Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 9 » депутат сессияҕа кэлэн “кунуопка баттааччы” эрэ оруолугар тиксэн хаалар. Бу 2014 сылтан “үүт харчыта” аччыахтааҕын, ол тыа сиригэр олорор д
депутат сессияҕа кэлэн “кунуопка баттааччы” эрэ оруолугар тиксэн хаалар. Бу 2014 сылтан “үүт харчыта” аччыахтааҕын, ол тыа сиригэр олорор д
13:45
Ил Түмэн депутата Жанна ЕГОРОВА:
 "Бюджеты экономиялыы сатыыр буоллахпытына, тоҕо бэйэбититтэн саҕалаабаппыт?"
Воскресенье, 08 Декабря 2013 11:59
Ахсынньы 5 күнүгэр, Ил Түмэн депутаттара уочараттаах сессиялара буолан ааста. Бэркэ туруулаһыылаах мунньах туһунан Сунтаар уокуругуттан Ил Түмэҥҥэ депутат Жанна ЕГОРОВАНЫ кытары кэпсэтэбит:
-          Жанна Эдуардовна, парламены "тииһэ-уоһа суох” диэн аатаабыппыт, бу сырыыга "долгуйан” ылла. "Үүт харчыта” быһыллыбат буолла?
-          Мин саныахпар, ылыллар сокуон ис хоһоонун сорох депутаттар сыныйан аахпаттар. Депутат да киһи, туох баар эйгэни барытын хабан ымпыгар-чымпыгар диэри билэр кыаҕа суох. Ол иһин сороҕор Ил Түмэҥҥэ көтөҕүнэн докумуон киирэрин ситэн аахпакка, үөрэппэккэ, үрдүнэн-аннынан аһардан кэбиһэллэр. Сокуон барыллара сессия буолуон аҕыйах хонук эрэ иннинэ киирэрэ эмиэ баар.  Ол түмүгэр  депутат сессияҕа кэлэн "кунуопка баттааччы” эрэ оруолугар тиксэн хаалар. Бу 2014 сылтан "үүт харчыта” аччыахтааҕын, ол тыа сиригэр олорор дьоҥҥо хайдах дьайыахтааҕын туһунан аан бастаан депутат Василий ТИМОФЕЕВ (СР фракцията) өйдөөн көрөн айдааны тарпыта. Онуоха элбэх депутат, партиятыттан тутулуга суох, сокуон барылын сыныйан үөрэтэн баран, кырдьык, бу сокуон билигин эмискэ олоххо киирдэҕинэ тыа сиригэр улахан содуллаах буолуон өйдөөбүттэрэ.
-          Куоракка олорор дьон "үүт харчыта” быһыллар диэни өйдөөбөт. "Сиэрдээхтэр” политическэй ыйааһын туһугар бу айдааны таһаардылар  диэн   этии эмиэ баар. Маны хайдах быһаараҕын?
-          Куоракка олорор дьон үксүбүт (ол иһигэр депутаттар, ситэриилээх былаас үлэһиттэрэ) тыаттан төрүттээх дьоммут. Аймахтарбыт, доҕотторбут тыаҕа олороллор, сибээспитин быспаппыт. Мин эмиэ тыаҕа үөскээбит, улааппыт киһибин,  хас да сыл ыанньыксыттаабыт да сыллардаахпын. Ол иһин тыа сирэ тугунан тыынан олорорун бары да удумаҕалатабыт. Онон "политическэй ыйааһын” эрэ туһугар айдааны тардаллар диэн этиини олох утарабын. Ким аймахтара, доҕотторо куһаҕаннык олоруохтарын баҕарыай?!
-          Чэ, сөп. Быһаар эрэ, бу сокуон киирбитэ эбитэ буоллар, үүт туттарар дьон харчылара хайдах аҕыйыах этэй?
