News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 11 » Бэйэ сүөһүлээх эрээри, тоҕо калмыктары, герефордары таһаарабытый?Саха ынаҕын эт хайысхатынан иитиэххэ
Бэйэ сүөһүлээх эрээри, тоҕо калмыктары, герефордары таһаарабытый?Саха ынаҕын эт хайысхатынан иитиэххэ
17:05
Саха ынаҕа: тыа олоҕун түҥнэрбит эспэримиэн-3
11.11.2013 14:48 | Автор: Владимир Степанов (Бүтүүтэ. Иннин "Кыым” 41, 42№-гэр көр)http://uhhan.ru/news/2013-11-01-8606 Сахалар былыр манна бүрээт сүөһүтүн илдьэ кэлбиттэр” диэн этии биһигини сүөһүтэ, төрдө-төбөтө суох омук курдук көрдөрүөн, сэнэбилгэ тиэрдиэн эрэ сөп. Биһиги ынахпыт хайдах да бүрээт сүөһүтэ буолуон табыллыбат. В.Серошевскай "саха ынаҕа бүрээт сүөһүтүнээҕэр бөдөҥ” диэн чопчулаан суруйан турар. Оттон "саха бараанын” үөскэтэр "идиэйэни” дьон үксэ "миграннарга кыһамньы” диэн өйдүүр эбит. Бараан – саха аһа буолбатах.Бэйэ сүөһүлээх эрээри, тоҕо калмыктары, герефордары таһаарабытый? Бүрээттэр эстибит сүөһүлэрин тилиннэрэн, Калмыкия кэнниттэн Арассыыйаҕа иккис эт киинэ тэрийэр былааннаахтар. Төбөлөөх дьон, харчыларын баҕас бэркэ ааҕаллар. Холобур, Б.Лхасаранов бүрээт сүөһүтүн иитии, симменталы, герефорду кытта тэҥнээтэххэ, сыллааҕы ороскуота (себестоимоһа) 50 төгүл кыра диир. Тоҕо диэтэххэ, кэлии боруодаларга ититиллибит хотон, соҕурууттан уотурба таһыыта уо.д.а. курдук туһата суох халтай үлэ уонна үп ороскуоттанар. «Однажды проводил эксперимент. Стояла глубокая осень, шёл снег. Стоят рядком коровы разных пород, жуют сено. Замечаю, что на спинах симменталов, «казахов» и «калмыков» тает снег, а на помеси бурятской коровы с «казахом» снег не тает, как будто снежок на асфальт упал. Это говорит о том, что у «бурятов» очень низкая теплопроводность, а у остальных тепло из тела выходит, словно из открытой форточки. Потому последние мёрзнут, соответственно, в холодное время года им требуется больше кормов, прививок и тёплых помещений. Незначительная теплоотдача аборигенных коров объясняется тем, что у них есть мощные запасы подкожного жира, а также пуховый подшёрсток, который держит тепло”, -- диэн Лхасаранов олохтоох усулуобуйаҕа үөрүйэх төрүт сүөһүнү иитии барыстааҕын билиминэн ытаһалаан биэрэр. Оттон биһиги бэйэбит сүөһүбүтүн умнан, ороскуот бөҕөнү сүгэн, калмыктары аатырда сатыыр түбүктээхпит. Кырдьыгынан эттэххэ, калмык, герефорд сүөһүтүнэн, миниистир быһайын эппитин курдук, "Уһук Илини этинэн көмөр” кыахпыт суох. Соҕурууҥҥу эт боруодалаах сүөһүнү "конвейер технологиятынан” түргэнник улаатыннаран, улахан сүөһү ыйааһынын 70-80 бырыһыанын ситтэ да өлөрөн иһэллэр. Судургутук эттэххэ, кыһыннары сылаас Эмиэрикэҕэ, Австралияҕа ковбой мэччийэ сылдьар сүөһүлэрин батыһа сылдьан, ыйааһына сиппит сүөһүтүн өлөрөн атыылыы-атыылыы баран иһэр. Оттон биһиэхэ кыһын хотоҥҥо киирдэ да, сүөһү 8-9 ый аһылыгын кыһыны тыыннаах туорууругар барыыр. Аһа аҕыйах буоллаҕына, ырар, ыарытыйар. Онон уойарыгар, төлөһүйэригэр бириэмэтэ сайыҥҥы 3-4 ыйынан уһаан биэрэр. Өссө хотоҥҥо киирбитин кэннэ эт тоҥуор диэри үчүгэйдик аһатыахха наада. Онон себестоимоһа син-биир үрдүүр.