Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 1 » Саха ынаҕа Сибиир ыраас хааннаах төрүт сүөһүлэриттэн соҕотоҕун ордо сылдьар.
Саха ынаҕа Сибиир ыраас хааннаах төрүт сүөһүлэриттэн соҕотоҕун ордо сылдьар.
11:03
Саха ынаҕа: тыа олоҕун түҥнэрбит эспэримиэн-2
01.11.2013 10:44 | Автор: Владимир Степанов
(Салгыыта. Иннин "Кыым” 41№-гэр көр)http://uhhan.ru/news/2013-10-29-8594
Саха ынах сүөһүтүн холмогор уонна симментал оҕустарынан буоһатан, хаанын булкуйан боруодатын тупсарар туһунан САССР салалтатын 1932 с. уурааҕа сахаҕа туох үчүгэйи оҥордо? Быһайын РФ т/х миниистирэ Н.Федоров булкаас симменталлары көрөн баран "бу симментал буолбатах, оккураҥнаабыт сүөһү (вырождение)” диэбитэ киэҥник тарҕанна.
Ынах доруобуйата туйаҕар
Ити уураах саха ынаҕын дириҥник үөрэтэр кыах биэрбэккэ улахан алдьатыыны, тыа сирин харгыстыыр суолга киллэрбитэ сымыйа буолбатах. Ырытан, эргитэн көрдөххө, оннук.
Саха "ынах үүтэ тылыгар” диэн муударастаах. Тыйыс тымныыны тулуйарга үөрүйэх саха төрүт сүөһүтүн соҕуруу сылаас дойду сүөһүтүнэн булкуйуу туох түмүгү биэриэн сөбүй диэн, дириҥ научнай чинчийии барбыта буоллар, "сүөһү доруобуйата туйаҕар” диэн атын муударас үөскүө этэ. П.А. Романов үөрэнээччилэригэр "саха ынаҕа кытаанах туйахтаах буолан тымныыны тулуйар” диир этэ дииллэр. Киһи атаҕа тоҥноҕуна ыалдьар, өр хаампатаҕына көһүйэр, баттаан олордоххо - утуйар.  Сүөһү тыыннаах харамай, онон атаҕын туругуттан доруобуйата, ол аата бородууксуйа биэрэр кыаҕа быһаччы тутулуктаах. Биһиги соҕуруу сылааска турбут, сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ таһырдьа сылдьар ынахтары аҕалан 9 ый хотоҥҥо туруорабыт. Туйахтара тулуйбат, атаҕа тоҥор, көһүйэр. Хайдах да сылаас муосталаа, этэ-сиинэ сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ сылаас усулуобуйатын суохтуур, "шоктанар”. Физиологията кэһиллэр, үүт биэрэр кыаҕа кэхтэр, үчүгэй көрүү-харайыы түмүгэр  муҥутаан 2,5 тыһ. киилэ эрэ үүтү биэриэн сөп диэн учуонайдар этэллэр. Ыарыһах сүөһү этэ-үүтэ "битэмиин” буолбатах. Саха этэ-сиинэ "төрөөбүт аһым” диэн ылыммат.

Тыйыс тымныы усулуобуйатыгар саха сүөһүтэ эрэ адаптацияланар кыахтааҕа, экэнэмиичэскэй өттүнэн барыстааҕа Арассыыйа Алясканы бас билэр эрдэҕинэ дакаастанан турар. Колониальнай былаастар Аляскаҕа араас боруоданы иитэн көрбүттэриттэн, саха ынаҕа эрэ көдьүүстээҕэ көстүбүт. Ол иһин оннооҕу нуучча нэһилиэнньэтин этинэн-үүтүнэн хааччыйаары, элбэх саха сүөһүтүн илдьибиттэр. Аны туран, саха ынаҕа иччимсэҕэ диэн сүр, атын омук көрөрүн ылыммат эбит. Инньэ гынан билигин алмаас хостуур курдук, саха ыалларын "баахтанан” Аляскаҕа сүөһү көрдөрө таһаллара үһү.

