News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2013 » Ахсынньы » 17 » Солбуллубат миниистир Андрей Саввич Борисов эппитинэн, бырабыыталыстыба Култуура сылын тэрийэр үлэни саҕалаабыт.
Солбуллубат миниистир Андрей Саввич Борисов эппитинэн, бырабыыталыстыба Култуура сылын тэрийэр үлэни саҕалаабыт. | 20:46 |
СЭТТЭ аахсыйа, СЭТТЭ түөлбэ, СЭТТЭ бырайыак
17.12.2013 15:00 | Автор: Мэхээс Сэмэнэп-Серкан | Билэрбит курдук, кэлэр 2014 сылы Арассыыйа үрдүнэн Култуура сылынан биллэрбиттэрэ. Дойду таһымнаах тэрээһин буоларынан, төрүт омуктарга (ол иһигэр биһиэхэ, сахаларга) болҕомто күүһүрүө диэн эрэнэбит. Биһиги күннээҕи олохпутун киэргэтэр, омукпут уратытын атын сирдэргэ көрдөрөр-биллэрэр култуурабыт үлэһиттэрэ мантан бэрт элбэҕи кэтэһэр буолуохтаахтар. Кистэл суох: саамай кыра хамнастаах – кинилэр. Ордубуттан эрэ үбүлэнэр, ол иһин өрүү тиийбэт тирии, тарпат тараһа олохтоох – кинилэр. Уонна дьон сынньанар, үөрэр-көтөр кэмигэр дьиэни-уоту быраҕан туран буһа-хата үлэлиир – эмиэ кинилэр. Аны туран, "ону сыыстылар, маны сатаабатылар, оннук гыныахтара хаалла, маннык оҥорбуттара ордук этэ” эҥин диэн хомуруйар да түгэннэрдээхпит. Эбэтэр, ханнык эрэ чулуу тэрээһинтэн сүрэхпитигэр-быарбытыгар дьиктини, кэрэни, сырдыгы илдьэ барабыт. Онон биһиги да, култуура үлэһиттэрин өҥөтүн күн аайы туһанааччылар, эмиэ бу сылы туох эрэ эрэх-турах санаалаах күүтэрбит баа буолбат.
Ахсынньы 4 күнүгэр Арассыыйатааҕы Култуура сылын Саха сиригэр тэрийэр кэмитиэт мунньаҕа буолла. Вице-бэрэсидьиэн Ф.Габышева салайда. Манна быһаарбыттарынан, биһиэхэ Култуура сыла ахсынньы 27 күнүгэр саҕаланыаҕа. Бастаан утаа "интерактивнай” көрүҥүнэн. Ол хайдах быһыылаах-майгылаах буоларын (Интэриниэт, сэлиэктэр эбэтэр туох эрэ атын көрүҥ көмөтүнэн дуу) Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ толкуйдуу сылдьар, сотору чопчулуох буолаллар. Манна туох баар улуустар, нэһилиэктэр, куораттар кыттыахтаахтар.
Солбуллубат миниистир Андрей Саввич Борисов эппитинэн, бырабыыталыстыба Култуура сылын тэрийэр үлэни саҕалаабыт. Ол курдук, СӨ Бэрэсидьиэнэ Е.А. Борисов дьаһалынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи Тэрийэр кэмитиэт баар буолбут. Бу кэмитиэт хаста да мунньахтаан, Арассыыйатааҕы Култуура министиэристибэтин этиилэригэр олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ бары министиэристибэлэрин уонна биэдэмистибэлэрин санаатын учуоттаан, Култуура сылыгар ыытыллыахтаах араас тэрээһин былаанын барылын оҥорбут. Ол былааны култуура министиэристибэтэ атын министиэристибэлэргэ көрдөрө, сөбүлэһиннэрэ ыыппыт.
Андрей Саввич эппитинэн, сыл устата халандаарга баар бырааһынньыктары сэргэ, бу эйгэ бэйэтин бырааһынньыктара – Култуура үлэһиттэрин, Бибилэтиэкэр, Түмэл, о.д.а. күннэрэ ыытыллыахтара. Биллэн турар, Ыһыах, Олоҥхо күнэ, Хомус күнэ – бу барыта бэйэбит киэнэ, онон биир инники күөҥҥэ туруохтара. Түҥ былыр Саха сиригэр кэлбит нууччалар, бааһынайдар, дьаамсыктар култуураларын тумнуохпут суоҕа дииллэр.