Саха ынаҕын билиҥҥи туруга Саха ынаҕын олох эһэн баран бүрээттэр курдук тилиннэрэ сатаан сордонор кыһалҕа билиҥҥитэ суох, билиҥҥитэ... Билигин Эбээн-Бытантайга, киин улуустарга 1400-тахса төбө баар. Өрөспүүбүлүкэ саха ынаҕар анал сокуон ылбыта, саха ынаҕын иитэргэ кыра да буоллар, көмө оҥоһуллар. Саха ынаҕын генофонда туруктаах балаһыанньаҕа тахсарыгар ынаҕын ахсаана 1000 буолуохтаах. Билим хайысхатынан "Тускул”, "Бытантай” икки генофонд хаһаайыстыбаларыгар 250-ча ынах баар, өссө 750 ынах кэлиэн наада. ССТХНЧИ саха ынаҕын генофондун харыстааһынын хааччыйар уонна туһаныыны хааччыйар лабораторията, Эбээн- Бытантай улууһун дьоно, биирдиилээн саха дьоно үбүлээһин төһө да кырыымчыгын үрдүнэн үлэлии, ынахтарын ахсаанын элбэтэ сылдьалларыгар махтаныах тустаахпыт. Хомолтолооҕо – саха ынаҕын элбэтиини үбүлээһин кээмэйэ улааппат, уруккутунан турар. Дьиҥэр, элбээн истэҕин аайы үбэ эмиэ элбээн иһиэн сөп этэ. Генофонд ахсаанын 1000-ҕа тиэрдэр сокуоҥҥа министиэристибэ соччо долгуйбат. Быйыл өссө кыччата сатыы сылдьаллар. Саханы саха оҥорбут сүөһүбүтүгэр сыһыаннаах туох барыта сибэтиэй буолуохтаах этэ, дьиҥинэн..."Гигантомания” солуогуттан босхолонуоҕуҥ Бөдөҥ сүөһүттэн элбэх үүтү ыахпыт дии-дии Австрияттан тиийэ сүөһүнү сөмөлүөтүнэн таһабыт, харчы бөҕөнү ыһан-тоҕон дыбарыас-хотоннору тутабыт, тыһыынчанан туонна уотурбаны таһан атын дьону байытабыт. Элбэҕи аһыыр сүөһү "биэдэрэнэн иигин-сааҕын” таһыыга эт-тирии баранар. Уонунан сыллар усталарыгар ити үлэни механизациялыы, чэпчэтэ сатаан бастыҥ дьоммут төбөлөрүн сыстылар да, кыайбатылар. Дьон оҕотун "сүөһү иигэр-сааҕар булкуллума” диэн тыа сириттэн куоттарыытын төрдө итиннэ сыппата буолуо дуо? Билигин чахчы муҥур уһукка кэлэн турабыт. Түҥнэстэн эрэр түөрэҕи көннөрөн, сүөһүгэ хамначчыт буолары тохтотон, өбүгэлэрбит "сүөһү киһини аһатыахтаах” диэн өйүн-санаатын сөргүтүөҕүҥ. Манна диэн эттэххэ, төһө да былыргы төрүттэрбит олорор балаҕаннарын хотоннорун кытта бииргэ туппуттарын иһин, биир да үөрэхтээх сыылынай, чинчийээччи "сахалар сүөһү сааҕар-иигэр буккуллан дьүһүн-бодо, сыт-сымар буолан чанчарыктык олороллор” диэн сиилээн суруйбатаҕа. Холобур, В.Серошевскай балаҕан иһэ ураты кэрэтин тоһоҕолоон суруйбутун билэбит. Оччотооҕу сахалар ынаҕы хотонтон кыһыннары таһаарар буоланнар, татым астаах саха ынаҕын иигэ-сааҕа кыра буолара. Сут дьылларга биир ынах 0,8 т. отунан кыстыыр эбит. Ол да буоллар, хайдах да сукка-быстарыкка хотторон өлөн биэрбэт айылгылааҕа, күөххэ үктэнээт аҕыйах хонугунан төлөһүйэн, сыа-арыы аллан барара элбэхтик суруллан хаалбыт. Саха сүөһүтүн иитии чахчы технология буоларын саха ыалын дьиэтин таһын оҥоһуута бигэргэтэр. Дьиэ иннигэр киһи сылдьар сирэ – тиэргэн. Сүөһү сылдьар сирэ -- тэлгэһэ. Дьиэ-хотон уопсай тулата – тусаһа. Хотон таһыгар сүөһүнү, сылгыны иитэргэ тус-туһунан аналлаах хаһаайыстыбаннай тутуулар бааллар. Сүөһү уопсай хааллар сирэ – хааччах. Хотон биир өттүгэр кыбыыга от хаһааныллар. Ыччат сүөһү, улахан сүөһү, ньирэй тус-туһунан далларга сылдьаллар. Оҕус, күһүн өлөрүллүөр диэри таһырдьа турар идэһэ сүөһү туспа хаһааҕа тутуллаллара. Саха былыргы эт