Саха ынаҕа Казарян түөрүйэтин утарар

Быйыл учуонай П.Казарян саха омук быһыытынан содур дьахталлардаах, куһаҕан олохтоох кыра-хара норуот диир. Ону кэлэр-барар устугас дьон "тупсаран”, аҕыйах үйэ анараа өттүгэр дьэ үөскээбитэ диэн түөрүйэлээх.

Саха төрүт итэҕэлигэр, култууратыгар, олоҕор-дьаһаҕар ынах сүөһү культа дириҥник иҥэ сылдьар. Аҕыйах үйэ иһигэр итинник тыһыынчанан сылы хабар дириҥ бөлүһүөпүйэ, фольклор үөскээбэт.  Онон саха суолун тордоон көрөргө саха ынаҕын генетикатын билиэҕиҥ.

Саха ынаҕа Сибиир ыраас хааннаах төрүт сүөһүлэриттэн соҕотоҕун ордо сылдьар. Кинини төбөтүн уҥуоҕунан, тас көрүҥүнэн тураан-монгуол төрүттээх сүөһү көрүҥэр киллэрэллэр. Итиннэ киирэр киргиис, казах, Сибиир, маньчжур, бүрээт сүөһүлэрин эмиэ "боруода” тупсараары эспиттэрэ. Билигин үс эрэ боруода: саха, монгуол, калмыык эрэ сүөһүлэрэ хаалбыттар. Ол эрээри монгуол, калмыык сүөһүлэрин хаанын култуурунай боруодалар алдьаппыттар.

1987-1995 сс. саха уонна финн учуонайдара саха сүөһүтүн генетикатын дириҥник чинчийбиттэрэ. Ол түмүгүнэн Финляндияҕа кинигэ тахсыбыта (хаартыскаҕа көр). Ити кинигэҕэ саха ынаҕа төрүт ыраас хаанын илдьэ сылдьар соҕотох сүөһү буолара дакаастаммыт. Атын боруодалартан олох ойуччу турара көстүбүт. ДНК-тын үөрэтии саха ынаҕа 10 тыһ. сыл анараа өттүгэр Ближнэй Востокка дьиэтийбит туур сүөһүттэн хаан тардара дакаастаммыт.

Соторутааҕыта Англия, Франция, Германия учуонайдара Ближнэй Востокка археологическай хаһыыга көстүбүт, олох былыргы ынах сүөһү ДНК-тын үөрэппиттэр. Ол түмүгэ "Molecular Biologiand Evolution” сурунаалга тахсыбыта. Чинчийээччилэр неолит үйэтигэр киһи аан бастаан 80-ча кыылы дьиэтиппит диэн түмүккэ кэлбиттэр. Ол курдук, аан маҥнайгы дьиикэй тууру дьиэтитии бэлиэтин Ирак хоту өттүгэр сытар Курдистаҥҥа баар Джа-дэ уонна Турция соҕурулуу-илин өттүгэр баар Чайоню диэн биһиги эрабыт 9200-6600 сс. иннинээҕи неолит үйэтинээҕи дэриэбинэлэр сирдэриттэн булбуттар. Бу икки дэриэбинэ арда 250 км. Бастакы сүөһү аҕыйаҕа дьиикэй тууру дьиэтитии, сыһытыы уустугунан түргэнник киэҥ сиринэн тэнийбэтэх диэн быһаараллар. Неолит дьоно кыыл сүөһүнү өр бодьуустаһан, сыһытан дьиэ сүөһүтэ гыммыттар диэн сабаҕалыыллар. Ити курдук молекулярнай-генетическэй уонна археологическай чинчийиилэр ыраас хааннаах саха ынаҕын суолтатын аан дойду билимин сайдыытын, киһи аймах цивилизациятын иннигэр олох үрдүк таһымҥа таһаараллар. Саха төрүт (аборигеннай) сүөһүтүн курдук тымныы усулуобуйаны тулуйар уратылаах сүөһү ханна да суох. Ыраас хааннаах сүөһү буолан, саха ынаҕа хаан булкуйууттан үөскээбит боруодалар кутталлаах ыарыыларыгар ылларбат геннэрдээх. Аны туран, ханна да суох хойуу үүттээх, минньигэс эттээх. Маны түҥ былыргыттан илдьэ сылдьар. Саха ынаҕа неолит саҕаттан  хайдах манна кэлбитин батыһа үөрэтии саха норуотун историческай-этнографическай суолун билиминэн хайыыга улахан төһүү буолар кыахтаах. Онон биһиги ынахпыт дьиҥ суолтатын өйдөөбөккө эһэ сатыырбытын сайдыылаах омуктар үтүө быһыы диэн сыаналаабаттара чахчы.

