Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 19 » Тыгын Дархан памятника олорбут сиригэр Туймаада хочотугар туруохтаах Могли бы сразу мишень на спину ` ЕА Борисова повесить~
Тыгын Дархан памятника олорбут сиригэр Туймаада хочотугар туруохтаах Могли бы сразу мишень на спину ` ЕА Борисова повесить~
10:26
Хаҥаластар Тыгын Дарханы "приватизациялаатылар"?
Среда, 18 Декабря 2013 13:41
Эрдэ биллэрбиппитин курдук, Афанасий НОЕВ салайааччылаах Хаҥаластан төрүттээх дьон түмсүүтэ общественнай көҕүлээһини саҕалаата: Хаҥалас улууһугар Тыгын Дархаҥҥа памятник туруоруохха диэн.
Сөбүнэн сөп эрээри....
Бу общественнай көҕүлээһин Тыгын Дархан саха норуотугар суолтатын кыаратан кэбиһэр.
Өскөтүн БҮТҮН саха норуотун историятыгар Тыгын Дархан курдук личностар биһиэхэ сахаларга государственнай толкуй былыр-былыргыттан баарын туоһулуур, саха омуга муна-тэнэ, атах балай дьылҕалаах сылдьыбатаҕын көрдөрөр, дириҥ силистээх-мутуктаах, үрдүк таһымнаах толкуй хааммытыгар өбүгэ саҕаттан угуттана сылдьар диэн этэр буоллахпытына - Тыгын Дархан памятнига республикабыт тэбэр сүрэҕэр,  Дьокуускай куорат хаба ортотугар туруохтаах! Итинник ис хоһоонноох общественнай көҕүлээһин этиллиэхтээҕэ!
Тыгын Дархан биир улуус бас билэр историята, личноһа эрэ буолбатах, кини - БҮТҮН НОРУОТУ ТҮМПҮТ, ГОСУДАРСТВОНЫ ОЛОХТУУРГА ДЬУЛУСПУТ ӨЙДӨӨХ-САНААЛААХ, саха норуотун кэскилин иннигэр олоҕун анаабыт бүттүүммүт киэн туттуута буолар! Онон, бастакы улахан, сүрүн памятник Дьокуускай куоракка улахан болуоссакка (кини аатынан болуоссакка!) туруохтаах. Дьэ, ол кэнниттэн улуустарынан өйдөбүнньүктэр баар буоллуннар. Ойуунускай тилиннэ, дьонугар-сэргэтигэр төнүннэ. Тоҕо эрэ таатталар быһа түһэн "биһиэнэ эрэ" диэбэттэр, Ойуунускай киһи-аймах достояниета, ону кинилэр бэркэ диэн өйдүүллэр. Тыгын Дархан эмиэ киһи-аймах сайдыытын достояниета буолуохтаах. Кини Государственнай өйгө-санааҕа тиийии илэ туоһута буоларын умнумуоҕуҥ уонна өйдүөҕүҥ. Алаастарынан, улуустарынан арааран улуу, сүдү дьоммутун суолталарын аччатан, кыаратан кэбиһэр майгылаахпыт. Ону хаһан өйдүүбүт?!...
***
...Аны, "Обедин иннэ диэбит манна диэбит" диэн эмиэ кутуругу купчутуу барда. Хаһааҥҥыттан биһиги олохпутун, өйбүтүн-санаабытын араас обединнар салайар буоллулар? Анаан-минээн биһигини түһэрэр үлүгэр хамнастаах үлэлээхтэр тылларынан, сыаналарынан олоробут дуо? Аанньата суох аҥалаҕа тиэрдэр идеологиялаах дьоҥҥо сөп түбэһэн ньыкыс гынан сылдьабыт? Бэйэбит государственностаахпыт дэммит, государственноспытын 100 сылын бэлиэтээри сылдьар, төрөөбүт сирдээх-уоттаах, улуу дьон удьуордара буоларбыт быһыытынан, бэйэни кэнэнник санаммакка, бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар, бэйэбит норуоппут историятыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыаххайыҥ!
