Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2013 » Ахсынньы » 30 » Ат сылыгар төрөбүт дьон майгытын-сигилитин үтүө өрүттэрэ:
Ат сылыгар төрөбүт дьон майгытын-сигилитин үтүө өрүттэрэ:
20:37
Сылгы сылыгар төрөөбүт дьон майгыта хайдах буоларый?
26.12.2013 13:09 | Автор: kyym.ru |
2014 сыл — кытай омук халандаарынан Ат сыла. Оттон сыл бэлиэтэ уон иккилии сыл буола-буола эргиллэн кэлэринэн суоттаатахха, бу иннинэ Ат сыла 2002, 1990, 1978, 1966, 1954, 1942, 1930, 1918 сыллардаахха кэлэн ааспыт.
Билэр, идэлээх дьон этэллэринэн, гороскуоп хас биирдии бэлиэтэ туох эрэ хатыламмат уратылаах буолар. Ол ураты ордук ол сыл төрөөбүт дьон майгытыгар-сигилитигэр биллэр дииллэр. Онон буоллаҕына, Ат сылыгар төрөөбүт дьон хайаан даҕаны туох эрэ майгыннаһар өрүттээх буолуохтаахтар. Холобур, бу сыл төрөөбүт дьон туһунан кытай гороскуобугар маннык суруйаллар эбит.
Ат сылыгар төрөбүт дьон майгытын-сигилитин үтүө өрүттэрэ: аһыныгас санаалаах, талааннаах, үлэлиирин сөбүлүүр, кэччэгэйэ суох, элбэх кэпсээннээх уонна сексуальнай.
Ат сылыгар төрөөбүт дьон майгытын-сигилитин мөкү өрүттэрэ: үлэлиирин олус сөбүлүүр эрээри, сорох ардыгар көтүмэх буолуохтарын сөп, хаппырыыстар, быһымахтар, сыалларын ситиһэр туһугар тугу да кэрэйбэт буолуохтарын сөп.

Ат сылыгар төрөөбүт дьоҥҥо барсар, сөп түбэһэр үлэлэр: дьаһабыл (администратор), айааччы-тутааччы, суоппар, учуутал, худуоһунньук, баттах кырыйааччы, репортер уонна экскурсовод.

Эбэн эттэххэ, Ат сылыгар мннык биллэр-көстөр дьон төрөөбүттэр эбит: Владимир Ленин, Никита Хрущев, Леонид Брежнев, Лиза Чайкина, Александр Куприн, Иван Бунин, Петр Капица, Исаак Ньютон, Ингмар Бергман, Шон Коннери, Кевин Костнер, Синди Кроуфорд, Харрисон Форд, Пол Маккартни, Нельсон Мандела, Рембрандт, Барбара Стрейзенд, Майк Тайсон, Антонио Вивальди, Роберт Вагнер.

 

Ат сылыгар төрөөбүт дьон туһунан ити үөһэ ахтыллыбыт хаачыстыбалар дьиҥнээх олоххо төһө сөп түбэһэллэрин билбит суох. Ол гынан баран, бука, халандаары айбыт дьон, кытайдар, халлаантан ылан суруйбатахтара чахчы. Бука, кинилэр диэтэх дьон, хас эмэ үйэ тухары кэтээн көрөн баран, дьэ биирдэ сурукка тистэхтэрэ буолуо. Оттон ол төһө кырдьыктааҕын биһиги Саха сирин олохтоохторуттан – бэйэ дьонуттан туоһуластыбыт.

 

 

Геннадий Осипов, 1966 сыллаах төрүөх:

-- Оо, ыйытыыгар тута хоруйдуу охсор уустук буолара буолуо. Хайа да киһи мин майгым оннук үтүө, маннык мөкү өрүттээх диэн хоруйдуу охсоро ыарахан. Бэйэм туспунан аҕыйах тылынан эттэххэ, киһи сиэринэн майгылаахпын. Үчүгэйтэн үөрэбин, куһаҕантан хомойобун. Аһыныгаспын. Үлэлиирбин баҕас таптыыбын. Кэһэ сылдьар элбэх кэпсээннээх киһи буолбатахпын. Майгым-сигилим сонно уларыйа охсубат. Ол аата, эмискэ кыыһыран силбиэтэнэн, үөрэн-көтөн барбаппын. Холку майгылаахпын диэххэ сөп. Мээнэ кыыһырбаппын эрээри, кыыһырдахпына, кыыһырардыы кыыһырабын.

