Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Алтынньы » 31 » национальнай республикаларга сыһыаннаах бөрүкүтэ суох пуун ("укрупнение регионов по национальному признаку") букатыннаахтык сотулунна.
национальнай республикаларга сыһыаннаах бөрүкүтэ суох пуун ("укрупнение регионов по национальному признаку") букатыннаахтык сотулунна.
11:16
Афанасий МАКСИМОВ суутун уонна "оҕотук демократия" сэнэбилин туһунан
Вторник, 29 Октября 2013 15:19
Афанасий МАКСИМОВ суутун уонна "оҕотук демократия" сэнэбилин туһунан
"Максимов дьыалата" ханнык түһүмэххэ тиийбитин, Афанасий МАКСИМОВ тугу үлэлии-хамсыы сылдьарын сураһар дьон элбэҕинэн сиэттэрэн "Аартык.ру" аны Дьокуускай куорат Думатын дьокутаатын кытары Афанасий МАКСИМОВТЫЫН көрсөн кэпсэтэ сырытта.
- Афанасий Николаевич, суут буола турар?

- Буолан.
- Хаһан бүтэрий? Саҥа Дьылга диэри бүтэр дуу, суох дуу?
- Прокурордар "атын саҥаны айбатахтарына" бүтэ сыһар ини. Туох баар хара күүстэринэн, сатабылларынан уһата сатыы сылдьаллар.
- Туох эмэ суолталаах уларыйыы таҕыста дуо?
- Суолталаах элбэх таҕыста. Ол курдук, "Максимов дьыалатын" саҕалаабыт биир тутаах ирдэһээччи сайабылыанньатыттан аккаастанна, урукку буруйдуур көрдөрүүлэрин көтүттэрдэ.
- Но!
- Итини таһынан, төлөпүөҥҥэ, дьиэҕэ уоран уурбут "жучоктарын" суруйуулара дьиҥэ суоҕунан ааҕылынна.
- Киһи кэпсэтэрин уоран истэр - сокуону кэһии.
- Оннук. Тугу барытын илбээн-холбоон таһаарыахха сөп. Туоһулар сорох доппуруостарын боротокуоллара дьиҥэ суоҕунан ааҕылынна, икки тутаах буруйдуур экспертизэлэр - векселгэ,  ОБЭП "Ленанефтегазстройга" сыһыаннаах ыспыраапка дьиҥэ суоҕунан ааҕылыннылар. Дьыала сымыйа буруйдааһыҥҥа олоҕуран оҥоһуллубута хара маҥнайгыттан биллэрэ, ол иһин суукка кэлэн билигин барыта "көөрөттөн" түһэ турар. Сокуоҥҥа быһаарсар, юридическэй кыраҕы билиилээх киһи - Россия Үрдүкү суутун быһаарыыта тахсаатын кытары, дьиҥинэн, бу дьыаланы СР Үрдүкү суута тута сабан кэбиһиэхтээх этэ...
- Ону хаттаан көрүүгэ ыыппыта. Тоҕо?
- Оттон быыбар, сахсаан, айдаан... Билигин дьыаланы прокуратура соруйан уһата-кэҥэтэ сылдьарын бары көрөҕүт. Туоһулары булбакка сылдьар аатыраллар, сорох туоһулар бэбиэскэ тутан да баран кэлбэттэр, кэллэхтэринэ да инники биэрбит көрдөрүүлэриттэн аккаастана олороллор...
- Быыбарга кыттыбыт "алҕастаргын" үөрэх оҥоһуннуҥ?
- Биллэн турар. Итиннэ мин эрэ алҕаһым баар буолбатах, объективнай фактордар эмиэ баар этилэр. Саамай дьиибэтэ диэн, ханна үчүгэй быыбары кэтээн көрөөччүлэрдээх сирдэрбитигэр - "Гражданскай платформа" 10 бырыһыантан элбэх куолаһы ылбыта. Сылы быһа хаалла сыппыт политикка, онтон тахсыбыта сыл аҥаара эрэ буолбут киһиэхэ, мин саныахпар, араас ньымалары толкуйдуу да сатаабыттарын үрдүнэн (!), куһаҕана суох көрдөрүү дии саныыбын. Сыл анараа өттүгэр киэҥ, баай дьүһүйэн көрөр дьоҕурдаах да киһи, миигин партия испииһэгин баһылаан быыбарга кыттыа да диэн санаабатах буолуохтаах. Биһиги бэйэбит 8 бырыһыаммытын (өссө элбэҕэ буолуо) чуолкай ылбыппыт. Тоҕо диэтэххэ, биһиги 18.00 чаас кэнниттэн "хотторбуппут". Республикаҕа 608 000 куоластааччы баар. "Ньыгылларга" 130 000 киһи куоластаата. "ЕР" сааскы праймериһигэр 120 000 киһи кэлэн куоластаабыта. Бу праймеризкэ быыбардаабыт дьон сосуһа сылдьан балаҕан ыйыгар кэлэн кинилэргэ куоластаата.
