Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Алтынньы » 29 » . Ыллыыр киһи бастаан ырыа ис хоһоонун билиэхтээх. Кэрэ тыл, кыыһырбыт тыл, ымманыйар тыл, ойуулуур тыл диэни дьүһүннээн биэриэхтээх
. Ыллыыр киһи бастаан ырыа ис хоһоонун билиэхтээх. Кэрэ тыл, кыыһырбыт тыл, ымманыйар тыл, ойуулуур тыл диэни дьүһүннээн биэриэхтээх
19:04
 Алексей Егоров: "Ырыа тылы билэргэ көмөлөһөр”
29.10.2013 15:57 | Автор: Мэхээс Сэмэнэп-Серкан
1980-с сылларга "Чороон” ырыатын-тойугун ким биһирии истибэтэҕэй? Екатерина уонна Алексей Егоровтар нарын ырыаларыгар ким астына уйдарбатаҕай? Бу күннэргэ саха бастыҥ дуэта төрүттэммитэ 30 сылын туолар эбит. Онтон сиэттэрэн, саха норуодунай артыыһа, Саха сирин Ырыа айааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Алексей Васильевич ЕГОРОВ биһиэхэ кэлэн, уруккуну-хойуккуну ахтан, дьиэ кэргэн, ыччаты иитии, билиҥҥи эстрада туһунан санаатын этэн ааста.

– Дьиҥэр, Екатерина биһикки 1982 сылтан ыла алтыһан барбыппыт. Ол эрээри, чопчу 1993 сыллаахха "Чороон” иһинэн анал бырагыраама оҥороммут, Егоровтар диэн дуэт баар буолбута. Онон быйыл бу айар дуэппыт 30 сылын бэлиэтиибит.

"Чороон” ансаамбыл ыһыллыбытыгар Аркадий Алексеевы кытары биэс сыл бииргэ үлэлээбиппит. Салгыы Лана Юргинаны кытта "Саҥа ырыа” диэн кэнсиэр-продюсер киинин тэрийэн, итинник ааттаах улахан бэстибээл оҥорбуппут. "Уостан түспэт 100 ырыа” диэн саха ырыатын үйэтитиигэ улахан суолталаах бырайыакка "Саха” НКИХ-и кытта таһаарыылаахтык үлэлээбиппит. 2004 с. "Сырдык сүүрээн” диэн оҕо устуудьуйатын тэрийбиппит уонна былырыыҥҥыттан "Сэргэлээх сулустара” устуудьуйаҕа устудьуоннары дьарыктыыбыт.

Онон аҥаардас ырыаһыт-дуэт эрэ быһыытынан сылдьыбаппыт – уопсастыбаннай үлэбит баһаам. Киһи сааһыран истэҕин ахсын, бу олоххо тугу билбитин, тугу сатыырын оҕоҕо-ыччакка хаалларарга, кинилэри уһуйарга, саха ырыатын тыла-өһө, туруга тупсарыгар үлэлэһэ сатыыр буолар эбит.

– Саха сиригэр Егоровтар диэн ыал элбэҕэ буолуо да, дьон бастаан Екатерина Борисовна эһиккини санаан кэлэр. Отут сыл устата киһи барыта эһигини сэҥээрэн, сөбүлээн истэр.

– Биһиги иккиэн идэтийбит ырыаһыттарбыт. Арааһа, иэйиибит, саныыр санаабыт, өйдүүр өйбүт сөп түбэһиитэ бачча кэм устата бииргэ ыллыы сылдьарбытыгар көмөлөһөрө буолуо. Дьиэ кэргэн майгытын тутуһан, үлэлээн кэллибит. Өйбүт-санаабыт, куппут-сүрбүт, айылҕаҕа, олоххо, ырыаҕа да көрүүлэрбит бииргэлэр. Ол иһин дуэт буолан баччаҕа кэллэхпит.

Биһиги ырыаны ыллыбыт да көннөрү "күппүлүөт-припев” эрэ курдук оҥорон кэбиспэппит ээ. Айымньы оҥоро сатыыбыт. Бу ырыа ис хоһоонугар, этэр этиитигэр болҕомтобутун уурабыт. Мин санаабар, барыта поэзияттан тахсан кэлэр.

– Дьэ, итини ыйытаары олорбутум. Бэйиэттэри кытары хайдах үлэлэһэҕиний, хоһоону хайдах талаҕыный?

– Дьикти дии. Муусука училищетыгар үөрэнэ сылдьан, хоһоону соччо аахпат этим. Арай аармыйаҕа сырыттахпына туох эрэ уларыйыы барбыта быһыылааҕа. Ахтылҕаҥҥа уйдаран эбитэ дуу, киһи дууһатын кыла ордук дыыгынаан, тыҥаан кэлэр быһыылаах этэ... Холобур, поска туран, билэр-билбэт сахалыы ырыаларбын ыллыырым. Онно өйдөөбүтүм: тылларын соччо билбэт эбиппин. Ол иһин биллэр матыыптарга тыл суруйа-суруйа ыллыы сатыырым.

