News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Муус устар » 14 » Эргэ дьиэлээх дьоҥҥо анаан көрүллүбүт бюджет харчыта - 3 млрд солк. "ДСК" ААОҕа бэриллэр диэн бу мунньахха быһаарбыттар
Эргэ дьиэлээх дьоҥҥо анаан көрүллүбүт бюджет харчыта - 3 млрд солк. "ДСК" ААОҕа бэриллэр диэн бу мунньахха быһаарбыттар | 08:56 |
203-с микрорайон: кыамматтарга-түгэммэттэргэ суол сабыллыбыт
Суббота, 13 Апреля 2013 21:46 Аартык.ру 203-с микрорайон: кыамматтарга-түгэммэттэргэ суол сабыллыбыт Былырыын сааскыттан саҕалаан сайыны быһа, айдаан-миитин бөҕөтө буолан, Дьокуускай Күөх хонуутугар тутуллуохтаах 203-с микрорайону тула общественнай хамсааһын дэлэйдик тэриллибитэ. Куорат биир кыраһыабай түөлбэтин сирэйэ суох сиэрэй КПД-ларынан тутан кэчигирэтэр сатамматын, Дьокуускайга сахалыы тыыннаах архитектураны киллэриэххэ диэн общественность туруорсубута. Ол гынан баран, "дьиэ-уот тиийбэтинэн сибээстээн, социальнай ноҕурууска быһыытынан" "РДР Групп" ХЭТ (тутууга монополист "ДСК" ААО бородууксуйатын батарарга ананан тэриллибит тэрилтэ) хайаан да эконом-кылаастаах элбэх квартиралаах дьиэ тутар наадатын кыһаллан-мүһэллэн туран дакаастаабыта. Тутууну ыытыахтаах "РДР Групп" ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Татьяна АНТИПКИНА барахсан хас интервью ахсын "хаарбах дьиэ олохтоохторун туһугар" кыһаллан, чэпчэки сыаналаах квартиралар хайаан да 203-с микрорайоҥҥа баар буолуохтаахтар диэн турууласпыта. Онтубут баара, соторутааҕыта ДП-1 иһинэн тэриллибит 203-с квартал тутуутугар анаммыт мунньахха, хаарбах дьиэҕэ муор-туор дьон олорорунан сибээстээн, "элитнэй кыбаарталга" ол дьону чугаһатары боппуттар. "Бу сылга федеральнай уонна республика бюджетыттан барыта 3 млрд кэриҥэ солкуобай хаарбах дьиэ олохтоохторун саҥа дьиэҕэ көһөрөргө көрүллэр. Дьиҥинэн, бу харчынан республика эргэ дьиэ олохтоохторугар анаан 203-с кыбаарталга дьиэ туттарыахтааҕа. Ону баара, бу мунньахха, 203-с кыбаарталга "арыгыһыттары" чугаһатыа суохха, элитнэй оруйуон буолуохтаах диэн эттилэр", - мунньахха сылдьыбыт киһи кэпсиир. *** 203-с кыбаартал тутуутун тула айдаан саҕана Татьяна АНТИПКИНА эргэ дьиэ олохтоохторун интэриэһин "туруулаһан", кинилэри саҥа кыбаарталга дьиэлиэх буолан, кыбаартал КПД ньыматынан тутуллара сөптөөх" диэн айдаан бөҕөтүн түһэрбитэ. Онтон билигин кэлэн "кыаммат-түгэммэт араҥа элитнэй түөлбэҕэ олорор бырааба суох" буолан тахсыбыт... АНТИПКИНА "Интерфакска" биэрбит интервьютугар эппитэ: "280 тыһ. квадратнай м олорор дьиэни тутуохха сөп, биһиги ааҕарбытынан манна 11,5 тыһ. киһи олоруоҕа. 3 тыһ. 740 квартира тутуохпут, онтон 60%-на эконом-кылаастаах, 40%-а сыаналаах дьиэ буолуохтара", - диэбиттээҕэ (http://www.interfax-russia.ru/FarEast/exclusives.asp?id=363333). Оччотугар билигин, бу кыбаартал барыта элитнэй дьиэнэн тутуллар буоллаҕына, кыра-хара быыкаай хамнастаах дьон саа тэбиитигэр эмиэ чугаһатыллыбат буолаахтаабыттар. *** Ол "элитнэй дьиэ" 1 квадратнай миэтэрэтин сыаната чэпчэки буолуон сөп. Оччотугар тойон-хотун харчылааҕын үрдүнэн, өссө чэпчэки сыаналаах дьиэҕэ тиксэр буолбут. Холобур, АНТИПКИНА "инвесторга 1 кв м сыаната 44,5 тыһ. буолуо, кини 48-50 тыһ. солкуобайга атыылыаҕа" диэбитэ. Билигин