... Араас обединнар 400 сыл тухары бааллара. Тоҕо эрэ чулуу дьоммут онтон хараастан-харгыстан турбатахтара. Биһиги да соһуллуо, сүргэбитин тоһуттарыа, саргыбытын самнаттарыа суохтаахпыт!
***
Аартык.ру    
Комментарии
#1
Мин 18.12.2013 14:16
Ханаластар сопко гыналлар, кыраттан са5алыыллар. Инньэ диэн бобон баран аны хас сылынан Тыгын Дарханна бэлиэ оноробут. Табыллынна5ына эhиил Ил Дарханныныахпыт . Дьокуускайга биир да болуоссат Саха чулуу дьонун аатын сукпэт. Олонхо ыhыа5ынан сибээстээн тутуллар Тыгын Дарханна памятник элбэх киhи сэнээритин ылыа диэн эрэнэбин.
#2
Михаил 18.12.2013 14:25
Тыгын Дархан памятника олорбут сиригэр Туймаада хочотугар туруохтаах . Табыллар буолла5ына билинни Ленин болуоссатыгар . Ханаластар маладьыастар , норуот ойуэ5э.
#3
Жорже 18.12.2013 14:39
Автор прав(а), не стоит бояться ярлыков. Они специально у нас комплекс неполноценности развивают, чтоб лучше контролировать.
#4
Бырдьа 18.12.2013 14:41
Бу МЕН идеята буолуохтаах, наар саары чаккытын кердерееру Ханаласка эрэ туруоттара сатыыр. Ленин болуоссатыгар слабо, Михаил Ефимович?
#5
Бирисидиэннээн олорон туруортарыахтаах этэ буоллаҕа....Билигин кинини ким истиэй...
оо 18.12.2013 14:42
Афоня ааттаах куттас киьи буоллага
#6
Мин 18.12.2013 14:47
Мин кордохпунэ Дьокуускайга билигин Дыгын соптоох миэстэ суох курдур. Анардас Площадь Дружбы 3 памятник баар. Орто Дойдуга Зоопарка5а сылдьаары элбэх киhи сылдьыа этэ.
#7
нахара 18.12.2013 15:33
Тыгын Дархан памятнигын Ленин оннугар туруоруохха наада.
#8
сэнээрбит 19.12.2013 06:57
Ноев кэм да политикалыы сылдьар. Бу Ил Дархан быыбара буолаары турдагына того эмиэ Тыгыны хаба тарта. Эбэтэр Ил Дарханна Дьогуэр Барыыьаптан атын киьини ойуур дуу? Технология эбит
#9
хардааччы 19.12.2013 07:49
онтон доготтор суверенитеппыт сэргэтэ институт горного дела иннигэр тулаайах ого курдук турар ээ. ону арааската горнайга бор алааска коьорон туруоруохха баар этэ конфедералистар отохторугэр.онт он кэмэ кэллэгинэ куорат саамай костуулээх сиригэр кэнэгэс ыччаттарбыт саха норуотун конулгэ тардыьыытын символын быьыытынан туруоруо этилэр буоллага.
#10
Дойду 19.12.2013 08:07
Ага сэргэни в горный. Ойунского в Татту. Аммосова в Намцы. Ленина в Симбирск. Маркса в Берлин.
Обновить
Источник: aartyk.ru