Аармыйаттан кэлэн баран, "Кыым” хаһыакка Иван Егоров "Эн хаарга сардаана үүннэрдиҥ” хоһоонун булан ылбытым уонна "ырыа суруйуохха сөп эбит” диэн санаа үөскээбитэ. Дьиҥэр, мелодист буолбут киһи диэн сыал-сорук суоҕа. Кэллэ да кэллэҕэ дии. Онтон Иван Егоровтыын анаан көрсөн сэһрэгэспиппит. Хоһоон уобарастаан этэр күүһүн онно аан бастаан үчүгэйдик өйдөөбүтүм. Бастакы ырыам хоһоонун суруйбут киһибэр махтанабын.

Салгыы биир дойдулааҕым Родион Еремеевтиин элбэхтик үлэлээбиппит. Ардыгар бэйэтигэр тиийэн ырыа ис хоһооно хайдах буолуохтааҕын кэпсээтэхпинэ, хоһоон суруйан кэбиһэрэ. Кини эмиэ иитиллэр, умайыктанар буоллаҕа дии. "Өлөксөй, кэлэ оҕус, хоһоон суруйдум”, – диэн ыҥыран ылара. Ол курдук алтыһаммыт, хас да ырыаны айбыппыт. "Ыллыырыҥ куруутун аттыбар”, "Мунчаарыы”, "Дьикти түгэн”, "Кэрэ кыыс”, "Эйигин умна сатааммын”, о.д.а. ырыалары айбыппыт.

Бэйиэттэр "хоһооннорум – ырыаларым” дииллэр. Сөпкө этэллэр. Хоһоон бэйэтэ матыыптаах, тэтимнээх, өҥнөөх-дьүһүннээх, этэр этиилээх.

– Оҕону-ыччаты үөрэтэргэр бу хайысхаҕа хайдах үлэлиигиний? Эдэрдэр кинигэни аахпаттар дииллэрэ кырдьык ээ.

– Оҕолору кытары тыл өттүгэр үлэлиир олус интэриэһинэй. Уопсайынан да, кинилэри кытары үлэ угуйуктаах. Киһи саҥаттан саҕыллар, өйө-санаата да сырдыыр. Үөрэххин ылынар буоллахтарына – үс төгүл үөрүүлээх.

Бастаан оҕо ыллыы да сылдьар ырыатын аҕаллаҕына, тылын үс гыммыт биирин, сорохтор аҥаарын ис хоһоонун билбэт буолаллар. Онно киһи оҕолору баалаабат. Тоҕо диэтэххэ, үгүстэрэ куорат эйгэтигэр үөскээтэхтэрэ дии. Эбиитин литэрэтиирэни аахпат буоланнар, айылҕа, алаас тылын билии өттүгэр сүрдээх хаалыылаахтар, кылаассык-бэйиэттэрбит, билиҥҥи хоһоонньуттар да тылларын ситэ өйдөөбөттөр. Дьиҥэр, ырыа тылы билэргэ, иҥэринэргэ олус көмөлөһөр, улахан суолталаах. Ырыа көмөтүнэн оҕону тылга сыһыарыахха, ону ааһан, култуураҕа иитиэххэ сөп.

Ол иһин ырыа хас биирдии күппүлүөтүн ырытабыт. Ыллыыр киһи бастаан ырыа ис хоһоонун билиэхтээх. Кэрэ тыл, кыыһырбыт тыл, ымманыйар тыл, ойуулуур тыл диэни дьүһүннээн биэриэхтээх. Матыыбыгар, ыллыыр майгытыгар, дорҕоонугар. Ис хоһоонун билбэт буоллаххына, ону истээччигэ-көрөөччүгэ сатаан тиэрдибэккин. Ол иһин оҕолору кытары үлэлиирбитигэр итиннэ олус улахан болҕомтону уурабыт.

– Уолаттарыҥ Өркөннөөх Харысхан ырыаҕа-тойукка лаппа сыһыаннаахтар. Чопчу бу өттүнэн бэйэлэрин кыахтарын толору туһана сылдьаллар дуо?

– Суох, олох туһаммакка сылдьаллар. Харысхан муусука амтанын олус үчүгэйдик араарар. Бэл, улахан ырыаһыттар куолаһынан араарыыга кинини ыҥыран көмөлөһүннэрэллэр. Айылҕаттан гармонияҕа дьоҕурдаах, биирдэ иһиттэ да, умнубат үгэстээх. Ол гынан баран наар үлэтин уонна дьиэ кэргэнин өттүгэр оҕутта. Ону мин туох да диэбэппин – киһи барыта ырыанан олоҕун оҥостуохтаах диэн суох. Ырыа өттүгэр бэйэтин дьоҕурун олох кып-кыра бырыһыанын арыйда.