Бүрээттэргэ былдьатыах курдукпут


Хомойуох иһин, биһиги бэйэбит мөлтөхпүтүгэр сахабыт ынаҕын сыаналаабакка, эһэр турукка киллэрэн олоробут. Оттон төрүт сүөһү суолтатын ыйдаҥардан өйдүүр омуктар ынахпытын былдьаан да ылары кэрэйиэ суох курдуктар. Өтөрүнэн биир баар-суох баайбытын былдьатан, ытыс соттон хаалыахпытын сөп. Итиннэ ким эрэ "ээ пахай, бу киһи тугу-тугу тылласта, ити дьүһүннээх аҕыйах үүттээх сүөһүнү ким былдьаспыт үһү?” диэн сэтэрии түһүөн сөп.

1932 сыллаахтан "элбэх үүтү ыы” сатаан, норуоппут сыратын-сылбатын быстыбыт. Кырдьыгынан эттэххэ,  төрүт сүөһүбүтүн эһэн, Таҥараны утары мастанан үтүө олоҕу ситиспэтибит.  Сэбиэскэй кэм тиһэх сылларыгар арыыбытын-эппитин толуонунан аһыырга күһэллибиппит.  Тыа сиригэр ырыынак олоҕун эмиэ "үүт харчытын ачыкытын” нөҥүө көрөн олохтуу сатаабыппыт туохха тиэрдибитин бары билэн олоробут.

Айылҕаны утары барыы түмүгэр саха үйэлэргэ аһаан кэлбит этин-үүтүн тото-хана аһаабакка олорор. РФ Аһылыкка института аахпытынан, хоту сир олохтооҕо сыл устата 91 киилэ эти, 23 киилэ балыгы, 365 киилэ үүтү аһыахтаах. Оччоҕо бэйэтэ, кэнчээри ыччата бөҕө доруобуйалаах буолуохтаах. Оттон Дьокуускай үүтүн собуота инньэ сэбиэскэй саҕаттан үүт бороһуогун кыраан уутунан суурайан "төрүт аспытынан хааччыйа” олорор. Оннооҕор саҥа төрөөбүт оҕолорбутун ыаммыт үүтүнэн сатаан хааччыйбакка, бука бары наркоман курдук омук бороһуогар олороллор. ТХМ 1932 сыллаахтан соҕуруу сүөһүттэн "элбэх үүтү ыыр”, бүддьүөт харчытынан  эспэримиэннии оонньуур санаата тохтообот. Аны билигин Европаҕа курдук тэриниилээх хаһаайыстыбалары тэрийиэм диэн, туох да толкуйа суох миллиардынан үбү кутар. Бу "ырыынак экэниэмикэтэ” дии-дии, хайдах да буолуохтарын билбэт дьоммут ситэ үөрэппэтэхтэриттэн дуу, билэ сатаабаттарыттан дуу,  ханнык баҕарар биисинэс туспа, дьон өйдүүр, ылынар бөлүһүөпүйэлээх буоллаҕына эрэ үйэлээх, туруктаах буолар диэн, биисинэс сайдар сүрүн сокуонун билбэт курдуктар.