Далан "Тыгын Дархан” арамаанынан киинэ уһуллара наада дуо?
Пятница, 13 Декабря 2013 11:18

Ыйытыкпытын салгыыбыт. Бүгүн биһиэхэ суруналыыстар, суруйааччылар, сулууспалаахтар, общественниктар харда тутуохтара.
ambrosikАлексей АМБРОСЬЕВ, суруналыыс, блогер:
- Обязательно! Всю свою любовь к кино (а также немалые финансовые средства) министр культуры и духовного развития - Андрей Саввич БОРИСОВ должен был вложить в этот проект! Это великий роман Василия ЯКОВЛЕВА - ДАЛАН, по прочтению которого человек другими глазами начинает смотреть на себя и на свой народ, до сих пор не нашел своего достойного театрального или кинематографического воплощения.

 
yuВладимир Ю, Дьокуускай куорат дьаһалтатын муниципальнай хонтуруолун кылаабынай специалиһэ:
- Киинэ киһиэхэ дьайар суолтатын, иитэр оруолун күүһүн өссө В.Ленин тоһоҕолоон бэлиэтээн турар. Тыгын Дархан туһунан ДАЛАН арамаанынан киинэ уһулуннаҕына дьону улаханнык сэргэхситиэх этэ. Киинэни таһынан киниэхэ пааматынньык тутан, киһи хараҕар быраҕыллар гына (ордук кэлии дьон  көрөрүн курдук) баараҕайдык онорон үйэтитиэххэ наада.

 
dollonovВладислав ДОЛЛОНОВ, "Полярная звезда” сурунаал кылаабынай редактора:
- Биллэн турар, уһуллуон наада. Билиҥҥи олохпут оччоттон саҕаланан уста турдаҕа дии. Кинигэ тахсар кэмигэр айымньы тыла-өһө олус кичэйэн редакцияламмыта. Ол саҕана "Бичиккэ" үлэлээбит буолан мин итини билэбин. Уус-уран литература редакциятын сэбиэдиссэйэ Т.И.Румянцева, кинигэ редактора В.Н.Луковцев итиннэ нуучча кэлиэн инниннэҕи кэм ойууланар буолан, биир даҕаны киирии тыл (бэл, төрүт сахатыйбыт сибэкки, көрүдьүөс, курус диэн тыллар) суох буолалларын курдук, бэркэ кичэйэн редакциялаабыттара. Киинэ уһуллуутугар ити сүрүн ирдэбил хайаан да тутуһуллуохтаах.  Боотур "разведкаҕа бардым" эбэтэр "үспүйүөнү туттум" диэ суохтаах.
 
shamaevИван ШАМАЕВ, Общественнай палата солбуйар бэрэстээтэлэ, Республикатааҕы лицей дириэктэрэ:
- Бастатан туран, Тыгын Дархан туһунан киинэни уһулар таһымҥа таҕыстыбыт дуо диэн ыйытыыга харда булуохтаахпыт. Мин таҕыстыбыт да, тахсыбатыбыт да диэн быһа этэр кыаҕым суох. Өскөтүн Чыҥыс Хаан киинэ оҥоһуллубут таһымынан сыаналаатахпытына – суох.
"Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” киинэ уһуллуон иннинэ Бурятияҕа бара сылдьыбытым. Онно бүрээттэр 300 тыһ. солкуобай бюджеттээх Чыҥыс Хаан эдэр эрдэҕинээҕи биир түгэнин – бастакы эрэллээх доҕорун көрсүбүтүн туһунан киинэ устубуттар этэ. 300 тыһ. солкуобай иһэ-таһа биллэр – туох да эбии-сабыы, күүркэтии, дирбиэн-дарбаан суох... ол гынан баран киһи бу киинэни көрө олорон бу кырдьык Чыҥыс Хаан сылдьар, кини кэмэ диэн бүк итэҕэйэҕин. Мин саныахпар, режиссердар саха норуотун историятыгар сыһыаннаах улахан бырайыагы ылыныахтарын иннинэ, кэрчик-кэрчик арамаан түһүмэхтэрин устан үөрэниэхтээхтэр дии саныыбын. Холобур, "Тыгын Дархантан” "Тулаайах оҕотун”.
Иккиһинэн, киинэ уһуллар да түгэнигэр, хас биирдии кадр – дьиҥнээх КАДР буолуохтаах. Түгэн ис хоһоонноох, киһи хараҕар, өйүгэр хатанар буолуохтаах. С.Бодров "Монгол” киинэтэ баар дии – хайдах курдук кадрдардааҕый?!
Тыгын Дархан туһунан киинэни киһи көрө олорон, кырдьык, бу 16-17-с үйэ, бу үйэ дьоно, тыла-өһө, тыаһа-ууһа, майгыта-сигилитэ диэн итэҕэтэр күүстээхтик уһуллуохтаах. Саха киинэ режиссердарыттан, субу билиҥҥи кэмҥэ лаппа кыахтаах режиссерунан Никита АРЖАКОВЫ ааҕабын. Далан "Дьикти сааһын” уһулла. Көрдүм. Кырдьыга, маннык үчүгэйдик устуохтара да дии санаабатаҕым. Ол гынан баран "Дьикти саас” бу уунан тиийэр кэммит 70-с сыллар буоллаҕа, оттон Тыгын олорбут кэмэ 16-17 үйэ... онон уустук бырайыак буолара саарбахтаммат. Өйдөөн-төйдөөн тиийэрбит наада.
...Андрей БОРИСОВ – талааннаах киһи, театр режиссера ону билинэбит. Ол гынан баран киниэхэ киинэ уһултарар, туох диэн этиэм эбитэ буолла... халбас харата (рискованнай) соҕус дьыала.
 