Оттон Өркөн ырыатын букатын бырахта диир табыллыбат. Ырыаһыттарга анаан суруйар, бэйэтэ биирдэ эмэ саҥа ырыалары таһаарар. Биир өттүнэн, кини ырыалара кэмиэрсийэлии хайысхата суохтар. Билигин Арассыыйа таһымыгар "харчы оҥорорго аналлаах ырыалар” диэн өйдөбүл баар буолла. Ол аата – чэпчэки, судургу, туохха да үөрэппэт, толкуйдаппат, күннээҕи ырыалар. Киниэнэ онтон чыҥха атын. Аны туран, бэйэтэ тыйаатыр үөрэхтээх буолан, айылҕата хайдах эппитинэн сылдьар. Былаана элбэх. Онон хайдах да хааччахтыы сатаабаппыт. Ол эрээри, төһө да күүстээх инструменталист буолбутун иһин, ырыа-тойук, дьүрүлгэн өттүгэр кыаҕын аҥаарын эрэ туһана сылдьар дии саныыбын.

– Үбүлүөйдээх кэнсиэргитигэр уолаттаргыт эмиэ кытталлар эбит.

– Дьиэнэн сэтинньи 2 күнүгэр кэнсиэрдээри сылдьабыт. Бу сырыыга ырыа, дьиэ кэргэн уонна уһуйуу бөлүһүөпүйэтигэр болҕомтобутун ууруохпут. Уолаттарбытын сэргэ сиэннэрбит Күөрэгэйдээх Айыына ыллыахтара. "Сырдык сүүрээҥҥэ” дьарыктыыр оҕолорбут баар буолуохтара. "Сэргэлээх сулустарыгар” анаан Аркадий Алексеев, Виталий Андросов, атын да мелодистар ырыаларыгар куолаһынан аттарыыны оҥорбутум балайда интэриэһинэй көстүү буолуо дии саныыбын.

Аны туран, мин мелодист быһыытынан айбыт ырыаларым Ноевтаах, Аркадий Алексеевтаах курдук элбэхтик ылламматтар. Ол гынан баран, кэлиҥҥи кэмҥэ эдэрдэр бэйэлэрэ көрдөөн ылан, ыллыыр буолан эрэллэр. Урут дьон биһиги дуэт быһыытынан ыллыырбытын истэр буоллахтарына, билигин инники күөҥҥэ сылдьар ырыаһыттарбыт онно тус көрүүлэрин, бэйэлэрин иэйиилэрин киллэрэн биэрэллэр. Холобур, "Ильмень үрдүнэн туруйалар” киинэҕэ ылламмыт "Туруйа кут” ырыабын (Уххан хоһооно) бу сырыыга Ника ыллыахтаах. Лэгэнтэй "Мунчаарыыны” олус интэриэһинэйдик оҥорбута. Өркөн Күннэйдиин "Этимэ” диэн ырыаны ыллаабыттарын дьон олус бэркэ ылынар. Аны туран, ол ырыаны Саарын сахалыы майгытын киллэрэн ыллыыр буолбута, эмиэ дьиктитик иһиллэр. Варя Максима, Игорь Егоров, Сахаайа, Анастасия Готовцева эмиэ биһиги ырыаларбытын ыллыыллар.

Наһаа элбэх оҕону үөрэппэппит гынан баран, үгүстэрэ Саха сиригэр балайда биллэн эрэллэриттэн үөрэбит. Холобур, Маайа Сергина "Дайар сахаларга” баар. Алексей Винокуров күөн-күрэс бөҕөтүгэр кыайан, билигин олус үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьар. Сайсары Куо, Даша Андросова, Костя Степанов эмиэ биһигинниин үлэлэһэн ааспыттара. Билигин да кэлэн сүбэлэтэллэр.

Биһиги отучча ырыабытын ыллаан дьоҥҥо тарҕаппытынан "Туймаада” ансаамбыл ойуччу турар. Бэл, мюзикл, киинэ оҥорбуттара. Ону иккис күҥҥэ – сэтинньи 3 күнүгэр – кэлэн истиэххитин сөп.

Ырыаларбытын билиҥҥи дьон ыллыыра бэйэбит да истэрбитигэр сонун. Кэм-кэрдии, тэтим уларыйарын сэргэ, киһи ырыаны ыллааһынын, толоруутун өҥө-кырааската эмиэ уларыйан иһэр. Кэнсиэрбитигэр бииргэ үлэлэһэр бэйиэттэрбитин – Ухханы, Сайаны, Светлана Егорованы, Афанасий Чугунову – хайаан да ыҥырыахпыт. Бэйэлэрэ айсыбыт ырыаларын кытары алтыһыннарыахпыт, чиэстиэхпит.

– Бэрт интэриэһинэй кэнсиэрдэр буолаары тураллар эбит. Айар дуэккыт 30 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин! Бу эҕэрдэҕэ "Кыым” ааҕааччылара бары кыттыһалларыгар саарбахтаабаппын.
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1839 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 26
Ыалдьыттар (гостей): 26
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024