Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Муус устар » 10 » саха алмааһын батарыыны сүрүннүүр, тиhэҕэр тириэрдэр салаа эппиэттээх салайааччыта – Юрий Константинович Окоемов.
саха алмааһын батарыыны сүрүннүүр, тиhэҕэр тириэрдэр салаа эппиэттээх салайааччыта – Юрий Константинович Окоемов.
15:35
 Юрий Окоемов: алмааска анаммыт олох
10.04.2013 11:21 | Автор: Станислав Алексеев |
«Ханнык да кэскиллээх дьыала утумнаах үлэттэн, тулууртан быhаччы тутулуктаах». М.Алексеев, ССРС норуодунай учуутала.
 Алмаас уонна олох суола
 Алмааhы хостуур, ол эйгэҕэ үлэлиир саха дьонун туhунан суруйар – мин сүрүн үлэм. Итини таһынан алмаас хампаанньатын үрдүк салалтатыгар бэйэтин билиитинэн, сатабылынан үрдээбит сэдэх дьон туһунан ахтар эмиэ оруннаах дии саныыбын.
Юрий Окоемов. 51 саастаах. Күөгэйэр күнүгэр сылдьар Саха саарына. 2009 с. атырдьах ыйыттан «АЛРОСА» хампаанньа вице-бэрэсидьиэнэ.
Кини -- Саха сиригэр алмааһы кырыылыыр далааһыннаах үлэ тэриллэригэр быһаччы кыттыбыт талааннаах салайааччы. Дьокуускайга алмаас атыылыыр тэрилтэҕэ дириэктэрдиир кэмигэр сүүрэн-көтөн бэрт үгүhү ситиспитэ. Ол түмүгэр элбэх саха, чуолаан ыччат, үлэлээх буолбута.

Бүгүн мин эһиэхэ алмаас-бирилийээн эйгэтигэр үлэлиир Юрий Окоемов үлэтин-хамнаһын туһунан билиhиннэрэбин.

Бастатан туран, эн алмааhы ылыныаххын, алмаас дьикти тыыннаах эйгэтэ эйигин эмиэ ылыныан наада. Сүрдээх күүстээх, бэл диэтэр, ыарахан айылгылаах, эриэккэс күндү таас. Ылбычча киhи алмааhы бэрийбэт. Сорох чараас эйгэлээх киhи алмаас ыар тыынын тулуйбат, буолаары буолан, алмаас эйгэтин салайааччыта буолбат. Талыллыбыт, сахалыы эттэххэ, «эттэниини ааспыт» дьон сысталлар. Дьон алмаас күлүмүрдэс, абылыыр кэрэ көстүүлээх дии саныыллар. Ол кырдьык гынан баран, бастаан утаа кини атын таастан туох да уратыта суох. Алмаас уруудаттан бирилийээн буолуор диэри унньуктаах уһун суолу барар.

«АЛРОСА» билигин сылга ортотунан 34 мөлүйүөн карааттаах бородууксуйаны ылар. Бытархай алмаас биир караата, уопсай сыана быһыытынан, ортотунан 14 тыh. дуоллар буолар. Дьэ, ол да иһин, «АЛРОСА» АХ эрэгийиэн бырамыысыланнаска оҥорон таhаарыытын 40 %-нын ылара биллэр. Манна, Мииринэйгэ, ЦСА (алмааhы наардыыр сыах) иhигэр күндү таас наарданан-суортанан Дьокуускайга ЯПТА тэрилтэтигэр тиийэр. Дьокуускай алмааһы атыылыыр кииниттэн (ЯПТА) алмаас Москуба куоракка "Биир кэлим батарар тэрилтэҕэ” («Единая сбытовая организация») атыыга-тутууга тиийэр. Онно алмааhы сыныйан ырыталлар, сыана быhаллар, эмиэ суортарынан арааран наардыыллар. Алмаас ити курдук унньуктаах уһун айаннаах.

