Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 23 » Айыы Сиэн: Дьэ өйдөөн кэлэҕин дии?
Айыы Сиэн: Дьэ өйдөөн кэлэҕин дии?
22:30
«Империя Тюрков»
Түүрдэр Мусульманнар эйгэлэригэр

РустанРахманалиев автор: Герой России, генерал-полковник, доктор истор-х н-к., доктор фил н-к.,  М. Рипол стр.170-172
Фундаментальный труд «Империя тюрков» удостоен международных наград и премий'.
Золотая медаль и премия А. Эйнштейна (2003, США);
Золотая медаль и премия М. Ломоносова (2003, Россия);
Золотая медаль и премия МОД «Сока - Гаккай» (2003, Япония); Юбилейная Золотая медаль А. Нобеля (2003, Россия - Швеция); Золотая медаль и премия Ч. Айтматова (2004, Бельгия);
Золотая медаль и литературная премия арабского мира (2005, ОАЭ); Серебряная медаль и премия И. Бунина (2006, Россия);
Золотая медаль имени Ибн-Хальдуна (2007, Египет);
Золотая медаль имени Дж. Вико (2007, Италия);
Диплом I степени Ассамблеи культур народов Центральной Азии (2003).
__________________________________________________________________

IVТөбөтө. Түүрдэр Мусульманнар эйгэлэригэр


Түүрдэри исламҥа сүгүрүтүү  570-632 сылларга Хиджеры эпохатыттан саҕаламмыта диэн буолар.622 сыллаахха Мухаммед Меккаттан Мелинаҕа куоппутуттан саҕалаан ислам итэҕэлэ үөскээн олохсуйбутунан ааҕыллар.

Ислам итэҕэлин сүгүрүйээччилэрэ киин Азия түүрдэригэр өтөн киирэн барбыттара. Якуту диэн историк ааҕарынан омейадка Хишама халифтан (742-743) саҕалаан түүрдэр баһылыктарыгар тиийбиттэрэ, исламы соҥнообуттара  өйөбүлү уонна сэҥээриини ылары ситиспиттэрэ. Маны кинилэргэ бас бэринээччилэрин бастыҥнара, маанылара, илэ-сала көтөөччүлэрэ өйөөбүттэрэ. Онтон атыыһыттар, урбаанньыктар  утумнаабыттара. "Ыллыктарынан  ыырданан, суолларынан субуһан, аартыктарынан айбардаан, саарыстыбалары сабардыырга”- диэн соруктаахтара.
Кинилэри батыһан араас идэлээхтэр, дьарыктаахтар: кулуттар, чаҕырдар, дьэлликтэр тиийтэлээбиттэрэ. Ол быыһыгар "тыыннарынан” уонна тапталларынан Аллаахха сүгүрүйээччилэр эмиэ бааллара. Олору норуот халыҥ хараҥа араҥата бэйэлэрин ойууттарын курдук ылыммыттара.

Түүрдэр иллэрин иилээччи уйгуурдар улахаттара саҥа атын үрдүк таһымҥа тахсаары эмиэ дьулуһаллара.  Ол туһунанГардизи диэн историк ахтарынан билиҥҥитинэн Сир Ийэҕэ (Сирияҕа) Дамаск, Алеппо куораттарынан олорбутТүүрдэр элиталарыттан (ил иитэ) тахсыбыт, түүр төрүттээх эрээри исламаатырбыт бөһүлүөгүнэнбуолбут, буддистар Хотан куораттарыгар баармусульманнар кылаабыһаларыгар,  Аль-Фараби диэн аарыма кырдьаҕас   сааһыгар 950 сыллаахха  хараллыбыта. Аль-Фараби исламы ылынан түүрдэри исламҥа киллэрэргэ "миссионер” аатырбыт  киһи.
Саманидтар Иирээн дойдутун былыргы политикатыгар  эргиллибиттэрэ. Ол аата көс олохтоох түүрдэри сирдэрин-уоттарын былдьааһын саҕаламмыта уонна кинилэргэ ислам итэҕэлин соҥноон туран, күһэлэҥинэн киллэриини олохтооһун буолар, былыргы Иирээн политиката киириитэ итинник саҕаламмыта.

