News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Муус устар » 4 » Оҕо омугун тылын төhө да биллэр, саҥарыан баҕарбат тугэннэрэ аҕыйаҕа суох
Оҕо омугун тылын төhө да биллэр, саҥарыан баҕарбат тугэннэрэ аҕыйаҕа суох | 17:14 |
О5о сахатыттан сааппатын туhугар…
Кэлиҥҥи бэриэмэҕэ, саха тыла сүтэр суолга киирэн эрэр диэн, дьон долгуйара үксээтэ. Бу, биллэн турар, сөптөөх быhыы - майгы. Араас хаhыаттарга, сурунаалларга уонна телевизионнай биэриилэргэ туох өруттэртэн маннык буоларын ырытыы куннэтэ бара турар. Мин Нерюнгри куоракка ыал-уруу тэринэн 35-с сылын олоробун. Манна кэргэмминээн түөрт оҕону төрөтөн, киhи-хара оҥортоон бүгүҥҥү куҥҥэ тиийэн кэллибит. Онон сиэттэрэн бэйэм санааларбын этиэхпин баҕарабын.
Оҕо сахалыы билэрэ, бастатан туран, кини төрөппуттэрэ ханнык тылынан саҥаралларыттан тутулуктаах. Иккиhинэн, ыал быhыытынан дьиэлэрин иhигэр бэйэ икки ардыгар иллээх сыhыан, истиҥ быhыы-майгы уонна чөл олох баарыттан. Үсүhүнэн, оҕо дьиэтин таhыгар сылдьар эйгэтэ (уулусса, детсад, оскуола уо.д.а.) киниэхэ хайдах сыдьаайарыттан. Бу, кэнникитэ, саамай сүрүн тутулук. Манна төрүппүттэриттэн сөптөөх өйдөбүл уонна дьаhабыл ирдэнэр.
Оҕо омугун тылын төhө да биллэр, саҥарыан баҕарбат тугэннэрэ аҕыйаҕа суохтар. Ол биричиинэтинэн, үксүн, кини сахатыттан саатара буолар. Ордук элбэх ахсааннаах , кэлии , дьоннор ортолоругар сылдьар саха о5олоругар маннык көстүүлэр бааллар. Хомойуох иhин, оннук быhыыга киириилэрэ, биhиги сахалар, сорох тугэннэргэ сөбө суох быhыылары-таhаалары оҥорон бэйэбитин түhэн биэриилэртэн буолар.
Ону таhынан, намыhах этичэскэй культурабыт, бөрүкэтэ суох дьүhүммүт - бодобут уо.д.а. Оҕо сахатыттан сааппатын туhуттан тугу эмэ оҥоруох иннинэ, аан бастаан , маннык ыйытыылары туруорунуохтаахпыт : - "саха атын омуктарга холоотоххо туох саамай мөлтөх уонна күүстээх өрүттэрдээхпитий?” диэн. Мин санаабар, мөлтөх өрүппүтүнэн коммуникабельноспыт ситэ сайдыбатаҕа буолар. Киэҥник быhаардахха, саха киhитэ аҕыйах ахсааннаах дьон иhигэр үөскээн-ууhаан олорбут буолан элбэх омук дьон иhигэр киирдэҕинэ баhыттара быhыытыйара, олох араас быhылааннарыгар тубэстэҕинэ тургэнник тахсар суолу булара кучумэ5эйэ.
Ол оннугар кини холуочуйдаҕына-итирдэҕинэ, мөлтөх өрүтүн «компенцациялаан», киhиргээн турара, күлүгээнниирэ уо.д.а. куhаҕан быhыылары оҥороро баар суол. Итини билинэн туран көннөрөр суолга киириигэ дьулуhуохтаах . Онтон, ”баhыйар өрүппүт тугуй?” диэҥҥэ маннык этиэм этэ. Сахалар айылҕаттан бэриллибит мэйиибит тутулугун олох сайдыыта мөлтөтө, алдьата илигэ. Ол курдук, саха киhитэ үлэҕэ да, үөрэххэ да ордук мындыр буоларынан биллэр.
Бу төрүөтэ эмиэ аҕыйах ахсааммытыгар уонна атын омуктары кытта аҕыйахтык алтыhыыбытыгар сытар. Саха киhитэ икки мэйиитэ тэҥ күүстээхтик улэлииллэр диэн үhүйээн курдук баарын оруннаах дии саныыбын . Учуонайдар быhаарыыларыгар олоҕурдахха, маннык этиэххэ сөп: киhи мэйиитин хаҥас өттө абстрактно – логическай толкуйдааһыны оҥорор, онтон уҥа өттө – образно – ассоциативнайы. Ол аата хаҥас өттүбүтүнэн ылбыт информацияны ырытан баран, араас ыйытыыларга эппиэти биэрэбит, туһааннах үлэлэри толоробут уонна түмүк таһаарабыт, онтон уҥа өттүбүтүнэн, араас көстүүлэри өйбүтүгэр киллэрэн ырытан баран саҥа көрүн оҥорон айан таhаарабыт, атыннык эттэххэ, саҥа информацияны оҥоробут .
Олох сайдыыта бэлэм эппиэттээх информацияларынан киhиэхэ элбэх чэпчэтиилэри оҥорор. Киһи төhө бэлэм өйунэн-санаанан туhанан олорор да, соччоннон саҥаны айар күүһэ мөлтүүр. Маннык олоххо кини мэйиитин хаҥас өттө күүскэ сайдар ол оннугар уҥата улаханнык мөлтүүр. Бу кэлэр көлүөнэ иэдээнэ буолуон сөп. Онон мөлтөх өрүппүтүн көннөрөн, күүстээхпитин өрө тутан оҕолорбутун сахабын диэн киэҥ туттан бэйэбит тылбытынан саҥарар быһыыны-майгыны үөскэтиэҕин. Саха сайдарын туhугар санааларга кыттыhабын. КОРБЕ
|
Category: Саха |
Views: 1719 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 75 Ыалдьыттар (гостей): 75 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|