Эбэн эттэххэ, Москуба куоракка «Биир кэлим батарар тэрилтэни» («Единая сбытовая организация») эмиэ Юрий Окоемов салайбыта, үрдүк кирбиигэ таhаарсыбыта. Кини алмаас туһунан салгыбакка төһө баҕарар кэпсиир кыахтаах.

Ити курдук саха алмааһын батарыыны сүрүннүүр, тиhэҕэр тириэрдэр салаа эппиэттээх салайааччыта – Юрий Константинович Окоемов.

Кини туhунан дьон бэркэ билэр. Ол да буоллар кини сорох салайааччы уонна бэлиитик курдук сиэрэ суох арбана-биллэрэ сатаабат үгэстээх. Кинини араас ыытыллар тэрээhин аайы «уруhуйдаммат», маахта үлэттэн ордубат киhи диэн сыаналаатым.

Кынаттыыр ситиһиилэр

Юрий Окоемов «АЛРОСА» саамай ыарахан кэмигэр – 2009 с. алмааhы батарыыга эппиэттээх вице-бэрэсидьиэҥҥэ талыллыбыта. Ол талыллыыта, алмаастаах хампаанньа туhугар сүҥкэн суолталаах буолла. Арай Окоемов курдук туруу үлэhит, киэҥ билиилээх киhи алмааhы батарыы муоhатын туппатаҕа эбитэ буоллар, балаhыанньа өссө хайдах сириэдийэн тахсыа биллибэт этэ.

Аан дойдуга үп кириисиhэ бүрүүкээн, корпорацияларга, монополияларга, концернарга, хампаанньаларга, уопсайынан, эргиэн-урбаан эйгэтин уйатыгар уу киирбитэ, монкуруут барыы, булкуллуу-тэккиллии элбээбитэ. 2010 с. Ю.Окоемов Индия Мумбаи куоратыгар сылдьан кэпсэтии ыыппытын түмүгэр Индия 47 саамай кыахтаах хампаанньата «АЛРОСАттан» алмаас улахан баартыйатын атыыласпыта. Бу атыыттан-тутууттан «АЛРОСА» эгди буолан, эрчимирэ түспүтэ.

2010 с. «АЛРОСА» Индия бирилийээн оҥорор «Roze Blue», «Diamond Yndia LTD», «Ratiar Becharlal and Sons» хампаанньаларын кытары 490 мөл. дуолларга үс сыллаах дуогабар түhэрсибитэ. Эмиэ ити курдук, Ю.Окоемов Израиль алмаастаах биржатын салайааччыта тойон Я.Саары кытары барыстаахтык кэпсэппитин түмүгэр «АЛРОСА» барыhын хаҥаппыта. Итинник хабааннаахтык аан бастаан Нью-Йорка алмаас бастакы аукциона ситиhиилээхтик ыытыллыбыта. 2011 с. Арассыыйа үрдүнэн аан бастаан алмаас сырьётун батарыыга электроннай атыы тэриллибитэ. Бу эмиэ – Ю.Окоемов ыыппыт үлэтин чыпчаала.

Быйыл алмааhы батарар салаа туhугар эмиэ таhаарыылаах сыл буолла. Билигин алмааhы наардыыр-суортуур кииннэргэ кристаллар ыйааhыннарын, суортарын, туруктарын судургутук быhаарар, илии үлэтин сорунуулаахтык кыччатар тэрил баар буолан, үлэ судургутуйан турар. Ол да буоллар алмаас дьон-сэргэ кэрэхсиир күндү мала буолан тахсарыгар Ю.Окоемов салайар хамаандата утумнаах үлэтин бэлиэтиир оруннаах уонна сиэрдээх да дии саныыбын.

Юрий Константинович бу күннэргэ Мииринэйгэ кэлэ сырытта. Онон өр кэтэспит көрсүһүүбэр бэркэ табыллан сэһэргэстим. Бу сырыыга алмаас-бирилийээн бырамыысыланнаһын кэскиллээх салаатын кэрчиктэрин сэргэ Юрий Константиновиһы кытта бэйэм сэргиир-сэҥээрэр хайысхабар астына кэпсэттим.