augustАвгуст ЕГОРОВ, "Бичик” Национальнай кинигэ кыһатын дириэктэрэ, общественник:
- Тыгын Дархан туһунан киинэ уһуллура наада бөҕө буоллаҕа. Маннык киинэ уһулуннаҕына, бастатан туран, биһиги - сахалар, маннык улуу киһилээх, маҥнайгы судаарыстыбаннас тутулун оҥорсубут чулуу төрүттээх, салайааччылаах этибит диэн бэйэбит да билиэх, киэҥ эйгэҕэ да биллэриэх этибит. Иккиһинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ, ордук ыччакка биһиги Тыгын Дархан курдук улуу киһилээх, дириҥ силистээх-мутуктаах,  далааһыннаах өйдөөх-санаалаах, киэҥ ыырдаах, кыайыгас-хотугас, булугас-талыгас төрүттэрдээх, ытык дьон ыччаттара, удьуор дьон уустара эбиппит диэн бэйэ норуотун историятынан, бэйэ омугунан киэн туттунууну, сэнэммэт буолууну үөскэтиэх этибит. Оттон «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» киинэ биһиэхэ, сахаларга, буолбакка, уопсайынан Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга туһуламмыт киинэ. Төһө да олоҥхобутугар Чыҥыс Хаан аата ахтылыннар да, бу аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт аатырбыт киһиттэн баҕар ханан эмэ хаан-сыдьаан тардыылаах буолбуппут иннигэр, киинэни көрө олорон төһө элбэх саха киһитэ Чыҥыс Хааны бэйэтигэр сыһыаран күөн туттубутун билбэтим. Оттон Тыгын Дархан саха саргытын салайсыбыт, урааҥхай олоҕун оҥорсубут чахчы бэйэбит киһибит, бэйэбит төрүппүт, бэйэбит хаан-уруу удьуорбут. Онон кини туһунан киинэ уһуллара буоллар, билиҥҥи глобализация диэн бүтүн норуоттары, бэл судаарыстыбалары сүтэрэр-симэлитэр кэм-кэрдии бүрүүкээбит кэмигэр, биһи курдук кыра норуокка өй-санаа эбинэргэ, тыыммытын уһатарга улахан көмөлөөх буолуох этэ. Дьон-сэргэ, ыччат национальнай, судаарыстыбаннай өйдөөх-санаалаах таһымҥа тиийэрин судургутук ситиспэккин. Оннук өйү-санааны уһугуннарыахха, иитиэххэ, сайыннарыахха наада. Онуоха Тыгын Дархан салайар, түмэр, сомоҕолуур МЭҤЭ УОБАРАҺА көмөлөөх буолуох этэ.
 ***
Аартык.ру
Комментарии
#1
Ньукулай 13.12.2013 11:31
Хата бу Август учугэй багайытык эппит. Уйбаан Уйбаанабыс эргитэн-урбатан ))) но в целом санаата ейденер - учугэйдик толкуйданан бу киинэ уьуллуохтаах.
#2
Угулээттэн 13.12.2013 12:07
Ыччакка саамай наадалаах проект буолуо этэ.
#3
Туоххутунан 14.12.2013 20:44
уста5ыт? Сахафильм Доллуну уста сатыыр, онтон киьилэрэ кириэьилэтиттэн тардыьан баран сытар. Маннык тэрилтэ учугэй киинэни устуо дуо? Киинэ устарга биир санаалаах, биир хамаанда наада. Сахафильмтан учугэй специалистар бары куоппуттара ыраатта.
#4
чукул 15.12.2013 08:43
Тыгын Дарханы устар кэм кэллэ дии саныыбын онон баран режиссорунан Борисов эрэ буолбатын кини ити Чыныс хаан ыйаа5ынан киинэтэ сеп онорбута
#5
Коллега2 15.12.2013 11:44
Мин санаабар, саха режисеердара атын улахан мировой ааттаах кинорежиссердар ы кытары устуохтаахтар. Бэйэбит дьоммут соготогун кыайыа суохтарын сеп. Сценарийа арамаанын идеятын барытын толору тиэрдиэхтээх. Сценаристан улахан тутулуктаах.
#6
Ньургунчук 17.12.2013 08:48
Коллега2 олус сёпкё эттиц. Кырдьык, улахан режиссердары кэпсэтиэ этилэр буо, угуёру со5устук харчы кутан маачыктаан. Ити омук дойдулара устар историческай киинэлэрэ хайдахтарый! Троя, Македонскай туьунан. Айыбыын, олору ыцыран уьултарар киьи дьэ киинэ да киинэ буолуох эбит. Арасыыйа5а оччо айылаах историческайы уьулуччутук оцорон устар режиссер да суох быьылаах батта. Ити аатырдыбыт а5ай Сталинградтарын кёрён баран кэлэйэн киин ортотуттан кёхсубунэн олорунан кэбистим. Дьаабылаан устубуттар а5ай. Нуучча улуутута саатан бё5ёё, аьара омуннаах. Били сэлээркэлээх систиэринэ дэлби тэппитигэр дьоммут умайда умайбытынан атаака5а киирэллэр, аттыларыгар ёрус уута долгуннура сытта5ына. Бу туох иирбит саллааттарый ээ.
#7
Даа 18.12.2013 03:12
)))). киинэни кербетех буолан туох да диэн хардарсар суох.
Источник: aartyk.ru

