News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 5 » “Тыгын Дархан оннугар Беринг туһунан киинэ уһуллар буолбут” диэн кэпсээн тарҕанн
“Тыгын Дархан оннугар Беринг туһунан киинэ уһуллар буолбут” диэн кэпсээн тарҕанн
17:35
Хаһааҥҥа диэри "масюктартан” купчуйабыт?!
Четверг, 05 Декабря 2013 04:51 Бу сайын улуу суруйааччы Василий Яковлев-ДАЛАН арамаанынан "Тыгын Дархан” киинэтэ уһуллар буолбут диэн сонуну бэркэ биһирии, сүргэбит көтөҕүллэ истибиппит. Онтон бу соторутааҕыта аны "Тыгын Дархан оннугар Беринг туһунан киинэ уһуллар буолбут” диэн кэпсээн тарҕанна. "Сахалар аһара аатыраары гыннылар” диэн сирэй-харах анньыахтара диэн сүрбүтүн эмиэ сүһүттэрдибит... Хаһааҥҥа диэри араас "масюктар” ньаҕыйдахтарын аайы ньыкыс гынан куппутун-сүрбүтүн ыга баттаан тумуннаран иһэбитий?! Биһиги туспутугар кэм уларыйбата тоҕо сүрэй, доҕоттор! *** 151Кэм, кэмҥэ сигэнэбит. Биһиги киһи быһыытынан кэппит кэнэнин кэмҥэ сигэйэбит. Кэмэ оннук этэ, хайыахпыт этэй диэн суланабыт... Ити сылтах! Ойууннааһыны дойду үрдүнэн сойуолаһа сылдьан уоттуур кэмнэригэр уоттаах хомуньуус Былатыан Силипсиэп "ОЙУУНУСКАЙ” диэн ааты ылыммыта. "Олоҥхону утары уунар илиилэрин быһа соттор кэмнэригэр” Ойуунускай "Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйбута, хотунан-соҕуруунан дьону ыыталаан чөл тыллаах норуот ырыаһыттарыттан олоҥхолору, тойуктары хомуйтарбыта. Анарааҥҥылар кигиилэринэн Эллэй, Күндэ киин хаһыаттарга "урусхаллаах” ыстатыйалары суруйбуттара. Ол тухары төһөлөөх түүнэ уута суох ааспыта буолуой, төһөлөөх киирсиини-кэбирэтиини, сирэйэ-хараҕа суох ньүдьү-балай быһыыны уйбута буолуой?! Хаарыаннаах харыһыйар убайдарбыт улуулара итиннэ сытар – хас эмэ сылы уҥуордаан, хас эмэ дьылы дириҥник эҥсэн, ырааҕы, дьиҥи көрөр кыахтарыгар, төрөөбүт норуоттарын муҥура суох тапталларыгар! 20-30 сылларга Ойуунускай олоҥхону чөллөөн хаалларбатаҕа буоллар, ыгыыны-түүрүүнү тумнан хомуйтарбатаҕа буоллар бүгүн ОЛОҤХО киһи-аймах материальнайа суох, күндүттэн күндү бэлэҕэ буолуох этэ дуо? Аан дойду саха омук диэн баарын билиниэх этэ дуо? ...Россияны таптыыбыт, Россияттан ханна да куотар санаабыт суох. Нуучча норуотун кытары историябыт биир, биир үөрүүнэн, биир кутурҕанынан-хомолтонон түөрт үйэ тухары олордубут. Улахан дойдуга таптал киһи "кыра дойдутугар” тапталыттан саҕаланар. Хас биирдии киһи төрөөбүт норуотун таптыахтаах, историятын – ийэтин-аҕатын билиэхтээх. Бэйэтин ийэтин-аҕатын билиммэт, билбэт киһиттэн туох үтүөтэ тахсыаҕай! Тыгын Дархан – саха омук историята, өйдөбүлэ, аҕата. Кырдьаҕас, орто саастаах дьон кинигэни ааҕар буолан төрдүбүтүн удумаҕалатабыт. Оттон интернеттэн атыны билбэт, кинигэ диэни арыйбатах ыччаппыт төрөөбүт норуотун историятын билэр дуо? Ыйытыҥ эрэ таһырдьа тахсан Эллэй, Омоҕой, Тыгын Дархан диэн кимнээхтэрин. Төһө-хачча хоруй ылан астынаҕыт? Ыччакка, субу билиҥҥи баар балаһыанньаҕа КИИНЭ эрэ тиийэр кыахтаах! Киинэ нөҥүө