Хоту дойду хонноҕуттан

-- Юрий Константинович, мин билэрбинэн, эн учууталлар дьиэ кэргэттэригэр улааппыт эбикки
н...

-- Аҕам Константин Константинович Окоемов Бүлүү 1 №-дээх оскуолатыгар өр кэмҥэ дириэктэрдээбитэ. Саха. Бэйэтэ идэтинэн устуорук-учуутал. Бүлүүгэ Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа эмиэ үлэлээн ааспыттаах. Кини РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала этэ. Итинник үрдүк аакка бу дойдуттан букатыннааахтык арахсыан икки сыл иннинэ тиксибитэ. Кини, хомойуох иhин, биhиги кэккэбититтэн 60-нун да туолбакка сылдьан олус эрдэ бараахтаабыта.

Ийэм омугунан нуучча. Крылова Валентина Ивановна. Тверь уобалаhын Салыгино сэлиэнньэтиттэн төрүттээх (2004 с. ыла биhигини кытары олорор). Кини 60-с сыллар саҕаланыыларыгар Саха сиригэр матымаатык идэлээх учууталлар наада буолбуттарыгар, ЫБСЛКС путевкатынан кэлбит. Биллэрин курдук, 50--60-с сылларга киин Арассыыйаттан элбэх кыыс Саха сиригэр, сүнньүнэн, учуутал, быраас буолан үлэлии кэлбитэ.

Ийэлээх аҕам тус хоту учууталлыы сылдьан билсибиттэр. Мин 1962 с. Усуйаана Хаhааччыйатыгар күн сирин көбүтүм. Дьиҥэр, биhикпин ыйаабыт сирим хоту дойду эрээри, биир сааспын туола иликпинэ дьонум Бүлүү куоратыгар көhөн кэлбиттэр. Онон сүрдээх кэрэ айылҕалаах, кырылас кумахтаах Бүлүү эбэ хотун биэрэгэр оонньохолообут оҕо сааhым ааспыта.

Оҕо эрдэхпиттэн матымаатыка биридимиэтин сөбүлүүрүм. Онно эбии ийэм бэйэтэ матымаатык буолан, салгыы сайдарбар кыах биэрбитэ. Кини миигин кытаанах ирдэбиллээх, кыра аайы кыйахаммат-тымтыбат, ыарахантан чугуйбат буоларга үөрэппитэ. Онтон тэптэн, суоту-ахсааны таптыырым күүhүрэн испитэ.
 
Улуу Уһуйааччы оскуолатын ааспытым

 1977 с. дьонум Yөhээ Бүлүү физмат оскуолатыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. Биллэн турар, бастаан утаа ыарахан этэ. Интэринээккэ бэрт бэhиэлэйдик, иллээхтик-эйэлээхтик олорбуппут. Бииргэ үөрэммит дьоммуттан Ил Түмэн дьокутаата, билигин Мииринэйдээҕи ХБК дириэктэрин социальнай салааҕа солбуйааччы Юрий Николаев баар. Кинини кытары биир хампаанньаҕа үлэлиибит. Эмиэ судургутук «эн-мин» дэhэн улааппыт кылааhынньыгым Василий Николаев – саха дьонугар-сэргэтигэр атах оонньуутугар рекортарынан аатырбыт киhи. Кини дьиэтигэр сылдьан буурдаабыт рекордун баччааҥҥа диэри ким да ситэ илик.

Ытыктыыр учууталым Михаил Алексеев туhунан булгуччу ахтан аhарыахпын наада. Кини оскуолатыгар такайыллыбыт буолан, идэбин толору баhылаатым дии саныыбын. М.Алексеев ньымата Саха сирин үөрэҕириитигэр саамай ситиhииилээх, бигэ, соргулаах түмүктээх диэм этэ. Кини кытаанах ирдэбилигэр, сиэрдээх сыhыаныгар такайыллыбыт ыччат бары кыахтаах, бэйэлэрин билинэр дьон буоллулар.