 

Оксана Лугинова, эдэр үлэһит, 1990 сыллаах төрүөх:

-- Бэйэбин айдаана-куйдаана суох, холку киһибин дии саныыбын. Майгым даҕаны ол сиэринэн сымнаҕас. Хаһан даҕаны туохтан эрэ өһүргэнэн дуу, хайаан дуу кыыһыран, тымтан турбаппын. Ол гынан баран, кыыһырдахпына, куһаҕаннык кыыһырыахпын сөп. Өрүү дьон ортотугар сылдьарбын ордоробун. Соҕотох сылдьарбын, чуҥкуйары сөбүлээбэппин. Тэһийбэппин даҕаны. Онон үлэлиирбин-хамсыырбын ордоробун. Уонна аһыныгаспын диэххэ сөп.

Майгым мөкү өрүттэрин ааттыыр буоллахха, сорох ардыгар барытыттан сылайан, ыһыктынан кэбиһэн баран, букатын сытынан кэбиһиэхпин сөп. Биирдэ эмэ хойутуубун. Уонна туох диэхпиний. Бука, туораттан ордук көстөн эрдэҕэ буолуо.

 

Надежда Т., 1978 сыллаах төрүөх:

-- Тугу барытын түргэнник аһарабын. Холобур, санаам түспүтүн, хомойбуппун-кыыһырбыппын, о.д.а. Аны туран, кыраттан да үөрүөхпүн, хомойуохпун сөп. Уопсайынан, нууччалыы эттэххэ, наһаа "эмоциональнайбын”. Хаһан даҕаны, ханнык да балаһыанньаҕа кимиэхэ да куһаҕаны баҕарбаппын, дьон туһунан куһаҕаннык санаабаппын. Оннооҕор, биирдэ эмэ этиспит да киһибэр куһаҕаны баҕарааччым суоҕа.

Бэйэм түргэн-тарҕан туттунуулаах буолан, бытаан, сыылба дьону адьас сөбүлээбэппин, испэр төрүт киллэрбэппин. Олоххо, үлэҕэ-хамнаска барытыгар көхтөөхпүн. Өрүү дьон ортотугар сылдьарбын, элбэх киһини кытта алтыһарбын, ирэ-хоро, үөрэ-көтө кэпсэтэрбин сөбүлүүбүн. Соҕотоҕун хааларбыттан, чуҥкуйартан куттанабын.

Арыый да бэйэмсэх соҕуспун. Кэннэ кэтинчэ да буолуо эрээри, ардыгар ханнык эмэ дьыаланы толкуйдаабакка, ырыта-ырыҥалыы барбакка, ылсан кэбиһиэхпин сөп. Хайдах да балаһыанньа үөскээтин – дьонтон ончу көрдөспөппүн. Көрдөһөрү наһаа ыарыылаахтык ылынабын. Холобур, кими эрэ өһүргэтэн, хомотон кэбиһэн баран, төһө даҕаны испэр кэмсиммитим, алҕаспын билимитим иһин, таспар сатаан таһаарбаппын. Улахамсык буолбатахпын эрээри, достойууннаахпын.

Сүрэҕим тугу этэринэн, бэйэм билэрбинэн сылдьабын. Санаабын сөп буоллун, сыыһа буоллун – хайаан да тиэрдэн баран тэйэбин. Соҥнооһуну ылыммаппын.

