Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Бэс ыйа » 6 » - Боруода син биир киһи, норуот тэҥэ кырдьар-бохтор, кэхтэр. Ол тэҥэ сахабыт ынаҕын боруодата эмиэ генетическэй өттүнэн эмиэ кырыйда, көрдөр
- Боруода син биир киһи, норуот тэҥэ кырдьар-бохтор, кэхтэр. Ол тэҥэ сахабыт ынаҕын боруодата эмиэ генетическэй өттүнэн эмиэ кырыйда, көрдөр
08:33
Миниистир Иван СЛЕПЦОВ: "Кыһыттахтарына өссө күүскэ үлэлиэхпин баҕарабын”
Четверг, 06 Июня 2013 01:16
Далан "Дьылҕам миэнэ” ахтыы кинигэтигэр саха интеллигенциятин чулуу дьонун суоһарыыга сыраларын-сылбаларын уурсубут дьону бэйэлэрин тус, кыараҕас интэриэстэрин батыһан, ким эрэ күннээҕи килиэптэрин "арыыланаары”,  "арыыланан баран искэх сыбаары” сытайан туран кыттыспыттарын суруйар.
Хотун-тойон буолуох баҕалаах урут да, аныгы да үйэҕэ хара баһаам. Бу дьонтон, саатар үс гыммыт биирдэрин – оҥой-соҥой көрбүт оччугуй омуктарын харыстаары, дурда-хахха буолаары дуоһунаска талаһаллар диэҕи – бэйэни албыннаныы. Эрэл бүтэһик өлөр, онон судаарыстыбаннай таһымнаах уонна толкуйдаах салайааччыларбыт элбиир кэмнэрэ хаһан эмэ да буоллар кэлиэ диэн эрэниэхпитин олус баҕарабыт. Ол эрээри общество бэйэтэ салайааччыттан дурда-хахха буоларын ирдиэн уонна оннук ирдэбилгэ эппиэттиир киһини иитэн таһаарыан иннинэ – былааска  талаһааччылар судаарыстыба, норуот интэриһинээҕэр бэйэлэрин тус интэриэстэрин өрө туппуттарын курдук өрө тута, тиһэх саха хаалыар диэри сиир-аһыыр баҕаларын ыһыктыа суохтара.
***
Саҥа үүнэн иһэр тиити түөрэр дөбөҥ, туура мускуйар судургу. Буолуох буолбутун кэннэ өссө "баараҕай баҕана буолуоҕа хаалбыт” диэн "харыһыйа” саныахпыт.
Биир кэтэх хаһыат тирааһынан киэптээн эргиллэн кэлэ-кэлэ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин хал буолбакка сыппах быһахтыы аалар да, аалар... Икки сыллаах "сыһааһын-соһооһун” түмүгэр миниистир Иван СЛЕПЦОВ тула бэрт бөрүкүтэ  суох салгын мунньулунна. Эдэр салайааччыны ким, тоҕо, туохтан "буулаабытын” Дьокуускай иһигэр олорор дьон сэрэйэбит, кимиэхэ анаан өһөс санаа "аһаҕастык көрдөрүллэрин” эмиэ ытырыктатабыт. "Аартык.ру” бу туһунан  "Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин ууратан эрэллэр?” диэн ыстатыйатыгар санаатын суруйан турар. Сэргиир, умна быһыытыйбыт дьон бу аадырыһынан киирэн ааҕыаххытын сөп - http://aartyk.ru/obshestvo/item/2890-tya-ha%D2%BBaayystybatyn-miniistirin-uuratan-ereller?
