Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 11 » Саха омук байар суола
Саха омук байар суола
10:38
Байар баҕа санаа
Аан-дойду
21 үйэ түргэн тэтиминэн сайдар үйэ. Билигин интернет ситимин нөҥүө барыны барытын быһаарсаҕын, бэрт судаарыстыба тутааҕын, былааһын даҕаны суулларар кыахтанныҥ. Дьиэҥ иһиттэн омуна суох мөлүйүөнүнэн солкуобайы даҕаны, дуоллары даҕаны Аан-дойду бары биллэр ааттаах-суоллаах фондовай биржаларыгар өҥөйөн эргитэр кыахтааххын. Үүнэргэ-сайдарга бары кыах олохтонно, билиигин-көрүүгүн хаҥатынарга бары көрүҥ барыта баар. Сайдаргар, байаргар-тайаргар, уйгугун түстэнэргэр биир эрэ эрэйиллэр буолла, баҕа санаа.

Баҕа санаа суоҕа буоллар билиҥҥи көрөн олорор дойдубут суох буолуо этэ. Баҕа санаа суоҕа буоллар сайдыы, үүнүү-тахсыы суох буолуо этэ. Былыр былыргыттан киһи-аймах үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһан, баҕаран дьулуспутуттан сылтаан билиҥҥи сокуон, билиҥҥи бэрээдэк олохтонноҕо. Билиҥҥи Иллэр түстэннэхтэрэ, билиҥҥи цивилизация үөскээтэҕэ.

Ол курдук эмиэ хас биирдии омук үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһара эрэйиллэр. Өскөтүн омук үчүгэйгэ таласпат буоллаҕына, дойду үчүгэйгэ таласпат. Дойду үчүгэйгэ таласпат буоллаҕына түҥнэстэн түһэн кэхтэр, эстэр, түмүгэр суураллар.

Улуу дьоппуон омуга бэйэтин бэйэтэ сайдыыга, үүнүүгэ-тахсыыга, сырдыкка-кэрэҕэ сирдээн билигин кыахтаах улуу Дьоппуон Сирин тилиннэрдэ. Икки куоратын урусхаллатан, хастыы эмэ тыһыынча дьонун уокка сиэтэн баран аҕыйах сыл иһигэр барҕаран таҕыста. Ити буолар дьиҥнээх национальнай идея, ол эбэтэр омук өйүгэ. Кинилэргэ Назарбаевтара даҕаны, Ли Куан Ю-лара даҕаны суоҕа, кинилэргэ императортан атын сирдиир киһилэрэ суоҕа. Билиҥҥи Дьоппуон сирин сайдыыта кырдьыктыы хас биирдии дьоппуон сайдарга дьулуһуутун түмүгэ буолар. Ылыспыт үлэлэригэр уонна соруктарыгар бэриниилээхтик түмүгэр тиэрдэрдии турунан үлэлиир дьоппуон ыччата, дьоһун саастааҕа кыахтаах дойдуну тутта. Саҥаны айарга-тутарга, саҥаны баһылыырга уонна барыстаахтык батарарга үөрэммит өркөн өйдөөх дьоппуон дьонун киһи улаханнык сөҕөр уонна ытыктыыр.

Аны Азия хаба ортотугар "күн анныгар олоробун” диэбит кыахтаах кытай хайдахтаах курдук улахан хардыылары оҥорон эрэрий? Аан-дойдуга бастакы экэниэмикэ буоларга тардыалаһа аҕай сылдьар. Ол соругу толорорго миллиард кэриҥэ ахсааннаах кытай атас мөхсө аҕай сылдьар. Мындыр улуу кытай омуга ону баҕас сатыаҕа. Күүһүнэн кыдыйартан туттуммут улуу сэрииһит омуктар сутуруктарын сиэптэригэр уктан киһилии дьаһанарга санаммыт кэмнэригэр кэнники үйэлэргэ күүскэ кыргыллыбыт кытай омуга бэйэтин күүһүн күүскэ хаҥатан эрэр, күн-түүн дьарык да дьарык, былчыҥ үүннэрии кытаанаҕа. Ол эрэн биири бигэтик өйдүүр сөптөөх, кытай омуга туора дойдулары күүс өттүнэн өтөн киирэн симэлитэр санаата соччо суох курдук. "Кытай омуга бэйэтин сиригэр-уотугар олорор, туспа дойдуну баһылаан туһа суох” диэн санааны өрө туппут омукка күүһүнэн киэптээн эрдэттэн суоһурҕаммытынан барар тутах быһыы-майгы курдук. Онон Прохоровтар игин-араастар Кытайы кытта сыһыаны

аһаҕастык, Арҕаа дойдуларга бэрт буола сатаан, уустугурдары анал тосхоллоругар суруна сылдьалларыттан киһи дьиксинэ саныыр. Кытай бастакы экэниэмикэ буоллаҕына быһаччы кытай омугуттан тутулуктаах буолуохпут турдаҕа. Онто да суох билигин кытай ырыынагыттан аһаан-сиэн, таҥнан олоробут да буоллар. Ол эрэн кытай омугун кытта киһилии сыһыаны олохтуурга дьулуһар оруннаах.

