Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 16 » киһи санаатын сатаан сааһылаан саҥарбата -- ол кини уйулҕата, өйө-санаата айгыраабытын бэлиэтэ
киһи санаатын сатаан сааһылаан саҥарбата -- ол кини уйулҕата, өйө-санаата айгыраабытын бэлиэтэ
12:15
 Тыл – бэлиитикэ
15.11.2013 15:50 | Автор: Иван Гаврильев |
Тыл былыр былыргыттан улахан бэлиитикэ биир биллэр-көстөр чааһынан ааҕыллара, ааҕылла да турара буолуо. Киһи аймах устуоруйатыгар аҥаардас тылтан эрэ сылтаан хас сүүс сэрии буолан ааспытын ким да кыайан аахпата чахчы. Ол курдук, "атаҕастанным-баттанным” дии саныыр норуот мэлдьи да кэриэтэ төрөөбүт тыла көйгөлөнөрүн утары охсуһууну сүрүн былаах оҥостор үгэстээх: Испания басктара уонна каталонецтара, Кытай уйгуурдара уонна тибеттэрэ, Прибалтика (уопсайынан, СНГ бары да дойдуларын) нууччалара, Британия шотландецтара уонна ирландецтара, Турция курдара уо.д.а. Холобур, Турцияҕа курдары омугунан көрөн ким да туораппатын, сүүстэ да "курдпун” дэммитин иһин ким да наадыйбатын, оттон курд тылынан саҥаран барда да тута өстөөҕүнэн ааҕылларын суруйаллар.
Урукку ССРСка да, Арассыыйаҕа да "националистары көрдөөһүн” саҕаланна да, сүрүн охсуу тыл үрдүнэн ааһар үгэстээх. Хас да сыллааҕыта татаардар латыынныы алпаабыкка көһөөрү гыммыттарын "Арассыыйа тутула сатарыйбатын туһугар, бука бары нууччалыы алпаабыттаах буолуохтаахпыт” диэн Госдуума бобон кэбиспитэ. 2008 с. Казань куоракка үөрэхтээһин национальнай компоненыгар анаммыт мунньахха РФ үөрэҕин чунуобунньуга "төрөөбүт тылынан үөрэтии сабыылаах национальнай бөлөхтөрү, сепаратизмы үөскэтэр” диэн айахтаппытын эмиэ өйдүүбүт. Быһата, бэлиитикэбит ити курдук.

Билигин Арассыыйаҕа "миграннары утары охсуһуу” хампаанньата саҕаланан эрэр курдук. Кинилэри дойду уопсастыбатыгар "интеграциялыы охсор” туһунан элбэхтик этэр-тыынар буоллулар. Ол хампаанньа, таарыйа, Арассыыйаҕа төрүт олохтоох омуктары эмиэ ханан эрэ хаарыйан ааһыахтааҕа өйдөнөр. Кырдьык, боростуой нуучча киһитигэр Арассыыйаҕа төрүт олохтоох саха, тыва, башкир атын дойдуттан үлэлии кэлэр сылдьар узбек, кыргыз миграныттан туох уратылаах буолуой... Син биир нууччаттан атын дьүһүннээх, туспа тылынан саҥарар.

Онон, "сепаратизмы”, "национализмы”, "миграннары” утары охсуһуу биир бастакы түһүмэҕинэн кыра (кэлии) омуктар тылларын утары бэлиитикэ буолуохтааҕын өйдүүбүт.

Холобур, бу күннэргэ олохтоох да, Киин да СМИгэ, абына-табына да буоллар, сахалар "сатаан дьаһаммакка хотугу улуустарын хоргутан эрэллэрин”, "нууччалары Саха сириттэн кыһарыйан көһөрөллөрүн”, "кэлии омуктары абааһы көрөллөрүн”, "саха тылын билбэт киһини үлэҕэ ылбаттарын” туһунан матырыйааллар быгыалаатылар. Ол өссө тыҥаан, күүһүрэн иһиэн сөп. Ол аайы, биллэн турар, "сүлүгэс-баалкы” тылбыт үрдүгэр этиҥнээх-чаҕылҕан буолан сааллыахтаах.