Михаил Андреевич ыччаты матымаатыка уонна физика бастаан утаа эрэдээктээх, кэлин алыптаах эйгэтигэр уhуйуута бэрт судургу формулалартан саҕаланар этэ. Биллэрин курдук, матымаатыканы тулуурдаах эрэ буоллаххына баhылыыгын. Мэйии, эт-хаан сыhыйара наада. Матымаатыка – дьэ, чахчы, уйулҕаҕын эрчийэр, олох ыарахаттарыттан самныбат буоларга тyстyyр билим.

Аны туран, матымаатыка эмиэ туспа, этэргэ дылы, бэрт ураты укулааттаах. Кинини ылынар киhи ылынар. Физмакка биһиэхэ кытаанах ирдэбил туруорбуттарын, атаахтаппатахтарын иһин махтанабын. М.А. Алексеев курдук Улуу Уhуйааччы баай ньыматыгар, Yөhээ Бүлүү физмат оскуолатын кэлэктиибигэр сүгүрүйэбин.

Мин тыа оскуолатын ыччата буолан, дэриэбинэ үлэтин эрэйин, бырдах-кумаар «сорун», сытыйбыт от атырдьахтыырга ыараханын бэркэ диэн билэбин. Оннук эрэ үлэнэн иитиллибит буолан бустум-хаттым, эрчимирдим диибин. Yлэ, кытаанах такайыы баар буолан. Ол курдук (биhиги кэммитигэр диэххэ), сайын оҕону булгуччу от үлэтигэр, саас мас хайытыытыгар, саhаан туруоруутугар, о.д.а араас субуотунньукка быысталы биэрбэккэ кытыннараллар этэ. Дьэ, онно баар этэ, бэйэни тургутуу, илин-кэлин түсүһүү!

Хайдах саҕаламмытай?

-- Юрий Константинович, учууталыҥ М.А. Алексеев дьиэтигэр 1984 с., сайын быраактыкам кэмигэр, сылдьан турабын. Улуу учууталы кытары түүн хойукка диэри үүттээх хойуу чэй иhэ-иhэ «тото-хана» кэпсэппиппит. Онтон «Молодежь Якутии» хаhыакка уочарка суруйан таhаарбыппар оҕонньор барахсан олус үөрбүт сурахтааҕа. Итинник кыhаттан куорсун анньынан, дьэ, Дьылҕа Хаан ханна тириэрпитэй?

-- 1980 с. Москуба куоракка Ыстаал уонна уhаарыы институтугар туттарсан киирбитим. Ону 1985 с., «Металлар туруктара (физикалара)» диэн идэлээх бүтэрбитим. Ол бүтэриэхпиттэн Дьокуускайга -- Хотугу сир ирбэт тоҥун чинчийэр институкка стажер-чинчийээччинэн үлэлии киирбитим.

1992 с. «Туймаада Даймонд» хампаанньа алмаас тэрилтэтин үлэhитэ буолбутум. 1992-1993 сс. «Саха Даймонд» хампаанньа моно-курустаал тэриллэр салааларын сэбиэдиссэйиттэн тиэхиньикэ салаатын дириэктэригэр тиийэ үүммүтүм. 1993 сыллаахха ЯПТА (Саха сирин алмааһы атыылыыр тэрилтэтэ) дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлии кэлбитим. Онтон 1993 сылтан 2000 с. диэри үлэлээбит ЯПТА-быттан кынат анньынан аны, "Биир кэлим батарар тэрилтэ” («Единая сбытовая организация») диэн «АЛРОСА» Москубатааҕы тэрилтэтигэр генеральнай дириэктэр буолбутум. Бу тэрилтэҕэ 2009 с. диэри үлэлээтим. Ол кэннэ 2009 сылтан «АЛРОСА» салайар офиhыгар баарбын.

-- Дьэ, кэскиллээх да тэрилтэлэргэ үлэлээбит эбиккин. Итиэннэ барыта алмаас-бирилийээн эйгэтигэр...

-- Оннук. Оччоттон баччаҕа диэри биир хайысхаҕа үлэлээн кэллим.
 