Ол курдук, холобура 893 сыллаахха  Таластааҕы хампаанньа кэмигэр биир таҥара дьиэтин мечеткэ кубулуппуттара. Ол эрээри ити хамсааһын күүс  өттүнэн үтэйэн исламҥа киллэрииттэн  кыра суолталааҕа.
Араабылар түүрдэр сэрииһит араҥалара, мусульманнар ытык сэриилэрин джихады өйүөхтэрэ, исламы түргэнник ылыныахтара диэбиттэрэ ситиһиллибэтэҕэ. Түүрдэр исламы ылыннахтарына  даҕаны  джихад аатыттандьиикэй быһыытын ылынан  сэриилэспэт этилэр. Ислам Ытык сэриитэ  джихад түүрдэргэ иҥмэтэҕэ. Араабылар ол да буоллар арҕаа сибиири Иртыһынан (Ириэнэх тыыннаах) түүрдэри баһылаары былааннанан   Сырдаарыйа өрүс сүнньүнэн хас да куораты туппуттара.

Ити эрээри ислам бастакы кыайыытынан бэйэлэриттэн бэрт ыраах сытар Волга уонна Кама тардыытыгар олохтоох Булгария буолбута. Кэлиҥҥи чинчийиилэр, хаһыылар түмүктэринэн Булгария куоракка оччолорго икки мечеттээх  уонна илиҥҥилии  баанньыктаах буола сылдьыбыт,  олохтоох  нэһилиэнньэ  50 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыт эбит. Манна Х үйэҕэ  уонна онтон салгыы 1180-1225 сылларга багдад  халибын аатыттан  үрүҥ көмүс манньыаттары кутан оҥоробуттара. Тыа хаһаайыстыбата уонна тириини таҥастааһын, атах таҥаһын оҥорооччулар аатырбыттара, киэҥ сиринэн оҥорбут табаардарын хамаҕатык батараллара. Хорезм куораттоҕоостоох ситимниир суоллаах-иистээх эргиэн биир улахан киининэн, буолбута. Араабылар куораттары олохтуохтарыттан,  көс олохтоохтор мэччирэҥи батыһар дьон, сыыйа сири оҥорооччу, таҥастааччы , куорат олохтооҕо буолан барбыттара.

Саҥа нэс олох эйгэлэммит түүрдэргэ аар айылҕаҕа сүгүрүйүүлэрэ, итэҕэллэрэ, аҕа ууһунан, улуу  ууһунан олорбут үтүө үгэстэрэ, сиэрдэрэ-туомнара мөлтөөбүтэ биллибитэ.
Норуоту түмэр, сомоҕолуур күүс аччаабыта маны барытын билэ-көрө сылдьар сорох баһылыктар - хааннар  исламы абырыыр, быһыыр, көмөлөһөр күүс курдук көрбүттэрэ. Бастакынан,  исламы,  араабылары, перстары кытта эргинэр-урбанар атыыһыттар уонна халифка сулууспалыыр  түүрдэр ылыммыттара. Онтон салгыы хас эмэ үйэ устата түүр көс олохтоохторо исламҥа сыыйа бары  көспүттэрэ.
Бу итэҕэл тас көстүүтүнэн бастакы кэмнэргэ куораттарга уонна аилга олохсуйбут түүрдэргэ, кинилэр нэс олохторугар дьүөрэлээх курдук  этэ эрээри, сотору кэминэн "сиикэйэ, сиэмэҕэ” биллэн барбыта.
Аҕа Халлаан анныгар бары тэҥ бэйэлэрэ, киһини таҥараҕа тэҥнээһин, баайга бас бэринии, тойоҥҥо тоҥхоҥнооһун тууһурбута.
Төрүт өбүгэ үгэһэ, үөрэҕэ, дьарыга, абыычайа, киэн туттуута, бэйэтин билиниитэ сүтэн киирэн барбыттара.

Удьуордарын, өбүгэлэрин төрдүн – ууһун силиһин-мутугун сүтэриитэ, аймахтаргар аахайбат, аахсыбат, урууларыгар умсугуйбат буолбута улааппыта. Ити курдук сыыйа түүр омук өйдүөтэ(идеологията) ислам итэҕэлин өйдүөтүгэр көспүтэ.
Ити содулунан Үрдүк Мэҥэ Күөх Халлаан Айыы Таҥарата тапталлаах уолаттарыгар утары ууммут уурунуу (руна) суруга устунан умнуллубута. Сах саҕаттан сатараабыт сахалыы саҥа самныбыта, араабылар суруктарыгар көспүттэрэ. Солбуллар көлүөнэлэргэ уста туора уйатын (история) чахчылара, омугун силиһэ-мутуга, өбүгэтин былыргыта, кутун  туурата  (культурата)тутааҕа, былыргытын ситимэ - сибээһэ быстыбыта.