историябытын, кини иитэр суолтатын, норуотун өйдөбүлүн, сиэрин-туомун ыччаппытыгар эрэ тиэрдиэхпитин сөп. Саха киинэтэ тэриллэ сатаабыта балайда буолла. Ол тухары биир эмэ дьиҥнээхтик историябытын көрдөрөр историческэй личностар тустарынан киинэ уһулунна дуо? Ол Беринг, биллэн турар, үтүө киһи. Ол эрээри сахаларга АҔА буолар кыахтаах дуо? Беринг туһунан документальнай киинэ уһулуннун, ким да утарбат. Семен Дежневка, Петр Бекетовка памятниктар бааллар, Беринг аата үйэтитиллибитин туһунан этэ да барыллыбат. Оттон Тыгын Дархан памятнига ханна баарый?.. Историятын билбэт, ытыктаабат дьону үүрбэ сүөһүгэ кубулатарга дөбөҥ. Ити куттанар, ньаҕыйдахтарын аайы купчуйан биэрэ "масюктарбыт” – Россия былааһа, салалтата буолбатах. Ити - арҕаа идеология ас-үөл таһаарынар ньыматын албастара. Сэбиэскэй саҕана студеннар аймалҕаннарыгар салайааччыларбыт оччотооҕу "масюктартан” ньыкыс гынан ыччаттарын уган биэрбиттэрэ кинилэргэ үйэ-саас тухары аньыы-кырыыс буолан сүгүллэ сылдьарын умнумуохха баара... Россияны ыһар, норуоттарын иирсиһиннэрэр, бэйэлэрин өбүгэлэрин билиммэт буолалларыгар тиэрдэр идеология хаһан, кимнээх оҥорбуттарын, хараҕа, кулгааҕа суох буолбатахпыт – бары билэбит. Национальнай киинэ уһуллуо суохтаах – Голливудка эрэ киинэ оҥоһуллуохтаах, хотон үүтэ кирдээх – тетрапакеттан боруһуок үүт иһиллиэхтээх, дьиэҕэ аһы астаан бириэмэҕитин бараамаҥ – полуфабрикатта сиэҥ... Арҕаалар киинэ ыччакка дьайар күүһүн билэллэр. Ол иһин Голливуд аан дойдуга соҕотоҕун сабардыаҕын баҕараллара кэмэ суох. Харчыны, иҥсэни-оботу таҥара оҥостубут омуктар, атын, "намыһах норуоттарга” анаммыт ыһар-тоҕор идеологияны тарҕаталлара баар суол. Тугу да толкуйдаабат, тугу да сыаналаабат көлүөнэни сымыйа сыаннастарынан кучуйан – миинэр соноҕос, көлүнэр оҕус оҥостор дөбөҥ. Ыччаты ыһаары тугу барытын толкуйдууллар. *** Оҕо төрүү да илигиттэн билигин ЛИЧНОСТЬ үһү, ийэтин-аҕатын суукка үҥсэн көҥүл дьарыйтарыан сөп. "Павлик морозовтары”, "чүөчээскилэри” биһиги америкалыы үөрэхпит систиэмэтэ үүннэрэн таһаарарга туһаайылынна. Санаан да көрдөххө, бу быыкаай оҕо, аньыыны-хараны кыайан араарбат сааһыгар хантан личность буолуоҕай?! Оҕо дьарыллыахтаах, аһыыны-ньулууну араара үөрэниэхтээх, үчүгэйи-куһаҕаны араарарыгар ийэ-аҕа, эбэ-эһэ оруола сүҥкэннээхэй. Ону кинилэри төттөрү үҥүстэрэ, дьиэ кэргэн тутулун ыстара сатыыллар. Иэдээн... Киһи эппиэтинэһи өйдүү, билинэ, ылына илигинэ хайдах да ЛИЧНОСТЬ буолар кыаҕа суох. Бырааптаахпын диир буоллаххына – эппиэтинэһи эмиэ сүгүөхтээххин. *** Норуот духуобунай баайын – суруйааччылар чөмчөтөллөр, мүөтүн-сүмэтин уус-уран литература өлбөөдүйбэт памятниктарыгар тиһэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр күндү бэлэх оҥороллор. Саха норуотун философиятын, олоххо көрүүтүн, бу орто туруу бараан дойдуга миэстэтин уонна суолтатын улахан, киэҥ далааһыннаахтык суруйбут улуу суруйааччыларбыт - Өксөкүлээх, Ойуунускай, Амма