Айдааннаах арабтар алдьархайдаах сэрииһиттэрин быыһыгар сүрдээх кыахтаах улахан баай дьон буолан биэрдилэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ ниэби таска батарарынан аатырбыт араб омуга сыана үрдээһинин түмүгэр алыс сайдыылаах Арҕаа дойдуларыттан хастыы эмэ миллиардынан дуоллары субуйан ылар үгэстэннэ. Ол субуйуллубут миллиардынан ахсаннаах халыҥ харчыга баараҕай тутуулары дэҥдэтэн, улахан хардыылары оҥорон бардылар. Миллиард дуоллартан элбэх харчыны бас билэр араб ахсаана ситтэрбэт буола элбээтэ. Ыччат айфону, айпэды, сыаналаах массыынаны кыбыммытынан сайдыылаах Дубай, Катар, Абу-Даби эмираттарын устун дьаарбайар дьоллонно. Туохтааҕар да уһун тутуу Дубай эмиратын киин куоратыгар тутулунна. Араб шейхтара бас билэр харчыларыгар омуктарын аатын ааттата аҕай сылдьаллар. Үөрэххэ, наукаҕа эмиэ миллиардынан дуоллар халыйда.

Онтон бэтэрээ бэйэбит аймахтарбыт түүрдэр эмиэ кырата суох ситиһиилэрдээхтэр. Ол курдук эмиэ ниэп-гаас көмөтүнэн өйүттэн тахсан сайдарга туруммут үс улахан аймахпыт салайар уонна бас билэр Иллэрдээхпит. Ол курдук мин түүр буолабын диэн түөһүн охсуммут түркмен аймахпыт баар, ол курдук баар хотойу былаахтарыгар иилэн кэбиспит хазах аймахпыт уонна баар Кавказ быыһыгар сигэнэн сытар азер аймахпыт. Казахстан үөрэх, билии-көрүү өттүгэр күүскэ кимэн киирэн эрэр, кыахтаах хардыылары оҥорор, ыччатын Аан-дойду бары муннугар тарҕатан үөрэттэрэр. Казах ыччата үс тылынан холку сэһэргэһэр буола улаатар. Ол курдук оскуола ааныттан нуучча, хазах уонна англ тылын билэр буолан тахсаллар. Түмүгэр Россияны да кытта сыһыаннарын холку олохтуохтарын сөп, Аан-дойдуну да кытта биир тылы булалларыгар табыгастаах, төрөөбүт да тылларынан холку саҥарар буолан тахсаллар. Төрүөхтэриттэн түүр буолалларын санаммытынан түһэн кэлбит түркмен аймахпыт эмиэ улахан сайдыылаах, кыахтаах дойдуну тутарга дьулуһар даҕаны, тутта даҕаны диэххэ сөп. Төһө даҕаны көҥүллэрэ суох, туохтара эрэ суох диэн буруйдаабыттарын иһин түркменнар дьиҥ түүркмен, дьиҥ ислам, дьиҥ түүр дойдутун тутарга дылылар. Президеннара шейха, падишахха, хааҥҥа тэҥнээх. Азер аймахтарбыт түүр буолар аналларын ыччаттарыгар бэрт кыра саастарыттан иҥэрэн дьиҥ түүр эйгэтигэр иитэргэ дылылар. Ильхам Алиев бэркэ этэн турар, "биир түүр Илин кыһалҕата, бары түүр аймах кыһалҕата буолуох тустаах” диэн. Ити курдук түүр аймахтарбыт култуура, тыл-өс, билии-көрүү өттүгэр бэйэ бэйэлэрин икки ардыгар сыһыаннарын дириҥэтэн истэхтэринэ саха да омугар үтүөнэн эрэ эргийиэ этэ. Хаһан баҕарар кыахтаах аймах эрэйиллэр.

Ол эрэн бары үтүө эрэ бу орто дойдуга баар буолбатах эбит. Кыргыз аймахпыт барахсан олус аата өтөн эбитэ дуу, кыргыһан тахсарыттан сылтаан экэниэмикэтэ олус самнан түстэ. Көмүстээххэ дылылар да, сүгүн хостооботтор. Сорох хостонорун уоруйах тойоттор сиэн кэбиһэллэр дуу, хайдах дуу? Аны бу бэйэбит дойдубут Россия иһигэр тыллара-өстөрө умнуллан симэлийэн эрэр омуктар үгүстэрэ дьиксиннэрэр. Бу аттынааҕы атаспыт бүрээт омуга тылын-өһүн умнан, ыччата күннээҕи кэпсэтэр эйгэтигэр туттубат буолан тыллара сүтэн эрэр эбит. Үгүс омук нууччатыйан барда.