-          Холобур, Маарыйа уонна Даарыйа бааллар. Маарыйа күн аайы Даарыйаҕа тиийэн ыабыт ынаҕын үүтүн туттарар. Даарыйа бэйэтин хармааныттан ол үүтүн 4,5 солкуобайга лиитэрэтин атыылаһар, государство көрөр субсидиятынан (ол аата республика бюджетыттан көрүллэр харчынан) Маарыйаҕа эбии 17,5 солкуобайы биэрэр. Маарыйа 1 лиитэрэ үүтүн сыаната барыта  23 солкуобай буолла. Маарыйа хас да ынахтаах буоллун, үүт эрэ туттардын субу 23 солкуобайы кини ыла турар. Арай, бу айдааннаах сокуоммут олоххо киирбитэ эбитэ буоллар, Маарыйа биэстэн аҕыйах ыанар ынахтаах буоллаҕына кини үүтүн лиитэрэтин 4,5 солкуобайга эрэ туттарыахтаах этэ. Онон бүтэр.
-          Тыаҕа биэс ыанар ынахтаах киһи аҕыйах...
-          Биллэн турар, аҕыйах! Сүөһү саамай табылыннаҕына 3-4 эрэ сылынан төрүүр кыахтаах. Эн хотоҥҥор 5 ыанар ынахтаах эбит буоллаххына - 5  тарбыйахтааххын, былырыыҥҥы оҕолоро баар буоллахтарына 5 борооскулааххын, эһиил төрүөхтээх тыһаҕастардааххын... барыта хас төбө буолан таҕыста?
-          20.
-          Тыаҕа 20 төбөнү ким иитэр кыахтааҕый?  Эмээхсин-оҕонньор (оттон тыаҕа үксэ кырдьаҕас дьон сүөһү тутар, эдэрдэр сүөһүгэ хамначчыттаабаттар) биир-икки ынах отун буллаҕына үөрүү.
-          Оччоҕо бу сокуону депутаттар ылбатылар?
-          Киирэр болдьоҕун уһатан биэрдилэр: дьон өйүн-төйүн сааһылаан, субсидия харчытыгар тиксэр гына дьаһаналларыгар биир сыл бэрилиннэ. Биһиги фракциябыт 14-15-16 сылы "переходнай” – бэлэмнэнэр кэм оҥоруохха диэн этэн көрбүппүт да, ахсааммытынан сайбырыйтардыбыт. Ол да буоллар, эһиил 2015 сыллааҕы бюджет ылылларыгар эмиэ этиибитин туруорсуохпут дии саныыбыт.
-          Сокуон барылын правительство, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оҥорбута?
-          Бу маны судургутук ылынар сыыһа: "правительство, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ СОРУЙАН куһаҕан сокуону ыллаттара сатыыр” диэн. Правительство да, министиэристибэ да үбү көдьүүстээхтик туттарга кыһаллар. Бюджет харчыта хаһан баҕарар татым, ону өссө көдьүүһэ суох барыыр – улахан буруй. Ааспыт Ил Түмэн мунньаҕын депутаттара, билигин даҕаны, тыа сиригэр көрүллэр үп-харчы көдьүүһэ суох баранар диэн эппиттэрэ, этэллэр даҕаны. Биир өттүнэн, ылан көрдөххө, харчы көрүллэр-көрүллэр даҕаны балаһыанньа, олох тупсан кэлбэт. Ол аата үп-харчы утары сиэнэн иһэр буоллаҕа, салгыы сайдарга туһуламмат. Ол иһин министиэристибэ толкуйдаатаҕа: тыаҕа аҕа саастаах дьон  сүөһү тутара уустук, онон хаһаайыстыбалары бөдөҥсүтэлиэххэ, бөдөҥсүттэххэ, биллэн турар, үлэни кыайар дьон үлэлиэхтэрэ, олорго харчы көмөтө улаатыахтаах диэн. Мин итини утарбаппын. Тоҕо диэтэххэ, кырдьаҕас дьон оҕолоругар куоракка көһөллөрүгэр, сүөһүлэрин эһэн кэбиһэллэр, сорохтор кыайан отун булбакка, көрүүтүн-харайыытын ыарырҕатан эһэллэр. Ол иһин сүөһү (харчы көрүллүбүтүн да үрдүнэн!) аччаабытын курдук аччыы турар. Ол иһин 5-тэн элбэх ыанар ынахтаах хаһаайыстыбаларга көмөнү улаатыннарыахха диэн этии киллэрдэхтэрэ. Өссө төгүл этэбин, ити санааны мин утарбаппын. Ол гынан баран уларытыы эмискэ буолбакка, сыыйа 2-3 сылынан киириэхтээх. Дьоҥҥо бириэмэ бэриллиэхтээх. Көрдүгүт дии, Президент Егор БОРИСОВ эмиэ ситэриилээх былаас үлэһиттэригэр сорудах биэрэн, уларытыы эмискэ киирэрин утарда дии.
