Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 20 » “Саха” НКИХ “көрдөрөр-иһитиннэрэр” үлэтин туһунан улахан таһымҥа кэпсэтиини саҕалыыр уолдьаһа илик дуо...
“Саха” НКИХ “көрдөрөр-иһитиннэрэр” үлэтин туһунан улахан таһымҥа кэпсэтиини саҕалыыр уолдьаһа илик дуо...
18:02
 Сахалар ырыаттан, үҥкүүттэн атын туох да кыһалҕата суох дьоммут дуо, бу?
20.11.2013 16:22 | Автор: Кыым |
Кэнники кэмҥэ билэр дьонум ортотугар "Саха” НКИХ хаачыстыбата аһара мөлтөөбүтүн, дьүдэйбитин туһанан тыл-өс аһара элбээтэ. Кэпсэппит киһим эрэ барыта "тэлэбиидэнньэҕэ киһи көрөрө туох да суох буолла” диэн тылланна. Уопсайынан, кэнники уонча-сүүрбэччэ сылы быһа олохтоох тэлэбиидэнньэ дьону сынньатар-аралдьытар, кыһалҕаны сырдатар, саҥаны-сонуну биллэрэр, иитэр-үөрэтэр оруолтан букатыннаахтык тэйэн, өрөспүүбүлүкэбит иһинээҕи бэлиитикэни эридьиэстиир, бэйэ бэйэни хайҕаспыта буолар эрэ суолга турда. Күн тура-тура эфири ырыанан-тойугунан эрэ толоруу соччото суох өйдөбүлү үөскэтэр.
Сахалар ырыаттан-тойуктан, үҥкүүттэн атын туох да кыһалҕата суох дьоммут дуо, бу? Хампаанньа салайааччыларынан анал идэтийбит суруналыыстар буолбакка, үөһээҥҥи бэлиитикэҕэ тугунан эрэ өҥөлөспүт "бэйэ дьоно”, ханнык эрэ "хамаанда” дьоно үлэлиир буолбуттара ыраатта. Ол түмүгэр билиҥҥи саха тэлэбиидэнньэтигэр киһи көрөн туһанар, саҥаны-сонуну билэр, эдэр ыччат көрөн сайдар биэриитэ суоҕун да тэҥэ буолла. Духуобунаска, бэлиитикэҕэ, бырамыысыланнаска сыһыаннаах киһини толкуйдатар, туохха эрэ иитэр-үөрэтэр биэриилэр букатын да суохтарын тэҥэ буолла. Билигин дьон, бэркэлээтэҕинэ, сонуннары эрэ көрөбүт диэн тылланна. Ыччат букатын да наадыйбат буолла. Бу туһунан кэпсэтии бардаҕына дьон-сэргэ үксүгэр "НВК-лар хамнастара кырата бэрт, ол иһин итинник үлэлииллэр...” дииллэр. Сорохтор "ол оннугар "Саха” НКИХ-хэ тутуу бөҕө ыытылынна, саҥа устуудьуйа үлэҕэ киирдэ...” эҥин дэһэллэр. Ол эрээри саҥа устуудьуйа тутуллубутун дуу, матырыйаалынай база сайдыбытын дуу түмүгэр хампаанньа үлэтэ тупсубат, биэриилэр хаачыстыбалара сайдыбат буоллаҕына, ол "тупсуу” кимиэхэ уонна туохха нааданый...

Итини таһынан, мин саныахпар атын улуустары тумнан туран, хампаанньа салайааччытыгар "чугас” улуустары аһара күөнтээн туран көрдөрүү баар курдук. Ол ордук быыбар хампаанньатын саҕана аһара бара сылдьыбыта. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар үлэлиир судаарыстыбаннай хампаанньаҕа ол, бука, бэрдэ суоҕа буолуо.

Итинник диэн туран, саха дьонуттан ыйыталаһаары гынабын, "Саха” НКИХ "көрдөрөр-иһитиннэрэр” үлэтин туһунан улахан таһымҥа кэпсэтиини саҕалыыр уолдьаһа илик дуо...

                                                        Семен Сыромятников-Сэрэмээт Сэмэн, биэнсийэлээх, Дьокуускай.
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1401 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 17
Ыалдьыттар (гостей): 17
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024