- Былаастан тутулуктаах бюджет үлэһиттэрэ?
- Оннук! Быыбар, дьиҥинэн, балаҕан ыйыгар буолбакка муус устарга буолбута. Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн "ньыгыллар" бюджетник-армиятын таһынан хаалбыт  400 000 киһини уһугуннарарга туһуланнаҕа. Мин саныахпар, хамсааһын барда. Сарсыарда 06.00 чааска 7 бырыһыаннаах этибит, онтон дьону бэлэмнээн 5,01 бырыһыан оҥорбуттара. Биһигини "быраҕан" баран ЛДПРы өрө тартылар... тиһэҕэр "ГП" - 4,95.
- Саатар "оҥоро сатаан баран" ботуччу соҕус "оҥоруохтарын", чуолкай 4, эбэтэр 3,5 эҥин диэн)).
- Кыахтара суох буоллаҕа! Сатаммыта оччо буоллаҕа)). Ол да үрдүнэн, түөрт депутаты бэрэстэбиитэллээх былааска син биир киллэрдибит, онон олус туга да суох хааллыбыт диэн муҥатыйбаппыт.
- Сатахха, "Гражданскай позиция", "Гражданскай платформа", аны логтиптара да үүт-үкчү, иккиэн сэргэстэһэ тураллар...
- Дьону соруйан булукуйбут ньымалара. 10 000 дьиҥэ суоҕунан ааҕыллыбыт бюллетень аҥаарыгар, дьон бутуллан, ити икки партия утары бэлиэ туруорбут этилэр.
- Елизавета СИДОРОВА партияттан таҕыста дуо?
- Суох, партияттан тахсар туһунан тыл суох. Партия лидерэ Михаил ПРОХОРОВ бу тиһэх сийиэскэ эттэ дии, "биһиги партиябыт вождистскай партия буолбатах, онон сыл-балтараа сыл буола-буола сэкиритээрдэри уларытыахха баара" диэн. Ол иһин Елизавета Гаврильевна региональнай отделение сэкиритээрин дуоһунаһыттан босхолонуон баҕарар.
- Кини оннугар?
- Сэтинньигэ конференция ыытыахпыт, онно быһаарыахпыт.
- Эн буолаҕын?
- Сийиэскэ мин кандидатурабын этэ сырыттылар. Конференцияҕа быһаарыахпыт.
-  Уонна интернет толору: "Гражданскай платформа" партия Устаабыттан, Программатыттан - национальнай республикалары өһүргэппит (культурнай холбоһук туһунан) пуун уһулунна диэн.
- Бу үлэни өссө сайыҥҥыттан бастаан Елизавета СИДОРОВА күүскэ саҕалаабыта, мунньахтарга элбэхтик тыл эппитэ. Биһиги юристарбыт докумуоннары бэлэмнээн, Төрүт Сокуону кэһэрин дакаастаан - үлэ бөҕөтүн ыыппыппыт. Ол түмүгүнэн   мин эмиэ сийиэскэ баран хат туруорустум. Онон национальнай республикаларга сыһыаннаах бөрүкүтэ суох пуун ("укрупнение регионов по национальному признаку") букатыннаахтык сотулунна. Россия 52 регионугар "ГП" отделениялаах. Ол иһигэр Калмыкия, Бурятия, Башкортостан, Саха сирин курдук национальнай  республикалар киирэллэр. Чуолаан, Саха сирин региональнай отделениетын туруорсуутунан ити пуун  Устааптан уонна Программаттан быраҕылынна. Бу уларытыы тугу туоһулууруй, диэн этэр буоллахха, биһиги партиябыт олоҕу, өйү-санааны кытары тэҥҥэ сайда, уларыйа турар. Демократичнай. Биир киһи дьаһайбытынан, биир сиргэ олорон хаалбат. Санаа атастаһыыта барар, уларыйыы-тэлэрийии ким баҕарар (оруннаах буоллаҕына) киллэрэр кыахтаах. Ол иһин аныгы кэм партията буолан дьону тардар. Социологическэй ыйытык көрдөрөрүнэн, "Гражданскай платформа" Россияҕа үһүс миэстэҕэ сылдьар. Билигин сийиэскэ этиллибитинэн, "ГП" региональнай отделенияларын хаҥатыахтаах, ыччаты кытары күүскэ үлэ ыытыахтаах. Биһиги сүрүн электораппыт - эдэр, орто саастаах дьон буоллаҕа. "ГП" атын партиялартан уратыта диэн горизонтальнай тутуллаах - лидердэри үөһэттэн анаабакка, норуот ортотуттан талан таһаарар. Госдумаҕа билигин сокуон барыла бэлэмнэнэ сылдьар: бэрэстэбиитэллээх уорганнарга партиянан 25 бырыһыан депутат талыллыахтаах, 75 бырыһыан биир мандатынан талыллыахтаахтар диэн...