-          "Сахабулт” производственнай холбоһугу атыылыырга диэн депутаттар куоластаатылар эрээри, эн итиннэ туох санаалааххын?
-          Атыылыырга дөбөҥ, саҥаттан тэрийэн үлэлэтэр уустук. Мин саныахпар, тэрилтэ үлэтэ-хамнаһа салайааччыттыттан олус улахан тутулуктаах.  "Сахабулт” туһунан информация хомуйа сылдьыбытым. Бас билиитэ, тиэргэнэ, базата киэҥ-куоҥ, дьиэтэ-уота элбэх, сол курдук иэһэ-күүһэ эмиэ. Турар сирэ, аны 10-ча, 20-чэ сылынан куорат ортото буолар кыахтаах. Уота, коммуникацията барыта баар.
-          Кэнэҕэс олус барыстаах баай-дуол буолуон сөп?
-          Олох саарбахтаабаппын.
-          Сураҕа, биир депутат Владимир ЧЛЕНОВ, Эргиэн-промышленнай палататын президенэ ити сиргэ "баҕалаах” диэн этэллэр.
-          ЧЛЕНОВ туһунан тугу да этэр кыаҕым суох, билбэппин. Баҕалаах дьон ахсаана элбэх буолуон сөп... Мин бэйэм санаам, "Сахабулду” атыылаабакка, үлэтин саҥаттан тэрийэн, менеджеменин уларытыахха баара.
-          Сөп. Итини таһынан, "тыас быыһыгар” өссө биир сокуону аһардыгыт быһыылаах дии – Ил Түмэн бастайааннай депутаттарын массыынанан таһар өҥөҕө -  11 мөл. көрүлүннэ?
-          ...Оннук.  Мин итини аһара элбэх суума дии саныыбын. Бастайааннай депутаттар ахсааннара - 17.  Бу дьон күн аайы үлэлэригэр, онтон дьиэлэригэр таксинан сылдьар буоллахтарына...
-          Үксүлэрэ куорат киинигэр олороллоро буолуо?
-          Чэ, буоллун, син биир таксилыахха – оччотугар эбиэккэ баралларын-кэлэллэрин да аахтахха, 200 солкуобайынан быстахха, күҥҥэ 800 солкуобай буолар. Быраас киһи буоларым быһыытынан, салгын сии таарыйа сатыы да сылдьалларын утарыам суох этэ. Куораппыт да кыра, онто да суох солото суох депутаттар, эттэрин-сииннэрин дьайҕардаллара доруобуйаларыгар да туһалаах буолуох этэ... Таксинан сырыттахтарына даҕаны сылга ортотунан 5-6 мөлүйүөнү орускуоттуохтарын сөп. Такси үчүгэйэ диэн – уматыгын, гарааһын арендатын, саппаас чааһын төлөөбөккүн, онно төбөҥ ыалдьыбат. Бюджеты экономиялыы сатыыр буоллахпытына, тоҕо бэйэбититтэн саҕалаабаппыт?
***
Аартык.ру


Источник: aartyk.ru
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1352 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024