараа өттүгэр бастакы 40 киһини көмүс хостото ыыппыта. Бодойботтон тирэнэн БОҺУУТ атыыһыт тахсыбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ бастакы саха интеллигенциятын биир чулуу аата - Степан ВАСИЛЬЕВ аата тахсыбыта.
Степан  ВАСИЛЬЕВ, сибилиҥҥи кэмҥэ диэри,  дойду таһымыгар саамай улахан дуоһунаска тахсыбыт соҕотох САХА салайааччыта буолар. Кини, буолаары буолан, дойду экономикатын тутаах салааларын - көмүс, өҥнөөх металлар, ыарахан промышленность салааларын салайбыта. Дьикти дьылҕалаах, сөҕүмэр үрдүк таһымнаах, булгуруйбат сүрүннээх киһи диэн кини баара. Степан Васильевич ааттыын даҕаны Тойон Уйата диэн Бордоҥ нэһилиэгин сиригэр төрөөбүтэ элбэх санааҕа тиэрдэр.
Степан ВАСИЛЬЕВ - Саха сирин промышленноһын буолуохтааҕар дойду промышленноһын төрүттэспит, салайбыт киһи кылааннааҕа этэ. Кини, билигин тымтыктанан көрдүүр – судаарыстыбаннай  таһымнаах толкуйбут толору иҥмит, сайдыбыт киһитэ диэн сыаналыыбт.
Норуоппут чулуу уолаттарын биирдэ имири сотон ааспыт ынырыктаахай уодаһыннаах репрессия дэгиэ тыҥыраҕар Степан ВАСИЛЬЕВ биир бастакынан түбэспитэ. 1 сыл 7 ыйы быһа ыар-ынчык тыыннаах Бутырка, Лефортова хаайыыларыгар кинини хайдах курдук накаастаабыттарын, киһи тулуйбат сидьиҥник кэбилээбиттэрин туоһулуур докумуоннар бааллар. 1,7 сылы быһа "буруйун билиннэрэ”, "таҥнарыахсыттар ааттарын ааттата” сатаан уһуга-түгэҕэ биллибэт, биир кэм хараҥа халыйар хаанынан хардыргыыр кэмнэргэ Степан Васильевич биир да киһини уган биэрбэтэҕэ... Ол оннук күүстээх, ол оннук буулаҕа сүрдээх дьоннор бааллара...
...1939 сылга тутуллубут Степан ВАСИЛЬЕВ сырдык тыына 1941 сыллаахха Коми биир лааҕырыгар быстыбыта.
Хомойуох иһин, Степан ВАСИЛЬЕВ суолтата өссө да ситэри үөрэтиллэ, дьиҥнээхтик билиниллэ илик.
***
Хаарыан хаан хаалбат диэн этэллэрэ – олох кырдьыга.
Хас да төгүл улуус кулубатынан талыллан үлэлээбит - Николай Донской  1898 сыллаахха Николай II-й ыраахтааҕыттан Владимирскай лиэнтэлээх үрүҥ көмүс мэтээл тутар. Бу маннык лиэнтэлээх мэтээли ыраахтааҕыттан ылбыт киһи  сахаларга суох.
Бу киһиттэн Саха сирин  икки наркома төрөөбүтэ эмиэ ханна да суох көстүү.
Малдьаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх ини-бии Донскойдартан улаханнара – Николай ДОНСКОЙ-I республика Сиргэ дьыалатыгар бастакы наркома, оттон быраата Николай ДОНСКОЙ-II үөрэх бастакы наркома.
Ини-бии Донскойдар Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Степан Аржаковы кытары автономияны турууласпыт дьоннор.  Улахан Донской Ойуунускайы кытары 1922 сыл ыам ыйынааҕы аатырбыт Автономияны биллэрэр манифеһы суруйсубута.
Ини-бии Донскойдар иккиэн ССРС Киин ситэриилээх кэмитиэтин чилиэттэрэ этилэр. Улахан Ньукулай ССРС норуоттарын киин издательствотыгар үлэлээбитэ. Латиницанан сахалыы сурук-бичик оҥоһулларыгар ини-биилэр элбэхтик, дьаныһан туран үлэлээбиттэрэ. Үөрэх кинигэтин бөҕөтүн суруйбуттара. Улахан Ньукулайы, бастаан, 1930 сыллаахха хаайыыга ыыта сатыыллар. Ону Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов Москваҕа үлэлии сылдьар  Степан Васильевка көмөлөс диэн көрдөһөн сурук ыыталлар. Степан Васильев Москваҕа сүүрэн-көтөн, салалтаны хамсатан, дакаастаан Улахан Ньукулайы быыһаан ылаллар.
Убай Донской 1938 сыллаахха Москваҕа үлэлии сылдьан тутуллар. 3,5 ыйы быһа кыдьыгыран туран кырбааһыннаах доппуруоска түбэһэр. Уочараттаах кырыктаах доппуруоска үнтү кырбаан өлөрөн кэбиһэллэр... Ол тухары Улахан Ньукулай эмиэ биир да киһини уган биэрбэт...
