Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 14 » Туох да босхо халлаантан түһэн кэлбэт. Элбэхтик сүүрэн-көтөн, булан-талан, бу кэпсээбит дьон холобурдарыгар тирэҕирэн, дьиэлэниҥ-уоттаныҥ.
Туох да босхо халлаантан түһэн кэлбэт. Элбэхтик сүүрэн-көтөн, булан-талан, бу кэпсээбит дьон холобурдарыгар тирэҕирэн, дьиэлэниҥ-уоттаныҥ.
15:10
 Хайдах дьиэлэниэххэ сөбүй?
13.11.2013 16:12 | Автор: Светлана Тимофеева | Кыым
Билигин Дьокуускайга дьиэ атыылаһар буоллахха, тутулла турар дьиэҕэ 1 кв.м. саамай чэпчээбитэ - 65 тыһ. солк. Оттон тыа сиригэр дьиэ туттар буоллахха, урукку курдук тыаны үлүбүөй кэрдэр көҥүллэммэт, ону ааһан дьиэ тутарга үчүгэй мас да хаалбата диэн буолар. Онон маскын атыылаһаргар тиийэҕин. Дьиэ атыылаһаары, туттаары сылдьар киһи барыта уурунуу харчылаах буолбат. Үгүс киһи кирэдьиити да ыларын хабалаҕа киирэр курдук саныыр. Ол бириэмэҕэ күннээҕи сыана ыарааһына, ас-таҥас сыаната, оҕолор улаатан истэхтэрин аайы ороскуот улаатыыта эбиллэр.
Оннук күн-дьыл ааһа турар. Олох, сайдыы бара турар. Билигин тугу да дьаһамматахха, үйэ тухары төрөппүттэриҥ олорбут сэбиэскэй дьиэлэригэр, оһох иннигэр олорон хаалар кыһалҕа үөскүүр. Онон, аныгы үйэ киһитэ, баҕарбытын да, баҕарбатаҕын да иһин харчытын суоттанан, калькулятор тутуурданан, бырыһыан, ороскуот ааҕан, иһин хам баанан туран кирэдьииккэ киирэр былдьаһыктаах кэмэ үүннэ.  Соҕурууттан хара баһаам киһи ааҥнаан кэлээри турдаҕына, саха киһитэ барыта бас билэрдээх, олорор сирдээх буолуохтаах. Ол олох сокуона да буолан эрэр быһыылаах. Былдьаһык күн-дьыл тирээн кэлбит курдук. Саха киһитэ, билигин буолбатаҕына, хаһан дьиэлэниэй?!

Кэлиҥҥи кэмҥэ араас социальнай бырагырааманан дьон син тыаҕа да, куоракка да дьиэлэнэр. Кинилэр холобурдара, баҕар, атыттарга туһалаах сүбэ буолуо диэн ыйыталастым.
Михаил Сидоров, Дьокуускай олохтооҕо:


--2012 сыллаахха биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саҥа дьиэ ылынар дьолбут тосхойбута. Үс оҕолоохпут.  "Жилсоцинвест” (билиҥҥинэн АРТ) тэрилтэҕэ бүддьүөт үлэһиттэригэр бырагырааманан сайабылыанньа биэрэн, 6 сыл күүппүппүт. Кэргэним 10 сыл эмп эйгэтигэр муниципальнай тэрилтэҕэ үлэлээбит буолан, эрдэ  уочаракка турбуппут. Онон 1000000 солк. курдук субсидия биэрбиттэрэ. Ити үс оҕолоох буоламмыт, арыый ботуччу. Дьиэбит сыаната икки аҥаар мөл. солк. этэ. Үс хостоох. Онтон атын балтараа мөл. "Сбербаантан”  ипотеканан 15 сылга ылбыппыт, ыйга 14 тыһ төлүүбүт. Дьиэбит былырыын үлэҕэ киирэн, билигин быр бааччы олоробут.