"Тыыммын таһаарар” дьарыгым

-- Юрий Константинович, элбэх сыраны эрэйэр үлэҥ быыhыгар, сахалыы эттэххэ, дьэ, туох-ханнык «тыыҥҥын таhаарар» дьарыктааххыный?

-- Кыра сааспыттан умсугуйан туран дуобаттыырбын таптыыбын. Сэттис кылааска сылдьан «Бэлэм буол» хаhыат бирииhигэр соhуччу кыайан-хотон турабын. Онтон ол дьарыкпын улам сайыннаран, Саха сирин аатыттан 1978 с. – Брянскайга, 1979с. Саратовка тиийэн күрэхтэһэн турардаахпын. Спорт маастарыгар хандьыдаат буолбутум. Ол кэмнэртэн ыла күн бүгүнүгэр диэри дуобатынан умсугуйан туран дьарыктанабын. Быраатым Валерий эмиэ дуобатчыт бэрдэ.

Улуус, тыа сирэй сайдыахтаах

-- «АЛРОСА» хампаанньа уонна Бүлүү улууhа алтыhыыларын хайдах сыаналыыгыный?

-- Алтыhыы, сыhыан баар. Ону ситиhиилээхтик барар диэн сыаналыырга чопчу холобурдар эмиэ бааллар. «АЛРОСА» бу ааспыт сылларга Бүлүү дьонугар-сэргэтигэр успуонсар быhыытынан бэрт үгүс кэрэ-бэлиэ, кэскиллээх дьыаланы оҥордо, көмөлөстө. Бүлүү куоратын олохтоохторун туруорсууларынан, бэрт кэрэ көстүүлээх, кырасыабай бэйэлээх таҥара хараама тутулунна. Оскуолаларга, Оҕо дьиэтигэр сэбиэскэй саҕанааҕы шефтэһэр сыhыан бэрээдэгинэн эмиэ көмөлөстүбүт. Биллэн турар, дьон санаата эмиэ араас. Олор ортолоругар "көмө ситэтэ суох” да диэччилэр бааллар. Ону булгуччу учуоттаан туран, шефтэһэр үлэбитин тупсарар, сибээспитин бөҕөргөтөр санаалаахпыт.

-- Суруналыыс быhыытынан бу улуус хайдах олорорун билэ-көрө сатаабытым ыраатта. Бүлүү уруккуттан бырамыысыланнай хайысхалаах улуус эрээри, аанньа сайдыбакка турар дии саныыбын. Алмаас киинэ – Мииринэй. Оттон Саха сирин гааhын киинэ Бүлүү эбээт! Оннук киин, чахчы, дьон олороругар тупсаҕай, эргиччи сайдыылаах буолуохтаах. Дьыалатыгар тиийэн, Бүлүү сайдыытын ким эрэ «атахтаабытын» курдук сыаналаатым. Бүлүү Саха сирин гаас уматыгынан хааччыйар ааттаах эрээри, сорох нэhилиэк ыаллара, 21-с үйэҕэ үктэнэн олорон, 19-с үйэттэн туттан кэлбит оhохторугар хамначчыт буолан, кур бэйэлэрэ кубулуйбакка олороллор. Холобур, илбэҥэлэр чугастааҕы маhы чордоон, атахтаһа сытар тыаларын уот сиэн, ыраах, дьаҕа баһа сирдэртэн бас быстар сыанатыгар элбэх эрэйинэн саhаан тиэнэллэрин билэбин. Бүлүү «Тылгыны-Yгүлээт» туhаайыыта куораттан тэйиччи буолан, олус эрэйдээхтик олорор. «Бүлүү» федеральнай суол кэрчигэ туhааннаах ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Суол быстар мөлтөх. Кыhыл Сыырга самнархай дьиэ толору, инфраструктурата сатаҕай. Улуус булгуччу сайдыан наада.