Саха омук байар суола

Биир бэйэм көрүүм аҥаардас саха омуга сайдан, байан-тайан, уйгутун түстэнэн кэлэр кэм араас албастарыгар, араас очурдарыгар бэлэм, кыахтаах буолан көрсөрүн туһугар эрэ туһаайыллан этиллэр.

Омук төһө баайын, омук төһө кыахтааҕын бииртэн билиэххэ сөп. Омук ыччата ханнык үөрэхтэргэ үөрэнэ сылдьара, ханнык үлэлэргэ үлэлиирэ, ону тэҥэ орто саастаах төһө хамнаска хамнана сылдьара, төһө кырдьаҕас баара. Итини барытын суоттаан таһаардахха биллиэ этэ омук төһө кыахтааҕа. Ыччат холобур үксэ кыргыстар дуу, узбектар дуу ыччаттарын курдук кыра-хара үлэҕэ үлэлии сылдьар буоллаҕына, бу омук ыччата инникитэ суоҕунан ааҕыллар. Ол аата омук инникитэ суоҕунан ааҕыллар, кэлэр кэскилэ уустугурар.

Билигин этэллэр ди, ыччат үксэ юрист, ыччат үксэ экэнэмиис, ыччат үксэ менеджер буола сатыыр диэн. Дьэ тоҕо ону сирэллэрэ эбитэ буолла? Омук онтон үөрүөх эрэ тустаах. Омук бас билээччитэ элбиэхтээх. Бас билээччи элбээтэҕинэ эрэ омук кыаҕа хаҥатыллар. Онтон сүрүн бас билэр кэккэҕэ ол сириллэр юристарбыт, экэнэмиистэрбит, менеджердарбыт киирэллэр, тутаах дьонунан буолаллар. Өскөтүн биһиги бу үөрэммит ыччаттарга үчүгэй үлэ миэстэтин таһааран булан биэрдэхпитинэ кыахтаах саха ахсаана биллэ элбиэ этэ. Юрист, экэнэмиис, менеджер үлэтэ муоста харбааччы дуу, хотон ыраастааччы дуу, сир анныгар дэлби тэптэрэ сытааччы дуу, тыаҕа сытан эрэ сири-дойдуну үөрэтээччи дуу диэн буолуо дуо, онтооҕор элбэх харчыны баһан ылар кыахтаах улахан ытыктабыллаах идэ буолар. Онон үрдүк да буоллун, орто да буоллун үөрэххэ туттарсан маннык престижнай идэлэри баһылыыр ыччаты сирэй-харах анньар сыыһа буолуох курдук. Хата төттөрүтүн хайҕаан, өйөөн үлэ миэстэтинэн хааччыйар туһунан толкуйданыах этибит.

Юристан ордук бэйэтин көҥүлүн уонна бар дьонун көҥүлүн араҥаччылыыр киһи суохха дылы ди. Ол шахтер кэлэн юристаан омук көҥүлүн (быраабын) араҥаччылыа уонна туруулаһыа дуо? Аламаас хостооччу? Ниэп үлэһитэ? Бу улахан тэрилтэ үлэтин-хамнаһын улахан харчыга ким суоттаан биэрэр? Туора омук киһитэ дуу, саха сайдам сайаҕас эдэр ыччата дуу? Бу баараҕай тутуулары ким салайар? Туора омук киһитэ дуу, саха тобуллаҕас толкуйдаах, сахалыы өйдөөх ыччата дуу? Итини барытын толкуйдаан, ырытан баран юристары, экэнэмиистэри, менеджердары самнарбытынан барыах баара. Саха ыччата онто да суох аҕыйах. 500 тыһыынчаны кыайбат омук ыччата араас үп-харчы эйгэтин салайар салааларга сыстара быдаҥ табыгастаах. Ол тыаҕа тахсан хастыы эмэ ыйга тыа быыһыгар сүтэн хаалан баран дьонугар-сэргэтигэр биирдэ эмэ көстөн ааһарынааҕар. Ити барыта ыччаты ситэ сыаналаабаттарыттан тахсар. "Ыччат кыайан салайыа суоҕа, ыччат кыайан суоттуо суоҕа, ыччат ону кыайыа суоҕа, маны сатыа суоҕа. Чэ ыччат бырамыысылынаска сыстан бардын, улахан өй эрэйиллибэт”- диэбит курдук санаа үөскээбиккэ дылы. Ыччаты ситэ сыаналаабат, үрдүккэ сирдээбэт, самнаран барар диэн омугу кэҕиҥнэриигэ тэҥнээх.

