News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Атырдьах ыйа » 31 » тыа сиригэр, тыа дьонугар чугас, с³пт³³х политиканы ыытар биир эрэ партия баар. Ол – «Справедливай Россия» партия.
тыа сиригэр, тыа дьонугар чугас, с³пт³³х политиканы ыытар биир эрэ партия баар. Ол – «Справедливай Россия» партия. | 08:39 |
Онноо±ор чурапчылар…
Иван Лаврентьевич ТУРАНТАЕВ т³р³³бµт улуу´угар сылдьан, олохтоох дьон тылын-³´µн истэн, олох-дьа´ах хайда±ын билсэн баран, санаатын µллэстэр. - Бу кµннэргэ Чурапчы улуу´угар сылдьан кэллибит. Улуус кииниттэн чугас сытар нэ´илиэктэринэн, Мугудайынан, суол-иис баар сирдэринэн балайда кэрийдибит. Итиннэ таарыйа эттэххэ, Бэстээхтэн са±алаан Чурапчыга диэри суол быстар м³лт³х. Чурапчы тыраассата испиэскэнэн к³р³ сытар эбит. Ол буортулаа±а чуолкай. Улахан балыктаах кµ³ллэр ол ту´уттан буомтурбуттар. Суолу бата оттуу сылдьааччы чурапчылар ону туо´улууллар. А´ыыр уу туруга Чурапчыга т³рµт м³лт³±µн этэллэр. Урукку ³ттµгэр чурапчылар и´эр уу саппаа´а кэмчитин ту´унан µ²сэргиир буоллахтарына, быйыл ардах уутуттан аны кµ³ллэрэ туолан, уу дэлэйбит. Ыраа´ырбыт да курдук буолбут. Дьон и´эр уутун ардах уута ыраа´ырдар µйэтигэр µктэннэхпит. Халлаантан эбинэр уу туруга оннук µчµгэй буолуо диэн дьон эрэммэтэ биллэр. Мин санаабар, ити суолларын быыла, испиэскэтэ ³рµкµйэн к³т³н ууга с³²³р³ ордук буортулуур бы´ыылаах. Кэли²²и сылларга Чурапчыга сир анныттан ыраас уу ылыллыбат.
Бу сырыы кэнниттэн бииртэн биир улахан тµмµгµ о²оруохха с³п. Бµрµµкээн олорор «Единэй Россия» партия учууталлары, детсаат µлэ´иттэрин, атын ханнык ба±арар хамнастаах дьону, нэ´илиэк ба´ылыктарын ытарчалыы ылан олороро ³т³ к³ст³р. Сорох сиргэ тиийдэххэ – ыа±ас са±а кµлµµс ыйанан турар буолар. Дьон µлэлии сылдьара да к³стµбэт. Ити курдук, единэйдэртэн ураты партиялар а±ытаассыйаланалларыгар, матырыйаалларын тар±аталларыгар мэ´эйдииллэрэ чуолкай. Хас к³рсµбµт, кэпсэппит дьонум да ону туо´улуур. Единэй партия сабардаан олорорун тухары сайдыы буолуо суо±а бары этэллэр. Бу «Справедливай Россия±а» куоластыахпыт дэ´эллэр.
Мин 70-н тахса ки´ини кытары сирэй к³рс³н кэпсэппитим тухары сиэрдээхтэргэ охтоллор. Тыа сирин дьоно µксэ итинник саныыра буолуо дии саныыбын. Дьон ³йд³нн³, ³йд³н³рг³ кэмэ да кэллэ. Былааска наар биир партия бµрµµкээн олорор буолла±ына, республика да и´игэр, Россия да µрдµнэн сайдыы барбата чуолкай.
Эт-хаан кыра кыыспын кытары Чурапчы улуу´угар аргыый а±айдык сылдьан, т³рдµм-уу´ум дьонун кытары кэпсэтэрбэр, дьон-сэргэ этэрэ биир – би´иги бу чунуобунньуктар ба´ылаан олорор бала´ыанньаларыгар µлэлиирбитигэр сµрдээх уустук диэн. Кµ´эйэн туран биир биллэр партия±а куоластата сатыахтара гынан баран, ис санаабыт ыраас, бэйэбит ыраас дьоммут диэччи элбэх. Ити этэр санаалара урна±а тиийэн уларыйан хаалбат ини. А²аар уостарынан, киин быыбардыыр хамыы´ыйа±а сµрдээх улахан исписэлиистэр µлэлии олороллор, олор тахсан балыы²калыахтара дэ´эллэр. Ол курдук, урукку дьылларга Родион Федоровы хайдах утарбыттарын, утары куола´ы уру´уйдаабыттарын ту´унан ха´ыаттан аа±ан билэбит, оччотугар эмиэ оннук бэйэлэрин ту´атыгар быыбары ыытыахтара диэччи на´аа элбэх курдук.
«Справедливай Россия» ыытар политикатын и´инэн баар ыал программата кэли²²и сылларга кµµскэ олоххо киирэн эрэр. Чурапчыга эмиэ ол к³ст³р. 90 быры´ыан сылгы иитиитигэр к³спµттэр. Онон, бэйэ хапытаалын, ыал тэрилтэтин хапытаалын сайыннарыы кµµскэ барара республика±а ордук бу – Чурапчы улуу´угар киирдэ. Ону ки´и хай±ыан эрэ с³п. Саха дьоно биир эрэ лидердээх диэн этэбин. Ол – дьи² норуоттан турбут депутат Федот Тумусов. Оттон тыа сиригэр, тыа дьонугар чугас, с³пт³³х политиканы ыытар биир эрэ партия баар. Ол – «Справедливай Россия» партия.
Чурапчы диэн чулууттан чулуулар, саха дьолугар т³рµµр дьон µ³скµµр тµ³лбэтигэр дьон итинник ис ыраас санаалаах буолла±ына, атын киинтэн тэйиччи сытар улуустарга эмиэ оннук буолуон с³б³. ОННОО¡ОР чурапчылар инньэ дииллэр… Санааларын а´а±астык этэртэн толлубаттар эбит. Ол бэрт. Кэпсэттэ Венера ПЕТРОВА
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1505 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 6 Ыалдьыттар (гостей): 6 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|