Үөрэх наркома Кыра Ньукулай  Донской киирии тыллары сахатытары туруорсубут уонна онно үлэлээбит киһи. Саха бастакы классиктарын айымньыларын оскуола үөрэҕин программатыгар киллэттэбитэ. Норуотун үөрэхтииргэ, алын сүһүөҕү оҕолуун-кырдьаҕастыын бары баралларын туруорсубут уонна ону олоххо киллэрбит үтүөтүн ама ким мэлдьэһиэй?
Кыра Донской Саха сирин Москваҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин тэрийсибитэ. Онно салайааччынан үлэлии сылдьан репрессийэҕэ түбэһэр. Бэйэтэ да ыарыһах киһи санаатын эрэ күүһүнэн 190 аад хонугун тулуйар... Аллараа дойдуттан төттөрү төннөбүт суох. 1938 сыллаахха ытыллар.
Ньурбаттан төрүттээх дойду, республика улахан дуоһунастарыгар үлэлээбит биэс киһи: Степан ВАСИЛЬЕВ, ини-бии ДОНСКОЙДАР, Александр ГАБЫШЕВ, Николай ВАРФОЛОМЕЕВ репрессийэ хааннаах миэлиҥсэтигэр түбэспиттэрэ.
Сахатын норуотун туһугар үлэлээбит, норуоттарын муҥура суох таптыыр чаҕылхай дьоммут баар этилэр...
***
Чаҕылхай уолаттары кытары Ньурбаҕа кылааннаах кыыс оҕолор төрүүллэрэ. Бастакы саха революционер-дьахтар, көскө утаарыыны, ыраахтааҕы былааһын хаайыытын ааспыт, Саха сиригэр дьахтар быраабын турууласпыт, Казахскай ССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин депутата, бастакы саха дьахталларыттан идэтийбит, үрдүк таһымнаах быраас, Казахстаҥҥа уонна Саха сиригэр Доруобуйа харыстабылын салаатын тэрийбит - Дора ЖИРКОВА. РСФСР Үрдүкү сэбиэтин председателин солбуйааччытыгар диэри үүнэн үлэлээбит, Саха судаарыстыбаннай университетын тэрийэргэ турууласпыт, Саха сиригэр орто анал үөрэх ситимин  тэрийсибит – Анастасия ДАНИЛОВА. Суол тутуутугар саха дьахталларыттан бастакы техническэй үөрэҕи ылбыт, Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин президиумун председателинэн уос номоҕор түһэр гына ситиһиилээхтик үлэлээбит - Александра ОВЧИННИКОВА... хайдах курдук кыргыттардаах этибитий?!
***
Билигин да бааллар ситэриилээх былааска үрдүк дуоһунаска үлэлиир дьоннор. Ол гынан баран, эмиэ да бааллар курдук, эмиэ да суохтар курдук. Кииннэрэ түспүт сириттэн кыбыстыбыт курдук куота көтө сылдьаллар. Тоҕо? Баҕар, Сэбиэскэй саҕана төрөөбүт улууска көмөлөһөр "местничествонан” ааттанан сараланар кэмин содула буолуо дуо? Эбэтэр 60-70-80 сылларга 800-чэкэ ыччаппытын кыра буруй аайы кууһунан хаайыыга ыыттарары саҥата суох көҥүллээн испиппититтэн кэҕиннибит дуу? Икки үйэ анараа өттүгэр нуучча хаһаактара Дьоондоор кулубаны тута кэлбиттэригэр көмүскээн турбуппут. Онтон кэлин:  800 – төрөөбөтөх оҕо, 800 – этиллибэтэх таптал, 800 – тахсыбатах кыах, 800 – төттөрү төлкө...
Будулҕан 90-с сылларга төһөлөөх уҥуохтаах-арҕастаах, чобуо тыллаах, тобуллаҕас уоланнарбытын сүтэрдибит?
Бу барыта бэйэни сэнэниини, бэйэ кыаҕар эрэбили сүтэриини, муунтуйууну – "мин оҕом саары чаакылаах” диэхтээҕэр кэнэнник-муҥкуктук сананыыга тиэрдэр. Ол иһин бэйэбит испититтэн тахса сатыыр дьону өйөөбөппүт, сэниибит, куолаан туран куһаҕанын хостуубут. Ол иһин, таҥнары тардыы быыһыгар быыс булан өрө тахсыбыт дьоммут, төрөөбүт сирдэрин эргиллэн көрүөхтэрин да куттанар буоллулар. Хаһан өйүөхпүтүн...  