Биһиги сайдыахпыт диэн батыспыт сымыйа суолбут муҥур уһугар кэлэн булкулла-тэккиллэ сырыттахпытына, саха ынаҕын ыалларбыт бүрээттэр былдьаһан, улаханнык турунан эрэллэр. Быйыл балаҕан ыйыгар Бурятия СМИ-лэрэ ССТХНЧИ дириэктэрэ  Айаал Степанов көрдөһүүтүнэн Саха сиригэр бүүбэй диэн бүрээттэр төрүт хааннаах 100 барааннарын илдьибиттэрин суруйдулар. Биһиэхэ да ол туһунан киэҥник тарҕанна. Биһиэннэрэ бүрээт бараанын чубукуну кытта иссиһиннэрэн саҥа боруода барааны ылан аатыраары гыналлар. Билим аата билим, ол гынан баран хайдах эрэ "хой баһын туойар эспэримиэммит” аҕыйыахтааҕар элбээн иһэрэ сөхтөрөр. Бурятияҕа сыыһаны-сөбү биһигиннээҕэр түргэнник өйдүүллэр эбит. Холобур, урукку бэрэсидьиэннэрэ Л.Потапов эмиэ бөдөҥ сүөһүнү аҕалыыны өйүү сылдьыбыт. Австралияттан 100 ынаҕы аҕалбыттара икки сылынан лейкозтаабыттар. Ол кэннэ санаата уларыйан, бүрээт төрүт ынаҕын тилиннэрэри  өйөөбүт. Таҥараны утары мастанар аньыытын өйдөөтөҕө.

Барааннар кэлиэхтэрин иннинэ аҕай Саха сиригэр Б.Б. Лхасаранов диэн бүрээт учуонайа балаҕан ыйын саҥатыгар кэлэн, саха ынаҕын үөрэтэн, хаанын ылан барда. Лхасаранов -- дойдутугар бүрээт төрүт сүөһүтүн тилиннэрии фанатига,  Бурятияҕа 2012 сыл киһитэ буолбут улахан аптартыаттаах биолог учуонай. Кини соҕотоҕун сүүрэн-көтөн, биһиэхэ кэлбит бүүбэй барааны тилиннэрэн норуотун дириҥ ытыктабылын ылбыт патриот. Сэбиэскэй кэмҥэ бүрээттэр ынахтарын эрэ буолбакка, барааннарын эмиэ эспиттэр. Ону кини кэмигэр өйдөөн, 1992 с. 550 ордон хаалбыт барааны элбэтэр үлэҕэ ылсыбыт. Таҥарата көмөлөстөҕө, бараана геометрическай прогрессиянан элбээн, 20 сыл иһигэр сүүстэн тахса тыһыынча буолбут. Лхасаранов Москубаҕа бараанын бүрээт норуотун төрүт (аборигеннай) боруода бараана диэн регистрациялаппыт. Билигин кини бүрээт төрүт сүөһүтүн тилиннэриигэ кытаанахтык ылса сылдьар. Маннык дьон таах күүлэй тэбэ кэлбэттэр. Саха ынаҕа т/х институтун бас билиитэ, онон бараан биэрбит киһиэхэ аккаастыахтара дуо, саха ынаҕын үөрэтэр матырыйаал биэрэн ыыттылар.