Билигин капитализм үйэтэ. Манна көннөрү СПТУ-ну бүтэрбит ыччаттарынан туолбут омук инникитэ биллэр, улахан күрэстэһиини тулуйбакка арыгыга-арааска сыстан симэлийэн барар, кэхтэр. Үрдүк үөрэҕи баһылааһын туохтааҕар да табыгастаах. Ыччаты күүскэ үөрэтиэх, ыччаты күүскэ үөрэххэ сыһыарыах, ыччакка кыра эрдэҕиттэн

үөрэх үтүө эрэ өрүтүн кэпсээн, өйдөтөн биэриэх. Билиҥҥи үөрэхтээх, үрдүк үөрэхтээх ыччат, инникитин кэлэр уйгулаах олохтоох омук олуга буолар.

Социализм эстэн капитализм сүгүллэн кэлиэҕиттэн ыла араас коммерсаннар күөрэйэн тахсыбыттара. Ол коммерсаннарыҥ билигин бизнесменнарга кубулуйан сылдьаллар. Ити баар, омук инникитэ. БИЗНЕС! Бизнес тэриммит ыччат аата-ахсаана элбээтэҕинэ омук баайа хаҥыы түһэр. Билигин АХШ Аан-дойдуга биллэр улуу баай судаарыстыба диэн буолар буолбат дуо? Аны үөрэх тэрилтэлэрин араас тэҥнээн көрөөһүннэрин көрүҥ, 1, 2, 4, 5, 6, 9, 10, 11 миэстэни барытын АХШ араас албан ааттаах университеттара ылаллар. Аны туохтааҕар да баай дьон тэҥнэбиллэрин көрүөх, бастакы миэстэни Мексика эрэтин Карлос Слим Элуну кытары Microsoft аатырбыт көмпүүтэр программатын оҥорор тэрилтэ төрүттээччитэ Билл Гейтс былдьаһа сылдьар, иккискэ Амансио Ортега диэн киһи Америкаттан төрүттээх "Омахоттан сылдьар оракулы” Уоррен Баффеты үтүрүйбүтэ да буоллар, син биир бастыҥнар кэккэлэригэр бастыҥ Америка олохтоохторо сылдьаллар. Биллэрин курдук Америка араас көс дьонтон таҥыллан тутуллубут дойду буолар. Дьолу көрдүү, баҕа санааны олоххо киллэрэ, онтон да атын төрүөтү ис сүрэхтэригэр сыһыаран ситиһэргэ кэлбит дьон олохтообут дойдута буолар. Кинилэргэ ыччат кыра эрдэҕиттэн байар, кыаҕырар туһунан толкуйдаабытынан улаатар. Ол иһин араас албан ааттаах бизнесменнар АХШ төрөөн-үөскээн тахсаллар. Саха омуга эмиэ ол курдук ыччатын кыра эрдэҕиттэн биир санааҕа иитиэх тустаах, кыахтаахтаах, баайдаах-дуоллаах буол омугуҥ туһугар! Туох да диэҥ, кыахтаах, баай дьоннордоох омук сүтэн, симэлийэн, суураллан, эстэн-быстан биэрбэт. Саҥа күрэстэһиилээх үйэҕэ саха омуга кыахтаах ыччаты иитэн таһаарбатаҕына инникитин улахан уустуктары көрсөр түгэнигэр сүүйтэриилээх эрэ өттүгэр туран хаалар кутталлаах. Дагтар Россия улахан аҥаарын кэриэтэ бас билэр буола кыаҕырдылар. Ама Россия киин былааһа Дагестаҥҥа киэптиир дуо? Чечня биир оннук. Татарстаны этэ да барбаппын. Ол аҥаардас Шаймиев икки уола миллиардынан дуоллары хамнатар буола кыаҕырда. Биир эмэ саха миллиард дуоллары илэ хараҕынан тутан-хабан көрбүтэ дуо? Миллиард буолуохтааҕар көннөрү дуоллары да тутан көрбүт саха ахсаана тарбахха баттанара буолуо.