Хата, ол оннугар ханан эрэ "Ньурбаҕа сыттаах үһү” диэнинэн салайтаран, туора дьону тала-тала, хаһыс да төгүлүн сирэйгэ сырбатылла олорорбутун ордоробут. Ол сонумсах, кэлбиккэ эрэ барытыгар эккэлээн эппэҥнэһэр майгыбыт, талбыт депутаттарбытыгар  - араас алябьевтарга, колодезниковтарга көстөр. Төһө абыранан олоробут?
***
Бэйэ дьонун ахсарбаппыт, биһигиттэн туох аанньа тахсыай диэн сэнэнэбит.  
Барытын быстаҕынан, күннээҕинэн кээмэйдиир кэрэгэй дьаллыктаахпыт. Хас да сыллааҕыта, Ньурба куорат 1-гы №-дээх оскуолатыттан Степан Васильев аатын ыларга диэн учууталлар бөлөхтөрө правительствоҕа сурук суруйбуттар диэн буолбута.  Киһи кыбыстар, туох да диэн этэр кыаҕа суох дьыала. Бүтүн судаарыстыба атаҕар турарыгар өҥөлөөх, төрөөбүт улууһун биир кыра холкуоһун председателин хаайыыттан быыһыар диэри төрөөбүт дьонун-сэргэтин муҥура суох таптаабыт, бэйэтин үрдүк дуоһунаһыгар олорон кутталлаах-суоһарыылаах аатынан дьаралыктаммыт биирдиилээн "вредителлэр” дьылҕаларыгар орооспут улуу биир дойдулаахпытын итинник түһэн биэрэрбит, эчи... киһи туох диэн ааттыан да билбэт. Итинник бэйэлэрин историяларын билбэт, уһуну-киэҥи ырытан өйдөөбөт учууталлар туох аанньаны ыччакка иҥэриэхтэрэй?!   Ыарахан... Судургутуттахха,  "биир солуур иһэр уубун өрүстэн таһааран биэрбэтэҕэ” диэн хабааннаах буруйдааһын. Арай, ол киһи "биир солуур” оннугар бүтүн нэһилиэги хааччыйар уу ситимин тартаран, толкуйдаан дьиэлэргэ киллэрбит буоллун? Арай, ол киһи промышленноһы сайыннаран, нолуок быһыытынан бюджеккэ промышленностан киирбит үптэн хамнас, пенсия ыларбытын оҥорбут буоллун? "Биир солуур” диэ...
Аҕа дойду сэриитигэр сахалартан соҕотох аппыһыар чыыннаах Сэбиэскэй сойуус геройа буолбут Николай ЧУСОВСКОЙ аата, ити "биир солуур” туһуттан, Антоновка оскуолатыгар бэрт эрэйинэн иҥпитэ.
Норуот төһөнөн элбэх национальнай геройдаах да, соччонон кини кута бөҕөх, көмүскэллээх буоларын умнумуоҕуҥ.
 ***
Норуот уопсай сайдыытыгар түөлбэ-түөлбэ анал миссиялаах буолар. Ньурбалар балтараа сүүс сыл анараа өттүгэр Евсей ИВАНОВ баһылык көмөтүнэн көмүстээх Тайҕаҕа барбыттара. Сүҥкэннээхэй эргитиилээх Степан АЛЕКСЕЕВ - Боһуут атыыһыт Бодойботтон тирэнэн тахсыбыта. Үөрэхтээх дьоммут бары кэриэтэ промышленноска сыһыаннаах этилэр. Степан ВАСИЛЬЕВПЫТ дойдубут аан дойду улуу державата  буоларыгар промышленноһы төрүттэспитэ.  Сэбиэскэй кэмҥэ бастакы саха алмаасчыттара ини-бии  Андрей, Петр КИРИЛЛИТТЭР, Густав ЯКОВЛЕВ бары Ньурбаттан төрүттээхтэрэ. Баҕар, сахалар ньурбаларынан нөҥүө промышленноска өтөн киирэр суоллаахтарын кыайа-хото туппакка сылдьарбыт буолаарай? Саха улууһугар бастаан Накыын алмааһа көстүбүтэ барыта эмискэ, мээнэҕэ буолуо дуо?    
***
Бэйэни таптыахха, ытыктыахха наада. Оччоҕо эрэ урукку улуу дьоммут тыыннара биһиэхэ иккистээн эргиллиэҕэ. Хаҥыл хаҥаластары Ньурба сиригэр аҕалбыт, хааны уонна Ньурба ытык сирин тыынын бииргэ  ситимнээбит Ньурбакаан уонна ураты түгэх хомуһуннаах Түүлээх дүҥүрдээх Түлүөн ойуун сыдьааннара урукку дохсун санаалара, уһаты-туора киэҥ эргитиилээх сырыылара, дьорҕоот дьоруой өркөн өйдөрө уһугуннар ханнык. Онно, бастатан туран, улуу дьоммут ааттарын сөргүтүөҕүҥ, кинилэр ааттарыын үйэтитиэҕиҥ, ыччаппытыгар холобур оҥорон туоста баайыаҕыҥ!
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру
Category: История, философия | Views: 2690 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024