Чугастан холобурдаатахха, бу күннэргэ Дьокуускай куорат борокуратуурата Саха уопсастыбаннай Киин (салайааччы И.Шамаев) мунньахтара сахалыы тылынан ыытыллыбытын, боротокуоллара сахалыы суруллубутун утары сууттаһа сатаата... Аҕыйах хонуктааҕыта сахалыы дьүһүннээх эрээри сахалыы "чуорт” да диэни билбэт Денис Адамов диэн суруналыыс "Саха тэлэбиидэнньэтэ нууччалыы тыллаах аудиториятын сүтэрэн эрэр” диэн "долгуйбут” ыстатыйата таҕыста. Манна кини Олег Желнин уонна Руслан Васильев диэн ”эспиэрдэри” кытта кэпсэтэн баран, "саха тэлэбиидэнньэтин сахалыы чааһа аһара элбээтэ, дьиҥинэн, кэлии омуктар, ол иһигэр миграннар, көрөн Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын, култууратын билэллэрин, ытыктыылларын туһугар биэрии 50 бырыһыана нууччалыы буолуохтаах. Оттон сахалыы биэриилэр нууччалыы тылбаастара аллара титр курдук суругунан барыахтаах” диэн түмүк оҥорбут.

Кумааҕыга туох барыта ньалҕаархайдык тахсар. Ол эрээри, дьиҥнээх олох – туһа туспа. Биһиэхэ быстах үлэлии кэлэ сылдьар үлэ миграннара: армяннар, таджиктар, узбектар -- "олохтоох омуктар култуураларын билээри, ытыктаары” бука бары тэлэбиисэри өрө мыҥаан олороллорун ким итэҕэйиэҕэй? Баҕар, биир эмэ иллэҥ мигрант көрүө диэн бүддьүөт суотугар оннук ханаалы тутан олоруу төһө көдьүүстээх буолуой...

Бырамыысыланнай улуустарга сыһыаннаан эттэххэ, хас да сыллааҕыта Нерюнгрига олохтоох саха дьоно "Кыымҥа” суруйан турардаахтара, нерюнгрилар "Саха” НКИХ ханаалын чаастарын быһан баран бэйэлэрэ олохтоох теле-устуудьуйаларын биэриитин көрө олорбуттар. Төһө өр оннук дьаһанан олорбуттара биллибэт. Ол үрдүнэн, аҕыйах саха дьонуттан ураты биир да Нерюнгри олохтооҕо "тоҕо "Саха” НКИХ биэриилэрин көрдөрбөккүт, өрөспүүбүлүкэ сонунун билиэхпин баҕарабын” диэн айдаарбатах этэ. Нууччалыы биэриини оҥордуҥ да нууччалыы тыллаах дьон бары маассабайдык көрөн барыахтара диэһин – олус кэнэн уонна толоос алҕас.

Билигин "Саха” НКИХ биэриилэрин сүрүннээн саха нэһилиэнньэтэ, тыа улуустара көрөллөр. Ону ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох. Эҥин араас денис адамовтар курдук дьон "сүбэлэрин” иһиттэххэ, тэлэбиидэнньэ букатын да көрөөччүтэ суох хаалыан сөп.

Мантан сиэттэрэн, "Саха” НКИХ тэлэбиидэнньэтин дириэктэрин э.т. Елизавета Егороваттан чуолкайдастыбыт. Кини маннык быһаарар:

--Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ "НВК” уонна "Саха 24” диэн икки ханаалынан көрдөрөбүт. Мантан "НВК” Саха сирин барытын үрдүнэн көстөр, биэрии 70-ча бырыһыана сахалыы тылынан барар. Бэрт кыра халбаҥнааһын баар буолуон сөп. Кэлин, сыыйа, саха тыла бу ханаалга 90 бырыһыаҥҥа тиийэ улаатан иһиэхтээх. Син биир татаардарга, башкирдарга курдук. Оттон "Саха 24” билигин, сүрүннээн, Дьокуускайга эрэ көстөр. Манна, лицензиябыт быһыытынан, биэрии баһыйар үксэ нууччалыы барар. Сахалыыта, быһа холоон, 30-ча бырыһыан. Тэхиниичэскэй өттүнэн кыаллыбат буолан, Дьокуускай олохтоохторо билиҥҥитэ "НВК”-ны көрбөт курдук балаһыанньалаахтар. Ити быстах кэмнээх көстүү. Тохсунньуттан икки бырагыраама иккиэн "кабелынан” көстөр буолуохтара.