***
Саха тыатыгар үөскээбит, улааппыт, сахалыы өйдөөх-санаалаах, тыллаах-өстөөх киһи "промышленнай” диэн ааттыыр кэлии дьон уустуга мунньуллубут оруйуонугар (улууһугар буолбатах), буолаары буолан "харчы баһан ылыллыбат” салааҕа "кинилэр диэтэх дьону” сабырыйан, муоһулаан үлэлэтэн-хамсатан ситиһиилэммит холобура диэн суох.  Бэлэм харчыга-аска, менеджер быһыытынан алмаас, көмүс, чох хостуохха сөп. Оттон көһөр кыаҕа суоҕуттан санаата муунтуйбут, үлэлиир-үлэлээбэт күннээх, быдьар тыллаах оробуочайдаах, моҥкурууттуур туруктаах, кирдээх, холоҥсолоох хотону – тыа хаһаайыстыбатын биир уустук салаатын – аҕыйах сылынан көрдөрүүгэ сылдьар гына аныгылыы уларытан, сайыннаран, бэрээдэктээн сайыннарбыт саха уолун тоҕо биһиги холобур оҥостубакка, күн тура-тура кыһарыйыах тустаахпытый?! Ол Калмыкияҕа да тиийэн саха тоҕо бизнестэниэ суохтааҕый?!
Биһиги сирбитигэр дагестаннар кэлэн бүтүн экономика салаатын бас билэллэр, узбектар, киргизтэр, ингуштар, чеченнэр кэлэн уйгу-быйаҥ олохтонон олороллор. Өссө бу кэлии дьонуҥ аҥаардас атыынан-тутуунан эрэ дьарыктаналлар, биһиэхэ анаан үлэ миэстэтин тэрийиэхтээҕэр кыпчытар үлүгэрдэрэ. Оттон хаарыйыллар "калмыктааҕы дьыала” – бүтүн региону аһатыахтаах производствоны тэрийии эбээт. Аҕала-аҕала эбэн-сабан атыылыахтааҕар сүүс бүк сыралаах, түбүктээх үлэ! Уонна ол, ханна суруллубутунан саха киһитэ атын региоҥҥа производство аһара бобулларый?! САХА даҕаны син атын омук сэргэ дьоһуннук сананан бизнескэ киириэн баҕарара тоҕо таҥнары тардыллыахтааҕый? Чип-чиэһинэйдик, ып-ыраастык чөмчүөрүччү туттан баран аһыҥа сиэбит тараҕай  алааспытыгар  олоруохтаах үһүбүт… Туох буолуой, оҕобун иитэр кыаҕым суоҕа, киһилии дьиэни-уоту көрбөтүм, үлэни-хамнаһы булбатым. Ол оннугар, хата, мин "наһаа чиэһинэйбин, ырааспын – ити чиэһинэйэ суох омуктар байаллар-тайаллар!” Аныгы кэмҥэ акаарытын ааһан үктэтиилээх санаа диэтэҕиҥ… Дьадаҥы норуоту ким баҕарар кум-хам тутан ааһар кыахтаах.
***
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сарбыйа сатыыр, суох оҥорор баҕалаах элбэх. "Тыа сирэ – омук биһигэ” диир буоллахпытына, тыа сирин дьаһайар министиэристибэ атын министиэристибэтээҕэр суолтата, эппиэтинэһэ үс бүк үрдүк буоларын өйдүөхтээхпит этэ. Сурулларын курдук эбитэ буоллар, республика президенэ Егор БОРИСОВ миниистиринэн Иван СЛЕПЦОВУ аныа да суох этэ, анаабыт да буоллаҕына, уһулбута да быданнаабыт буолуох этэ. Оннооҕор буолуох түргэн-тарҕан ыйаахтар тахсаллар.
Былыр каадыры бэлэмнииргэ "ротация” диэн ньыма туттуллара. Салайааччы буолуох кэриҥнээх киһини экономика атын-атын салаатыгар үлэлэтэн уһуйаллара, араас-араас дьону кытары үлэлэтэн үөрэтэллэрэ. Иван СЛЕПЦОВ Таатта-Уус Алдан саха улуустарыттан төрүттээх киһи, промышленнай Нерюнгрига баран үлэлээн ситиһиилэммитэ – улахан ситиһии.
Билигин кини судаарыстыба сулууспалааҕа. Тутаах министиэристибэ салайааччытын дуоһунаһыгар ананан олорон, билигин дьэ, өссө уһаарыллан, буһан-хатан тахсыахтаах, судаарыстыбаннай таһымҥа, толкуйга диэри тиийиэхтээх диэн эрэнэбит. СЛЕПЦОВ анаммыта икки эрэ сыл буолла. Бу – эстибит-быстыбыт тыа сирин өрө тардарга букатын кыра кэм. Бириэмэтэ биэриэҕиҥ. Саба түһэн куолаабакка, тылынан оонньообокко төттөрүтүн көмө-тирэх буолуох этибит.