Гордума депутата Ольга САРГЫДАЕВА: "Аммалар да, таатталар да наһаа сөбүлээбэт киһилэрэ...”
Вторник, 17 Декабря 2013 14:54

Вице-президент кэнниттэн өссө биир государственнай толкуйдаах буолуохтаах, буолар эбээһинэстээх  ЭТЭ дии санаабыт киһибититтэн ыйыталаһабыт:
- Ольга, дорообо, ыйытыкка кытын эрэ. Санааҕын эт...
- Мин санаабар булгуччу киинэ уһуллуохтаах диэн сыал-сорук туруо суохтааҕа буолуо. Билигин киинэ уһулар буоллахха, харчытыттан саҕалаан прокатыгар тиийэ коммерческай проект быьыытынан барыахтаах.
Бюджет харчыта онно угуллара, дефицитнай бюджеттаах олорон, сыыһа дии саныыбын. Онтон Тыгын Дархан оруолун туьунан элбэх кэпсэтиилэр, мөккүөрдэр бааллар. Мин санаабар ким хайдах сыаналыыра бэйэтин ис туругуттан тутулуктаах.
- Таак. Онтон, эн ис туругун туох дии саныырый?
- Мин ис туругум этэринэн, кини уопсай фольклортан хомуллубут уобарас буолар. Хоролору өлөрбүт киһи диэн биллэр. Аммалар да, таатталар да наһаа сөбүлээбэт киһилэрэ.
***
Аартык.ру
Комментарии
#1
Даа 18.12.2013 03:04
...Маннык таьымнаах дьон хайдах депутат буолалларый(
#2
Догор 18.12.2013 07:30
Билиитэ, тасыма суо5ун кистии да тусуе эбит. Ким киниэхэ аммалар, таатталар барыларын ааттарыттан комментарий биэрэр боломуочуйалааб ытай?
#3
Этимэ да5аны 18.12.2013 09:33
Киьи да сонньуйар. Таах тугу санаабытын ньылыбыр гыннара сылдьара соччото суох курдук, депутат киьиэхэ. Туох эмэ туьалаа5ынан дьарыктаныан дуу хайдах дуу.
#4
коуска 18.12.2013 09:41
кини хайдах итинник санарарый? Политик киьи ейдуу-ейдуу санарыахтаах этэ буолла5а дии.Тыгын Дарханы ол аммалар , таатталар то5о себулээбэт уьулэрий. Откуда такие странные предположения..
#5
Ньургунчук 18.12.2013 10:18
Хоролору эспит буолан! Тууй-сэ! Амма, Таатта дьонун санаатын хантан билэн эппитэ буолла.
#6
илин энэр. 18.12.2013 11:06
амма5а таатта5а сылдьыбыта дуо.. .депутаттар хайдах эрэ дьоннор эбит.ол хоролору елербутун кербут дуу.эбэтэр документ баар дуу...
#7
Рина 18.12.2013 11:22
Наоборот улахан быыбар иннигэр норуоту сомо5олуур идиэйэлээх киинэ уьуллара наада. А эта депутатша норуоту улууьунан араара олороро-просто преступление! Кто ее выбирал вообще?!
#8
Бырдьа 18.12.2013 11:23
Фольклор уобараьа диэбит да))) бу дьахтар история энин диэни билбэт эбит ээ
#9
566 18.12.2013 11:24
Проосто уужасс... Нечего добавить...
#10
Уус-Алдан 18.12.2013 11:30
БиНиги торуттэрбитин эспит киНи эбит дии! Нахрен памятник!
#11
Талах Курдаах 18.12.2013 12:27