Аччыгыйа, Софрон Данилов, Далан, кинилэр үгэстэрин салҕааччы Николай Лугинов буолаллар. Аҕыйах ахсааннаах норуоту тура-тура "омугумсуйууга” күтүрүү сатыыр дьоҕус эргимтэ тыҥыраҕын сараттаҕын аайы, куттанан купчуйарбыт "буруйбутун” билинэр быһыыбыт дуо? Далан "Тыгын Дархан” арамаана хара ис хоһоонуттан омугумсуйууну күөртүөн хайдах да сатаммат. Суруйааччы Далан бэйэтин олоҕо даҕаны хайа да омук өттүттэн омугумсуйууну тулуйбата. Ама, нуучча кыыһын сүрэҕинэн-быарынан ылынан, таптаан-маанылаан олорбут киһи хайдах кэргэнин төрөөбүт норуотун утары барыах этэй? Президеммит Даланы учууталым диэн киэн тутта өрүү ааттыыр, ама кини "омугумсуйар” учууталлаах этэ дуо? Егор БОРИСОВ "Якутия” хаһыакка биэрбит интервьютугар "саха националиһабын” диэн эппит этиитин федеральнай таһымҥа кытары хайҕаатылар. Суруналыыс Максим ШЕВЧЕНКО – "Кириэмил рупора” диэн мээнэҕэ ааттаммат, кини хайҕабыла федеральнай салалта сыһыанын көрдөрөр. Тоҕо эрэ наар биһиги Россия былааһа кыра-хара норуоту, регионнары утары политикалаах диэн өйдүүбүтүй, кимнээх биһигини итинник өйдөбүлгэ тиэрдэргэ дьулуһалларый? Былаас буолбакка, былаас таһыгар мунньустар сииргэ-аһыырга бэлэм бөлөхтөр кубулҕаттарын үрдүкү былаастан арааран өйдүүр кэм кэлбэтэ дуо? "Россия регионнарынан кыаҕырыа” диэн этинэрин көнөтүнэн тоҕо итэҕэйэр кыахпыт суоҕуй? Хайа муҥун ким эмэ ньаҕыйда да, наар "харыстанар” аакка түһэбитий, кутуйах иинин кэҥэтэ сылдьабытый? *** ...Историябытын сыаналыыр, ытыктыыр, киһилии сиэрдээх ыччаты иитиэхпитин баҕарар буоллахпытына – Д алан арамаанынан "Тыгын Дархан” киинэ булгуччу уһуллуохтаах. Туох барыта саамай табыллар, үрүмэ кэмнээх буолар. Бу аан дойду үрдүнэн суураллыы, норуоттар көһүүлэрин дьалхаана буола турар кэмигэр – төрдү-ууһу, норуот историческай памятын сөргүтүү – норуот кэнэҕэс сайдар олугун охсуу. "Тыгын Дархан” киинэ уһуллар КЭМЭ кэллэ, мантан антах хойутаатахпытына көрөр-өйдүүр да киһибит суох буолуоҕа. Аны, "Тыгын Дархан” киинэ уһулларын таһынан, ээл-дээл буолбакка, "Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” диэн халтай үп матайдаммыт бырайыагын курдук оҥорбокко, дьиҥнээхтик идэтийбит киинэ режиссердарыгар биэрэн уһултарыахтаахпыт. Ойуунускай олоҥхотун аата саха баарын тухары ааттана туруоҕа, сол курдук бу киинэ биир-икки сыллаах эрэ буолбакка, сахалыы саҥа иһиллэрин тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр күндү бэлэх кэриэтэ, духуобунай сыаннас таһымыгар тахсарын курдук уһулуччу хаачыстыбалаахтык уһуллуохтаахпыт. *** Аартык.ру Ил Түмэн спикерэ Ал.ЖИРКОВ Былатыан Ойуунускай үбүлүөйүгэр тыл этиититтэн: "П.А.Ойуунускай улуута саха эпоһын бу аналын үгүстэртэн ордук сытыытык уонна дириҥник өйдөөбүтүгэр көстөр уонна ити улуу нэһилиэстибэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин туһугар бүтүн олоҕун анаабыта. Кини история түһүлгэтигэр биһиги норуоппут туһугар улахан былдьаһыктаах кэмҥэ таҕыста. Олоҥхону тумна, саба сатаабыт кэмнэригэр Платон Алексеевич тус бэйэтинэн саха норуотун биир саамай биһирэнэр "Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун араас варианнартан хомуйан биир сюжекка киллэрбитэ". Комментарии #1 Сэнээрэ 05.12.2013 07:59 Нет слов. Все понятно и ясно."