-- Баар суол. Улуус сайдыахтаах. Былаас бары хайысхата манна утумнаахтык үлэлиэн наада. Билигин, кырдьык, үлэ ситэтэ суох ыытыллар. Сокуон быһыытынан, бырамыысыланнас ханнык да салаата сир баайын хостуур дойдутун былааһын булгуччу билиниэхтээх, социальнай олоххо актыыбынайдык кыттыахтаах.

Бүлүү – уонча тыhыынча нэhилиэнньэлээх куорат. Кини Бүлүү сүнньүн улуустарыгар, Эдьигээн сиригэр барар улахан аартык, суол ситимэ, педагогика кыhата. Куорат хайдах дьаhанара, сайдара ыаллыы сытар улуустарга эмиэ балай эмэ дьайар, сабыдыаллаах дии саныыбын.

Бүгүн арҕаа эҥээр сайдыыта алмаас, гаас бырамыысыланнаһыттан тутулуктааҕа өйдөнөр. Бүлүү куорат кэлин сэргэхсийэн, бэйэтэ ураты мэтириэттээх буоларга ылсан эрэрэ кыралаан да буоллар, син көстөн эрэр. Дьэрэкээн быhыылаах киэргэтии олбуордаах, гааһынан ититиллэр, уулаах-хаардаах дьиэлэр баар буолбуттар. Бүлүү куоратыгар сылдьан дьиэлэр араас моhуоннаахтык тутуллубуттарыттан астынабын, сэргии көрөбүн.

-- Мин эмиэ бу куоракка сырыттахпына Молодежнай түөлбэни, Чапаев аатынан уулуссаҕа баар дьиэлэри бэркэ диэн сэргии көрөбүн. Дьэ, арай куорат атын чааhа, киинэ да эргэ-урба, дьүдьэх көстүүлээх. Олохтоохтор, бука диэн, баалаабатыннар.

Түҥ эбэ икки, Аһымах эбэ икки курдаттыы тардар ураты тыыннара

-- Дьэ, аны туран, Юрий Константинович, Бүлүүгэ сотору-сотору сылдьар эбиккин. Дойдуҥ, ол аата син биир, курдаттыы тарда турар буоллаҕа?


-- Дойдубар сылдьан дьоммун-сэргэбин кытары алтыhан, кэпсэтэн-ипсэтэн арахсааччыбын. Бырааппын Валерийы кытары остуол тенниhигэр күрэхтэhиини 16-с сылын успуонсардаан ыытабыт. Оҕо дьиэтигэр эмиэ сылдьааччыбын. Инньэ гынан туох кыhалҕалаахтарын үчүгэйдик билэбин. Нэhилиэктэргэ эмиэ булгуччу таарыйабын.

Ордук Бүлүү тыатыгар тэhийэн, сөбүлээн сылдьабын. Манна дьоно-сэргэтэ ыалдьытымсах, элэккэй. Тус бэйэм таптыыр дьарыктаахпын. Ойуур, булт, балык. Манна олох хаамыыта бытаан, чуумпу, булда-алда, сир аhа дэлэй. Ордук чуолаан, күhүн, балыктыы диэн, Түҥ эбэ туhаайыытынан барабын. Сатыы сылдьарбын ордоробун. Ардыгар ончу туора, тиэхиньикэ сылдьыбат сиригэр сатыы, ыарахан үрүсээкпин сүкпүтүнэн барабын. Аны балыктыыр сирим Аhымах эбэ – дьикти дойду. Тулата – ааттара ааттаммат ойууннар, удаҕаннар, ичээннэр олорбут сирдэрэ. Сахалыы былыргы сиэри кытаанахтык тутуhан сылдьабын.

Ол дойду уулаах-хаардаах, суола суох буолан, дьон кыайан тиийбэт. Оттон миэхэ, тыам устун сатыы хаамарым, бастатан туран, күүстээх эрчиллии, иккиhинэн, аан айылҕабын кытары алтыhыы.

Кус-хаас ол диэки куруук баhаам эрээри, онно улаханнык кыhаллыбаппын. Мин сүрүн дьарыгым – балык. Спиннинниибин, илимниибин.