***
 "Аартык.ру” уочараттаах "суоһарыылаах суруйуу” кэнниттэн Иван СЛЕПЦОВУ кытары көрсөн кэпсэтэ сырытта.
- Иван Иванович, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар  сылга 8 млрд солкуобай көрүллэр?
- Чуолаан тыа хаһаайыстыбатыгар диэн 6,5 млрд солкуобай көрүллэр, онно  ветеринария, тыа хаһаайыстыбатын атын да салааларын  эптэххэ  8 млрд кэриҥэ курдук буолар.
- 8 млрды 35 улууска түҥэттэххэ, дьиҥинэн, аһара элбэх суума тиксибэт ээ, эн санааҕар?
- Биир экономика салаатыгар, биһиги бюджеппыт холугар, кыахпытыгар сөп түбэһэр суума. Ону сөпкө аттаран, көдьүүстээхтик туттуохтаахпыт. Бу суума сыллааҕы эрэ үлэни үбүлээһиҥҥэ туттуллубакка, өссө кэнэҕэс сайдар акылааты уурдаҕына дьэ көдьүүстээхтик туһанылынна диир кыахтаахпыт.
- Кыстыгы этэҥҥэ туораатыгыт?
- Туораан. Былырыыҥҥытааҕар быйыл аҕыйах сылгы оҕунна.
- Хайа, оттон, коммунистар "Илин эҥэргэ сылгы харыыта суох охтон эрэр” диэн быһаас ыксаллаах быһыы-майгы биллэттэрээри модьуйуу бөҕөтүн модьуйбуттара дии?
- Урукку сылы кытары тэҥнээн көрдөххө, уот кураан кэнниттэн диэтэххэ, балайда туруктаах көстүү баар.
- Тыа хаһаайыстыбатыгар сайдыы барар?
- "Эһиннибит-быһынныбыт” диэн этии, дьиҥинэн, аһар түһүү. Сайдыы барар, суох буолбатах. Биллэн турар, ханнык баҕарар салааҕа хаһан баҕарар уустук баар этэ, баар да буолуоҕа. Тыа хаһаайыстыбата син биир оннук балаһыанньалаах. Биһиги хаһаайыстыбаларбыт наһаа бытарыйан олороллор. Бэйэтин бэйэтэ ииттинэр, дьаһанар кыахтаах тэрилтэ суоҕун кэриэтэ. Кыра тэрилтэ иннэ-кэннэ биллэр. Сирин оносторугар, техникатын саҥардарыгар, база тэринэригэр кыаҕа тиийбэт. Кыаҕа кыра тэрилтэ – үлэтин да тахсыыта эмиэ оннук буолар.  Мин саныахпар, улахан производственнай кыахтаах тэрилтэлэри тэрийиэхпитин наада. Кыра, дьоҕус, орто тэрилтэлэри сэргэ ХЭТ, АО, кооператив да көрүҥүнэн бөдөҥ тэрилтэлэр баар буоллахтарына, тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтэ үрдүөҕэ. Оччоҕо экономикабыт сайдан, хамнас төлөнөн, нолуок киирэн олох тупсуоҕа. Быйыл племенной үлэҕэ, аныгы, үйэлээх базалары, переработка объектарын тутарга, техниканы  саҥардарга анаан Государственнай программа ылылынна. Бу программа туоллаҕына дьон дохуота улаатыаҕа.  
- "Министиэристибэни суох оҥорон баран, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр харчыны бас билиититтэн тутулуга суох сүөһүлээх дьоҥҥо ыйын аайы хамнас төлүөххэ” диэн этии иһиллэн ааһар. Ити популистскай этии дуу, эбэтэр соннук дьаһанан олоруохха сөп дуу?