Аммалар, Таатталар баьыйар угус хааннара Хацаластартан утум тардар, биирдиилээн сэбулээбэт дьон баар буолуон сэп, ол эрэн бутун икки Саха тэрут улуустарын аатыттан этэр бырааба да, тэруэтэ да суох буолла5а. Хоролору Тыгын кыргыбыта диэн туьээн эрэ кэруэн сэп курдук, ол туьунан биир да номох суох.
#12
сахаачча 18.12.2013 15:22
Туйаара маладьыас! Инник угаайыгар киллэрэн ахаарылары кэьэт!
#13
Илин сурунаал 18.12.2013 15:41
http://ilin.sakhaopenworld.org/1998-2/40.htm
мацнай бу Илин сурунаалга тахсыбыт матырыйаалы аа5ын. Мин санаабар бары улахан ааптардар улэлэрэ ырытыллыбыт. Ол иьигэр кэлии да дьон, бэйэбит да Ксенофонтаппыт.
#14
аммабын 18.12.2013 15:54
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3002134&f=25
ырытыы бе5е эбит дии.
#15
Зина 18.12.2013 16:02
Айдааннаах киинэбит Чыцысхаан туьунан ханна тиийдэ? Хая да тэрилтэ банкрот буолла. Онтон биьиги сахалар тугу туьанныбыт. мин санаабар бюджет харчытыгар киинэ устар диэн сыыьа.
#16
777 18.12.2013 17:10
Туйаара кырдьык Саргыдаеваны сирэйин учугэйдик саралыы тардыбыт, улахан эйэ суогун бар дьонно кэрдэрдбут, кини Аммалары уонна Таатталары кытта кэпсэтэн бутун улуус дьонун аатыттан санарар дуо?
#17
123 18.12.2013 17:33
аммалар да таатталар да абааьы кере киьилэрэ диэбэтэх ээ. наьаа себулээбэт диэн арыый да атын ээ. Уонна киьи бэйэтэ мнениялаа5а ордук. бары улуу да улуу дии син биир санаабаттар буоллахтара дии. биир бэйэм санаабар Тыгын Дархан нууччаларга сахалары салайын диэн туран биэрбит киьи диибин
#18
123 18.12.2013 17:47
хата бэрт ыстатыйаны аахтым. илин сурунаалга махтал. сурдээх элбэх улэни ырыппыт Андриан Борисов. барытыгар ссылкалаах. Саргыдаева да этэрэ баар эбит. Мацнай бэйэ5ит аа5ын эрэ.Ким ким сирэйин саралыы тардыбыта биллибэт эбит эээ...
#19
учуонай 18.12.2013 19:37
дьиц архыып докумуеннэриттэ н кердеххе кырдьык Тыгын фольклорно собирательно подлиннай киьи. Сахалар бары теруппут кини диир сыыьа. Бу Саргыдаева диэн чуечэни билбэппин да септеехтук гынан баран ситэтэ суох этиммит дии санаатым
#20
оо 18.12.2013 20:10
горе учуонай саргыдаеваа(
#21
Миитэрэй 18.12.2013 20:16
Дыгын саха норуотугар суолтатын саамай дирицник уонна септеехтук ырытан, уобарастаан айбыт киьи ДАЛАН. Кини айымньытыттан атын итэгэтиилээх суох. Бу Саргыдаева курдук маргиналлар тыллара сарсыардааны сиик, оттон Далан Дыгына уйэлэргэ хаалыага.
#22
оо 18.12.2013 21:32
Миитэрэй сепке эппит.
#23
чукул 19.12.2013 07:02
дбэ буолар да эбит энин араас депутаттар бааллар ким талбытай кинини отзывта онорун
Источник: aartyk.ru