Бырамыысыланнай улуустарга "Саха” НКИХ-и көрөллөрүн-көрбөттөрүн туһунан эттэххэ... Биһиги онно анаан чинчийии ыыппыппыт. Бырамыысыланнай улуустары барыларын бииргэ холбуу тутан сыаналыыр сыыһа. Кистэл суох,  Алдаҥҥа биһиги биэриилэрбитин көрөр эбит буоллахтарына, Нерюнгрига балаһыанньа букатын атын этэ... "Көрбөттөр этэ” диэххэ сөп. Былырыыҥҥыттан ыла онно Надежда Акимова диэн саҥа үлэһит ананыаҕыттан, Нерюнгри туһунан сюжеттары элбэхтик ыытар буолуоҕуттан, балаһыанньа төрдүттэн уларыйда. Билигин – көрөллөр.

 

Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан, тыл билимин дуоктара саха тылын бүгүҥҥү күннээҕи туругун туһунан бу курдук диир:

-- Саха тылын уопсай туруга олус айгыраата. Ол айгырааһына бүгүн-бэҕэһээ эрэ саҕаламмыт көстүү буолбатах. "Таба суруйуу” уонна "таба саҥарыы” диэн өйдөбүллэри арааран өйдөөбөтөхпүт, тас дьайыыга аһара арыллан биэрбиппит түмүгэр, дорҕооммут тутула ыһыллан саҥарар уоргаммыт кытта уларыйда. Ону билигин олус судургутуйбут кэпсэтэр тылбытыттан да көрүөххэ сөп. Ис хоһоонун өйдүү да барбакка, сааһылаабакка, атын омук тылын дьайыытынан сатарыйбыт тылынан кэпсэтэбит. Тылбыт аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсыбат, эппиэттэспэт буолла.

Аныгы билим этэринэн, киһи санаатын сатаан сааһылаан саҥарбата -- ол кини уйулҕата, өйө-санаата айгыраабытын бэлиэтэ. Ол эбэтэр, бэйэтин тылынан сатаан ирэ-хоро кэпсэппэт буолбут норуот – ыарыһах норуот. Холобур, төрөөбүт тылын букатын билбэт, нууччалыы эрэ тылынан саҥарар киһи, ханнык омугуттан тутулуга суох, төрүт киэбэ барыта нууччалыыга көһөр.

Дьиҥинэн, Арассыыйа "Тыл туһунан” сокуона -- үчүгэй, Төрүт Сокуона – демократтыы. Онно туох да боппуруос турбат, ол гынан баран ол күннээҕи олоххо киириитэ, тутуһуллуута – туспа боппуруос. Билигин Арассыыйаҕа миграция эҥин тула айдаан үөскээн, тылбыт боппуруоһугар эмиэ оҕустарар чинчилээхпит.

Тугу гыныахха? Мин саныахпар, өрөспүүбүлүкэбит иһинээҕи "Тыл туһунан” сокуону чочуйан, ситэрэн олоххо киллэрэ охсуохтаахпыт. Ол сокуон үлэлээбэккэ турарын бары билэбит. Сокуон итэҕэстэрин-быһаҕастарын барытын толорон, оҥорон, ылынан баран, күннээҕи олоххо булгуччу тутуһулларын ирдиэхтээхпит. Хас биирдии ыстатыйатын, бука барытын... Кытайга тылы сыыһа туттууну анал идэлээх иниспиэктэрдэр кыраҕытык кэтииллэр. Тылы түҥ-таҥ туттуу, саҥарыы-суруйуу иһин ыстарааптаныаххын сөп. Өскөтүн ол да кэнниттэн көммөт буоллаххына, букатын да кытаанах миэрэҕэ тиксэҕин.
Category: Саха | Views: 1662 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 69
Ыалдьыттар (гостей): 69
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024