 

Николай Рожин, 1954 сыллаах төрүөх:

-- Ол мин майгым Ат сылыгар төрөөбүппүттэн туох эрэ атыннаах буолар дии санаабаппын. Оҕо эрдэхпинэ, үлэһит буолбутум да кэннэ, инньэ диэн суох буолара. Илиҥҥи гороскуоп эҥин диэн, бу кэлин үөдүйдэ.

Киһиттэн туох да уратыта суох майгылаахпын. Үөрэрдиин үөрсэбин, хомойордуун хомойсобун. Үлэ киһини киһи оҥорор буоллаҕа дии. Атын дьонтон ордук да, итэҕэс да үлэлиибин дэммэппин. Ол курдук биэс уон тоҕуспар диэри тугу кыайарбынан, тугу сатыырбынан үлэлээн кэллим. Сирдэрбэтим.

Сирэй көрбөхтөрү, кимиэхэ эрэ бэрт буола сатаан ньылаҥныыр, тылларыгар турбат, сүрэҕэ суох, албын-түөкэй дьону төрүт сөбүлээбэппин. Миигин була сатыыр, этиэхтэрин сирэйбэр буолбакка, кэннибиттэн саҥарар дьону туттахпына – бырастыы гыммаппын. Судургу уонна көнө, утарытынан киһибин.

 

Катюша Полятинская, 2002 сыллаах төрүөх:

-- Мин үчүгэй майгылаахпын. Билбэт киһибин кытта хаһан даҕаны кэпсэппэппин. Кинини үчүгэйдик билэр эрэ буоллахпына кэпсэтэбин. Наһаа элбэҕи саҥарарбын сөбүлээбэппин. Хата, истэрбин сөбүлүүбүн. Дьонум эппиттэрин толоробун. Сымыйалыылларын эмиэ сөбүлээбэппин. Ордук уруһуйдуурбун, ас астыырбын, кырасыабай оҥоһуктары, бэлэхтэри оҥорорбун сөбүлүүбүн. Таҥаһым-сабым наар ыраас буолар. Кирдээх буолары абааһы көрөбүн. Биирдэ эмэ ийэм "иһиттэ сууй, муостата сууй” диэтэҕинэ, кыратык сүрэҕэлдьээччибин.

Өссө араас кинигэни ааҕарбын, аймахтарбар сылдьарбын сөбүлүүбүн. Төрүччүбүн үөрэтэбин.

 

Максим Егоров, 1990 сыллаах төрүөх:

-- Оо, ол туораттан ордук көстөрө буолуо гынан баран, хоруйдаан да көрүүм.

Биир сиргэ соҕотоҕун чуҥкуйан олорорбун сөбүлээбэппин. Дьон ортотугар сылдьарбын ордоробун. Элбэх доҕордоохпун. Бэйэм элбэх саҥата да суох буолларбын, дьон кэпсиирин төһө баҕарар тулуйан истэбин. Үлэбэр, олохпор-дьаһахпар туруоруммут сыалбын хайаан даҕаны ситиһэр дьүккүөрдээхпин. Онтум сороҕор араас уустугу үөскэтэр эрээри, санаабын түһэрбэппин. Уопсайынан, оптимиспын диэххэ сөп.

Киһиттэн, оннооҕор чугас дьоммуттан кыайан көрдөспөппүн. Көрдөһөөрү гыннахпына, тылым баайыллан хаалар, хайдах эрэ кыбыстабын. Инньэ гынан барытын бэйэм оҥоро, була-тала сатыыбын. Сүрэҕэ суох, аат эрэ харата хамсанар, кэлэн-баран, туран-олорон испэт дьону сөбүлээбэппин. Оннук дьону кытта бииргэ үлэлээри гыннахпына, ньиэрбэм алдьанан киирэн барар.

Дьиэ кэргэммин, төрөппүттэрбин, аймахтарбын туохтааҕар да үрдүктүк тутабын. Кинилэр тустарыгар тугу да кэрэйбэппин. Барытыгар бэлэммин.