-  Мин саныырбынан – популистскай. Тоҕо диэтэххэ, ол 6,5 млрдтан 1 млрд 600 мөлүйүөнэ – үүт харчытыгар барар. 860 мөлүйүөнэ – сүөһү төбөтүгэр көрүллэр харчы. Ол аата аҥаардас 2 млрд  460 мөл. солкуобай – быһа харчы – саха дьонугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр киирэр. Итини таһынан, сорох дьон сүөһүтүттэн эбии дохуот киллэринэр. Ол дохуоту биһиги аахпаппыт, сүөһү иитээччи бэйэтин барыһа буолар.
 - Үбү-харчыны көдьүүстээхтик туһанары таарыйар эбит буоллахха... Штыров саҕана Витимҥэ 2 млрд сыаналаах хотон тутуллуохтаах диэн быһаарыы баара. "Көмүс хотон” тутуллубута дуо?
- Соҕотох биир хотон тутулларыгар 2 млрд көрүллүбэтэҕэ. Ити биир килэмсэ программа этэ: теплицэттэн, бааһына оҥоруутуттан, мэччирэҥ, ходуһа таһаарартан саҕалаан ферма, переработка объектарын тутарга тиийэ киирэр программа "сыаната”. Ити проект билигин тохтоон турар эрээри, олус кэнэҕэскилээх.  Үбүлээһинин "Уһук Илин уонна Забайкалье социальнай-экономическэй сайдыытын” Госпрограмматыгар киллэрдибит. Онон үлэ, харчыта түстэр эрэ, саҕаланыахтаах.
- Бэйи, онно үлэлиир киһи көстүө дуо?
- Каадыры бэлэмнииргэ үлэлиибит. Олохтоох дьону тардар былааннаахпыт.
- Онно сүөһү-сылгы көрөр үөрүйэхтээх дьон бааллар?
- Бэчинчэлэр, орто наахаралар сахаларбыт диэн ыһыах бөҕөтүн ыһар дьон, ама, сүөһүнү көрөр үөрүйэхтэрэ суоҕа буолуо дуо?
- Иван Иванович, Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатыгар хас сыллаахха дириэктэринэн анаммыккыный?
- 2003 сыллаахха.
- Эн уоскуттан истиэхпин баҕарабын, эн кэлэргэр хайдах туруктаах тэрилтэ этэй?
- Баайа-дуола 120 мөл. солк. этэ.
- Онтон бараргар?
-  900 мөлүйүөн.
- !
- Нерюнгритааҕы көтөр фабриката билигин республика тыатын хаһаайыстыбатыгар саамай бигэ туруктаах тэрилтэ. Атын фабрикалары кытары тэҥ усулуобуйаҕа үлэлии олорор тэрилтэ сылга 43 мөл. устуука сымыыты,  4 300 туонна экологическэй ыраас көтөр этин биэрэр. Химия, уоҕурдуу туттуллубат. Туох эмэ "ЧП” баара буоллар, тута республикаҕа биллиэ этэ.
- "Сыыстар ханнык” диэн кэтии-маныы сылдьар кэмнэригэр саатар эрэ буоллаҕа...
- ...Киһи кыттыспат, оҥорон таһаарыы санитарнай култуурата 100 % тутуһуллар. Инвестиция аҕалан үлэтин-хамнаһын сайыннарар, сэттэ сылынан ону барытын толунан тахсыахтаах.
- 2003 сыллаахха көтөр фабрикатын дириэктэринэн ананаргар миниистир...
- ...Айаал СТЕПАНОВ этэ, онтон вице-премьер буолбута, Егор Афанасьевич правительство бэрэссэдээтэлинэн олорбута.
- Тыыппалаах киһи тахсыбытын көрөн, итэҕэйэн тутаах министиэристибэҕэ олортоҕо?
- Итэҕэйэр, туох эрэ саҥаны, сэргэхсийиини киллэриэ диэн эрэммит киһитин дуоһунаска аныыр буоллаҕа.  Егор Афанасьевич итэҕэйбэтэ, бэлэмэ суох буолларбыт, "Тыа сирин сылын” биллэриэ суох этэ. Президент итэҕэлин толорор, туруорбут соругун ситиһэр курдук үлэлиэхтээхпит.