Могли бы сразу мишень на спину повесить

19.12.2013

vit4Читаю в новостях: В Якутии появится памятник Тыгыну Дархану. Отличие нового проекта в том, что на этот раз он действительно является народным. С инициативой вышло землячество Хангаласского улуса, председателем которого является Афанасий НОЕВ. Идея зрела давно, проведена большая подготовительная работа.
Хангаласское землячество считает, что памятник Тыгыну Дархану – лидеру, который посвятил свою жизнь сплочению народа, должен стоять в его родной ставке – Хангаласском улусе, плодородной и благословенной долине Эркээни.

Безотносительно самой идеи установки памятника Тыгыну (к слову сказать, далеко не  однозначному историческому персонажу и для самих якутов, поскольку часть из них воспринимала его как завоевателя, пытавшегося всех привести под свою руку) хотел бы заметить, что более неудачного времени трудно было подобрать.

Если Афанасий Ноев хотел подложить свинью Егору Борисову, у него получилось.

Мы с вами уже были свидетелями информационного наезда на республику из-за "якутского национализма”. Причем поводы были условные: митинг золотарей в Москве (резко перепрофилировавшихся с борьбы с коррупцией в рядах МВД Якутии на борьбу с национализмом), заявления Артура Алексеева на съезде в КПРФ, да посасывания пальцев всевозможных «ыкспертов по Якутии».