оҥорор технологиятын тилиннэрэн, ураты минньигэс эти ылар кыах баар. Манна даҕатан эттэххэ, судаарыстыбаҕа т/х сөптөөх бэлиитикэ олохтонуута улахан оруоллаах. Холобур, биһиги Кытайга т/х туругун билбэппит. Астара тиийбэккэ үөнү-көйүүрү сииллэрин курдук саныыбыт. Оттон 2010 с. ахсынньытыгар били бүрээт ынаҕын көрдүү бара сылдьыбыт Бурятия дэлэгээссийэтэ олус соһуйан, хараҕын тиэрэ көрөн кэлбит этэ. Кытай Ис Монголиятыгар олорор баара-суоҕа 7 тыһ. бүрээт бүтүн Бурятия барытын сүөһүтүнээҕэр элбэҕи иитэн олорор эбит. Бурятияҕа 2011 с. ахсынньы 1 күнүгэр, 383,3 тыһ. ынах сүөһү баара.Өбүгэ муудараһа: сүөһү киһини аһатыахтаах Биһиги өбүгэлэрбит 9 ыйдаах кыһыннаах дойдуга "сүөһү киһини аһатыахтаах” диэн бириинсибинэн олорон кэлбиттэрэ диэтибит. Кырдьык, аҕыйах аһынан муҥутуур элбэх бородууксуйаны биэрэр сүөһүнү үөскэтии – бастыҥ технология. Ама, балысхан ыарахан сыанаҕа атын омук сүөһүтүн атыылаһан аҕалан баран, тугу да барыһырбакка, кыайан көрбөккө, ону иитэ сатаан ороскуотуруу, сүөһү кулутугар кубулуйуу курдук буолуо дуо. Холобур, сүөһү 100 киилэ тыыннаах ыйааһыныттан кэлэр үүтү тэҥниэҕиҥ: саха ынаҕа ("Элгээйи” сопхуос, Г.П. Коротов, 1962-64 сс. дааннайдар) – 769, саха-симментал ынах (1962-64 сс.) – 626, Австрия симментала (2010-2012 сс.) – 630, ТХМ племхаһаайыстыбатыгар турар ынах (2012 с.) – 446 кг. Бу тэҥнэбил саха ынаҕар сэнэбиллээх сыһыан тохтуурун туруорсар, туруорсар эрэ буолбатах -- хаһыытыыр. Профессор А.Ф. Абрамов саха ынаҕын, саха-симментал уонна саха-холмогор булкаастаах ынахтар экологическай көдьүүстэрин аахпыта, үөһэ этиллибити бигэргэтэр.Ынах боруода Үүтэ уонна тыыннаах ыйааһына,кг 1 кг бородуук-суйаҕа Экологическай көдьүүһэ Аһылык ороскуота, корм. ед.% Саха ынаҕынааҕар аҕыйах, % Үүтэ Симментал-саха Хоммогор-саха Саха ынаҕа: үүтүн 3,6 % сыалааҕынан аахтахха 2500 3500 1633 1,35 1,17 0,9 0,018 0,021 0,027 33 23 Этэ Симментал-саха Хоммогор-саха Саха ынаҕа: үүтүн 3,6 % сыалааҕынан аахтахха 393 364 300 15,6 15,6 13,3 0,004 0,004 0,005 25 25 Төрүт сүөһү биир үтүө хаачыстыбата – кыстыыр аһылыгын (сыатын) сайын мэччирэҥҥэ босхо мунньунар. Уобарастаан эттэххэ, сайыны быһа этин быыһын сыанан, битэмиининэн, минеральнай эттиктэринэн толорунар. Ол иһин этэ минньигэс. Оттон биһиги усулуобуйабытыгар үөрүйэҕэ суох омук сүөһүтүн аһаабыта барыта тымныыны утары охсуһууга барар. Ол иһин -- топпот.Саха ынаҕын эт хайысхатынан иитиэххэ Өлгөм үүт иһин охсуһуу өйбүтүн баайара чугаһаата. Ол курдук, үүт харчыта бастаан, эстии-быстыы кэмигэр, чахчы көмө буолбут эбит буоллаҕына, билигин дьону албыҥҥа-көлдьүҥҥэ үөрэттэ, сүөһүттэн тэйиттэ. Үүт регламенынан кыһарыйан, тыа дьоно үүтү туттараллара аҕыйыы турар. Сүөһүбүт ахсаана эмиэ аҕыйыыр. Ырыынак саҕаланыаҕыттан үүт тутуллар сыаната улааппата, аҥаардас судаарыстыба көрөр "көмө дотациятынан” олорон кэллэ. Билигин уруккуттан сүөһү көрө үөрэммит, онто суох сатаммат буолбут кырдьаҕас да дьон сүөһүттэн маассабайдык батынан эрэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын салайар дьон "тыаҕа харчы бөҕөнү кутабыт да, үүт элбээбэт” диэн соһуйаллар