Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 6 » Суймуурдуур сокуон...
Суймуурдуур сокуон...
10:49
Күн илинтэн тахсар...
06.11.2013 10:37 | Автор: Виталий Сур |
Алтынньы 24 күнүгэр Саха сирин Аҕа баһылыга Егор Борисов саҥа тэриллибит Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар бырабыыталыстыба хамыыһыйатын бастакы мунньаҕар кытынна. Мунньах Амурдааҕы Комсомольскай куоракка Арассыыйа премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев салалтатынан буолан ааста. Уһук Илин сайдыытын премьер-миниистир хайдах көрөр эбитий диир буоллахха маннык.
Географическай балаһыанньатынан, айылҕатын баайынан, ону кытта иһинээҕи ырыынага аччыгыйынан, Уһук Илин уокуругун сайдыытыгар, туох да диэбит иһин, Азия-Чуумпу Акыйаан эрэгийиэнин (АТР) кытта тас эргиэни сайыннарыыга болҕомто ууруллуохтаах. Айылҕа баайын атыылааһыҥҥа уонна оҥорон таһаарыы саҥа салааларын тэрийиигэ.

Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа сирин баайа, ньиэбэ-гааһа суоҕа эбитэ буоллар, быдан „өйдөөхтүк" байыа этэ диэн сымыйа дойҕох баар. Быһата, сир баайа биһиги сорбутугар баһылла сытарын курдук санааны иҥэрэ сатыыллар. Ону баара, ханнык да оҥорон таһаарыы, „өйдөөх" буоллун, „халы-мааргы" буоллун, эниэргийэтэ суох оҥоһуллубат, оттон эниэргийэ ньиэбэ-гааһа суох сатаммат. Ханнык да тыал генератора, күн батарыайата, „кукуруза" уматыга бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын хааччыйыа ыраах. Ол эбэтэр, сирбит баайа, туох да саарбаҕа суох, биһиги дьолбут буолар.

Онон Азия-Чуумпу Акыйаан эрэгийиэнигэр сир баайын атыылааһынтан кыбыстыбыта буолар букатын сатаммат. Арай биири бэлиэтиэххэ наада: сир баайын бары дойдуларга судаарыстыба бас билэр хампаанньалара эрэ хостууллар. Дэмэкирээтийэ „тутан сиэбит" Европатыгар тиийэ. Холобур, аан дойдуга ньиэбинэн эргиниигэ үһүс миэстэни тутан олорор, ХНТ сыл аайы киһи олороругар саамай табыгастаах дойдута диэн биллэрэр Норвегия судаарыстыбатыгар Статойл (Statoil) судаарыстыбаннай хампаанньа  ааспыт үйэ 70-с сылларыттан аҥаардастыы айбардыыр. Хас биирдии омук хампаанньатыгар Норвегия судаарыстыбата хайаан да 50% кыттыгастаах буолуохтаах. Аны туран,  Петоро (Petoro) хампаанньаны 100% судаарыстыба бас билэр, оттон Петоро судаарыстыба ньиэп хампаанньаларыгар кыттыгаһын олоччу  дьаһайар. Оттон 2007 сылтан ыла Статойл аны гаас хостуур судаарыстыбаннай Norsk Hydro хампаанньаны кытта холбоспута уонна Статойл Гидро (StatoilHydro) диэн ааттанан турар. Судаарыстыбаннай хампаанньа.

Дмитрий Медведев эппитинэн, айылҕа баайын туһаҕа таһаарыыттан тэбинэн, Уһук Илин субъектарыгар „мультипликативнай эффект" диэн ааттанар сайдыы бииртэн-биир түһүмэҕэ тахсан иһиэхтээх. Ол эбэтэр, бырамыысыланнас биир салаатыгар үп тардылыннаҕына, оҥорон таһаарыы улааттаҕына, ол тула эргийэр үлэҕэ-хамнаска, эргиэҥҥэ, ханнык баҕарар өҥөнү оҥоруу салааларыгар хамсааһын, сэргэхсийии тахсыахтаах, ол эбэтэр сүрүн кыһалҕа – дьарыктаах буолуу биллэ тупсуохтаах.