Лхасаранов үүтэ суох диэн эспит бүрээт боруода сүөһүтүн тилиннэрэр үлэтин бэрэсидьиэннэрэ В.Наговицын, бырабыыталыстыба өйүүр. Бүрээт суох буолбут боруодатын тилиннэрэригэр 100 сүөһүнү атыылаһарыгар 10 мөл.солк. көрбүттэр. Дьиҥнээх бүрээт сүөһүтэ бэрт аҕыйах. Кытайга Ис Монголия автономнай уокуругар ордо сылдьар. 2010 сыл бүтүүтэ В.Наговицын баһылыктаах дэлэгээссийэ 100 бүрээт ынаҕын атыылаһарга кэпсэппит. Ол эрээри Арассыыйа былаастара тоҕо эрэ омук сириттэн сүөһү аҕалары боппуттар. Ол иһин сахалар саҥа бараан көрүҥүн үөскэтэр баҕаларынан туһанан, саха ынаҕын үөрэтэ кэлэр. Дойдутугар төннөн баран Читаҕа саха ынаҕын хаанын анаалыстаппыт, туох да булкааһа суох ыраас хааннаах төрүт сүөһү буоларын бигэргэппит. Билигин Кытайга хаалбыт бүрээт сүөһүтүн хаанын ылан, анаалыстаан тэҥниэхтээх. Тоҕо? "Infrol.ru” инф. ааҕыныстыбаҕа алтынньы 4 күнүгэр "В Якутии нашли возможных потомков бурятской породы коров” диэн матырыйаал таһаартарбыт. Лхасаранов Саха сиригэр бүрээт сүөһүтүн сыдьааннарын буллум диэбит. Былыр-былыргыттан Саха сиригэр бүрээттэр өтөр-өтөр баран олохсуйаллар этэ, олортон биирдэстэрэ хоролор бөлөхтөрө бүрээт ынаҕын илдьэ барбыта, ол саха ынаҕа диэн ааттана сылдьара буолуо диэн сабаҕалааһыннаах. Кини Кытайга баар бүрээт сүөһүтэ уонна саха ынаҕын ДНК-ларын анаалыһа майгыннаһаллар диэн быһаардаҕына, Саха сириттэн 100 сүөһүнү атыылаһар баҕалаах. Лхасаранов, төһө да саха ынаҕын өрөспүүбүлүкэ таһыгар таһаарыа суохтааххын диэн бобуу баар буоллар, кини "саха саҥа бараанын” үөскэтиигэ 100 бараанын биэрэн "иэс баайдаҕа”, онон атыылаһыам диэн эрэнэр. Булат Бастуевич 20 сыл устата норуотун төрүт бараанын төнүннэрбитин курдук, бүрээт ынаҕын 100 ахсаантан хайдах баҕарар тилиннэрэр, элбэтэр кыахтаах. Хайдах ситиһэри билэр. "Кини курдук дьонноохпут буоллар ньии” диэх курдук.

Ол эрээри, туох да диэбит иһин, саха ынаҕа диэн суох, бүрээт ынаҕа сылдьар диэн сиэллэнэн-кутуруктанан тахсар кыахтаах, иһэ истээх дьыала саҕаланыах кэриҥнээх. Сахалар түҥ былыргыттан буолбакка, 5 үйэ анараа өттүгэр бүрээттэртэн сүөһүлэммит, хоро бүрээттэрэ үөскэппит омуктара буоларбыт "дакаастанан” тахсан, өрөспүүбүлүкэлэнэн-таймаланан, олоҥхолонон-устуоруйаланан олорбуппут биирдэ күөрэ-лаҥкы ытыллан, Казаряммыт күннүүр-күөнэхтиир саҥа көрүүлэрэ үөскээн таҕыстахтарына көҥүл.

Бүрээт сүөһүтүн эмиэ биһиэнин курдук эмиэ үүтэ суох диэн эспиттэрэ. Ол эрээри тоҕо Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтэ бүттүүн төрүт баайдарын тилиннэрэргэ турунна? Уопсайынан, саха ынаҕын бүгүҥҥү туругун, тилиннэрии, иитии төһө кэскиллээҕин ырыынак экэниэмикэтин тылынан кэлэр нүөмэргэ кэпсэтиэхпит.

                                                                                                (Салгыыта бэчээттэниэ).
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1440 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 16
Ыалдьыттар (гостей): 16
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024