В том, что вспышка медийной активности была искусственной никто, в общем, и не сомневался. Попинали республику, проверяя на прочность Борисова. Егор Афанасьевич, увы, проверку не прошел: кинулся испуганно оправдываться, начал тасовать кадры, спешно набирая славянские лица.

Наступила пауза.

А тут такой подарок!

Как смотрится ситуация из центра?


Ага, в Якутии ставят памятник человеку, который боролся с русскими казаками и трагически погиб в плену (по одной из версий), сыновья которого ходили брать приступом Якутский острог. «Ыксперты» будут в восторге. Вот оно, подтверждение лелеемого национализма. Это в Чечне можно поставить памятник женщинам, убиавшим русских солдат, и ничего за это не будет. Ну, разве что найдется какой-нибудь депутат Журавлев, так тому можно и темную устроить… с золотым пистолетом.

А маленькую Якутию, у которой нет альфа-самца Кадырова на защите интересов и подручных депутатов с золотыми пистолетами просто ничего не стоит показательно и отпинать.

Вы не думайте, я не сгущаю краски.

Вспомните, сколько истерики было в крупных федеральных СМИ уровня «Известий» и «КП» из-за памятника Бекетову. Ну вот казалось бы сидит русский мужик с топором, на город, который сам же заложил смотрит. А сам памятник – в честь добровольного вхождения Якутии в состав России!

Ан нет! Усмотрели проявление национализма!

Вспомним «Комсомолку»:

    Памятник поверженному православию

    Официально этот памятник посвящен 375-летию вхождения Якутии в состав Российской Федерации. Бронзовый мужик, сидящий верхом на бревне, – основатель Якутска Петр Бекетов,  нареканий ни у кого не вызывает: рубит  что-то у подножия грандиозного сооружения. Но дальше начинается самое интересное: фундамент памятника непростой – древнерусская церквушка. Вот только вместо куполов и положенного креста на нее водружен 20-метровый тотемный столб, сэргэ, увенчанный четырьмя конскими головами.

    По замыслу создателей памятник должен был наконец-то закрыть собой старинный Преображенский кафедральный собор, построенный на доминанте. В народе эта постмодернистская конструкция восторга не вызвала. Скорее наоборот. Писались коллективные письма в правительство и в Москву, и памятник то прекращали строить, то опять начинали – по принципу «собака лает, караван идет».

В этом материале вообще много всего интересного про республику. Помню, в свое время, когда я высказался по поводу этой залипухи в ЖЖ, автор Дмитрий Стешин так обиделся, что отписался в комментариях, требуя объясниться «с какого х… в Якутске строится хамский памятник оскорбляющий православие?» (с).

И это, подчеркну, памятник русскому мужику, основателю Якутска.

Представляете, какую реакцию вызовет установка памятнику Тыгыну?

И ладно бы это была локальная истерика того же Стешина или его идеологического соратника Соколова-Митрича. Можно пережить. Если на таких оглядываться, то можно вообще ничего не делать. Но! надо же анализировать ситуацию. Мы сейчас под прицелом не просто неадекватов, но конкретно ориентированных на поиск и раздувание скандалов политтехнологов. Людей нанятых и проплаченных. Выискивающих цели, чтобы отработать бабки.

Если Ноев и Ко хотели повесить на спину Борисову мишень, они с задачей справились.

Это я вам наперед ситуацию предсказываю. Подождите, скоро грохнет.

P.S. Ситуация с "мишенью” лишний раз говорит о том, какой дефицит кадров в республике. Ведь именно Ноева Борисов усиленно продавливал на пост главы Союза журналистов Якутии. Хорош "идеолог”. Услужил так услужил.

UPD: Ну, вот. Для внешнего потребления можно и так преподнести.

фото автора

Category: История, философия | Views: 1882 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024