News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Сэтинньи » 12 » Түүлү үөрэтээччилэр кутталлаах түүл оҕо 3-4 сааһыттан көстөн барарын быһаарбыттар. 7-8 сааһыгар диэри оҕо үйэтин тухары түһүүр куһаҕан, кутт
Түүлү үөрэтээччилэр кутталлаах түүл оҕо 3-4 сааһыттан көстөн барарын быһаарбыттар. 7-8 сааһыгар диэри оҕо үйэтин тухары түһүүр куһаҕан, кутт | 11:00 |
Куһаҕан түүл
11.11.2013 17:42 | Автор: Кыым Арааһа, үгүспүт да биирдэ эмэ куһаҕан, дууһаны аймыыр түүлү түһээн, улаханнык долгуйан, кыайан утуйан быстымына эрэйдэнэн ылбыт кэмнээҕэ чахчы. Ардыгар букатын да баттатан турдаххына көҥүл. Оннук түгэҥҥэ, саатар, санааҕа диэбиккэ дылы, киһи хайдах харыстаныан, түүл хатыламматын курдук дьаһаныан сөбүй? Түүлү үөрэтээччилэр араастык этэллэр. Сорох учуонай киһи түүлүгэр араас ыксаллаах быһыыга-майгыга киирэн, ууга-уокка киирэн тахсара, төттөрүтүн... доруобуйаҕа туһалаах диирэ эмиэ баар. Түүлгэр ол туругу, араас эгэлгэ иэйиитин толору ааспыт буолан, дьиҥ олоххо көрсөр түгэҥҥэр бэлэмнээх курдук буоларгынан ону быһаараллар.
Куһаҕан түүл, үгэс курдук, түһээччи киһи уйулҕатыгар улахан охсууну (стресс) ылбыт түгэнигэр көстөр. Х-р, чугас киһини сүтэрии, саахалга түбэһии, айылҕа алдьатыытыттан айманыы, араас төрүөттэн санаа-оноо баттыгар сылдьыы.
* Түүлү үөрэтээччилэр кутталлаах түүл оҕо 3-4 сааһыттан көстөн барарын быһаарбыттар. 7-8 сааһыгар диэри оҕо үйэтин тухары түһүүр куһаҕан, кутталлаах түүлүн баһыйар үгүс өлүүскэтин көрөр эбит. Оҕоҕо көстөр кутталлаах түүл мэйии сайдан, тулалыыр эйгэни, олоҕу ырыҥалыыр буолуутун кытта ситимнииллэр. Ордук эт-хаан өттүнэн уларыйар обургу саастара аастаҕына, утуйар уулара холкутуйан барар. Төһөнөн киһи улаатар, сааһырар да, куһаҕан түүл аҕыйыыр.
Куһаҕан түүлү көрүү төрүөттэрэ: 1) Түүл хайдах буолара олоххо буолар быһыыны-майгыны кытта ситимнээх. Ол хайаан да кыһалҕаны, уустугу, стреһи кытта ситимнээх буолбатах. Х-р, оҕо саҥа дьиэҕэ көспүттэн, кылааһын, дьыссаатын уларыппытыттан ситимнээх буоллаҕына, көҥүл. 2) Утуйар, уоскуйар эмтэринэн үлүһүйүү эмиэ тиэрдиэн сөп. 3) Ыарыы, уопсай турук мөлтөөһүнэ, кыраадыс үрдүүрэ.
4) Утуйаары сылдьан бытааннык буһар, аһыы уонна сыалаах аһы аһыыртан. 5) Түүн утуйа сытан киһи тыына хаайтарарыттан.
6) Арыгыны иһииттэн. 7) Утуйар хоско салгын тиийбэтиттэн, дьиэ кыараҕаһын сөбүлээбэттэн, орон турар сириттэн эмиэ буолуон сөп. Илин диэки төбөлөнөн утуйа сатыырга сүбэлииллэр. 8) Илии, күүс үлэттэн илистэ сылайыыттан. 9) Тэлэбиисэргэ, көмпүүтэргэ абааһылаах, сэриилээх, кутталлаах киинэни көрүүттэн. Манна ордук чараас уйулҕалаах дьон түбэһэллэр.
* Өскөтүн куһаҕан түүл сотору-сотору хатыланар, онтон хас эмэ күнү быһа утуйар уу көтөр, устунан уопсай турук мөлтөөн барар түгэнигэр психотерапевка, ол суох түгэнигэр көннөрү да бырааска көрдөрөр наада.
* Утуйа сытар оҕо куттанан уһуктубут түгэнигэр кинини үчүгэйдик уоскутуохха, аттыгар туох да куттал суоһаабатын, ити түүл эрэ буоларын өйдүүр гына быһаара сатыахха наада. Кыра оҕо түһээн куттаммытын сатаан быһаарбат, үлүбүөй ытыыр үгэстээх. Ону учуоттаан, кыалларынан аралдьытан, утуйуор диэри аттыгар буолуохха. *Сорох баттатар дьон матараас анныгар кыптыый угуннахха, туһалыыр дииллэр.
Биир кэм хатыланар куһаҕан түүлү көрөөччүлэр, сүрүннээн, биир тииптээх түүлү түһүүллэр. Х-р, үрдүктэн сууллалларын, массыынаҕа киирэн биэрэллэрин, кинилэри ким эрэ өлөрөөрү эккирэтэрин, чугас дьоно бары өлөн хаалбыттарын уо.д.а.
Баһыйар үгүс өттүгэр куһаҕан түүллээх киһи күннээҕи дьиҥ олоҕор-дьаһаҕар көрсөр уустуктарын, бэйэтин уопсай туругун кытта ситимниир. Х-р, ким, туох эрэ эккирэтэн иһэрин түһүүрүҥ туох эрэ бэрдэ суох дьаллыктан, эйгэттэн куотар баҕаҥ түүлгэр арыый атыннык көстүөн сөп. Түһээн саамай наадалаах түгэҥҥэ төлөпүөнүҥ, көмпүүтэриҥ, тэлэбиисэриҥ суох буолан хаалыыта, эн туһааннаах кэмҥэ дьону кытта сыһыаҥҥа уустугу, өйдөспөт буолууну көрсөргүттэн буолуон сөп.
Ханна эрэ букатын билбэт сиргэр мунан-тэнэн эрэйдэнэриҥ -- дьиҥ олоххо үөскээбит балаһыанньаттан, уустуктан тахса сатыыр туругуҥ туоһута. Өлүүнү, ыарахан ыарыыны түһүүрүҥ дьиҥ олоххо туох эрэ саҥа сүүрээн, уларыйыы киириитин көрдөрөр. М. Петрова.
|
Category: Дьикти. О невероятном |
Views: 1682 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 93 Ыалдьыттар (гостей): 93 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|