Онон омук баайын хаҥатар туһугар кыахтаах саханы иитэн таһаарар уолдьаста. Аны ол иитэн таһаарбыт ыччакка биир санааны күүскэ соҥнуурбут эрэйиллэр, "ханна да таҕыс, ханна да бар, дойдугун уонна омуккун умнума! Төһө да бай, төһө да улаат, омугун дьылҕатын туһугар өлүүгүн биэрэргин умнума!”. Аны билигин эрдэ эппитим курдук улахан күрэстэһии бөҕө бара турар. Бүтүн омуктар кыттыһан улахан кыахтаах холбоһук тэринэн киирсэллэр. Ол Кавказтарыҥ биир оннук. Биир чечен тугу эрэ баһылаата, сүүс чечен кэнниттэн кэлэн салайсан барар, кэнникитин бэйэлэрэ туспа салайар бас билээччи буола кыаҕыраллар. Ити курдук омуктар бэйэ-бэйэлэригэр өйдөһөн-өйөнсөн киирсэллэр. Ол кэмҥэ саха соҕотох ыччата өр киирсэн тулуйарыттан ааһан кыаттарар. Бэрт бу бэйэбит дойдубутугар атын омук дьоно кэлэн көҥүл баһылаатылар да бэйэбит дьоммутун сиэбитинэн бардылар. Ол "Махсыымап дьыалата” да буоллун, бу тутуу да эйгэтин ылан көрүөх, атыы-эргиэн да өттүн ылан көрүөх. Хайдаҕый? Махсыымабы ниэп-гаас эйгэтиттэн күүс өттүнэн ыган таһаараллар, бары баайын барытын былдьыыллар, бэйэтин 10 сылга хаайарга сананаллар. Эрмээннэр бүтүн дойдуннан кэриэтэ сүгүллэн кэлэн бары тутуубутун барытын бас билэр буоллулар. Ханнык да тутууга тиий, эрмээн саҥата. Аны атыы-эргиэн эйгэтигэр кытайдар үтүрүллэн эрэллэр, ол оннугар кыргыстар өҥдөйөн таҕыстылар. Кытай барахсан харчы биэрэн тойону атыыласпат көннөрү атыыһыт омук буолбут буруйугар үтүрүллэн барда дуу, хайдах дуу?

Өскөтүн билиҥҥи курдук быһыы-майгы салҕанан бара турдаҕына, ол эбэтэр саха бары баайдаах-дуоллаах, халыҥ харчылаах эйгэҕэ сыстан барбатаҕына, сирин баайын бэйэтэ бас билэр буолбатаҕына ол хантылар-мансылар курдук ынаҕын, сылгытын, табатын манаабытынан кыра-хара омук аатын ыларыгар тиийэр. Ынах-сылгы эстиэ диэн ыччаты тыаҕа, алааска тоҕо анньар сыыһа, ол эрэн тыа сирин тумнан ааһар эмиэ сыыһа. Эмиэ да сөп ээ, саха омугу сут дьылларыгар бэйэтин этинэн-үүтүнэн сылгыта, ынаҕа абыраабыт үтүөлээх. Ол эрэн билигин күүскэ иннин диэки кимэн киирэн барбатахпытына өрүүтүн ынаҕы-сылгыны кууспутунан олохтон хаалар кутталлаахпыт. Аграрнай экэниэмикэни тутуу эмиэ барыстаах, ол эрэн ситэтэ суох барыстаах. Ниэппит-гааспыт, аламааспыт баайын-дуолун туора омук дьоно сонон хоро таһалларын тохтуур кэмэ кэллэ! Бэйэбит ниэби-гааһы бас билэн бардахпытына, өссө төгүл этиим, БАС БИЛЭН бардахпытына сатанар. Баһылаан атын дьон туһугар үрдүк хамнаска, билиҥҥи хаалыылаах олохпут таһымынан, саантаан айылҕабытын дөлбүтүнэн, эстэрбитинэн, алдьаппытынан бардахпытына сыыһа соҕус курдук. Син-биир баай аннараа, кииҥҥэ, биир эмэ олигарха, халыйа туруо. Ол эрэн бэйэбит БАС БИЛЭР буоллахпытына турукпут тосту уларыйыа, үтүө өттүгэр охтуо этэ. Онтон бас билэргэ улахан харчы эрэйиллэр. Хантан булабыт? Кредит? Судаарыстыба харчыта?

Мин санаабар иннэ биир ордук. Хайа баҕар кыра омуктан биир, саатар биир киһи өҥдөйөн таҕыстаҕына бэйэтин кэнниттэн хас даҕаны киһини таһаарар үгэстээх. Ол үгэс саха омугар эмиэ тарҕанара сөптөөх. Саатар биир саха киһитэ тахсан кэллэҕинэ бэйэтин кэнниттэн хас даҕаны саха ыччатын таһаарара тоҕо сатаммат буолуой? Биир саха мөлүйүөн дуоллары бас билэн тутум үрдээтэ, ханнык эрэ тэрилтэни атыыласта. Ол тэрилтэ тойонунан саха киһитин аныыр, уонна дьэ салгыы атын тэрилтэлэри атыыласпытынан барар. Ол курдук саха бэйэтин оннугар тойонунан, үрдүк хамнастаах үлэҕэ саханы олордон барара оруннаах уонна саха омугар табыгастаах буолуо этэ. Аны биир мөлүйүөн дуоллар диэн оҕо оонньуута. Атын омук дьоно миллиардынан дуоллары бас билэр. Онон саха ыччатын араас хабааннаах холбоһуктара тэриллэрэ табыгастаах. Бары харчы бырахсан ханнык эрэ сир баайыгар үлэлиир тэрилтэни бас биллиннэр, барыһын үллэстинниннэр. Ити курдук бары кыаҕы барытын түмэн кииристэххэ эрэ баһылаабытынан барыахпыт. Төһө да байбыт иһин биири букатыннаахтык өйгө хатыыр оруннаах, "мин сахабын!” уонна ол санаанан салаллан саха ыччатын үрдүк хамнастаах сололорго анньан иһэр үтүө быһыы буолуо этэ.

Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, бэйэ-бэйэни өйдөһүү-өйөнсүү, Аан-дойду хабаанынан ылан көрдөххө, кыра омукка табыгастаах уонна сөптөөх хамсаныы, быһыы-майгы буолар. Сахаттан саатар биир киһи кыаҕыран бардаҕына бүтүн омугу өрө тардан ыраахха тиэрдэр кыахтаах. Аҥаардас биир Стив Джобс хастыы эмэ сүүһүнэн миллиард сыаналаах Apple корпорацияны тэрийбитэ, онтон Билл Гейтс Microsoft корпорацияны тэрийбитэ АХШ саҥа технологияҕа уонна информационнай технологияҕа туругун күүскэ бөҕөргөппүтэ, аҥаардас биир Рокфеллер өлөрүн саҕана билиҥҥи харчыга таһаардахха АХЭ (Араб Холбоһуктаах Эмираттарын) Ис Валовай оҥорон таһаарар оҥоһуктарыгар тэҥнээҕэ, аҥаардас биир Нью-Йорк куорат Ис Валовай оҥорон таһаарар оҥоһуга бүтүн модун Россия Ис Валовай оҥорон таһаарар оҥоһугун кытта тэҥ. Ити буолар, бизнес, капитализм үтүөтэ, ситиһиитэ.

Бүтүн омугунан кыттыһан улахан оҥкуллары, баҕа санаалары олоххо киллэриэх. Бары саха бары баайын барытын муһан, мунньан-тараан улахан саха сайдар фондатын төрүттүөх уонна ол фонда нөҥүө ол оҥкуллары үбүлүөх. Тутан таһаарыах саха көтөр аалын, ууга устар аалын, массыынатын-бөртөлүөтүн, төрүттээн барыах саха

инновацияҕа үлэлэһэр фондаларын, сөргүтэн барыах саха тыатын, киллэриниэх баһаам барыһы.

Ханнык эрэ саха улууһун үп-харчы киининэн оҥоруох уонна ол улууска улахан инвестиция оҥорор тэрилтэлэр бастарын уурталыах, бааннары дэҥдэтиэх, ханнык эрэ улууһу саҥа инновация дойдутунан биллэриэх уонна ол улууска араас инновация паркаларын кэчигирэтиэх, саҥаны айарга-тутарга аналлаах тэлгэһэлэри тэнитиэх, ханнык эрэ улууһу үөрэх киининэн ааттаан айхаллыах уонна араас үөрэх тэрилтэлэринэн толоруох, ыччаты барытын ол улууска соһон аҕалан Аан-дойду таһымынан үөрэтиэх, ханнык эрэ улууһу эмп-томп киинигэр кубулутуох, бары саҥа үйэ ирдэбилигэр толору хоруйдаһар араас ол-бу технологиятынан хааччыллыбыт эмтэнэр сирдэри олохтуох! Ол буолуо этэ дьиҥ саха аймах бүттүүн сайдыыта, бары улуустар бары өттүгэр барытыгар киин куораппытыттан хаалсыбакка тэҥҥэ хардыылаан иһэллэрэ. Онтон киин куораппыт атыы-эргиэн киинэ буолан турдун, ол да салаа харчыта баһаам. Сүрүнэ диэн Саха Сирин сайдыыта, саха омук уйгута түстэниэ, өскөтүн улуустар кытта араас салааларга сыстан бардахтарына. Саха Сирин курдук мөлүйүөнүнэн иэннээх сиргэ тэнийэ сытар дойду баайа-дуола биир Дьокуускай куоракка эрэ мунньулла сытарынааҕар улуустарынан тарҕанан бары Саха Сирэ бүттүүн сайдара оруннаах уонна табыгастаах, сиэрдээх уонна сөптөөх.

Саха Сирэ көҥүл!