Мария Федорова, Дьокуускай:

--Куоракка олорбуппут тухары наар арыандалаһарбыт.  Билигин иккис оҕобун оҕолонон олоробун, кэргэним чааһынай тэрилтэҕэ үлэлиир, 2-ндфл ыспыраапканы тэрилтэтэ оҥорбот. Инньэ гынан  ипотекаҕа сатаан киирбэтэхпит. Ол оннугар сыбаайбабыт харчытынан атыыласпыт массыынабытын сылтан сыл уларытан, саҥардан испиппит. Бүтэһигэр 2006 сыллаах, "Аллион” массыынабытын 550 тыһ. атыылаан баран, дьоммутуттан кыратык эптэрэн, ийэ хапытаалын кумааҕытын туһанан, 1 мөл. 300 солкуобайга бу саас хомунаалынай уопсайга улахан хоһу атыыластыбыт. Саҕалааһыҥҥа бу да олус бэрт. Төһө да кыараҕастык олордорбут, бэйэбит бас билэр муннуктаах буоллахпыт. Хайдах эмэ гынан уһаайба атыылаһан эбэтэр үһүспүн оҕолонон да туран, чааһынай дьиэ туттубут киһи диэн кэргэмминиин ыра санаалаахпыт. Оччоҕо ол дьиэбитигэр көһөн, мантыбытын атыылаан, улахан кыбартыыраланыахпыт диэн, эрэнэ саныыбын.

Марха бөһүөлэгэр олорор эдэр ыаллар Пахомовтар 2010 сыллаахха "Эдэр ыал” бырагырааманан 350 тыһ. солк. субсидия ылан чааһынай дьиэни туттубуттара. Ол туһунан хаһаайка Валерия Пахомова кэпсиир:


--2008 с. ыал буолан баран тута "Эдэр ыал” бырагыраамаҕа кыттарга сайабылыанньабытын биэрбиппит. Кэргэним үлэтинэн биэрбит хосторугар кыараҕастык олорбуппут. Ол эрээри иккиэн тыа сириттэн төрүттээх да буолларбыт, ол хоспутугар бэрэпиискэлээх этибит. Оччолорго "Жилсоцинвест” тэрилтэҕэ докумуон туттаран,  икки сылынан уочараппыт кэлбитигэр 2010 с. дьиэ туттарга 350 тыһ. солк субсидияны сэртипикээтинэн биэрбиттэрэ. Ону биһиги кыбартыыра ыларбытыгар эбэтэр дьиэ туттарбытыгар туһаныахтаах этибит. Толкуйдаан көрөн баран, дьиэ туттарга быһаарыммыппыт. Дьиэ туттарга ИЖС учаастактаах буолуохтааххын диэн этэ. Оруобуна ол иннинэ уһаайбаламмыт буоламмыт, кирэдьиит ылбакка, дьиэ туттубуппут. Ити курдук  6*9 буруус дьиэни туттан, гаас киллэринэн, билигин быр бааччы, сылаастык олоробут.  Биһиги субсидия көрдүүрбүтүгэр ханна үлэлииргин, төһө хамнастааххын эҥин туоһулаһар ыспыраапканы көрдөөбөттөр быһыылаах этэ. Маннык социальнай бырагыраамалар бааллара эдэр ыалга олус туһалаах, улахан өйөбүл. Ол субсидия суоҕа буоллар, улахан кирэдьииккэ киирэн, дьиэбитин уһуннук туттуо эбиппит буолуо.

Анастасия Винокурова, Дьокуускай
:

-- "Пилотнай бырайыакка” 2012 саас кыттыбытым. Смс-ынан иккитэ хос-хос ыытаммын, нэһиилэ киирбитим. Наһаа элбэх докумуону хомуйсубутум. Эдьиийим дьиэтигэр устудьуоннуохпуттан бэрэпиискэлээх этим. 5 сыл куоракка бэрэпиискэ көрдүүллэр.  Тутар дьон испииһэктэрин биэрбиттэрэ, онно "Сэттэ” диэн тэрилтэни талбытым. Былырыын пилотнай бырайыак саҥа киирбит буолан, хайаан да "Алмаасэргиэнбаантан” кирэдьиит ылыахтаах этибит. Дьиэм уопсай сыаната 1880 000 солк. Онтон 476 тыһ. пилотнайдарым  биэрбиттэрэ, ити биир киһиэхэ итиччэ муҥутуур суума диэн буолар. Ити харчыны ылыахтаах дьиэбэр  маҥнайгы усунуос быһыытынан блокированнай счёкка бырахпыттара. Эбии ити эппит бааммыттан 1 мөл. солк. кирэдьиит ылбытым, онтон ордугун төрөппүттэрим көмөлөспүттэрэ.  Билигин ыйга 13 000 (10 сыл устата) ипотека төлүүбүн. Дьиэбит күлүүһүн бу сыл ахсынньытыгар биэриэхтээхтэр. Тутуулара эппит болдьохторуттан улахан хойутааһына суох этэҥҥэ бара турар. Маннык социальнай бырагыраама баара дьиэтэ суох эдэр испэсэлиистэр куоракка олохсуйарбытыгар олус үчүгэй.