Дьокуускайга 1 кв м сыаната - 70 000 солк. үөһээ тахса турар. Кыра хамнастаах киһи квартираны уонунан сылларга бааннарга хабалаҕа киирэн кирэдьииттээн ылар, оттон сэниэлээхтэр, араас чэпчэтиинэн туһана-туһана, өссө чэпчэкитик хаһыс да дьиэлэрин ылыахтара... Кыһыылаах. *** Аны бу саҥа кыбаартал уота-күөһэ, инфраструктурата барыта хааһына харчытыгар оҥоһуллан биэрэр: "С помощью нового микрорайона есть возможность значительно поспособствовать реализации программы переселения людей из ветхого жилья. В Якутии в 2013 году на эти цели будет достаточно много средств, как федеральных, так и республиканских. И, соответственно, часть квартир, видимо, будет предлагаться по этой программе на выкуп. Сегодня и проектные работы ведутся за счет республиканского бюджета, так что в этом отношении республика работает с нами как партнер. В проекте присутствует элемент государственно-частного партнерства. Так детские сады и школы будут строиться за счет муниципального и республиканского бюджетов. Все остальное - за счет частных инвестиций. Кроме того, республика взяла на себя затраты на строительство трансформаторной подстанции для обеспечения энергией этого района. Они составят 450 млн рублей. За счет этого ожидается удешевление стоимости квадратного метра. Якутия также профинансирует работы по проведению газовых и водопроводных сетей стоимостью около 50 млн рублей", - диэн АНТИПКИНА кэпсээн турар. Кыахтаахтар бюджет суотугар үчүгэй, саҥа оруйуоҥҥа чэпчэки дьиэлэниэхтэрэ, оттон хаарбах дьиэлээх боростуой дьон ханна баралларый? Эргэ дьиэлээх дьоҥҥо анаан көрүллүбүт бюджет харчыта - 3 млрд солк. "ДСК" ААОҕа бэриллэр диэн бу мунньахха быһаарбыттар. ДСКалар КПД-ларын урукку "Милииссийэ оскуолатын" таһынааҕы бадарааны кумаҕынан саба кутан баран, элбэх этээстээх, кыараҕас квартираларынан таҥан дьиэ туталлар диэн буолбут. Онно туох баар хаарбах дьиэ олохтоохторун туспа "гетто" оҥорон олохсутуохтаахтар эбит. Кыаммат-түгэммэт араҥаны түгэх кыбаарталга харайар былаан төһө сиэрдээҕий? Ама, олор бары (мунньахтааччылар быһаарбыттарын курдук) кэрийэ "арыгыһыттар", "бичтэр", "кумалааттар" эбитэ буолуо дуо? Ким да кырдьыбат, ыалдьыбат буоллаҕа дуу, бу мунньахтааччылар ортолоругар? Наар далбарга, байылыакка олоруохпут, күммүтүгэр сылдьыахпыт диэн бүк эрэнии, быһа этинии сөтөгөйдөөх буолуо ээ... Куһаҕан дьиэ олохтоохторо арыгыһыт, кумалаан да буоллахтарына, тоҕо ол дьону барыларын биир дьиэҕэ олордо сатаатылар? Дьэ, криминал бас-баттах барбат үһү дуо? *** Аартык.ру. Хаартыскаҕа - "РДР Групп" ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Татьяна АНТИПКИНА.
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1370 |
Added by: uhhan1
|
Total comments: 1 | |
1
Сэмэн
(2013-04-14 17:36)
Президени сөбүлүүгүт дии, кини хамаандата үчүгэй, барыларын сөбүлүүгүт, тугу гыналларынан албынныыллар дьону. онно киирэн иһин, билигин быыбарга биһигитини таллаххытына ону көннөрүөхпүт диэн эһигитини кучуйуохтара. кытаатын, урукку депутаттары баайдары талын, боростуой ким да суох итиннэ.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 96 Ыалдьыттар (гостей): 96 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|