Билигин саҥа неоколонизация долгуна Саха Сирин саба бүрүйэн эрэргэ дылы уонна бүрүйдэ да быһылаах. Улахан корпорациялар былааска, сүрүннээн киин былааска, олус чугаһаан, сабыдыаллара улаатан биһиги курдук "кыракый харамайдары” ааһан иһэн халаан ааһар кыахтаннылар. Газпром, Транснефть, Роснефть, Мечел курдук улахан корпорациялар, буолаары буолан транснациональнай корпорациялар Россияны бэйэлэрин икки ардыларыгар арахсан баран көҥүл үллэстэн кэбистилэр уонна хоро таспытынан бардылар. Ол эрэн ол улахан мафия сабыдыала Саха Сиригэр кыракый, биһиги диэки бэйэбит иитэн-аһатан, үүннэрэн таһаарбыт АЛРОСА-быт сабыдыала ааспыт Ил Түмэҥҥэ олус күүскэ улаатан, бэйэтин "генераллара” кимэн киирэн АЛРОСА-ны Саха Сирин уонна Россия тутулугуттан арааран кэбистэ уонна дьэ көҥүл бэйэтин бэйэтэ дьаһанан "мэһэй” эрэ буолар Саха Сиригэр социальнай өттүгэр иэстэрин төлүүртэн батанан эрэллэр. Өскөтүн баччааҥҥа диэри бары "Манчаарыларбыт”, "Азиябыт оҕолоро”, онтон да атын улахан тэрээһиннэрбит улахан шривынан АЛРОСА диэн суруллан турбут эбит буоллахтарына, ол сурукпут шрива кыччыыр чинчилээх.

Итинник бииртэн биир тэрилтэлэрбитин күрэтэн баран хайдах салгыы дьаһанабыт? Мин санаам судургу, көҥүлбүтүн толору туһаныах. Өскөтүн биһиги конституциябытын, сүбэрэнитиэппитин, өрөспүүбүлүкэбит саҥардыллыбыт туругун ХНТ (Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин) 3 ыстатыйатыгар олоҕуран ылыммыт эбит буоллахпытына, 3 эрэ буолуо дуо, бүтүн Аан-дойду сүрүн ирдэбилигэр олоҕуран, ол эбэтэр омуктар бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһайар көҥүллэригэр олоҕуран ылыммыт эбит буоллахпытына, ол көҥүлбүт ис кыаҕын толору туһаныах.

Киин былаастары кытта федеративнай дуогабар түһэрсэн элбэх көҥүлү бэйэбит диэки тардыныах, көҥүлбүтүн бөҕөргөтөн биэриэх. Үйэ-саас тухары сөбүлүө суоҕа, ылыныа суоҕа диэн куттанан туора тура сылдьыбытынан бары өттүгэр барытыгар кыайан өйүттүбэт буола самнан барыахпытын сөп, түҥнэстэн түһэн дойду быһыытынан сиик буолан симэлийэр кутталлаахпыт, сонон сир баайын ыган таһаарар "сырьевой придатоктарыгар” кубулуйар кутталлаахпыт уонна ол кутталбыт толору эргилиннэ! Федеративнай дойду буоллахпытына куттаммакка-чаҕыйбакка, саллыбакка-толлубакка толору бэйэбит көҥүлбүтүн ирдиир кыахтаахпыт уонна иэстээхпит. Билигин ирдээбитинэн барбатахпытына кэнники аннараа дьон санаата өссө кытаатан барыа. Билиҥҥиттэн Россия экэниэмикэтигэр араас хаалыылар буолан эрэллэр, түмүгэр бүддьүөтү кырыйыы, сарбыйыы саҕаланна. Ол кырыйар, сарбыйар сүрүн былааннарыгар Саха Сирэ олус элбэх дотациятын аччатыы да киириэн сөп. Дьэ оччоҕо Саха Сирин инникитэ хараардар харааран көстөр буолан иһэр. Инникитэ эрэ, кэнникитэ эрэ биллибэт буолуох курдук.

Өскөтүн биһиги ол түһэрсиэхтээх федеративнай дуогабарбытыгар чопчу "Саха Сирин баайа Саха Сирин быстыспат баайа буолар уонна ол баай Саха Сирин быһаччы салайыытыгар киирэр” диэн бэлиэтээбэтэхпитинэ, чорботон биэрбэтэхпитинэ бу дуогабар туох даҕаны суолтата суох буолар. Ол курдук төрүт сокуоммутугар оннук этиини киллэрэрбит эмиэ эрэйиллэр. Биһиги бэйэбит сирбитин салайбакка олорон эрэ ханнык судаарыстыбаннас туһунан этиэхпитин сөбүй? Сирбит баайа, уубут, айылҕабыт барыта федерация бас билиитигэр турара, онтон туохтааҕар да ночооттоох дьонноох-сэргэлээх сир Саха Сиригэр сүктэриллибитэ төһө сиэрдээҕий?

