Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 8 » “Щас должен был выступить ..., но говорят, что он итирик”, – диэн саайда ээ
“Щас должен был выступить ..., но говорят, что он итирик”, – диэн саайда ээ
11:07
Албын кэнсиэр
07.11.2013 16:14 | Автор: Кыым |
Соторутааҕыта буолбут биир кэнсиэр кэнниттэн олох барахсан арааһы да көрдөрөр ээ диэн, хомойуох да, сонньуйуох да санаабын үллэстиэхпин баҕарабын. Бу кэнсиэргэ алҕаска, билиэт хаалаары гынна диэн, саҥаһым ыксаан эрийбитигэр барбытым. Онон, сэтинньи 1 күнүгэр киэһэ 5 чаас саҕана көрсөн, киирэн миэстэбитин булан олордубут. Чаас аҥаара ааһыыта син муусука тыаһаан саҕаламмыт курдук буолла да, циркэ көрөөччүтүн ахсаана соһутта. Быһар быһаҕаһа, икки эрэ сиэктэр толору киирэр киһитэ.

Дьэ, саҕаланна эбээт... Нууччалыы таҥастаах, хара парик баттахтаах, дьахтардыы таҥныбыт эр киһи фонограмманан Валерия ырыатын ыллаата. Устунан "кэнсиэр ыытааччы быһыылаах” диэн өйдөөтүбүт. Туттар тылыгар "Наташа” диэн тыл наһаа элбэхтик хатыланарыттан, "остальные все плохо поют, одна я хорошо пою” эҥин диириттэн, син өр толкуйдаан, арааһа, Наталья Трапезникова аатыттан саҥарар быһыылаах диэн "буһаран” таһаардым. Манна диэн эттэххэ, Н.Трапезникованы оҕо сылдьан тыа кулуубугар көрбүппүнэн бүппүтүм, онон кини хайдах саҥарарын билбэппин, "мин эрэ бэрпин” диэн түөһүн тоҥсунарын истибит аньыым суох.

Ыытааччыбыт артыыстарын биллэрэригэр "реально хорошо поет, лучше чем остальные” диэнтэн атыннык сатаан саҥарбат буолан биэрдэ. Кумааҕытын тэлибирэтэн таһааран, үөһэттэн тыгар кыра уот сырдыгар кылатан ааҕаахтыыр. Наһаа күлүүлээҕи саҥарабын диир быһыылаах да, киһи күлүөхтээҕэр кыбдьырыныах санаата кэлэр үлүгэрэ.

Аны артыыстарбыт... Син оттон циркэ арыанатыгар сылдьа үөрүйэх буолуохтаах этилэр да, көрөөччүгэ сирэйдэринэн хайыһан ылары сатаабат дьон эбит. Мин санаабар, итинник улахан тэрээһин элбэх бэлэмнэниини ааспыт, хас бытархайыгар тиийэ толкуйдаммыт буолуохтаах этэ. Арай саала толору буоллун? Оччоҕо сорохтор дьон кэтэҕин көрөн баран тарҕаһыахтаах эбиппит. Хата, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара бары көрөллөрүн курдук миэстэни була сатаатылар ээ. Дьиҥэр, кинилэргэ, олоппоско олорон оонньуур дьоҥҥо, ордук ыарахан буолуох курдук.

Клим Федоров хайдах абитуриеннаабытын кэпсээбэтэҕэ, Валентина Чиркова эр дьону бэрэски астыырга үөрэппэтэҕэ, Мария Данилова, Марина Корнилова, Федот Львов таабырын таайсыбатахтара, ностальжи-дискотекаҕа сылдьыбатахтара буоллар, мустубут дьон сирэйбитигэр күлүүтээҕэр буолуох, мичээр да сыстыбакка тарҕаһыа этибит.

Тыаҕа учуутал тугу барытын сатыыр киһи, ону ким барыта билэр. Мин бэйэм үйэбэр син элбэх кэнсиэр сынаарыйын суруйан, ыытан кэлбит киһибин. Оннооҕор тыа кулуубун оонньуута-көрө маннык намыһах таһымҥа барбат. Нүөмэрдэри сатаан аттаран туруоруу диэн баар буолуохтаах. Кэнсиэр хайдах саҕаланар да, оннук барар. Бу дьоҥҥо ол ханан да сыстыбатах курдук көрдүм. Син аҕыйах киһи билэр, сэргиэх ырыаһыттара бааллара даҕаны, хайдах эрэ уота-күөһэ суохтар. Көрөөччүнү кытта алтыһыы диэн ханан да суох, ыксал бөҕөнөн ыллаан баран куотуу курдук көстөр. Былырыын "Күһүҥҥү долгураҥ” диэн кэнсиэргэ сылдьан, Владимир Боярскайы сэргии көрбүтүм. Онтум баара, "Я шагаю по Москве” диэнтэн атыны сатаан тыаһаппат муҥа дуу диэх санаам кэллэ – быйыл да уларыйыы суох.

Кэнсиэрбит сыанатын истэн баран охто сыстым – 600-1000 солк. сыаналаах билиэттэр атыыламмыттар үһү Билбитим буоллар, биир бэйэм босхо да көрүөм суоҕа этэ.

Силигин ситэрэн, ыытааччыбыт бүтэһигэр букатын да буорайда! "Щас должен был выступить ..., но говорят, что он итирик”, – диэн саайда ээ! Бу туох айылаах бас баттах быһыыный, ньүдьү-балай сыһыаный?! Итинник хабааннаах кэпсээннэр биир биллэр ырыаһыты эмиэ таарыйан аастылар. Ама да, киһиэхэ култуура дуома сыстыбатаҕын иһин, оннооҕор кыра оҕо дьонноох сиргэ тылын кыана туттар дии.

Биһиги кэннибититтэн 8 чаастааҕы кэнсиэргэ дьон кэлэн эрэрэ. Мин тоҕо эрэ кинилэри аһыныах санаам кэлбитэ – аны балар албынната кэллэхтэрэ диэн. Уопсайынан, хаачыстыбата суох, ыксалынан кэлэн ыллаан эрэ барар артыыстар кэнсиэрдэрэ көрөөччүгэ кэлэйиини, хомойууну үөскэтэллэрин, тэрийээччилэр, өйдүүр кэмҥит уолдьаста. Киһи астына-дуоһуйа сынньана кэлэн баран, ыар санаа сүгэһэрдээх төннөрүн саҕа куһаҕан суох. Ол кэриэтэ дьиэбэр тугу эрэ гыммытым буоллар, ордук буолуо этэ диэн санаа арахпат...

Кэлэйбит-хомойбут көрөөччү.

 
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1569 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 107
Ыалдьыттар (гостей): 107
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024