Тамара Егорова, Дьокуускай:


-- Былырыын Горькай уул. турар дьиэҕэ 1500 000 солк. "малосемейка” кыбартыыраны атыыласпытым. "Россельхозбаантан” ипотекаҕа 25 сылга кирэдьииккэ киирдим. Ол иннинэ 5 сыл арыандаҕа олорбутум, суоттаан көрбүтүм, онно баһаам суума барбыт эбит. Ол сайабылыанньабын бааҥҥа биэрэн баран, атын баантан 150 000 солк. кирэдьиит ыла охсубутум. Оннук 10 бырыһыаммын төлөөн турабын. Мантан атыннык хайдах да дьиэлэнэр кыаҕым суоҕа. Ол иһин 25 сыллаах хабалаҕа киирэн туран төлүүбүн. Арыандаҕа харчым халтайга көтүөн кэриэтин бэйэм дьиэм төлөбүрүн саба турбута быдан ордук. Хамнаспын үлэбэр эптэрэн суруйтарбытым. Онон икки кирэдьиити төлүүбүн. Ыйга 22 тыһыынчаны.

Дүпсүнтэн Неустроевтар дьиэ кэргэттэрэ 2011 сыллаахха "Тыа сиригэр олохсуйар испэсэлиистэр” бырагыраамаҕа киирсибиттэрэ.

Ыал ийэтэ Ольга кэпсиир:

-- Биһиги икки оҕолоох эдэр ыалбыт. "Тыа сиригэр олохсуйар испэсэлиистэр” бырагырааманан былырыын 700 000 тахса солк. субсидия ылбыппыт. Маҥнайгы төлөбүрбүтүгэр бэйэбит туттан испит дьиэбит көҥдөйүн суруйтарбыппыт. Онон улахан кыһалҕата суох икки этээстээх дьиэлэммиппит.

Мария Степанова, Дьокуускай:


--2008 сыллаахха Үөрэх министиэристибэтинэн дуогабар түһэрсэн, кэргэмминиин иккиэн хоту улууска үлэлии барбыппыт. Дуогабар быһыытынан 5 сыл баран хоту сиргэ учууталлыыгын, сылын аайы үлэҕиттэн харахтарыыстыканы аҕалан министиэристибэҕэ биэрэҕин. "Алмаасэргиэнбааҥҥа” блокированнай счёт арыйтараҕын. Ол аата онно сыл аайы киирэн испит харчыгын бэйэҥ атын сыалга устар кыаҕыҥ суох. Счёкка министиэристибэ сыл аайы харчы түһэрэр, ону бэрэбиэркэлиигин. Дуогабарга суруллубутунан, министиэристибэ 1 хостоох кыбартыыра сыанатын 50 % төлүүр этэ. Ол биһиги дуогабардаһарбыт саҕана 1 кв .м. 45 тыһ. диэн сыана быһыллыбыт этэ. Чэ, ити курдук биэс сылы быһа үлэлээн быйыл Дьокуускайга кэллибит. Дьиэ сыаната наһаа ыараабыт эбит. Атырдьах ыйыгар эрэннэрбит сэртипикээттэрин ыла тиийбиппит "1200 000 буолла” диэтилэр, онно эбии счёкка харчы угулла сыппытын иһин бырыһыан биэрэллэр эбит. Инньэ гынан  барыта 1370 000 буолла. Онтубутугар эбии кирэдьиит ыламмыт дьиэлэннибит.