2009 с. ыла, Сахам сирин аар тайҕатыгар уолбун Павлигы балыктаһыннара илдьэ сылдьар идэлэнним. Уолум кэлин тыатын наhаа ахтар буолла. Аны Павликпын саха улуустарыгар сырытыннара, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр уhуйа сатыыбын. Бүлүү куоратыгар ыытыллыбыт Манчаары Оонньууларыгар сылдьыбытын уолум ончу умнубат. Бэркэ диэн кэрэхсээбит. Уопсайынан, кэлэр да өттүгэр саха норуотун оонньууларын, үгэстэрин билиhиннэрэр санаалаахпын.

-- Эн үүт-үкчү бииргэ төрөөбүт быраатыҥ Валерий Константинович курдук эбиккин. Кини манна Мииринэйгэ олорор, № 3-дээх баабырыкаҕа (Мииринэй ХБКта) энэргиэтиктиир буолан, сотору-сотору көрсөн кэпсэтээччибит. Валерий уолун анаан-минээн улуустарга, ыраах сытар дэриэбинэлэргэ, сайылыктарга кытары сырытыннарар эбит.

-- Быраатым Валерий кыыстаах уолун култуура, уопсайынан, уран эйгэтигэр күүскэ сыhыарар. Кыыhа Диана – бальнай үнкүүнэн дьарыктанар. Мииринэйгэ «Алмаастаах паркет» куонкуруска хаста да кыайан турар. Онон биhиги, уруулара, Диананан киэн туттабыт.

 Ыччат уонна бырамыысыланнас туһунан санаалар

-- Эн тыа сиригэр, улууска үөскээн-төрөөн, улаатан баран, «АЛРОСА» курдук улахан хампаанньа салайааччыта буола үүммүтүҥ – биир дойдулаахтаргар үтүө холобур. Онон ыччат бырамыысыланнаска кыттыытыгар туох санаалааххыный?

-- Төрүт олохтоох дьон бырамыысыланнас салааларыгар утумнаахтык ылсан үлэлиэхтэрин, кыттыахтарын наада.

Хас эмэ сыл устата тыа сириттэн, араас улуустан син балачча киһи кэлэн, алмааска үлэлиэм этэ диэн холоно сырытта. Биллэн турар, манна бастаан утаа тыыппалаах эрэ дьону сүүмэрдээн ылаллар этэ. Идэлээх (квалификация) буолаллара булгуччу ирдэнэр.

Манна сорох ыччат көхтөөхтүк үлэлиэх курдук буолан иhэн, куруук буоларын курдук, дьалты хаамааччы. Бачча интэриэhинэй, ботуччу хамнастаах үлэҕэ киирэн баран барбыт дьон билигин киин улуустарынан эҥин быыкаа хамнаска, өрүү тиийиммэт-түгэммэт усулуобуйаҕа сылдьаллара, онтуларыттан хараасталлара да баар суол.

Оҥорон таһаарыы уонна бырамыысыланнас сайдыыта – аныгы олох ирдэбилэ. Аны, дьиэ кэргэҥҥин, дьоҥҥун-сэргэҕин ырыынак усулуобуйатыгар ээппиэттиир хамнастаах, сөп түбэһэр усулуобуйалаах эрэ буоллаххына иитэр кыахтааххын.

Алмааһы кырыылыыр салааҕа Саха сирин олохтоохторуттан бэрт үгүс киhи үлэлии-хамсыы сылдьар. Оттон сорохтор кытаанах эрэсиимнээх, ыарахан, уустук үлэттэн чаҕыйан, бэрт кыра кэмҥэ үлэлии түhээт, «уот ыстаммытыныы» тэскилиир түбэлтэлэрэ үгүс. Манна эмиэ ким тулуурдаах, бигэ сыаллаах-соруктаах ордон хаалар.

-- Юрий Константинович, мин итиннэ эбэн этиэм этэ. Бырамыысыланнас эйгэтин этинэн-хаанынан, быһата. өйүнэн-санаатынан ылыммакка, дьон килиэбэ суох хаалар. Холобур, Бүлүү ыччатын Мииринэйгэ, «АЛРОСА» салааларыгар кэлин сэдэхтик көрөбүн. Бүлүүлэр кэлбэттэр. Дьокуускайга баралларын ордороллор быhыылаах.