Тыгын Дархан" уьуллар кэмэ кэлбит. #2 биир аагааччы 05.12.2013 11:10 Оннук. Кыратык ньац диэтилэр да чохчос гына сылдьабыт. #3 Маарыйа 05.12.2013 11:46 Ейуубун. Берингнэ анаан устар киинэлэрэ "Созвездие Марии" дуо? Оччого ейденер, Борисов АС бэйэтин испэктээкилин уйэтитэр ,эмиэ бюджет харчыта кутуллар онно, 20 млрд солк. -дефицит бюджета дииллэр да хата улуу убайдары айхаллыырга кестер ,оттон Президент бэйэтин кемускэнэен ити бырайыагы ейуурэ чахчы. Далан курдук дьоннор бу быыбардар иннилэригэр умнуллара хайдагый?! Борисов АС хайдахтаах огурук ейдеегун бу манна кестер: республика аатын кемускээн бэйэтин эрэ уйэтитэрин #4 уйэ 05.12.2013 12:45 Маарыйа сопко этэр. Дьининэн барыта толкуйданан анаарыллан корон баран оноруллуохтаах этэ. Биьиги нуучча норуотун кытта бииргэ туорт уйэ тухары эн мин диэн кэллибит.Ойбут санаабыт кытта бииргэлэстэ. Онон син биир бу омугу кытта бииргэлэстэххэ эрэ билинни бириэмэ5э олорор кыахтаахпыт. Ааспыт уйэ санатыгар Улуу убайбыт кулаковскай да этэн турар. Атын омуктар хайдахтарын биллигит ини. Биьиги историческай чахчынан киинэ уьуларбыт наада. Маны А. Борисов буолбакка С.Потапов утуон наада. Кини спецкиинэ уорэхтээх уонна атын коруулээхтик устар,киинэ киинэ курдук. А.Борисов курдук экспременнээн бутуоххэ наада. Соп буолуо. #5 ТуеЬэйимэн эрэ 05.12.2013 13:26 Созвездие Марии - диэн Прончишевтар тустарынан спектакль дии. Онно Беринг олох суох! Ону билбэт да аата - туеЬэйбит, ыйы-куну араарбат ыт курдук ыйылаабытынан кэлээт, улуу киЬибит атагар туЬэр диэн туох аатай?! Итинник кэбилэнэ сырыттаххытына хаЬан сайдабыт?! Мээнэ-мээнэ олоотуу-олоотуу ырдьыгырыыры багас тохтотун, оччого эрэ сайдыахпыт этэ #6 Chuye 05.12.2013 15:13 Тыгын Дархан, интересно посмотреть будет фильм. Но фильм в первую очередь это бизнес, во втором политика и только в третьих культурное наследие. Это должно быть выгодно, это должно быть угодно и вот такой колобок культурного наследия достанется якутскому поколению #7 Маарыйа 05.12.2013 15:17 хайа, доготтоор, бу туох айылаах тылларай? Ама да буолбутун исин итинник тылласпат буоллагын, кемускэс -кемускэсимэ сиэринэн суруйуоххун . Кырдьык ыт курдук ыйылыыр киси эбиккин Онон дьону барытын бэйэн курдук сыаналаама. Туесэйии эйигиттэн да миигиттэн да , кимтэн да куоппат кестуу. СПотапов диэн хата бэркэ толкуйдаан суруйбуттар. Итэгэси - бысагасы ыйыспатахпытына хасан сайдыы кэлэр? Онноогор Президеннэр норуот санатын истэ сатыыллар Источник: aartyk.ru
Category: Саха |
Views: 1621 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 30
Ыалдьыттар (гостей): 30
Кыттааччылар (пользователей): 0