Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Сэтинньи » 24 » Туох тутар биһигини Боотурускай буоларбытын, Чарапчы даҕаны, Чурапчы биир буоллаҕына.
Туох тутар биһигини Боотурускай буоларбытын, Чарапчы даҕаны, Чурапчы биир буоллаҕына.
13:47
Боотурускай улуус буолар кэммит кэллэ
(Боотур Уус сыдьаана Боло Уус)

Биллэрин курдук түҥ былыр олохтоммут уонна сэбиэскэй кэмҥэ симэлийэн сүппүт Боотурускай улуус тэриллибитэ 375 сылын 1638 сылтан ыла ааҕан быйыл бэлиэтиир юбилейдаах сыл тэрэһиннэрэ ыытыллан түмүктэнээри тураллар.  Тэрээһиннэр республиканскай таһымнаах билиҥҥи Чурапчы, Таатта уонна Амма улуустара кыттыылаах «История освоение и развитие Ботурусского улуса»(к 375-летнему юбилею Ботурусского улуса) 2012 сылга Чурапчыга ыам ыйын 19 күнүгэр буолбут научнай конференцияттан саҕаламмыттара.

Юбилейнай тэрээһиннэр муҥутуур чыпчаалларынан быйыл сайын Чурапчыга ыытыллыбыт «Манчаары» оонньулара уонна улуустааҕы ыһыах буолбуттара. Бу тэрээһиннэри үрдүк таһымнаахтык ыытаары улуус үтүмэн элбэх киһитэ сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран, күүстэрин-көхтөрүн түмэн,  туһааннаах тутуулары кэмигэр бүтэрээри үлэни-хамнаһы күөстүү оргутан үлэлээтэ-хамнаата. Дэлэҕэ даҕаны «норуот күүһэ-көмүөл күүһэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Ол гынан баран 1912 сыллаахтан сүтэн симэлийбит Боотурускай диэн төрүт улууспут аатын, туох санааттан, тугу ситиһээри  күөрэтэн таһаардыбыт диэн  ыйытык киһи аайы үөскүүрэ чахчы.

 Өскөтүн тутах санааттан «Манчаары» оонньууларын ыытарга үбү-хаччыны буларга уонна онно дьону сомоҕолуурга эрэ анаан өбүгэлэрбит сүдү ааттарын сөргүппүт буоллахпытына бу улахан алҕас уонна айыы буолара саарбаҕа суох. Онтон бу тэрээһиннэр дьиҥ-чахчы  дьоҥҥо-сэргэҕэ түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит өбүгэлэрин быстыбыт ситимин сөргүтэн Боотурускай улуус аатын чөлүгэр түһэрэр соруктаах ыытыллыбыт буоллахтарына  хайҕаныах эрэ кэриннээхтэр. Мин тоҕо эрэ бу тэрээһиннэр Чурапчы улууһун төрүт былыргы аатыгар төнүннэрэн Боотурускай улуус диэн уларытан ааттааһынынан түмүктэниэхтээхтэр диэн дьон-сэргэ үксэ, өбүгэлэриттэн бэриллибиттэрэ уһуктан, эрэнкэдийэ кэтэһэрэ буолуо диэн сэрэйэбин.

Туох тутар биһигини
Боотурускай буоларбытын,
Чарапчы даҕаны,
Чурапчы биир буоллаҕына.

(Э.К. Пекарьскай тылдьытыттан)

 Онтон Боотурускай улууһун олохтонуутун 1638 сылтан дьаһаах хомуйалларыгар хаһаактар маҥнай ахтыбыттарыттан эрэ олоҕуран ааҕыллара кэрэгэй дии саныыбын.  XVII үйэҕэ Иван Галкин уонна Парфен Ходырев дьаһаах хомуйбут докумуоннарыттан көрдөххө оччолорго ити эҥэр  Хатылы уонна Болугур буоластара бааллара ахтыллар. Болугур диэн буолаһы оччолорго баар кинээс Боло Куликан аҕатын Болугур Буххаат аатынан ааттаабыттар.

 Кини көлүөнэтэ киһи Хатылы уола Уот Айах Куданса буолар. Тоҕо эрэ Уот Айах Куданса аата ханнык даҕаны буолас, аҕа ууһун аатыгар бэриллэн иҥэн хаалбатах. Кэлин бу икки Хатылы уонна Болугур буоластарын холбоон улаатыннаран баран Болугур Буххаат аҕатын Боотур Уус аатынан Боотурускай улуус диэн уларытан ааттаабыттар. Боотурускай улуус диэн ааттаныытыгар Болугур аҕатын ууһа Хатылы аҕатын ууһунааҕар дьайыыта күүстээх эбитэ буолуо диэн сабаҕалааһын баар. Ол гынан баран дьаһаах төлүүр дьонун ахсаанынан даҕаны, сирэ-уота киэҥинэн даҕаны Хатылы аҕатын ууһа оччолорго ордук курдук көстөр.

Боотурусскай улуус диэн ааттаныытыгар Болугурдар сирдэригэр Биттики алааска тутуллубут Болугур остуруога улахан суолтаны ылбыта буолуо диэн сабаҕалыыбын, тоҕо диэтэххэ бу илин эҥэр дьаһааҕы хомуйар кииҥҥэ кубулуйан  хаһаактар даҕаны, дьаһаах төлүүр сахалар даҕаны Болугур остуруогун ыйдаран кэлэн манна тоҕуоруһаллар. Сыыйа улуус киинигэр кубулуйан оччотооҕу кэмҥэ салайар дьаһалта манна олохтонон барбыта буолуо диэн сэрэйиллэр.

Хатылы уонна Болугур буоластарын холбоон улаатыннаралларыгар остуруок болугурдар сирдэригэр турарынан Болугур Буххаат аҕатын Боотур Уус аатын улууска инэрэллэр.  Кэлин Алдаҥҥа Бутальскай остуруок тутуллан Болугур остуруога суолтата сүтэн сабыллыбыт буолуон сөп. Онон, мин санаабар Боотурускай улуус олохтонуутун Болугур остуруога Биттики  алааска тутуллубут 1634 сылтан ааҕар оруннаах.   



              
Биттики алааска турар Болугур остуруогун В.Г.Короленко 1884 сылга уруһуйдаабыта

Category: Мэрия, районы, муниципалитеты | Views: 1512 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 86
Ыалдьыттар (гостей): 86
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024