"2013 сыл - Тыа сирин сылынан” биллэриллибитинэн сибээстээн, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах икки – республикатааҕы уонна федеральнай улахан программалары ылынныбыт. Урукку программа тыа сирин сайдыытын 2017 сылга диэри көрбүт буоллаҕына, билигин 2020 сылга диэри үлэ барар механизмын уһатан, ситэрэн-хоторон киллэрдибит. Бу биир сылынан тыа сиригэр аналлаах үлэ бүппэт. Кэнэҕэс сайдар олуга ууруллуохтаах.
Президеммит Егор Афанасьевич БОРИСОВ тыа хаһаайыстыбатын  салаатын иннигэр 2022 сылга диэри – Саха судаарыстыбаннаһа төрүттэммитэ 100 сылыгар – 1994 сыллардааҕы көрдөрүүнү хатылыырбытыгар сорук туруорда. Оччотооҕу ыанар ыам үүтэ, идэһэ ыйааһына, бааһына киэҥэ – кэнники 20 сылга саамай элбэх, улахан көрдөрүүлээх кэмэ этэ. Ол көрдөрүүнү биһиги ситиһиэхтээхпит, онуоха субу билигин тирэх тэриллиэхтээх.
- Федеральнай хааһынаттан тыабыт хаһаайыстыбата үп бэриһиннэрэр дуу, суох дуу?   
- Былырыын федеральнай министиэристибэни кытары ыкса үлэлэһэн 860 мөл. харчыны эбии көрдөрбүппүт. Биллэн турар, итиннэ правительствобытын сэргэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ күүскэ үлэлээбитэ.  Ол иннинэ 400-чэкэ мөл. эрэ кэлэрэ. "Эрэ” диибит даҕаны, федераллар харчыларын мээнэ, судургутук ыһыктыбат дьон. Докумуон бөҕөтүн толоруохха, оҥоруохха, бырайыак бөҕөтүн толкуйдуохха, аттарыахха, ону тиийэн Москваҕа туруорсуохха, көмүскүөххэ, ирдэһэн ылыахха наада.
- Кумааҕыта үгүһүттэн саллан, сорох регионнар федеральнай программаҕа кыттыбаттар диэни атын миниистиртэн эмиэ истибитим. Оттон быйыл төһөнү "булан-талан” аҕалар санаалааххыт?
- Быйыл 1 млрд солкуобайы куоһарыахтаахпыт. Ити биирэ. Иккиһинэн, материальнай-техническэй база техникаларын аныгылатарга, саҥардарга күүскэ ылсан үлэлии сылдьабыт. Сир оҥоруутун сөргүтүөххэ наада. Сир сэбиэскэй саҕаттан анаан систиэмэлээхтик оҥоһулла илик. Быйыл
5500 гектар
ходуһа үөһэ, аллараа араҥатын оҥоруохтаахпыт. Сылын аайы ити көрдөрүү улаатан, тэнийэн, кэҥээн иһиэхтээх. Билигин мелиорацияҕа бырайыак оҥотторон, үбүлээһинин тыырдыбыт. Быһыттааһын, ууну түһэрии, хаайыы эмиэ сэбиэскэй кэмҥэ эрэ дьарыктаныллар салаа буолара.
- Былыргы дьылларга Саха сирэ лэппиэскэтин бурдугун бэйэтэ үүннэрэрэ диэн этэллэр. Оттон билигин?
- Ити эппитим курдук, 1994 сыллааҕы көрдөрүүгэ дьулуһабыт. Оччолорго 91 тыһ.
683 гектар
туорахтаах култуура ыһыллар этэ. Билигин 47 тыһ. гектар бааһына ыһыллар. Ынах-сүөһү ахсаана 1994 сыллаахха - 378 074, билигин - 235 000. Сылгыбыт оччоттон баччаҕа диэри тэҥ сыһа - 166 094. Оттон табабыт ахсаана 298 000 эбит буоллаҕына, билигин 190 000. Аны тоҕус сылынан итинник көрдөрүүнү ситистэхпитинэ улаханы оҥоробут.
- Ситиһиэхпит диэн саныыгын?
- Ситиһиэхпит дии саныыбын.