 

Суймуурдуур сокуон...

Мунньах дьүүллэһиитэ балачча туруорсуулаах, сытыытык ааспытын туһунан суруйаллар. Ол курдук, Уһук Илин экэниэмикэтэ уонна социальнай таһыма сайдыытыгар биир сүрүннээх бэлиитикэ суоҕун үгүс эрэгийиэн баһылыга бэлиэтээбит.

Егор Борисов Саха сиригэр чуолаан „мультипликативнай көдьүүскэ" суоттаныы, ол туһуттан бырамыысыланнас инвестиционнай бырайыактарын олоххо киллэриигэ үлэ сорох сылга былааннаахтык, анал бырыгырааманан барбытын эттэ. Ол түмүгэр оҥорон таһаарыы саҥа салаалара, ол иһигэр экспорга туһаайыллыбыт үлэ-хамнас тэриллэн испитэ, өрөспүүбүлүкэ да, муниципальнай да бүддьүөккэ дохуоту киллэриэх курдук буолбуттара. Ону баара „кыттыспыт" (консолидированнай) нолуогу төлөөччүлэр тустарынан сокуон тахсан, өр сыллаах үлэ түмүгүн суурайан кэбистэ диэххэ сөп – өрөспүүбүлүкэ быйыл 4 млрд. солк. кэриҥэ үбү сүтэрдэ.

 

Нолуогу төлөөччүлэр кыттыспыт (консолидированнай) бөлөхтөрө – баҕа өттүнэн холбоспут барыс иһин нолуогу (налог на прибыль) төлүүр тэрилтэлэр холбоһуктара. Манна барыс иһин нолуок холбоһукка баар тэрилтэлэр бүттүүннэрин үлэтин түмүгүнэн ааҕыллар.

 

-         Күн бүгүн Уһук Илин уокуругар үлэлиир барыстаах хампаанньалар Арассыыйа киин өттүгэр үлэлиир ночооттоох тэрилтэлэр ороскуоттарын сабарга үлэлииллэр, – диэтэ Егор Борисов.

Кини маннык быһыыга-майгыга Уһук Илин экэниэмикэтин сайдыытыттан „мультипликативнай көдьүүс" тахсыбатын быһаччы эттэ. Ол эбэтэр үбү тардыы элбэх хайысханан көдьүүстээх буоларын туһугар сокуон субу-субу уларыйбата наада этэ. Муҥ саатар, „өмүрэх тугун эрэ таба охсуммутугар дылы" быһымах быһаарыныы тахсыбата буоллар.

Саха сирин Аҕа баһылыга Уһук Илин уонна Байкал эрэгийиэнин сайдыытын пуондатыттан үбү тардыы, үбү тардааччы экэниэмикэтэ төһө көдьүүстээҕин тургутуу хаамыыта кэм да чуолкайдык оҥоһулла илигин эттэ. Чопчу бырайыактарга үбү тардыы ирдэбилэ саарбаҕын, дьэҥкэтэ суоҕун бэлиэтээтэ.

Егор Борисов Уһук Илин уонна Байкал эрэгийиэнин сайдыытыгар туһуламмыт судаарыстыбаннай хамыыһыйа муус устардааҕы мунньаҕар этэн турар. Ол курдук, макро-эрэгийиэн сайдыытыгар үлэлиир тэрээһиннэри сэргэ субъектар үбүнэн бэйэлэрин бэйэлэрэ хааччыналларыгар аналлаах тэрээһин баар буолуохтаах. Холобур, эрэгийиэннэрдээҕи инвестиция пуондалара. Балар инфраструктура (суол-иис, сибээстэһии, өҥө эргимтэтэ) сайдыытыгар, ол эбэтэр туораттан улахан үбү тардыыга үлэлиэхтээхтэр.

Саха сиригэр маннык инвестиция пуондатын, холобур, хампаанньалар айылҕа баайын туһаҕа таһаарыы иһин биир кэмнээх төлөбүрдэриттэн оҥоруохха сөп.

