News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Атырдьах ыйа » 27 » суверенитеты, Сахабыт сирин сиртэн хостонор баайын-дуолун, бары кыахтаах тэрилтэлэрбитин туран биэрбит, көмүскээбэтэх дьокутааттарбытын ула
суверенитеты, Сахабыт сирин сиртэн хостонор баайын-дуолун, бары кыахтаах тэрилтэлэрбитин туран биэрбит, көмүскээбэтэх дьокутааттарбытын ула | 08:22 |
Кэскили таба тайаныаҕыҥ
26.08.2013 16:31 | Автор: kyym.ru Ыччаппыт кэскилин түстүүр быһаарыылаах быыбар күнэ чугаһаан иһэр. Соторутааҕыта хаһыакка Егор Ларионов дойдубут, суверенитеппыт дьылҕатын туһугар долгуйан суруйбут суругун аахтым. Онно Үрдүкү Сэбиэт 10-с сиэссийэтигэр суверенитеты көмүскээһин боппуруоһугар бэрт боччумнаах дакылааты Климент Иванов тутум үрдээн, үтүө-мааны сэбэрэтэ өссө тупсан туран өрөгөйдөөхтүк оҥорбута, ол кэннэ киин былаас өрөспүүбүлүкэни күөмчүлүүрэ тохтообута, 165 дьокутаат (ол иһигэр хомуньуустар, "мин аҕай” дэммит демократтар, Мииринэйи уоннна Ленскэйи Саха сириттэн араара сатыыр омуннаах дьокутааттар) бары биир киһи курдук ылсан суверенитет көмүскэлигэр туруммуттара этиллибит этэ. Ону ааҕа олорон ол саҕанаааҕы патриот дьокутааттарга муҥура суох махтанар санаа үөскээтэ. Ити кэннэ, онтон сиэттэрэн, 20-чэ сыллааҕыта көмүскэммит суверенитеты, Сахабыт сирин сиртэн хостонор баайын-дуолун, бары кыахтаах тэрилтэлэрбитин туран биэрбит, көмүскээбэтэх дьокутааттарбытын улаханнык сиидэлиэхпитин, сүүмэрдиэхпитин, чулууларын эрэ талан хаалларыахпытын наада эбит диэн өйдөөтүм. Бүгүн таҥнарбыт, эргийэн биэрбит киһи сарсын да тоҕо таҥнарбат буолуой! Баай-тот, былаас баартыйатыгар сөрөнө сылдьан чобуорхайар дьон боростуой норуот туһугар наадыйбат, долгуйбат эбиттэр. Ити билигин былаас холуннарар, тимирдэ сатыыр баартыйаларыгар куоластаатахха эрэ сиэр-майгы ырааһырыан, боростуой дьон олоҕо-дьаһаҕа сайдыы диэки салаллыан сөп.
Онон, быыбарга норуоттарын туһугар харыстаммакка турууласпыт уонна тиһигин быспакка туруулаһа сылдьар аҕыйах дьокутааппытын сэргэ (кимнээхтэрэ биллэллэр дии саныыбын), этэр тылларын бэйэлэрин дьыалаларынан көрдөрбүт эрэллээх дьону таларбыт наада буолбут. Санааны этэр бобуллубата буолуо, араас чыыннаах-хааннаах артыыстары, спортсменнары талартан туттунуох баара. Ол эбэтэр, Ил Түмэҥҥэ хосун-хоодуот, өрөспүүбүлүкэтин уонна норуотун интэриэһин хараҕын харатын курдук харыстыыр төлөннөөх патриоттар, сиэрдээх бэлиитиктэр, дьиҥнээх "государственниктар” талыллыахтаахтар. Араас карьеристар, хаамаайылар, сирэй көрбөхтөр, бэйэлэрин эрэ тустарыгар сордонор дьон онно ааһыа суохтаахтар. Оччоҕуна эрэ былаас дьон диэки хайыһыа. Бука бары оҕолоох-уруулаах, сиэннээх дьоммут, олор дьылҕаларын туһугар куоластыаҕыҥ!
Людмила Сивцева, үлэ бэтэрээнэ, Дьокуускай.
|
Category: Выборы |
Views: 1432 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 76 Ыалдьыттар (гостей): 76 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|