- Миниистир быһыытынан, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүүҥ тугуй?
- Хаһаайыстыбалар специализацияланыахтарын наада. Холобур, суоллаах-иистээх хаһаайыстыбалар наар үүтүнэн, сир оҥоруутунан дьарыктаныахтаахтар.  Оттон суола-ииһэ ыраах, уустук улуустар наар эт боруоданы иитиэхтээхтэр. Маныаха уопут баар: Чурапчыга аҕалбыт герефорд сүөһүбүт – эт боруодата айылҕабытыгар сөп түбэстэ, төрүөҕэ үчүгэй. Онон бу эт боруодатын тэнитэн сайыннарыахпытын наада.
- Сылаас-сымнаҕас анал аһылыктаах, көрүүлээх сүөһү буолуо?
- Алдьархай бор, талымаһа суох, тулуурдаах боруода. Кыстыыра – халыҥ мастаах сарайынан сөп буолар.
- Оттон сахабыт ынаҕын боруодата? Тоҕо ону сайыннарбаппытый?
- Боруода син биир киһи, норуот тэҥэ кырдьар-бохтор, кэхтэр. Ол тэҥэ сахабыт ынаҕын боруодата эмиэ генетическэй өттүнэн эмиэ кырыйда, көрдөрүүтэ түһэн иһэр.
- Герефорд - саҥа боруода?

- Саамай саҥа 4 боруодаттан биирдэстэрэ уонна аан дойдуга улахан көрдөрүүнү биэрэр боруодалартан биирдэстэрэ. Аҥардас этэ 400 киилэни охсор.
- Көннөрү сүөһү – 200 киилэ буолар?
- Оннук, герефорд - икки төгүл төрөл. Биһиги сахабыт сылгытын боруодатын харыстыахтаахпыт, харчы уган сайыннарыахтаахпыт. Саха сылгыта – аан дойдуга ханна да суох ураты дьикти боруода. ТХМ иһинэн саха сылгытын харыстыырга, сайыннарарга Селекционнай киин тэрийиэхтээхпит.
- Республикаҕа сылгынан дьарыктанар улахан хаһаайыстыбалар Ньурба Маалыкайыгар...
- ...уонна Хаҥаласка "Бөртө” хаһаайыстыбата баар. Маалыкайга баар Степан ВАСИЛЬЕВ аатынан сылгы собуота салайааччыларыгар табыллыбакка эрэйдэннэ. Бу кэлиҥҥи дириэктэртэн элбэҕи күүтэбит. Тоҕо диэтэххэ, үлэ-хамнас киһи хайдаҕыттан быһаччы тутулуктаах. Маалыкайдааҕы собуот уонна "бөртөлөр” биир тэҥ усулуобуйаҕа, үбүлээһиҥҥэ олороллор. Ол гынан баран, "Бөртө” көрдөрүүтэ таһы быһа. Кинилэр сылгыны таһынан ынах-сүөһүлээхтэр, ыанньыксыттарын хамнаһа 25 000 солк., эбиитин переработкалаахтар.
- Куораттан чугастар, батарар сирдэрэ баар. Оттон маалыкайдар суола-ииһэ уустук, чиэски сиргэ олороллор.
- Ити эмиэ биричиинэ буолуо да, үлэ тахсыыланарыгар быһаарар оруолу салайааччы ылар. Киһититтэн тутулуктаах. Ньурбалар Мииринэйтэн, Ленскэйтэн чугастар. Уопсайынан, промышленнай улуустарга бородууксуйаны батарар курдук, ыаллыы  улуустар үлэлэрин-хамнастарын дьаһаныахтаахтар. Билигин сылгыны харыстыыр Селекционнай киин тэрилиннэҕинэ, харчы көрүллэн сылгынан дьарыктанар хаһаайыстыбаларга улахан көмө буолуоҕа.
- Калмыкиябытыгар төннөн кэллэххэ...
- Россия судаарыстыбатын иһигэр, Россия гражданина ханна баҕарар сокуону кэспэккэ эрэ бизнес тэрийэр бырааптаах. Билигин судаарыстыба сулууспалааҕа буолбутум быһыытынан, ити бырайыактан мин тэйбитим. Ол гынан баран олус кэскиллээх, кэнэҕэскилээх бырайыак диэн бүк эрэнэбин.