Биһиги бу сирбитигэр рентаны олохтоотохпутуна бүддьүөппүтүгэр эбии харчы бөҕө халыйыа этэ. Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут диэн буолуохтаах сирбит баайыгар бэйэбит өлүүбүтүн хаҥатыы. Саха Сирин сирин баайыгар лицензияны бэйэбит туттарар буоллахпытына сатанар. Ханнык тэрилтэ Саха Сиригэр кэлэн хостообутунан барарын бэйэбит билэ-көрө, дьаһайа сырыттахпытына сарсыҥҥыбытыгар уонна өйүүҥҥүбүтүгэр, эһиилгибитигэр уонна инникибитигэр улахан эрэллээх олохпутун салгыахпыт этэ. Саха Сиригэр сир баайын хостуур тэрилтэ Саха Сирин кытта сөбүлэҥи түһэрсэрэ эрэйиллэр. Онтон биһиги ол сөбүлэҥмитигэр хайаан да чопчу төһөнү өрөспүүбүлүкэ өттүгэр ыытарын суруйан биэрэрбит эрэйиллэр. Дьэ уонна ол төннөрүллүбүт баайбытыгар бэйэбит дьоммут бизнеһынан, арааһынан дьарыктаналларыгар ыраас суолу тэлэн биэриэхтээхпит. Сайдыылаах инфраструктура элбэх инвестицияны халытар. Ыраас бизнес эйгэтэ элбэх харчыны тардар. Үрдүк үөрэхтээх дьон-сэргэ кэскиллээх оҥкуллары (проектары) оҥорор, улахан тэрилтэлэр харахтарын сымнатар, кэлэн бэйэлэрин харчыларын угалларыгар угуйар.

Онон Саха Сирин олохтоохторо, бары үрдүк үөрэххэ тардыһыах, үтүө эйгэни төрүттүүргэ турунуох, дойдубут көҥүлүн хаҥатыах, бэйэбит төрөөбүт төрүт буорбутун хастаран, айылҕабытын алдьаттаран туран хостотор сирбит баайыгар өлүүбүтүн элбэтиэх, байар туһугар түмсүөх, бэйэ-бэйэни өйөнсүөх, бэйэ-бэйэни өйдөһүөх, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыах! Оччоҕуна баар буолуо сайдыы, баар буолуо уйгу-быйаҥ олох, баар буолуо байар кыах! Байар баҕа санаа барыгытыгар иҥиэхтин, сүрэххит-быаргыт дьиҥнээхтик өй күүһүнэн байар туһугар үлэлээтэҕэ буолуохтун. Биһиги кыаҕыран бардахпытына кыаҕыран барыа саха омуга, кыаҕыран барыа Саха Сирэ! Биһиги өйөнсөн кииристэхпитинэ самнан барыа утарсааччы, сууллан барыа хам баттыы сатааччы, эстэн барыа хара күүс! Тоҕо диэтэххэ саха сомоҕолостоҕуна, саргыта салаллан бардаҕына, күүһэ хомуллан бардаҕына хайа да омуктан хаалсыбат модун

күүс буолуоҕа! Нуучча хаһаахтарын утары турунууга Хаҥаластар тыһыынчанан саха баатырдарын муспут эбит буоллахтарына билигин тыһыынчанан саха кыахтаахтарын түмэн кыахтаах Саха Сирин туһугар аны сирбит баайын баһылааһыҥҥа турунуох тустаахпыт. Мантыҥ эмиэ киирсии, мантыҥ эмиэ улахан өйү-сыраны эрэйэр улахан кыргыһыы. Хаан тохтубат, ол эрэн тобуллаҕас толкуй тостор! Аан-дойду аҕыс уон аҕыс араас албастарын эргичитэн холоон көрүөх бэйэбит холобурбутугар, бэйэбит олохпутугар. Саха даҕаны сайдар кыахтаах, ол эрэн ол сайдарбытын ситиһэр туһугар дьиҥ саха олоҕун тутулун тутарбыт эрэйиллэр. Дьиҥ сахалыы толкуй уонна санаа сирдиэҕэ саха саҥнаах ыччаты байарга, уйгу-быйаҥ олоххо. Көрүҥ саха култууратын, таҥаһын-сабын, үгэстэрин, тылын-өһүн, оһуорун-бичигин. Итиннэ сытар саха сайдыыта, байар суолга турунуута. Ама чороон курдук ураты дьүһүннээх-бодолоох, көрүҥнээх иһит хайа эмит омукка баар дуо? Ама саха оһуорун толору туттан киһи саҥа операционнай системаны оҥорбото буолуо дуо? Сахалыы истииллээх? Истиҥ саха тылын. Кини судургу этиилэрин. Tutuu, Aar, Sitim, Altan, Darkhan, Bayar, Uygu, Sakha, Uluu, Saydar, Olongkho, Tuymaada, онтон да атын тыллар бэйэлэринэн бренд буолаллар. Тэрилтэҥ ситиһиитэ аатыттан быһаччы тутулуктаах. Ону тэҥэ истиилиттэн. Онтон саха омук култуурата бэйэтэ туспа сүдү баай. Маннык улахан кыахтаах сылдьан эрэ сайдарга туруммат сыыһа, бэйэни сэнэнэр Аньыы!

Сайдар Саха

Category: Саха | Views: 1780 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 41
Ыалдьыттар (гостей): 41
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024