Бу барыта төрүт үгэһи тута сылдьар, култуураҕа олохторун анаабыт дьону өйүүр, өрө тутар соруктаах.
Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин сүүрбэ биэс сыллаах үлэтин билим өттүнэн чинчийэн көрүөхтэрэ. Миниистир бу үлэҕэ учуонайдары, билим үлэһиттэрин кытыннарар санаалаах. Аны туран, кулун тутарга, Култуура үлэһиттэрин күнүн көрсө, Культорология форума буолуохтаах. Манна биһиги култуурабыт салгыы туох-хайдах суолунан барыахтааҕын быһаарар Кэнсиэпсийэни оҥоруохтаахтар.
Тыа сирин кэлимник сайыннарыы өссө биэс сылга уһаан биэрбитин санатабыт. Онон өрөспүүбүлүкэ таһымнаах култуура тэрилтэлэрэ улуустары кытары ыкса үлэлэһиэхтэрэ. (Дьиҥэр, Тыа сирин сыла биллэриллэ да илигинэ, биһиги тыйаатырдарбыт, айар үлэһиттэрбит тыа сирин кытаты ситимнэрин быспатахтара. Дьалхааннаах 90-с сыллары аахпатахха. Оттон ааспыт сылга ити ситим өссө күүһүрдэ диир оруннаах).
А.С. Борисов этэр: "СЭТТЭ түөлбэҕэ – илин эҥээргэ, киин, хотугу, арҕааҥҥы улуустарга Халыма-Индигиир эҥээр, Бүлүү сүнньүгэр, бырамыысыланнастаах оройуоннарга – СЭТТЭ аахсыйаны тэрийиэххэ наада”. СЭТТЭ аахсыйа, СЭТТЭ хайысха, СЭТТЭ түөлбэ. Сахаҕа СЭТТЭ туох суолталааҕын бары бэркэ билэбит. Онон миниистир бу ахсааны мээнэҕэ талан ылбатах буолуохтаах.
Салгыы Андрей Саввич тыа сиригэр култуура оччоттон баччаҕа диэри дьону түмэр аналлааҕын санатта. Кырдьык, ханнык баҕарар нэһилиэк олоҕо кулууп уонна оскуола тула эргийэрин биһиги, элбэхтик айанныыр дьон, олус бэркэ билэбит.
Онон, Саха сиригэр Култуура сыла ахсынньы 27 күнүттэн саҕаланар. Эмиэ ити кэмтэн Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ саамай инники күөҥҥэ турар СЭТТЭ бырайыагын үлэтэ саҕаланар. Ханныктарый диэтэххэ: "Муусукаҕа – бүттүүн”, Олоҥхо тыйаатыра, Бэрэсидьиэн кииннэрин ситимэ (култуура уонна ускуустуба), киинэҕи устуу уонна тарҕатыы, "Хаарыан хампа...” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл, Евразия норуоттарын бырааһынньыктарын бэстибээлэ, СӨ Бэрэсидьиэнин Евразия таһымнаах көҕүлээһиннэри өйүүр граннара.
Ураты болҕомто тыа сирин култууратын үлэһиттэрин бэлэмниир Үөрэх киинигэр, култуура үөрэҕин тэрилтэлэрин материальнай-тэхиниичэскэй базатын хаҥатыыга, култуура үлэһиттэрин идэтин таһымын үрдэтиигэ, оҕо музыкальнай оскуолаларын сайдыытыгар ууруллуо.
Култуура диэн тугуй? Аҥаардас ырыа-тойук, үҥкүү-битии, испэктээк-кэнсиэр, саататар-аралдьытар тэрээһиннэр эрэ буолбатаҕа өйдөнөр (ол эрээри, балары туора сотор хайдах да табыллыбат). Култуура диэн – хас биирдии киһи ис туруга, ис кыаҕа, ис сиэрэ-майгыта.
Кэлэр сыл култуура үлэтин курдук "көйгө оҕону” арыый сымнаҕастык көрөргө, өрө тардарга, сайыннарарга, "бу – биһиэнэ” диэн киэн тутта үөрэнэргэ төһүү буоллун. СЭТТЭ аахсыйа, СЭТТЭ түөлбэ, СЭТТЭ бырайыак – бу тэрээһиннэр үтүө түмүктэрэ бүтүн СЭТТЭ сылы быһа кэтэһиннэрбэтэллэр ханнык. Оттон түмүк кырдьык үтүө буоларыгар, тоҕо эрэ, саарбахтыахпын олох баҕарбаппын.
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1233 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 99 Ыалдьыттар (гостей): 99 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|