- Ол аата биһиги дойдуга "партийнай систиэмэни тутуу" кыаллыбатах буоллаҕа. Путин "ЕР"тан общественниктыы барда, бу Прохоров барабын диэтэ...
- ...Прохоров ханна да барбат...
- ...Ходорковскай общественнай үлэнэн дьарыктанабын диэн хаайыыттан суруйа сытар...
- Ханнык баҕарар быһаарыыга, уларыйыыга-тэлэрийиигэ - былаас сыһыана хайдаҕый да, соннук түмүк тахсар. Билиҥҥи былаас барытын бэйэтин баҕатынан эргитэн-урбатан, реформа дьиҥнээх ис хоһоонун сотон кэбиһэн баран, хаҕын эрэ хаалларар үгэстээх. Быыбарга элбэх партия кыттыахтаах? Баһаалыста: Саха сиригэр  Богданов диэн биир киһи Москваттан кэлэр уонна алта партияны кууһунан регистрациялатан кэбиһэр! Элбэҕи баҕарбыккыт - мэйиҥ! Сүрдээх буолбатах дуо? Бу - Россия оҕотук демократиятын кэбилээһин диэн ааттанар!..  Онтон Дм.Медведев отчуоттуур: "Быыбар хаһааҥҥытааҕар да чиэһинэйдик, элбэх партия күрэстэһиилээх барда..."
- Дьокуускай Думатыгар кэллиҥ. Куорат Думатын таһыма Ил Түмэнтэн түстэххэ хайдах эбитий?
- Ээ, коллегаларбын сирэй-харах анньар табыгаһа суох... Эрэл хаһан баҕарар баар.
- Оттон бэһис Ил Түмэн састаабын туһунан эттэххэ?
- Туох да диэбит иһин, Александр Николаевич ЖИРКОВ сиппит-хоппут политик.
- 20 сылы быһа курулуйбут...
- Суох, журналистар олус түһэрэҕит, мин итиннэ букатын сөбүлэспэппин... Ил Түмэн депутаттарын 60 бырыһыана саҥа дьон. Мин саныахпар састаап кыахтаах, кэм-кэрдии аастаҕын аайы бэйэтин кыаҕын көрдөрөн иһиэҕэ дии саныыбын. Политика - халбас харата, бүгүн биир, сарсын атын. Политикаҕа доҕор диэн суох. Онон уларыйыы-тэлэрийии таҕыстаҕына, бу депутаттар бэйэлэрин куоластарын иһитиннэриэхтэрин сөп.
- "Мин бардым", - эҥин диэн саҥа иһилиннэҕинэ?
- ... Биир өттүнэн, гендириэктэрдэр мустубуттара соччото суох. Парламент тутулуга суох уорган буолуохтаах этэ. Ситэриилээх былаастан быһаччы тутулуктаах дириэктэрдэр хайдах парламены тутулуга суох үлэлэтиэхтэрэй? Кэнэҕэс биһиги ити суолтан туораатахпытына табыллар. Оннук кэм кэлиэ дии саныыбын.
- Икки палаталаах парламены туруорсубутуҥ курдук туруорсаҕын?
- Санаабын уларыппаппын. Аллараа палатаҕа - идэтийбит политиктар, үөһээҥҥигэ, баһаалыста, - общественниктар, ырыаһыттар, спортсменнар, дириэктэрдэр төһө баҕарар киирдиннэр.  Политика ИДЭТИЙИИНИ ирдиир.
***
Аартык.ру


Источник: aartyk.ru
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1358 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 29
Ыалдьыттар (гостей): 29
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024