Кэнники сылларга «АЛРОСА» тутар тэрилтэлэригэр, «Интер», «МИР» (МХБК) рудниктар шахталарыгар араас улуустан кэлбит ыччат элбээтэ. Тыа дьоно бырамыысыланнаска эрэ буолбакка, урбаан эйгэтигэр эмиэ киирэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Холобур, Сунтаартан төрүттээх дьон Мииринэй куоратыгар үс эргинэр туочукалаахтар. Yс үөрэх кыhатыгар – МИТкэ (Светлэй), МПТИгэ, эрэгийиэн таhымнаах тэхиниичэскэй колледжка ханнык да улуус ыччатынааҕар Ньурба, Сунтаар оҕото быдан элбэх. Сыллата кэлэллэр. Оттон бүлүүлэр ханналарый? Эбэн эттэххэ, Бүлүү гаас баайдаах улуус эрээри, тоҕо ньиэп-гаас техникумун аhан үөрэппэтий? Ити боппуруоhунан инникитин дьарыктаныаҥ дуо?

-- Ити боппуруоһунан анаан-минээн дьарыктаныахха, ылсан үлэлиэххэ наада. Ыччаппыт кыах бэриллибитин сатаан туhаныахтаах. Билигин алмаастаах кыраайга үлэ боппуруоhа, онно олохтоох дьону сыhыарыы, уопсайынан, балаhыанньа лаппа уларыйда. «АЛРОСАҕа» үлэлиир саха ыччата үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьар. Урукку буолбатах. Билигин элбээтилэр. Онон инникитин саха ыччатын тэрилтэбитигэр күүскэ сыhыарар соруктаах үлэлии-хамсыы олоробут.

Гаас бырамыысыланнаһын баhылыырга Бүлүү, кырдьык, кимиилээх балаhыанньалаах буолара наада. Улууhум ыччата бэйэтин холобурунан ыаллыы улуус ыччатыгар, дьонугар-сэргэтигэр хайаан да холобур буолуохтаах. Инньэ диэн туран, Бүлүү уонна атын да улуус ыччатын бырамыысыланнаһы салгыы кимиилээхтик баhылыылларыгар, иҥнэн-толлон турбакка ылсан иһэллэригэр баҕарабын.

Түмүк

-- Түмүккэ, дьиэ кэргэниҥ туhунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?


-- Кэргэним – Валерия Афанасьевна. Намтан кииннээх-хааннаах. Yс ыччаттаахпыт. Елена – 28 саастаах. Экэнэмиис идэлээх. Кэргэнэ – Алексей Гуляев, Кэбээйи уола. Иккиэн Сахалин уобалаhыгар «Сахалинэнерджи» диэн муораттан ньиэп хостуур хампаанньаҕа үлэлииллэр. Сиэним Аэлита үс саастаах, уһуйаан иитиллээччитэ. Иккис кыыhым – Валентина, 25 саастаах. Иккис үрдүк үөрэҕин баһылаары, Губкин аатынан ньиэп-гаас институтугар (Москуба куоракка) үөрэнэ сылдьар. Yhүс оҕом – Павел, 14 саастаах. Сэттис кылаас үөрэнээччитэ. Информатиканы, аныгы тиэхиньикэни сэргиир. Программист буолуон баҕарар. Бэйэм курдук дуобаты эмиэ олус таптыыр.

-- Юрий Константинович, ыччаттарыҥ эмиэ бэйэҥ курдук бырамыысыланнас, билим, информатизация эйгэтин батыспыттар эбит. Бу – сүрдээх кэрэхсэбиллээх, үтүө холобур. Эн ыччаттарыҥ инникитин Саха сиригэр туhалаах дьон буола үүнүөхтэрэ диэн эрэнэбин.


-- Махтанабын.
 

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. | Views: 1728 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 103
Ыалдьыттар (гостей): 103
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024