Оннооҕор мэҥэ таастарга суоруллубут сурук-бичик туһаныллар күүһэ кытта сүппүтэ. Ити курдук итэҕэл уларыйыытынан сибээстээн ис хоһоонун билбэккэ эрэ атын тылынан малыыппа ааҕыылара, атын омукпун дэнэллэрин уонна буолалларын, олоҕу көрүүлэрин суурайара, аан дойдуну анаарыыларын барытын уларыппыта.
Онон түүрдэр омуктарын тыыныттан тэйэн, бэйэлэрин билиниилэрэ, киэн туттунууларын күүһэ мөлтөөбүтэ.

Духовенство судаарыстыба олоҕор орооһор буолуоҕуттан, сорох түүрдэр исламы ылыммыт өттө араабылар эйгэлэрин араҥаччылааччыларынан  буолбуттара.
________________________________________________________________

Айыы Сиэн: Дьэ өйдөөн кэлэҕин дии?


 Хаһааҥыттан, хаптаннааһын, наада буоллаҕына ньылаҥнааһын, сытыйбыттан сиргэммэт, ымайбыттан ымыттыбат буолуу, тойон иннигэр тоҥхоҥнооһун, убажаемайдаан уулларыы, хотун иннигэр хорохооттонуу, илиҥкэйдэһэн эккирээччи, барыһырар туһугар тууһугуруу, харчы иннигэр харбыалаһыы туругун эттэригэр-хааннарыгар иҥэриттимиттэрин? Ити аата аҕыс уонча көлүөнэ устата аар айыы айылҕаларын абырахтаммат гына алдьапыттар. Билиҥҥи баарынан билиннэххэ балысханнык барыһырар туһуттан үлүгэрдээҕи үллэстэн, сүрдээҕи сиэртибэлээн даҕаны туран сыалларын ситиһэллэр, ардыгар албыннара даҕаны абырыыр буоллаҕа, түөкэйдэрэ даҕаны түбэһиннэрэн тэбэн биэрэн эрдэҕэ? Өйдөөн-санаан аас дии, сэбиэскэй кэминээҕи оройуонун тойотторун, совхозтарын дириэктэрдэрин, кинилэр буоткалара буолунайыттан буомуралларын, ханньаахтара хара баһаамыттан хампарыйалларын. Арай биирдэстэрэ эмэлэрэ харчылаһан көрөөхтөөбүтэ дуо? Суоҕа дуу? Суоҕа эрэбил, үллэстээччилэр өссө үөһэ турдахтара?

Олохтоох омугу хотон тутуутугар даҕаны сыһыарбат этилэр. Арай тутан абыраабыт тутуулара уонча сылтан уһаабытын өйдөөбөккүн, эрэмиэнинэн эмэн эрэйдээбитин эрэ билэҕин. Олортон билигин биири даҕаны булуоҥ суоҕа!

Бэрик биэрээһин уонна иҥсэ көбүүтэ балансалаһан бараллар "Эн миэхэ, мин эйиэхэ” диэн буолар. Манна хаһан даҕаны норуот интэриэһэ уонна кэскилэ көрүллүбэт. Ол майгы содула билигин даҕаны киин куораппытыгар көстө турара маннык: тэҥнэниллибэтэх, көҕөрдүллүбэтэх территориялар, оҥоһуллубатах суол-иис о д а , атыннык эттэххэ харчылааҕын эрэ харбыалаһыыттан маннык тахсар, политика барар. Арай суолун-ииһин, планировкатын, көҕөрдүүбүтүн бастаан ыыппыкка эрэ тутуубутун итэҕэйэр буолуохха. Ил Дархан таһымынан тутуу бэлиитикэтэ ирдэниллэр эрэ буоллаҕына уларыйыы тахсыаҕа. Онуоха диэри эн, үйэҕин моҥуохтаах эмиэ урут сэбиэскэй сэмнэх баар эрдэҕиттэн хаалбыт "нулевой цикллар” диэн ааттанар харчылааҕын эрэ харайыыттан хаалларбыт "свайалаах хонууларын” курдуктары эрэ  көрө сырыт.


Сахалыы саҥаттым, санаабын салҕаатым Айыы Сиэн




Category: Тюрки | Views: 2126 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 92
Ыалдьыттар (гостей): 92
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024