Дойдуга – эт тиийбэт. Аһыыр аһын кыайан булуммат ыал эстэр. Син биир ол тэҥэ судаарыстыба бэйэтин аһын кыайан тэриммэтэҕинэ – кутталга киирэр, кэмниэ-кэнэҕэс  мөлтүүр-ахсыыр, атыттарга муннуттан сиэтиллэ сылдьар көлүүк оҕуска кубулуйар.
Судаарыстыба бэйэтин аһын-үөлүн кыайан хааччынар кыаҕа суох буоллаҕына – бу дойду көмүскэлэ суох буолар. Ким-ким, тугу-тугу аһатыа-сиэтиэ биллибэт. Оннук да буола турар. Баччыр оҕолор рагынан ыалдьаллар, эдэр баҕайы дьон инсультууллар. Бу барыта аһыыр аспыт хаачыстыбатыттан уонна олохпут тыҥааһыныттан тутулуктаах. Киһи бэйэтин сиригэр-уотугар үүммүт, оҥоһуллубут, хаачыстыбалаах аһы-үөлү сиэхтээх. Доруобай киһи – күрэстэһэр кыахтаах. Доруобай киһи үлэни кыайар кыахтаах, киһилии олоҕу олорор кыахтаах. Онон киһи доруобай, хаачыстыбалаах олоҕу олоруон баҕарар буоллаҕына – олохтоох бородууксуйаны өйүөхтээх. Патриот санаалаах буоллаҕына, бэйэтин дьонун өйөөн, кинилэр бородууксуйаларын атыылаһыахтаах. Ити буолар кини көмөтө - тыатын сиригэр.  
- Иван Иванович, эккирэтэ сылдьан күлүк түһэрэ сатыыллара үлэҕэ-хамнаска мэһэйдиир буолуо, ээ?
- Мэһэйдиир... киэргэппэт... Төрүөтүн билэр дьон өйдүүллэр, аахайбаттар, оттон тыаҕа олорор дьон-сэргэ өйдөөбөттөр, ыйыталаһаллар, быһааттараллар... Ону хас биирдии киһи айаҕын бүөлүүрүнэн дьарыктана сырыттахпына дьиҥнээх үлэбин хаһан толруохпунуй?..  Сороҕор кыһыттахтарына, хадаардаһан өссө күүскэ үлэлиэхпин баҕарабын...
- Ааҕааччыларга туһаайан тугу этиэҥ этэй?
- Үлэҕэ-хамнаска, өйгө-санааҕа түмсүүлээх буоллахпытына сайдыахпыт. Омук, дьон бөҕөтө кэлэрэ биһиги олохпут укулаатыгар күүскэ дьайар. Киһи киһи курдук сананан, дьоһуннук олоруохпутун баҕарар буоллахпытына, бэйэ-бэйэни харыстаһан, өйөсүһэн олоруохтаахпыт. Урут кэлии дьон үксүн промышленноска киирэр эбит буоллахтарына, билигин тыа хаһаайыстыбатыгар кытары киирэн эрэллэр. Норуоппут төрүт дьарыгын хаалларыахпытын баҕарар буоллахпытына, үлэлээн-хамсаан, саҥаны тобулан, киллэрэн  кыаҕырыахпытын наада. Урут хаһан да тыа сиригэр анаан сыл биллэриллибэт этэ. Президеммит Егор Афанасьевич салайар кэмин муҥутуур көдьүүстээхтик туһанан хаалыахтаахпыт, кэнэҕэс сайдар тирэхпитин оҥостон хаалыахтаахпыт. Кэлин ким салалтаҕа кэлиэҕэ, хайдах салалтаҕа олоруохпут биллибэт. Политика – халбас харата. Экономическай өттүнэн тутулуга суох буоллахпытына – куоласпыт да дорҕооннонуоҕа.
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру


Источник: aartyk.ru
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1241 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 14
Ыалдьыттар (гостей): 14
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024