Аны туран, минеральнай-сырьевой базаны хаҥатыы. Уһук Илин кэккэ сылга сайдыыта сир баайын кытта сибээстээх буоллаҕына, геологическай-чинчийэр үлэни сайыннарыы хайаан да наадата ыйылынна. Ол аата геология чинчийиилэригэр, ньиэби, гааһы, алмааһы, көмүһү уонна сэдэх металлары көрдөөһүҥҥэ федеральнай үп-харчы хайаан да кыттыһыан наада. Ордук Арктика тайааһыныгар. Ону таһынан Уһук Илиҥҥэ инвестиция бырайыактара олоххо киириилэригэр „Росгеология" судаарыстыбаннай корпорация муҥутуурдук кыттыахтаах диэн буолла.

Дмитрий Медведев Саха сирин Аҕа баһылыгын этиитин болҕойон иһиттэ, оттон бырабыыталыстыба хамыыһыйатын үгүс чилиэннэрэ, ол иһигэр Федерация Сэбиэтин вице-спикерэ Вячеслав Штыров өйөөтүлэр.

 

„Ураты" саҥа сокуон

Ол курдук, Вячеслав Штыров  федеральнай бүддьүөккэ геология хайысхатынан көрүллэр үбү барытын Уһук Илиҥҥэ ыытар наада диэтэ.

Кини эппитинэн, Федерация Сэбиэтигэр „Уһук Илин уонна Байкал эрэгийиэнин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын уратылара" диэн саҥа сокуон барыла оҥоһулла сылдьар.

Сокуон барылынан Уһук Илин уонна Байкал тулатынааҕы макро-эрэгийиэҥҥэ оҥорон таһаарыыга, инвестицияларга, куораттары тутуу уонна экэниэмикэ атын да эйгэлэригэр, нолуок, бүддьүөт, сир сыһыаныгар, тарыыптарга уонна сыаналарга быраап анал эрэсиимэ олохтонуохтаах. Бу олохтоох дьон-сэргэ социальнай усулуобуйатын тупсарыыга быһаччы сыһыаннаах.

Экэниэмикэ ураты тайааһыннарын (зоналарын) туһунан балаҕан ыйыттан саҕалаан дойду илиҥҥи өттүн сайдыытыгар эппиэтинэстээх миниистир (Минвостокразвития) Александр Галушка кэпсээтэ.

Кини эппитинэн, сыалы-соругу ситэргэ үс суолу тутуһуохха наада: сайдыы ырыынагын, усулуобуйаны, салайыыны.

Сайдыы ырыынага көстөн турар – Азия-Чуумпу Акыйаан эрэгийиэнэ. Бу ырыынак сомоҕоломмут иһинээҕи баалабай бородууктата 50 триллион дуоллар, ол эбэтэр аан дойду баалабай бородууктатын үс гыммыт иккититтэн улахан! Ол эбэтэр АТР тастан атыылаһыытын, муҥ саатар, 2 %-на Уһук Илинтэн барар буоллаҕына, эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта икки төгүл улаатара сабаҕаланар.

Маны олоххо киллэрэр туһуттан анал усулуобуйалардаах территориялары тэрийэр наада. Экэниэмикэ ураты зоналарын, хамаҕатык батарыллар бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга индустриальнай пааркалары, технопааркалары, агропааркалары тэрийии ирдэнэр. Онтон атыннык АТР дойдуларын кытта күрэстэһии ханан да кыаллыбат боппуруос диэтэ Александр Галушка.

Экэниэмикэ саҥа зоналарын бастаан „пилотнай" таһымҥа тэрийэр наада диэн буолла. Эспэримиэн табылыннаҕына, бүтүн Уһук Илин үрдүнэн анал тайааһыннар ситимнэрэ баар буолуохтаах.

Биллэн турар, маныаха улахан үп наада. Онон Уһук Илин уонна Байкал эрэгийиэнин пуондатын (Внешэкономбаан аннынан үлэлиир тэрилтэ) хапытаалын 100 млрд. солкуобайга диэри хаҥатар суолу тобулар сорук турар.

Ону таһынан үбү тардыыны, экспорт сайдыытын сүрүннүүр анал структура тэриллэрэ наада диэн буолла. Били этиллэр ураты боломуочуйалардаах судаарыстыбаннай корпорацияҕа тиийэн кэлэбит.