эрэ. Улахан хотоннору тутан, онно соҕурууҥҥу ынахтары аҕалан, аҕыйах киһини үлэлэтэн саханы төрүт үгэһиттэн тэйитэн эрэбит. Ырыынак экэниэмикэтигэр олорорбутунан, дьон көҥүлүн тууйуо суох баара. Тыа ыалын анаан эт оҥоруутугар көһөрөн, саха ынаҕын тилиннэриэххэ. Аһылыга, ороскуота кыра. Сыл аайы төрүүр, ыарыыга ылларбат. Хойуу, минньигэс, доруобуйаҕа туһалаах үүтүнэн оҕолорун аһаттыннар, доруобуйаларын көннөрдүннэр. Эттэрин ордугун атыылаатыннар. Эт оҥоһуутугар көстөххө, дьон сүөһүтүн сайылыктарга хото таһаарыа. Бөһүөлэктэр тастарын экологическай ноҕурууската аҕыйыа. *** Саха ынаҕын элбэтэр, эт хайысхатын түргэнник олоххо киллэрэр кыах баар. Иллэрээ күн эрэдээксийэҕэ Намтан эдэр салайааччылар: Таастаах нэһилиэгин баһылыга Евгений Федотов, "Эрэл” кэпэрэтиип салайааччыта Ньургун Гуляев дьон кэлэ сырыттылар. Кинилэр саха ынаҕын тилиннэрэр улахан далааһыннаах үлэни саҕалыыр былааннарын үллэһиннилэр. Бу дьон курдук өбүгэбит туйаҕын хатарар патриоттар баалларыттан үөрэбит, үлэлэрэ ситиһиилээх-хотуулаах буоларыгар баҕарабыт. Кырдьык, хаһааҥҥа диэри омуктары сүөһүлүүн-бэйэлиин сырса сылдьан үтүктүөхпүтүй? Таастаахха 2007 с. Горнай Улуу Сыһыытыттан саха ынахтарын аҕалбыт кэннэ, т/х институтун кытта дуогабарынан, булкаас сүөһүнү "сахатытар” үлэ барбыт. Нэһилиэккэ саха оҕустара 7-с сылларын "үлэлээн”, генетическэй өттүнэн саха ынаҕар толору төнүннүбүттэрин этэллэр. Намҥа Таастаах этэ минньигэһинэн биллэн, бэлиэр былдьаһык буолан эрэр эбит. Дьон сыанатын кэрэйбэккэ сакаастаһар буолбут. Маркетинг сокуонунан, билигин аан дойдуга эт минньигэһинэн, доруобуйаҕа туһалааҕынан тус-туһунан сыаналанар. Холобур, Кытайга айылҕа мэччирэҥэр төлөһүйбүт ынах сүөһү этэ, уотурбанан хадаҕаламмыт сибиинньэ этинээҕэр икки төгүл ыарахан сыаналаах. Саха ынаҕын курдук мраморнай эттээх ынах этэ сүүһүнэн дуоллар сыаналанар. Саха ынаҕын этин элбэтиинэн дьарыктанан, ыарахан олохтоох ыраах нэһилиэктэрбитигэр ити Нам Таастааҕын курдук үлэни ыытан, саха ынаҕын түргэнник тилиннэрэр кыах баар. "Харчыланабын” диэн интэриэс баар буоллаҕына, тыа дьоно үчүгэйдик дьаһанан, аҥаардас отунан эрэ аһатан, эрэйэ тиллэр гына үлэлиэн сөп. Норуот минньигэс амтаннаах эти сиэн баҕарар. Горнайга саха ынаҕын иитиинэн идэтийбит В.Никифоров этин үлэһээччи элбэх, эрдэттэн сакаастаһан, кэлэрин ыйыталаһан ылаллар. Эбээн-Бытантайга сылдьыбыт дьон эмиэ оннооҕу эт минньигэһин сөҕөллөр. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы П.Н. Алексеев Горнайга баһылыктыы сылдьан улууһа саха ынаҕын элбэтэр киин буоларын туруорсара. Ити үлэтин салгыа диэн эрэнэбит. Биһиги бүддьүөппүт харчытын ыскайдаан калмык, герефорд сүөһүтүн аҕалан "сахатыта” сатыырбыт айылҕаны утары барыы, айбыт таҥараҕа мастаныы, аньыы-хара буолара, бэрт сотору кэминэн бу дьаһаллары оҕолорбут-сиэннэрбит күлүү гынан номох оҥостоллоро көстөн турар. Онон төрүт баайбытын, саха ынаҕын, алааһыгар төннөрөр үлэни норуот өйүө.
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1421 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 23
Ыалдьыттар (гостей): 23
Кыттааччылар (пользователей): 0