Сорох ардыгар аһара илиһиннэхпинэ, тугу барытын быраҕан баран, сүтэн хаалыахпын баҕарабын. Ол гынан баран, хата, биирдэ даҕаны инньэ гына иликпин (күлэр). Дьиэ ис үлэтин өлөрдүү абааһы көрөбүн (таҥас-сап, иһит-хомуос, дьиэ-уот сууйуута) эрээри, хайыаҥ баарай, бэйэҥ үлэлээбэтэххинэ, ким эйиэхэ кэлэн, барытын бэлэмнээн биэриэй. Дьэ, ол оннугар айылҕаҕа, таһырдьа үлэлиирбин туохтааҕар да ордоробун.

 

Дима Чабыев, 2002 сыллаах төрүөх (Дима оннугар ийэтэ Надежда хоруйдуур):

-- Дима туохха барытыгар сүрдээх сыстаҕас, саҥаны-солуну барытын түргэнник ылынар. Үөрэҕэр да куһаҕана суох – "үчүгэй” сыанаҕа үөрэнэр. Наар туох эрэ сыаллаах-соруктаах буолар. Онтун хайаан даҕаны толорорго дьулуһар. Билиэн-көрүөн баҕалаах. Туох эмэ диэбиппин истибэтэ дуу дии санаабытым, истибитэ-билбитэ эрэ баар буолааччы.

Уһанарын, маһынан ону-маны оҥорорун сөбүлүүр. Бу соторутааҕыта миэхэ сүрдээх үчүгэйдик бэйэтэ оҥорбут оҥоһугун бэлэхтээбитэ. Туттара-хаптара ыраас, окураатынай буолар. Оннооҕор тэтэрээт лииһигэр көннөрү массыына уруһуйдууругар элиниэйкэ тайма бөҕөтө буолар.

Оҕомсох. Ол курдук, икки балтын кытта кини бодьуустаһар. Улахан балта уруок ааҕарыгар хайаан даҕаны көмөлөһөр. Кыратын аһатар-сиэтэр, көрөр-харайар.

Ити да буоллар, Дима дьиэ ис үлэтин сөбүлээбэт. Ордук дьахтар оҥорор өттүн. Ыһыллаҕас соҕус. Бэйэм киэнэ да диэбитин хомуйа-бэрээдэктии сатаабат. Сүрдээх сиргэмсэх. Тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ, өлөн түһээри гынар. Ол да иһин буолуо, аһыыр аһын эмиэ талымастыыр.

 

Иннокентий К., 1990 сыллаах төрүөх:

-- Өй да, күүс да үлэтиттэн куттаммаппын. Барытыгар тэҥҥэ киирсиэхпин сөп. Үөрэхпэр "туйгуммун”. Өһөспүн. Онон былааннаабыппын уонна сыалбын-сорукпун төһө кыалларынан ситиһэ сатыыбын, табылыннаҕына табыллыа, суох да суох диэн, тиһэҕэр диэри хайаан да киирсэбин. Туохха барытыгар бэрээдэги ордоробун. Холобур, элбэхтэн биири талан эттэххэ, оннооҕор дьиэ иһигэр хас биирдии мал э анал турар миэстэлээх буолуохтаах. Элбэх саҥалаах дьон ахсааныгар киирсибэппин эрээри, ханнык баҕарар уопсастыбаҕа-хампаанньаҕа уопсай тылы булабын.

Бэйэбэр биир сөбүлээбэт хаачыстыбам диэн, саҥа сиргэ бытааннык үөрэнэбин. Төһө даҕаны дьону-сэргэни кытта бодоруһа, билсэ охсубутум иһин, оннубар-тойбор, хаабар бытааннык киирэбин. Кыра соҕус киһиргэспин. Аны туран, кыыһырдахпына, күүскэ кыыһырааччыбын.

Өһөспүн диэбитим. Оттон ол хаачыстыбам икки өрүттээх. Онон сорох ардыгар куһаҕан да өттүнэн киириэн эмиэ сөп.

 

Альберт Капрынов.
Category: Дьикти. О невероятном | Views: 1534 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2013  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024