 

Ааспыты аҕыннахха


 

Уһук Илин уонна дойду Уһук Хотугу-Илиҥҥитин сайдыылара былыр-былыргыттан корпорацияларынан барбыта. Ол курдук, өссө 1799 сыллаахха Нуучча Эмиэрикэтин туһаҕа таһаарыыга Арассыыйа-Эмиэрикэ хампаанньата (Российско-Американская компания – РАК) тэриллибитэ. Хампаанньа 20 сыл устата хотугу эргимтэ 55 кыраадыһыттан саҕалаан Алеут, Курил уонна да атын арыылар баайдарын, тэрээһиннэрин дьаһайарга быраап ылбыта, суолу-ииһи, дьон олорор бөһүөлэктэрин, ол иһигэр Нуучча Эмиэрикэтин киин куората Новоархангельскайы (Ситка арыыга 1804 сыллаахха төрүттэммитэ), суудуналары оҥорор биэрпэлэри, мастарыскыайдары тутаттаабыта. «Архистратиг Михаил», «Три Иерарха», «Великомученица Екатерина», «Святой Симеон Богоприимец и Анна Пророчица», «Северный Орел», «Феникс», «Дельфин», «Пегас» уонна «Олег» диэн хараабыллардаах бүтүн флоту бас билэрэ. Хампаанньа Сахалин арыыларын уонна Амур эргин сири-уоту баһылааһыҥҥа олук буолбута.

Аатырбыт "Дальстрой” — 1931 сылтан Үөһээ Халыматааҕы бырамыысыланнас уонна суол тутууларыгар судаарыстыбаннай трест, 1938 сылтан ССРС Ис дьыалаларга наркоматын Ыраах Хотугу тутууга Кылаабынай управлениета (Главное Управление строительства Дальнего Севера "Дальстрой”).

Субу буолуохтаах сэриигэ бэлэмнэнии кэмигэр ССРС Хотугулуу-Илин өттүн туһаҕа таһаарыыга, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр чуолаан кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа үлэлээбитэ. Онтон атын буолар кыаҕа суоҕа — АХШ көмөтө ыраас көмүһүнэн эрэ төлөнөрө. Бу сэрии кэнниттэн кыһыл көмүс халыҥ саппааһа мэктиэлээх дуоллар аан дойдутааҕы валюта буоларыгар олук уурбута. Маны этэллэр, "алдьархайтан ас таһаарыныы” диэн.

Сэбиэскэй былаас кэнники да кэмнэригэр "Якутзолото”, "Якутуголь”, "Якуталмаз” уо.д.а. курдук тутаах тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэ улахан өттүн "тутан” олорбуттара биллэр.

Маннык быһыы-майгы Саха сирин нэһилиэнньэтин тыа сирин олохтоохторугар уонна "бырамыысыланнай оройуоннарга”, ис иһигэр киирдэххэ "төрүт омуктарга” уонна "кэлии дьоҥҥо” хайыппыта мэлдьэх буолбатах. Олох-дьаһах хааччыллыыта эмиэ ол сиэринэн этэ. Оттон билигин букатын туспа быһыы-майгы —улахан транснациональнай хампаанньалар олохтоох дьону сахатыттан-нууччатыттан тутулуга суох үлэҕэ оччо-бачча ыла сатаабаттар, атын сиртэн, буолаары буолан, омук дойдуларыттан аҕалан үлэлэтэллэр. Маннык балаһыанньаҕа олохтоох омуктар бырамыысыланнаска быһаччы үлэлиир усулуобуйалара олохсуйуохтаах. "Баран үлэлээҥ ээ!” диэн таһымынан буолбатах, анал судаарыстыбаннай бэлиитикэ суолунан. Идэҕэ үөрэтииттэн, хампаанньаларга квоталары туруорсууттан, биригээдэлэри тэрийиигэ, олохтоох үлэһиттэр сокуоннай бырааптарын туруулаһыыга тиийэ.

 

 
Category: Экономика и СЭР | Views: 1121 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 89
Ыалдьыттар (гостей): 89
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024