Юлия Павлова:

--"Пилотнай бырайыагынан” 2013 с. Смс-ынан сайаапкаҕа 800 тахса киһи кыттыбытыттан, онно 91 киһинэн смс ыытан, 56-с киһинэн субсидия испииһэгэр киирбитим. Онон күһүөрү 476 000 солк. (максимальнайынан) биэрэннэр, уруккутттан куоракка бэрэпиискэлээх буоламмын "Транстрой” ХЭТ кытта дуогабар түһэрсэн олоробун. Дьиэм Дьокуускайга "Строительнай” ырыынак аттыгар, саҥа 17-с кыбартаалга, тутулла турар. Уопсай сыаната 2093 000 буолла, 1 хостоох 39,5 кв. м иэннээх. Тутуллан киирэр болдьоҕо  эһиил 4 кыбартаала, ахсынньы ый. Итиниэхэ АТБ баантан ипотека ыллым, ый аайы 20 000 кирэдьиит төлүүбүн. Куһаҕана диэн, докумуонугар наһаа сүүрүүлээх, ол ыспыраапка, бу ыспыраапка наһаа элбэх. Атырдьах ыйыттан алтынньыга диэри докумуон арааһын хомуйдум, дуогабар бөҕөтүн толорустум. Ол да буоллар син дьиэлэнэн эрэрбиттэн дьоллоохпун.

Аграфена Винокурова, Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгэр "Тыа сиригэр олохсуйар эдэр испэсэлиистэр” диэн бырагырааманан дьиэ туттар:

-- Кэргэним Сергей -- төрүкү бу нэһилиэк олохтооҕо. Онон, уһаайбалаах буоламмыт, дьиэ туттар ыраламмыппыт ыраатта. Субсидия туһунан истэн, докумуон хомуйсан барбытым. Субсидия суумата хас оҕолооххунан, төһө элбэххинэн быһаарыллар. Биһиги икки оҕолоохпут. Бырагыраама быһыытынан барыта холбоон 1005000 солк суума иһигэр дьиэ туттуохтаахпыт диэн этэ. Инньэ гынан ийэ хапытаалын 385 000 тыһ. маҥнайгы усунуос быһыытынан уган, атынын субсидиянан (600 000 тахса) ылан ИП "Дмитриев” бэдэрээтчит тэрилтэтигэр аһаран, дьиэбитин туттарабыт. Дьиэбит 7*6 иэннээх, икки этээстээх. Биһиги дэриэбинэбитигэр итинник субсидиянан 3 эдэр испэсэлиис ыал туһанныбыт. Сүрүнэ – дьиэ тутар учаастактаах буолуохтааххын. Учаастагыҥ бэйэҥ ааккар, эбэтэр кэргэниҥ аатыгар эбэтэр арыандаҕа сылдьар буолуохтаах. Докумуон бөҕөтүн хомуйсан бу сааһы быһа сүүрбүппүт. Субсидия ыларбытыгар көмөлөспүт дьоммутугар, улууспут урукку баһылыга А. И. Ильиҥҥэ уонна Салбаҥ нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын испэсэлииһэ З.Е. Степановаҕа махталбыт муҥура суох. Билигин дьиэбит көҥдөйө бүттэ. Аны саас киирбит киһи.

Роза Максимова:

-- Бу сайын балыыһа үлэһиттэригэр диэн, өрөспүүбүлүкэ балыыһатын аттыгар турар тутулла турар дьиэҕэ чэпчэки сыаналаах кыбартыыралары атыылаабыттара. Онно 1 кв. м. 45000 диэн этэ. Онно эдьиийим медицина үлэһитэ буолан, хапсан, икки хостоох кыбартыыраны 2250 000 солк. атыыластыбыт. Эһиил биирдэ үлэҕэ киирэр.

Дьэ, маннык хартыына буолан таҕыста. Дьиэ боппуруоһа кытаанах эбит. Кирэдьиит төлүүр эмиэ уустуктардаах. Ол гынан баран кыах тиийбэт да буоллаҕына, хайдах эрэ үүтү-хайаҕаһы булан дьиэлэнэргэ кыһаллыаҕыҥ. Туох да босхо халлаантан түһэн кэлбэт. Элбэхтик сүүрэн-көтөн, булан-талан, бу кэпсээбит дьон холобурдарыгар тирэҕирэн, дьиэлэниҥ-уоттаныҥ.
Category: Социалка, пенсия, жилье | Views: 1606 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 89
Ыалдьыттар (гостей): 89
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024